News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2014 » Атырдьах ыйа » 26 » «Барыыһабыҥ Путин саллаата буолла. Хаста даҕаны баран приемнанна. Ыктылар быһыылаах. Сокуон үлүгэрин киллэрэр. Кытай үлүгэрин киллэриэхтээх.
«Барыыһабыҥ Путин саллаата буолла. Хаста даҕаны баран приемнанна. Ыктылар быһыылаах. Сокуон үлүгэрин киллэрэр. Кытай үлүгэрин киллэриэхтээх. | 08:39 |
Харысхал бэлиэлээх хоһуун үлэһит дьонноох Хордоҕой сиригэр
26 Август, 2014 в 1:43
«Барыыһабыҥ Путин саллаата буолла. Хаста даҕаны баран приемнанна. Ыктылар быһыылаах. Сокуон үлүгэрин киллэрэр. Кытай үлүгэрин киллэриэхтээх. Сирбит баайын атыылаан, сирбитигэр туох даҕаны хаалбатын курдук буолла».
Ардах аргыстанан күһүөрэн эрэри кытта күрэс былдьаһан ыраах айаҥҥа туруннубут. Ардах суолун батыһа. Биһиги тиийиэхтээх сирбитигэр ардах кытары хойутуур, атын да аара сыппаан, арыый уларыйан, бытааран тиийэр.
Күһүөрэн эрэри кытта күрэс былдьаһа
Сунтаар улууһун хотугулуу-арҕаа диэкинэн саамай уһук сытар нэһилиэгэр — Бүлүүчээҥҥэ урут эбитэ буоллар уунан эрэ устан тиийиллэр этэ. Сэбиэскэй сахтан кыайтарбатах, хас эмэ көлүөнэ дьокутаат эрэннэриитигэр куоһур туттубутун иһин иннин биэрбэтэх суол силигэ ситэрэ бу кэллэ. Кириэстээхтэн Наахараҕа диэри суол ааттаах. Наахараны ааһаат уу быһа сотор сиринэн мас уурбуттар. Сиртэн өнүйбэт иномарка, ол эрэн, син ааста.
Айаммыт салҕанар. Сайыммыт барахсан күлүм гынаат күһүҥҥүгэ баһыйтарда дэһэбит. Суоппар уолбут күн бэҕэһээ ыһыах дьалхаана этэ, биирдэ өйдөөбүппүт Саҥа дьыллаан эрэр буолуохпут диэн тыл кыбытар, сааһырдахха бириэмэ өссө түргэтиир диир. Биир аргыспыт олох диэн оннук диэн тоһоҕолуур.
Бу отуттарын эрэ тахсыбыт уолаттарга бириэмэ сыыдамсыйбыт буоллаҕына, мин туспар букатын иирбит курдук эргийэр ини диэн испэр саныыбын. Күһүн да үтүөлээҕин өйдөтөлөөн бэйэбин уҕарытынабын. Арай сүүрбэтин саҥа туолаары сылдьар устудьуоҥка Жанна массыына иһин толорор муусукаҕа сөп түбэһэ хамсанар. Киниэхэ арай олох кэмэ атыннык устара дуу?
Ол ыккардыгар Бүлүүчээммитигэр тиийэ охсобут. Тута киин Ленин уулуссаларыгар баар буолан хаалабыт. Арба нэһилиэккэ киирэр бэлиэлэрэ бэрт ураты, икки тылынан суруктаах, кыһыл өҥнөөх. Иккис ураты – уулуссаҕа аҕай катердыҥы лодка постамеҥҥа турар. Бүлүүчээннэр сүрдээх ууһут дьоннор. Хас ыал манна оҥочолоох. Миинэр миҥэлэрэ диэн ол эрэ этэ, билигин киһи үксэ массыына көлөлөөх. Урут аймаҕым аах массыына ылыммыттарыгар суола суохха туоххун массыынатай, кыһын эрэ сылдьаары дуо диэн айахтаппыттааҕым. Наадата, дьэ, билигин кэллэҕэ. Урутаан эттэххэ, оскуолалара интернат-лицей. Өрөспүүбүлүкэҕэ аатырар оскуола. Урут да, билигин даҕаны. Быйыл уон биир оҕо бүтэрбититтэн сүүс бырыһыан үөрэххэ киирбиттэр. Билиини дириҥник иҥэрэр учууталлардаах кыһаҕа ыраахтан-чугастан анаан кэлэн үөрэнэллэр. Ол билиини таһынан оҕоҕо тута айаҕын ииттэр кыахтанарын курдук идэ биэрэллэр.
