News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2014 » Атырдьах ыйа » 4 » Дьон мээнэҕэ эппэт: “Барыыһаппыт улугурда, кырыйда онтун билиммэт. Ол онтон бэл халлаан таҥара кытары кыыһырдылар. Өссө туох-туох буолар?”
Дьон мээнэҕэ эппэт: “Барыыһаппыт улугурда, кырыйда онтун билиммэт. Ол онтон бэл халлаан таҥара кытары кыыһырдылар. Өссө туох-туох буолар?” | 20:38 |
Истэ—билэ сэргэҕэлээ
...Дьон мээнэҕэ эппэт: “Барыыһаппыт улугурда, кырыйда онтун билиммэт.
Ол онтон бэл халлаан таҥара кытары кыыһырдылар. Өссө туох-туох буолар?”...
Эдэрдэр “Туймаада” хаһыаты кырдьаҕастар хаһыаттара диэн ааттыыллар. Кырдьык олох араас очурдарын, охсууларын, таҥнары түһүүлэрин, тахсыыларын, эттэринэн—хааннарынан билбит, аһыыны-ньулууну амсайбыт, былаас салайар албаһын балачча тумуһурдаабыт, атаҕастабылы—батталы тулуйбут дьоннор таптаан ааҕар, санааларын—оноолорун кимтэн да толлубакка, куттаммакка аһаҕастык суруйар соҕотох хаһыаттара бу буолар. Ол да иһин “Саха сирэ” хаһыаттааҕар быдан элбэх ахсаанынан тахсан эрдэҕэ. Норуот сөбүлүүр миигин уулуссаҕа дьоннор көрүстэллэр эрэ бу “Туймаадаҕа” тахсыбыт ыстатыйаларбынан кэпсэтиилэрин саҕалыыллар. Үгүстэр үөрэ—көтө сөбүлээбиттэрин иһитиннэрэллэр. Сорохтор: “Эн ыстатыйаҥ баар эрэ буоллаҕына “Туймааданы” атыылаһааччыбыт,-диэччилэр. Ыстатыйам тахсыбыт күнүгэр мобильнайым “умайа” сыһааччы. Ол курдук элбэхтик хайҕаан кэпсэтэллэр.
Арай үрдүкү салалтаҕа тахсан хаалбыт, сылаас олбоххо тиксибит чиновниктар миигин сөбүлээбэт сурахтара хам-түм иһиллэр. Боростуой дьоннор сөбүлүүллэр, оттон тойоттор тоҕо сөбүлээбэттэрий? Тоҕо диэтэххэ мин дьиҥнээх кырдьыгы этэн дьон өйүн—санаатын уһугуннардарбын, диэн суруйабын. Оттон тойоттор боростуой дьоннор ону—маны билбэтиннэр, истибэтиннэр, аахпатыннар, толкуйдаабатыннар, диэн кэтэх санаалаахтар. Тугу да истибэтэх—киһини салайарга чэпчэки. Оннук ньүкэн киһи тойон тугу эппитин тута толоро охсор. Оннук дьоннор былааска олус туһалаахтар. Былааска тахсыбыт чиновниктар төһө кыалларынан уһуннук олоро түһүөхтэрин баҕараллар. Ол өйдөнөр. Олус сылаас, киһи байар—тайар миэстэтэ. Ол эрээри солбуллуу түргэнник барар эрэ буоллаҕына олох түргэнник сайдар. Былааска күтүөннээҕи оҥорбокко олоруу ыар иэстэбиллээҕин элбэҕи билэр—көрөр дьоннор кэпсииллэр даҕаны, суруйаллар даҕаны. Биһиги оннук улугуруу сылларын билэб эрээри ити ньүкэн, “ээҕи” кытта куоластыыр дьоммут элбэҕэ бэрт. Ол эрэн бу кэлиҥҥи сылларга олохпут итэҕэһин—быһаҕаһын, аһаҕастык суруйар дьон “Туймаадаҕа” элбээн иһэллэр. Мин суруйбатахпына да суруйар дьоннор көстүүһүктэр. Олору барытын чиновниктар саба тутуохтара суоҕа. Уопсайынан биһиги демократическай обществоҕа олоробут буолбаат?! Онтукайбыт сурукка эрэ баар курдук. Киһи быраабын хааччахтааһын, бобуу—хаайыы хайдах эрэ репрессия хабыр сылларын санатар. Биир, икки чиновник мин ыстатыйаларбын сөбүлээбэтэхтэрэ диэн, оннооҕор хас эмэ төгүлүнэн элбэх дьоннор хайҕаабыттара ол саамай күүстээх дьайыы буолар. Этэргэ дылы норуот сөбүлүүр, ирдиир: “Суруй!” диир. Онон чиновниктар: “Суруйума” диэбиттэрин да иһин суруйарбар тиийэбин.
