News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2014 » Атырдьах ыйа » 17 » Аҥаардас ити да түгэн туһуттан Штырову, Борисовы ыҥыран ылан үлэлэриттэн уһултарыахтаах этибит!
Аҥаардас ити да түгэн туһуттан Штырову, Борисовы ыҥыран ылан үлэлэриттэн уһултарыахтаах этибит! | 22:12 |
Эрнст Березкин: “Харчы кыайыыта буолуо суохтаах бу быыбарга»
Бэйэ киһитэ Бэриэһин кэнниттэн «билбэт күөлбүт балыга» Бэриэскин дьону кытта сирэй көрсөр уочарата кэллэ.
Били сүүспэр итэҕэйбэппин диэн суруктаах сукуллан киирбит бэйэм олох атын түгэҥҥэ түбэһэн, сонун тылы-өһү истэн, эрдэ бэлэмнэммит ыйытыктарым туһунан умнан кэбистим.
Бэриэскин төһө да күөгэйэр күнүгэр, саламта эргимтэтин киинигэр сылдьар кэмигэр дьоҥҥо-сэргэҕэ киэҥник биллибитин иһин, бу диэки, дьэ, бу эн эбит ээ диир кыахтара суох. Оттон икки арыалдьытын билии бөҕө. Биирдэһэ – Уххан бэйэтинэн, иккиһэ – биллэр эколог, кырдьыгы уот харахха этэринэн, суоруллубаттыы суруйарынан аатырбыт Иван Бурцев. Ити дьону утары көрөн олорон, сүүһүм күөх уота умулларга барда.
Оттон Эрнст Березкин бэйэтэ этэн-тыынан барбытыгар бары да саҥабытыттан маттыбыт. Чахчыны этэртэн чаҕыйбат биир эр бэрдэ баар эбит.
Бу күннэргэ Бэриэскин харчыта бүтэн ыстааба ыһыллан эрэр үһү диэн сонуну интэриниэт эллээн эрэр. Быыбар диэн харчы, харчыта суох хандьыдааттаан туһа суох. Ол биллэр. Аҥаардас биир сайт эн санааҥ хоту биирдии-иккилии тылы кыбытарын туһугар кырата сүүстүү тыһыынчаны көрдүүллэр. Суруналыыстары биирдиилээн наймылаһар эмиэ улахан ороскуоттаах.
Онон, бу күннэргэ актуальнай тиэмэҕэ сыһыаннааҕы сыбыы тутуум.
-Эһиги үпкэ кириисистэммиккит туһунан сурах тилийэ көттө. Ону эн туох диэн быһаарыаҥ этэй?
-Харчы, биллэн турар, кыра. Сокуон быһыытынан, быыбарга туттарга диэн 40 мөлүйүөн көҥүллэнэр. Холобур, мин уу харчынан, “чернай налынан” туттар кыаҕым суох. Миигин кэтээн олороллор. Харчы, бэрик бардаҕына, тута тутан ыланнар быыбартан устан кэбиһиэхтэрин сөп. Ол иһин быыбардыыр фонда 40 мөлүйүөнүн иһигэр киирэ сатыахтаахпыт.
Егор Афанасьевич Борисов билбордара куорат үрдүнэн номнуо ыйанан тураллар. Биир билборд сыаната ыйга 35 тыһыынча солкуобай. Ол аата балтараа ый устата ыйаннаҕына, 55-60 тыһыынча солкуобай буолар. Оннук ааҕан көрдөххө, республика үрдүнэн 600 нэһилиэнньэлээх пуун баарыгар саатар биирдии билборды ыйыыр буоллахтарына, избирательнай фонда харчыта аҥаардас онно эрэ барыан син. Эмиэ Борисов хаһыата тарҕанар, тирааһа 75 тыһыынча солкуобай.
