News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2014 » От ыйа » 5 » ньыгыллартан букатыннаахтык кэлэйэн эбиитин абааһы көрөрүм бэргээн сылдьар.
ньыгыллартан букатыннаахтык кэлэйэн эбиитин абааһы көрөрүм бэргээн сылдьар. | 09:18 |
Миигин Ньурбаҕа хайдах тохтото сатыылларый?
(Барыыһап Ньурбаҕа праймеризка кэлэ сылдьан депутаттары мунньан олорон-миэхэ эрэ илии баттыыгыт-диэн олуйбут модьуйбут)
Бэс ыйын саҕаланыыта Эрнест Березкин көмөлөһөөччүлэрэ миигин булан баран:көмөлөс-диэн көрдөстүлэр.
Мин кыһыны быһа Дьоһун Саас дьонун кытта кэпсэтэн сүбэлэһэн баран үксүбүт Барыыһабы утарабыт-диэн быһаарыммыппыт.
Мин тугу кистиэмий-Тумууһап дуу Максимов дуу икки ардын талаары сылдьыбытым. Эрнест Березкины син истэр этим да чопчу билбэт этим. Онтон хаһыакка тахсыбыт суруйуулары ааҕан баран чахчы дьоһун киһи эбит-диэн түмүк оҥорбутум. Уонна үлэбин саҕалаан барбытым-депутаттары көрдөөн булан баран аны кинилэри ааттаһан сорохторго өйдөтөн сорохторго билиһиннэрэн эҥин үлэбин саҕалаатаҕым дии.
Былырыын Сиэрдээхтэр эмиэ интернет нөҥүө миигин булан баран праймеризка кытыннарбыттара-Ил Түмэн талыытыгар Дьоһуннарым онно бэккэ көмөлөспүттэрэ-хас да үлэлии олорор Ил Түмэн депутатын кэннибэр хаалларбытым эрээри Ньурбаттан отой атын дьону туруорбуттара. Ол да буоллар улууһум баһылыгын өйүү таарыйа Сиэрдээхтэр штабтарыгар үлэлээбитим. Таах да күүскэ үлэлээбиппит. Айдааннаах 6 мөл. ЕВРО туһунан айдаан онтон оронон тахсыбыта. Онно Тумууһап дьоно сүрдээҕин кэлэтэн тураллар-агитатордар эрэйдээхтэргэ хаччыларын сүгүн төлөөбөккө эрэйдээбиттэрэ аҕай.
Ол да буоллар саха туһугар Барыыһаптааҕар Тумууһап арыый да ордук буолуохтаах-дии саныыр этим. чахчы оппозицияҕа сылдьарын иһин республика хаһыаттарыгар телевизорга көрдөрбөттөр-дии саныыр этим. Онтум баара бу соторутааҕыта ньыгылларга сытан биэрдэ. Афанасий Максимовпытын олох да бобон кэбистилэр. Матвей Евсеев турбута буоллар киниэхэ да үлэлиэхпин син этэ-тылын өһүн истэн баран. Онтубубутун-ханна баар-эмиэ бобон кэбистилэр. Онон ньыгыллартан букатыннаахтык кэлэйэн эбиитин абааһы көрөрүм бэргээн сылдьар.
Дьэ арай инньэ гынан Афанасий Максимовпыт оннугар Эрнест Березкин кэлбитигэр үөрдүм. Хаһыаттартан кичэйэн билсэн баран отой да ордордум. Дьэ ситинник арай үлэлии сырыттахпына арай бээһээ-улуус администрациятын дьиэтин үлэһиттэрэ көрсө түһэн баран этэллэр-дьэ иэдээн бөҕөтүн оҥорбуккун-диэтилэр. Мин соһуйдум. Ньурба форумугар ол иннигэр иллэрээ күн суруйбуппун этэллэр дии санаатым (Барыыһап Ньурбаҕа праймеризка кэлэ сылдьан депутаттары мунньан олорон-миэхэ эрэ илии баттыыгыт-диэн олуйбут модьуйбут)
Ол эрэйдээхтэр сэбирдэх курдук салыбыраһа сылдьаллар. Эрнест Березкиҥҥэ илии баттыахтарын куттаналлар.
Онтум отой атын эбит.
Арааһа ньыгыллар буолуо(уонна ким үҥсүбүт үһү)-Бигэ Ньурбаҕа Общественнай Сүбэ аатыттан депутаттарга илии баттата сылдьар үһүгүн-диэн арай дьонум буруйдаатылар. Оннук гыммаппын-ханнык да Общественнай Сүбэ мунньаҕын ыытан , Березкины өйүөҕүҥ диэн ыҥырыы таһааран оннук уураах ылынан илии баттата сылдьыбаппын. Тус бэйэм көҥүлбүнэн токкуйбунан саха чулуу уолугар көмөлөһө сылдьабын. Онтон 1 истигэн киһини булан баран миэхэ төлөппүөннэттилэр-көҥүл өттүнэн Общественнай Сүбэттэн таҕыс-диэн. Дьэ итинник туорайдаһыы бөҕөтүн оҥоро олороллор-ньыгыллар
Евгений Макаров
|
Category: Политика.Митинги. Пикеты. Партии |
Views: 1568 |
Added by: uhhan1
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 37 Ыалдьыттар (гостей): 37 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|