Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2014 » Атырдьах ыйа » 5 » 12 сыл иһигэр ханнык да сэриитэ, саатар биир этиһиитэ суох В.Штыров, Е.Борисов туох баарбытын барытын суверенитеттары баҕастары туран биэрди
12 сыл иһигэр ханнык да сэриитэ, саатар биир этиһиитэ суох В.Штыров, Е.Борисов туох баарбытын барытын суверенитеттары баҕастары туран биэрди
10:18
Өлүү-чаас тиксэрин ситиһиэҕиҥ
Төрүт олохтоох дьон бэйэбит интэриэспитин улахан хампаанньалартан дьаныһан туран сорунуулаахтык туруорсубаппыт...
 
Дьоппуоннар кэлэн биһиги хайдах олорорбутун көрөн баран: “Маннык киэҥ-куоҥ, баай-дуол үтүө, мааны дойдуга хайдах маннык сатамньыта суох, быстахтык, тиийиммэттик дьаһанан, тэринэн олоруохха сөбүй?”,--диэн наһаа сөҕөн, кэлэйэн төбөлөрүн быһа илгистибиттэр үһү,-- диэн кэпсээн баар. Туох барыта дьаһалыттан, тэрээһиниттэн тутулуктаах. Туох барыта дьаһайар, салайар киһи дьоҕуруттан, өйүттэн, кыаҕыттан, тэрээһиниттэн, бэл диэтэр доруобуйатыттан кытта тутулуктаах. Бачча үлүгэр баайдаах дойдуга төрөөн баран соххор доҕолоҥ олоҕунан олорор туох ааттаах кыһыытай абатай?! Ол иһин мин бүгүн өлүүлэһэр—чаастаһар туһунан сүрүн боппуруоһу көтөҕөн суруйуохпун баҕардым.

Соторутааҕыта Дьокуускай куорат предпринимателлэрин ыҥырыыларынан СР Ил Дарханын быыбарын кандидата Эрнст Березкин Айхал кинотеатрга сааланы толору дьону кытары көрүстэ. Кини онно эппит тыллара мин сүрэҕим ортотунан киирэннэр өйбүн-санаабын атыйахтаах уулуу аймаатылар. Ама да биһиги буолбуппут иһин били улугуруу сылларын курдук оччону кыайдыбыт, баччаны оҥордубут, итиччэни ситистибит,--диэн бэйэбитин үчүгэйинэн отчуоттана-отчуоттана, кырдьыгынан-сымыйанан үлэлээбитэ буолан төҺө уһуннук олоруохпутуй?

Маннык быһыыттан-майгыттан хаһан босхолонуох муҥмутуй? Ол Брежнев кэнниттэн төһө эмэ улахан ыарыһаҕын, кырдьыбытын билэ-билэ былааска тахсыбыттар бу курдук бука бары тутуспутунан олоро түһүөҕүҥ, диэн татым өйтөн-санааттан Чернеко эрэйдээҕи сирдиир партиябыт салайааччытынан быыбардаан кэбиспиттэрэ өр барбатаҕын бэри диэн бэрткэ билэбит. Ол эрээри ол кыраабылбытыгар иккистээн да үктэнэрбитин кэрэйбэт курдукпут. Билэ-билэ оҥоро олоробут. Арыт ардыгар “Этэн суруйан да диэн”,--диэх курдук санаталаан кэлэбин. Өйдөөбөт дьон үөхсэллэрин көхсүбүнэн илэ истэр курдукпун. Чэ ити хааллын. Хата Эрнст Березкин этиилэриттэн быһа тардан аҕалыым:

--Көрүҥ, билигин промышленнай хампаанньаларга үлэлиир дьоннор ыйга 250 000 солкуобай хамнастаахтар. Биһиэхэ төрүт олохтоох омуктарга: сахаларга, нууччаларга, эбээннэргэ үлэ суох, хамнас кыра бэркэлээтэҕинэ 15 000--20 000 солкуобайы биэрэн дуйдаабыта буолаллар. Туох да бэлэмэ суох тыа дьонун куорат сиргэ хардаҕас мастыы хаалаатыбыт. Оскуола, детсаат тиийбэт. Үп-харчы, үлэ-хамнас, дьиэ-уот суох. Тыа сиригэр олох эстэн эрэр. Төрүт былыргы үгэстэрбитин умнан уруккуну да, билиҥҥини да тугу, ханныгы кыайан араарбат, таах мээнэнэн ээҕи кытта сөбүлэһэн сылдьар дьон буоллубут. Бу сөп дуо? Туга да суох сылдьан күннээҕи оонньуунан-көрүнэн хатаҕаланан онон аралдьыйабыт. Ырыа-тойук, үҥкүү-битии, оһуохай, спортивнай оонньуулар эрэ дьарыктанныбыт. Бу тоҕо? Толкуйдаан көрүҥ! Бу аата колониальнай системаҕа киирдибит. Мантан тахсыах тустаахпыт. Биһиэхэ мантан тахсыыга үлэ ханнык да көрүҥэ ыытыллыбат.