Мин оннук гыммаппын. 200 тыһыынча экземплярдаах хаһыаппын таһааран тарҕатабын, бюллетень таһаарабын, программабын бэчээттэтиэм, бесплатнай эфиринэн туһаныам. Штабпар, итэҕэллээх дьонум үксүлэрэ миигин өйөөн ис сүрэхтэриттэн ыалдьан хамнаһа суох үлэлииллэр. Холобур, ити Иван Бурцев, Уххан биир-биэс харчыта суох сылдьаллар.
Дьон өйдүөн наада. Өрөспүүбүлүкэҕэ хайдах баһылык нааданый – уоран-сиэн харчы бөҕөлөөх кэлэн талыллар киһи дуу, чиэһинэйдик үлэлээн, бэйэтин дьиҥ дьыаланан көрдөрбүт, инникитин үлэлиир кыахтаах киһи дуу?
Мин хайа эрэ олигархтан харчылаһан, иэскэ киирэн туран Ил Дархан буолуохпун баҕарбаппын. Иэскэ киирдэххинэ, ол киһиэхэ тугу эрэ кэлин биэриэхтээххин. Ол аата кини туһугар өрөспүүбүлүкэ интэриэһин түһэн биэриэхтээххин. Мин оннук санаам суох.
Тылбын-өспүн, кыайан тиийбэтэх сирдэрбэр мин итэҕэллээх дьонум этэллэрин истэн баран, норуот ис баҕатынан миигин таллаҕына, дьиҥнээх кыайыы буолуо.
Харчы кыайыыта буолуо суохтаах бу быыбарга.
Дьону кытта кэпсэтэригэр чуо харчы туһунан кэмэ суох тыл этилиннэ, үлүгэр сыыппара ахтылынна. Барытын өйүттэн. Финансист диэх курдук.
Бэриэскин муниципальнай сиидэни ааспыт сураҕын кытары тэҥҥэ киниэхэ биир дьаралыгы ыйаан кэбиспиттэрэ. СПОЙЛЕР диэн. Ама да бастаһык киһитин, матрицатын саралыыр тыллаах спойлер баар үһү дуо?
“Информационнай блокада»
-Экономикабытын ыһан, тыа хаһаайыстыбатын аллара түһэрэн үлэлээн кэлбит былаас норуокка оппозиция курдук көстөр. Оттон мин оппозиционер буолбатахпын.
Бу сыллар усталарыгар былааһы, бырабыыталыстыбаны кытары наар киирсэн кэллим. Ол иннигэр миигин биир да хаһыакка, телевидениеҕэ, араадьыйаҕа таһаартарбат этилэр. Нууччалаатахха, информационнай блокада оҥорон тураллар. Ээ, баар этэ оннук киһи, уон икки сыллааҕыта миниистирдии сылдьыбыта, билэр этибит, онтон сүтэн хаалла дииллэр.
Мин ханна да сүппэтэҕим, баарбын. Киирсэ, үлэлии сылдьабын. Өрөспүүбүлүкэ баһылыгын быыбардыыр бырааппытын төннөрдүлэр. Мин икки сыллааҕыта өссө бу быыбарга турунабын диэн эппитим.
Бэриэскин уонна баартыйалар
Бэйэм баартыйата суох киһибин. Хаһан даҕаны ханнык да баартыйаҕа киирэн кыттыспатах киһибин. Бу өрөспүүбүлүкэни салайар санаалаах киһи биир эрэ баартыйа бэрэстэбиитэлэ буолуо суохтаах.
Миигин элбэх киһи өйүүр, баартыйатыттан тутулуга суох. Соторутааҕыта саамай ыарахан кэрчиги аастыбыт, «муниципальнай фильтр» диэни. Березкин фильтри ааһар кыаҕа суох диэн кэпсээн бөҕө буолбуттара. Үөһэттэн Парахиҥҥа дуу, Сивковка, Максимовка дуу куоластааҥ диэн нэһилиэк дьокутааттарын дьаһайыы бөҕөлөр, Березкиҥҥэ эрэ баттаабаккыт диэн. Ол үрдүнэн өрөспүүбүлүкэ 35 улууһуттан, өссө Жатайы ааҕан туран, мин 450-н тахса куолаһы хомуйдум. Аҥаардас бэйэм Намым 180 дьокутаатыттан 100 киһи миэхэ куоластарын биэрдилэр. Мэҥэ Хаҥалас улууһун 64 дьокутаата миэхэ биэрдэ. Хаҥаластан 43 киһи, Бүлүү бөлөх улуустары эмиэ өйөөтүлэр, отучча куолаһы сунтаардар биэрдилэр.
