Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2014 » Ыам ыйа » 23 » Нижнеленскайы ким банкроти гыммытай? Горизонт РТ-ны ким атыылаабытай? Якутуголь ханна баарый? Саханефтегаз тоҕо дагестанеска баарый, ким аты
Нижнеленскайы ким банкроти гыммытай? Горизонт РТ-ны ким атыылаабытай? Якутуголь ханна баарый? Саханефтегаз тоҕо дагестанеска баарый, ким аты
09:33
Егор Афанасьевич Саха Сирин туhугар үлэтэ
Автор: meic Ссылка на блог (46.48.185.128) 22.05.2014 (16:55)http://forum.ykt.ru/viewtopic.jsp?id=3233896&f=149  
Егор Борисовы утарааччылар форумҥа тугу да оҥорбото, таҥнары тарта дииллэр да ол туоhутун биири да а5албатылар, кыhыл тыллара эрэ буолла.
Бу топка тематтан туораабакка эрэ, Егор Афанасьевич Президенынан, Дарханынан үлэлиир кэмигэр туох үлэ ыытыллыбытын, туох ситиhиллибитин, туох тутуллубутун, тупсарыллыбытын суруйуохха эрэ.
Модераторга кердеhүү: топ тематыттан туоруур уонна Дарханы үөҕэр негативнай этиилэри соторугар.Ответить
  •  Са5алыахха - meic Ссылка на блог
    22.05.2014 (16:59) (46.48.185.128)

    - Саха Итэ5элэ юридическай регистрация баран официальнай религия буолла,
    - Саха тыллаах оскуолалар Дьокуускай куораппытыгар биллэ элбээтилэр,
    - Саха культурата сайдыыта лаппа күүhүрдэ. Манна бэлиэтээн эттэххэ, улахан Ыhыахтар элбээбиттэрин, Үс Хатынна ыытыллар ыhыах статуhа улаатан республиканскай буолбутун этиэххэ сеп. Телевидениябыт 24 чаас биэрэр буолбутун эмиэ тоhо5олоон бэлиэтиэххэ сеп.
    - Саха дьоно чэгиэн буоларыгар аналлаах улахан спортивнай заллар, стадионнар куорат, улуус аайы тутулуннулар,
    -Саха дьонун доруобуйатын быhар, оло5ор куhа5аннык дьайар арыгы курдук дьаллыгы утары күүстээх үлэ ыытылынна.

    Тутуу еттун ылар буоллахха:
    - Куоракка олорооччулар бу кэлинни сылларга куораппыт биллэ тупсубутун кере сылдьабыт- араас кэрэ тутуулар, уулуссаларбыт асфальлара санардыллара, кэҥииллэрэ, дьон хаамарыгар табыгастаах тротуардар элбээбиттэрэ…
    -Олорор дьиэ ахсаана элбээтэр элбии турар- билигин олорор дьиэ тиийбэт диэн проблема суох буолла.

    Промышленность еттугэр:
    - Улахан нефтаах уонна газтаах сир байдара туhа5а тахсыылара,
    - Покровскайга базальтовай собуот тутуллуута,


    Билигин буруйу оноруу биллэ намтаата, уулусса5а бытыылка тутан баран хама сылдьар киhини кербет буоллубут…

    Государственнай услуга тупсубута эмиэ биллэ харахха быра5ыллар- сир-сир аайы электроннай уочарат ,

    Электронное правительство диэҥҥэ кеhүү, онон сибээстээн кумаа5ы улэтэ лаппа кыччааhына, бары-кэлии аччааhына…

    Бюджет үлэhиттэрин хамнастара биллэрдик үрдээбитин эмиэ бэлиэтиэххэ сеп.

    Урукку курдук тойоттор таптаабыттарынан сири-дорйдуну тэпсибэт буоллулар, бюджеттан харчыны уораллара тохтоото…

    Омук сириттэн кэлэр улэhиттэри Саха Сиригэр киллэрии бэрээдэктэннэ уонна уонно онно хайысхалаах үлэ күннэтэ күүhүрэ турар.



    •   Айыы итэгэлин - Kilbar
      22.05.2014 (17:48) (217.118.64.54)
      БЕА бэлиэтэппит эбит дуу? Мин Максимов кыттыгастаах энтузиаст дьон белехтере диэн истибитим.

      •   Гаас кытайга барда,тыа дьоно ойууру кэрдэн бүтэрэн эрэр. - ыпсарар Ссылка на блог
        22.05.2014 (17:52) (91.185.252.44)
        Оттуур сириҥ гаата тоҕус мөһөөк буолла.

