News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
Право, закон
[323]
Экономика и СЭР
[839]
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
Коррупция
[862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
Социалка, пенсия, жилье
[277]
ЖКХ, строительство
[132]
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра
[240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[376]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
Промышленность
[43]
Нефтегаз
[284]
Нац. вопрос
[284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
Дьикти. О невероятном
[183]
Выборы
[661]
Айыы үөрэҕэ
[93]
Хоһооннор
[5]
Ырыа-тойук
[23]
Ыһыах, олоҥхо
[102]
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
История, философия
[239]
Тюрки
[76]
Саха
[153]
литература
[41]
здоровье
[465]
Юмор, сатира, критика
[14]
Реклама
[7]
Спорт
[122]
В мире
[86]
Слухи
[25]
Эрнст Березкин
[88]
Моё дело
[109]
Геннадий Федоров
[11]
BingHan
[4]
Main » 2014 » Атырдьах ыйа » 16 » Саха сирин олохтоохторо биллэн турар Эрнст Березкины талыахтара. Оччоҕо аныгы сайдыылаах үйэ цивилизованнай ньыматынан эргэттэн саҥаҕа улары
Саха сирин олохтоохторо биллэн турар Эрнст Березкины талыахтара. Оччоҕо аныгы сайдыылаах үйэ цивилизованнай ньыматынан эргэттэн саҥаҕа улары
18:06
Атыылыырын иһин талабыт дуо?
Бүгүҥҥү күммүт ирдэбилэ
Э. Березкин бу бүгүҥҥү күннээҕи олоҕу ырытан туох итэҕэс баарын ыйан, ханнык уларыйыылар буолуохтаахтарын кэпсиир программата мин иннибэр сытар. “Кэлэр биэс сылга Саха сирин олохтоохторо бэйэлэрин сайдар кэскиллэрин бэйэлэрэ быһааралларыгар кыах биэриэм”, диэбит. Кэлин 12 сылга республикабыт улаханнык уларыйда. Куорат тас көстүүтэ тубуста. Саҥа дьиэлэр дэлэччи туту ллаллар. Рестораннар, кафелар арыллаллар. Дорҕоонноох элбэх киһи түмсүүлээх бырааһынньыктар буолаллар.
Ол гына сылдьан Саха сирэ бэйэтин бюджетын оҥорор активын олоччу сүтэрдэ. Эбиитин улахан иэскэ киирдэ. Бары нефтегазовай комплекстар, ол иһигэр “Якутгазпром”, ”Алмазы Анабара”, “Нижнеленскэй” ОАО-лар, “Якутуголь” (“Эльгоуголы” кытары холбуу), кыһыл көмүс, алмаас саха сиригэр хаалбата. Судаарыстыбаннай сыаналаах күндү таастары харайар сирбит кураанахтанна.
Тас көстүүнэн күлүмүрдээбэккэ ис дьиҥҥэ киириэххэ. Республикабыт кэлиҥҥи уон сылларга биһиэхэ туох оҥоһулунна. Судаарыстыбабыт 24 миллиардаах иэс дьааматыгар түстэ. Бюджеппыт 14 миллиард дефициттээх олорор. Сыананы түһэриэхтээх тимир суолбут үлэҕэ киирбэтэ. Өрүһү туоруур муоста тутуллуута ыра санааҕа эрэ кубулуйда. Ниэби переработкалыыр собуот тутуллуута умнууга хаалла.
”Билигин оҕолорбут, сиэннэрбит олорор олохторун суотугар бырааһынньыктыы, көрүлүү сылдьарбытын биһиги билиэх тустаахпыт”,--диэн тыл программаҕа этиллэр. Маннык иэдээнтэн хайдах тахсарбыт туһунан үлэтин былаанын хайысхаларынан саас-сааһынан өйдөнүмтүөтүк арыйбыт.
Салалтабыт миллиардынан үбү Бэчээт уорганнарыгар барыыр. Ол—бу буолар буолбат араас солуута суох суруктарынан бэчээти бүөлээн кэбистилэр. Билсиинэн-көрсүүнэн былааска ыксаласпыт аймах дьон олохпут сүрүн кыһалҕатын бэчээтинэн сабан дьоҥҥо тиэрдибэт сыаллаах кытаатан туран эрэллээхтик үлэлииллэр.
Быыбар кэмигэр баһылыгы эрэ арбыыр сайтар, хаһыаттар дэлэччи үбүлэнниллэр. Березкин аатын ааттаан биир эмэ киһи сайтка таҕыстаҕына тутатына сотторо олороллор. Норуоту ити курдук харса суох албынныыллар, хараҕын баайаллар. Бу админстративнай ресурсу муҥутуурдук туһаныы буолбакка тугуй?
15. 08. 2014 сыл СР киин быыбардыыр хамыыһыйатын уурааҕын миэхэ Э.Б.Березкин ыстаабыгар ыҥыран ылан туттардылар. Онно мин икки ыстатыйабын А.А.Окороков диэн киһи агитационнай матырыйааллар диэн баайсан “Туймаада” хаһыатка админстративнай миэрэтэ ылыахха диэн ЦИК-ка үҥсүбүт. ЦИК кырдьык сайабылыанньа киирбит күнүгэр олус түргэнник уураах таһаара охсубут. ЦИК миигин автор быһыытынан тоҕо эрэ ыҥыран кэпсэппэтэ. Иккиһинэн ЦИК чилиэнэ М.Е.Колбасина Борисов туһатыгар Э.Березкины кириитикэлээн ыстатыйалары суруйбута. Бу куруубай алҕаһы Э.Березкин юристара бырачыастаабыт сайабылыанньаларыгар күн бүгүнүгэр диэри ханнык да дьаһал ылылла илик. Дьэ, бу баар дьиҥнээх быыбар сокуонун кэһии. Сокуон этэринэн ЦИК чилиэнэ кандидаттар туһунан агитациялаан, кандидаты кириитикэлээн ыстатыйа суруйуохтааҕар, кимиэхэ да ыалдьыа суохтааҕын туһунан баппыыска суруйаллар.