Үчүгэй оскуолаларга үчүгэй учууталлар үлэлииллэр. Дириэктэрдэрэ эдэр, кэллэктииптэрэ эдэрдэринэн саҥардылла турар. Эдэр учуутал манна биэс сыл үлэлиибин диэн дуогабардастаҕына, куоракка буор-босхо дьиэлэнэр. Дьэ, бу үчүгэй стимул.
Хайа эрэ тойоттор кэлэн, оскуола аттыгар крузер бөҕө анньыллан турарын көрөн, манна баан дуу тугуй диэн саҥа аллайбыттара уос номоҕор сылдьар. Учууталларбыт массыынанан үлэлэригэр кэлэллэр. Кинилэр иэскэ киирэн кыаҕырбаттар. Уоппускаларын харчыта кырата 150 тыһыынча, сорохтор 250 тыһыынчаны ылбыт сурахтара иһиллэр. Массыыналанымына.
Олох ырай дойдутун курдук кэпсээн эрэбин дии. Учууталлар барахсаттар киһилии хамнастаммыттара биир-икки эрэ сыл буолла. Ил Түмэҥҥэ бюджет кэмитиэтин өр кэмҥэ салайбыт, билигин да онно солбуйааччы быһыытынан сылдьар ыстаастаах дьокутааппыт Александр Уаров этэринэн, Путин «майскай» укааһын толоро сатаан, атын салаалартан харчыны көҕүрэтэбит диир. Ол иһигэр тыа хаһаайыстыбатыгар бэриллиэхтээх харчыттан.
Дьэ, итиннэ кэлэн доҕолоҥнуубут. Ону бүлүүчээннэр аһаҕастык этэллэр. Бүлүүчээттэр саҥарар саҥалыын, көстөр көрүҥнүүн бэрт намыын, холку, киэҥ көҕүстээх дьон. Ол гынан баран майгыларын сүнньэ биир уратылаах – кинилэр уларыйбат биир сүрүннэрин туохха да туран биэрбэттэр. Ол-бу мэҥиэ аайы, этэргэ дылы, «хайдыбаттар». Дэлэҕэ, “Сиэрдээх Арассыыйа” баартыйа чуо манна ааспыт быыбарга отут бырыһыаны ылан, актыбыыстара мөҕүллүө дуо, эн тускуттан тыраахтыры ыһыгыннарарбыт хаалла диэн. Улуус-улуус аайы бэриллиэхтээҕи мэҥиэлээн куолас хомуйа сатааһын быйыл эмиэ хатыланыах муҥа дуу? Бүлүүчээннэри суолгутун оҥортордубут диэн сүүс бырыһыан биллэр дьоҥҥо куоластата сатыахтара буолуо. Ол эрээри дьон хараҕа аһыллыбыт, өйө дьэҥкэрбит курдук. Бу кырыы сиргэ турар нэһилиэк да дьоно, хайа муҥун, эдэрдэри талыахха дииллэрэ үйэ уларыйан эрэрин туоһулуур курдук.
Тыраахтыр манньалаах быыбардар, харчы түҥэтиилээх праймеризтар – кинилэргэ барыта көҥүл. Атын киһи кыратык да сыыстаҕына бырастыы гымматтара биллэр.
Улуу түгэн
Биир ыалга киирбиппит – улуу түгэҥҥэ тиксэн хааллыбыт. Үйэҕэ биирдэ буолар түгэн да диэххэ сөп. Оҕо да оҕо, киһи да киһи. Чуо бу күн дьиэлээх хаһаайын, сэрии кыттыылааҕа, биир ликбез үөрэхтэннэр да сааһын тухары биригэдьиирдээбит, үлэ бөҕөтүн үлэлээбит Софрон Матвеевич ДАНИЛОВ 100 сааһын томточчу туолбут!