        •   Дьиэ туттаары акылаат маһын кэртэххинэ биэсуон тыһыынча ыстараап. - ыпсарар Ссылка на блог
          22.05.2014 (17:55) (91.185.252.44)
          Тоҕо диэтэххинэ Амурскай уобаластан ойуур быраканьыардара сыаналаах маһы кытайга хото таһа сыталлар үһү,сыаната биир.

        •   Газ Саха Сиринэн кэлиҥҥи бэриэмэ5э биллэ тэнийдэ- ол, дьэ, баар суол. - meic Ссылка на блог
          22.05.2014 (18:34) (46.48.185.128)
          Үлэ планово ыытыллар ини. Республикабыт иhигэр киирэр газ республиканскай бюджеттан буо, онтон Кытайга барар газ турбатын тутуута федеральнай бюджет суотугар.

      •   Кылбар, политическай решение диэн ейдебул баар. - meic Ссылка на блог
        22.05.2014 (18:27) (46.48.185.128)
        То5о эрэ кини иннигэр оннук оҥоhуллубата5а. Общественнай тэрилтэлэр инициативаларын өйөөһүн септеех политика. Ол политиканы Борисов ыытар, Афанасий Максимов курдук инициативнай дьоннору өйүүрэ кестер.

    •   Урукку еттугэр - ньукулай
      22.05.2014 (18:26) (80.83.239.23)
      хоту улуустарга улахан бол5омто ууруллубат буолла5ына Егор Афанасьевич улэлиэ5иттэн ,ити эргин сытар улуустар былаас еттуттэн ейебуллээх буоллулар. Мин уонна кини улэтигэр биhириирим,нэhилиэнньэни кытары мэлдьи быhа эфир ненуе кэпсэтиитэ. Эдэр ыччаты кытары санаа атастаhар, кинилэрдиин республика5а турар инники соруктарга улэни тэнитэ сатааhына буолар. Онно ке5улуур. Чэ холобура ,,эдэр министр,, эдэр фермэр,, Бу Россия таhымыгар сана суурээн. Тыа хаhaaйыстыбатыгар бол5омто ууруллубат диэннэ, мин сепсеспеппун. Ардахтан, баhaaртан ходуhaлара эмсэ5элээбиттэргэ хаччынан кеме оноhуллара, биирдиилээн хаhaaйыстыбаларга эмиэ уут хаччыта керуллуутэ, бу салаа5а бол5омто баарын туоhута. Улахан таhымнаах спортивнай курэхтэр биhиги республикабытыгар ыытыллыылара, бу Егор Афанасьевич ситиhиитэ буолар.

    •   Мейк баhыма, омуннаама - ЫРР
      22.05.2014 (19:11) (85.26.241.186)
      1. Буддисткай итэҕэл КИИНЭ баар буолла. Ол кырдьык.
      2. Биир оскуола - төрдүттэн ситиһии буолбатах. Улуустартан дьон Якутскайга куоппутун туоһута.
      3.Тутууга сахалар кыттыгастара суох. Барытын миграннар тутан биэрэллэр. Онтулара сороҕо халтура.
      4. Улахан нефтэн уонна газтан федеральнай киин туһанар. Эн буолбатах. Эн онно туох да кылаатыҥ да доляҥ да суох.
      5. Буруйу оҥоруу аччаата диигин. Күрүлүүр күнүс ювелирнай магазинтан уораллар уонна булуллубаттар. Дьоннор сутэллэр.
      6. Электроннай уочарат хойутаан киирдэ. Госуслугаҕа Саха сирэ-кэнники.
      7.Эн хамнаһыҥ баҕар үрдээбитэ буолуо но бюджет хамнаhа промышленность рабочайдарын ылар харчыларыттан быдан кыра.
      8. Сымыйалаама, гастарбайтердар кэлбиттэрин курдук кэлэ тураллар. Тоҕо диэтэххэ сахалар дьиэни туппаттар.
      9. Тойоттор бэрээдэктээх буоллулар диэн остуоруйалаама. Криминальнай сводканы аах.

      •   Тойоттор уоруулара уруккуну кытары тэннээтэххэ биллэ а5ыйаата - meic Ссылка на блог
        22.05.2014 (19:19) (46.48.185.128)
        ону ба5ас билэбин.

        Миграция хаhан ба5арар баар буолла5а.

