News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
Право, закон
[323]
Экономика и СЭР
[839]
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
Коррупция
[862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
Социалка, пенсия, жилье
[277]
ЖКХ, строительство
[132]
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра
[240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
Промышленность
[43]
Нефтегаз
[284]
Нац. вопрос
[284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
Дьикти. О невероятном
[183]
Выборы
[661]
Айыы үөрэҕэ
[93]
Хоһооннор
[5]
Ырыа-тойук
[23]
Ыһыах, олоҥхо
[102]
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
История, философия
[239]
Тюрки
[76]
Саха
[153]
литература
[42]
здоровье
[465]
Юмор, сатира, критика
[14]
Реклама
[7]
Спорт
[123]
В мире
[86]
Слухи
[25]
Эрнст Березкин
[88]
Моё дело
[109]
Геннадий Федоров
[11]
BingHan
[4]
Main » 2014 » Атырдьах ыйа » 21 » – Мин республика сайдыытыгар көрүүлэрбин үгүс киһи өйүүр.
– Мин республика сайдыытыгар көрүүлэрбин үгүс киһи өйүүр.
18:37
“Туймаада” хаһыат,10.06.2014 с.
Аһаҕастык кэпсэттэххэ
Бүгүн биһиги кэпсэтэр киһибит Эрнст Борисович Берёзкин , Ил Түмэн III-IV ыҥырыылаах мунньаҕын депутата. Эрнст Берёзкин СР правительствотын председателин солбуйааччынан, Үп министринэн, “АЛРОСА” I вице-президенинэн үлэлии сылдьыбыта. 2009 сылтан “Бүлүү” федеральнай суолун управлениетыгар начальнигы солбуйааччынан үлэлиир.
– Эрнст Борисович, саха сиэринэн хантан хааннааххын, кимтэн кииннээххин кэпсээ эрэ.
– Аҕам Берёзкин Борис Степанович диэн, 1936 сыллаахха Өймөкөөҥҥө төрөөбүтэ. Онтон улааппыт сирэ Муома, Улахан Чыыстай. Берёзкиннар диэн халыҥ аймахтар Томторго, Муомаҕа элбэхтэр. Ийэм Татьяна Васильевна Сунтаар Хоротуттан төрүттээх, 1938 сыллаахха төрөөбүтэ. Төрөппүттэрим иккиэн СГУ-га үөрэнэ сылдьан билсэн, холбоспуттара. Аҕам зоотехник, ийэм ветеринар идэлээх үөрэхтэрин бүтэрэн баран, кылгас кэмҥэ Мэҥэ Хаҥалас Төҥүлүтүгэр үлэлээбиттэрэ. Ол кэнниттэн кинилэри Намҥа анаан ыыппыттара. Нам Үөдэйигэр, онтон II Хомустаахха тиийэн үлэлээбиттэрэ. Мин бэйэм 1970 сыллаахха II Хомустаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүттэр үһүөбүт – убайым Борис, балтым Юлия диэннэр.
Мин түөрт сааспар диэри II Хомустаахха олорбуппут. Онтон аҕабын хоту улуустарга племобъединениеҕа анааннар, Верхоянскай оройуонугар Баатаҕайга тиийэн олорбуппут. 1977 сыллаахха Нам Хамаҕаттатыгар кэлэн олохсуйбуппут. Аҕам “Комсомольскай” совхозка зоотехнигынан, ийэм кадр отделын начальнигынан анаммыттара. Ол саҕана “Комсомольскай” совхоз саҥа тэриллибит сыллара этэ, Нам биир улахан совхоһа. Биһиги оҕолор бары онно улаатан, Хамаҕатта орто оскуолатын бүтэрбиппит.
Аҕам 1985 сыллаахха республика үрдүнэн бастакы тыа хаһаайыстыбатын кооперативын тэрийбитэ. Дьон да кэпсииринэн, бэйэм да өйдүүрбүнэн аҕам бэйэтэ санаатынан билиҥҥи, аныгы үйэ киһитэ этэ. Тоҕо диэтэххэ «рыночнай экономика кэлиэ, уларыйыылар буолуохтара, совхозтар ыһыллан чааһынай фермерскэй хаһаайыстыбалар тэриллиэхтэрэ» диэн инникини билэн олорбут киһи эбит. Онон кини республика биир бастакы фермерэ, салгыы Нам фермердэрин ассоциациятын председателинэн үлэлээбитэ. Дьон атаҕар турарыгар, техниканы, сүөһүнү атыылаһарга, оҕуруот аһын үүннэриигэ саҥа технологиялары туһанарга көмөлөһөр этэ. Мин оҕо сылдьан өйдүүрбүнэн араас улуустартан кытта дьон кэлэллэрэ. Биһиги хаһаайыстыбабыт араас хайысхалааҕа: сүүрбэччэ ыанар ынахтаах, 36 биэлээх үс үөр сылгылаах этибит. 2-3 гектар сиргэ хаппыыста, 5 гектарга хортуоппуй олордорбут. Ол саҕана улахан хаһаайыстыба этэ. Ону барытын бэйэбит: убайым, балтым, ийэлээх аҕам буолан көрөрбүт-истэрбит. 1980-с сыллар бүтүүлэригэр биһиги бастакы бэйэбит бородууксуйабытын убайбын кытта манна куоракка киллэрэн атыылыыр этибит.
Ийэлээх аҕам оҕолору иитиигэ талааннаах төрөппүттэр эбит дии саныыбын. Ийэм билигин даҕаны сиэннэрин көрө, иитэ-такайа сылдьар. Оттон биһигини туохха барытыгар үөрэппиттэрэ. Ийэлээх аҕам оччолорго син хамнастаах дьон буоллахтара. Ол гынан баран араас телевизоры, миэбэли, таҥаһы улаханнык эккирэппэккэ, наар кинигэ, сурунаал, хаһыат суруттарар этилэр. Дьиэбитигэр почтальон кэллэҕинэ суумкатын улахан аҥаара Берёзкиннар сурутуулара буолара. «Человек и закон”, “Наука и жизнь”, “Вокруг света”, “Искусство и кино”, “Огонёк”, “Уральский следопыт”, “Крокодил”, «Техника молодежи», «Звезда Востока» о.д.а. суруттараллар этэ. Дьэ ону биһиги былдьаһа-былдьаһа ааҕарбыт. Ол иһин даҕаны биһиги бары оскуоланы мэтээлинэн бүтэрбиппит, мин – үрүҥ көмүс мэтээлинэн.
Хаһаайыстыбабытыгар үлэбит элбэх этэ. Ол гынан баран үлэбит быыһыгар ийэлээх аҕам дойдубут айылҕабытын, тулалыыр эйгэни таптыырга, төрүт үгэстэргэ үөрэтэ сатаабыттара. Аҕам зоотехник буолан, “Комсомольскай” совхоз кадровай булчуттарын хонтуруоллуура. Булчуттарга саалар кэлэллэрэ, ону аҕабыт оҕолорунан биһигинэн ыраастатара. Онон саалары кытары алтыһан кэлбитим, букатын кыра эрдэхпиттэн бултуурга үөрэммитим. Мин 32-лээх саалаах этим, тимир гильзалаах ботуруоннардаах. Бэлэсипиэтинэн күөлгэ айаннаан тиийэн баран, биир ботуруонунан холбоон ытан ардыгар 2-3 куһу өлөрдөххө улахан үөрүү буолара. Кэлэн баран аҕабытыгар киэн тутта кэпсиир буоларбыт.
– Эрнст Борисович, эн сахаҕа бөдөҥ-садаҥ киһигин. Хара үлэҕэ эриллэн улааппыт буолан итинник улааттыҥ дуу, эбэтэр дьоҥҥун удьуордаабытыҥ дуу? Спортсмен буолуох киһи хаалбыт курдук көрөбүн.
– Ийэлээх аҕам улахан дьон буолбатахтар, ийэм төттөрүтүн кыра, намчы. Ол эрээри ийэм оҕо эрдэҕиттэн, кэлин даҕаны ынах ыан, көрөн илиитэ олус күүстээх. Аҕам эмиэ кыахтаах киhи этэ, ойуурга кинини ким даҕаны хааман сиппэтэ. Барда да бара турар. Уҥуоҕунан орто этэ, тоҕо биһиги маннык улааппыппытын бэйэм да билбэппин. Убайым эмиэ үрдүк уҥуохтаах. Мин санаабар дьонум сибиэһэй, араас иҥэмтиэлээх аһылыгынан аһаппыттарын түмүгэр буолуо дии саныыбын. 1991 сыллаахха харчы уларыйбытын өйдүүгүт дии, үгүс киһи уурунуута суох буолбута. Оттон ийэлээх аҕам сберкнижкаларыгар биир да харчы суох этэ. Ол курдук барытын утары туттан испиттэр – биһигини аһатаары-таҥыннараары, үөрэнэргэ усулуобуйа тэрийээри. Аҕам эр киһи тугу сатыахтааҕын барытын үөрэппитэ, холобур, сүгэнэн үчүгэйдик туттарга, техникаҕа сыстаҕас буоларга. Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан табаарыспар оһох ууран биэрбитим.
– Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан төһө активист этиҥиний?
– Үөрэнэ сылдьан түөрт сыананы ылбытым аҕыйах буолуо. Убайдаах балтым эмиэ оннук этилэр. Уонна наар күрэхтэһиилэргэ кыттарбыт. Учууталлар былдьаһар этилэр, холобур, физкультура учуутала күрэхтэһиилэргэ, математика уонна нуучча тылын учууталлара олмпиадаҕа кытыннараары. Нам оройуонун Хамаҕатта оскуолатын хамаандата спортивнай ориентированиеҕа республика үрдүнэн биир саамай үчүгэйдэрэ этэ. Онно мин хас да сыл устата капитан этим.