Үлэни ис иһиттэн дьиҥ билэр киһи салайыахтаах
Илин эҥэр биэс улууһугар салайааччы быһыытынан үлэлээбит, “Үлэ Кыһыл Знамята”, “Бочуот знага”, ”Партийнай килбиэн” орденнар кавалердара, уҥуоргу улуустарга 25 000 гектаар сири, 22 икки күөлү оҥотторбут М.Н.Сибирякову көрүстүм. Кини кэпсиир:
--Тыа хаһаайыстыбата төрүт эһиннэ. Ону көрө сылдьабын. Уус Алдан Тандата үлэлээбит иккис дойдум. С.П.Готовцев салайар фермердэрэ, 20-чэ ыал Күөрүмэ уонна Юбилейнай сайылыктарга тахсара. Билигин 7 эрэ ыал тахсыбыт. Тоҕо? Үүт харчыта олус намыһах. Сайылыкка тахсыы ороскуотун саппат. Онон аккаастаабыттар.
Бээрийэҕэ бэрт аҕыйах ыал сүөһүлээх. Оттуур сир буолунай.
Төрөөбүт Мырылабар собхуос саҕанааҕыттан сүөһү аҥаара эрэ баара буолуо. Ону да кырдьаҕастарга. Тулагыга олохсуйбутум уон аҕыс сыл буолла. Бастаан кэлиибэр тулабар ыалларга 30-ча ыанар ынах баара. Билигин сэттэ эрэ ынах хаалла. Ынах сүөһүнү үс гыммыт иккитин суох оҥордулар. Уҥуоргу улуустарга бэһиэннэригэр үлэлээбитим. Онно барытыгар итинник. Кэпсэтэ, билсэ олоробун. Тыа хаһаайыстыбата баар диэн этэр уустук. Россия министрэ: “Эһиги уоппуккутун Россияҕа тарҕатыам” диирэ олуона. Арааһа быыбарга көмөлөһө кэлбит быһыылаах. Ол кини биир миллиарда туохха туһалаах буолуой?
Саха сирин тыатын хаһаайыстыбатын сайыннарыан баҕарар буоллаҕына саамай кырата 25-30 миллиард солкуобай наада. Эстиибит биричиинэтэ тугуй? Тыа хаһаайыстыбатын ис иһиттэн билэр киһи салайыахтаах. Оннук киһи бүгүн правительствоҕа суох. Мин кэргэним Төлөй Поповтар кыыстара. Ийэ кылыным Мария Михайловна Попова 2011 сыллаахха 105 сааһыгар өлбүтэ. Кини кэпсиирэ: “Охонооһой Барыыһап аҕата Дьөгүөр эһэтэ эмиэ Төлөй киһитэ. Сут дьыллар саҕаламмыттара. Кини икки уолун Охотскай перевозка күрэппитэ. Икки уолуттан биирин Охонооһойу илдьэ кэлбитэ. Ону Чурапчыга күрэппитэ. Улахан уолбун хаарыан киһини хаайыыга уган өлөрдүлэр,--диэн ытыыра. Онон Е.А.Борисов МТС быылыгар буккуллан улааппыта. Онон тыа хаһаайыстыбатын Е.А.Борисов собхуос директорынан, управляющайынан, биригэдьииринэн биир да күн үлэлээбэтэх киһи, ол иһин тыа хаһаайыстыбатын үлэтин дьиҥ ис иһиттэн дириҥник билбэт. Чиновник сололоох киһи буоллаҕа. Ынахтан тэйиччи киһи.
Төлөй Мээндигэтигэр Попов Бүөтүскээн диэн таайдаах. Бу Бүөтүскээн мин кэргэним чугас аймаҕа. Бүөтүскээн балта Таанньа Михаил Гуляевка саҥас. Дьөгүөргэ эдьиий. Онон СР спордун министрэ Михаил Гуляев саҥаһа бииргэ төрөөбүт убайын кэргэнэ. Бүөтүскээн убайа Маастар Махсыым сиэнин Андросов Иван Михайлович телевидение тойоно ойох ылар. Онон Дьөгүөргэ күтүөт.