Тойон А.Д.Кривошапкин тугунан дьарыктана олороро, ким туһатыгар ыалдьара урут мин сэрэйэн көрөн суруйбутум курдук аҥаардас бу түгэнтэн чуолкай дакаастанар. Дьэ, ханнык эрэ боростуой быыбардааччы санаатын эппитигэр хаһыакка миэрэ ылар туһунан дьаһал ылбыт. Тойон А.Д.Кривошапкин бэйэҥ үлэһиккин боччуйбакка сылдьан боростуой быыбардааччы санаабын этэрбин туох санааттан тууйа сатаатыҥ? Мин 1990 сылтан араас таһымнаах быыбардарга бэйэм тус санаабын этэн-этэн, суруйан-суруйан кэлбитим. Борисов туһатыгар бу сааскыттан хаһыаттарга ыҥырыы сурук бөҕө бэчээттэннэ. Телевизор, араадьыйа күн аайы Борисовы агитациялыыр. ЦИК онно тоҕо миэрэ ылбат. Норуот итини барытын көрө сылдьар. Дьэ, итини этэллэр: “Бэрэбинэни көрбөт, иннэ сытарын көрөр”,--диэн.
Ааспыт Ил Түмэн быыбарыгар кыһыҥҥыттан саҕалаан күһүн быыбар буолуор диэри хас эмэ уонунан киритиичэскэй ыстатыйалары быыбарга суруйбутум. Тоҕо эрэ онно эн кумаардаан да көрбөтөҕүҥ. Онно таарыттарбыт Ил Түмэн бөдөҥ көһөҥө депутаттара уһун сааһы, сайыны быһа миигин кытары сууттаһан-сууттаһан баран биир да түгэҥҥэ кыайбатахтара. Ол аата оччолорго эн ыалдьар киһигин таба таарыйбатах эбит буоллаҕым. Бу кэнниттэн Аҕа баһылыкпыт Е.Борисов “Чиэһинэй быыбар иһин” диэбитэ олох да сымыйа, таах албын киэргэл тыл эбит, диэтэхпинэ сымыйаччы буолабын дуо? Бэйи быыбарбытыгар төннүөххэ.
Мин программаны ырытыам иннинэ, ити дойду сиртэн хостонор баайын-дуолун, араас тэрилтэлэрин атыылааһыннартан, бэлэхтээһиннэртэн Е. Борисов В. Штыровтуун ниэп гаас комплексын акцияларын хайдах күрэппиттэрин туһунан кэпсииргэ холонуум.
Ону быыбардааччылар ким төһө хайдах бэлэмнээҕинэн көрөн бэйэҕит сыаналааҥ:
1. 1998 сыллаахха СР правительствотын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Руслан Щипков 789№-ээх бэс ыйын 23 күнүнээҕи дьаһала:
в соответствии с Федеральным законом № 123 от 21. 07. 1997 “О приватизации государственного имущества и об основах приватизации муниципального имущество” распорядился: -продлить бессрочно закрепление в государственной собственности Республики Саха (Якутия) “золотой акции” и 25 процентов акций открытого акционерного общество Национальный нефтегазовой государственной кампании “Саханефтегаз”.
2. 07. 02. 2006 №А11-01/-71 Президент АК “Алроса” Ничипорук А.О. написал Председателю Правительства Республики Саха (Якутия) Борисову Е.А. следующее: “27 декабря 2005 года Наблюдательным советом АК “Алроса”, было принято решение о приобретении АК “АЛРОСА” компаний—подписчиков, участвующих в дополнительной эмиссии акций ОАО “Якутгазпром”.
АК “АЛРОСА” готово предоставить данным компаниям-подписчикам денежные средства в размере 628 миллионов рублей для приобретения акций дополнительного выпуска ОАО “Якутгазпром”. Ити аата бастаан бэйэбит Алросабыт бу хампаанньаны атыылаһа сатаабыт эбит.
Салгыы олунньу ый 10 2006 сыл кылгас кэмнэ ОАО “Якутгазпром” акцияларын
атыылыыр эргиэни тэрийэр сурук суруллубут. Тэрилтэни ООО “СЛАВИЯ” ОГРН 105 774 666 096 0, ИНН 77285446226 манна эбии өссө үс ООО аата ааттанар.
3. атын ОГРН-аах ол аата атын ООО “СЛАВИЯ” ОАО “Якутгазпрому” баара суоҕа 15 000 солкуобай уставной капиталлаах тэрилтэ атыылаһар. Уставной капитала аата кыратын. Баара суоҕа остуорас ыйдааҕы хамнаһа дии. Тэрилтэ регистрацияламмыт аадырыһа Британия Виргинскай арыытыгар баар эбит.
Ити курдук оччотооҕу правительство бэрэссэдээтэлэ Е.Борисов уонна президеммит В.Штыров көмөлөрүнэн салгыы атыылыыр докуменнары ситэри толороннор Орто Бүлүүтээҕи 240 миллиардтаах айылҕа гааһа уонна 80 мөлүйүөн тонна газокондетсаттаах сири ити остуорас хамнаһын саҕа баайдаах тэрилтэҕэ атыылаан кэбиһэллэр. Онно муҥ саатар бас билээччилэргэ биир да Саха сирин олохтооҕун кыбыппаттар. Ол аата Борисовтаах, Штыров ити атыылааһыннарын норуоттан кистиир ньымаларын биир көстүүтэ буолуон сөп эбит. Атыылааһыннарга биир да түгэҥҥэ норуот сөбүлэҥин ылар референдум ыыппатахтар.
Судаарыстыба баайын итинник ыскайдааһыны интернеккэ бэйэтин сайтыгар суруйбутун иһин биллиилээх суруналыыһы Иван Николаевы--Ухханы президент администрациятын бэрэссэдээтэлэ А. С. Николаев сайабылыанньатынан үс сыл устата РФ ХК 286-ыс ыстатыйатынан холуобунай дьыалаҕа тартаран туох да айыыта харата суох киһини, олоҕо суох эрэйдээн баран бүтэр уһугар республика прокурора Подласкин Уххантан бэчээтинэн бырастыы гыннарбытын бука бары истэ--билэ сылдьабыт. Судаарыстыбаннай гражданскай сулууспалаах Н.И.Седалищевы Уххаҥҥа көмөлөспүтүн иһин үлэтиттэн уураталлар.