Кэлэр нэдиэлэҕэ үбүлүөйүн бар дьон барыта бэлиэтээри оҥостор. Бүгүн оҕолоро, сиэннэрэ, чугас дьоно мустубуттар. Тоҕус оҕолоох ытык кырдьаҕас эбит. Сиэнэ хаһын аньыырҕаан аахпат идэлээх үһү. Оҕонньор чэм курдук. Бэрт элбэҕи куолулаһыаҕын, олох улахан саҥаны эрэ истэр.
Бүлүүчээҥҥэ кэм кытары атыннык устар
Бу Бүлүүчээҥҥэ сырыы туһунан ымпыктаан суруйарбыт оруннаах. Бүлүүчээҥҥэ киһи киһитинэн, саха сахатынан буолуу арыыланан хаалбыт курдук. Баҕар, ырааҕырҕатан тойон-хотун кэлэ-бара өйдөрүн аһара сыспаттарыттан да буолуо.
Дьон аһаҕас, ол эрээри санаатын атын дьон тылын хоту уларыта оонньообот. Уулуссаҕа да көрсүтэлиир дьоммутун кытары тохтоон кэпсэтистэххэ, баар балаһыанньаны бэрт ээ диир суох. Кыһыйааччыта, хайа муҥун диэччитэ баһыйар курдук.
Ама дойдуларга саламтаны уларытан иһэллэр. Эн бэрт буол, бэрдэ да суох буол. Гений да үөһэ чыпчаалга уһаатаҕына мэйиитэ эргийэр. Онон, уопуттаах, саҕалаабытын ситэрдин диир билиҥҥи үйэҕэ оруна суох. Оҥорорго кэм бэриллэр. Хаһан кини уопутуруор диэри бүтүн олох да ааһыан син.
Ордук сааһырбыт өттө эдэрдэргэ охтор буолбут. Кинилэр хас быыбар аайы талар дьоно тиэрэ үлэлииллэрин, биитэр букатын күлүк курдук мунньахха эрэ сүөдэллэн олороллорун көрө сатаан хал буоллахтара. Кинилэр кэрдиис кэмнэри тэҥнии тутан оннук санааҕа кэллэхтэрэ.
Инньэ гынан, күһүҥҥү киһи быһыытынан күлбүтүнэн, үөрэ-көтө үлэ-хамнас туһунан суруйаары гыннахха, хайдах да эргит, быыбар быыллаах тиэмэтигэр иэҕиллэ тураҕын.
Ардаҕы илдьэ кэлбит курдук буолбуппут, сотору халлаан халлан, өссө кустугунан бэлиэтээтэ, күммүт күндээрэн киэһэрбитин мэлдьэстэ. Биир бэлиэ түгэн – Бүлүүчээҥҥэ хойут хараҥарар. Ама кэм кытары манна атыннык устара буолуо дуо?
Сарсыныгар күн киэнэ ааттааҕа үүннэ. Эрдэттэн олохтоохтор арыы сыаҕар үүттэрин туттара тиэтэйдилэр. Ким сатыы, ким матассыыкыл көлөнөн, тыраахтырынан даҕаны ол диэки хайысхаланна.
Маннааҕы кэллэктиибинэй үлэлэтэр сыаҕа аһылла илик буолан, уулусса нөҥүө ыалга таарыйдыбыт. Таба тайаммыт эбиппит. Бэҕэһээ сүүс саастаах ытык кырдьаҕаска чуо тиийбит буоллахпытына, бүгүн саха омугун арчылыыр бэлиэни айбыттар балаҕаннарыгар ыалдьыттаатыбыт.
«Саха саргыта» уонна киһи аймах харысхал бэлиэтэ
Марфа Николаевна КОНТОГОРОВА бэйэтин тус баҕатынан тиэргэнин иһигэр балаҕан туттарбыт. Билигин хас нэһилиэк ахсын итинник балаҕаннар баар буоллулар. Ол гынан баран хас балаҕан тус сыаллаах, ис эйгэлээх. Били суохтуур биир итэҕэлбитин норуот бэйэтэ сүрүннүүргэ туруммута буолаарай?