        Тыа сиригэр үлэ суох биричиинэтэ- бу Егор Борисов буруйабуолбатах. Бу буруй хоммуньуустарга сытар. Кинилэр централизацияны ейе-тейе суох оҥорботохторо буоллар итинник буолуо суохтаах этэ. Билигин улуустар кииннэригэр уонунан тыhыынча киhи улууска баар сүөһүлэрин суотугар олоруохтаахтар этэ буолла5а. Билигин ол дьон бары бюджет суотугар олороллор, онтон хамнастаналлар. Маны барытын тута уларыта тутар ыарахаттардаах ини - айбыт таҥара да сатыыра биллибэт:)

        •   Мейк, ТОХТОО халытыма - ЫРР
          22.05.2014 (19:29) (85.26.241.186)
          Газ диигин. Ол гаастан маппыт улуустар дьонун харахтарын ууларын санаа!!! Бэйэҕин ол улуустарга таһааран олордубут киһи "чээ" диэбэтиҥ чуолкай! Сразу куотуон этэ. 40-ча кууб. мас наада 60 кв. метр иэни сылытарга! Мейк, дьиҥ дьыаланы билбэт эбиккин.. Эйиэнэ барыта таах халтай эмоция, туох да фактарынан бигэргэммэтэх сиикэй дааннайдар. Мөлтөх пиарщик эбиккин, Мэйк!

  •   Саха сирин туһугар диэн буолбат, саха сирин БЕА олоччу атыылаата! диэн буолар. - Дьиктиргээбит
    22.05.2014 (17:53) (94.242.251.112)
    Саха омугун туга да суох хаалларда. Чайыҥда гааһын кытта. Гааз кыраанын төрдүгэр олоруом диэбитэ буолуо да, кинини субу ылан быраҕаллар. Гааз кыраанын төрдүгэр нуучча баһылыгы олордоллор. Кини онно харей не вышел.
    хе-хе

    •   Үүт туттарар сыанабыт 14 солкуобай буолла,ураа табаарыстар. - ыпсарар Ссылка на блог
      22.05.2014 (17:56) (91.185.252.44)
      Былырыын 17 этэ.

      •   ураа, хамнаспын үрдэтэн 23 тыһ. ылар буоллум.урут 18тыһ.этэ.куолаһы бука бары Барыыһапка - пр
        22.05.2014 (18:00) (185.26.180.31)

      •   Үүтү государство5а туттарарын дуу, ханна эрэ үрдүк сыана5а атыылыырын дуу - ол бэйэн дьыалан ини. - meic Ссылка на блог
        22.05.2014 (18:44) (46.48.185.128)
        Куоракка киллэрэн рынокка атыылыырын кеҥүллэммэт дуо?

        •   мэйик, мэйиин эргийдэ дуо? - Тыа сирин олохтоо5о
          22.05.2014 (20:52) (91.185.252.23)
          Булуу тыатыттан ыабыт сибиэьэй ууппун кун аайы Дьоллоох Дьокуускайга 1500-2500 солк. телеен 10-12 чаас айаннаан ырыынакка дуу, эйиэхэ мэйиитэ суох мэйиккэ дуу атыылыы айанныыбын, наьаа учугэй идеялаах эбиккин((

          •   Онтон переработка диэн тема баар- то5о эрэ атын сирдэргэ оннук дьаhаналлар - meic Ссылка на блог
            22.05.2014 (20:57) (46.48.185.128)
            Борисов тиийэн эйиэхэ переработкалыыр пууну аhан биэриэхтээх дуо?

            То5о эрэ атын дойдулартан үүттэн оҥоhуллар бородууксуйалар ма5аhыыннарбытыгар элбэхтэрэ сүр! Олор эн Бүлүүгүттэн быдан ыраах сиртэн кэлэллэр.

            Туоххун эрэ атыылаа да переработкалыыр тэрилтэни ас уонна үлэлээн бар. Тугун да суох буолла5ына бизнес былаан суруй уонна ону кемүскээ, субсидията эбэтэр кредитта кердее...Барыта бэйэ5иттэн тутулуктаах.

    •   Дьиктиргээбит, боппуруоскун Федот Тумусов эркин депутаттарга биэриэххин сеп - meic Ссылка на блог
      22.05.2014 (18:41) (46.48.185.128)
      Сир баайын федеральнай бас билиини кинилэр олохтообуттара. Борисов итиннэ туох да кыттыгаhа суох- маннык-оннук гынын диир бырааба суох. Арай Россияттан туспа баран государство буолар түгэммитигэр итини ситиһиллэр. Эбэтэр федеральнай уровеҥҥа улахан хамсааhын та5ыста5ына.

      Саха Сирэ- нууччалар империяларын колониялара, империя эстэрин аргыый-сэмээр күүтэр эрэ буолла5ын.


    •   Сүүрбэччэ сыл ол - бу салалтаҕа олордо - туран барар уолдьаста - сүрүргүөх эбит. - Куула_
      22.05.2014 (18:43) (82.145.222.122)
      Тыа сиригэр аналлаах идэ ылбыта, онно тойон да курдуга...

      Сүөһү - ас, аҕыйыы, эстэ турар - иитэр харамайдарбыт ахсааннара таҥнары эрэ барар - олорго статотчуот түмүгэ - чып кистэлэҥ эбэтэр кэлтэй.