Оттон РФ конституциятын 9-ус ыст. 1 чааһа этэр: “Земля и другие природные ресурсы используются и охраняются в Российской Федерации как основа жизни и деятельности народов, проживающих на соответствующей территории”.
Биһиги аны аҕыйах хонугунан Ил Дархан дуоһунаһыгар талыахтаах ытыктабыллаах Егор Афанасьевичпыт туох интэриэстээх буолан сирин баайын түһээн да баттаппатах омуктарбытыгар Британия Виргинскай арыытыгар атыылаатан кэбиспитэй? Эбиитин туох да аньыыта--харата суох ыраас, норуоттарыгар патриоттаабыт дьону хаайтара, үлэлэриттэн уһултара сатаата? Дьэ, бу былаас күүһүн туһанан, былааһы үрдэтинии буолбакка тугуй. Сахалыы да толкуйдаатахха төһө чиэһинэй, суобастаах быһыыный? Маннык талбытынан дьаһайыы салайааччыны киэргэппэт. Аптарытыаты бүтэһиктээхтик түһэрэр. Күн бүгүн туохтан куттанан Эрнст Березкиҥҥа административнай дабылыанньаны, экономическай, иһитиннэрэр-биллэрэр маассабай средстволарга блокадалары оҥотторор дьаһаллары сиэри-майгыны тутуспакка мэнээх-мэнээх талбытынан уҥа-хаҥас биэртэлиирий? Эчи сүрүн!
Этиҥ эрэ сотору-сотору: “Чиэһинэй быыбар иһин”,-- диэн тыллаһар Борисов төһө чиэһинэй эбитий? Быыбарбыт да саарбахтык саҕаланна. Студеннар уонна үөрэх тэрилтэлэрин үлэһиттэрэ: “Борисовка куоластыыбыт”,--дииллэр. Бу аата тугуй?! Оҕолорбутун, учууталларбыт
баччааҥҥа диэри: “Бу киһиэхэ куоластааҥ ол киһиэхэ куоластаамаҥ”,--диэн дьаһайа, ыйа-кэрдэ сылдьаллар дуу? ЕР ПП атын партияларга тоҕо кыһаллан туран куолас хомуйуста? Подпись биэрбит депутаттара кимиэхэ илии баттаабыттарын бэйэлэрэ да билбэттэр. “Борисовы өйөө, диэбиттэрэ Парахиҥҥа баттаан кэбиспиппит дуу”,--диэччи элбээтэ. Интернет иһэ туолбут. Инники олоҕу айыахтаах, тутуохтаах ыччаттарбыт бэйэлэрэ ырытар, толкуйдуур, талар дьоҕурдарын сайыннарыыга үлэ ыытыллыбат эбит дуу? Атын кандидаттар агитациялара саҥа саҕаланна. Интернет ситимигэр Борисовы сэмэлээн кэпсэтэр бобуллубут үһү. Былаһын тухары “Барыыһап абыраата”, “Бэрт баһылык”, “Салайа үөрэннэ эрэ”,--диэн биири лэбэйдииллэр. Чопчу гугу оҥорбутун эппэккэ лэбээрдээ да лэбээрдээ буолуу сүрдэннэ.
Кини күн ахсын итини-маны оҥорбут, онно-манна сылдьыбыт аатыран аҕа баһылыкпыт бу сааскыттан телевизортан, араадьыйаттан түспэт. Кэнникинэн дьон киниттэн салҕа да быһыытыйда. Э.Березкины түһэрэ сатаан арыгылыы сылдьар хаартыскатын көмпүүтэринэн таҥан оҥорбуттар. Киһилэрэ киэһэ ахсын спортзалтан тахсыбат чөл олохтоох физкультурник.
“Ээҕи” кытары олорор тыа сирин, өс киирбэх дьонун санаата хайдаҕый? Биллэн турар эстэн-быстан нэһиилэ олорор дэриэбинэ дьоно барахсаттар хантан туох үтүө дорҕоон кэлэр да ол диэки бараахтыыллар. Тойоннорун алыптаах минньигэс тылларын итэҕэйэн бука бары Саха сирин баайын-дуолун, тэрилтэлэрин атыылаабыт Барыыһапка куоластаары үөрэ-көтө аххан сылдьар буолуохтаахтар.
Бу ыйы кыайбат кэм Саха норуотун инники дьылҕатын быһаарыыга улахан суолталаах. Доҕоттоор, күннээҕинэн олорумаҥ. Ыраах буолуҥ, чугас буолуҥ Эрнст Березкин программатын үчүгэйдик сиһилии ааҕыҥ. Бастакы президеммит М.Е.Николаев үлэлиирин саҕана биһиги республикабыт ССРС саҕана 70 сыл муспут бас билэр үптээх-харчылаах Россияҕа донор республика этэ. Көстөрүн курдук билигин 24 миллиард биэрэр иэстээх, 14 миллиард дефициттээх олорор. Барыыһап төһө бэркэ салайбытый? Сыана туруорар кэрдиис кэм бүгүн үүннэ. Биир да солкуобай харчыта суох куруук иэскэ олорор, дьиэтэ уота суох ыал баар буолар дуо? Син биир оннук 24 миллиард иэстээх умнаһыт республика, республика аатырабыт дуо? Кэскили, инникини өйдөөн табатык, атыннык быһаарыныаҕыҥ!