– Сөп. Дьэ онтон оскуола кэнниттэн ханна үөрэнэ барар боппуруоһа турдаҕа дии.
– Ийэм наһаа сөбүлүүр куората Ленинград этэ. “Олус кыраһыабай куорат”, – диэн кэпсиирэ. Справочнигынан Ленинградтааҕы финансовай-экономическай институт диэни булан ыллым. Аҕам, саҥалыы толкуйдаах киһи, “финансистар-экономистар саҥа үйэҕэ наадалаах дьон” диэн этэр этэ. Онон Ленинградка барар буолбутум. Медалист буолан, икки эрэ экзамены туттаран, Ленинградтааҕы финансовай-экономическай институкка үөрэнэ киирдим.
Үөрэммит сылларбын олус үчүгэйдик саныыбын. Куорат культурнай эйгэтэ, аламаҕай дьоно-сэргэтэ ыччат үүнэригэр-сайдарыгар олус туһалааҕа. Үөрэҕинэн эрэ буолбакка, киһи өйүн-санаатын сайыннарар дьиҥнээх киин сир этэ. Мин ССРС эстэр, государственнай тутул уларыйар кэмигэр үөрэммитим. Араас миитиннэр, баррикадалар барыта ити кэмнэргэ этэ. Ону барытын көрөн-истэн, билэн кэллэҕим.
Үөрэммит факультетым “социально-экономическое планирование” диэн этэ. Ол саҕана социальнай-экономическай былааннааһын диэн элитнэй үөрэхтээһин, идэ этэ. Мин бүтэһик сылларга ону хабан хаалбытым.
– Үөрэххин бүтэрэн баран ханна үлэлии киирдиҥ?
– Үөрэхпин бүтэриэм иннинэ сайын преддипломнай практикабын Дьокуускайга, Госплан тэрилтэтигэр барбытым. Отдел начальнига Ли-фу Никита Сергеевич дипломнай үлэм салайааччыта этэ. Дипломнай үлэм “Развитие южно-якутского территориального комплекса” диэн ааттааҕа. Үөрэхпин бүтэрэн баран көтөн кэлэн, кэпсээри дипломнай үлэм салайааччытыгар киирбитим. Киһим этэр: “Биһиги тэрилтэбит уларыйда, мин билигин “Фонд управления госимуществом при Правительстве РС(Я)” диэҥҥэ үлэлиибин. Саҥа салайааччынан Фёдорова Зинаида Степановна ананна. Киллэрэн билиһиннэрэбин дуо?”. Мин сөбүлэстим, киллэрэн билиһиннэрдэ.
Зинаида Степановна миигиттэн ону-маны ыйыталаста, кэпсэттибит. Онтон сабыс-саҥа көрбүт киһитигэр эттэ: “Приватизация отделын начальнига буолуоҥ дуо?”.
Үлэлээн бардыбыт, Зинаида Степановна олус үчүгэй хамаанданы тэрийдэ. Барыбытын этэргэ дылы “гоняйдаан”, күүскэ үлэлэтэрэ. Билигин ону үчүгэйдик саныыбын. Дуоһунаспынан сылга 365 күнтэн 200-тэн тахса күнүн командировкаҕа сылдьыбыт эбиппин. Мирнэйинэн, Ленскэйинэн, хотунан-соҕуруунан сылдьан, дириэктэрдэр сэбиэттэрин мунньахтарын ыытан... Ол саҕана төһө да приватизация диэн ааттааҕын үрдүнэн, республика баайын-дуолун сааһылаан улахан үлэни ыыппыппыт, юридическай өртүнэн көмүскээбиппит. Билигин “бүтэһик уон сылга Штыровтаах Борисов элбэх баайы-дуолу атыылаатылар” дииллэр дии. Урукку кэмҥэ Зинаида Степановна салалтатынан баай-дуол сааһыламматаҕа буоллар, атыылыыр туох да ордубатах буолуо этэ.
– Араас тэрилтэлэри “кинилэргэ биэриҥ!”, “биһиэхэ аҕалыҥ!” диэн ыгыы-түүрүү да баара буолуо дии? Ити Россияҕа 90-с сылларга баайы-дуолу үллэстибиттэрин курдук.
– Оннук. Система уларыйбытыгар тэрилтэлэр хаһаайыннарын, ааттарын-суолларын уларытыы барара. Бандьыыттар даҕаны республика баайын-дуолун былдьаһар этилэр. Онон Зинаида Степановна дьиҥнээх республика патриота буолан, кини салалтатынан биһиги республика интэриэһин көмүскээн кэлбиппит.
Онтон 1995 сыл ортотугар Шипков Руслан Юрьевич курдук дьон бэлиэтии көрөн, Зинаида Степановна көмөлөһөн “Якутгазпром” тэрилтэҕэ генеральнай директоры солбуйааччы буолбутум. Гендиректорынан Болонов Виктор Евгеньевич диэн этэ. “Якутгазпром” Кыһыл Сыырга, Ленскэйгэ, Мирнэйгэ филиаллардаах, республика гаһын ситимэ барыта бу тэрилтэҕэ баара. “Ленагаз” эрэ туспа тэрилтэ этэ.
Ол саҕана манна үс тыһыынча үлэһит баара. Оччотооҕу кэмнэри өйдүүргүт буолуо, дойдуга экономика туруга олус ыарахана. “Якутгазпром” үлэһиттэрэ 17 ый хамнаһа суох олорбут этилэр. Газ иһин ким да төлөспөт буолан хаалбыт. Нэһилиэнньэ уот, ититии о.д.а. иһин араас төлөбүрдэрэ бастаан ОДьКХ-ҕа киирэллэр. Олор киирбит үбү сиэн баран бэрт кыраны “Горэнергоҕа” биэрэллэр, салгыы үп өссө аччаан “Якутскэнергоҕа” бэриллэр. Инньэ гынан нэһилиэнньэттэн, тэрилтэлэртэн киирэр харчыны үксүн сиэн баран “Якутгазпромҥа” тугу да түһэрбэттэр. Кэлбитим счёкка биир да кэппиэйкэ суох!
Үлэһиттэр иэдэйэн олорор этилэр. Ол кэмҥэ маннык алдьархай буолбута: биир оробуочай, промыселга үлэлиир уол, кэргэнэ хамнас суоҕунан аһара аалбытын тулуйбакка, таһырдьа тахсан ытынан кэбиспитэ. Онтон сылтаан абаран, куоракка кэлэн баран, ити 1996 сыллаахха Болонов уоппускаҕа сылдьар кэмигэр этэ, Дьокуускайдааҕы ГРЭСкэ уонна ЯкутТЭЦ-кэ “төлөспөтөххүтүнэ гаһы аччатыахпыт” диэн сэрэтии оҥордум. Төлөспөтүлэр. Онуоха ыллым газ задвижкатын саптаран кэбистим. Онон историяҕа аан бастаан Дьокуускайы барытын уота суох хааллардым. Сайын этэ, кыһын оннук гыммат буоллаҕым. Оо, дьэ, айдаан-куйдаан бөҕө буолла! Прокуратура холуобунай дьыала тэрийээри гынна, Болонов Санкт-Петербургтан: “Хайдах буоллуҥ?” – диэн эрийэр. Ынырыктаах ыгыы этэ, ол гынан баран мин куораттарга кытаанах усулуобуйа туруорбутум.
Куорат финансовай комитетыгар Лукина Елена Николаевна диэн үлэлиирэ, мин киниэхэ: “Транзитнай счётта аһыҥ”, – диэн эппитим. Ол счёкка хас биирдии тэрилтэттэн, чааһынай дьонтон кытта киирбит биир солкуобайтан 12 кэппиэйкэтэ биһиэхэ киириэхтээх диэн усулуобуйа тэрийбиппит. Оннук транзитнай счёт олохтооммут, дьэ бастаан ол сылларга “Якутгазпром” харчыланан, дьон хамнаһын төлөөн, тэрилтэни атаҕар туруоран барбыппыт.
РЕДАКЦИЯТТАН: Эрнст Берёзкин “Якутгазвпромҥа” саҥа тарифнай сетканы олохтоон үлэһиттэр хамнастарын үрдэппитэ. Үлэлииргэ саҥа системаны киллэрбитэ, наадата суох тутуулары тохтоппута. Хамнас кэмигэр кэлэрин ааһан биллэ улааппытын үлэһиттэр билигин да үчүгэйдик ахталлар. Өйдөөбөт буолуу ханна барыай, дьэ ол саҕана кинини утары холуобунай дьыала тэрийэ сатаан, ОБЭП-кэ үҥсэн-хайаан эдэр салайааччыны онно сордообуттара. Ону ол диэбэккэ, Эрнст Берёзкин иннин диэки дьүккүөрдээхтик баран испитэ. Россия правительствотыгар балансовай комиссия диэн баара, онно тиийэн дакаастаан тэрилтэ үгүс ыстарааптарын сотторбута. Нолуок реструктуризациятын оҥотторбута. Онон 1998 сыллаахха “Якутгазпром” акцията 4,5 долларга тэҥнэспитэ, капитализацията 70-80 мөл. доллар буолбута. Саҥа гаһы переработкалыыр собуоттар тутуллубуттара, инвестициялар баар буолбуттара. Онон, Эрнст Борисович үлэлээбитин үс сылын устатыгар “Якутгазпром” республика үрдүнэн бигэ туруктаах, биир бастыҥ тэрилтэ буолбута.
– Онтон хайдах Минфиҥҥэ үлэлии киирдиҥ?
– Арай биирдэ 1998 сыллаахха командировкаҕа бардым. Ол саҕана АЛРОСА-ны “ыга” сылдьыбытым, төлөһүҥ диэн. Арай гостиницаҕа утуйа сыттахпына биһиги кылаабынай бухгалтербыт Сухорева Наталья Валентиновна диэн эрийэр: “Мин эйиэхэ командировочнайгын төлүүр кыаҕым суох!”. Соһуйдум: “Хайа, Наталья Валентиновна, туох буоллуҥ?”. Онуоха: “Бүгүҥҥүттэн Саха Республикатын президенин Ыйааҕа таҕыста, эн бүгүҥҥүттэн ыла Үп министрин солбуйааччы буоллуҥ”, – диир.