Бэйи, тулуйа түһүҥ. Сүрүнэ арыый кэлин кэлиэ.
Үгэҕэ киирбит үүт субсидията, мөлүйүөннэй МТС-тар уонна көмүс сыаналаах хотоннор
-Үүт субсидиятын систиэмэтин мин олохтообутум. Миигин минсельхоз олох утаран олорбута. Ыҥыран ылан кытаанахтык эппитим: “Ол-бу буолумаҥ, бюджекка көрүллүбүт тыа хаһаайыстыбатын поддержкатыттан кырата 50-на уу харчынан дьоҥҥо тиийиэхтээх”. Кэтэх хаһаайыстыбаларга биир лиитэрэ үүт 11 солкуобай, тэрээһиннээх хаһаайыстыбаларга 13 солкуобай буолуохтаах диэн бэйэм калькуляторынан суоттааммын ити субсидиялар үлэҕэ киирбиттэрэ. Дьон син сэргэхсийэн барбыта. Нэһилиэктэргэ тыыннаах харчы киирбитэ. Дьон интэриэстэммитэ. Уу харчыны ылар буолбуттара.
Уон икки сыл устата үүт субсидията 17 солкуобайга эрэ диэри үрдээтэ. Оттон горючай сыаната төһө улаатта? Ол аата биһиги бырабыыталыстыбабыт бу сылларга үүт сыанатын индексациялаабата. Ити туһунан мин дьокутааттыы да сылдьаммын этэ сатаабытым. Ол оннугар Штыров этиитинэн МТС-тар диэни туппуттара. Биир МТС 500 мөлүйүөн солкуобайы эрэйэр. Сүүрбэччэ МТС тутуллубута быһыылааҕа. Ханна баалларый ол МТС-тар? Барытын уоран-талаан, ыскйдаан кэбистилэр. Милийээринэн солкуобайы онно көмтүбүт.
Бүтэһик сылларга бырабыыталыстыбабыт тугу дьаһайа сылдьарый? Улахан хотоннору тута сылдьаллар. Биир хотон сыаната 200 мөлүйүөн солкуобайга тиийиэн сөп. Онно Австрияттан сүүстүү мөлүйүөннээх ынах аҕалаллар, алта-сэттэ тыһыынча лиитэрэ үүт биэрэллэр диэн кэпсииллэр. Кур отунан аһатан оннук үүтү ылаары гыналлар. Австрияҕа кинилэри пиибэнэн аһаталлар уонна дьаабылыка биэрэллэр. Бары моҥкуруот буолан олороллор.
Резервацияҕа ким барыан баҕарыай?
Соторутааҕыта Арассыыйа тыатын хаһаайыстыбатын миниистирэ Федоров кэлэ сырытта. Арассыыйа үрдүнэн Саха сирин курдук тыа хаһаайыстыбатын өйүүр регион уонна суох, дойду үрдүнэн холобур гыныахха наада диэн турда дии. Туохпутунан ол холобур буолабытый? Олох былыргылыы тыа сиригэр олоробут. Сүөһүбүт эстэн эрэр. Бу сылга тыа хаһаайыстыбатыгар диэн бюджекка 8,5 миллиард солкуобай көрүллэн олорор. Онтон уу харчынан нэһилиэктэргэ, үүт туттаран айахтарын ииттинэр дьоҥҥо баара эрэ балтараа миллиарда тиийэр. Ол аата 7 миллиард Дьокуускайга эргийэ сылдьар.
