News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2014 » Ыам ыйа » 26 » «Егор Афанасьевич, биһиги тыыннаахтыы умайыахпытын баҕарбаппыт!» - диэн былакаат тылыгар харда сэмээр эрэйэбит.
«Егор Афанасьевич, биһиги тыыннаахтыы умайыахпытын баҕарбаппыт!» - диэн былакаат тылыгар харда сэмээр эрэйэбит. | 17:57 |
«Егор Афанасьевич, биһиги тыыннаахтыы умайыахпытын баҕарбаппыт!»
Ыам ыйын 25 күнүгэр Дьокуускай куорат Орджоникидзе аатынан болуоссатыгар сыллата хатыланар киһи өлүүлээх баһаардарга аналлаах миитин буолан ааста.
Миитини Саха Өрөспүүбүлүкэтин народнай хонтуруолун Кэмитиэтэ уонна « Yakutia.Info» интернет издание суруналыыстара тэрийэн ыыттылар.
Хара маҥнайгыттан харахха быраҕыллара диэн Арассыыйа кээмэйинэн кыра куоракка умайбыттаахтар бүтүн Сойуустара баара. Оннук сурук эрдэттэн дьону угуйа турбута.
Миитиҥҥэ этиэх-тыыныах дьон элбэҕэ уонна салыннарда. Барыта сыл аайы, сайын аайы, күн аайы (!) хатыланар баһаардарга эмсэҕэлээбит дьон. Оннук дьон ортотугар ыстаастаах (!) умайбыттаахтар диэн бааллара киһини сөхтөрөр. Уонунан, онтон да элбэх сыллар тухары бу дьон умайбыт дьиэлэрин оннугар ханнык да олорор сири туруорсан ыла иликтэр. Ыал устун сылдьан оҕолорун улаатыннарбыттар.
Биир дьиксиннэрэр дьикти – умайбыттаахтары сэргэ умайарга уочараттаахтар диэн дьон баар эбит (потенциальные погорельцы). Кинилэр киһи эрэ уйулҕатын хамнатыах тыллары ыһыгыннылар. Былаастаах дьоннорго туһаайан тыл бөҕө этилиннэ. Бастатан туран, аҕа баһылык солотун быстах кэмҥэ толоро сылдьар Егор Афанасьевич БОРИСОВКА уонна Дьокуускай куорат баһылыга Айсен Сергеевич НИКОЛАЕВКА. Ил Дархаҥҥа быһаччы туһуламмыт былакааттар кытары бааллара. Киһи өлүүлээх баһаарга эмсэҕэлээбиттэр атын сиргэ туох эмэ буоллаҕына, былаастар тута хамсыыллар, буруйдааҕы буларга дьулуһаллар, бэйэлэрин кыттыгастааҕынан ааҕынан астаапкаҕа кытары бараллар, оттон биһиги бэрисидьиэммититтэн тыл быһаҕаһа соболезнование да суох диэн хомуруйдулар.
Суох дьоҥҥо туһуламмыт тыллар салгыҥҥа ыйанан хаалыахтара дии саныахтара. Саатар сурукка тиһиллибитин, видеоҕа уһуллубутун көрөн туох эмиэ тыас таһаарыахтара диэн эрэнэрбитигэр эрэ тиийэбит.
Бу күннэргэ хаһыатынан, тэлэбииһэринэн кыайтарбат кыһалҕаҕа анаммыт матырыйааллар тахса сатаатылар. Ол үрдүнэн тойотторбут ууну омурдубут курдуктар. Сололоро суоҕа буолуо. Өрөбүлү өрөбүл диэбэккэ, атын кыһалҕаҕа сырыттахтара.
Умайбыттаахтар бу күһүн буолар Ил Дархан быыбарыгар түөрт сүүстэн тахса мөлүйүөн (!) солкуобай наадатын аҕыннылар. Ити харчыга сүүсчэкэ биир хостоох квартира кэлиэн сөп диэн сонньуйа бэлиэтээтилэр. Кыра дьон кыһалҕатыгар кымаардаан да көрбөт дьону үрдүк солоҕо ити үлүгэр соболоҥунан талар туохха наадалааҕый дэстилэр.