Үөһэттэн ити курдук анаан кэбиспиттэрэ. Ол саҕана министр солбуйааччыларын президент ыйааҕынан анаабат этилэр, правительство председателин дьаһалынан эрэ аныыллара. Ол курдук Михаил Николаев ыйааҕынан быһаччы ананан, саҥа дуоһунаска үлэлии бардым. Дьиҥэр, хамнаспар улаханнык сүтэрдим, оччолорго министри солбуйааччы хамнаһа отой кыра этэ.
Үп министрэ Яныгин Сергей Виссарионович системалаахтык үлэлиир киһи этэ. Бэйэтин солбуйааччыларыгар эрэнэрэ. Ол саҕана син биир төлөспөт буолуу системата баара, Россия барыта бэйэ-бэйэтигэр төлөспөт этэ. Ол иһин республика банкроттуур кутталыгар олорбута. Онуох мин үрдүк таһымҥа туруорсаммын, государственнай контракт систематын киллэрбитим. Мин илии баттааһына суох ханна баҕарарар – куоракка даҕаны, улууска даҕаны – биир да котельнайга биир даҕаны литр горючай барбат буолбута. Ити системаны тэрийэн, бэрээдэктээн Минфин бюджетинэн көмүскээбиппит. Экономика министерствотыгар социальнай нормативтары оҥороллоругар эппитим: хас рулон туалетнай кумааҕы, таҥас сууйар бороһуок ороскуоттанарыгар тиийэ. Барытын аахтаран, социальнай нормативтары киллэрэн баран 1999-2000 сыллааҕы республика бюджетын аан бастаан ити нормативтарга олоҕуран ылыммыппыт.
Киэн туттар боппуруоһум диэн – Саха Республиката саамай улахан трансферы ылар буолбута, Дагестантан эрэ кыраны. Биир оҕону үөрэтэргэ государство төһөнү ороскуоттуохтааҕын, коммунальнай хаһаайыстыбаҕа коэффициены олохтооһун курдук суоттааһыннар оҥоһуллубуттара. Ону сэргэ, холобур, таһаҕаһы тиэйиигэ депонация боппуруостара балтараа-икки сыл иннигэр быһаарыллыахтаах этилэр. Ол эбэтэр депозит диэбит курдук, табаарынан сытыаран эрэҕин. Харчыгын эрдэ туттаҕын, табаарыҥ сытан эрэр, тоҕо диэтэххэ табаары тиэрдии тута оҥоһуллубат. Холобур, кыһыҥҥы суол аһылларын кэтэһэҕин, эбэтэр навигация аһылларын. Онон ити ороскуоттарбытын сатаан дакаастаан, Россия бюджетиттэн саамай улахан трансферы ылар буолбуппут.
РЕДАКЦИЯТТАН: Оччолорго итинник методика оҥоһуллуохтааҕын ким да билбэт этэ. Эрнст Борисович үксүн “суоттаабыппыт, туруорсубуппут, ылбыппыт” диэн кэпсиир даҕаны, манна барытыгар кини соҕотоҕун сылдьыбыта биллэр. Россия чиновниктарын кытта көрсөн туруорсан, оччотооҕу Россия Минфинын уолаттарыныын кэпсэтэн... Оччолорго методиканы даҕаны саҥа оҥоро сатыы сылдьар кэмнэрэ этэ. Эрнст Борисович бэйэтэ сахалыы өйүнэн толкуйдаан, бэйэтэ тиийэн туруорсан итини ситиспит э.
– Үп министринэн олордоххуна, ити ситиһиилэргин учуоттаан, өссө өрө таһаардахтара дии?
– Ол кэнниттэн 2000 сыллаахха Михаил Ефимович төлөпүөннээн эттэ: “Ханна бааргыный? Кэлэ оҕус”. Мин дьиэбэр баарым, ыҥырыыны истээт тута Михаил Ефимовичка тиийдим. Саас этэ, кулун тутар ый бүтэһигэ. “Биһиги манна республикабытыгар ыарахан балаһыанньаҕа олоробут. Нефтепродукта тиэйиэхпитин иэстээх буоламмыт нефтяной хампаанньалар отгрузкалыыр кыахтара суох. Усть-Кутка биһиги боппуруостарбыт кыайан быһаарыллыбакка тураллар. Онон правительство председателин солбуйааччы буолан, хотугу завоһунан дьарыктан”.
Онон эмискэ, биир күн иһигэр СР правительствотын председателин солбуйааччы буолан хаалбытым. Уонна дьэ Москваларга тахсан “Росрезерв”, “Лукойл” о.д.а. улахан хампаанньалары кытта киирсэн барбытым. Усть-Кутка тиийэн баран речниктэри, пароходстволары кытта кэпсэтэн, ол саҕана навигациябытын кэмигэр саҕалаабыппыт. Уонна ити сыллар усталарыгар завоһу этэҥҥэ ыытан республиканы оттугунан, наадалаах табаарынан хааччыйбыппыт. Күннээҕи боппуруостарын эрэ дьарыктаммат этим. Быһа холоон 1995-97 сс. Росрезевтэн республика сокуоннайа суох улахан баҕайы объёмнары иэс ылбыт этэ, ол иэстэри барытын төнүннэрэр үлэни ыыппытым.
Мин зампредынан кэлэрбэр “Саханефтегазсбыт” диэн тэрилтэ отой банкрот этэ. Сидоров Сергей Петрович, Матвеева Людмила Иннокентьевна, Столярова Татьяна Анатольевна – бу үс киһини тирэх оҥостон тэрилтэни рентабельнай таһымҥа таһаарбыппыт. Бу тэрилтэ билигин республикаҕа соҕотох государственнай бас билиигэ хаалбыт тэрилтэ буолан олорор. Билигин “Саханефтегазсбыт” государство кыһалҕаларын эрэ быһаарыыга үлэлиир, ол иһин наар бюджеттан харчы көрдүүр. Оттон билигин рентабельнай чааһынай ырыынакка барыта атын хампаанньалар үлэлииллэр. Ити эмиэ правительство ситэтэ суох дьаһаныыта буолар.
– Эн үлэлиир кэмҥэр эн дьаһалгынан “Алмазэргиэнбанк” уонна “Сахакредитбанк” холбоһон тураллар... Тоҕо?
– “Алмазэргиэнбанк” уставнай капитала кыра этэ, оттон Сахакредитбанк” 570 мөл. солк. кээмэйдээҕэ. Уставнай капиталлара правительство киэннэрэ этэ. Подставной хампаанньаларга кредит биэрэн баран, сатаан дьаһаммакка банкроттаабыт бааннар оччолорго элбэх этилэр. Баантан элбэх киһи кредит ылан баран төнүннэрбэккэ, сорохтор соруйан төнүннэрбэккэ бааннар оннук эстэн хаалаллара. Икки бааны холбоон, санациялаан, үлэлиир туруктаах оҥорбутум. Правление председателинэн Айсен Николаевы анаабытым.
Вячеслав Штыров президент буолан баран, миигин СР правительствотын председателин солбуйааччы дуоһунаһыттан уурайан Үп министрэ буоларбар көрдөспүтэ. Ити 2002 сыл олунньу ыйыгар. Үп министринэн 2002 сылтан 2004 сыл ахсынньытыгар диэри үлэлээбитим.
РЕДАКЦИЯТТАН: Үп министринэн үлэлииригэр Эрнст Бори-сович республика государственнай иэһин муҥутуурдук аччаппыта. Агропромышленнай комплекса барыта 8-9 млрд солкуобай иэс баарын, Россия атын регионнарынаан кыттыһан анал сокуон таһаартаран иэһи сотторбута. Россия правительствотын коллегиятыгар онтон да атын иэстэри сотторууга күүскэ үлэлээбитэ. Үп министерствота кини салайыытынан өйдөөн-төйдөөн иэс ылар политикатын түмүгэр республика кредитнэй рейтинэ улааппыта. 2004 сыллаахха СР Минфинэ “Программа реформирования региональных финансов” диэни оҥорон Россия Минфинин саамай улахан гранын – 160 мөл. солкуобайы ылбыта. Ол эбэтэр Россия субъектарын бастыҥ минфинэ буолара билиниллибитэ.
– Эн Үп министринэн үлэлиир кэмҥэр элбэх иэс сотуллубута, республика кредитнэй рейтинэ үрдээбитэ биллэр.
– Кырдьык, биһиги Москва, Санкт-Петербург, Москва уобалаһын, Татарстан кэнниттэн биһиги биир саамай үчүгэй кредитнэй рейтиннээх буолбуппут. Ол барыта үгүс сыраттан тахсыбыта, Россия үгүс салайааччыларын кытары күннэтэ кэпсэтии, быһаарсыы түмүгэр ситиһиллибитэ. Оччолорго биһиги оҥорбут Программабыт дьэ билигин кэлэн олоххо киирэн эрэр. Оттон “кредитнэй рейтинг” диэни международнай агентстволар биэрэллэр.
Уопсайынан, министрдии олорон республика экономическай-политическай олоҕор орооспутум элбэх. Холобур, тимир суол тутуутун боппуруоһун тохтото сатаабытым. Төһө да биир хамаандаҕа үлэлээтэрбит, мин Штырову биир үксүн тохтото сатыырым.
– Тимир суолу утараҕын дуо?