Минсельхозка туох да сиэрэ суох элбэх хонтуора баар. Кэлиҥҥи сылларга ол хонтуоралар наар офистарын туттан таҕыстылар. Дириэктэрдэрэ крузердарынан куораты тилийэ сүүрдэллэр.
Ол аата тыа киһитигэр мин уон сыллааҕыта тыырбыт кээмэйинэн балтараа миллиард солкуобай харчы оннунан хаалан сылдьар.
Төһө баҕарар ыччаты ЯГСХ-ҕа үөрэттэрэ-үөрэттэрэ тыаҕа утааран иһиэххэ син. Ол гынан баран илэ өйүнэн ким резервацияҕа барыан баҕарыай? Тыаҕа киһи харчыны өлөрөр кыаҕа суох буоллаҕына, син биир куорат диэки тардыһар.
Тугу да туттарыҥ, дьон тыа сиригэр харчыны өлөрөр бэриспэктиибэтэ суох буоллаҕына, син биир атаҕынан куотар. Онно тиийэн дьолго тиксибэтэхтэр сир-халлаан ыккардыгар хаалаллар. Үлэлэрэ да, хамнастара да, бэриспэктиибэлэрэ да суох.
«Хлеба и зрелищ»
Уонна НВК-ны холбоо да, барыта үчүгэй, оонньуу-көр, ыһыах бөҕөтө. Былыргы Римҥэ курдук. Төһөнөн дьон олоҕо ыарыыр да, кинилэр аренаҕа гладиотордары таһаараллара, Рим уулуссаларыгар булкалары түҥэтэллэрэ. «Хлеба и зрелищ» диэн дьону аралдьыталлар. Биһиэхэ оруобуна ол курдук ситуация. Тыа хаһаайыстыбата эстэн эрэр, дьон үлэтэ, бэриспэктиибэтэ суох куоракка дьулуһар – биһиэннэрэ оонньуу тэрийэллэр, грант түҥэтэллэр.
0 солкуобайга турбут «Якутгазпром»
-Аныгыскы сылга 26 миллиард иэспитигэр 14 миллиард дефициппитин эбэн биэрдэхпитинэ, эһиилги бюджеппыт дефицитэ 40 миллиард буолар.
Биһиэхэ туох хаалла? Баар-суох «Якутгазпроммутун» Дагестан баай уолаттара бырааттыы Магомедовтар 600 эрэ мөлүйүөн солкуобайга атыыластылар! Ол кэнниттэн нэһилиэнньэҕэ гаас сыанатын 34 бырыһыан улаатыннардылар. 2008 сыллаахха, ол аата, сыл аҥаарынан эрэ ЯТЭК отчуоттуур – нолуок кэнниттэн ыраас прибыль быһыытынан 600 мөлүйүөн солкуобайы ыллыбыт диэн. Ол аата бырабыыталыстыбабыт 0 солкуобайга «Якутгазпроммутун» ылла да чааһынай илиигэ атыылаан кэбистэ. Билигин ЯТЭК сыллааҕы дохуота 4,7 миллиард солкуобай. Бэйэбитигэр гааспытын атыылаан ылар харчылара ити. 2 миллиард 700 мөлүйүөн барыыстаахтар. Тыа хаһаайыстыбатын өйүүргэ диэн харчыттан дьоҥҥо тиийэрэ 1,5 миллиард, икки бырааттыы дагестанец сыла аҥаарыгар 2 миллиард 700 мөлүйүөн солкуобайы хармааныгар уктар. Сөбүлэһэҕит дуо онно?
Ити туһунан эһиэхэ кэпсииллэр дуо, саатар? Хайдах эрэ санаарҕаан олороҕут, даа да суох да диэбэккит...
