News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
Право, закон
[323]
Экономика и СЭР
[839]
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
Коррупция
[862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
Социалка, пенсия, жилье
[277]
ЖКХ, строительство
[132]
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра
[240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
Промышленность
[43]
Нефтегаз
[284]
Нац. вопрос
[284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
Дьикти. О невероятном
[183]
Выборы
[661]
Айыы үөрэҕэ
[93]
Хоһооннор
[5]
Ырыа-тойук
[23]
Ыһыах, олоҥхо
[102]
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
История, философия
[239]
Тюрки
[76]
Саха
[153]
литература
[42]
здоровье
[465]
Юмор, сатира, критика
[14]
Реклама
[7]
Спорт
[123]
В мире
[86]
Слухи
[25]
Эрнст Березкин
[88]
Моё дело
[109]
Геннадий Федоров
[11]
BingHan
[4]
Main » 2014 » От ыйа » 28 » Эрнст Березкины аҕа баһылык дуоһунаһыгар туруорар бүгүҥҥү күн ирдэбилэ буолла.
Эрнст Березкины аҕа баһылык дуоһунаһыгар туруорар бүгүҥҥү күн ирдэбилэ буолла.
14:47
Олохпут тупсан кэлиэ дуо?
Ыраахтааҕылаах Арассыыйа саҕаттан аһара ыарахан дьылҕаламмыт саха киһитэ ССРС саҕана өссө ордук сүрэҕэ хайдар кутталыгар киирбитэ. Ол курдук Сэбиэскэй былаас бастакы сылларыгар үрүҥҥэ кыһылга арахсан убай быраатынаан, аҕа уолунаан кырыктаахтык өстүһэн кыа хааннарын тохсубуттара. Манна уонна ксенофонтовщинаҕа дьоммут саамай өйдөөх үөрэхтээх өттө кыргыллыбыттара. Салгыы хааннаах репрессия сылларыттан норуот куттас уонна толоругас буолбута. Онтон Гитлер уоттаах сэриитэ.
Манна саха саамай чэгиэн доруобай күүстээх-уохтаах дьоно кыргыллыбыттара. Сут-сутурҕан, хорҕуйуу, аччыктааһын сылларыгар аны туох да бэлэмэ суох олорор улуус аарыма кырдьаҕастарын, оҕолору, дьахталлары «Үөһээттэн дьаһал эрэ кэллэ”,- диэн хоту балыкка көһөрөн улуус улахан аҥаарын суорума суоллаабыттара. Сут сылларыгар, көһөрүүгэ күн сирин саҥа көрбүт оҕолуун, саамай кыайыылаах үлэһит дьахтардыын, кырдьаҕастардыын үгүс дьон суорума суолламмыттара.
Баар суох ааҕан суоттаан, олоҕу ырытан үлэлиир өйдөөх араҥаны баайдар баттыгастаахтар, куһаҕаттар,-диэн эһэн сахаҕа улахан охсууну оҥорбуттара. Байбыт, тайбыт дьону эһэн өлөрөн- өһөрөн эспиттэрэ. Былааска дьадаҥыттан эрэ төрүттээх дьон тахсыбыттара. Саха толкуйдуур, айар дьоҕурун сүтэрбитэ. “Ээх” эрэ хоту сылдьар кыһыл билиэттэммит дьоннор үөһээттэн кэлэр дьаһаллары кыра хара үлэһит дьону үүрэн-түрүйэн, кыам үктээн үлэлэтэр буолтара.
Ону кытары хас эмэ сүүһүнэн сылларга саха киһитэ олорбут үгэстэрэ, ситимэ быстыбыта. Баччааҥҥа диэри бэл диэтэр сахалар: “мин төрдүм ууһум маннык”,- диэн быһаарар кыаҕа суох олоробут. Уонна оннук күн бүгүнүгэр диэри куттана олоробут. Ол түмүгэр дьиикэй ырыынакка киирбиппит отучча сыл буолла да ханнык да хамсааһын суох. Үлэ-хамнас тэрээһинэ ханна да умнуллубута ыраатта. Төттөрүтүн оҕолорбутун ыччаттарбытын үлэттэн-хамнастан, олохтон тэйиттибит. Ол түмүгэр үлэ ис мындырдарын билбэт иккилии-үстүү үрдүк үөрэхтээх отуттаах оҕолорбут үлэни-хамнаһы тэрийэр кыахтара суох буолла.