Аҕа баһылыкпыт Дьөгүөр Барыыһап биир триллион сыаналаах Чайыҥдатааҕы гааһы быстар кыра сыанаҕа кытайдарга батарда. Икки триллион сыаналаах Томтордооҕу сир баайын буор босхону эрэ үрдүнэн биэрдэ. Ити атыылааһыннартан Саха норуотун туһатыгар биир да солкуобай киирбэккэ нолуога Россия бюджетыгар үргүлдьү барар. Онтон сир баайыттан киирэр харчы Олигархтар илиилэригэр киирэр. Биһиэхэ төрөөбүт түөлбэбит айылҕата алдьанан ый кратерын курдук көстүүлэнэн, араас сүһүрбүт дьааттаах уунан төрөөбүт түөлэбэт туолан хаалыахтаах. Айылҕабыт, салгыммыт барыта салгыы олус күүскэ сутуллуохтаах. Сутуллан да эрэбит. Ол да иһин араас ыарыы дэлэйдэ. Онкологическай уонна сүрэх ыарыыларын балыыһалара олус күүскэ билигин биһиэхэ наада буоллулар. Бу да элбэҕи этэр.
Ааспыт нүөмэргэ суруйбут Афанасий Максимов интервютугар эппитин курдук аҕа баһылыкпыт омук сирдэрин кэрийэ сылдьан Саха сиригэр 70 триллион сууммалаах ССРС саҕана чинчиллибит сир баайа баарын туһунан презентациялары оҥортуур. Ол аата кэлэр биэс сылга ити, киһи төбөтүгэр да баппат улахан сууммалаах сир баайын атыылааһынынан дьарыктаныахтаах. Бу алдьархайы! Иэдээн буолаары турар эбит! Бу үлүгэрдээх улахан сууммалаах сир баайын бас билэр иһин олохтоох омуктар утарылаһан өлүү-чаас үллэстибэттэрин туһугар олохтоохтору Дьокуускайга таас дьиэлэри тута-тута көһөрөр соруктаахтар. Ону “Туймаада” хаһыакка биир эр бэрдигэр үтүөлээх ааты иҥэрэн туран суруйтаран кыкырыппыттар этэ. Онтон иккис уочарат бука Бүлүү бөлөх улуустары итинник көһөрөр этиини киллэрэрэ буолуо. Оччоҕо ити үөһээ эппитим курдук балысхан сир баайдаах сирдэри бас билэр, ону харыстыыр, туорайдаһар, өлүү-чаас үллэстэ сатыыр дьонтон чэпчэкитик босхолонор, ыраастанар соругу туруорар буоллахтара. Биһиэхэ ону билигин аһаҕастык эппэттэр. Кистээн оҥороллор. Кистээн ол-бу араас ыарыынан сутуйаллар. Биһиги сирбитин ракета тобохторо тохтор полигона оҥоһуннулар. Ити барыта сирбит баайын буор босхо былдьаан ылар сыаллаах дьаһаллар.
Онон харчы туһугар олус судургутук, норуоттарын туох баар бары интэриэһин олоччу туран биэрэр, атыылыыр Штыров, Борисов курдук дьоннор олигархтарга олус наадалар. Кинилэргэ төрүт олохтоох дьон, саха норуотун интэриэһин туруорсар киһи промышленностка кэлэрэ, байара-тайара наадата суох.
Ол иһин саха норуотун интэриэһин туһугар туруулаһар А.Максимов, Н.Седалищев, Иван Николаев-Уххан, Эрнст Березкин, Нь.Тимофеев, Зоя Корнилова курдук уо.д.а. дьоннортон босхолоно, кинилэр норуоттарын өйдөтөн этэр тылларын тууйа сатыыллар. Таарыччы өрө барбыт киһини дьарыйан атыттары куттууллар. Сахалар ааспыт үйэттэн тойоттортон улаханнык куттаммыт дьоммут. Тыа сирин аһара дьадаҥы олохтоохторун кырыымчыктык тутан, ырыанан-үҥкүүнэн аралдьытан олордо сатыыллар. Ол аайы ол дойдуга баран ыллаатыбыт, үҥкүүлээтибит, күрэхтэстибит гран—пари ыллыбыт, аан дойдуга аатырдыбыт дии, дии сахалар сахсараҥнаһыы бөҕө буолабыт. Биир курдук бэрт эрээри, ис иһигэр киирдэххэ иһэ истээх олус эҕэлээх политика. Ол иһин бюджеппытыгар култуураҕа сүүрбэччэ миллиард оттон саха киһитэ тыа сиригэр олоҕун уйгутун оҥостор үлэтигэр-хамнаһыгар диэн ааттаан тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыыга баара суоҕа аҕыс аҥаар эрэ миллиарды көрөллөр. Ону да ситэ биэрбэккэ сордууллар.
Маннык хартыына буола турдаҕына, олох быстар дьадаҥы олоххо олорон, сир баайдаах, алмаастаах, көмүстээх кыраай оҕотобун, диэн ыллыы-туойа турар төһө сөбүй? Мин санаабар омук сиригэр истээччилэр күлүү-элэк эрэ гынан эрдэхтэрэ. Кинилэр биһигиннээҕэр быдан элбэх уонна үрдүк сайдыылаах информациялаах олороллор. Култуураларын таһыма дьэ кырдьык үрдүк. Ону албынныыр кыах суох. Биһиги бэйэбитин бэйэбит эрэ албыннанабыт.
Эрнст Березкин программатын толору билсистим. Кини олоҕу дьиҥнээхтик салгыы сайыннарыахтааҕын итэҕэйдим. Итини кинини кытта көрсүһүүлэргэ сылдьыбыт да дьон бигэргэтиэхтэрэ.
Э.Березкин Ил Түмэҥҥэ депутааттыыр кэмигэр Саха сиригэр сир баайын, бюджет оҥорор тэрилтэлэри атыылааһыннары былаһын тухары утарсан кэлбитэ. Республика бюджетын оҥорор активтары тэрийэр туһунан этиилэрдээх этэ. Экономист быһыытынан кини барыстаахтык ааҕар суоттуур эрэ буолбакка, үп-ас хаамар сокуонун олус үчүгэйдик билэр. Ханнык баҕарар үрдүк таһымҥа республикатын интэриэһин көмүскүүр кыахтаах. Ис үлэни-хамнаһы тэрийиигэ салалта оскуолатын үчүгэйдик барбыт киһи. Онон саҥа киһи кэллин диэччилэр Эрнст Березкин кандидатуратын өйөөтөхтөрүнэ ыччаттарбыт, оҕолорбут, сиэннэрбит олохторун оҥорон биэриигэ көмүс кылааттарын киллэриэхтэрэ.
