Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [261]
Суд-закон.МВД.Криминал [1279]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [398]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [553]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [154]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [276]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [221]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [669]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [375]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [154]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [92]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [22]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [237]
Тюрки [76]
Саха [152]
литература [41]
здоровье [463]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [121]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2014 » Ыам ыйа » 26 » Чайыҥда, чэйиҥдэ диэни нууччалар Чаянда диэн ааттыылла
Чайыҥда, чэйиҥдэ диэни нууччалар Чаянда диэн ааттыылла
20:55
Чаянда диэн туох тылый?
Автор: Kilbar (217.118.64.63) 25.05.2014 (09:21)    http://forum.ykt.ru/viewtopic.jsp?id=3237266&f=149
      чаян на татарском-скорпион - фаизов    25.05.2014 (10:34) (82.145.210.158)    
          Чаянда буолбатах Чайыҥда диэн ыйыт. - Сабаҕа        25.05.2014 (11:02) (199.190.45.79)    
        Өлүөхүмэ уонна Сунтаар быыһыгар сытар күөл.Урут Гидромет поһа баара, Сунтаарга киирэрэ.Туох суолталааҕын билбэтэрбин да,тылыттан көрдөххө тоҥустуу курдук.
              Сунтаар сирэ доо, уруккуттан. Чайында диэн. - к            25.05.2014 (11:16) (46.48.169.98)    
            Кыьыыта диэн Сунтаар бэйэтэ гааьа суох, Россияны харчынан хааччыйан олоруохтаах.
                  сунтаар сирэ САДЫН диэн этэ буотах дуо??? - о9ус                25.05.2014 (11:59) (82.145.220.151)    
                өссө ХОЧО диэн баара ди                      Саталар сирдэрэ Сатын диэн ааттанара. - Никон2 Ссылка на блог
                    25.05.2014 (13:45) (94.245.156.37)                        Хайдах остуорйаны билбэккитий?
      Чэйиҥдэ, Чайыҥда = подпитка диэн тылбаастаах. - Никон2 Ссылка на блог
    25.05.2014 (11:50) (94.245.156.37)    
    Чэйиҥ+да, чайыҥда = давайка, подпитка диэн үрэх, өрүс бастара сүүрдэн саҕаланар сирдэригэр баар күөллэр, уулар ааттара.
    Уу сүүрэрин эбэн көҕүлээн, чэйикэйдээн биэрэр эбии уу аата.
    Чайыҥда, чэйиҥдэ үрэх бастарын аайы баар сахалыы аат.
    Ханнык да тоҥус, кытай, индия тыла буолбатах.
    Хайыҥда диэн үрэх баһа бүтэр сирэ.
    Чэйиҥдэ диэн үрэх уута сүүрэн саҕаланар сирэ.
    Чайыҥда, чэйиҥдэ диэни нууччалар Чаянда диэн ааттыыллар.
    Аттыгар налыы ходуһалаах буолар сорох Чайыҥда сир.
    Ол ходуһа, мэччирэҥ сири Таала диэн ааттыыллар.
    Нууччалар Талакин дииллэр.
    Бүттэ.          оттон ТУЙМААДА, ЧЫБЫЫДА..... диэннэр бааллар... - о9ус
        25.05.2014 (11:57) (82.145.220.151)    
        ол ЧАЙЫҤДАҕар чугас дуо???
              Чыбыыда, туймаада диэннэри манна ырытыы элбэх этэ. - Никон2 Ссылка на блог
            25.05.2014 (12:00) (94.245.156.37)    
            Булан аах.
                  ЭБЭҤКИ тыла... - о9ус
                25.05.2014 (12:05) (82.145.220.151)    
                ДА диэн сыһыарыы ААХ диэн үһү,
                холобур:
                Туймаада - туймаалаах                Чыбыыда - чыбыылаах                Чайыҥда - чайыҥнаах                Сахаада - сахаалаах
                      -лаах сыьыарыы сахага баар дии. - Tatina
                    25.05.2014 (12:20) (82.145.223.22)    
                    эбэлээх кэллилэр энин диэбит курдук. эбэнкилэр киэннэрэ -каан, - чаан диэн буолааччы.
                          ким билэр... - о9ус
                        25.05.2014 (12:40) (82.145.220.227)    
                        ААН сыһыарыыны ханнык баҕар тылга туттуохха сөп курдук:
                        уолчаан, кыысчаан, эһэкээн, эбэкээн (эбэкэм), ийэкээн (ийэкэм), аҕаккаан(аҕаккам)...
                        кыра - кыччаан хаалар курдук
                        ЧАРААС - чарааһаан
                          элбэх омук быыһыгар сылдьан иһиттэххэ... - о9ус
                        25.05.2014 (12:54) (82.145.220.227)    
                        БҮРЭЭТтэр тыллара дьиибэ баҕайы буолар,
                        хайдах эрэ ГРУБАЙ диэххэ ду?,,,
                        быһыта-орута саҥараллар.