Төрүт олохтоох дьон бэйэбит интэриэспитин улахан хампаанньалартан дьаныһан туран сорунуулаахтык туруорсубаппыт. Олохтоох
балаһыанньаларбытынан сатаан туһаммаппыт. Дьиҥэр онно туруорсар быһыы-майгы, кыах түгэн билигин да элбэх. Онно өйбүтүн-сүрэхпитин ууран кыһаммаппыт. Саха сиригэр кэлэн үлэлии олорор хампанньалар ким эрэ ЯГСХА корпуһун, ким эрэ спортзал, АЛРОСА бэйэтинэн гостиница туттар... Ити курдук бытархайдарынан харахпытын баайан кэбиһэллэр уонна көҥүл айбардыыллар. Экология алдьанар. Сир баайын буор босхо хостууллар. Онкологическай о.д.а. ыарыы элбээбиттэрин саҥата суох билэ-көрө сылдьабыт.


Баччааҥҥа диэри хотугу улуустарга таһаҕас тиэйиитинэн дьарыктана олоробут. Ол биһиэхэ сүҥкэннээхэй проблема. Ким эрэ сирэн бырахпыт, курсуйбут аһын тиэйэн аҕалан аһыыбыт. Соруннахха, кыһаннахха кыахтаах эрээри, саатар бэйэбит аспытын бэйэбит кыайан астаммаппыт. Төрүт дьарыкпытыттан сылгы, ынах сүөһү, таба иитииттэн ыччаппытын тэйиттибит. Тоҕо сатамматый бу үлүгэрдээх байылыат сир үрдүгэр олорон сир баайын хостооһунунан дьарыктанар--переработкалыыр собуоттары тутар? Тоҕо сатамматый улахан хампаанньалар үлэлии кэллэхтэринэ өлүү-чаас туруорсар? Холобура Анголаҕа, Нимибиаҕа, ЮАР-га төрөөбүт бас билэр сирдэригэр үлэлии кэлэр хампаанньаларга көҥүл лицензия биэрэллэрин иһин сиртэн хостоммут баай 50 бырыһыанын туруорсан ылаллар. Ким ити бырыһыаны биэрбит ол киирэн үлэлиир. Онтон итиччэ бырыһыаны биэрбэт хампаанньа үлэлиир бырааба быһыллар.

Бэйэтин норуотун туһугар өлүү-чаас туруорсан өтөрү-батары турууласпыт дохсун, хорсун Таатта уола Афанасий Максимовтыын кэпсэтиибиттэн кини этиилэрин тугу да киэргэппэккэ аҕалыым:


--Биһиги кырдьык, аан дойдуга биир саамай улахан баай сиргэ олоробут уонна онно саамай дьадаҥытык, эрэйдээхтик олороохтуубут. Биһиги президеммит Егор Борисов Япониянан, Соҕоруу Кореянан, Англиянан, Арабскай миратынан кэрийэ сылдьан “Чинчиллибитинэн 70 триллион дуоллар сууммалаах сир баайдаахпыт”,- диэн кэпсээн бөҕөтүн ыыппытын истэ-билэ, сөҕө сылдьабыт. Дьиҥэр кини итинник кэпсээнинэн наһаа айбардаабакка дьиҥ норуотун туһугар кыһаллара буоллар дьонун-сэргэтин кыһалҕатынан бу манна дьарыктаныахтаах этэ. Норуотун кыһалҕатын быһаарарга өлүү-чаас туруорсуохтаах этэ. Ону баара туох баар бас билэр тэрилтэлэрбитин, сирбит баайын олоччу төһө кыайарынан атыылаата, бэлэхтээтэ. Билигин киин Россияҕа сир баайа баранна. Онон биһиги диэки, өтөрүнэн бараммат баайдаах кыладабыай диэки сыҕарыйан эрэллэр. Холобура Татарстаҥҥа урут 100 тонна ниэби сылга хостууллара. Билигин баара-суоҕа 20 мөлүйүөн тонна ниэби хостууллар. Бу өссө ССРС саҕана оҥоһуллубут былаан схема быһыытынан баран иһэллэр. Ол ССРС саҕана сир баайа чинчиллибитэ, бэлэмнэммитэ. Биһиги билигин АЛРОСА-ттан ордук баай тэрилтэ суоҕун курдук саныыбыт. Сымыйа! Аан дойдуга алмаас баара суоҕа 10 миллиард долларга хостонор онтон саха сиригэр аҥаара 5 эрэ миллиард дуолларга алмаас хостонор. Күндү таас онтон ордук кимиэхэ, туохха нааданый? Онтон Сургут нефтегаз биһигиттэн сылга 50 миллиард доллардаах сир баайын сылга хостуур. Онтон биһиги соххор солкуобайы туһаммаппыт.