Үөһээттэн дьаһал дии-дии сирбит баайын, бюджеты оҥорор үлэлиир тэрилтэлэрбитин, биир эмэ кыанар тэрилтэ баар буоллаҕына олоччутун атыылыыр эрэ адьынаттанныбыт. Сир баайыттан өлүү-чаас диэн үллэстибэппит. Нолуогунан тугу да туһаммаппыт. «Наһаа үчүгэйдик олоробут” дии-дии кэлбиккэ-барбыкка атыылыыбыт. Уонна ол дьонтон икки үс бүк үрдүк сыанаҕа төттөрү атыылаһа олоробут.
Холобура Кыһыл Сыыр гааһын кэлии омуктарга быстар чэпчэки сыанаҕа атыылаабыппыт. Уонна кинилэртэн икки үс бүк үрдүк сыанаҕа биһиги: «баай сахалар” гааспытын төттөрү атыылаһан ылабыт. Мантан ким да соһуйбат, ороһуйбат: “Барыта наһаа үчүгэй” үһү. Бэл диэтэр уубут-тыабыт Арассыыйа бас билиитэ буолбута ыраатта, туһунан республика быһыытынан тугу да бас билбэппит. Биһигини ким да киирэн сэриилээбэт, ытыалаабат нааһа үчүгэйдик баайдык-тоттук олорор үһүбүт. Харчылаах үлэбит бастыҥын кэлии дьоннор эрэ толороллор. Бэйэбит ынахпыт да кутуругун эрийэр кыаҕа суох эһиннибит.
Республикабыт бастакы президенэ М.Е.Николаев 02. 06.14 с. этииттээн “Вести Якутии” хаһыат “Куда уходят недра” Айталина Никифорова ыстатыйатыгар маннык эппит: “Многие действующие сегодня законы не дают развития, а не которые даже его тормозят. У нас самая плохая налоговая система. Из 80 субьектов РФ только четыре-самообеспечивающиеся, остальные дотационные. Крупной ошибкой было механическое повышение заработной платы без основания. Это вызвало очень большое давление на региональные бюджеты.
И в итоге задолженность региональных бюджетов РФ дошла до 2 триллион рублей 24 миллиарда 308 млн. рублей госдолг РС/Я/. (от ред.: 31. 142. 2013 г) 50 процентов бюджета уходит на оплату труда, а развития никакого не происходит.
Бюджет республики Саха требует огромных дотаций. Валовый региональный продукт равен 600 млрд рублей, но налогов всего 50 млрд. Их них 25 млрд.- подоходный налог. .............................
Региональный продукт 600 млрд диэбит. Дьэ бачча элбэх харчыны СР-ан хайдах РФ ылар эбит.
Нефтэн 7,55 мөл тонна хостоно онто 175 млрд. буолар.
Кыһыл көмүс 30 411 тонна хостонор Сыаната 37 млрд.
Үрүҥ көмүс 21 тонна 760 киилэ хостонор. Сыаната 515 мөлүйүөн солкуобай.
Алмаас 36 130 карат 155 млрд солкуобай.
Таас чох 12 000 610 тонна 20 млрд солкуобай.
Сурьма 7 тонна 428 киилэ 2 млрд 300 мөл. солкуобай.
Гаас 2 млрд 27 кубическай миэт 50 млрд солкуобай.
Манна өссө соторутааҕыта атыыламмыт 2 триллион сыаналаах Томтордооҕу сир баайа, Чайыҥдатааҕы гааһы хостооһун онно ыытыллыахтаах үлэ, сорох сир баайа киирбэтэ. РФ ФС-ан онтон төрүт олохтоох омуктар уостарын-тиистэрин хамсатарга бюджеппытыгар биир эмэ солкуобай киирэрин туһунан этиллибэт. Өлүү чаас туһунан кэпсэтии сыта да суох. Үлэ миэстэтэ тахсыа, нолуок киириэ дииллэрэ эмиэ олоҕо суох.