      Сайын аайы оттооһун, уот айдаана.

      Биллэр сиргэ, уон ынахтаах "бочуоттаах биэрмэрдэр" хойуннулар.

      Тыа сирин дьонун лааппы, кэлии кэнсиэрбэ ас уонна биэнсийэ быыһыыр - туох, төһө уларыйда?


      Үөрэх кыһаларыгар - олорчу Арассыыйа киэбэ - ирдэбилэ, иитиитэ... бу омук быһыытынан кэхтии, суураллыы ини?

      Кириэмил тугу эттэ - бүттэ - оннооҕор Кырыымы "быыһастыбыт" - дьонтон харчы хомуйдулар...түмүгэр, саатар, куоракка кыра оҕолор сылдьар - сайдар алаһалара, эбэни туоруур күүргэ... - салгыҥҥа, дуорааҥҥа эрэ, билиҥҥитэ.

      Буору сүргэйии- сууйуу, таһыы үлэлэрэ эрэ бараллар - бэйэбит тугу оҥордубут?

      Тутууну омуктар ыыталлар - дьиэлэнээри, дьон ыар, уһун хабалаҕа киирээхтииллэр...уларыйыы буолбата, били МФЦ нөҥүө көмө үп тохтоото.

      Саҥарар - көрдөрөр - суруйар холбукалар, хаһыаттар этиилэрэ - ааспыт 70 - 80-с сыллардааҕыны санатар...


      Салалта - уларыйыахтаах: туһанааччылар, ботуччу хамнастаахтар, ол - бу бэлиэҕэ, арбааһыҥҥа баҕарааччылар...уруккуннан, хамсаабакка олорору ордорон эрдэхтэрэ.

      •   Тыа сирэ сайда турар курдук- сылдьар дэриэбинэлэрбэр тутуу барар - meic Ссылка на блог
        22.05.2014 (18:59) (46.48.185.128)
        Сүөһү элбиирэ, аччыыра - ол Таҥараттан тутулуктаах:))) Дьылларбыт үчүгэй буоллахтарына от үүнэр, сүөһү, сылгы элбиир...

        Кэлиҥҥи сылларга уу, ардах мэhэйдээннэр от оттонууна мелтеебүтэ - ол о5уста, Борисов кэрийэ сылдьан моойдарун быспытыттан буолбатах. Сүөһүлэргитин идэһэлээмиэн диэн от бе5ете таhыллар - трассалар от тиэйиилээх массыыналарынан кыhыны быhа тобус толорулар.

        Борисов кэнсиэбэни бэйэтинэн тиийэн онорбото билэр, ону Михаил Николаев да, вячеслав Штыров да кыайбатахтара:))) Саха Сригэр кэнсиэрбэ оҥорон барыс ылар кыах баара эбитэ буолар предпринимателллар оҥорбуттара ырааппыт буолуохтаах этэ.

        Куула, онтон бэйэн тугу оҥоро сатаатын? Куолулуурга эрэ бэрткин дуу? Производство тэрийээри гыммыппыт Егор Борисов мэhэйдээтэ!- диэбэт инигин:)))

        Производствоны тэрийэргэ диэн государственнай программа бе5ете айылынна уонна үлэлии турар. Итиннэ үлэлиэн ба5алаахтан инициатива уонна үлэ эрэ наада.

        Тутууга, кырдьык омук элбэх. Биир еттүнэн коррупция итиннэ баар- ол Россия бүтүннүүтүн ыарыыта. Биир өттүнэн олорор дьиэ квадратнай миэтэрэтэ чэпчэки буолуохтаах диэн программа5а оло5уран чэпчэки сыаналаах үлэ илиитин ыла сатыыллар. Ыарахан сыана5а тутуу барда5ына дьиэ атыылаhар ыарыырын бэйэн билэ5ин.

        •   Бэйэбэр эриллэ түһэр - кыра мөккүөрдьүт эбиккин. Мин кини сааһыгар тохтообутум. - Куула_
          22.05.2014 (19:16) (82.145.222.122)
          Аҕыйах баары ахтыбыт - өргөскө түһэрии, сууйуу эбит.


          •   Куула, киhи диэн индивидуальнай - meic Ссылка на блог
            22.05.2014 (19:23) (46.48.185.128)
            Сорох дьон олох кырдьыахтарыгар диэри эдэрдии эрчимнээхтэр.

  •   Общественность еттүттэн государствоны уонна бары эйгэни хонтуруолуур - meic Ссылка на блог
    22.05.2014 (19:21) (46.48.185.128)
    механизм тэрилиннэ. Ити Егор Афанасьевич инициативата. Билигин ханнык ба5алаах үстэн кырата суох ахсааннаах инициативнай белех тугу барытын бэрибиэркэлиир кыахтанна.