Толкуйдааҥ, ырытыҥ, хас биирдиигит тус олоххутугар барыстаах кандидаты талар иһин өйгүтүн-санааҕытын уураргытыгар баҕарабын.
Арамаан Дьөгүөрэп.
Бүгүҥҥү күммүт ирдэбилэ
Биһигини оскуолаҕа октябренокка, пионерга, комсомолга, ол аата биир уопсай халыыпка киллэрэн биир өйдөөх—санаалаах, биир тыллаах өстөөх, үөһээттэн кэлэр хамаанданы чуордук истэн тук курдук толоро охсор дьон буолан иитиллэн тахсыбыппыт. Аан бастаан эҥин араас, ортоһуор да, олус сытыы чаҕылхай да оҕолор үөрэнэ киирбиппит. Онтон оскуоланы бүтэрэрбитигэр бука бары ортоһуор биир тэҥ, чорбоҥнообот дьоннор буолбуппут. Пионер буола сылдьан: “Советскай Союз Коммунистическай партиятын дьыалатын иһин охсуһууга курдук бэлэм буол!--диэтэхтэрин ахсын “Мэлдьи бэлэммит”,--диэн хардарарбыт. Күннэтэ оннук кытаанах хамаандаҕа үөрэнэрбит.
Партиябыт дьыалата туох да охсуһуута суох ааспыт үйэ тоҕус уонус сылларыгар эмискэ тыаһа-ууһа суох эстэн хаалбыта. Били бэрт кырабытыттан “Мэлдьи бэлэммит!” диэн иитиллибит дьон биир да киһи биир сааны эспэтэҕэ.
Кытаанах иитии-үөрэтии, тугу да туһалаабатаҕа. Ол эрээри хамаандалыы, дьаһайа үөрэммиттэр билигин былааска, салалтаҕа олороллор. Олор уруккулуу ыччаттары: ”Маннык гыныҥ, бу курдук үөрэниҥ, үлэлээҥ, бу киһиэхэ куоластааҥ, ол киһиэхэ куоластаамаҥ!”--диэн дьаһайа, хамаандалыы сылдьыахтарын баҕараллар. Өссө араас таһымнаах атыыр мунньахтары тэрийэн баран: “Эһиэхэ ыччаттарга оннугу оҥоруохпут, манныгы биэриэхпит, тэрийиэхпит, аныахпыт”,—диэн наһаа минньигэстик элбиих-элбэҕи эрэннэрбитэ буолуохтара. Дьэ кинилэр ырай олоҕун эрэннэрэллэринэн баҕас улуу маастардар. Ону билиҥҥи ыччаттар билбиттэрэ өйдөөбүттэрэ ыраатта. “Харчыгын билигин аҕал, суох буоллаҕына кэпсэтии бүтэр. Эйиэхэ куоластаабаппыт”,-- диэхтэрэ.
Аныгы ыччат бэйэтин бэйэтэ билинэр, дьаһанар. Онуоха хамаандалаан мэһэйдээмиэххэ эрэ наада. Кини бу түргэн тэтимнээх олоххо сөптөөх быһаарыныыны бэйэтэ билэн ылынар. Ким да ыйыытыгар-кэрдиитигэр наадыйбат. Ол сөп! Оннук үйэ кэллэ. Хааччах суох. Ким хайдах саныырынан, хайдах сатыырынан, дьоҕурун муҥутуурдук сайыннаран таһаарыылаахтык үлэлиир, байар-тайар, хапытаалланар үчүгэй табыгастаах үйэ кэллэ.
Мин оннук, бэйэтэ дьаһанан байан-тайан эрэр аныгы үйэ киһитин Ньургун Васильевич Гольдеровы көрсөн кэпсэттим.
Кини оскуола кэнниттэн оробуочайдаан, армия кэнниттэн бэйэтин бэйэтэ дьаһанан суоппардаан хара үлэнэн олоҕун биографиятын саҕалаабыта. 90-ус сыллар ортолоруттан “Якутагропромснаб СМРО Сельхозтехника” ыскылааттарыгар оробуочайынан, биригэдьииринэн, сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ. Уларыйыы буолбутугар тыа дьонун өйүүр сыалтан үлэлээбит көрүҥүн ыспакка салгыы ырыынак сыһыаннаһыыларыгар сөп түбэһиннэрэн тупсаран тэрийэн үлэлэтэр. Оччолорго тэрилтэлэри
“банкроттатыы” диэн сүкэннээхэй алдьатыылаах, ыһыылаах-тоҕуулаах, ыскайдааһыннаах албас үөдүйэ сылдьыбыта. Элбэх тэрилтэлэри банкроттатан туһаммыт дьон билигин даҕаны былааска үлэлии сылдьаллар.
Онтон Ньургун Васильевич тэрилтэтэ тыа дьонугар, саха дьонугар көмөлөөх тэрилтэ буоларын ситиһэр сыалтан тэриллэн үлэлээбитэ. Ол курдук бааһынайдарга, ыалларга трактордары, саппаас чааһы аҕалан атыылыыр. Ырыынак сыһыаннаһыыларыгар ханнык да бэлэмэ суох киирэргэ биллэн турар ыарахан этэ. Инфляция күүскэ барара. ГСМ, электроэнергия үрдээһинэ эмиэ сыана хамсааһыныгар күүскэ дьайара. Тыа дьоно үлэлээбит хамнастарын күн бүгүнүгэр диэри олус хойутаан ылаллар. Ити барыта үлэни-хамнаһы тэрийэргэ араас ыарахаттар элбэхтэрэ.
