Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2014 » Ыам ыйа » 19 » ыам ыйыгар КПРФ олохтоох лидерэ талыллыахтааҕа, ону кырдьаҕас хомуньуус күһүҥҥүгэ көһөттөрбүт. ***
ыам ыйыгар КПРФ олохтоох лидерэ талыллыахтааҕа, ону кырдьаҕас хомуньуус күһүҥҥүгэ көһөттөрбүт. ***
20:56

Тугу этиэҥ этэй...

Понедельник, 19 Мая 2014 10:45
Тугу этиэҥ этэй...Артур АЛЕКСЕЕВ "олигархтыыр" кэмэ тиһэҕэр тиийбитин сэрэйэн, саҥа үлэ миэстэтэ көрдөһөн буолуо, күһүҥҥү улахан быыбар туһунан дорҕоонноохтук "ырытыһар" буолла. Онон төлөнө хат сириэдийэн тахсар кутталланна. 
Төлөнө былыр үйэҕэ уостубут, "кыһыл олигарх" АЛЕКСЕЕВ хамнас аахсан кэлбит  "Трансстрой Восток" корпорацията тимир суол тутуутугар улахан итэҕэстэнэн моҥкурууттуур турукка киирдэ. Онон корпорация салайааччытыгар, Ил Түмэн дьокутаатыгар Александр ДУДНИКОВКА эрэ уйатыгар уу быычалаабатах быһыылаах, кини солбуйааччытыгар Артур АЛЕКСЕЕВКА эмиэ кытаанах дьыллар-күннэр үүннэхтэрэ.   
Өрөспүүбүлүкэ дьоҕус, орто тутуу тэрилтэлэрин миллиардынан суумаҕа олордон ылан эспит "Трансстрой Востоктан" билигин ылар суох, онон онно түбүлээн олорбут тойоттор саҥа үлэ миэстэтэ көрдөнөллөр. Ол курдук, быһаас КПРФ пленумугар Артур АЛЕКСЕЕВ "Саха сиригэр нууччалар атаҕастаналларын" этэн кууһуннаран баран, аны кэлэн "хомуньуустар бэйэлэрэ Ил Дархан быыбарыгар хандьытааттаахтарын" туһунан ууну-хаары эрдэн барда. Кимий ол, кинилэр хандьытааттара - "бас-түс" киһилэрэ Виктор ГУБАРЕВ дуо? 
Кырдьаҕас саһыл ГУБАРЕВ бэлиитик, бэйэтэ эрэ эбитэ буоллар, сэрэх муҥутаан быыбарга кыттан да бэрт. Бука диэн үөһэттэн "тур" диэн дьаһал түһэрилиннэҕэ. Ил Дархан быыбарыгар баартыйалаахтар эрэ кытталлар. Биирдиилээн дьон санамматтарын курдук сокуонунан суол эрдэ-сылла быһыллан турар.
КПРФ баартыйата да баҕалаах  буолбут тыҥааһыннаах кэмнэригэр, кыһыл былаах анныттан быыбарга турунуох дьон бааллар. Ол иһигэр Эрнст БЕРЕЗКИН. Ону баара ГУБАРЕВ уонна кинини кытары куомуннаах кырдьаҕас хомуньуустар Эрнст Борисовичка баартыйаларын туран биэриэхтэрин баҕарбаттар. Үөһэттэн анал  ыйыы-кэрдии түһэ илигинэ  кимиэхэ да ымманыйбаттара чахчы. 
***
Хомуньуустар сыллата аҕыйаан иһэр да буоллаллар, балайда туруктаах электорааттаахтар. Ааспыт быыбардар көрдөрбүттэринэн КПРФ салалтата хаһан да былааһы утары барбат. Өс саҕа буолан ыйааһынын ыаратан ыраахтан мөҕүттүбүтэ буолуон сөп, былаан быһыытынан. Оттон дьиҥнээхтик оппозиция оруолун оонньуур кыаҕа суох. 
Артур АЛЕКСЕЕВ үлэ миэстэтэ көрдөһөн билигин эмиэ былааска өттүк баттанан туран "боломуочуйаны үрдэтии" дии-дии БОРИСОВ олбуоругар таас тамнаан, баарын биллэрэн  кычыгылатан көрөр. Быыбар диэн эргинии буоллаҕа, ас таһаарыныы, хаһа-саал бырахсыы. Билигин ким баҕарар былааһы кытары торгууйдаһар кэмэ: "Мин турабын (туруорабын!)! Миигин көрүҥ! Миэхэ кулуҥ!"
ГУБАРЕВ былааска эгди буолан вице-спикер дуоһунастанан билигин тутум үрдүү сылдьар кэмэ, кини да ити балаһыанньатын сүтэриэн баҕарбат. Онон үрдүк өһүөлээхтэр тугу диэбиттэрин барытын кэнэҕэс да тук курдук толоруохтаах. 
Саха сирин хомуньуустарын ортотугар былаас былдьаһыы, хайдыһыы муҥутаан турар. Биир өттүттэн, кырдьаҕас хомуньуустар салалтаттан барыахтарын баҕарбаттар, иккис өттүттэн кинилэри арыый сэнэх хомуньуустар үтүрүйэ сатыыллар. 
Өскөтүн урут Виктор ГУБАРЕВ Ил Түмэҥҥэ тэҥ сыһа саастыылаахтарын "бассабыык бэртэрин" - Андрей КРИВОШАПКИНЫ, Александр ГАВРИЛЬЕВЫ, Георгий АРТЕМЬЕВЫ кытары биир куомуннаах эбит буоллахтарына, бу сырыыга ГУБАРЕВ (сатанаҥ баар) үөлээннэхтэрин дьокутаат мандатыгар тиксиһиннэрбэккэ өһүргэтэлээн кэбиспит. Дьокутааттаан аһыы сылдьыбыт кырдьаҕастар онтон улаханнык тааллара кырыыламмыта биллэр. Онон бу кырдьаҕас этэрээт эдэр-сэнэх хомуньуустар диэки халбарыйан хаалыахтара диэн куттал баар. Ити да буоллар, оҕонньоттор өр былааска сылдьыбыт тииҥ мэйиилэр хайа да балаһыанньаҕа бэйэлэригэр барыстаах быһаарыыны ылыахтара диэн сэрэйэн эрдэхпит. 
Хомуньуустар быыбарга былаас эппит киһитин өйүөхтэрэ, хандьытаатынан туруоруохтара. Атын сценарий суох. 
Оттон бэйэлэрин истэригэр мучумааннарын, этэргэ дылы, "көлүөнэлэрин сэриитэ" тугунан түмүктэнэрин аны күһүн, улахан быыбар кэнниттэн алтынньы-сэтинньи ыйдарга билиэхпит. Ол саҕана олохтоох хомуньуустар лидердэрин талыахтаахтар. ГУБАРЕВ салгыы хаалар дуу, эбэтэр арыый сэнэх киһи кэлэр дуу... Дьиҥинэн, быыбар иннинэ ыам ыйыгар КПРФ олохтоох лидерэ талыллыахтааҕа, ону кырдьаҕас хомуньуус күһүҥҥүгэ көһөттөрбүт.
***
Аартык.ру

Источник: aartyk.ru
 
Category: Политика.Митинги. Пикеты. Партии | Views: 1331 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Ыам ыйа 2014  »
БнОпСэЧпБтСбБс
   1234
567891011
12131415161718
19202122232425
262728293031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 110
Ыалдьыттар (гостей): 110
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024