Россияҕа Борис Ельцин былааска кэлэригэр сахаларга: “Суверенитеты дэлэччи ылыҥ, сиргит баайын хостооҥ уонна туһаныҥ”,-диэбитэ. 2000 сылга
диэри ону М.Николаев сүрдээх үчүгэйдик олоххо киллэрэн испитэ. Ону Россия эрдэттэн былааннаан оҥорбут дьайыытынан М.Николаевы туоратан кэбиспитэ уонна кинилэр ыйыыларыгар сөп түбэһэр В.Штыровы уонна Е.Борисовы былааска аҕалбыта. Дьэ, уонна аҥаар кырыы тэпсэн киирэн барбыта... Ити эн суруйарыҥ барыта сөп. Туох баар бюджет оҥорор тэрилтэлэрбит атыыланнылар, бэлэхтэннилэр. Сирбит баайын буор босхо биэриини көстөрүн курдук саҕалаатылар. Саатар сир баайын нолуогуттан туһаммаппыт. Дьоммутун соруйан дьадаттылар. Дьадаҥы мөлтөх киһи туруорсара күннээҕинэн кыра мөлтөх буолар, ону билэллэр, ол иһин. Бу быыбары ыытар да схемаларын көрүҥ кимиэхэ эрэ оскуола тутуох, суол оҥоруох, дьиэ биэриэх буолан олох бытархайынан ымсыырдан албынныыллар.


Аны СР норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ В. И. Винокуров “Туймаада” хаһыакка “Артика сылынан сорох санаалар” диэн от ыйын 24 күнүнээҕи ыстатыйатын көрүҥ. Хотугу улуустары Дьокуускайга көһөрөр барыстааҕын туһунан итийэн-кутуйан туран суруйбут. Эппитим курдук сир баайдаах сиртэн олохтоох дьону көһөрүү, ыраастааһын политиката эргиччи хааччыллыылаах таас дьиэлэринэн ымсыырдан көһөрүү саҕаланар буолла. Олоҕу-дьаһаҕы хааччыйар үлэ-хамнас тэрээһинин туһунан, төрүт олохтоох омуктар инники дьылҕаларын туһунан кэпсэтии сыта да суох. Олохтоох дьонтон чэпчэкитик босхолонор эрэ сорук турар.

Англия былыргы филособа Маккиндер бэйэтин үлэтигэр сахалары таарыйбыта. Кини сир шарын континеннарга араарара онно холобура Ефроазияны Хартленд континена диир оттон саха сирин Леналенд континена диир. Леналенд континены баһылааһыҥҥа төрүт олохтоох дьон сахалар олус кутталлаахтар диэн ахтыбыт. Ол иһин өссө төгүл бэлиэтиибин биһиги күүспүтүн, өйбүтүн-санаабытын соруйан эһэллэр. Оннук политика бара турар.
Ылан көрүөх ҮөҺээ Дьааҥы улууһугар Дулҕалаах, Сартан диэн уруккута 10-нуу, 20-лии тыһыынча сылгылаах базалар бааллара. Онно билигин биирдэһигэр 12 биэ иккиһигэр 50 биэлээх сылгы үөрэ хаалбыт. Онно олохтоох оҕонньор этэр: “Биһигини соруйан эстилэр”,--диир.

