Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2014 » Муус устар » 30 » 5-тэн аҕыйах ынахтаах ыаллар көрүллэр 17,5 солк. ылбат буолуохтара.Саха сиригэр сүөһү иитиитин 70 бырыһыана кэтэх хаһаайыстыбаҕа баар
5-тэн аҕыйах ынахтаах ыаллар көрүллэр 17,5 солк. ылбат буолуохтара.Саха сиригэр сүөһү иитиитин 70 бырыһыана кэтэх хаһаайыстыбаҕа баар
08:12

Жанна Егорова үс улуус быыбардааччыларын кытта көрсөн кэллэ

ЖЭ и мужик30 Апрель, 2014 в 1:05
Өрөспүүбүлүкэ Ил Түмэнин депутата, доруобуйа харыстабылыгар, социальнай көмүскэлгэ, үлэҕэ уонна дьарыктаах буолууга сис кэмитиэт бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Жанна Егорова муус устар ыйга Таатта, Чурапчы уонна Сунтаар улуустарыгар барыта 30-ча нэһилиэккэ сылдьан, дьону-сэргэни кытта көрсөн, сокуоннары ылыныыга парламент уонна депутат тустаах үлэтин-хамнаһын билиһиннэрэн кэллэ.
 Депутат нэһилиэнньэни кытта көрсүһүүлэригэр сүрүн кэпсэтии ахсынньыга ыытыллыбыт пленарнай мунньахха ылыллыбыт тыа хаһаайыстыбатын туһунан саҥа сокуоҥҥа 5-тэн аҕыйах ынахтаах дьон үүтү туттарыытыгар үүт субсидиятын биэрии, ону саҥа методиканан ааҕыы тула барда. 2015 сыл тохсунньутуттан күүһүгэр киирээри турар сокуонунан 5-тэн аҕыйах ынахтаах ыаллар республика бюджетыттан көрүллэр 17,5 солкуобайы ылбат буолуохтара. Дьон бу туһунан барытын билэн олорор буолан, итиннэ сөбүлэспэттэрин биллэрэллэр.