Эстибит Мээндиги Аммосов Иннокентий Николаевич Дьөгүөргэ түҥүр аймаҕа. Улуус баһылыга буолбута. Эдьиийин Таанньа уола Василий Васильевич улуус мунньаҕын тойоно. Уолаттар барахсаттар абыраннылар, байдылар. Онтон мин аймах быһыытынан үөрэбин эрэ. Эстибит Мээндиги улууска уонна республикаҕа кадр бөҕөтүн тэбэн биэрдэ. Холобур Г.И.Чиряев төрөөбүт Чочутуттан биир да салайааччы тахсыбатаҕа.
Аҕыйах хонуктааҕыта президент адьас сыыһа дьаһал ылла. Ууга былдьаммыт уҥуоргу 5 улууска хантан баҕарар босхо оту була босхо биэриэм,- диэн эрэннэрдэ. Төрүт сыыһа дьаһал. Итинэн быыбарга куолас хомуйуом диир быһыылаах. Уҥуоргу 5 улууска барытыгар үлэлээбитим. Айылҕаны сири таптыыр буолан барыларын кичэйэн үөрэппитим.
Быйыл уҥуоргу улуустарга киһи кыайан кэспэт ото үүннэ. Алаас барыта оттонор. Хордоҕос, кырдал, сайылык, өтөх баһыы от. Аны халлаан уһуннук курааннаата. Күһүн үрэхтэр оттотуохтара. Икки сыл сиир оту оттуохха сөп. Барыыһап эттэ онон дьон сис туттан кэбиһиэхтэрин сөп. Оттуохтара суоҕа. Бэлэм от кыбыыларыгар сүөкэниэ. Сиэрэ суох сыыһа дьаһал буолла. Итинник тыа сирин уотун дьылын-хонугун, үүнүүтүн билбэт эрэ киһи дьаһайыан сөп.
Мин Барыыһапка туох да хом санаам суох. Киниттэн үөрэбин эрэ. Ол эрээри 10 сыл устата республиканы наһаа уһуннук салайда. Эт киһи элэйдэҕэ, сылайдаҕа. Мин көрдөхпүнэ доруобуйата да айгыраабыт курдук. Иккис болдьоххо толору үлэлиэ диэн эрэммэппин. Былааска эдэр дьон кэллэхтэринэ эрэ туох эмэ хамсааһын тахсыах курдук. Ону быыбардааччы бэйэтэ быһаарыа.
Ытык кырдьаҕаспыт М.Н.Сибиряков санаалара дьэ манныктар. Кини үүккэ субсидияны аһаҕастык мыынар эбит. Кини эппитэ уот харахха буолааччы. Бу саас Чурапчы быһыттара эргэрдилэр ону хаттаан көрүөххэ, оҥоруохха,--диэн хаһыатынан, радионан, телевизорынан былааһы сэрэтэн мэнэрийэн эрэ барбатаҕа. Ону биир да туһааннаах тэрилтэлэр, министерстволар, правительство, президент ол этиилэргэ кумаардаан да көрбөтөхтөрө. Түмүгэ: сылык, ытык кырдьаҕас ытырыктаппытын курдук уу быһыты тоҕо түһэн улахан алдьатыылаах Чурапчы айдаана таҕыста. Аҕа баһылыкпыт маныаха баччааҥҥа диэри ханнык да хамсатыылаах дьаһалы ылына илик. Билигин быыбарынан сибээстээн: “Бу ууну быһаарар туһунан дьаһаллары ылыам”, диэн тылын биэрдэ. Алдьанар алдьаммытын, тимирэр тимирбитин кэннэ. Бүлүү бөлҕөххө баһаар айдаана буолбута ыраатта. Мэҥэ Хаҥалас сирэ 11 тыһыынча квадратнай килимиэтир буоллаҕына Бүлүү бөлөххө баһаар 23 тыһыынча квадратнай миэтэрэ сири ылыар диэри Ол аата Мэҥэ Хаҥалас сирин-уотун икки бүк куоһарыар диэри кумаардаан көрбөтө. Дьэ кэлэн билбит-көрбүт курдук туттан дьаһал ылыах буолла. ССРС саҕана нэһилиэнньэни, техниканы