    •   егор борисов - т
      22.05.2014 (19:30) (46.48.159.20)
      аргыны кыайдым диир да5аны кыайбат эбит кирова маг магнит магазицца аргыны атыыллаабытарын курдук атыылыы тураллар тууннэри кунустэри сымыйананн кафе диэн таблицалаахтар егор борисовы к дииллэр курутуойдар эбит айсен истиэхдэрэ дуо? ол кэннэ.аргы атыыласаччыта саха ыччата кыргыттар уксэ.

      •   То5о үҥсүбэккин? - meic Ссылка на блог
        22.05.2014 (19:47) (46.48.185.128)
        Кере-кере кербете5е буола сылдьыахтаа5ар итини утары үлэ ыыппытын ордук буолбатах дуо? Егор Борисовы ма5аhыын аанын аайы туруорар айката бэрт буолуо. Общественность еттүттэн үлэ баар буолуохтаах буо.

  •   Мейкы истимэн, БЕА агитаторын... - Гаврил_1985 Ссылка на блог
    22.05.2014 (19:52) (94.245.156.61)

    •   Баары суруйабын буолбатах дуо?:))) - meic Ссылка на блог
      22.05.2014 (20:00) (46.48.185.128)
      Суо5у айан суруйбутум буоллар:)))дьэ онно кэпсэтии атын буолуо этэ.

      Нормально үлэлии сылдьар киhини тугу да гыммат диэн куолулууллара аа5арга астыга суох. Этэргэ дылы, тулуйа сатаан баран бу теманы таhаарарга санаммытым.

      Егор Борисоы утары сымыйаны була сатаан суруйааччылар ейденеллер- кинилэр сахалары хайытар соруктаахтар. Атын биричиинэ суох.

      •   1 - Чел
        22.05.2014 (20:21) (80.83.238.15)
        Уоруйах түөкүнү агитациалаама. Нижнеленскайы ким банкроти гыммытай? Горизонт РТ-ны ким атыылаабытай? Якутуголь ханна баарый? Саханефтегаз тоҕо дагестанеска баарый, ким атыылаабытай? Алросаны ким арыйа-арыйа дьону сымыйалаабытай, туох да буолбатаҕын курдук, былыр үйэҕэ арыйан баран? Пивзаводпут ханна тиийдэ? Реабилитационнай сыантыры былдьаан баран тоҕо сымыйаннан оннук тэрилтэ вааще суох диирий? Чайаанда эмиэ бараахтаата. Якутзолото ханна тиийдэ? Саха олово? Сурьма? Муостабыт тоҕо саатар гарантията суох сүттэ?

        •   Нижнеленскай 2008 сыллаа5ы кризис кэннитэн ерүттэбэтэ5э буолбатах дуо? - meic Ссылка на блог
          22.05.2014 (20:37) (46.48.185.128)
          Аан Дойду кризиhар элбэх тэрилтэ тобуктаабыта. Билигин Н-Л Алмазы Анабара иhинэн үлэлиир. Онно барыта сахалар үлэлииллэр.

          Горизонт РТ-ны Президент дьаhалынан правительство атыылаабыта. Атыылыырга Ил Түмэн сүбэлэҥин биэрбитэ. Ол са5ана Борисов Президент буолбатах этэ.

          Якутуголь харчыта РИК-ка киирэн сүрүннээн тимир суол тутуутугар барбыта. Билигин ол тимир суоунан Саха Сиригэр таhа5ас кэлэн эрэр. Сыыйа ол-бу табаарга, продукта5а сыана биллэрдик аччыыра күүтүллэр.

          Саханефтегаз дагестаннарга барыытын Климент Ивановтан уонна Афанасий Максимовтан ыйытын - кинилэрити дьыаланы бэрткэ билэллэр. Дагестанецтары Саха Сиригэр а5аларга Максимов кыттыгастаах.

          Пивзавод рынок условиетыгар кыайан конкуренцияны ааспата - ол онно үлэлиир дьон буруйдара.

          Реабилитационнай сыантырыбылдьаабата5а- саҥа тутулунна. Сыыйа анаммытынан үлэлээн барар ини. Бакаа муоста тутуутугар комиссиялары үлэлэтэргэ туhаналлар курдук.

          Хор5олдьун, сурьма аан дойдуга сыаналара түһэн банкроттаабыттарын туhунан суруйаллар этэ.

          Якутзолото Борисов инниттэн туспа акционернай общество буолбутун билэбин. Онно хаhаайыттара атыттар буолла5а. Холобура, эн бас билэр тэрилтэ5ин Борисов дьаhайар кыа5а суо5ун тэҥэ.

          Муоста сүтүүтүн Федот Тумусовтан ыйыт. Кини онно сибээстээх.