                        Баҕар кинилэр тыллара оннун-туойун булбатка, муна-тэнэ сылдьар тыл буолуо.

                        толкуйдара да оннук буолаахтыа буо - маргинальнай

                      Сиикэйдээмэ. - Никон2 Ссылка на блог
                    25.05.2014 (13:44) (94.245.156.37)    
                    Ыҥда, чаан, каан диэн саха сыһыарыылара.

                    Ыҥда = ыҥырыыта, ыҥааны этэр.
                    Холобур.
                    Тиһэҥдэ = тиһиллэн бара турар сибээстээх силбэһэ күөллэр. Ыҥырыллан биир тиһик буолан ыҥырсалларын аата ыҥда сыһыарыыннан.
                    Саамай улахан күөлэ тиһэҥдэ диэн ааттанар.
                    Онтон тиһиллэн кыра күөллэр бараллар.

                    Чэйиҥдэ = ол күөлтэн чэйикэйдээн, ыҥырыллан аа-дьуо ыҥааланан уу сүүрэн бүтүн өрүс буола кубулуйар.

                    Чаан = кыратытыы сыһыарыыта.
                    Каан = хаанын этэр сыһыарыы.
                    Тимир+хаан = Тимиркээн.

                    Тоҥустар тыллара = саха тылыттан тахсар.                    Алтай бөлөҕөр киирэр тыл.                    Алтай бөлөҕх тылыгар Саха тыла саамай Аҕа тылынан буоларын аан дойду билинэр.
                    Тоҥус тыла оҕо тыл.                    Саха тыла Аҕа тыл.                    Ол сиэрин тутуһуҥ.                    Аҕатын оҕо батар.
                    Аҕата оҕотун баппат.                    Сатаммат
                          ити БҮРЭЭТТЭР хантан манна баар буола охсубуттарай, БАЙҔАЛ эргин... - о9ус
                        25.05.2014 (14:01) (185.26.180.46)    
                        КЭРИЭЙдэри кытта тыллара майгылаһар дуо?
      Никон сүрэҕэлдьээбэккэ быһаар эрэ, ханна баарын хантан булан ааҕыллыай - кытыйа
    25.05.2014 (12:22) (82.145.220.50)    
          Хал буолан хаалбыппын. - Никон2 Ссылка на блог
        25.05.2014 (13:29) (94.245.156.37)    
        Туймаада = Туймаарыйар киэҥ сири ааттыыллар. Үөһэ хайаттан кэлэн көрдөххө көҕөрө тунааран бүппэккэ бара турар киэҥ сир Туймаа+аат = Туймаада бииргэ саҥарыллыыта.
        Иккис суолтата = туйма хомус от көрүҥэ. Сиикини бата үүнэр. Өргүөт өбүһүн кытта сэргэ.
        Ол Дьокуускайга билигин да элбэх.
        Туйма+аат = Туйма ото элбэҕинэн Туймаада диэн эмиэ ааттанар.

        Эркээни = Эркин диэн Өлүөнэ тэйэр хайатын аата.
        Ол тэйэр хайа эркинэ Хаҥалас улууһугар кыртаһыран бүтэр.
        Анараа өрө өттө кыр таас буолан хаалар.
        Тэйэр хайа эркинэ буодьулаах Эркээни хочото диэн Покровскай = Эргис таһа буолар.
        Онтон Туймаада кэлэр.
        Алын түстэххэ Эҥсиэли диэн эмиэ биир хочо баар.
        Нам таһа.
        Эмиэ өрүс эҥсиитин бата турар хочо.
        Иккис өйдөбүлэ Өҥ+сиэл = уу ылар буолан өҥ от үүнэр ходуһалардаах.
        От - сир сиэлэ, сылгыга үүнэр түү курдук.
        Ол иһин эмиэ Эҥсиэли диэн ааттаммыта үһү.