түмэн уот улаата илигинэ саба баттыыр албас баара. Бу алдьатыыта аһара улахан буолуо аны сир булууһа ирэн эһиилги сылтан ити дойдулар ууга тимирэр кутталлара баар. Дьокуускайга иккилии этээстээх хастыы эмэ квартиралаах үстүү улахан дьиэ киһи өлүүлээх уокка былдьанар. Бу барыта болҕомто суоҕуттан, ыһыллаҕас дьаһалтан буолбута ырылыччы көстөн турар. Дьон мээнэҕэ эппэт: “Барыыһаппыт улугурда, кырыйда онтун билиммэт. Ол онтон бэл халлаан таҥара кытары кыыһырдылар. Өссө туох-туох буолар?” Уу айдаана буолаатын Россияҕа биллэриэхтээх этэ. Нууччалар олорор бөһүөлэктэрэ Ленскэй ууга барбытыгар куораты начаас үлүгэр саҥалыы туппуттара. Нууччалар кыһалҕаларын туруорсан ытыыры, наада буоллаҕына бастанньалыыры да сатыыллар. Биһиги киһибит уу ыллын, баһаар буоллун сахалар үчүгэйдик олороллоруттан атыны эппэт. Төрүт олохтоох дьон олорор бөһүөлэктэригэр тоҕо кыһамньы баччааҥҥа диэри суоҕуй? Быһаарыыта биир. Бу олохтоох саха дьоно тойон күргүйдээтэ да хам барар куттаспыт “Чыып” да диэбэппит. Норуот бүттүүнэ нолуок төлөөн иитэн олорор тойотторо олохтоохтор кыһалҕаларыгар олох да наадыйбаттар. Норуот харчытын илии баттаан хамнас биэрэр тойон дьолун-соргутун туһугар боростуой дьон тугу да саҥарбакка үлэлиирин эрэ билэллэр. Дьэ, оннук ньүкэн дьоммут. Дьэ, бу курдук олороохтуубут. Эбиитин “тапталлаах” Барыыһаппытыгар аны күһүн этиһэ-этиһэ быыбардыы барыахпыт буоллаҕа.
Үүт сыанатыгар субсидия хас буолуой?
Сибиряковпут этиитигэр төннүөххэ. Кини тыа хаһаайыстыбата ситэ үбүлэммэт үүт субсидията кыра, диэтэ. Онтон сиэттэрэн аҕа баһылыкка кандидат Эрнст Березкин экономист быһыытынан үүт субсидиятын туһунан бааһынайдарга эппитин аҕалыым. Кини этэр:
--Мин аҕа баһылык дуоһунаһыгар талыллар түбэлтэбэр тыа хаһаайыстыбатыгар көрүллэр үбү төһө оҥоробут да онтон аҥаарын тыа сиригэр бородууксуйа оҥорооччуга быһаччы тиийэрин ситиһиэм. Киилэ үүккэ саамай аччаабыта 45 солкуобай көрүллүөхтээх оччоҕо переработчик атыылаһар биэс солкуобайа эбилиннэҕинэ киилэ үүт 50 солкуобай буолуо. Өскөтүн табаар оҥорооччу туруорустаҕына үүт субсидиятын өссө үрдэтиэххэ сөп. Эдэр сүөһү ньирэй бородууксуйа биэриэр диэри хаһаайыныгар босхо иитиллэр. Итиннэ эмиэ көмө баар буолуохтаах, сыл аайы көмөлтө субсидия харчыта үүккэ, эккэ үлэ хайа да көрүҥэр индексацияланан улаатан иһиэхтээх, диэн тыа дьонун соһутта.
Сахалар биһиги хас эмэ тыһыынчанан сылларга көрөн-харайан иитиллибит бэйэлээх бэйэбит эппитигэр-хааммытыгар сөп түбэһэр ынахпытын дэлэтиигэ үлэлэһиэм, Ол саха киһитэ эт-хаан, өй-санаа өттүнэн сайдыытыгар көмөлөһүөҕэ,- диэтэ уонна Саха ынаҕын туһунан суруйар дьону биһириирин кинилэргэ махтанабын, диэн эттэ.