– Тимир суолу тоҕо биһиги бэйэбит эрэ харчыбытыгар тутуохтаахпытый диэн. Ити тимир суол кэлэн, билигин “коэффициент транспортной доступности” уларыйан, билигин трансфербыт улаханнык кыччыыр кутталлаах олоробут. Ити туһунан мин сэрэтэ сатаабытым. “Хотугу завоһу сыыһа оҥоро сылдьаҕыт”, – диэн мин кэннибиттэн кэлбит Артур Алексеевы эмиэ тохтото сатаабытым. Уопсайынан, правительствоҕа таах олорботоҕум, дьүүллэһиигэ үгүс боппуруоһу туруорбутум. “Якутуголь” харчыта онно барарын эмиэ утарсыбытым.
– Үп министринэн ситиһиилээхтик үлэлии сылдьан соһуччу кэриэтэ «АЛРОСА»-ҕа үлэлии барбытыҥ. Ол үлэҕин сырдата түс эрэ.
– 2005 сыл тохсунньутугар “АЛРОСА” I вице-президенинэн анаммытым. Айсен Николаев Үп министринэн мин оннубар хаалбыта, онон кини депутаттыыр Дьокуускай куораттааҕы Губинскай уокуруга босхоломмута. Мин онно быыбарга кыттан кыайан Ил Түмэн III созывын депутата буолбутум.
“АЛРОСА”-ҕа үлэлии тиийэн баран үгүс сытыы боппуруостары туруорбутум. Өйдүүр инигит, “АЛРОСА” баайын-дуолун тула сытыы боппуруос турбутун? Дьиҥэр, урукку “Якуталмаз” ПНО баайа-дуола саҥа тэриллибит “АЛРОСА”-ҕа арендаҕа эрэ бэриллибитэ. Ону биһиги атыылыахтаах этибит. Онон суутунан эҥин биһигини куттаабыттара туох да төрүөтэ суох этэ. Штыровтаахха этэ сатаабытым да, истибэтэхтэрэ. Манна акция туһунан этиллибэт, баай-дуол туһунан этиллэр. Биһиги республикабыт кытаанахтык турууласпыта буоллар бюджеккэ элбэх харчы киириэхтээх этэ. Онно мин Алексей Кудрин сөбүлэҥин төһө эмэ ылбытым ээ. Онон республика салатата сыыһа дьаһанан турар.
Өссө биир улаханнык утарсыбытым диэн – “Якутгазпром” боппуруоһа, чуолаан бу тэрилтэ кэлии дьоҥҥо атыыланыытын туһунан. “АЛРОСА”-ҕа үлэлии сылдьан мин эрдэттэн сэрэйэн, сурук суруйбутум: “АЛРОСА” нефть-газ сайдыытыгар эрдэттэн киирэн, диверсификацияланыан наада.
Уонна бу “Саханефтегаз”, “Якутгазпром”, “Ленанефтегаз”, “Ленагаз”, “Якутсгеофизика”, “АЛРОСА-газ”, “Ирелях-нефть” эҥин курдук тэрилтэлэри холбоон, “АЛРОСА”-ны уонна “Газпром” РАО-ны кытта холбоһуктаах тэрилтэни тэрийиэххэ диэбитим. Ол боротокуола миэхэ билигин да баар. “Газпром” өртүттэн Миллер эрэ илии баттааһына хаалбыта, биһиги өртүбүтүттэн барыта баттанан сытар этэ. Оннук улахан тэрилтэни оҥорон баран, Саха сиригэр регистрациялыахтаах этибит. Оччоҕо ити тэрилтэ кэлин Чайыҥда сирин ылыахтаах этэ.
Онон Саха сирэ 50 %, “Газпром” 50 % бас билиилээх юридическай тэрилтэ бу сир баайдаах сири туһаҕа таһаарыахтааҕа. Ити докумуоннары оҥорбуппут кэннэ, Штыровтаах сыыһаларынан, саамай сыаналаах актив – “Якутгазпром” “Сумма-капитал” диэн Магомедовтаах структураларыгар баран хаалбыта. (Саҥа хаһаайыннар “Якутгазпром” аатын тута уларыппыттара – ЯТЭК диэн ааттаабыттара.-А.Я.).
Мин онно ИДьМ киин управлениетын ОБЭП-гар сайабылыанньа суруйбутум: уоруунан сибээстээн холуобунай дьыаланы көбүтэргэ диэн. Ол саҕана “АЛРОСА”-ттан Ничипоругу устан кэбиһэллэр, Выборнов кэлэр. Ол Выборнов араас авантюраларын тохтотон, иккитэ кабинеппыттан таһааран турабын. Онно мин Выборновка этэр этим: бу “Газпрому” кытта сөбүлэһии бэлэм, илии баттаһыахха диэн. Онуоха кини аккаастаабыта. “Оч-чоҕуна уурайарым туһунан сайабылыанньа бу баар”, – диэн баран үлэбиттэн уурайан хаалбытым. Ити 2007 сыллаахха этэ.
Ол саҕана мин хамнаһым улахан этэ, материальнай өртүнэн проблема суоҕа. Айдаарбакка олорбутум эбитэ буоллар, Москваҕа квартира ылан эҥин олоруом эбитэ буолуо. Оттон үчүгэйинэн барбытым буоллар сүүһүнэн мөлүйүөннээх “золотой парашют” эҥин ылыам эбитэ буолуо. Ол эрээри оннук гынары мин суобаһым көҥүллээбэтэҕэ. Оннук турдум да баран хаалбытым. Республика интэриэһин сиргэ-буорга тэпсэр дьону кытта бииргэ үлэлиэхпин баҕарбатаҕым.
Ол кэнниттэн республикаҕа хамаанда барбыта: Берёзкины үлэҕэ ылымаҥ диэн. Үс сылы быһа үлэтэ суох сылдьыбытым. Бүтэһигэр кэргэним эппитэ: “Түксү, сөп буолла, Үлэ биржатыгар баран учуокка тур, – диэн. Ол быыһыгар мин 2008 сыллаахха Ил Түмэн быыбарыгар хаттаан кыайбытым. Ол кэмҥэ миигин утары правительство барыта утары турбута. Евгения Михайлова, Вячеслав Штыров кэлэн “Берёзкин куһаҕан кандидат” диэн тус бэйэлэринэн агитация бөҕө ыыппыттара. Ол да буоллар дьон миигин өйөөбүтэ, быыбары кыайбытым.
– Оннук эмиэ буола сылдьыбыт эбит дуу...
– Дьэ көр эрэ, Александр, эн биһикки бу кэпсэтэ олоробут дии, көҥүл хаһыаттаах буолан миигиттэн интервью ылаҕын. Оттон оччолорго бобуу баара: Берёзкины ханнык да хаһыакка, радиоҕа, телевизорга таһаарбаккыт диэн. Ол иһин мин этиилэрим, мин туруорсууларым хаһан даҕаны ханна даҕаны көстүбэтэхтэрэ. Ол иһин сорох дьон билигин ыйытар: бу Берёзкин диэн кимий?
РЕДАКЦИЯТТАН: Оччолорго Эрнст Берёзкин туруорсуута өйөммүтэ буоллар, билигин “АЛРОСА” (акциялара оччолорго атыылана илигэ) нефть-газ хостооһунугар маннык сир баайдаах сирдэри бас билиэ этэ:
- Среднеботуобинское – саппааһа 80 млрд куб. м.;
- Средневилюйское – 140 млрд куб. м. (билигин “ЯТЭК” баһылаан олорор);
- Ирелях – 20 млн куб. м.;
- Среднетюнгское – 90 млрд куб. м;
- Чаяндинское – 1,1 трлн(!) куб.м. о.д.а.
– Маны таһынан ““АЛРОСА” Уренгойскай нефтяной компания диэн активтаах этэ, ол 80 млрд куб. м газтаах сири бас билэрэ. Чайыҥда курдук улахан сири аахпакка да туран 500-чэ млрд куб. м газ саппаастаах хампаанньа “АЛРОСА” аннынан тэриллиэхтээҕэ. Онно мин этиилэрбэр киин былаастар сөбүлэһэн олороллоро – Кудрин “АЛРОСА” директордарын Сэбиэтин председателэ, Россия Үбүн министрэ этэ. Ол түгэни туһаныахха баара. Оччолорго итини “Газпром” РАО-лыын тэрийбиппит эбитэ буоллар, “АЛРОСА” билиҥҥи сыанабылынан кырата 16-20 млрд доллар капитализациялаах тэрилтэлээх буолуо этэ. Ол эбэтэр “АЛРОСА”-тааҕар бэйэтинээҕэр үс төгүл улахан активтаах тэрилтэ үөскүүрэ хаалбыта. Кылаабынайа, бу тэрилтэ юридическай аадырыһа Саха сирэ буолуохтаах этэ.
– Хомойуох иһин, ити АЛРОСА-ҕа сылдьан оҥорбут этиилэриҥ олоххо киирбэтэхтэрэ, барыта төттөрү буолбута дии.
– Билигин Чайыҥданы “Ноябрьск-газпром” диэн “Газпром” тэрилтэтэ бас билэр. Нолуок киириэ суоҕа. Билиҥҥи сокуон быһыытынан “консолидированная группа налогоплательщиков” баар. Ити “Якутуголь” тоҕо биһиэхэ харчы төлөөбөтүй? “Мечел” ханна эрэ Сибииргэ активтара ороскуоттаахтар, “Якутуголь” харчыта тиийэн ол кинилэр ороскуоттарын сабар. Билигин “Газпром” РАО эмиэ Чайыҥданы баһылыа, Европаҕа барар гаһа аҕыйыаҕа, оттон биһиги Чайыҥдабыт гаһа Кытайга атыыланар буоллаҕына ол барыһа барыта Европаҕа барбыт газтарын сүтэрбит харчытын сабыаҕа. Биһиэхэ онтон туох да нолуок киириэ суоҕа. Ити курдук туруорса, киирсэ, сэриилэһэ сатаабытым даҕаны, билигин түмүгүн бэйэҕит көрөн олороҕут.