        Чыбыыда, чабыыда = үрэҕи бата үүнэр от аата чыыбаайы дэнэр.
        Ону бата сылгы чыбаайылаан аһыыр.
        Оннук сылгыны сүөһүнү чыбаайыга ыытыы Чыбыыда диэн ааттанар.
        Иккис суолтата.
        Былыр сылгыны Чыбыыдаҕа чыбаайылата ыытан баран кэлин суоллаан батыһан булаллара.
        Сылгы ханна аһылык баарын билэр.
        Ханна түптээн уһуннук турбут ходуһалаах сирдэригэр дьиэ-уот тутталлара.
        Сылгыны иитээри-аһатаары.
        Оннук сылгыннан сирдэтэн олорор сири булуу Чыбыыдалааһын диэн ааттанара.
        Чыбыыда үрэҕэ Алын Бүлүүгэ баар.

        Чайыҥда, тиһиҥдэ,бээкимдэ эҥин диэн сирдэр куоттарыныы сэтин тутуһан ааттаммыт сирдэр.
        Оннук сиэр баара былыр.
        Сири аатынан ааттааһын сэттээх, кутталлаах диэн буолара.
        Онон быһа Эбэ диэн ааттыыллара.
        Биитэр куоттаран тоҥустуу таттаран, атын тылынан солбуйан ааттааһын элбэх этэ.
        Ол бэйэтэ туспа остуоруйа.
        Ньаалыгылыы олорор соло суох.
        Эһиги аныгы оҕолор ону билбэт буолан мунаргыт элбэх.
        Куруубай = грубый диэн саха куруубай диэниттэн ылыллан сылдьар.
        Курус, курутуй = грусть, крутина, кручина диэн эмиэ саха тылыттан ылыллан нууччаларга сылдьар.
        Баламат = баламут, сатарах = страх эҥин диэн.
        Чэ, айа.
              саха тылыгар төһө элбэх эбэҥки тыла баарый??? - о9ус
            25.05.2014 (13:42) (185.26.180.46)    
            ханна эрэ көрбүтпүнэн 2% диэн этэ,
            аҕыйах курдук.

            10% баҕас баара буолуо ээ
                  Биир-икки. - Никон2 Ссылка на блог
                25.05.2014 (13:46) (94.245.156.37)    
                Онтон тоҥус тылыгар Саха тыла 99%.
                Тылдьыттарын ылан аах ээ.
                      оннук да буолуо... - о9ус
                    25.05.2014 (13:52) (185.26.180.46)    
                    телевизор, араадьыйа суоҕа буоллар
                    билигин Саха Сирэ бүтүннүү сахалыы эрэ саҥарыа этэ.
                    Билигин манна нууччалааччылар тыллара ВИРТУАЛЬНАЙ тыл, олоҕо суох.

                    уопсайынан,                    нуучча тыла "музейнай",                    виртуальнай эрэ буолан эрэр курдук.