  - Биһиги итини эмиэ утарабыт. Саха сиригэр сүөһү иитиитин 70 бырыһыана кэтэх хаһаайыстыбаҕа баар. Билиҥҥи туругунан саастаах дьоннор эрэ сүөһүнү тутан олороллор, ыччат чугаһаабат. 5 ыанар ынах диэн саастаах дьоҥҥо ыарахан: 5 ынахтаах буоллаххына, оччо ньирэйдээх, оччо субайдаах, ортотунан 20-чэ төбөлөөх буоларыҥөйдөнөр.
 Ынах ахсааныттан тутулуга суох ити үп бэриллиэхтээх. Тоҕо диэтэххэ, саҥа сокуон олоххо киирдэҕинэ, ынах ахсаана өссө аҕыйыыр кэриҥнээх. Элбэх сүөһүнү кыайан көрбөт дьон ынахтарын эһэргэ күһэллиэхтэрэ. Кинилэр үүт туттарыытыттан ылар харчылара сүөһүлэрин иитэр ороскуоттарыгар, утары аһаан-таҥнан олорууларыгар курдары бара турар, барыта тэҥ тэҥэ тахсан кэлэр.
 Саха сирин үрдүнэн сүөһү көрүүтүгэр-истиитигэр, үүтү туттарыыга, астааһыҥҥа, оттооһуҥҥа уо.д.а. барытыгар дьон биир тэҥ усулуобуйаҕа олороллор эрээри, Таатта уонна Чурапчы улуустара сүөһү иитиитигэр балачча үлэлииллэрэ көстөр. Ол гынан баран ити улуустарга маҕаһыыннарга үүт ас дэлэччи тардыллан турарын көрбөтүм. Тааттаҕа арыы сыаната 400 солкуобайтан тахса, чурапчылар 300-тэн, сунтаардар 500-тэн тахса солкуобай дииллэр.
 Дьон туруорсууларын өттүттэн көрдөххө, сунтаардардааҕар чурапчылар ордук элбэх туруорсуулаахтар эбит. Сунтаардар ынахтарын ахсаана аҕыйах буолан дуу, хайдах дуу, кинилэр туруорсуулара оннук сытыы буолбатах.
 Ол курдук чурапчылар оҕолорбутун үөрэтэр, доруобуйабытын көрөр-истэр дьон бары хамнастаахтар, оттон аһынан-үөлүнэн хааччыйар, тыа хаһаайыстыбатын тутан олорор дьоҥҥо тоҕо хамнас төлөммөтүй дииллэр. Олохтоохтор этэллэринэн, сүөһүлээх дьону табаар эрэ оҥорор дьон курдук көрбөккөлөр, тыа нэһилиэктэрин баар гынан, саха норуотун олоҕун укулаатын тутан олорооччу быһыытынан судаарыстыбаттан өйөбүл баар буолуохтааҕын бэлиэтииллэр.
 Көрсүһүүлэргэ нэһилиэнньэ бэрэстэбиитэллэрэ үйэлэрин тухары биир да күн өрөбүлэ суох тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанан бараннар, үлэ киниискэтэ да суох, үлэлээбэт дьон ахсааныгар киирэллэрин, тугу да үлэлээбэтэх дьону кытта тэҥ пенсияҕа тахсалларын туруорсаллар.
  Сунтаарга бу кэмҥэ тыа хаһаайыстыбатын саҥа сокуонун дьүүллэһии бара турар. Олохтоохтор ити сокуоҥҥа элбэх этиилэрин киллэриэхтэрин баҕараллар.
Агропромышленнай эрэ комплекстары өйөөһүн эрэ буолбакка, кэтэх хаһаайыстыбаҕа үлэлээччилэр ыстаастарын, пенсияҕа тахсыыларын учуоттууру ыйаллар. Сылгыһыттарга бөрөнү кытта охсуһалларыгар “Бурантан” саҕалаан саатыгар, саа сэбигэр тиийэ, таҥастарын-саптарын барытын хааччыйары туруорсаллар, сылгыһыттарга уонна сүөһүүлэһиттэригэр ити өттүнэн болҕомто ууруллубатын бэлиэтииллэр.
  Саҥа сокуоҥҥа дьон ити туруорсуулара “материальнай өттүнэн хааччыйарга” диэн киириэн сөп. Нэһилиэктэргэ дьону кытта кэпсэтиилэргэ көстөрүнэн, ити сокуон барылыгар тыл эрэ курдук этиллэрэ үгүс эбит. Бу сокуон өссөүчүгэйдик ырытыллыан наада.
  Ынахха көрүллэр 10 тыһыынча солкуобайдаах субсидияҕа дьон улаханнык мунаахсыйан олорор. Тыа хаһаайытыбатын управлениетын өттүттэн ити сууманы аҥаардааһын тахсыбыт: аҥарын билигин, хаалбытын аны күһүн төһө эрэ үүтү ыатаххытына, сорох улууска ынаххытын өлөрбөтөххүтүнэ биэриэхпит диэн. Харчы биэрэр докумуоннарыгар 10 тыһыынчаны билигин ылан эрэр курдук толортороллоро эмиэ элбэх ыйытыктары үөскэппит.
 