        •   то5о напр куhа5аны хостуугут? - НВ
          22.05.2014 (21:26) (80.83.238.104)
          Ким да олордо5уна куhа5анын эрэ хостуох дьонн,ут. Атын учугэй киhитэ ыйан кулан эбэтэр бэйэ5ит туруорунун. Куhа5ан хаачыстыба киhи аайы баар ини. Киhи Учугэй хаачыстыбатынан талыахтаахпыт. Биhиэнэ теттеру куhа5анын хостоон самнарыы тиhэ5эр терут билбэт нууччабыт варягынан кэлэн олоруо. Сан,ста суох барыаххыт. Лучше бэйэ киhитэ олордун. Итэ5эстэрин сирэй этэн кеннеттерун. Манна киhи эрэ биллибэт диэн туhанан хараардыман. Уксэ сиэрэй никтар киирэн САХАНЫ хайыта олоруман.

      •   магнит ма5аьыын салалтата - кирова
        22.05.2014 (20:26) (185.26.180.69)
        москва5а буолан, эьиги республикатаа5ы сокуон,н,ут биьиэхэ дьайбат диир сурахтаахтара

        •   бутун!Барыыhап син биир кыайар!! - Урэн
          22.05.2014 (20:31) (82.145.222.225)

      •   =))) Эн ити эппит пунктарын бары кэриэтэ туох эрэ уьулуччу - Гаврил_1985 Ссылка на блог
        22.05.2014 (20:30) (94.245.156.61)
        анаардас БЕА эрэ онотунэн киирдилэр диирин сыыьа, бу кини президент буолан олорон эрэ... эн уопсайынан маннык пунктары киллэрэрин отой сыыьа, кини анаардас бэйэтин инициативатынан туох киирдэ? То5о баайбыт дуолбут барыта атыыланан эрэр?

        •   Тумусов Ф.С.саха сиригэр туох уту8лээ5ий ,мин билбэппин табаарыстарым уонна мин БЕА куоластыыбыт. - Эдэр Уол
          22.05.2014 (20:36) (82.145.222.225)

          •   Чэ эн ол бэйэн быьаарыныын! Хайаа да5аны =))) - Гаврил_1985 Ссылка на блог
            22.05.2014 (20:39) (94.245.156.61)

            •   Тумусовы Борисовка тэҥниир корректнайа суох - meic Ссылка на блог
              22.05.2014 (20:44) (46.48.185.128)
              Борисов онус дан буолла5ына, Тумусов иккис дан буолуо. Өй-санаа, билии-керүү, үлэ, норуотун туhугар кыhаллыы, норуотун туhугар оҥорбут дьыалата...

        •   Хайдах эрэ санаалааххын, ээ, Хабырыыс!:))) - meic Ссылка на блог
          22.05.2014 (20:40) (46.48.185.128)
          Дархан барытын блюдочка5а ууран биэрбэтэ биллэр. 8ссе эбиитин ыстаан биэрдин, ону мин ыйыстыам диэ!!!:)))

          Бу барыта Дархан еттүттэн ейенүллэр буолла5а. То5о эрэ Штыров са5ана итинник улахан хамсаныылар барбатахтара.

          •   =))) ээ чэ бу да киьи, бут эрэ... киьини куллэрэн =)) - Гаврил_1985 Ссылка на блог
            22.05.2014 (20:45) (94.245.156.61)

        •   Гавриил арба итиннэ эн кыттыгастаах этин да? - НВ
          22.05.2014 (21:44) (80.83.238.104)
          Кини эрэ её,ете буолбатах диэн бэйэн кылаабынай оруолга сылдьыспыт курдук суруйбуккун дии. Куhа5аны барытын сыбыырга бэккит учугэй дьыалалары былдьаhа олоро5ун. Кими туруоруоххун ба5арарын биллэр ол иhин манна лишь бы Лиэн суруйа олоро5ун. САХА буолуохтаах уопсайынан дьону хайытар улэ5ин тохтот эбэтэр атын топта аhан талар киhин улэтин хамнаhын сырдат учугэй хаачыстыбаларын. Манна хараардыы улэтин ыытар табыгаhа суох этиhии эрэ тахсыа. Аа5ааччылар агитация5ын кыайдаххына ба5ар эн диэки охтуохтара.

  •   . - Быйанг
    22.05.2014 (20:34) (82.145.208.112)
    Барисов юлэик быыкаатык соро5отун эрэ суруйбуккун. Мин кэтээн кёрююбюнэн баЪаам юлэни ыыта сылдьар. БИлигин Кини Россия5а улахан рейтингнаах политиктар аатарыгар сылдььар -онгорбут юлэтэ элбэ5э бэрдин иЪин оннук сыаналаабыттар.
    Кини саха сирин дьооннорун да, бэйэтин наротун да, саха сирин кыра народттарын да туЪугар кююскэ турунар, элбэх ёнгёню онгорбут.