АЛРОСА сэттэ бырыһыана
АЛРОСА 7 бырыһыанын атыылааммыт харчы киллэриннибит. Туох диэн киһиргэнэбит? «Снос ветхого и аварийного жилья» диэҥҥэ барар диибит ити харчыны. Ити харчы РИК диэн хампаанньаҕа “Россельзозбааҥҥа” мэнээк сытар. Инфляция сии турар ол харчыны. Харчыбыт сүтэ турар.
«Якутцемент» атыыта икки хотон сыаната
Сэттэ ыйдааҕыта «Якутцемент» акцияларын Пушкаревтар диэн бырааттыы Владивосток баай уолаттара 400 мөлүйүөҥҥэ атыыластылар. Икки хотон сыанатыгар. 18 мөлүйүөҥҥэ тутуу ыытаары олоробут, уонна цемеммитин пушкаревтарга 400 мөлүйүөҥҥэ туран биэрэбит. Уонна 200 мөлүйүөннээх хотону тутаммыт улахан хаһаайыстыбаларбытын иэскэ киллэрэн моҥкуруот оҥоробут.
Ити туһунан ким да кэпсиэ суоҕа.
- Дьон кырдьыгы билиэн наада. Сарсын, өйүүн ойон турбуккут, тыа хаһаайыстыбатын дотациятын быспыт, инбэлииттэр, бэтэрээннэр льготаларын быспыттар диэн сурах эмискэ кэлиэн сөп.
Итинник ситуация буолан эрэр. Өрөспүүбүлүкэ моҥкуруот баран эрэр. 26 миллиард государственнай иэстээх, 14 миллиард бюджекка дефициттээх хайдах салгыы олоробут?
«Сургутнефтегаз» уонна РАО «Газпром»
«Сургутнефтегаз» 2006 сыллаахха кэлбитигэр Талакааҥҥа лицензияны буор босхо биэрбиттэрэ. Ленскэйгэ нефтепереработка баар буолуо диэн үөрүү-көтүү бөҕөтө этэ. Ханна баарый? Ойуур иһигэр Талакааҥҥа кырдьык бэйэлэрэ горючай оҥорон таһаараллар. Туһунан битум оҥорор собуоттаахтар, асфальт оҥостоллор. Биһиэхэ туох да суох. Дьокуускай куораттыын саастыы Ленскэй куорат билиҥҥээҥҥэ диэри пуортара буор суолунан турар. Оттон сургууттар тайҕа ортотугар аҕыйах алта уон киһилээх вахталарын аҕалалларыгар 5 миллиард сыаналаах международнай аэропорт туттулар, боиннар кэлэн түһэллэр. Биһиги бырабыыталыстыбабыт тиийэн онно ленточка бысыһар.
Аҥаардас ити да түгэн туһуттан Штырову, Борисовы ыҥыран ылан үлэлэриттэн уһултарыахтаах этибит! 10 мөлүйүөн туонна ньиэби сыл аайы биһигиттэн хачайдыыр улахан хампаанньаттан Ленскэйгэ биир аэропорду туттарар туһунан кэпсэппэттэр.
Икки сыллааҕыта Егор Афанасьевич Миллер иннигэр сүүрэн РАО «Газпром» хампаанньаҕа налоговай чэпчэтии биэрдэ. 9,5 бырыһыаны түһэрдэ. Өрөспүүбүлүкэ бюджетыттан сүүһүнэн миллиард көттө. Хайыы, РАО «Газпром» дьадаҥы хампаанньа атаҕар туруон наада, Миллер сордоох 3-4 мөлүйүөн доллар ыйдааҕы хамнаһын кыайан хомуйуо суоҕа дии биһиги налоговай льготабыт суох....
Итинник профессиональнайа суох үлэлии сылдьар биһиги баһылыктаахпыт, бырабыыталыстыбалаахпыт.
(Салгыыта бэчээттэниэ)
Венера ПЕТРОВА
|
Category: Эрнст Березкин |
Views: 1505 |
Added by: uhhan1
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 96 Ыалдьыттар (гостей): 96 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|