News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2014 » Ыам ыйа » 23 » уус алдаттар бүтүн бэйэлэрэ Ил Дарханынан Дьөгүөр Барыыһабы эрэ көрөллөрүн бигэргэтэн, буруолуу сылдьар боротокуолу бурҕачытан кэбиспиттэр.
уус алдаттар бүтүн бэйэлэрэ Ил Дарханынан Дьөгүөр Барыыһабы эрэ көрөллөрүн бигэргэтэн, буруолуу сылдьар боротокуолу бурҕачытан кэбиспиттэр. | 19:39 |
Уус Алдаҥҥа “Силипсиэп сааныыта” эбэтэр улуус салалтата туохтан сүрэҕэ хайынна?
Пятница, 23 Мая 2014 15:31
Ааспыт ый, о.э. муус устар 22 күнүгэр, “Саха” НКИК “Харах далыгар” биэриитин кэнниттэн Уус Алдан таһымынан олохтоох айдаан, түптэ түрүлүөн тахсыбыт. Уус Алдантан төрүттээх Ефим СЛЕПЦОВ кырдьаҕас, быһа эфиргэ олорон эрэ Сэһэн Ардьакыап үбүлүөйүгэр сыһыаннаан үс этии киллэрбит. Дьиҥинэн, Ефрем Афанасьевич туох да киһи өһүргэнэрин эппэтэҕэ этэ. Ол да буоллар, олохтоох салалта кырдьаҕас тылыттан харахха бэрдэрбит курдук үллэ түспүт, тыына кылгаабыт, тыһа таппыт.
“Силипсиэп сатана Бэрэсэдьиҥҥэ саанна! Уус алдаттары уган биэрдэ!” - диэн уй-хай үлүгэрэ түһэрэн, сол түүн актыыптарын мунньа охсон сорунуулаахтык мунньахтаан барбыттар уонна “үрдүк үтүө аат” күлүгүрүөн иннинэ, тыын харбаһан ыҥырыы таһаара охсорго, буруй түһэ илигинэ боруостуу охсорго быһаарыммыттар: тумуллар ааттарыттан бэрэсэдьиэн Бэрииһэби аныгыс да быыбарга Бастайааннай баһылыгынан быыбардыырга ыҥыран тэллэх саха кумааҕыны илии баттаан кылыгыраппыттар.
Сарсыныгар тэлэбиисэринэн этиллибит “Силипсиэп сааныыта” уостун уоска бэриллэн, киэркэйэн-тупсан улууһу биир гына тилийэ сүүрэн хаалбыт. Тойон-хотун омуннурбут, сүрэҕин туттубут – сууллара сууллубут, сууллубутаҕа төлөппүөн үрдүгэр түһэн күн-ый буолар дьону булаттыы сатаабыт. Тумуллар ыҥырыы таһаара охсубуттарын бороҕоттор сэргии истибиттэр уонна өлбөт-сүппэт суол бу туһа эбит диэн эмиэ мунньах тэрийэ охсон, уус алдаттар бүтүн бэйэлэрэ Ил Дарханынан Дьөгүөр Барыыһабы эрэ көрөллөрүн бигэргэтэн, буруолуу сылдьар боротокуолу бурҕачытан кэбиспиттэр.
“Харах далыгар” биэриигэ оннук айылаах тойон-хотун хараҕа тахсар курдук туо айылаах этиллибитэй?
Ефрем СЛЕПЦОВ: “Мин үс этиилээхпин: бастакытынан, Сэһэн Ардьакыап төрөөбүт нэһилиэгэр Бороҕоҥҥо “Саамай былыргы олоҥхоһуттардаах сир” диэн аат иҥэриэххэ. Иккиһинэн, Тумулга оскуола тутуллуохтаах. Ону боростуой типовой бырайыактаах оскуоланы туппакка, сахалыы тыыннаах архитектуралаах оскуола тутуоххайыҥ. Үсүһүнэн, быйыл Сэһэн Ардьакыап үбүлүөйүгэр өрөспүүбүлүкэ салалтата 90 тыһ. солкуобайы эрэ көрбүт. Итини эбиэххэ баара. Егор Афанасьевыһы быыбарыҥ саҕаламмытынан эҕэрдэлиибин уонна дьоҥҥо төһө көмөлөспүккүттэн көрөн Уус Алдаҥҥа куолас хомуйуоҕуҥ диэн санатыахпын баҕарабын”. Дьэ, бу үһүс этииттэн тойон-хотун сүрэҕэ хабаҕар түспүт: “Иэдээн алдьархай буолла! Оҕонньор тылыттан биһиги хаптарар буоллубут, бэрэсэдьиэҥҥэ СААННА! Аньыы ТАҤАРА быыһаа-абыраа...”
Егор Афанасьевич ити биэриини бэйэтэ көрбүт да буоллаҕына, өһүргэммитэ буолуо дии санаабаппыт. Хата, кини оннугар Уус Алдан улууһун салалтата тото кыыһыран, өһүргэнэн өттүгүн тосту түспүтүн истибитэ дуу?
Оттон “буруйдаах”, тойонтон-хотунтан сэмэлэммит Ефрем СЛЕПЦОВ суҥхарар эрэ, буруйа суох буруйдаммытыттан хомойор: “Дьиҥинэ, улууһум, төрөөбүт дойдум туһугар ис сүрэхпиттэн кыһаллар буолан, Сэһэн Ардьакыап үбүлүөйэ этэҥҥэ аастар, суолтата үрдээтэр, ыччакка холобур буоллар диэн баҕаран эбии үп көрүөххэ баара диэн эттэҕим... Ону баара сиэри таһынан сирэй көрбөхтөр сирэйгэ тыаһаттылар”, - диэмэхтиир.
Илэмэ-салама түһээччилэр, сиэри таһынан нылаҥнааччылар, хараҥарыахтарыгар диэри хаптаҥнааччылар ханнык да былааска бааллар. Ол гынан баран, аныгы кэм быһыытынан арыый дьоһуннаах соҕус буолуохха баара. Хотойдор хаһан баҕарар холкулар.
Аартык.ру
Источник: aartyk.ru
|
Category: Выборы |
Views: 1562 |
Added by: uhhan1
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 10 Ыалдьыттар (гостей): 10 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|
Комментарии