News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2014 » Бэс ыйа » 5 » республика бюджетыгар нолуоктан ордук элбэх дохуот «АЛРОСА» АК-тан– 29,5%, «Сургутнефтегаз»-тан - 23,3%, «Транснефть»-тэн - 9,5%, «Алроса-Ню
республика бюджетыгар нолуоктан ордук элбэх дохуот «АЛРОСА» АК-тан– 29,5%, «Сургутнефтегаз»-тан - 23,3%, «Транснефть»-тэн - 9,5%, «Алроса-Ню | 11:57 |
Юрий Николаев республика 2013 сыллааҕы бюджетын толорууга публичнай истиини ыытта
Бүгүн, 2014 сыл бэс ыйын 4 күнүгэр, Ил Түмэҥҥэ Юрий Николаев салайыытынан “Саха Республикатын 2013 сыллааҕы государственнай бюджетын толоруу туһунан отчуоту бигэргэтии туһунан” публичнай истии ыытылынна.
Киэҥ ыҥырыылаах публичнай истиигэ парламент бюджекка, үпкэ, нолуок уонна сыана политикатыгар, бас билии уонна приватизация боппуруостарыгар сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Юрий Николаев, республика депутаттараАлександр Сусоев, Владимир Прокопьев, Марфа Филиппова, Петр Аммосов, Александр Корякин, Виктор Федоров, Александр Уаров, Василий Тимофеев кытыннылар.
Истиилэргэ республика Правительствотын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Генадий Вадюхин, Правительство солбуйааччы бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Павел Маринычев, республика экономическай сайдыыга министрэ Валерий Максимов, республикатыа хаһаайыстыбатыгар уонна ас-үөл политикатыгар министрэ Иван Слепцов, үөрэх министрэ Саргылаана Татаринова, ыччат дьыалаларыгар уонна дьиэ кэргэн политикатыгар министр Афанасий Владимиров, үп министрин бастакы солбуйааччы Любовь Берёзкина, онтон атын министерстволар салайааччылара, Государственнай кэмитиэттэр, департаменнар эппиэттээх үлэһиттэрэ, куораттан чугас муниципальнай тэриллиилэр бэрэстэбиитэллэрэ, республика идэлээх союзтарын, общественность уонна ыччат тэрилтэлэрин бэрэстэбиитэллэрэ кытыннылар.
Ил Түмэн бюджекка, үпкэ, нолуок уонна сыана политикатыгар, бас билии уонна приватизация боппуруостарыгар сис кэмитиэтэ тэрийбит публичнай истиитигэр видео-сибээһинэн Мокваттан РФ Президенигэр СР Бастайааннай бэрэстэбиитэлэ Алексей Стручков, республика үбүн министрэ Валерий Жондоров, Мирнэй, Өлөөн уонна Ньурба улуустарын муниципальнай тэриллиилэрин салайааччылара, улуус депутаттара ааспыт сыллааҕы бюджет толоруллуутун дьүүллэстилэр.
Истиилэр кыттыылаахтара, бастатан туран, республика экономическай сайдыыга министрэ Валерий Максимов 2013 сылга Саха Республикатын социальнай-экономическай сайдыытын түмүктэрин туһунан итиэннэ үп министрин бастакы солбуйааччы Любовь Берёзкина “Саха Республикатын 2013 сыллааҕы государственнай бюджетын толоруу туһунан отчуоту бигэргэтии туһунан” дакылааттарын иһиттилэр.
Министр Валерий Максимов дакылаатын саҕаланыытыгар 2013 сыл сүрүн түмүктэринэн республика экономиката салгыы үүнэн, социальнай хайысхаҕа уонна нэһилиэнньэ олоҕун туругун көрдөрүүлэр тупсан иһэрин бэлиэтээтэ. 2013 сылга регион валовай көрдөрүүтэ солкуобайынан триллион аҥарын куоһаран, икки бырыһыан үүнүү бэлиэтэнэр. Нэһилиэнньэ дууһатыгар тиксэринэн ити көрдөрүү 605,4 тыһ. солкуобайга тэҥ. Үлэ оҥорон таһаарыыта икки бырыһыанынан улааппыта көстөр. Үүнүү көрдөрүүлэригэр промышленность (52,4), сибээс уонна транспорт (7) ылар бырыһыаннара сыллата үрдээн иһэр, оттон тыа хаһаайыстыбатыгар 3,8-тан 2,3-кэ диэри түһүү бэлиэтэммит.