Кыра кыһалҕа дуо – уһун кыһыннаах онто да суох кыһалҕата үгүс уһук сиргэ “Хотугу Хатынь» диэн тыл холбоһуга уостан түспэт буолан эрэрэ? Баар кыһалҕа барыта кэриэтэ этилиннэ. Умайбыт дьиэлээхтэр сир-халлаан ыккардыгар сылдьаллара, хаарбах мас дьиэлэргэ олорооччулар, ордук кыра оҕолоохтор, утуйар ууларын сүтэрэллэрэ. Чыпчылыйыах ыккардыгар көрүдүөртэн уот күүдэпчилэнэн тахсара. Дьон биири этэр – бу соруйан уматыы! Умуруора кэлбиттэрбит кураанах баахтаах буолуталыыллар эбит. Соторутааҕыта буолбут баһаарга ааһан иһэр киһи быыһаабыт. Уон иккилээх кыыһы баһаарынньыктар уоттан ороон таһаарбыт курдук кэпсэнэллэрэ дьикти. Ол дьоруой уолу дьон махтанаары көрдүүр да, кимэ-ханныга биллибэт. Куурката эрэ хаалбыт.
Биир сааһырбыт дьахтар саха сиэригэр баппат сэттэ көлүөнэҕэ тиийэ барар улахан аньыы – дьону тыыннаахтыы уматыы диир. Соруйан уматыы буолбатаҕар эрэниэҕи баҕарыллар диэхтиир. Проводкаттан диир үгэстээхтэр да, оннук түбэлтэтигэр уот сыыйа тарҕанар. Өссө биир хобдох түгэн ахтылынна. Баһаар буолбутун кэннэ олохтоохтору малларын да дьаһайалларын боппуттар, чугаһаппатахтар. Ол оннугар мародердар күннээбиттэр. Умайбыт дьиэ оннугар дьиэ туттахха, син биир умайар диэн баар. Умайбыттаахтар малларын уоран уһун сонноммотторо биллэр.
Тэлэбииһэринэн биир тойон итинник мас дьиэлэргэ асоциальнай элэмиэннэр олороллор диэбитин ахтан баран, биир дьахтар – көрүҥ, мин бичиихэҕэ майгынныыбын дуо диэн саайда. Дьон курдук дьон мустубут. Бу орто дойдуга дьон тэҥэ олорор бырааптаах дьон. Ол гынан баран, дьонтон итэҕэстээх курдук сананаллара оруннаах. Ити баар суох олорор мас дьиэлэрин солуоһунньуктара. Атыннык дьиэ ылар кыахтара суох. Хайа да пилотнай бырайыакка сноска барыахтаах дьиэҕэ олорооччулары чугаһаппаттар. Өссө биир кыһалҕаны санаттылар. Урукку мас дьиэлэр квартираларын иэнэ аныгылары кытта тэҥнэһэр кыаҕа суох. «Бэйэлэрэ хастыы эмэ квартиралаахтарыттан, мас дьиэҕэ баалларын сөптөөх квартираларга атастаһан баран, метраһынан тэҥ тэҥҥэ квартира бэриллэр диэн уурааҕы таһаарбыттара», - диэн биир дьахтар айдаарда. Ыт уйатын саҕа хоско уонтан тахсалыы буолан олорооччулар оннук иэннээх саҥа квартираны ылан дьоллоннохторуна, үйэлэрин тухары коммунанан олороллоругар тиийэллэр.
Тойон-хотун, алҕаска биир эмэ дьокутаат кэлэн сирэйин көрдөрбөтө. Миитини тэрийээччилэртэн биирдэстэрэ народнай хонтуруол Кэмитиэтин салайааччыта Александр ЗАХАРОВ, никтыын Саша ЯНК, дьон быыһыгар мээрийэлэр ыыппыт киһилэрэ баар диэн хаста эмэ төхтүрүйэн ыҥыра сатаан кэбистэ да, киһи дьону кытта дьон курдук аатыраары дуу тахсыбата. Ол оннугар ааһан иһэн алдьаммыт куорат баһылыгын бастакы солбуйааччы Дмитрий САДОВНИКОВ дьон тылын тулуйарыгар тиийдэ. Айаҕалыы сатаан үлэ күнүгэр миэхэ кэлээриҥ диэтэ.
Кыһалҕалаахтар кыттыстылар, тыыннарын таһаардылар. Үрдүк өһүөлээхтэр өрөбүллэрин кыра аайы сиэртибэлээбэтилэр. Улуустарга праймериз үгэнэ. Кыра аайы кыһаллыбат Ил Дарханнанаары дьон биир киһи курдук биир киһини өйүүллэрин биллэрэллэр.
Куорат килбэйэр киинигэр ордон хаалбыт хаарбах дьиэлэр олохтоохторо кыһалҕаларын маннааҕылары нөҥүөлээн, оннооҕулар харахтарын аалалларыгар тиийэллэрэ дуу?
«Егор Афанасьевич, биһиги тыыннаахтыы умайыахпытын баҕарбаппыт!» - диэн былакаат тылыгар харда сэмээр эрэйэбит.
Сайдыына ЧЭГДЭ
|
Category: Социалка, пенсия, жилье |
Views: 1304 |
Added by: uhhan1
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 27 Ыалдьыттар (гостей): 27 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|