-2001 сылтан «Саха саргыта» диэн түмсүү тэринэн үлэлиибит. Түмсүүнү мин салайабын. Оскуолаҕа оҕолорго «Дьоҕур» кулуубу салайсабыт. Сүрүн дьарыкпыт – кылынан үлэ. Оҥоһуктарбыт араас быыстапкаларынан сылдьан, нэһилиэкпит, улууспут, Сахабыт сирин, Арассыыйа аатын аан дойдуга кытары ааттаттылар.
Үксэ биэнсийэлээхтэр манна дьарыктанабыт.
-Иис-уус эрэ киинэ буолбатах, бөһүөлэк духуобунай киинин курдук сыаналыахха сөп эбит. Духуобунай сайдыыга бастакы сүрүн хардыыны оҥорбуккут, чөл олох Бүлүүчээҥҥэ хаһааҥҥыттан саҕаланна?
-Бастакы баһылыкпыт олохтуоҕуттан күн бүгүнүгэр диэри бу хамсааһын баар.
Дьиктиттэн дьикти. Марфа Николаевна кылынан өрөн таһаарар ойуута уонна онно сыбыы суруга түүлүгэр үксүн киирэр эбит.
Панноҕа оһуорунан омооно тахсыбыт сырдык киһи илиитигэр таас диэҕи таас буолбатах сырдыгы тутан турарыттан саҕыллар таһымы ааптар биһиги, сахалар, ити таһымҥа тиийиэхтээхпит диэн тойоннуур.
Сүрүн үлэ – харысхал бэлиэтэ. Латыыныскайдыы “Сүргүн сүрүннэн, Куккун күрүөлэн, Саргыгын салайын ” диэн сурук саханы арчылыыр аналлаах.
-Барыта бэйэбититтэн тутулуктаах. Киһини биэс эйгэ харыстыыр: уу, уот, сир, халлаан, таас. Үөһэттэн үргүөр үргүйбэтин (панноҕа ортоку олбох), аллараттан аргыар аргыйбатын (түөрт өттүгэр кириэс курдук), иннигэр-кэннигэр ибири кээспэтиннэр, ойоҕосторгуттан ончу охсубатыннар. Оттон түөрт өттө үрүҥнээҕэ киһи дьоло дойдутун түөрт өттүгэр диэн.
Учуонайдар бу ойууну көрөн баран, түҥ былыр курыканнар саҕаттан кэлбит харысхал бэлиэ, эһиги хантан билэн маны оҥордугут диэн сөхпүттэрэ.
Хайа баҕарар киһи биэс эйгэнэн харыстанан, бэйэтин тулаланан сылдьыахтаах. Олох сахалыы былыргы өйдөбүл ити. Бу ойуу бэйэбитин ааһан, нэһилиэкпитин харыстыыр. Маннык үлэлэр бүтүн саха норуотун көмүскүөхтэрин сөп этэ.
Энергия таһымын бэрибиэркэлиир прибордарыгар бу үлэ олох нэлэччи аһыллар. Сахалары эрэ буолбатах, бүтүн киһи аймаҕы биэс эйгэ харыстыыр.
Мин биир утарарым диэн, хантан эрэ кэлбит норуоппут диэн санааны тарҕаталлар. Биһиги хантан да кэлбэтэх төрүт олохтоох омуктарбыт!
Аан дойдуга үс ахсаан иһинэн сылдьыбыт бөлүһүөк
Биһиэхэ, Бүлүүчээҥҥэ, бэйэбит өтө көрөр өйдөөх Сэмэн Тимофеев оҕонньордоох этибит. Барытын эрдэ билбит эбит. Кыһыл былаах кыайтарыа, күөх былаах күөрэйиэ, кытай омук кыайыаҕа, саха омук туругуруо диэн инньэ 40-с сылларга эппит. Утуйа сытан оннук саҥарара үһү. Черчиллээх кэпсэтиилэрин эҥин барытын билбит эрдэттэн. Түүн хас да омук тылынан кэпсэтэр үһү. Ол сэрии саҕана маннык аан дойдуга үспүт диир эбит.