– Кэнники үлэҥ туһунан билиһиннэр эрэ.
– 2009 сыл балаҕан ыйыгар “Росавтодор” федеральнай тэрилтэ “Автодороги Вилюя” управлениетыгар начальнигы солбуйааччынан анаммытым. Онно миигин урут “Якутгазпром” саҕаттан бииргэ билсэн үлэлэспит киһим, оччолорго ОДьКХ начальнигын солбуйааччы этэ, билигин “Автодороги Вилюя” начальнига Николай Иванович Андреев ыҥырбыта. Бу иннинэ кини Горнай улууһун баһылыгынан, Дьокуурскай куорат мэрин солбуйааччынан үлэлии сылдьыбыта. Николай Иванович идэтинэн дорожник, ол идэтинэн “Росавтодор” салалтата үлэҕэ анаабыт. Онтон ыла бу тэрилтэҕэ үлэлии сылдьабын. Үлэ элбэх, ситиһиилэр да бааллар.
Дьиэ-кэргэҥҥэ төннүннэххэ...
– Кылгастык дьиэ-кэргэҥҥэр төннө түһүөххэ эрэ. Билигин хайдах-туох олороҕут?
– Аҕам 1994 сыллаахха олохтон барбыта, ийэм билигин даҕаны Хамаҕаттаҕа баар, онно дьиэбитигэр олоробут. Убайым манна куоракка олорор, үлэлиир, үөрэҕин быһыытынан физик. Балтым налоговой инспекцияҕа улэлиир. Ийэм сиэннэрин көрөн көмөлөһөн олорор. Кэргэним Үп министрин I солбуйааччы.
– Кэргэниҥ республиканы салайсар улахан дуоһунастаах киһи эбит... Берёзкин кэргэнэ били кириитикэлэнэр правительствоҕа үлэлиирэ дьикти буолбатах дуо?
– Кэргэним Үп министерствотыгар букатын эдэр эрдэҕиттэн үлэлиир. Республикаҕа, Россияҕа туох да мөккүөрэ суох биллэр, үчүгэй специалист. Любовь Георгиевна Тиксиигэ төрөөбүтэ, ол гынан баран ийэтэ Мария Романовна Чурапчыттан төрүттээх, биһигини кытта бииргэ олорор. Ийэ кылыммын Мария Романовнаны биир дойдулаахтара чурапчылар үчүгэйдик билэллэр. Кэргэнэ Захаров Георгий Иванович, Люба аҕата, обкомҥа эҥин үлэлээбит убаастабыллаах киһи, Нам Партизанын киһитэ. Тиксиигэ үлэлии сырыттахтарына Люба төрөөбүт. Улахаммыт Рома үлэһит, икки уолбут оскуолаҕа үөрэнэллэр. Гром диэн ыттаахпыт, алабай уонна овчарка булкуспуттара, олус атаах, сымнаҕас ыт.
– Билигин хайдах дьиэҕэ олороҕутуй?
– Кыайыы болуоссатын атты-гар таас дьиэҕэ. Даачалаахпыт. Жатай аттыгар үһүс сылбытын дьиэ тутта сылдьабыт.
Ил Түмэн актыыбынай депутата
– Депутаттаабыт кэмнэргиттэн саныы түһүөххэ. Мин өйдүүрбүнэн эн маҥнай талылларгар Иван Шамаевы, иккискэр Игорь Никитины кыайбытыҥ. Сессияларга эйиэхэ тоҕо эрэ тыл отой биэрбэт этилэр, микрофоҥҥун арааран кэбиһэллэрэ.
– Билигин Егор Борисов ханна сылдьыбыт сиригэр этэринэн, быыбарга турунаары сылдьар оппоненнара кириитикэлээн эрэ саҥараллар, “АЛРОСА”, тимир суол боппуруостарыгар, Ленаны туоруур муостаны тутууга туох да көмөлөрө суох үһү. Ити барыта сымыйа. Бастатан туран, ити эттим дии – “АЛРОСА” боппуруостарыгар мин бэйэм схемабын туруорсубутум, ону Штыровтаах өйөөбөтөхтөрө. Онтон “Якутуголь” акцияларын атыылаан баран бюджет таһыгар таһааран РИК-ынан ыскайдаабыттарыгар ол боппуруоһу эмиэ туруорса сатаабытым. Нефть-газ боппуруостарыгар депутатскай расследование көтөхпүтүм. Ол депутатскай ирдэбили нэһиилэ оҥорторбутум кэннэ, Ил Түмэн барытын кистээн кэбиспитэ.
“АЛРОСА” атыыланар боппу-руоһа турбутугар мин депутаттарга эппитим: “Егор Афанасьевич ананар киһи, онон республика интэриэһин 100 бырыһыан көмүскүүр кыаҕа суох, онон биһиги парамент тутулуга суох бэйэбит позициябытын Россия президенигэр туруоран иһитиннэриэхтээхпит”. Оннук диэн сурук бырайыагын көрүүгэ киллэрэ сатаабытым. Ол туруорсуубун бэбиэскэҕэ да киллэрбэтэхтэрэ. Сүрүн принципиальнай боппуостарга, бюджет иһин киирсибитим элбэх. Үгүс сыыһалары оҥороллорун тохтоппутум даҕаны.
Бюджетниктар хамнастарыгар бүтэһик сылларга межотраслевой тарифнай сетканы көтүрэн баран, единэй системаны кыайан олохтообокколор иэдээн бөҕөтүн оҥорбуттара. Холобур, учуутал хамнаһа үрдүү турар, оттон детсад үлэһиттэрин хамнаһа 3-4 төгүл кыра. Оннук буолуо суохтаах буоллаҕа дии.
Учууталлар хамнастара үрдүүрүн утарбаппын, ол эрээри хас биирдии үлэ сыаналаныахтаах. Оннук коэфициеннар бааллар, онуоха индексация биир тэҥник барыахтаах. Үөрэх, медицина, культура үлэһиттэрин хамнастара биир тэҥник үрдүөхтээх. Республика иһигэр социальнай эппиэтинэс биир тэҥ буолуохтаах. Ити боппуруоһу элбэхтик туруорсан, көмүскээн кэлбитим. Ол туһунан ханна да кэпсээбэттэр, биричиинэтин эттим дии.
– Оттон бу кэмҥэ Ил Түмэҥҥэ бастайааннай төрүккэ олоҕуран үлэлиир депутаттар пенсияларын кээмэйэ хамнастарын 95 %-ныгар тиийэ буолар диэн сокуон ылыммыттара. Онно эн хайдах куоластаабыккыный?
– Отой утары куоластаабытым. Ону ааһан президент, вице-президент даҕаны итинник льготалары ылалларын утары куоластаабытым. Ити сирэйэ-хараҕа суох буолуу. Утаран тыл эппитим, быһаара сатаабытым.
Депутат быһыытынан сүрүн принципиальнай киирсиим өссө маннык этэ: Ил Түмэн хонтуруоллуур функцияларын, инвестиционнай бюджет, госпрограммалары бигэргэтии боппуруостарын барытын президеҥҥэ, правительствоҕа биэрэн кэбиспитин утарбытым. Ол аата программнай бюджеккэ барабыт дииллэр, бюджет харчыта үксэ госпрограммаларынан барар. Депутаттар: “Бюджеты көрөбүт, оттон программалары биһиги көрбөппүт”, – дииллэр.
Программаларга сыһыаннаах биир да отчуот Ил Түмэҥҥэ көрүллэ илик. Оттон эн бюджеккэ туох эмэ уларытыы, кириитикэ оҥороору гыннаххына этэллэр: “Тоҕо, программа баар дии”, – дииллэр. Оччоҕо программаны көрүөххэ диэтэххэ, эһиги боломуочуйаҕыт буолбатах дииллэр. Ол аата Ил Түмэн тугунан дьарыктаныахтааҕый? Туга да суох! Бырааба суох! Уонна биир саамай улахан боломуочуйалаах этибит – хонтуруоллуур функция. Ону да суох оҥордулар, араас счётнай палаата эҥин тэрийэн баран. Онон Ил Түмэн ситэриилээх былааһы – президени, правительствоны хонтуруоллуур боломуочуйата суох.
– Оттон Хонтуруоллуур комитет баар дии.
– Хонтуруоллуур комитет тугу да гыммат, нууччалыы эттэххэ “бездельничает”. Ол Олесов саҕаттан. Мин Ил Түмэн трибунатыгар тахсан депутаттарга этэ сатааччыбын: “Өйдөөҥ, биһигини дьон тоҕо талбытай? Биһиги бэйэбит боломуочуйабытын суох оҥороммут дьон итэҕэлин таҥнаран биэрэбит. Оччоҕо тугуй, таах харчы эрэ ылар, барытыгар сөбүлэһэ олорор депутаттары дьон талар дуо?”. Депутаттарга итинник дии сатаабытым, дьон иннигэр суобаскытын көрүнүҥ диэн. Онно кыһыйан-абаран, ньиэрбэ бөҕөтүн сүтэрбитим.
– Кырдьык, эмиэ оччолорго этэ, АЛРОСА алмаастаах улуустарга биэрэр 8 бырыһыанын правительство быһаччы дьаһайар буолбутун өйдүүбүн. Эрнст Борисович, эйигин билигин оппозиция киһитэ диэн ааттыыллар, ол төһө кырдьыктааҕый?
– Оппозиция диэн, мин санаабар, билиҥҥи былаас – чуолаан Штыровтаах Борисов – норуокка оппозиция буолан тиийэн кэллилэр. Мин норуокка оппозиция буолуом дуо, мин наар норуот кыһалҕаларын көмүскээн тиийэн кэллим. Былааска баҕар оппозиция буолуом, ол эрээри норуокка мин оппозиция буолбатахпын.