Доруобуйа харыстабылыгар туруорсуу эмиэ элбэх диир норуот депутата. Дьон киниэхэ федеральнай, региональнай уонна муниципальнай чэпчэтиилээх эмкэ сааһырбыт дьон эмтэнэригэр сөптөөх эмтэр суохтарын уо.д.а. этэллэр.
 - Сунтаарга Тэҥкэ, Наахара уонна Хоро нэһилиэктэригэр эмп үлэһитэ суох олороллорун тустаах министерствоны кытта үлэлэһиэм. Бүлүү бөлөх улуустарыгар ити эргин сорох сир ракета уматыгын тобохторо түһэр сиригэр бэриллибититтэн сунтаардар эмиэ сүрдээҕин дьиксинэн олороллор. Кинилэр Бүлүү улууһун биир эрэ нэһилиэгин кыһалҕата буолбатаҕын, ыаллыы олорор улуустарга тыал хайысхатыттан, түргэниттэн уо.д.а тутулуктанан, ракета уматыгын тобоҕо ханна түһүө, тарҕаныа биллибэтин, чопчу биир сиргэ түспэтин ыйан тураннар, нэһилиэнньэ интэриэстэрин көмүскүүрү күүскэ туруорсаллар.
 Ордук элбэх ыйытыы саҥа ылыллаары турар Дальнай Восток уонна Байкал регионун сайдыытын туһунан федеральнай сокуон барылыгар киирдэ. Ол курдук ити барыл Саха сирин олохтоохторун үлэлээх-хамнастаах, олохторо туруктаах, үчүгэй усулуобуйалаах буолар интэриэстэриттэн тугу учуоттуоҕай дииллэр, — диэн Жанна Егорова дьону туох ордук долгутарын туһунан бэлиэтээн эттэ.
  Депутат салгыы улууска Сунтаар нэһилиэгэ төрүттэммитэ 250 сылыгар бэлэмнэниигэ күлүктэтэн, народнай поэппыт Леонид Попов бу күһүн 95 сааһын туоларыгар бэлэмнэниигэ улахан болҕомто уурбакка олороллорун, Уһун Күөлгэ нэһилиэк баһылыгын Григорий Васильевы уонна поэт аатын сүгэр агрофпрофилированнай оскуола директорын Татьяна Федорованы кытта көрсөн, поэт  бэлиэ даататын эрэ быһыытынан буолбакка, саха тылын, уус-уран литературабытын сайыннарыы суолтатын чопчулааһын бырааһынньыгын быһыытынан ыытар ордугун туһунан кэпсэппитин иһитиннэрдэ. “Саха тылын баччаҕа диэри тыыннаах илдьэ кэлбит дьоннорбутун ахтан-санаан ааһыахтаахпыт. Оччотугар эрэ тылбыт тыыннаах буоларын ситиһиэхпит. Быйыл поэт төрөөбүтэ 95 сылын үчүгэйдик бэлиэтээбэтэхпитинэ, 100 сылын бэлиэтиирбит ыарахан соҕус буолуо”, — диир кини.
 Жанна Егорова муус устар 25 күнүгэр үөрэммит 1 №-дээх Сунтаар оскуолатыгар үрдүкү кылаастарга Өрөспүүбүлүкэ күнүнэн Гражданственность уруогун ыытта. Кини оҕолорго Максим Аммосов, Платон Ойуунускай, Степан Аржаков, Исидор Барахов Саха сирин судаарыстыбаннаһын туруулаһыыга хорсун уонна сыралаах үлэлэрин, өрөспүүбүлүкэ дьылҕатын хайдах түстээбиттэрин туһунан кэпсээтэ. “Оҕолор политика, Саха сирин инники кэскилин, араас идэлэр тустарынан киһи кэрэхсиир ыйытыыларын биэрэллэр, ол иһигэр врач быһыытынан хайдах үлэлээн кэлбиппин, политик, депутат буолуу туох уратылардааҕын туоһуластылар. Оҕолор төрөөбүт дойдуларын туһунан элбэҕи билэллэрэ-көрөллөрө киһини үөрдэр”, — диэн Жанна Егорова үс улуус нэһилиэктэригэр сырыытыттан элбэх сонуннаах кэпсээнин түмүктээтэ.
 
Ил Түмэн пресс-сулууспата
 
Category: Политика.Митинги. Пикеты. Партии | Views: 1405 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Муус устар 2014  »
БнОпСэЧпБтСбБс
 123456
78910111213
14151617181920
21222324252627
282930
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 90
Ыалдьыттар (гостей): 90
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024