Министр республика сүрүн социальнай-экономическай көрдөрүүлэригэр ордук алмаас (105,2%), көмүс (105,3%) уонна нефть (112,5%) хостооһуна улааппытын, олорор дьиэни тутан киллэрии былаана туолбутун (417,2 тыһ. кв. миэтэрэ иэннээх), ол 2012 сыллааҕы таһымы 17,2%-нан куоһарбытын, хамнас (9%) уонна нэһилиэнньэ дохуота улааппытын (1,0%) бэлиэтээтэ.
Публичнай истии кэмигэр ааспыт сылга ханнык государственнай тосхоллорго ордук көдьүүстээхтик үлэлээбиттэрэ, ханныктар ситэтэ суохтара ыйылынна. Ол курдук барыта 37 тосхолтон үбүлээһинин толору туһаҕа таһаарбыт тосхоллор ахсааннарыгар предпринимательствоны сайыннарыы, нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутугар көмөлөһүү,
сир баайын көрдүүр үлэлэри ыытыы, омуктар икки ардыларынааҕы сыһыаннары тупсарыы курдук, барыта 7 тосхол ааттанна.
Министр көрүллүбүт үбү кыайан көдьүүскэ таһаарбатах государственнай тосхолунан сир хамсааһына бэлиэтэнэр оройуоннарыгар олорор дьиэлэри итиэннэ олоҕу хааччыйар тыын суолталаах объектары бөҕөргөтүү тосхолун (толоруллуулара 38%) бэлиэтээтэ.
Валерий Максимов республикаҕа 2013 сылга экономика үгүс салааларыгар көрдөрүү үчүгэй буолан буолан, Саха Республикатын ситэриилээх былааһын үлэтин көдүүһэ рейтинэ Россия үрдүнэн 32-с миэстэттэн 6 миэстэҕэ үөһэ тахсыбытын туһунан иһитиннэрдэ.
Үп министрин бастакы солбуйааччы Любовь Березкина республика 2013 сыллааҕы бюджетын толоруу туһунан дакылаатыттан көстөрүнэн, бюджет дохуоттаах чааһа 136 768 605 тыһ. солкуобайынан, ол эбэтэр, сылга барылламмыт кээмэй 102,8%-нан толоруллубут. Оттон ааспыт сылга бюджет ороскуотун кээмэйэ 148 859,6 тыһ. солкуобайга, дефицита 20 534 871 тыһ. солкуобайга тэҥнэспит. Любовь Березкина нолуоктан дохуоту киллэриини толорууга ити иннинээҕи сыл көрдөрүүтүттэн хаалыы баарын бэлиэтээтэ. 2013 сыл түмүгүнэн года 57 086 984,1 тыһ. солкуобай суумалаах (101,7%) нолуоктан дохуот киирбит. Ити иннинээҕи сыл көрдөрүүтүттэн 2 827 591,9 тыһ. солкуобайынан аҕыйаабыт.
Истиилэр кэмнэригэр республика бюджетыгар нолуоктан ордук элбэх дохуот «АЛРОСА» АК-тан– 29,5%, «Сургутнефтегаз»-тан - 23,3%, «Транснефть»-тэн - 9,5%, «Алроса-Нюрба»-тан - 8,5% киирбитэ бэлиэтэннэ. «2013 сыл түмүгүнэн тэрилтэлэр барыстарыттан нолуогу төлөөһүн балачча түһүүтэ «Транснефть» уонна «Мечел» курдук нолуокка чэпчэтии көрүллүбүт тэрилтэлэр бөлөхтөрүгэр баар предприятиеларга бэлиэтэнэр», -- диэтэ Любовь Березкина. Дакылааччыт ааспыт сылга бюджет социальнай эбэһээтэлистибэлэрин, нэһилиэнньэ араас араҥатыгар бэриллэр төлөбүрдэри, хамнаһы төлөөһүнү -- барытын толорбутун ыйда.