Академик Черскэй: “Саамай элбэх саппаастаах ниэп, гаас бу Халыма, Дьааҥы, Индигир өрүс тардыыларыгар баар”,-диирэ. Бу дойдуларга сахалар 10-20 000 сылгы иитэн турар буоллахтарына ити баайы хостуу кэлэр дьон биһигиттэн көҥүллэтиэхтэрин наада. Ол иһин соруйан эһэллэр. Дьэ, Өксөкүлээх тугу эппитэ кэлэн иһэр. Билигин омуктар киириилэригэр бэлэмнээн сахалары Дьокуускайга хаалаан баран симэлитэри өссө күүһүрдүөхтэрэ.
Уубут, тыабыт бэл салгыннары олоччу барбыта. Сир баайыттан бас билии, өлүү-чаас биһиэхэ билиҥҥитэ суох. Биир да акциябыт суох. Манна олорумаҥ, эбэтэр олорон бүтүҥ, диэххэ айылаах Саха сирэ ракета тобохторо тохтор полигонугар кубулуйбута ыраатта. Өссө тугу, тугу оҥорон иһэллэрэ биллибэт.

Баара суоҕа 12 сыл иһигэр ханнык да сэриитэ, саатар биир этиһиитэ суох В.Штыров, Е.Борисов туох баарбытын барытын суверенитеттары баҕастары туран биэрдилэр. Онон норуотун туһугар сатаан туруулаһар, киэҥ билиилээх, эргиччи өттүнэн ааҕар-суоттуур экономист,
эдэр доруобай эрчимнээх, хорсун киһи биһиэхэ наада буолла. Билигин атын дойду баайдара бу интернет үөдүйбүт үйэтигэр биһигини күннээҕинэн көрө-истэ үөрэтэ олороллор Сахалар тастан киирэр хампаанньалартан биир эмэ бырыһыаны туруорсаллар дуу, суох дуу?-диэн. Биһиги биир да солкуобайы туруорсубаппыт. Оннук муҥкукпут, кэнэммит, мөлтөхпүт. Саатар нолуокпут олоччу Россия бюджетыгар барар сокуонун бэйэлээх бэйэбит Ил Түмэммит оҥоро охсон биэрбитэ.

Экология боппуруоһа олох ыарахан. Онон саҥа киһи кэллэҕинэ дьоно, норуота сайдарын туһатыгар туруорсара, кэпсэтэрэ наһаа элбэх. Оҕолорбут, сиэннэрбит кэскиллэрин тэрийэн оҥорон биэриэх тустаахпыт. Онно биһиги бэйэбит көмөлөһүөхпүтүн наада. Биһиги көмөбүт,-диэн кириэмил марионетката куоластамматах босхо куолаһы бэйэтигэр сурумматын наадатыгар олохтоох дьон сахалар, нууччалар, эбээннэр олоччу тахсан быыбарга кыттан бэйэбит интэриэспитин көмүскэниэхтээхпит.

Кытай баай дьонун ахсаанынан АХШ-һы ситэн эрэр. Тоҕо сатамматый саха ыччаттара промышленностка тахсан тэрилтэ тэрийэн байан-тайан бараллара? Онно кыах баар ээ. Ыччаттарбытыгар суолла арыйыахха! Биһиги ыччаттарбыт билигин бэркэлээтэҕинэ бэлэм табаары, хантан эрэ эргэрбит, буорту буолбут аһылыгы аҕалан атыылааһынынан дьарыктаналлар. Дьон туттубут эргэ техникатын аҕалан сүүрдэбит. Барытын бэйэбит оҥоро, айа үөрэниэххэйин! Саатар аһыыр аспытын бэйэбит бэлэмнэниэх тустаахпыт. Онно кыахтар бааллар. Ыччаттарбыт бу олус түргэнник сайдар үйэҕэ тэбис тэҥҥэ үүнэллэригэр сайдалларыгар көмөлөһүөҕүҥ!