Бэйи эрэ биир киилэ үүккэ 50 солкуобайы ылар буоллахпына ынаҕым 1000 киилэ үүтү биэрдэҕинэ 50 000 солкуобайы сылга биэрэр эбит дуу? Оччоҕо уон ынахтаах буоллахпына 500 000 солкуобайы өлөрөбүн. Чэ, икки сүүс солкуобай ол бу ороскуокка бардын даҕаны. Оччоҕо син биир 300 000 солкуобайы уон ынахпытан тутан хаалабын дии. Айаҕы ииттэн олорор, оҕолору үөрэттэрэр кыах баар буолсу доҕор. Оччоҕо дэриэбинэ да тиллиэ эбит. Саханы быыһыыр, араҥаччылыыр албас көһүннэҕэ ити дии. Өссө итини таһынан ыччат сүөһүбэр эмиэ көмөлтө харчылаах буолуохтааҕын Эрнст Березкин эрэннэрэр. Дьэ, доҕоор син дьирээлэһэн көрүөххэ сөп буолсу.
--Ити баар биһиги үлэбитин-хамнаспытын кыра сааһыттан, билэн улааппыт бааһынайдар бэйэбит оҕобут бу эттэҕэ үчүгэйин,-диэн саастарын тухары сүөһү иитиитинэн дьарыктаммыт тыа дьоно харахтана уоттанан күө-дьаа буола түспүттэрэ.
Кырдьык Саха сирин өҥ почвалаах элбэх иҥэмтэлээх отун-маһын хас эмэ үйэлэргэ аһаан этэ-хаана, үүтүн сыата тупсубут саха ынаҕа, аан дойдуга элбэх искуственнай сиэмэлээһининэн боруодалары буккуйан буорту оҥорбут сүөһүлэринээҕэр быдан ордуга чуолкай. Саханы саха оҥорбут саха боруода ынаҕа аһыыра боростуойунан, кэмчитинэн, тымныыны тулуйарынан, аһылыгар талымаһа суоҕунан, ыарыыга ылларбатынан дьиҥнээх бэйэбит кыраайбытыгар эппитигэр-хааммытыгар чахчы туһалаах сүөһү буоллаҕа. Этэ-сиинэ да дьиҥэр элбэх буруйа диэн кылгас атахтаах буолан ачаан көстөр.
Бэйэбит хайдахпытый?
Бэйэбит ким эрэ хантан эрэ кэлэн ыйан--кэрдэн, оҥорон биэрэрин кэтэһэ хамаандалааһыҥҥа, дьаһайыыга үөрэнэн хаалбыппыт. Иккиһинэн бэйэбит нолуок төлөөн иитэн олорор тойотторбут кынчарыйдылар да ыбылы куттанар туруктаммыппыт. Эбиитин сөбүлээбэтэрбит да курдаттыы абылаппыт курдук кинилэри эрэ куоластыы, тала сатыыр адьынаттанныбыт. Муҥ саатар кандидаттар дьоҕурдарын тэҥнээн, ырытан көрүү суох. Оннук ньүкэн ньүдьү балай дьоммут. Быһаччы: ”Салайа үөрэммит киһи салайдын”,-дэһэбит. Тугу эмэ утары этэртэн куттанабыт да куттанабыт. Ол иһин тойотторбут билэн этэллэр: ”Норуот диэн бараан үөрэ. Бараан үөрүн хайдах баҕарар үүрэ сылдьыахха сөп”,--диэн. Хайҕатаары сахалар бараан үөрүн курдук үүрүллэ сылдьан онтон өһүргэммитэ буолан сахсараҥнаһабыт.
Атын сайдыылаах судаарыстыбаларга судаарыстыба систиэмэтигэр уларыйыы буолла да аан бастакынан ааспыт систиэмэҕэ үлэлээбит салайааччылары салалтаттан олоччу ууратар туһунан уураах таһаараллар. Дьэ, ол кэнниттэн үс түөрт сыл иһигэр киһи билбэт гына иирэ байаллар. Онтон биһиги ырыынакка киирбиппит отучча сыл буолла. Бу тухары тыабыт сирэ сайдыахтааҕар таҥнары түһэр. Ол биричиинэтин бука бары билэбит эрээри... Ол аата биһиги сибэтиэй оҥостон кэбиспит ССРС саҕанааҕы улугурбут, сытыйбыт, кырдьыбыт, сылайбыт салайааччыбытыттан босхолонуохтаах этибит. Хайа доҕоттоор, ырыынак сыһыаннаһыытыгар киирбиппит. Сэбиэскэй тутул--эксперимент Ону күн бүгүнүгэр диэри мэтириэттэрэ музейга туруохтаах дьону үҥэр таҥара оҥосто сылдьабыт. Сөп ээ, бэйэбит оннук үөрэтэн кэбиспиппит.