      былыр Орто Бюлюю ханнааҕы сылгыны үөрүнэн иитиэҕэй, быстар дьадаҥытык олорбуттар - кытыйа
    25.05.2014 (14:21) (82.145.221.196)    
    Харба от хайдах дьүһүннээҕэ, хайдах сиргэ үүнэрэ буолла?
          бултаах-алтаах сиргэ хайдах буолбут киһи быстан олордоҕой??? - о9ус
        25.05.2014 (14:37) (82.145.222.195)    
        )))...
        былыр быспатка гынан баран,
        билигин кэлэн быһаллара саарбах буолла.
          Орто Бүлүүлэр саҕа байаргыт ыраах буолуо. - Никон2 Ссылка на блог
        25.05.2014 (14:37) (94.245.156.37)    
        Харба = веник диэн тылбаастаах.
        Харба от тиэргэҥҥэ тахсан көр.
        Сэбирдэҕэ суох хардаҥ өҥнөөх от аата.
        Минньик оҥоруллар.        Дьиэ харбыыгын.
              ити алаас сир сүөһү иитиитигэр туох үчүгэйдээҕий... - о9ус
            25.05.2014 (14:44) (82.145.222.195)    
            мин көрдөхпүнэ тураҥ буор,            быыл.            онно кумаар да көтпөт            дьиибэ баҕайы
          Хантан тонус тыла буолуой, - к
        25.05.2014 (14:43) (46.48.169.98)    
        тонус тыла отой атын, барыта -ни, -ун, -эн, -ми диэн окончаниелаахтар.
      Никон убайга махтал;) - Kilbar
    25.05.2014 (14:35) (217.118.64.53)    
    Астык быьаарыы! Учуонайдар тонус тыла диэхтэр этэ. Тонус диэн маньчжур буоллага. Онон кытайдар бэйэбит гааспытын ылабыт дэьиэ этилэр. Чэйиндэ, Чайында диэн дьиннээх саха тыла диэн биллэхпит ити.
          Туймаадаҥ, чыбыыдаҥ син майгынныр курдук... - о9ус
        25.05.2014 (14:40) (82.145.222.195)    
        оттон ити Чайыҥдаҕын өссө да сиһилии быһаарарыҥ эрэйиллэр
              Олох чопчу быьаарбыт. - Kilbar
            25.05.2014 (14:59) (217.118.64.53)    
            Ессе туох нааданый, ейдуургэ? Туймаада, Эркээни, Энсиэли диэн ааттары мин эркин, туймуу, энсиллэр диэннэртэн таьааран тойоннуур этим. Никон эттэгинэ киниэнэ ордук сеп курдук:) Онон Чайында буолара сеп буолуо. Хайдах быьыылаах таьаалаах дойду эбитэ буолла, Чайында? Биир эмэ билэр киьи баар дуо?
                  Чаайында5а бултуу сылдьан сылдьыбытым, киэн, налыы, урэх хонуу дойду, - к
                25.05.2014 (15:03) (46.48.169.98)    
                урут колхоз бо5о баарын, барыларын Кэмпэндээйигэ, Хаданна коьорбуттэрэ.
                  тайаан-туйаан диэн буотах дуо?... - о9ус
                25.05.2014 (15:04) (82.145.222.195)    
                хоту ТАЙМЫЫР диэн баар ди
                      тайаан (тайанан, тарҕанан-тарҕаан)... - ыы
                    25.05.2014 (15:12) (82.145.222.195)    
                    оттон
                    туйаан - туһулаан,                    тустаан (?)                    (туспа кииннээн)
              Мунаах киһигин, доҕор. - Никон2 Ссылка на блог
            25.05.2014 (15:16) (94.245.156.37)    
            Дьахтар быһыылаах диэхпин Оҕус диэн ааттаах.

            Чэйиҥ = активизатор, подпитка, усилитель диэн нууччалыы тылбаастанар.
            Чэйиҥ эрэ, Чэй эрэ = А ну давай.

            Үрэх, өрүс бастара хайа буолаллар.
            Хайалар быыстарынан уу сүүрдэр.
            Ол уулар хайа хаспаларын толороллор.
            Ардыгар хайа үрдүгэр күөллэр баар буолаллар.

            Туруук таас хайа үрдһгэр үөскээбит күөл аата = Чохчур-күөл диэн ааттанар.
            Бар таас буолар.
            Үүнээйи, ходуүа, арал мэлиһээй.
            Үөһээ дойдуга сытар күөллэр.
            Чохчур күөллэр диэн саха сирин хайаларын быыһыгар элбэхтэр.

            Мураан хайалар = ол аата үүнээйилээх, мастаах-оттоох хайалар ааттара.
            Мурааннарга эмиэ күөллэр бааллар.
            Оннук күөллэртэн сүүрээннэр сүүрэн түһэллэр.
            Күөл туоллаҕын аайы.
            Ол түһэр уулар үрэх сүнньүгэр киирэн үрэҕи толорон үрэх саҕаланар сүүрүгүн күүһүрдэн чэйикэйдээн биэрэллэр.
            Үрэх, өрүс уута ахса биллбэт тыалартан, үрдүк сирдэртэн чэй иҥтэҕин аайы күүһүрэн кэҥээн түһэн иһэр.
            Оннук хайа быыһыгар, үөһэ баар күөллэртэн саҕаланар үрэх, өрүс саҕаланар күөллэрин аата Чэйиҥдэ, чайыҥда күөл диэн буолар, сахалыы.
            Оннук күөллэр ааттара = Чайыҥда, Чэйиҥдэ = подпитка, активизатор, усилитель озеро нууччалыы тылбааһа.

