Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2014 » От ыйа » 22 » - Бюджет харчыта буолбатах ээ, уонна ханнык передачалары атыылаһары телевидение редактордаах - кини быһаарар.
- Бюджет харчыта буолбатах ээ, уонна ханнык передачалары атыылаһары телевидение редактордаах - кини быһаарар.
11:38

"Саха" НКИК кыыбаҕалаах түүннэрэ, эбэтэр бюджет суотугар таҕыл

Вторник, 22 Июля 2014 08:47
Өрөбүл түүн  телевизорга киинэ көрө олорон рекламаҕа тохтобул буолбутугар, атын ханааллары таккыйыы барда. Арай, биир ханаалга имэҥирбит сыгынньах дьахтар араастаан имиллэ-хомулла аҕай сытар... Телевизор экранын хаҥас өттүгэр... "САХА24" диэн суруктаах. НАЦИОНАЛЬНАЙ көрдөрөр-иһитиннэрэр баар-суох сахабыт хампаанньабыт бу хайдах буолла?!

Бэчээт департаменын нөҥүө бюджеттан госполитиканы, республика сонунун-нуомаһын тарҕатарга анаан   сылга 800 мөлүйүөн солкуобай көрүллэр. Бу харчы  улахан аҥаара "Саха" НКИК сайдарыгар, үлэлииригэр, дьиэтигэр-уотугар, оборудованиетыгар,  хамнаһыгар-тайматыгар баранар.

Саха араадьыйата, телевидениетэ 100 бырыһыан республика бюджетин суотугар тутуллан олорор. Ол бэйэтэ, оннооҕор (диэххэ) экраҥҥа, киинэҕэ быдьар тылы саҥарыыны бобор туһунан сокуону Вл.Путин бэйэтэ модьуйан туран ыллаттара турдаҕына, табах тардар түгэннэрдээх киинэ иннигэр табах буортутун туһунан сэрэтии тахсыахтаах диэн ирдэбил олоххо киирбитин кэннэ, педофилияны утары дойду үрдүнэн улахан хамсааһыннар тахсар кэмнэригэр - судаарыстыба харчытыгар үлэлии-хамсыы олорор НАЦИОНАЛЬНАЙ хампаанньабыт хайдах буолан кыыбаҕаны тарҕатарый?!   Телевидение президенэ Иван АНДРОСОВ норуот дьокутаата буолбатах этэ дуо?! "Норуот дьокутаата" дэммит буоллаҕына норуотун туһугар кыһаллыахтаах буолбатах этэ дуо?!

"Саха" НКИК биэриилэрин ордук саха уутуйан олорор улуустара көрөллөр. Куорат дьоно, маргинал иитиилээх дьон бу ханаалы көрбөттөр, саастаах өттүлэрэ сонуннары баҕар кылахтатыахтара, ону даҕаны олохтоох сонуну билиэхтээхпин эрэ диэн сыалтан. 

Сайыҥҥы каникул кэмигэр обургу оҕо 21.00 чааска утуйбута аҕыйах, үксүн оттоон кэлэн баран түүннэри оонньуу, сынньана сырсаллар. Интернет түүнүн түргэтиир кэмигэр чаттаһаллар уонна телевизор көрөллөр. Тыаҕа, биллэн турар, сахалар олороллор, саха ыччата, саха оҕото. Аҕыйах ахсааннаах норуот ыччатын иитиигэ,  онто да суох харыыта суох секс, өлөрсүү, күүһүлэһин пропагандалана турдаҕына, сахалыы ханаалбыт итинник быһыыланара, эчи киһи тыла да тахсыбат туох диэн ааттыан сөбө! АНДРОСОВ чааһынай ханаала эбитэ буоллун, тугу да көрдөрдүн, ол бэйэтин дьыалата. Оттон судаарыстыбаннай ханаалга, бука диэн сиэри-майгыны тутуһарын таһынан, телевидение күүһүн билэр-өйдүүр киһи, бастатан туран, сахатын ыччатын иитиигэ улаханнаахай диэн эппиэтинэстээх буолуохтаах этэ. 

Интернет, араас кабельнай телевидение үөдүйбүтүн кэннэ ким баҕарар тугу баҕарарын бэйэтэ булан ылан көрөр кыахтаах. Өйүн туппут, сиппит-хоппут киһи - экраҥҥа ньылбы туттууну, эриллиини-мускуллууну көрөн өйүгэр оҕустарбата чуолкай, оттон оҕо-уруу, ыччат итини хайдах ылыныай?! 

Үрдүк сололоох сорох дьон Иван АНДРОСОВ түүҥҥү биэриилэрин туһунан тугу саныылларын туһунан ыйыппыппытыгар  хата ымаҥнастылар. Салалтабыт иитиигэ, идеологияҕа туох да сыһыана суох дьон дуу... Оттон Иван АНДРОСОВ, "Саха" НКИК президенэ сүрэҕэлдьээбит сулус куолаһынан: 
- "Саха24" бюджети таһынан харчыга үлэлиир, атын ханааллартан контент атыылаһан көрдөрөбүт. 

- Өссө итини эһиги харчыга атыылаһан ылаҕы-ыт?!
- Бюджет харчыта буолбатах ээ, уонна ханнык передачалары атыылаһары телевидение редактордаах - кини быһаарар.
- Хампаанньа президенэ ким-тугу атыылаһан көрдөрөрүн хонтуруоллаабат дуо?
- Редактор бэйэтэ быһаарар.
- Эн санааҕар кыыбаҕалаах передачалары национальнай, судаарыстыбаннай ханаалга көрдөрүөххэ сөп?
- ...
- Итинник буолуон сөп?
- Бюджет харчыта буолбатах...

Иван Михайлович, били харбыт пластинка курдук "бюджет харчыта орускуоттаммат ээ"  диэн биири лэбийэр, туох баар эппиэтинэһи бэйэтиттэн алын дуоһунастаах Олег МАРКОВЫГАР бэрт үөрүйэхтик көлбөрүтэн кэбиһэр.

Бу хампаанньа төгүрүк суукканы быһа үлэлиир буоларыгар диэри республика бюджетиттэн сүүһүнэн мөлүйүөн солкуобай төлөммүтэ, төлөнүллэ да турар. АНДРОСОВ МАРКОВЫНААН спутникка миэстэ арендалаабатахтара чуолкай, үлэлиир, көрдөрөр-саҥардар оборудованиелара, дьонун хамнаһа кинилэр сиэптэриттэн тахсыбата чахчы. Федеральнай судаарыстыбанаай ханаалларга хаһан да таҕыл ханнарарга көмөлөһөр биэриилэри көрдөрбөттөр. Арай, биһиги дьоммут ньүдьү-балайдара сүрдээх. Сатахха, бэйэлэрин оҕолорун, сиэннэрин саныах да эбиттэр. 
***
Аартык.ру 

Источник: aartyk.ru
 
Category: Култуура, итэҕэл, искусство | Views: 1676 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  От ыйа 2014  »
БнОпСэЧпБтСбБс
 123456
78910111213
14151617181920
21222324252627
28293031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 100
Ыалдьыттар (гостей): 100
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024