Дьэ, бу Афанасий Максимов этиилэрин сыта-тура толкуйдааҥ, сыаналааҥ. Төһө кырдьыгы этэр эбитий? Мин биир бэйэм олус сөҕөбүн маннык бэртээхэй киһибитин былааска тахсыа диэн сордуу, таҥнары аллараа тарда сылдьабыт. Били сахалар туһунан анегдотка баар курдук.
Урут суруйбутум курдук билигин дэриэбинэлэрбитигэр нэһилиэнньэ улахан аҥаара үлэтэ-хамнаһа суох сылдьар. Саамай киһи дьиксинэрэ эдэр ыччат үлэттэн-хамнастан тэйдэ. Олох, үлэ тэрээһинин мындырдарын билбэттэр. Ордук эдэр ыччат иэдэйдэ. Куоракка үөрэҕи бүтэрбит эдэр ыччаттарбыт үлэ булаллара, олохторун тэринэллэрэ олох уустугурда. Иккилии-үстүү үрдүк үөрэхтээх ыччаттарбыт үлэ булбаттар. Ханна эрэ куруусчуттаан тугу эрэ харабыллаан аһыыллар. Элбэх оҕолоохторго араас кыһалҕа элбэх. Кырдьаҕас кыаммат дэлэйэ турар. Пенсия кээмэйэ олох кыра. Промышленнай хампаанньаларга саха ыччаттара үлэҕэ киирэллэрэ улахан уустуктардаах. Тыа сирин араас кыһалҕата элбии, дэлэйэ турар. Ол иһин нэһилиэнньэ аҥаара ханнык да общественнай тэрээһиннэри, олоҕу сайыннарар хамсааһыннары билбэт, истибэт. Ол иһин ааспыт ыстатыйаларбар духовность боппуруоһугар ыстатыйалары суруйбутум. Телевизор, араадьыйа, бэчээт уорганнара былыргылыы былаас тугу эмэ, кыраны да оҥордоҕуна ону арбыы, хайгыы олорор. Ырыынак сыһыаннаһыыларын үйэтигэр олоххо, үлэҕэ-хамнаска ыччаты иитэр-үөрэтэр боппуруоһунан дьарыктаммаппыт. Бу аата ханна баран иһэбит? Э.Березкин, А.Максимов этиилэрин ырытан көрдөххө барыта олохтооҕу, бүгүҥҥү күҥҥэ олоххо баар чахчыны, кыларыйан турар кырдьыгы чиэһинэйдик хайдах баарынан этэллэр.

Күндү бар дьоммут! Хас биирдиибит инники дьылҕабыт туһунан үчүгэйдик толкуйдаан ырытан дьоһун быһаарыылары ылынар күммүт тиийэн кэллэ.
Е.Борисов этэринэн саха сирэ 70 триллион сир баайдаах. Онтон Е.Борисов быйыл биир триллион сир баайдаах Чайыҥданы кытайдарга Россия президенэ В.Путинныын быстар кыра сыанаҕа атыылаатылар. Онтон сахалар соххор солкуобайы туһаммаппыт. Арай экологиябытын алдьатан, айылҕабытын тэпсэн бараллар. Томтордооҕу икки триллион сыаналаах сир баайын буор босхо биэрдэ. Кэлэр биэс сылга Е.Борисов сыала-соруга ити ордубут остуоруйаҕа эрэ кэпсэнэр баһырхай сыаналаах сир баайын биһиэхэ биир солкуобай туһата суох батарар соруктаах буолуон сөп. Арай онтон кини бэйэтин тус хармааныгар биир эмэ куомуннааҕынаан торуойдууллар ини. Бадаҕа ол иһин бу быыбарга киирсэн эрэр ини,-- диэччи элбээтэ. Өскөтүн Э. Березкин этэринии атын судаарыстыбалар курдук ити барбыт үс триллион сууммалаах сир баайыттан 50 бырыһыаны өлүүлэспит буолуох киһи иилэн ылбат элбэх харчыта балтараа триллион дуоллар хаһынабытыгар киириэ хаалбыт.

Эрнст Березкин туруорсарыныы итиччэлээх баайтан-дуолтан өлүү-чаас ылан олохтоох омуктар тиксиэх тустаахпыт. Оччоҕо эрэ сиэннэрбитигэр кэлэр кэнчээри ыччаттарбытыгар дьоллоох-соргулаах олоҕу хаалларыахпыт. Экологиябытын, айылҕабытын харыстыахпытын сөп.
Онтон Россияҕа билигин оҥоһуллан турар сокуон быһыытынан олохтоохторго анаан биир да солкуобай промышленностан киирбэт. Айылҕаны харыстааһыҥҥа сөптөөх сокуон суох. Кэлтэй хостооһун эрэ.
Арамаан Дьөгүөрэп.
 
 
Category: Политика.Митинги. Пикеты. Партии | Views: 1588 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Атырдьах ыйа 2014  »
БнОпСэЧпБтСбБс
    123
45678910
11121314151617
18192021222324
25262728293031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 67
Ыалдьыттар (гостей): 67
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024