Булугас талыгас өйдөөх Ньургун Гольдеров маннык оҥоруохха, диэн хайдах санаабытынан салайтаран баҕаран, дьулуһан, туруулаһан туран үлэлээбитэ үчүгэй түмүктэри биэрбитэ: Билигин кини кэпсээнин истиэҕиҥ:
-- Эрнст Березкины тоҕо өйөөтүҥ диэтэххэ маннык: оскуолаҕа историяны, политиканы үчүгэйдик кичэйэн үөрэппитим. Уруккуттан политиканы интэриэһиргиибин, кэтээн көрөбүн. Ол иһин республикабыт улахан политиктарын ырытабын, үөрэтэбин. Кыраныысса таһыгар сайдыылаах судаарыстыбаларга улахан политикаҕа тахсар киһи бэйэтин былаанын эрдэ дьонугар: “Мин кэлэр быыбарга кыттыам”,--диэн биллэрэр. Икки сыллааҕыта Э.Березкин “Кэлэр быыбарга кыттыам”,--диэн норуотугар аһаҕастык эппитэ. Онон кини бэйэтин туһунан дьон үөрэтэн көрөрүгэр кыах биэрбитэ. Дьэ, ылан көрүөх, Эрнст Березкин биһиги үс президеммитин кытары үлэлээтэ. Онон мин республиканы салайыы ис туругун дьиҥнээхтик билэр киһинэн сыаналаатым. Ханнык хайысханан үлэлииргэ бэйэтэ туспа көрүүлэрдээх киһи. Республика политическай куукунатын дьиҥ иһиттэн билэр. Аныгылыы көрүүлээх өйө-санаата сөпкө сайдыбыт бэлэм исписэлиис. Аны кэргэнэ Любовь Георгиевна киэҥ билиилээх олус улахан экэнэмиист. Эрнсткэ бу эмиэ улахан истиэнэ буолуоҕа. Кини туруорсар боппуруостара аһаҕас уонна курдаттыы ыраастык көстө сылдьарынан уратылаах. Хайдаҕын да иһин билигин олоххо атын эдэр көлүөнэ кэллэ. Көлүөнэ солбулунна онон салалта эмиэ уларыйыахтаах. Мин көрүүбэр бүгүн турбут кандидаттартан Эрнст Березкин саамай күүстээхтэрэ. Кини икки улахан быыбары кыайбыт уоппуттаах.
Саха сирин олохтоохторо биллэн турар Эрнст Березкины талыахтара. Оччоҕо аныгы сайдыылаах үйэ цивилизованнай ньыматынан эргэттэн саҥаҕа уларыйыы буолан хаалыа . Оччоҕо Е.А.Борисов кимиэхэ да хом санаата суох бочуоттаах сынньалаҥҥа барыа. Ол оннугар эдэр эрчимнээх аныгы ырыынак сыһыаннаһыыларын дьиҥнээх салайааччыта Сахабыт сирин салайыа.
Аны Эрнст төрдүн-ууһун түөрэн көрүөх . Кини аҕата, Борис Степанович хотугу улуустан төрүттээх дьоҥҥо-сэргэҕэ аптарытыаттаах халыҥ аймах. Республикаҕа уларыйыы ыарахан сылларыгар бастакынан бааһынайдаабыт улахан сайдыылаах, билиҥҥи кэм киһитэ этэ. Борис Степанович Нам бааһынайдарын салайан Республика бастакы бааһынай хаһаайыстыбалара тэриллиилэригэр айымньылаахтык үлэлээбитэ. Ийэтэ Татьяна Трофимова--Березкина Сунтаар улууһун Хоротун кыыһа. Эмиэ Сунтаар улууһугар дьоҥҥо-сэргэҕэ киэҥник биллэр улахан аптарытыаттаах
аҕа ууһун ыччата. Эдэр кэргэнниилэр ыал буолан, Намҥа тахсан олохсуйан тыа хаһаайыстыбатын үлэтигэр үлэлээн оҕо-уруу тэниппиттэрэ. Нам дьонун-сэргэтин кытары бэркэ тапсыбыттара. Эҥсиэли хочото Саха норуотугар олох систиэмэтэ уларыйар ыарахан быһаарыылаах кэмнэригэр М.К. Аммосов, И.Е.Винокуров, курдук дьону биэрбит мааны хочо буолар.
Эрнст Борисович ол-бу хоруупсуйаҕа отой умньамматах чиэһинэй, кырдьыксыт киһи. Салайааччы быһыытынан ыраас политическай ауралаах. Кини ханнык эрэ аппараат өйөбүлүнэн турбут киһи буолбатах. Эдэр, чэгиэн, өй-санаа, эт-хаан өттүнэн доруобай, чөл олохтоох билиҥҥи ырыынак сыһыаннаһыыларын кэмигэр сиппит-хоппут улахан таһымнаах салайааччы.
Олох иннин диэки түргэн хардыынан сайдар. М. Е. Николаев, В. А. Штыров, Е. А. Борисов бука бары ССРС саҕанааҕы коммунистар. Кинилэр бэйэлэрин көлүөнэлэрин бастыҥ дьоно. Үрдүкү салалтаҕа сөп түбэһэн иккилии-үстүү партияны уларыттылар.
Биһиги дьиҥэр суверенитет ылан демократическай обществоҕа киириэхтээх этибит. Ону кыайа туппатыбыт. ССРС эһиннэ да 15 союһунай республикалар үрүө-тараа ыһыллан хааллыбыт. 1990 сылларга “Лихие 90-ые”,--диэн ханнык да бэрээдэгэ суох бардак обществоҕа лах гына олоро түспүппүт. Бэйэ-бэйэҕэ атааннаһыы, сөпсөспөт буолуу үөскээбитэ.