Бу сир баайыттан уонна да атын араас үлэлэртэн республикабыт бюджетыгар 57 млрд солкуобай киирэр эбит. Мантан “50 миллиарда АлРосаттан киирэр”,- диэн буолар. Биһиги барыбытын бары атыылыы олорор дьон АлРоса ордубут акциятын кэлэр биэс сылга ситиһиилээхтик батарарбыт чуолкай. Оччоҕо АлРосаттан киирэ турбут 50 млрд-ан көрө матарбыт. Республикабыт бюджетыгар 7 эрэ миллиарды сордоон-муҥнаан тутан хаалабыт. Онтон ордубут балтараа сүүс милрд-ды РФ-ҕа сылын аайы бокулуоннаан трансферт быһыытынан ылыахпытын наада.
Дьэ, эрэ доҕоор М.Е.Николаев президенниирин саҕана бас билэр сир баайдаах, уулаах, тыалаах бюджеты оҥорор тэрилтэлэрдээх ДОНОР республика буолан күннээн-күөнэхтээн, киэптээн-хааптаан олорбуппут. В.А.Штыров-тан саҕалаан бүгүҥҥү күҥҥэ диэри сиртэн хостонор баайбытын, тэрилтэлэрбитин атыылаабыппыт түмүгэр соҕотохто умнаһыт буола түстүбүт. Салгыы өссө маннык бара турдаҕына олох да эстэр суолга киирииһибит.
Дьэ, маныаха былыргы аатырбыт баайдарбыт курдук ааҕар суоттуур идэлээх, эдэр эрчимнээх, аныгы үйэ киһитэ наада буолла. Били үрдүк хамнастаах тойотторбут админстративнай ресурсабыт учууталларбыт, врачтарбыт, култуура үлэһиттэрэ, полициялар о.д.а. ити сыыппараларынан сылыктаатахха арааһа балаһыанньалара балачча түөрэккэй соҕус буолсу дуу? Маны тойон туһугар моонньоох бастарын ууран туран аҕылыы-аҕылыы өрөпөөннөнөр, сүүрэр-
көтөр бу алларааҥҥы тойотторбут республикабыт бу курдук мунан-тэнэн, муҥурданан аат эрэ харата олорор инники дьылҕатын ааҕан-суоттаан көрбүттэрэ дуу, суоҕа дуу? Эбэтэр кинилэргэ тойонноро эттэ да бүтэ турдаҕа. Дьиҥэр кинилэр инники кэскили эргиччи өттүнэн ааҕан-суоттаан салайалларыгар анаан норуотунан талыллыбыттара. Норуоттарын салайар эбээһинэстээх дьоммут итини чуолкайдык билиэхтээх уонна онон салайтарыахтаах этилэр.
Ити үлүгэрдээх бюджетыгар халыҥ иэскэ олорор РФ сахалары аһыммата буолуо. Урут ыраахтааҕылаах да Арассыыйаҕа, ССРС да саҕана аһымматаҕа, билигин да саарбах. Арассыыйа куруук балтараалыы, иккилии сүүс млрд-ан биһиги бюджеппытын дотациялыы олорорун тоҕо эрэ итэҕэйиэх санаам кэлбэт. Билигин кэпсэтэ ыла сатыыр остуоруйаҕа эрэ кэпсэнэр барҕа баһаам баайдаах сирдэрбитин ыллылар да бары кырааммытын олоччу биир күнүнэн сабыахтарын сөп. Иитиллибит айа эстэрин курдук онно сөптөөх сокуон РФ ФС-ан оҥоһуллан бэлэм турар.
Били кэпсэлгэ киирбит поэт Д.Дыдаев: “Алтаннаах буоллаххына, арҕаскар түһүөхтэрэ, көмүстээх буоллаххына көхсүгүн көтүрүөхтэрэ... “ ,-диэбитигэр дылы бары баайбытын барытын биһигиттэн албын саһыл даллаҥныырын аанньа дар акаары тураахтан иэдьэгэйин мүччү ыһыгыннаран сиэбитин курдук, буор босхо ыһыгыннаран баран онно сөп буолбакка аны: “Өлүөнэбит таах турар кураанах таас остуолбаларын“ эһиилги сылга диэри бэйэлэрин бас билиилэригэр ылаары сылдьаллар үһү. Ол туһунан “Туймаада” хаһыат ааспыт нүөмэригэр аахпыккыт буолуо. Оо, сүрдээх дьыала.: “Киһи иҥсэтэ иинигэр туолар”,-диэн өбүгэлэрбит барахсаттар сөпкө да этээхтээбиттэр. Дьэ, сатамматах сахалар буоллахпыт, биир эмэ туруулаһан туруорсар өйдөөх киһилээхпит дуо?