Ылан көрүөҕүҥ: “Якутуголь” тэрилтэни атыылаатылар, “Сахателеком” суох, биир бүтэһик активпытын – “Якутцемент” тэрилтэ 49 %-нын былырыын ахсынньы ыйга 400 мөлүйүөҥҥэ атыылыыллар. Субу кэпсии олороллор: дьэ, “АЛРОСА” акциятын атыылаатыбыт, эргэ дьиэлэри көтүрэн саҥа дьиэлэри тутууга 18 миллиард солкуобай киириэ дииллэр. 18 миллиард тутууга диэн киирдэҕинэ, онно цемент наада. Оннук диэн саҥара олороммут 400 эрэ мөлүйүөҥҥэ Владивостокка баар бырааттыы Пушкарёвтарга цемент оҥорор заводпутун атыылаан кэбиһэбит. Билигин 100 мөлүйүөннээх хотону тутабыт дииллэр дии, ол сыанатыгар холоонноох. Ити тугуй? Бу уоруу, норуот интиэриэһин таҥнарыы буолар. Мин ону аһаҕастык этэбин. Ол туһунан эмиэ ким эмэ суруйар дуо? Суох, уу-чуумпу.
– “Туймаада” хаһыат эрэ бу суруйда быһыылаах. Сөп, салгыы барыахха. Эрнст Борисович, эн былырыын 2013 сылга буолбут Ил Түмэн быыбарыгар тоҕо кыттыбатаххыный?
– Ил Түмэн саҥа састааба өссө мөлтөх буолуохтааҕын эрдэттэн билбитим, тоҕо диэтэххэ быыбар онуоха туһаайыллан ыытыллыбыта. Иккиһинэн, Ил Түмэн бэйэтин боломуочуйаларыттан баҕа өртүнэн аккаастаммыта эмиэ оруолу оонньообута. Толкуйдуур, өйдүүр дьон бириэмэни халтай ыытыынан сыаналаан, кыттыбатахтара.
Тыа сирин кыһалҕалара
– Тыатын сирин олохтооҕун сүрүн кыһалҕалара тугуй? Олору хайдах быһаарыахха сөбүй?
– Бастатан туран , тыа сирин хаһаайыстыбатын өрө көтөҕүөххэ наада. Тыа сирин киһитэ билигин олус ыараханнык олорор. Бюджеттэн үбүлээһин улаатарын оннугар сылын ахсын сарбылла турар. Ити букатын өйдөммөт быһыы-майгы. Үүт, эт дотацията олус кыра. Билиҥҥи былаас тыа дьонун соруйан итинник балаһыанньаҕа тутан олорорун курдук.
Иккиһинэн, производство бары хайысхатыгар үлэ оҥорон таһаарыыта олус кыра. Технология эргэрбитэ, үлэһит хамнаһа кырата – барыта дьайар.
Төһө да хас эмэ үйэ ааспытын иһин тыа сиригэр үлэлиир үгэспит уларыйбакка турар. Хотоммут сааҕын илиибитинэн күрдьэбит, оннук аһатабыт. Ол иһин эдэр ыччат ийэлэрин-аҕаларын курдук хотоҥҥо үлэлиэхтэрин баҕар-баттар, ыраастык сылдьыахтарын баҕараллар. Ити биир өртүнэн өйдөнөр. Үсүһүнэн, бэйэбит бөһүөлэктэрбитин көрдөххө газ-тааһын барар курдук, саҥа үчүгэй дьиэлэри тутталлар, гаражтарын ититэллэр. Оттон уулуссаҕа таҕыстыбыт даҕаны – былыргылыы бадараан. Эдэр ыччат кыра массыынанан баҕатын хоту кэлэр-барар кыаҕа суох, суол суох. Ыччат олороругар дэриэбинэ эстетическэй көрүҥэ эмиэ суолталаах.
Маныаха государство системалаах өйөбүл оҥоруохтаах. Идеялар бааллар, ол гынан баран барыта үөһээттэн, холобур, Минсельхозтан кэлэллэр. Ханнык эмэ хаһаайыстыбаҕа 300-400 ынахха суоттаан хотон туталлар. Эргийэн көрдөххө үлэлиир да сир суох, оҥорбут бородууксуйаны батарар сир да суох. Онон, дьиҥ үлэлиир дьоҥҥо тирэҕириэххэ наада. Государство бэйэтэ сакаасчыт буолбакка, үлэлиир дьон сакаасчыт буолуохтаахтар.
Нэһилиэк таһымыгар бэйэни салайыныыга олохтоохтор да, баһылык да көннөрү бюджетнэй эрэ тэрилтэлэри көрөн олоруо суохтаахтар, быһаччы производствоҕа үлэлэһиэхтээхтэр.
Производствоҕа хайдах киириэхтэрин сөбүй? Муниципалитет тыа сиригэр үлэлиир хаһаайыстыбалар сүрүн фондаларын, холобур сири, тутан олоруохтаах. Дьэ уонна арендалыыллар – саамай үлэһит дьонноругар. Чааһынай киһи сүрүн фонданы үлэлэтэр, нэһилиэк кыратык дохуоттанар. Ол киһи үлэлэтэн баран, бэйэтэ араас биричиинэнэн уурайдаҕына сүрүн фондалара муниципалитекка хаалар. Муниципатитет аны атын киһини үлэлэтиэ. Ол иһин бэйэни салайыныы органа уонна чааһынай дьон фондалара иккиэн бэйэ-бэйэлэрин ситэрсэн биэриэхтээхтэр, сүрүн фонданы сайыннарыахтаахтар.
Сир атыыта, сир эргиирэ күүһүрүөхтээх . Сир туһунан кодекс, сокуон баар, республика онно эбии сокуону ылынара наадата суох. Сири атыылаһар туспа фонда тэриллэн турар, ол гынан баран системалаахтык үлэлээбэт. Биһиги Минсельхозпут, улуустар, нэһилиэктэр баһылыктара итиннэ системалаахтык үлэлии иликтэр. Тоҕо диэтэххэ дьон, нэһилиэнньэ үөрэнэ илик. Сир хамсыан наада, мээнэ кууран-хатан, туһата суох турбакка үлэһит киһи илиитигэр киириэхтээх. Билигин ол суох, оттоммот ходуһа, бааһына отунан-маһынан үүнэр.
Сир хамсыырыгар «өбүгэлэр-бит сирэ» диэн баран туһаҕа таһаарбакка тутан олорбокко, дьон сиргэ атын сыһыана үөскүөхтээх. Бу табаар, эргинэр табаар диэн. Дьон «харчылаах кэлии дьон барытын атыылаһан ылыахтара» диэн куттанар. Ол сыыһа, оннук буолбат. Онно “приоритетное право” диэн өйдөбүл баар, ол эбэтэр сүрүн быраап маҥнайгы уочарат государство-ҕа, муниципалитекка бэриллэр. Оттон государство, муниципалитет аккаастанар түбэлтэтигэр атыылааччы атын киһиэхэ атыылыан сөп.
Государство эбэтэр муниципалитет сири атыылаһан баран бэйэтин фондатыгар киллэриэн сөп. Дьэ ол кэннэ ити үөһэ эппитим курдук дьаһаныахтаах. Бэйэтин дьонугар атыылаан, хас да сылга рассрочкалаан эбэтэр арендаҕа биэрэн сири туһаҕа таһаарыахтаах. Оттон сири муниципалитет туһатыгар атыылаһарга республика бюджетиттэн үп-харчы көрүллүөхтээх. «Выкуп» оҥорорго сир сыаната наһаа улахана суох. Холобур, биһиги суолу оҥорорбутугар чааһынай дьонтон сирдэрин атыы-лаһан ылабыт, онон ол механизм билигин үлэлиир.
– Дьон өһөспөт, утарыласпат дуо?
– Дьон өйдүүр, утарыласпат. Холобур, Ботомоойу үрэҕин туоруур муостаны тутарга оннук дьаһаммыппыт. Сир кадастровай сыанатынан оҥоһуллар. Ол туһаныы көрүҥүттэн тутулуктаах. Сокуон быһыытынан үс сыл туттуллубатах сирдэр муниципалитекка төннүөхтээхтэр. Тыа сиригэр кадр боппуруоһа уустук: землеустроителлэр, кадастровай инженердэр тиийбэттэр. Нэһилиэктэр сирдэрин кадастрдаабакка олороллор, онно үлэлиир система тэрийиллиэхтээх.
– Итиннэ волевой быһаарыы наада буолуо.
– Ити республика үрдүнэн сүрүн сыал-сорук буолуохтаах. Сир эргиирэ барарыгар бюджеттэн эбэһээт харчы көрүллүөхтээх.
– Урут тоҕо көрүллүбэтэҕэй?
– Государственнай суолталаах эрэ тутуулар ыытыллар буоллахтарына үп көрүллэр, холобур муоста, туристическай кластер тутуутугар о.д.а. Сир эргиирин фондата баар буолуохтаах. Сылга саатар 150-160 мөлүйүөн көрүллэрэ буоллар нэһилиэктэргэ сир син түргэнник хамсыа этэ.
– Үүт-эт дотацията кыра диэн тыа сирин олохтоохторо куруук этэллэр. Депутаттыы сылдьан бу боппуруоһу турорсубутуҥ дуо?
– Туруорсан бөҕө буоллаҕа. Өссө депутаттыам иннинэ, Үп министринэн үлэлии сылдьан тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын дотациялааһын схематын киллэрбитим. Тыа хаһаайыстыбатын министрин ыҥыран ылан, схеманы оҥорон маннык буолуохтаах диэн эппитим: тыа хаһаайыстыбатын өйөөһүҥҥэ көрүллэр үптэн дьоҥҥо дотация быһыытынан быһаччы уу харчынан аҥаара тиийиэхтээх. Тоҕо диэтэххэ кинилэр үлэлииллэр, оҕолорун аһатыахтаахтар-таҥынна-рыахтаахтар. Билигин тыа сирин үбүлээһин ол кэмтэн, холобур 2002 сылтан, үрдээн 8,5 млрд солкуобайга тиийбит буоллаҕына, дотация кээмэйэ улааппакка турар. Инфляция тохтообокко барар.