  •   Дархан бастатан туран норуотун туhугар кыhаллыахтаах, кини эрэ туhугар үлэлиэхтээх - meic Ссылка на блог
    22.05.2014 (20:50) (46.48.185.128)
    Кини Конституция Гарана.

    Мин керербүнэн, Егор Борисов итинтэн атынынан тугунан да дьарыгырбат. Хара сарсыардаттан хара киэhээҥҥигэ дылы үлэ күөһүгэр сылдьар!

    Личнай да еттүн ылан керүҥ:
    -Байда дуо? Хас дьиэлэннэ, виллаланна, хас харчыны личнай счетугар угунна? Чугас айамахтарын теhе байытта?

    Эппиэт: Суох!

    -Ханна баран сынньанарый, ханнык элитнай курортарга?

    Эппиэт: сынньанар туhунан умнубут киhи!

    •   мэйк: оттон Ассамблея всех заселяющих и думающих "понаехать" - R14R1954 Ссылка на блог
      22.05.2014 (21:07) (80.83.239.9)
      народов Якутии (Якутия дом наш Родной),то5о умна5ыный?
      Бу саха омугу сурайааЬын (регаламмыт Итэ5элин буолуо5унаа5ар Арба5астаах да быыЬаабат улугэрин тэрийдэ)- растворение в агрессивной среде...
      мэйк кыратык да буоллар толкуйдуу туЬуеххюн? тебен хоппот буола5ына ыйыталаЬыаххын(миигиттэн,этэн-ыйан биэриллиэ этэ буолла5аа)...

      •   Интернационализм баар буолуохтаах - meic Ссылка на блог
        22.05.2014 (21:12) (46.48.185.128)
        Ол эрэн эн тугу эрэ былдьатар буоллаххына эн омуктан ордук буолуохтааххын- оччо5уна былдьатыан суо5а. Мелтеен биэрдэххинэ эн нища5ын омук ылыа.

        Дархан-Гарант Конституции, кини Саха Сиригэр олорор дьоҥҥо омугуттан тутулуга суох сыhыана биир буолуохтаах.

  •   Заболевтары, Доржиевтары, Бежанян оннуларын булларан иһиэхтэрэ - выбор
    22.05.2014 (21:20) (85.26.241.143)
    Бу дьон олус наһалаан барбыттара, куорат сирин барытын Бежанян бас билэр диэн Айсен Николаев этэн турар.
    Заболевтах Штыров дьоно буолан неприкасаемые этилэр.Штыров кырдьан политикаттан тэйиэ, ыалдьыа-өлүө, ону кытары Заболевтар сүтүөхтэрэ.
    Билигин Сахалар былааска тахсан, Саха сиригэр ким хаһаайын буоларын көрдөрөн эрэллэр, элбэх айдаана суох, кыра-кыралаан.
    Бородин, Артур Алексеев күннээн олорбуттара, билигин уйаларыгар уу киирэн, ыксаан тугу да гынар кыахтара суох буолан, Сахалары национализмҥа буруйдаан барбыттара.

    Тумусов Республиканы сатаан салайыа суоҕа,хамаандатын көрүн, биир да чаҕылхай Сахалар суохтар.
    Ильковскайы утары тугу да гынар кыаҕа суох.
    Сахалар дьэ Штыров мафиятыттан босхолонон истэхпитинэ, аны Ильковскай мафиятыгар сирбитин биэрэбит дуо.

    •   Бежанян ващще не страдает быьылаах батта. - Galexanra
      22.05.2014 (21:24) (188.244.185.104)

  •   Модератордар дьон санаатын суруйарын сотор буоллаххытына тобу сабан кэбиьин - Galexanra
    22.05.2014 (21:21) (188.244.185.104)
    Мейк бредын дьон личнай оскорбление курдук эмиэ ылыныахтарын соп. Онон равноценное оскорбление

    •   поддержкалыыбын =))))) - Гаврил_1985 Ссылка на блог
      22.05.2014 (21:28) (94.245.156.61)

  •   БЕА-ны тохтотуҥ... сөп буолуо... мэйик БЕА-ҕын пиардаан бүт, кыратык суобастаах буол... - Сах Сахата
    22.05.2014 (22:46) (213.129.41.83)
    Брежнев курдук буолан бараары гынна, былааска аалыҥнаабыта киһи сиэриттэн таһынан барда, тохтотуҥ. Олорон да туох да күтүөннээҕи оҥорбото. Улугуруу тыына илгийэн эрэр... тохтотуҥ, сөп буолуо. Дьон саҥата хоноору гынна, сир аннынан норуот сөпсөспөтө, киҥир-хаҥыр саҥарара элбээн эрэр...