            Саха сиригэр элбэх үрэхтэр, өрүстэр бастара күөлтэн саҕаланаллар.
            Ол күөллэр ааттара үрэх чайыҥдата, чэйиҥдэтэ диэн буолар.
            Эн оҕо быһыылааххын, ону улааттаххына билиэҥ.

            Мураан чайыҥда күөллэрэ оттоох-мастаах буолаллар төһө да үөһэ сытталлар.
            Кытыыта ходуһалаах, налыы сирдээх буолар.
            Барыта хайа буолбат.
            Оннук налыы сирин аата Чайыҥда Таалата диэн ааттанар.
            Онтон хайа үрэҕин бата налыы сир аата Алыы дэнэр.
            Алыы үөһээ өттө Ээй дэнэр.
            Ээй кэннэ хайата кэлэр.
            Өссө хайдах ыстаан биэрэбин.
            Айаххар угар гына илдьиритэ сатаатым.
            Эн оннугар ыйыстар кыах суох.
            Бэйэҥ мэҥиэстэ сатаан көр.
            Ыстаммыты баҕас, доҕор.
                  бүрээтти Мураан - өрүс... - ыы
                25.05.2014 (15:19) (82.145.222.195)    
                оттон эбэҕэ быардыы сытарыҥ БЫРААН(?)
                      Лапса. Дьахтарга дылы толкуйдаабакка саҥарыы. - Никон2 Ссылка на блог
                    25.05.2014 (15:24) (94.245.156.37)    
                    Сирэйиҥ мураана - мурун диэн ааттанар.
                    Сир мунна = мураан диэн.
                          )))... - ыы
                        25.05.2014 (15:29) (82.145.222.195)    
                        МУРУН диэн ЭН курдук тоҥ нуучча саҥарыан сөп,
                        сахалыыта БУРУН диэн.
          Кытайдар сэриилиэхтэрин 100 сыл иннинэ почва бэлэмнииллэр - Чаархаан
        25.05.2014 (15:06) (80.83.238.34)    
        Уонна агеннары ыыталыыллар. Манна кэлэн вербовка бөҕөтө. Учуонайдарбыт сордоохтор биир кытайскай термэс иһин сирдэрин уоттарын атыылаан бүтэрдилэр быһыылвах:-)
              Почва = симилэх диэн сахалыы. - Никон2 Ссылка на блог
            25.05.2014 (15:18) (94.245.156.37)    
            Симилэхтэн сир симэх үүнэр.

            Симилэх = Земля буола сылдьар нууччаларга.

            Сир = ширь диэн ааттанар.

            Агент = Ааҕын = ааҕына-суоттана аахсар анаан ыытыллыбыт киһи аата ааҕын.
            Ааҕына сылдьар киһи хас хардыытын, ыларын биэрэрин.

            Холобур.
            Эр киһи - таҥара ааҕына = Мужик - это агн божий диэн.
                  Симилэх да буоллун - Чаархаан
                25.05.2014 (15:21) (80.83.239.1)    
                Эн эмиэ ханна эрэ Уркуускай пуордугар оннук киһилиин сэлэстим диэн суруйбутун баара дии?:-)
                  сиикюйдээмэ... - ыы
                25.05.2014 (15:23) (82.145.222.195)    
                СЕРЕБРО - сир буора
                )))
                эмиэ МасКубалыыгын,
                ити Руссификациялыыр быһыыҥ.
                      ЫЫ - Kilbar
                    25.05.2014 (15:25) (217.118.64.53)    
                    эн бут эрэ. Туох таьым диэн суох эрээри омугумсуйара диэн биэс уон:( Тугу да билбэт киьи омугумсук буолар.
                          ну как так может быть???, диэриий? - ыы
                        25.05.2014 (15:31) (82.145.222.195)    
                        олоххо араас барыта буолар
                  Итини билэбин:) - Kilbar
                25.05.2014 (15:24) (217.118.64.53)    
                Ьибиэт (свет), Ьибиэн (сибиэн, свен, связь), ьимиэт (смерть) - ити бары сир эргимтэтин хаттагастара.
                      МасКубалаама. - ыы
                    25.05.2014 (15:26) (82.145.222.195)    
                          Масково = священная лебедь по старо-русски. - Никон2 Ссылка на блог
                        25.05.2014 (15:29) (94.245.156.37)    
                        Кутан = сахалыыта.
                              Оннук:) - Kilbar
                            25.05.2014 (15:33) (217.118.64.53)    
                            Бу Ыы курдуктар уехсэр тыллара буолла, былыргы саха тыла. Итинниктэр саханы эьиэхтэрэ.
      Улгумда, Мундуҥда, Мээкиндэ эмиэ эбээн тыллара дуо? - кытыйа
    25.05.2014 (19:10) (82.145.222.55)    
          Улгумда = улгум оттооһуннаах көбүс көнө хонуу сир аата = быстрийная. - Никон2 Ссылка на блог
        25.05.2014 (20:23) (94.245.156.37)    
        Мундуҥда = мундулаах күөл. Сир аайы баар = гольянная