Дьиҥэр атын судаарыстыбалар холобурдарын көрдөххө ньиэбинэн дьарыктанар судаарыстыбалар ньиэптэрин атыылааһын суотугар төрүт олохтоох дьон ньиэп бородууксуйатын босхо туһаналлар. Биһиэхэ республикабытыгар итинник, итиннэ майгынныыр кэпсэтиилэри туруорсар депутаат дуу, президент дуу баар дуо? Нолуогу төрүт олохтоох дьоҥҥо туһалыыр гына бэрээдэктээһиҥҥэ, өлүү чаас туһунан кэпсэтиилэри ыытар, сокуоннары оҥорор кыахпыт суох. Оччоҕо төрүт олохтоох дьоҥҥо кыһаммат, норуотун интэриэһин туруорсубат, көмүскээбэт былаас биһиэхэ туохха нааданый?
Аҥаардас бу да түгэннэр аҕа баһылык дуоһунаһыгар ааҕар суоттуур экономист дьоннору көрдүүрбүт наадатын ирдиир. Биһиги дьиикэй ырыынак кэмигэр баһылыктарбытын ылан көрүөххэ ветеринар, тутааччы, механизатор идэлээх дьон салайан кэллилэр. Дьэ, онтон биһиги тугу туһанныбыт биирдэ эмэ үлэ-хамнас араас көрүҥнэринэн былааспыт экономическай ырытыы оҥордо дуо? Араас үлэ салааларыгар ким төһө хамнаһы өлөрбүтүн, РФ-ҕа төһө нолуок СР-ан киирбитин, саатар урукку ССРС саҕана курдук араас үлэ-хамнас отчуоттарын нэһилиэнньэҕэ аһаҕастык оҥордулар дуо? Тоҕо эрэ оннук дьыала ис дьиҥин баарын истибэппит. Көннөрү РС бюджетыгар төһө үп көрүллүбүтүнэн үрдүнэн отчуот буолар.
Промышленность сир баайын хостооһуҥҥа хайдах, ханнык таһымҥа үлэлиирин билэр ким баарый? Сураҕын иһиттэххэ саханы үлэлэтэр “Анаабыр Алмаастара” ААО, “Нижне-Ленскэй” ААО-ан уратыларга ханна да саха ыччаттара үлэлииллэрэ иһиллибэт. Арай Саха сириттэн сүүһүнэн миллиардка гааһы хостооһунан дьарыктанар Миллер саха сиригэр кэпсэтиигэ кэлэ сылдьан ааспыт сыл “10 саха оҕотун үөрэхтэрин бүтэрдэхтэринэ хаһан эрэ үлэҕэ ылыам”,- диэн сахалары улаханнык үөрдэн-көтүтэн барбыттаах.
«Промышленность тойотторо ыйга биэс алта мөлүйүөнү өлөрөр үһүлэр», диэн баар. Ол аата кэлии тойоттор сылга кырата 60-нуу мөлүйүөн солкуобай хамнастаахтар. Итиччэ, 60 мөлүйүөн бюджетыгар үптээх биир эмэ нэһилиэк тыа сиригэр баар дуо? Итиччэтигэр сахалар “сайынныбыт”,- диэн хаһыытаһарбыт, ырыа ыллыырбыт, олоҥхолуурбут оруннаах буолар дуо?
Аҥаардас бу түгэн биһиги салайааччыларбытыгар үлэҕэ-хамнаска эриллибит, дьиҥ саха норуотун туһугар туруулаһар, ааҕан-суоттаан үлэлиир экономист салайааччы наада буоларын кэрэһэлиир.
Биһигини кимнээх салайалларый? Саатар саха төрдүн ууһун да билбэт историктар, механизатордар нэһилиэктэрбит, улууспут дьаһалтатын баһылыгыттан скиперигэр тиийэ оннук “улуу” дьон салайаллар. Итинник дьон үлэлэрин түмүгэ норуоттарын туһатыгар, ыччаттарбыт инники дьылҕатыгар улахан алдьатыылаах балаһыанньаны оҥорбут дииргэ тиийэбит. Бу курдук баарбытын-суохпутун атыылыы олордохпутуна олохпут тупсан кэлиэ дуо?