Мин элбэх оту, бурдугу үүннэрэр, сүөһүнү көрөр, аһы-үөлү оҥорор хаһаайыстыбалары кытары үлэлиибин. Биһиги атыы-эргиэн политикатын уларытыах тустаахпыт. Биһиги бэйэбит дьоммут оҥорбут бородууксуйатын ыарахан сыаналаах да буоллун атыылаһыахтаахпыт. Холобура: хантан эмэ киргиз дуу, кэриэй дуу маҕаһыын арыйдаҕына атын биир дойдулаахтара куорат түгэҕиттэн да кэлэн кинилэр маҕаһыыннарыттан атыылаһаллар. Оннук ньыманан бэйэлэрин киһилэрин байытан үлэлиир кыаҕын күүһүрдэллэр. Онтон саҕаланар ол киһи байыыта. Кини кэҥээтэҕинэ, улааттаҕына үлэ саҥа миэстэтэ тахсан иһэр. Ол иһин сайдыылаах судаарыстыбаларга тэрилтэлээх киһи кыаҕырарыгар атын наймыга үлэлии киирбит дьон бары интэриэстээх буолаллар. Кинилэргэ эбии үлэ миэстэтэ тахсара, хамнастара үрдүүрэ олоччута кинилэр хас биирдиилэрэ үлэҕэ хайдах сыһыаннаһалларыттан тутулуктаах. Ону үчүгэйдик өйдүүллэр ол иһин түргэнник байаллар, олохторо тупсар.
Онон биһиги бэйэбит дьоммут оҥорбут эппитигэр-хааммытыгар барсар саха ынаҕын бородууксуйатынан ылан аһаатахпытына оҕолорбут ыччаттарбыт доруобай буолуохтара. Хантан эрэ.... Ол инниттэн тыа хаһаайыстыбатын үлэтин сайыннарыыга муҥутуур кыһамньыбытын ууруох тустаахпыт. Онно олус сөптөөх программаны Эрнст Березкин тыа хаһаайыстыбатын үлэтинэн дьарыктанааччыларга иһитиннэрбитин бэри диэн бэрткэ биһирээбиттэрэ.
Билигин Евросойуус судаарыстыбаларыттан бородууксуйабыт 43 бырыһыанын атыылаһа олоробут. Көрүллэр үбү кыра сааһыттан тыа хаһаайыстыбатын үлэтин илиитинэн-атаҕынан үлэлээн дьиҥ ис иһиттэн үчүгэйдик билэр, экономист идэлээх Эрнст Березкин сөптүк таҥан Саха сиригэр тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыыга саталлаахтык туһанарыгар бүк эрэнэбин.
Аны Республикабыт эмиэ бэйэтин бэйэтэ көрүнэн дьаһанан үлэлии сылдьар бастакы бааһынайдарыттан биирдэстэрэ Мэҥэ-Хаҥалас Төҥүлүтүттэн сылдьар РФ үтүөлээх бааһынайа, Александр Тимофеевич Борисовы көрсөн бу талан ылыыга кимиэхэ ыалдьарын сурастым:
--Бу быыбар биһиги олохпут сайдыытыгар, ыччаттарбыт, оҕолорбут инники дьылҕаларын тэрийиигэ улахан быһаарыылаах талан ылыы буолаары турар. Чааһынай бас билии киирбит бастакы күннэриттэн баччааҥҥа диэри ырыынак сыһыаннаһыыларыгар киириигэ биһиги сатаан дьаһаммакка, уларыйбакка олоробут. Соторутааҕыта Республика бары улуустарыттан Аллараа Дьааҥыттан, Сунтаартан тиийэ мустан киин уонна илиҥэр улуустар бааһынайдара уонна тыа хаһаайыстыбатын үлэтинэн дьарыктанааччылар Эрнст Борисович Березкины ыҥыран көрсөн кэпсэтэн, тылын-өһүн истэн баран: “Бу чахчы билиҥҥи кэм салайааччыыта кэлбит”,--диэн, уларыйыы бастакы сылларыттан үгүс көмүс көлөһүммүтүн тоҕон үлэлии сылдьар дьон кэлин тиһэҕэр дьэ үөһээ тыынныбыт.
Билигин АХШ да, Евросойуус судаарыстыбаларыттан оҥорор бородууксуйабыт түөт уон үс бырыһыанын атын дьон оҥорбутун биһиги эппитигэр-хааммытыгар барсыбат аһы атыылаһан аһыы олоробут. Кинилэр туруорар санкцияларыттан да көрдөххө салалтабытыгар ырыынак сыһыаннаһыыларын тутула бэйэтэ ииппит, эдэр, сэниэлээх салайааччы киһи кэлэрэ биһиги бүгүҥҥү күммүт ирдэбилэ буолла.
Эрнст Борисовиһы кытары көрсүүгэ кини этиитигэр биһиги өр сылларга кэтэспит сүрэхпит-быарбыт ортотунан киирэр тылларын иһиттибит. Ону иилэ-хабан бүгүҥҥү олохпут кыһалҕаларын быһаарыыга кылгас, чуолкай тылларынан сүргэбит сүрдээҕин көтөҕүллэн олорон санаабытын атастаспыппыт. Тоһоҕолоон бэлиэтиибин: Россия аан дойду туһааннаах улахан исписэлиистэрэ этэллэринэн, бу хардарыта оҥорсор судаарыстыбалар икки ардыларынааҕы санкциялар биһиэхэ боростуой дьоҥҥо ыарахан дьайыылары оҥоруохтаах. Бастатан туран ол кыра-хара кыаммат араҥа дьонун биһигини күүскэ охсуо. Онон бу быыбарга салалтаҕа уларыйыы хайаан да бириэмэтигэр оҥоһулуннаҕына сатанар. Ону бэйэбит сөпкө өйдөөн таларбыт наада.