        Бээкимдэ = Улахан күөл сэргэ кыра күөллээх буоллаҕына Бэрэ диэн ааттанар =
        Улахан түбэ сир сыһыары сир түбэлээх буоллаҕына = Бээкимдэ диэн ааттанара = прилагаемая без наименования
        .
              Мин манныкка майгынныыр быһаарыыны истибиттээхпин. - Харыйа уола Чолоох
            25.05.2014 (20:47) (199.190.45.47)    
            Килиэби пен-пенится диэнтэн,брод-бродит диэн нуучча тылыттан тахсыбыт диир киһи баар буола сылдьыбыт.Эһиги быһаарыыгыт ол киһи суолун тутуһар дии санаабаккыт да?
                  Ьэьэ;) - Kilbar
                25.05.2014 (21:12) (217.118.64.53)    
                Барыта тонустуу, монголлуу диэбиттээгэр син биир ордук:) Сахалыыны улахамсыйбакка инэн тонон уерэтин:)
              Учуутал этиҥ. Билигин да үлэлии сылдьаҕын дуо? - Билэр
            25.05.2014 (21:11) (85.26.241.1)    
      Никон уонна Кылбар - биир киһи. Тумус Мэхээлэ сахсахараал үөрэҕин уорбут киһи. - Билэр
    25.05.2014 (21:09) (85.26.241.1)    
    Тумус Мэхээлэ ону билэр дуо?
          ))) - Tatina
        25.05.2014 (21:18) (82.145.222.103)    
        уорэх буоллагына уорбут буолбат буоллага. Улрэнээччилэрэ диэн ини.
          Тумус Мэхээлэ даҕаны МасКубалыырын сатыыр буолуохтаах. - ыы
        25.05.2014 (21:30) (82.145.221.147)    
              ыы, эн урукку нигын ким этэй? - Tatina
            25.05.2014 (21:45) (82.145.222.103)    
                  КимДаДиэнБуоллун... - ыы
                25.05.2014 (21:50) (82.145.220.54)    
                туох иһин НИК диэн баарый?, уларыта сылдьарым бобуллар ду???
                      Бобуллубат - Tatina
                    25.05.2014 (21:58) (82.145.222.103)    
                    коннору ыйытабын, биир урукку никка майгыннатабын.)
                      Бобуллубат - Tatina
                    25.05.2014 (21:58) (82.145.222.103)    
                    коннору ыйытабын, биир урукку никка майгыннатабын.)
      дьэ никон - саллыбыт
    25.05.2014 (23:29) (80.83.238.88)    
    били хаҺан эрэ народнай академик бҮтҮн аан дойду билинэр генетик
    учуонайдарын сиэтэлээбитин курдук этимология ҮӨрэҔин оннуттан
    эҺэн эрэҔин .эн быҺаарыларыҤ этэргэ дылы "Задорнов отдыхает".
    Бу тоҔӨ биир да тыл ҮӨрэхтээҔэ сӨптӨӨх быһаарыы биэрбэт.
          Никон уонна Кылбар(Килбар)биир киьи буоларын сэрэйбитим ыраатта - Сымаьыт
        26.05.2014 (00:20) (46.48.133.2)    
        Биир орфографическай(Уруустааатым)сыыьаны онороллоруттан костор биир киьи буолара.То5о айпилара тус туспаный диэн ыйытык уоскуон соп,телефон уонна адсл киэннэрэ ол аата ханна регистрацияламмыккынан(эмиэ уруустаатым)тус туспа буолар.Билигин суотабай сибээс оното элбэх.Дьахтарга холоон тыр дар буолуман(буолума)