Былааһы мүлтүгүр сыппах тииһинэн кирэр, кириитикэлиир дьон кэпсээнинэн тоннанан көмүһү “иҥэринэн баран” Справедливай Россия ПП салайар Сөдүөт Тумууһап, 40-ча сыл анараа өттүгэр «уһун солкуобайы” эккирэтиһэн СР-гар кэлбит, ол тухары “ирбэтэх”, толорботор даҕаны кыһыл тылынан кыырарын сөбүлүүр, ойоҕун, оҕолорун соҕуруу күрэппит, чороҥ соҕотох сылдьар КПРФ салайааччытын Губаревы, Сахалары Халымаҕа көһөрүөх буолар ЛДПР ПП-ын салайааччыта Хабырыыс Парахин уо.д.а. курдук былааска оппозиция партиялара бааллар диибит.
Олор ыллыктаах тыллара-өстөрө, этиилэрэ, Саха сирин төрүт олохтоох дьоннорун, норуоттарын туһатыгар экономически ааҕан-суоттаан туруорсуулара ханна баарый? Ол эрэ туһунан санаан да көрбөттөр.
Этэр, туруорсар соҕотох «Гражданская платформа» ПП салайааччыта Афанасий Максимов баар. Арай ону ити-бу хаайаары былааспыт эккирэтиһэрин истэ, билэ-көрө сылдьабыт. Афанасий Максимов ГП партиятыттан экономическайдык ааҕан-суоттаан, норуотун туһатыгар үлэлиир кыахтаах эдэр, эрчимнээх, ырыынак ирдэбиллэрин учуоттаан үлэлиир Эрнст Березкины аҕа баһылык дуоһунаһыгар туруорбут буруйугар Афанасий Максимов хаттаан хаайыы олбохтоноору сылдьар аатырда.
Итинник биир эмэ бэйэтин норуотун туһатыгар, биһиги туспутугар сатаан туруорсар хорсун, өйдөөх киһи көһүннэҕинэ сахалар эккирэтиһэр тимирдэр, суулларар албаспытынан аатырбыт дьоммут. Били анекдокка кэпсэнэр аадка баар уот сымала хочуолуттан биир да саханы чахчы таһаарбат туһугар андаҕайбыт дьон буоллахпыт.
Ол эрээри биһиэхэ чахчы туһалаах, ырыынакка ааҕан суоттаан үлэлиир, ырыынагы өйдүүр билиҥҥи кэм эдэрчи киһитин аадпыт уот сымала хочуолуттан бука бары түмсэн, өйөһөн биир тылы булан оруурбут наада буолла. Оччоҕо эрэ биһиги инники сайдыыга хардыылыыр ыллык суолга киириэхпитин сөп.
Бастакы президеммит Михаил Ефимович Николаев бу этиитигэр ити бигэтик өйдөнөр.
Бу күннэргэ биһиэхэ көҥүл тустууга үгэс буолбут Россия чемпионата ыытылынна. Онно көлүөнэ солбуллуута буолла, саҥа эдэр тустууктар таҕыстылар диэн олуһун үөрдүбүт-көттүбүт, өрө күүрдүбүт. Дьэ, онтон дьиҥнээх олохпутугар эмиэ көлүөнэ солбуллуута буоллаҕына хайдаҕый?
Күндү ааҕааччыам үчүгэйдик ыксаабакка толкуйдаан кыра сааһыттан сүөһү үлэтигэр эриллибит, тыа сирин олоҕун-дьаһаҕын билэр, идэтийбит экономист, норуотун туһатыгар ааҕан суоттаан ханнык баҕарар таһымҥа туруорсар кыахтаах, эдэр эрчимнээх
Эрнст Березкины аҕа баһылык дуоһунаһыгар туруорар бүгүҥҥү күн ирдэбилэ буолла.
Арамаан Дьөгүөрэп.
Category: Эрнст Березкин |
Views: 1633 |
Added by: uhhan1
Ааҕыылар
Баар бары (online): 71
Ыалдьыттар (гостей): 71
Кыттааччылар (пользователей): 0