Холобур, үүтү ылан көрүөҕүҥ . Оптовайга 45-50 солкуобай, маҕаһыыҥҥа өссө ыарахан. Ол аата үүккэ наадыйыы баар. Оттон биһиги тыа сириттэн атыылаһар үүппүт улааттаҕына 30 солкуобайга тиийбэт. Урут ити мин эппит кэммэр үүккэ дотация 1,2 млрд буоллаҕына, билигин 1,5 млрд солкуобай, ол аата субсидияларын 30 эрэ бырыһыан улаатыннарбыттар. Оттон билигин 8,5 млрд тыа сиригэр көрүллэр харчыттан быһа тыа сирин бородууксуйатын оҥорооччуларга 17-18 эрэ бырыһыана тиийэр. Уоннааҕы харчы барыта Минсельхоз структураларынан тарҕанан, онон-манан эргийэр. Ол аата государство быһаарар, холобур, сыаналаах омук ынахтарын атыылаһаллар, МТС тэрийэллэр, буолар-буолбат улахан хотоннору туталлар. Ол гынан баран сакаасчытынан дьон буолбатах. Государство бэйэтэ сакаастыыр, араас структураларынан эргитэн бэйэтэ харчыны туттар. Үксүлэрэ бары хонтуоралара олус элбэх, бары базалаахтар, үлэһиттэрэ бары кэриэтэ джип массыынанан сылдьаллар...
Урут ити дотацияҕа мин оҥорбут системам үлэлиирэ буоллар ол 8,5 млрд солкуобайтан 4,5 миллиарда дьоҥҥо уу харчынан тиийиэхтээх этэ. Ити харчы хайдах хаамарын көрдөрдүм: бастаан харчы дьоҥҥо тиийиэхтээх, онтон дьон сакаасчыт буолуохтаах. Ол туһунан мин хаста да оччотооҕу президент Егор Борисовтыын кэпсэтэ сылдьыбытым. Онуоха кини этэр: “Ол эн сыыһа оҥорбут системаҥ”, – диэн. Ону мин: “Сыыһа оҥорбут буоллахпына тоҕо уларыппакка сылдьаҕыт?” – диэн төттөрү этэбин.
Онон, харчы хаамыыта – табаар эргиирэ буолуохтаах. Билигин ынах төбөтүн ахсыытынан 10-нуу тыһыынчаны биэрээһин төттөрү барыы буолар. Тоҕо диэтэххэ дьон бородууксуйа оҥоро сатаабакка, сүөһү төбөтүн ахсаанын эрэ элбэтэ сатыахтара.
– Өссө эбиитин испииһэккэ элбэх ынахтаахпыт диэн сурунан кэбиспэттэр дуо?
– Статистиканы тупсараары араас буолуон сөп. Ол эрээри ол онтон бородууксуйа элбээн барыа суоҕа. Тугу аһаан-сиэн олоробут, дьиҥнээх бородууксуйа суоҕун кэннэ? Табаарынай бородууксуйа сыаната үрдээтэҕинэ, эргиир да улаатыаҕа. Соҕотуопкалааччы өртүттэн закупочнай сыана кырата 14 солкуобай, дотация 35 солкуобай буоллун, оччоҕо барыта киһиттэн 49 солкуобайга үүт атыылаһан иһиэ этибит. Боростуой суоттааһын: республика үрдүнэн 80 тыһ. тоннаны тутабыт, үүт сыанатыгар төгүллээтэхпитинэ быһа холоон 2,72 млрд солкуобай буолар. Көрөргүт курдук, бюджет иһигэр төһө баҕарар кыаллар суума. Итинтэн элбэҕи ыыр буоллахтарына эһиилигэр бюджеккэ дотация кээмэйин өссө улаатыннаран биэрэҕин.
Мин министрдиир кэммэр үс сыл устата үүт туттарыыта улаатан испитэ. Биирдэ былаан балаҕан ыйыгар туолан хаалан, бюджеты чопчулуурга, үбүлээһини эбэргэ тиийбиппит. Онон ити үчүгэйдик үлэлиир схема. Оччолорго үүт тутуллар сыаната син сөп курдуга. Дотация харчыта улааппытыгар үүт туттарыыта улаатан испитэ. Мин министрдии сылдьан үөрэ-көтө үбүлээһини улаатыннаран испитим. Билигин буоллаҕына, төбөҕө дотация көрүллүөҕүттэн үүт туттарыыта сылга ортотунан 4-5 бырыһыан түһэн иһэр. Ону статистика туоһулуур. Ол аата бородууксуйа оҥоһуута аччыыр. Быйыл өссө аччыыра кэтэһиллэр. Оттон ити төбөнөн дотация диэҥҥэ улаатар сүөһүгэ бэриллэрэ буоллар өссө сөп этэ, ыанар ынах буолуор диэри, онно сөбүлэһэбин.
Онон, сокуон быһыытынан көрүллүбүт бюджет харчыта дьоҥҥо хайдах тиийэриттэн тыа сирин сайдыыта улахан тутулуктаах – посредниктар нөҥүө дуу, быһа уу харчынан дьоҥҥо тиийэрэ дуу.
Биһиэхэ Саха сиригэр бу система 5-10 сыл үлэлиирэ эбитэ буоллар дьэ дьиҥнээх бигэ туруктаах улахан хаһаайыстыбалар баар буолуо этилэр. Бааһынай хаһаайыстыбата бэйэтин дьиэ кэргэнинэн эрэ буолбакка, кыаҕыран улахан коллективнай хаһаайыстыба буолуон сөп. Бэйэм холобурбунан өйдүүбүн: аҕам хаһаайыстыбатыгар үүт ыырбыт, аны туран үүт тутар система суох, үүппүтүн илдьэн детсадка босхо биэрэн кэбиһэбит, харчы ылбаппыт. Онон үүнэн-улаатан тахсар кыахпыт суох этэ.
Государство быһыытынан чопчу үлэлиир киһиэхэ кыах биэриэхтээхпит. Билигин биир эрэ кэм арыый кыахтаах хаһаайыстыбаҕа көмө оҥороллор. Государство политиката сылын аайы уларыйыа суохтаах. 2011 сыллааҕы бюджети оҥорууга хайдах этэй? 400 мөлүйүөнү оҕуруот аһын үүнэриигэ көрөллөр, онтон сыл ортотугар ыллылар да ол суума аҥаарын – 200 мөлүйүөнү Нерюнгритааҕы көтөр фабрикатыгар биэрэн кэбиһэллэр. Оннук буолуо суохтаах. Сылтан сыл аайы ити мин туруорсар схемам туруктаахтык үлэлээн, индексацияланан иһиэхтээх. Өссө төгүл тоһоҕолоон этэбин: тыа сиригэр кылаабынайа – системалаах үлэ. Ол үлэ түмүгүнэн сөптөөх сыананы олохтоон, 10 сыл иһигэр күүстээх хаһаайыстыбалар тахсан, дьону түмэн үлэлэтиэ этилэр.
– Бэйэни албыннана олорбокко диэ. Оттон хоту сирбит олохтоохторун сүрүн кыһалҕалара тугуй?
– Быһаарыллыах айылаах боппуруостар элбэхтэр. Табаар, ас-үөл, проезд сыанатын государство кытаанах хонтуруолга ылыахтаах. Аллайыаха, Анаабыр, Халыма, Өлөөн о.д.а. улуустар үксүлэрэ балыктааһынынан олороллор. Куоракка чааһынайдар балыгы аҕалан атыылыыллар. Оттон государство ылыста даҕаны, бары тэрийбит тэрилтэлэрэ банкрот буолан иһэллэр. Чокуурдаахтааҕы балык собуотун да ылан көрүҥ. Государство сүрүннүүр “Рыба Арктики” тэрилтэтэ эмиэ элбэх проблемалардаах, соҕотуопкалаабыт балыгын иһин балыксыттарга кыайан төлөспөт. Бу манна эмиэ тэрээһин мөлтөҕө буолар. “Рыба гниёт с головы”... Балыгынан эргинэн олорор хотугу улуустар үгүс кыһалҕаны көрсөллөр. Балыгы туттараллар, оттон харчыларын ылан испэттэр. Тутар тэрилтэ харчынан биэрбэккэ араас бородууктанан, горючайынан дэлби сыанатын эбэн баран, уопсайынан бартерынан эрэ төлөһө сатыыр түбэлтэтэ элбэх. Государство манна чопчу схеманы олохтуура ирдэнэр. Итинник табаарынай схемалар суох буолуохтаахтар. Балыгы уу харчынан атыылаһыллыахтаах, бородууксуйаны манна атыылаан баран эмиэ уу харчынанан төлөһүллүөхтээх. Ол-бу хонтуоралар, холбоһуктар олус элбэхтэр. Соҕотуопканы государство сүүс бырыһыан хонтуруоллуохтаах.
– Суолларбыт тустарынан быһаччы дьарыктана сылдьар киһи быһыытынан кэпсии түс эрэ.
– Тыа сиригэр суолбут, кырдьык, куһаҕан. Таатталар, аммалар суоллара хайдах буолбутун көрөн олороҕут. «Росавтодор» комиссията бу күннэргэ Саха сиригэр кэлэн үлэлии сылдьар. Биир комиссия бу Тополинайга баран кэллэ. Суол тутуутун сыаната олус ыарахан. Ол эрээри билигин аан дойдуга саҥа технология киэҥник киирэн иһэр. Биһиги Үөһээ Бүлүүгэ Нам, Ороһу, Тамалакаан, Харбалаах сэлиэнньэлэрин икки ардыларын суолун ресайклинк диэн анал кытаанах бүрүөһүнүнэн сабыахтаахпыт. Ол хайдах буолуоҕун көрүөхпүт. Эһиилгиттэн сылга 40-50 км суолу оҥорон барыахпыт.