          Задорнов сынньанара сөп буо. - Никон2 Ссылка на блог
        26.05.2014 (00:23) (94.245.156.37)    
              Задорнов тугу кэпсиирин ойдуурум буоллар ба5ар тугу эмит ыйданардыам этэ. - Сымаьыт
            26.05.2014 (00:47) (46.48.133.2)    
            Сахараал диэн уорэх баар,итэ5эл да диэххэ собо буолуо.Маарынныыр тыл баар буолла да бу эбит маннык буолуохтаах диэн тоьо5олоон кэбиьэр оччото суох ини,дьон тылын санаатын истэр диэн эмиэ баар.Сыыьа санардын ол аата дьахтаргын диэн буолуо суохтаах.
                  Никон2 ынырык комплекстаах... - ыы
                26.05.2014 (00:52) (82.145.221.127)    
                киһи аһынар киһитэ                уонна кыра оҕо курдук.                куттуур эҥин                уйан дууһаалаах                диэххэ сөп
                  Дьахтар буолаххына дьахтар буоҥ - Никон2 Ссылка на блог
                26.05.2014 (00:53) (94.245.156.37)    
                Туох баарый, онно
                      Ньыыканнаах кылбар тус-туһунан дьоннор - хас сыл эристим?:-) - Чаархаан
                    26.05.2014 (06:39) (80.83.238.103)    
                    Ньыыкан диэн Мэхээлэ бээтэ, бу иннинээҕи нига Бэс диэн этэ. Кылбар кини быраата Бүөтүр дииллэр да саарбаҕалаатым - ол киһини билэн буо, атын курдук:-)
                    Ньыыканныын сорох темаларга сөпсөспөппүн, кынан баран сүнньүҥэн саха тыла былыргы алтайскай тылы уларыппакка аҕалбыт диэн сөпсөһөбүн. Оттон алтайскай тыл түүр-монгол эрэ тыллара буолбакка, атын индоевропейскай омуктарга киирбитэ биллэр: холобур сактар нөҥүө германскай тылга, хуннар нөҥүө славянскай тылга. Короче европа омуктара аҥарын кэриэтэ түҥ былыр (европаҕа оччолорго муус дойду) алтайтай барбыт омуктар, ол иһигэр оннооҕор европа биир кырдьаҕам биистэрэ кельтар.
                    Онон Ньыыкан саха тылыттан этимологиялыыра сөп:-)
                          Чаянда - Лара
                        26.05.2014 (07:01) (46.48.146.115)    
                        Чаянда (газтаах, Газпром ылбыт сирэ) Ленскайга баар. Урут онно тонустар олороллоро. Ол са5аттан хаалбыт ааттар ити
      МасКубалар - ХАЛЛААН кыыллара. - ыы
    26.05.2014 (07:00) (82.145.221.127)    
    хайдах да ууран көр
          Чайында - Дохсун
        26.05.2014 (08:13) (185.26.180.118)    
        Сунтаар сиригэр да Ленскэй сиригэр иккиэннэригэр баар.Кытайга тахсыахтаах гааспыт чайындата Ленскэй сирэ.
              Чэйиҥдэ, Чайыҥда сир аайы барытыгар баар. - Никон2 Ссылка на блог
            26.05.2014 (09:02) (94.245.156.37)    
            Мухтуйа улууһа.
            Онно Ньүүйэ = Глухоманная диэн өрүс баар.
            Чүүйэтэ суох хаптал хайа сир.
            Ол нүк сир нүүйэ өрүһүн чэйиҥдэ үрэҕэ (саҕаланар, көҕүлүүр үрэҕин аата).
            Сахалыыта итинник.
            Нууччатыйбыт дьоҥҥут, дьэ.
            Туох да диэ..
      никон2, саталар сирдэрэ сатын диэн туох остуоруйаный? - с
    26.05.2014 (09:46) (80.83.238.50)    
          Архыыпка саталар хайдах садыҥҥа олоҕурбуттара барыта баар. - Никон2 Ссылка на блог
        26.05.2014 (12:31) (94.245.156.37)    
        Суруллан сытар.
        Уткиҥҥа хайа эрэ кинигэтигэр эмиэ баара.
        Булан аах.
              саталар диэн билигин ханнык улуустарый? - C
            26.05.2014 (13:35) (46.48.169.241)    
                  Ньурба, Дьокуускай, Сатай, өрүс уҥуоргу нэһилиэктэр. - Никон2 Ссылка на блог
                26.05.2014 (14:57) (94.245.156.37)    
                Ити бары саталар.
      чаянда сунтаар ботах, иркутскай область аттыгар баар, забыла какой там улус - я
    26.05.2014 (10:00) (77.242.1.15)    
          Манна мөккүһэр да наадата суох - Атас
        26.05.2014 (11:30) (188.244.139.37)    
        Ханнык баҕарар орто таһымнаах филолог быһаарар, өйдүүр дьыалата.
        ЧАЙ -- сахаҕа "чай таас" диэн өйдөбүл баар. Чай -- өрүс, үрэх кытылыгар баар кыра, бытархай таас.
        ЧАЙЫҤДА -- элбэх таастаах сир.