Биһиги президеммит Е.Борисов маны бэркэ билэр өйдүүр эбит,- диэн санаан испитим. Кини “Эдэрдэри салалтаҕа”,-диэн дэбииһинэн үлэлээн олох эдэр дьону салалтаҕа аҕалан испитэ. Мин ону ис-испиттэн, биһирии-хайгыы, астына көрбүтүм. Бэл диэтэр бииргэ үөскээбит коллегаларбын биир идэлээх суруналыыстарбын кытары улаханнык утарсан туран ол аҕалтаабыт хаадырдарын сэмэлээччи көһүннэҕинэ итийэн--кутуйан туран, түүннэри утуйбакка, ыалдьары да умнан көмүскэһэн муҥнаммытым. Егор Афанасьевиһы бу саҥа уларыйыы буолбут систиэмэтин өйдүүр, ыччаппытын сайдыы суолугар үктэннэриэ,-диэн арбыырым.
Билигин бэйэтэ хорсуннук, дьоһуннук туттан эдэрдэргэ миэстэтин туран биэриэ, диэн бүк эрэммитим. Олох барыта тиэрэ эргийэн таҕыста. Кини билигин эдэр өйдөөх, күүстээх, олоҕу сайыннарар кыахтаах кандидаты араастаан туората сатаан үрүҥ дьиэҕэ олорон дьонугар сохсоҕо баттаппыт эһэлии хаһыырарын истэ-истэ сөҕөбүн эрэ. Дьон да улаханнык соһуйда. Бастаан: ”Дьөгүөр бэйэтин солбуйар приемнигын бэрт үчүгэй киһини булла,”- диэн сибикинэспит өттө эмиэ оройго бэрдэрдэ быһыылаах.
Бэл интернеткэ олорооччулар кэпсэтэллэрин иһиттэххэ: “Дьөгүөрбүт интернети олоччу атыыласпыт. Е.Борисовы кыратык кириитикэлээ даҕаны админ, диэн тойоттор ону сотторо олороллор эбэтэр олох киллэрбэт буолбуттар. Суруйдахха даҕаны сурук тура түһэн баран сотуллан хаалар”,-диэтилэр. Хаһыат, араадьыйа, телевизор олоччу Е.Борисов дьаһалыгар, кини аймахтарын салалтатыгар баар. Онон талбыттарын туойаллар. Атын күүстээх кандидаттар Е.Борисов техническай кандидаттарыттан уратылар хайдах агитацияланаллар? Аны кандидаттар тыаҕа, куораттарга норуоту кытары көрсө тиийдэхтэринэ олохтоох дьаһалта араастаан мэһэйдэһэрэ күүтүллэр. Онон олохтоохтор эдэр саҥа кандидаттар программаларын истэргэ бэйэҕит күүстээх интэриэскитин ууран кэтэһэн олорон, кэлин кэмсиммэт гына дьаһаннаххытына сатанар. Быыбар сокуонун быһыытынан баһылыктар, депутаттар ханнык баҕарар кандидатка норуоту кытары көрсөрүгэр бары усулуобуйаны барыларыгар тэҥник тэрийиэхтээхтэр. Бэйэҕит талбыт тойотторгут эһиги баҕаҕытын толорор сибэтиэй эбээһинэстэрэ. Кинилэр үлэлэриттэн уһуллумаары эрэ тойоннорун өйүүллэр. Тойонноро хоттороору гыммытын биллилэр даҕаны ууга тимирэн эрэр хараабылтан куотардыы, күүстээх кандидат диэки бууттара быстарынан ыстаныахтара. Кинилэр үҥэр таҥаралара Е.Борисов буолбатах, хамнастаах дуоһунастара, сылаас олбохторо. Онон кытаатыҥ куттанар ыарыыгытын кыйдааҥ уһуктуҥ, сайдыы, кыайыы-хотуу өттүгэр санааҕытын биллэрэн уларыйыылары оҥоруҥ.
Арамаан Дьөгүөрэп.
+-
|
Category: Эрнст Березкин |
Views: 1785 |
Added by: uhhan1
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 25 Ыалдьыттар (гостей): 25 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|