Билиҥҥи туругунан сылга 10 км эрэ саҥа суолу оҥоробут, уоннааҕыта барыта өрөмүөннээһин. Саҥа технологияны киллэрэн, сүүс километры оҥоруохха наада. Мин бу республиканскай суолу оҥорууну эппэппин, онно суол фондата диэн баар. Нэһилиэктэр суолларын, сэлиэннньэлэр иһинээҕи суоллары оҥорорго бюджеттэн харчы көрүөххэ наада. Үлэ бу хайысхаҕа эмиэ системалаахтык тэриллиэхтээх – саҥа технологияҕа олоҕурбут анал программанан.
Ил дархан быыбарыгар кыттыы
– Оттон ил дархан быыбарыгар туох санааттан кыттарга быһаарынныҥ?
– Политиканан дьарыктанар киһи быһыытынан экономикабыт хайдах туруктааҕын билэбин. Бэйэм ырытан, анализтаан тустаах сыанабылы оҥоробун. Ол иһин республикабыт инникитин хайдах сайдыан сөбүн, онуоха туох наадатын торумнаан көрөбүн. Бүгүҥҥү күҥҥэ республикабыт үгүс кыаҕы таба туһаммат. Салайыыга уонна да атын сүрүн боппуруостарга бэрт элбэх алҕастар тахсаллар.
– Холобурдуоҥ дуо?
– Алларааттан үүнэн тахсыбыт үчүгэй специалиһы салайааччынан анаабаттар. Тэрилтэлэргэ салайааччыны туора сиртэн аҕалан олордон кэбиһэр омсолоох практика баар. Профессиональнай хаачыстыбаларынан көрбөккө, төһө тус бэриниилээхтэринэн сыаналаан дуоһунаска аныыллар. Барыта билсиинэн-көрсүүнэн оҥоһуллар. Маны барытын көннөрөр сыалтан үчүгэйдик үлэлиир ситэриилээх былааһы тэрийиллиэхтээх. “Мин ону билэбин, оҥоруохпун сөп” диэн санааттан ил дархан быыбарыгар кыттан эрэбин.
– Ил дархан дуоһунаһыгар мээнэ киһи туруоруммата чахчы. Быыбардааччы санаатынан билии-көрүү, үлэҕэ баай уопут, үгүс билсии-көрсүү, нэһилиэнньэни таһынан үөһэттэн өйөбүл наада буолуохтаах. Ону сэргэ сорох дьон этэринэн киитэрэй, аһыныгаһа суох, сатабыллаах, оннооҕор албын буолуу ирдэнэр үһү. Бу мантан аныгы политик сирэйэ уруһуйданан кэлэр.
– Билии-көрүү, үлэ туһунан эттэхпинэ, 43 саастаах киһи быһыытынан олох араас эриирдэрин-мускуурдарын ааһан, уопутурдум. Оттон нэһилиэнньэ, норуот өйөбүлүн туһунан эттэххэ, ол чааһын иккитэ дакаастаан турабын – дьон-сэргэ миигин иккитэ төхтүрүйэн Ил Түмэн депутатынан талбыттара. Арай федеральнай органнар өйөбүллэрэ ситэтэ суох буолуо. Ол эрээри биһиэхэ хайдах-туох республика баһылыга нааданый? Биһиги республикабытыгар хайата ордугуй – барытыгар “ээх” диэн сөбүлэһэ сылдьар марионетка дуу, эбэтэр бүттүүн норуот итэҕэлинэн талыллыбыт, норуотун интэриэһин харса суох көмүскүүр, суобастаах, чиэһинэй лидер дуу.
– Эн партиялааххын дуо?
– Партиям суох. Ол эрээри партиялар, ханнык эрэ партия чилиэннэрэ миэхэ быыбарга көмөлөһүөхтэрин баҕарар буоллахтарына – баһаалыста.
– Билигин республика баһылыгар кандидатынан регистрацияланар олус уустук, партия өйөбүлэ суох киһи санаммат даҕаны.
– Бу күннэргэ миигин “Гражданскай платформа” бүтүн Россиятааҕы политическай партия өйүүргэ быһаарынна. Кинилэргэ олоҕуран мин бу быыбарга кыттыахтаахпын. Коммунистары кытары кэпсэтии ааспыта, ол гынан баран кинилэр быhаарыыны бу ый эрэ бүтэhигэр ылынаары гыналлар. Кинилэри кэтэhэн олорор кыах суох. Миигин былаас муниципальнай фильтры аhардыбат былааннааҕын билэн олоробун. Онон үлэбин түргэтэтэргэ тиийдим. Билиҥҥи былааһы кытта куомуннаспат дьиҥ коммунистар миигин өйдөөн, өйүөхтэрэ диэн эрэнэбин уонна быыбар кэмигэр көмөлөрүн кэтэһэбин.
– Олохтоох бэйэни салайыныыга эн туох санаалааххыный? Син-биир киинтэн салаллан, үбүлэнэн олоробут дии, ордук Уһук Хоту сиргэ.
– Мин өссө 2005 сыллаахха республика икки түһүмэхтээх бэйэни салайыныы систематын киллэрэрин утаран турабын. Маҥнай муниципальнай оройуоннары эрэ тэрийиллиэхтээҕэ, ол кэнниттэн дьэ арыый кыанар, бэйэлэрин дьаһанар кыахтаах нэһилиэктэр олохтоохтор быһаарыыларынан туспа муниципальнай тэриллии буолуохтарын сөбө.
– Билигин президент эбээһинэһин толоро сылдьар Егор Борисов президенниир кэмигэр саха норуотун хаста даҕаны «инертнэйдэр», ол эбэтэр сыылбалар диэн турар. Ону кытта сөбүлэһэҕин дуо?
– Биһиги, сахалар, олус тулуурдаах дьоммут. Ол да иһин тыйыс айылҕалаах сиргэ олохсуйан, баччааҥҥа диэри дьирээлэһэн тиийэн кэллэхпит. Уонна сыылба аатырдахпытый?! Мин санаабар, төттөрүтүн, туох эмэ саҥаны киллэрэр буоллахха биһиги атын регионнардааҕар түргэнник ону олоххо киллэрэ сатыыбыт. Ону баара билиҥҥи былаас дьон иилэ хабан ылыан сөптөөх туох эмэ уларытыытын, саҥаны, туһалааҕы киллэрэ сатаабат. Эбэтэр киллэриэн даҕаны куттанар. Тугу эмэ саҥаны киллэрдэҕэ буолан иһэн, куттанан барытын сабан-тохтотон кэбиһэр.
– Ил дархан быыбарыгар Егор Борисовы сэргэ Федот Тумусов кыттыа дииллэр. Эйиэхэ хайаларын позицията, олоҕу көрүүтэ чугас дии саныыгын?
– Иккиэн даҕаны олоххо уопутурбут политиктар. Ол эрээри республика тыын, сүрүн боппуруостарыгар биир сүнньүлээхтик быһаарсыбаттар, тастан дьайыыга бас бэринэллэр. Түмүгэр улахан алҕаһы оҥороллор, нэһилиэнньэ интэриэһэ көрүллүбэт. Ол да иһин быыбарга кыттарга сананнаҕым.
– Эн республика сайдыытыгар көрүүлэргин өйүүр дьон төһө элбэҕий? Быыбарга кыайан ил дархан буоллаххына, бииргэ үлэлэһэн республиканы салайсыах дьоннооххун дуо?
– Мин республика сайдыытыгар көрүүлэрбин үгүс киһи өйүүр. Оттон салайааччылары ылан көрдөххө, кинилэр элбэхтэр, ол эрээри ааттарын ааттаталыыр өссө эрдэ дии саныыбын. Кинилэр билиҥҥи былаастан хайа эмэ өртүнэн тутулуктаах дьон буоллахтара, дьиэ кэргэннэрин иитиэхтэрин наада. Оттон биллэр-көстөр дьону ааттаталыахпын туттунабын, кими эмэ көтүтэн кэбиһиэхпин сөп.
– Былааска улуустаһыы баар дииллэр. Холобур, Николаев кэмигэр хаҥаластар этилэр, Штыров мирнэйдэри, производственниктары анаталаабыта, Борисов – чурапчылары диэн кэпсэтэллэрэ баар суол. Эн, арааһа, намнары анаталыырыҥ буолуо?
– Намҥа төрөөбүт “буруйбунан” оннук буоларыгар тиийэр (күлэр). Ону сэргэ аҕам биир дойдулаахтарын муомалары, ийэбинэн – сунтаардары уонна өлүөхүмэлэри, кэргэмминэн – тиксиилэри, ийэ кылыммынан – хаттаан чурапчылары ыҥырарга тиийэбин. Оттон оонньуута суох эттэххэ, кадрдары хайаан да профессиональнай хаачыстыбаларынан, уопуттарынан, авторитеттарынан көрөн, аттаран туруоруллуохтаах.
– Быыбар хампаанньатын кэмигэр административнай ресурс күүскэ туттуллан эрэрэ номнуо билиннэ...
– Билигин президент эбээһинэһин толорооччу Егор Борисов быыбарын хампаанньатын саҕалаабыта ыраатта. Барыта көстө-биллэ сылдьар. Арай быыбардааччылар бэйэлэрэ билиэхтэрэ буоллаҕа – хайдах кандидаты, кими республика ил дарханынан талалларын.
Кэпсэттэ
Александр ЯКОВЛЕВ.
“Туймаада” хаһыат.
Бэс ыйын 10 күнэ, 2014 сыл.
Category: Эрнст Березкин |
Views: 4345 |
Added by: uhhan1
Ааҕыылар
Баар бары (online): 20
Ыалдьыттар (гостей): 20
Кыттааччылар (пользователей): 0