        Никон МУНДУҤДА диэн "мундулаах" диэн сыыһа быһаарар. МУНДУ -- эбэнкилэргэ-эбээннэргэ "КУОБАХ" диэн суолталаах. Холобур, МУНДУҤДА СИҺЭ -- куобахтаах ойуур.
              бэрт ТЫЛДЬЫТ көһүннэ... - ыы
            26.05.2014 (11:43) (82.145.222.137)    


            ЧАЙ ТААС - чааскы (тобуккар баар уҥуох)

                  врвр - ленский сахата
                26.05.2014 (11:58) (82.145.220.213)    
                чаянда диен кыра урех, ол ленскей района баар, сунтаар игн ботах,
                      Элегмэ = Өлүөхүмэ диэн былыргы саха олоҕо онно баар. - Никон2 Ссылка на блог
                    26.05.2014 (12:33) (94.245.156.37)    
                    Урут Өлүөхүмэ этэ.

                былыр ба5ар бмир тыл буолуо, угус тыл сунньэ тун былыргыттан кэллэ5э.
                араас омук барыта туе4ун оххуна5ай.
                бэйэ тылын харыстаан, у4ун уйэлэргэ хаалларыахха наада буолла5а.
                олонхо диибит да, олонхо4ут дьоммут олох а5ыйахтар. суохтар диэххэ сеп. Кыыл Уола бутэ4ик буолла5а.

                Оттон Чаянда диэн тонустар тыллара, мин санаабар. Билигин Газпромнар ба4ылаан олороллор. Талакааны Сургуттар.
                Саха Сирэ чаа4ынай илиигэ барда5а. Уруккуттан урбаанньык омук буолбатахпыт.
                Тун былыргы Судаарыстыба харабыллара (пограничниктара) буоллахпыт
                      Чаян диэн тюрк тыла - Автоответчик
                    26.05.2014 (12:40) (37.29.88.231)    
                    Млять тоҥустар олус да наглай норуоткут.
                    Фантазиялыы() атын омук тылын бэйэлэригэр суруналлар.
                    Ол иһин эбэнкилэргэ куһаҕан, хос ааты иҥэрбиттэр эбит.
                      Чайыҥда таалатын Сургутнефтегаз ылбыта балай да буолла. - Никон2 Ссылка на блог
                    26.05.2014 (12:43) (94.245.156.37)    
                  Чой таас диэн этэ, дьиҥэтэ - Никон2 Ссылка на блог
                26.05.2014 (12:29) (94.245.156.37)    
                Син барсар этии.
                Хайа үрдүгэр баар күөл, үрэх аата.
                Чэйиҥдэ диэнэ чой тааһы да, көҕүлүүрhttp://forum.ykt.ru/viewtopic.jsp?id=3237266&f=149
Category: Саха | Views: 1917 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Ыам ыйа 2014  »
БнОпСэЧпБтСбБс
   1234
567891011
12131415161718
19202122232425
262728293031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 4
Ыалдьыттар (гостей): 4
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024