Мин биир бэйэм Егор Афанасьевичка ханнык да хом санаам суох. Кини ааспыт систиэмэ биир бастыҥ салайааччыта. Ол эрээри бүгүн биһиги олох атын тутулга, туһунан ирдэбиллээх систиэмэҕэ олорорбутун бу талан ылыыга учуоттуох тустаахпыт. Онон бар дьоммун ыҥырыам этэ саҥалыы, олохтоохтук толкуйдаан үөһээттээн эттилэр эрэ диэн, былыргылыы өйүнэн-санаанан салайтарбакка, бүгүн быыбарга бэриллэр бытархай манньаларга, итини маны оҥоруом, диэн эрэннэриилэргэ, араас ааттаах суоллаах наҕараадаларга үктээн биэрбэккэ, ити киһиэхэ, бу киһиэхэ куоластааҥ,--диэни истибэккэ саамай кылаабынайа бүгүҥҥү күн кыһарыйар кыһалҕаларын учуоттаан хас биирдиибит ханнык уларыйыы буолуохтааҕынан торумнаан ол тус санаатынан салайтаран быыбардыах тустаахпыт.
Быыбар буолла да былааска олорооччулар нэһилиэнньэ кыһалҕатынан көрөн араастаан көөчүктэнэр, ону-маны эрэннэрэр албастара аһара сайынна. Салалта ресурсатын бу албаһа дьону наһаа бутуйар. Холобура биһиэхэ Төҥүлүгэ улууспут баһылыга Старостин талылларыгар “Күөх төлөн Төҥүлүгэ кэллэ”,--диэн гаас төлөнүн уматан көрдөрөн албыннаабыттара.
Күн бүгүнүгэр диэри гаас суох. Онтон ааспыт Ил Түмэн быыбарыгар: ”Александр Жирковка куоластаатахпытына гааспыт тардыллар боппуруоһун быһаарар үһү”,-- диэн буолбута. Эмиэ күөх төлөнү уматан көрдөрбүттэрэ. Биһиги үгэспитинэн үөрэ-көтө куоластаабыппыт. Жирков талыллан Ил Түмэн бэрэссэдээтэлэ буолбутун үрдүнэн күн бүгүнүгэр диэри гаас киирбэккэ турар. Аны билигин Ил Дархан быыбара кэлбитинэн сибээстээн эмиэ кураанахха үһүстээн “Ураа!” хаһыытатаары сылдьаллар. Кэтэспиппит курдук Аҕа баһылыкпыт хайы-үйэ: “Төҥүлүгэ алтынньы ыйга күөх төлөнү уматабын”,--диэбит сураҕа иһиллэр. Эмиэ эрэнкэдийии, кэтэһии бөҕөтө буолан эрэбит эрээри ол да эрэлэ суох. Көннөрү хараҕынан да көрдөххө ирдэнэр икки котельнайтан үөһээҥҥи бөһүөлэк олох да котельнайа суох. Баччааҥҥа диэри бөһүөлэк иһинээҕи гаас сүүрэрэр ситимэ тардыллан бүтэ илик. Атын да ол-бу итэҕэс-быһаҕас гааз исписэлиистэринээн кэпсэттэххэ элбэх. Аны бу гаас хаһан эрэ бары силигэ ситэн Төҥүлүгэ үлэҕэ киирдэҕинэ кимиэхэ махтанабыт? Старостиҥҥа дуу, Жирковка дуу, Борисовка дуу, эбэтэр саҥа талыллыбыт атын Ил Дархаҥҥа дуу? Бука бары ким баһылык, депутат, Ил Дархан буолуон баҕарбыт күөх уоту уматан көрдөрөн кыра оҕону кэмпиэтинэн көөчүүктүүр курдуктар
Хайдах эрэ быыбартан быыбарга эрэ биһиги сүрүн наадаларбыт быһаарыллар курдук буолла. Итинник буолуо суохтаах. Республика сайдыытыгар программаҕа киирэн үбүлэммит обьектар быыбар агитациятыгар ким эрэ туһатыгар анаммакка бириэмэтигэр үлэҕэ киириэхтээхтэр. Дьиҥнээх үлэ диэн ол буолуохтаах. Биһиги админстративнай ресурспут уочараттаах мэҥиэтин истэн онон салаллыа суохтаахпыт. Ыччаттарбыт, оҕолорбут, сиэннэрбит инники дьылҕаларыгар туох туһаны, саҥаны аҕалыан сөбүнэн көрөн тус бэйэбит толкуйунан салайтарыах тустаахпыт. Ол инниттэн эппитим курдук ырыынак сыһыаннаһыыларыгар салалтаҕа эриллэн иитиллибит, саҥалыы өйдөөх-санаалаах, үлэлиир айар-тутар саҥа көрүүлэрдээх, олоҕу сайыннарар идеялардаах киһи диэки оҕуннахпытына эрэ барыыстаах буолуо. Ырыынак сыһыаннаһыыларын салайааччыта үчүгэйдик ааҕар-суоттуур буолуохтаах. Эрнст Березкин Россияҕа улахан учуокка сылдьар бөдөҥ экономист. Бу да элбэҕи этэр.
Бу күннэргэ быыбардааччылар кини программатын кытары билсиһиэхтэрэ. Онуоха тус бэйэҕит олоххут уйгутун, үлэни-хамнаһы сайыннарыыга саҥа сонун этиилэри идеялары сирийэн үөрэтэн, бэйэҕит санааҕытыгар тэҥнээн көрөн ырытан талыыны оҥороргутугар баҕарабын.
Бүгүн биһиэхэ дьулуруйар Ньургун, дьулуруйар Александр, дьулуруйар Эрнст курдук саҥа үйэ дьулусханнаах уоланнара эрэ түмүстэхтэринэ олохпутун аныгылыы сайыннарар кыахтаахтар. Ону эдэр ыччат дьоммут бука бары өйдүүллэр, өйүүллэр. Быыбар иннинэ уруккулуу ону-маны эрэннэрэр кандидаттар “Көөчүктүүллэрин” аны дуостал итэҕэйбэт буолан тураллар. Бу бүгүҥҥү күммүт ирдэбилэ, кыларыйан турар дьиҥнээх КЫРДЬЫГА!
Арамаан Дьөгүөрэп.
Category: Эрнст Березкин |
Views: 1694 |
Added by: uhhan1
Ааҕыылар
Баар бары (online): 4
Ыалдьыттар (гостей): 4
Кыттааччылар (пользователей): 0