Икки дакылааччыттарга республика депутаттара, Ил Түмэн Хонтуруоллуур кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Алена Атласова, Александр Уаров, Александр Сусоев, Петр Аммосов, Василий Тимофеев, Виктор Федоров, Владимир Прокопьев уонна да атыттар ыйыттылар, кэпсэтиилэргэ көхтөөхтүк кытыннылар. Ыйытыыларга хоруйдартан көстөрүнэн, Онкологическай киини тутууга государство уонна чааһынай хампаанньалар кыттыгас туталлара былааҥҥа баар, Правительство консультаннары талыыга дьаһала бэлэмнэнэр, ол консультаннар киин тутуллуохтаах докумуоннарын бэлэмниэхтээхтэр, Томмот — Аллараа Бэстээх тимир суолун тутуу түмүктэммитинэн бюджет үбэ арыый да кэмчилэниэн сөп эрээри, уопсай суумаҕа улаханнык дьайбат кыра, сорох государственнай тосхоллорунан үбү туһаныы намтааһыныгар киинтэн кэлбит үбүлээһин сорҕото ситэ туһаныллыбатаҕа дьайар, ол үп 2014 сыл саҥатыгар төттөрү төннөрүллэн баран, бу сылга саҥаттан көрүллүбүт.
Ил Түмэн Хонтуруоллуур кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Александр Уаров ыйытыытыгар, “РИК+” генеральнай директорын эбээһинэһин быстах кэмҥэ толорооччу Диана Петрова «АЛРОСА» АК акциятын атыытыттан киирбит харчыттан 1млрд 200 мөл. солкуобай сууллар туруктаах дьиэлэртэн дьону көһөрүүгэ бэриллибитин, Тутуу уонна Үп министерстволарын дааннайдарынан, ити сыалга 745 мөл. солкуобайдаах үп 15 тыһ. кв. миэтэрэ иэннээх дьиэ тутуллуутугар муниципальнай тэриллиилэргэ ыытыллыбытын туһунан иһитиннэрдэ. Ити курдук республика депутаттара газтааһыны, уу хаһаайыстыбатын туттууларын тутууну, ыччат политикатын тосхолун, онтон да атын тосхоллору үбүлээһини толорууну, сир баайын хостуур тэрилтэлэр лицензияларын тутуһууларын хонтуруоллааһыны, государство бааннартан иэс ылыыта улаата турара дьиксиннэрэрин уо.д.а. сиһилии тохтоон дьүүллэстилэр.
Ааспыт сыл бюджетын толорууну дьүүллэһиигэ видеоконференция көмөтүнэн кыттыбыт Мирнэй, Ньурба уонна Өлөөн улуустарын бэрэстэбиитэллэрэ ордук бюджеттар икки ардыларынааҕы сыһыаннаһыыларга баар проблемалары, оҕо саадтарыгар, оскуолаларга үбүлээһин ситэ оҥоһуллубатын, дивиденнэри, дотацияны ылыыга чэпчэтиилэри көрүүнү уо.д.а. чуолкайдастылар.
Дьүүллэһиилэр түмүктэригэр республика депутаттара “Саха Республикатын 2013 сыллааҕы государственнай бюджетын толоруу туһунан отчуоту бигэргэтии туһунан” барылы бигэргэтэн бараннар, СР Аҕа баһылыгын эбээһинэһин быстах кэмҥэ толорооччу Ил Түмэн сессиятын көрүүтүгэр киллэрэригэр ыытарга быһаардылар. Манан киэҥ ыҥырыылаах публичнай истии үлэтин түмүктээтэ.
Ил Түмэн пресс-сулууспата
|
Category: Экономика и СЭР |
Views: 1164 |
Added by: uhhan1
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 9 Ыалдьыттар (гостей): 9 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|