    •   Кэм да - other71
      23.05.2014 (03:01) (188.244.185.80)
      үтүө киһи алҕаһыырыгар даҕаны үтүө дьоннор үгэстэринэн алҕаһыыр эбит.

    •   . - Быйанг
      23.05.2014 (04:24) (82.145.208.196)
      БЕА эбэтэр Айсен. Атын киЪи буолбатын!

      •   мэйк суобастаа5ын эбитэ буоллар Суворов дуу Ворошилов дуу - R14R1954 Ссылка на блог
        23.05.2014 (06:29) (80.83.238.98)
        курдук уже олохтон "сеп буолвн" туораабыт дьону холобур оностуохтаах этин дьинэр...
        А олоххо баар Былаас чыпчаалыгар мэлдьи сылдьар(ыстыырап эм...буолэнээччитигэр)мааматынньыга кини норуот санаатыгар киирбит: барыыс-диэн хос аата,уонна швейцарскай банна кэтэх валютнай счета буола туруо5а (норуот интириэЬин иннигэр:онон сырайданан)...

        •   Мин 8йдуурбунэн ким да дархан буолла5ына,син биир куhа5аны хостуур дьон баар буолуохтара.Барыыhап барыларын баhыйар. - Уол
          23.05.2014 (07:05) (82.145.221.44)

  •   Саха итэҕэлэ бэлиэтэннэ билилиннэ-Арассыыйа таһымыгар-диэн этии - бигэ52 Ссылка на блог
    23.05.2014 (08:20) (80.73.85.105)
    түгэхтээх этии. Биһиги итэҕэлбит сүнньүн була илик. Биһиги билэрбитинэн Кондаков үөрэҕэ бэлиэтэнэн билиниллэн турар. Тэрис үөрэҕин бэлиэтиэхтэрин билиниэхтэрин баҕарбаттар. Ол аата дьону хайытыы буолар. Бу анаан туран араарыы хайытыы сүрдээх сэрэхтээх. Хайдах эрэ Украинаҕа буола турар быһыыны санатар. Аны саатар тылбытыгар политикаҕа хайдыһан эрэбит. Хайдах хайдыһарбытын билэҕит. Ону сомоҕолооччу быһыытынан хайҕаллаах БЕА үлэлээбэт. Онон Мэйик аны эйиэхэ өстүйүөх санаам баһыйаары гынна. Анал сорудах ылбыккын быһыылаах

    •   Хас биирдии киһи тус санаатын этинэрэ көҥүлэ - -Чэлгийэ-
      23.05.2014 (08:34) (82.145.221.183)
      ол аайы өстөспөт буоллаххыт.

  •   Саха лидерэ буоларын дакаастаабата - ылдьыыс
    23.05.2014 (08:46) (80.83.239.96)
    Тыа сиригэр олорор саха ыалын суеьутун эьэр политиканы аьары куускэ ыытта.
    Сымыйа колхозтааьын кини тыа сиригэр политиката, бу тыа ыалын эьэр, хамначчыт оцорор сыаллаах.

    Былырыын дойдутугар ыытыллыбыт Манчаарыга биир кэмцэ беьуелэк икки муннугар тус туспа сыаллаах бырааьынньык тэрийдэ.
    Манчаарыны тэрийиэхтээх дьоммут бэйэлэрэ туспа бырааьынньыктыы сырыттылар.
    Омугу тумэр салайааччы оннук дьаьаммат.

    Кадр боппуруоьа олох ейдеммет.
    Былаас партиятын Ил Тумэццэ депутаттара угустэрэ спортсменнар.
    Теье да спортка ыарыйдарбын, политика5а аьары итинник дьаьаныы улахан итэ5эс быьыытынан сыаналанар.

    Республика баьылыгын кытаанах ирдэбилин кербетубут.
    Улэьиттэрэ улэ5э оцорбут итэ5эстэригэр ирдэбил суох.
    Харчы ороскуоттааьыныгар кытаанах ирдэбил тэриллибэтэ.

  •   мин хамнаһым уонна кини чугаһынааҕы киһи хамнаһа 23.000 : 1.400.000 - пр
    23.05.2014 (08:56) (82.145.222.245)
    бу тугуй? араастаһыыбыт тугун сүрүкэтэй.сыалай тэрилтэ хамнаһын ылаллар эбит.тьфу, миэхэ итинник президент наадата суох эбит.
Category: Власть Правительство Ил Тумэн | Views: 1655 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Ыам ыйа 2014  »
БнОпСэЧпБтСбБс
   1234
567891011
12131415161718
19202122232425
262728293031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 5
Ыалдьыттар (гостей): 5
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024