Ол кырдьаҕаспыт түүлбүтүгэр киирэн этиттэрэр быһыылаах дии саныыбыт. Олус сатарыйаары гыннылар диэн биһиги нөҥүө этэр быһыылаах диэн тойоннуубут.
Кини экспедиция кэлэрин эмиэ эппиттээҕэ үһү. Антах харахтаахтар, бэттэх муруннаахтар кэлэн сирбитин сүргэйиэхтэрэ диэбит. Икки төгүл уорганнар тутан Сунтаарга киллэрэ сылдьыбыттар. Өтөҕүттэн харыс халбарыйбатах, үөрэҕэ суох оҕонньору Англия үспүйүөнүгэр күтүрээбиттэр. Бу хантан билэн саҥарарый диэн.
Бэйэбит омук быһыытынан уратыбыт дуу, үчүгэйи өрө таһаарбат идэлээхпит. Бэрт былдьаһыы ойууттар ыккардыларыгар урут да баара үһү.
Кылынан бэргэһэ, ол-бу оҥоһук бөҕөтүн өрөн тарҕаталаан баран өйдөөбүппүт – көрдөрөргө диэн туохпут да суох эбит. Ол иһин биэс сыл бүгэ сытан үлэлээн бараммыт, аан дойдуга таҕыстыбыт. Дьон көрүөхтээх уонна билиэхтээх. Сунтаардааҕы Зверев мусуойугар махталбыт улахан. Кинилэр биһигини таһаардылар.
Кылынан үлэ уустук уонна уһун. Биир кыһыны быһа уон алта буолан ити биир паннону оҥоробут.
Сиэл киһи доруобуйатыгар олус туһалаах. Москубаҕа «Поле чудес» биэриигэ Саха сириттэн барбыт дьахтар сиэл дэйбиири Якубовичка бэлэхтииригэр «комаромахалка» диэн ааттаабыта кулгааҕым таһынан киирбитэ. Сахалар арчылыыр, ыраастыыр ытык тэрилбит буоллаҕа.
Сэргэ эмиэ ураты суолталаах. Сэргэлээх панноҕа энергията таһымныырын прибор бэлиэтиир ээ.
Биэс харах бэлиэтин бөһүөлэккитигэр тарҕатыҥ диэбиттэрэ. Хас биир ыалга итинник баар буоллаҕына, ыраах да, чугас да сылдьар урууларгытын харыстыы, харыһыйа турар эбит.
Маннык түмсүүлэргэ урут-уруккуттан актыыбынай дьон сылдьар, олорбут дьон соннук олорон хаалаллар. Ол иһин маннык түмсүүлэр сир-сир ахсын элбииллэрэ наада. Бэйэҥ интэриэскинэн түсмэриҥ ордук. Биһиги саамай элбээбитэ 56 буола сылдьыбыппыт. Кирдээх-хохтоох, сыраны, уһуннук биир сиргэ таба олорору эрэйэр үлэ буолан, саамай бэриниилээхтэрэ эрэ хаалбыттара. Билигин ахсааммытынан 12-бит, үлэлээччилэрэ 8-пыт.
Маҥнай бэйэбит эмтэнээри диэн бу дьарыкка кэлбиппит. Сылгы туох баара барыта эмтээх.
Ситэ илик үлэбит элбэх. Кыайыы 70 сылын көрсө элбэҕи оҥоруохтаахпыт.
Үүт-сүөгэй үрүйэлии устар
Харысхал бэлиэлээх хоһуун үлэһит дьонноох Хордоҕой сиригэр сарсыарда эрдэттэн дьон биир сиргэ дьулуһар. Арыы сыаҕар үүт туттараары. Сэбиэдиссэй Зоя Николаевна СПИРИДОНОВА:
-Күҥҥэ 700-н тахса лиитэрэ үүтү тутабыт. Кэпэрэтииптэн уонна чааһынай ыаллартан. Уопсайга отучча ыанар ыанах баар. Ыал ынаҕын сайын ыыллар. Кыһын эмиэ арендаҕа ынах тутан кырдьаҕастарбытын абырыыллар. Көннөрү дьон ынахтарын туттаран баран сайынын оттууллар, сынньаныахтарын да син.
Оппут быйыл бу диэки үчүгэй. Төһө да кураан сайын буоллар, уруккуттан сииктээх дойду, онон от үүннэ. Нэһилиэнньэҕэ арыыбытын, сүөгэйбитин тута батаран иһэбит.
Уларыйбат биир уратылаахтар
Эрэл кыымын саҕар санаанан суруйууну туомтуу баайдахха маннык. Ыраах Бүлүүчээҥҥэ аныгы олох араас атрибута, дьэ, тиийэн кэллэ. Сүтэ-сүтэ тиллэр да буоллар, суотабай сибээс баар, кыһыннары-сайыннары сылдьарга суол, Наахараҕа эрэ диэри да буоллар, баар буолла. Ол эрэн сүрүнэ – уруккуттан уларыйбат биир уратылаахтар. Онтулара кинилэри биир тыынныыр, сомоҕо күүс диэн. Бүлүүчээннэр үлэни-хамнаһы күргүөмүнэн саба түһэн бүтэрэр-оһорор идэлээхтэр. Уруккулуу буор-босхо субуотунньуктаан. Кыһалҕалаахха көмөлөһөллөр, кыайбыты уруйдууллар. Ол иһин чуо Бүлүүчээнтэн Саха сирин саарыннара үүнэн тахсаллар. Ыраах да сырытталлар биһиги, бүлүүчээннэр, диэбитинэн сылдьаллар. Ол эрээри атын сиртэн анаан кэлбит эдэр специалистары ытыстарын үөһэ түһэрэн, үлэлииригэр-сайдарыгар усулуобуйатын тэрийэ охсоллор.
Бу буолар, сүдү күүс. Биир тыыннаныы, биир күүстэнии. Атыттарга холобур буоллун диэн биир нэһилиэги ойо тутан, быһыта-орута кэпсээтэххэ итинник.
Итэҕэл түмэр киинэ – манна, чөл олох түөлбэтэ – манна.
Уот харахха эттэхтэрэ үһү
Харчынан быыбар
-Эдэр дьон Ил Түмэҥҥэ туруохтаахтар диибин. Оройуоҥҥа нэһилиэнньэттэн тутулуктаах этэ ким дьокутаат буолара. Эдэриттэн кырдьаҕаһыгар тиийэ тураллара. Билигин үптээх-харчылаах тойон дьон эрэ дьокутаат буолаллар.
Сааппаккалар, дьоҥҥо-сэргэҕэ ону-маны бэлэхтииллэр. Холобур, Уаров Егорова Евдокия Васильевна диэн эмээхсиҥҥэ миэхэ куоластыырга агитациялыыр буоллаххына, квартира биэрэбин диэбиттээҕэ.
Сиэптэриттэн харчы ылан биэрии буолар. Итиэннэ Егор Афанасьевич Борисов Кириэстээх киһитэ уот ааныттан улахан баай киһиэхэ үлүгэр кирэдьиитин сотторон турар. Үлүгэр сүөһүнү, сылгыны онтугар атыыласпыта. Ол киһиэхэ «Беларусь» тыраахтыры аҥаар сыанатыгар биэрэр. Кэлэн үбүлүөйүгэр ыалдьыттаан баран. Икки хостоох таас квартираны былырыын босхо биэрбитэ. Иккис квартиратын дуу, сураҕа.
Бу сүрдээх балаһыанньа! Сорох киһи сарсын аһыыр аһылыга суох балаһыанньатыгар бу тойон бэрисидьиэн сирэйэ-хараҕа суох итинник гынара сүрдээх. Былырыын ол киһи бэйэтэ эппитэ, миэхэ специально телефоннаан. Үлэлээбиппин, дьэ, биллэрдэ, икки хостоох таас квартира күлүүһүн кэлэн ыл диэн илдьиттээтэ диэн. Икки ый куоракка онно олоро сатаан баран, кырдьаҕас киһи тулуйбат эбит, оҕолорбор биэрэрим буолуо диэбитэ.
Бу нэһилиэккэ бачча мөлүйүөнү биэрэбит диэн буолар. Ол харчыны бу нэһилиэк салайар киһитэ бэйэтэ билэр дьонугар, биитэр аймаҕар тэбэн биэрэ сатыыр. Синньэ дьоҥҥо суох. Маннык сиэринэн нэһилиэк сайдыбат. Урукку курдук, оройуонтан манныгы тутар буоллахпытына бачча харчы, сметата маннык төлөнөр диэн курдук буоллаҕына биирдэ олоҕуҥ сайдан барыа этэ.
Тыа хаһаайыстыбатыгар харчы көрүллэр диэн буолар. Үлэлиир дьоҥҥо ол тиийэн кэлбэт. Ханна сиэнэн ханна барарын туох билиэй…
Син биир Березин кыайыаҕа диэн буолар. Кыайдын да хайаатын, аҥаардас “Единэй Россия” туһугар буолуохтаах, эн үлэлиир-үлэлээбэт боппуруоскун быһаарыахпыт, онно куоластаабатаххына сатаныа суоҕа диэн буолар. Уонна дьоҥҥо харчы ылан бэрсэ түһэллэр, кыраны.
Харчынан быыбардыыр буоллаххына, былыргы курдук буоларыгар тиийэр. Эһэм кэпсииринэн, былыр да быыбар буолар үһү. Кинээс буолуохтаах киһи норуотун мунньан куоластатар үһү, кэрийэ да сылдьан. Уонна бачча киһи нэһилиэккэ баар диэн бэйэтэ соҕотоҕун киирэн куоластыыр. Оройуон быраабатыгар. Билигин оннук эмиэ буоларыгар тиийэн эрэр. Биир эрэ баартыйа баһылыырын кэннэ.
Василий АЛЕКСЕЕВ, Наахара олохтооҕо.
«Барыыһабыҥ Путин саллаата буолла…»
-Тойоттор тыа сирин олоҕун-дьаһаҕын билбэттэр. Холобур, биһиги Сунтаарга тыһыынчаҕа киирэбит-тахсабыт. Биир дьыалаҕа, баҕар, үстэ-түөртэ киириэхпит. Үс-түөрт тыһыынчаны ороскуоттуохпут. Биһиэхэ ол охсуу, кинилэр билбэттэр. Хастыыта даҕаны кинилэр ыҥырыахтарын сөп.
Былыргы хомуньуус баартыйаны баһааҕырдан, кириитикэлээн байаллар. Онтуҥ тутан олорбут баартыйа. Билигин биир ньыгылларыҥ оруобуна кинилэри үтүктэн, барытын тобуктата сатыыллар.
40-сыл анараа өттүгэр биһиги үөрэнэр сылларбытыгар Россияны капиталистическай дойдулар хайдах даҕаны сэриилээн кыайар кыахпыт суох, ол иһин биһиги өй өттүнэн мөлтөтөн, куһаҕанынан киирэн, Россияны тобуктатыахтаахпыт диэн политикалаахтар этэ. Ол оруобуна кэллэ. Россия аана аһаҕас. Ким барыта киирэр-тахсар. Туох баар куһаҕан барыта киирдэ.
Барыыһабыҥ Путин саллаата буолла. Хаста даҕаны баран приемнанна. Ыктылар быһыылаах. Сокуон үлүгэрин киллэрэр. Кытай үлүгэрин киллэриэхтээх. Сирбит баайын атыылаан, сирбитигэр туох даҕаны хаалбатын курдук буолла. Оҕолорбутугар, сиэннэрбитигэр хаалларабыт дииллэр даҕаны, экология өттүнэн саамай охсуулаахха тиийэн олоробут. Биһиги уубут куһаҕанынан мөлтөөтүбүт буолан баран, син ыраас аһылыкка, ыраас салгыҥҥа иитиллэн кэллэхпит дии. Ол иһин туруктаһан сылдьабыт.
Александр ПОНОХОВ, Наахара олохтооҕо.
|
Category: Выборы |
Views: 1776 |
Added by: uhhan1
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 64 Ыалдьыттар (гостей): 64 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|