Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2014 » Балаҕан ыйа » 3 » норуот кэнчээри ыччатын инникитин туһугар олоҕу уларытыан, тупсарыан, сайыннарыан сананар буоллаҕына (дьиҥинэн эбээһинэһэ буо…), быыбарга та
норуот кэнчээри ыччатын инникитин туһугар олоҕу уларытыан, тупсарыан, сайыннарыан сананар буоллаҕына (дьиҥинэн эбээһинэһэ буо…), быыбарга та
22:49
Быыбар дуу? Талыы дуу?
 
 Биһиги Сахабыт сирин  тыына атын, араҥаччылаан турар иччилэринэн да күүстээх диэн элбэх сири-дойдуну кэрийэн тэҥнээбит буолан,  аһаҕастык этэбин. Онон улаханнык киҥир-хаҥыр саҥарсыы дуораана окко-маска сөрөнөрүн, тыынар-тыыннаахха таҥылларын, хамныыр-харамайдарга хатанарын олохтоох сахалар умнубаппыт буоллар диэн бэйэм санаабын суруйабын.
Билигин ханна баҕарар быыбар тэрээһинэ, түбүгэ, туруулаһыыта...
Атын өттүттэн ыллахха - кыһалҕата, мөккүөрэ, айдаана.
 
Быыбар тылын сүмэтэ да талыы (выбор) диэн. Алтыһар дьонум да эбэтэр атын сиргэ кэпсэтииттэн иһиттэххэ да «Борисов сөбүн олордо, киниэхэ эрэ куоластыа суохха наада…» дииллэр. Ол гынан баран «…син-биир Борисов хотор» диэн бигэ уонна бэлэм эппиэттээхтэр.
Оттон атын туруоруммут эрчимнээх эдэр Эрнест Березкин туһунан кэнники кэмҥэ өссө элбэх, кыраны да сыыска түһэрбэккэ суоҕу да баар кынан баһааҕырдыы үлэтэ холуннарыы да, хайҕааһын да ватсабынан кытары бара турар.
Ону мин, политиканы сатаан ситэн ырыппат киһи, аҥардастыы анаардахпына, төһөнөн куһаҕан өттүн булан көрөллөр да, ол аата Егор Афанасьевичка күүстээх туруулаһааччы эбит диэн өйдүүбүн.
 
«Айдааннаах» быыбардар буолбуттара хаһыс да сыла.
Олохпут сыаннаһа уларыйан бас-көс, тутаах дьоһун дьоммутун сүүмэрдээн ыларбыт ыараата дуу?
Иннибитигэр, биитэр бэйэбитигэр эрэлбит сыппаата, мөлтөөтө дуу? 
Кырдьыгы көрдүүр уустугурда дуу?
Хонтуруол, ирдэбил элбээн, үрдээн, кытаатан, төттөрүтүн, дьэ дьиҥнээх  ТАЛЫЫ – быыбар буолар дуу?
Ыйытык түгэҕэ көстүбэттии субуллара өйбүт-санаабыт уларыйбытыттан дуу?
 
Быыбар - тыын боппуруос буолла диэтэхпинэ алҕаһаабатым буолуо. Мунаарар киһи аҕыйаҕа суох. Олоххо, эр-ойох ыккардыгар да, үлэҕэ-үөрэххэ да  сыһыаннаан талыы көҥүл буоллаҕына эрэ киһи олоҕунан дуоһуйар. Ол аата кини инники суолун бэйэтэ солонор, арынар. Аны туран олох очурдарыгар, дьиҥинэн уларыйыы буолара сайдыыга эрэ буолар эбит диэн билиҥҥи өйбүнэн билэбин. Ыар аһыылаах кытары бу маны итэҕэйэн олоҕо тупсубут түбэлтэлэрэ элбэхтэр. Чэ бу атын, туспа тиэмэ.

Биһиги санаабытын сатаан этинэрбит буоллар уонна атын киһини тулуйан-тэһийэн истэрбит буоллар, дьэ кырдьык ил олох буолуо этэ. Дьиҥинэн барытын бэйэбит уустугурдабыт. Кэтэх өй барахсан салайарын тухары көҥүл олохха хардыыбыт өссө ыраатар.
Туох да улахан айдаана суох, Ил Дарханы урукку курдук үөһээттэн, Кремльтан аныыллара буоллар буолунай сууммалаах харчы-үп да «халлааҥҥа» көтөрө, дьон өйө-санаата да ыһыллара тохтуо этэ дии санаабаккыт дуо?

Эбэтэр, талыллыбыт болдьоҕор үлэлээбит Ил Дархан, норуот депутата уларыйыы, сайдыы туһугар миэстэтиттэн туораан, бэйэтинэн босхолоон биэрэрэ ордук буолуо этэ. Оччоҕо, дьэ саҥа кандидаттар дьиҥнээх, чиэһинэй быыбарга хабыллан,  норуот сүрэҕэ сөбүлүүрүнэн, сөптөөҕү сүүмэрдиэ этэ.
Биһиэхэ билиҥҥи быыбардарга, атын киһи аатын сиргэ-буорга тэпсэн туран, кэннэ кээнчэ да буоллун диэн  «киирсээһин» буолар. Эбиитин, хотуу туһугар норуоту утары туруорааһынынан, көҕүлээн күөттээһининэн, санааны соҥнооһунунан, киһи быраабын күөмчүлээһининэн дьарыктаналлар.
Норуот онтон салҕан, итэҕэлэ-эрэлэ сүтэн быыбарга тахсыбат.

«Саҥа киһи былааска тахсан, хас сылы быһа уутугар-хаарыгар киирэн билсэн ылсыаҕынааҕар, олорор киһи ситэри үлэлээтин ээ…», - диэн олоҕуран хаалбыт өйдөбүлүнэн сирдэтинэллэрин сөбүлэспэт санаалаахпын. Бу маннык өйдөбүлүнэн, саастарынан бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсыбыттар, үлэ миэстэтин эдэр ыччаппытыгар туран биэрбэттэр.  Саҥа үөрэҕи бүтэрбиттэри уоппута суох үлэһиттэр диэн үлэҕэ кытары ылбаттар. Хаһан эрэ, ханна эрэ саҕалыахтаахтарын умнабыт. Хата, ааспыт сылтан харчынан угуйар хардыылар оҥоһуллан хотугу улуустар абыраннылар, тыа сирин сайыннарар элбэх эдэр наадалаах үлэһиттэннилэр. 

Киһини оҥорбут үлэтинэн сыаналанар. Билбэтин хамаҕатык  ылынан саҥа киһи да сатабыллаах салайааччы буолуон тоҕо табыллыбатый? Оннооҕор, саҥа өйүн тутан эрэр кырачааннырбытынан да көрдөххө, үөрэхтээх, билиилээх улахан дьонтон төһө эмэ саҥаны сатыыллар, ылыналлар, түргэнник техникаҕа толкуйдара тобуллар, барыны бары баһылыыллар…
Эрэлинэн сүктэриллибит эппиэтинэс ханнык баҕарар эр киһи кыһалҕаны кыайарыгар, ылсан ыккатын ырааһырдарыгар, тулатын тупсарарыгар, туругурдарыгар төһүү күүс буолар.  Онон ханнык баҕарар талыыга, быыбардарга, ким баҕарар ис имин истэн бэйэтэ эрэ таллаҕына санаата дуоһуйар, уоскуйар буолаарай?

Олоххо, төһөнөн туруулаһан туран утарылаһаҕын да, соччонон элбэх мэһэйдэри, тургутуулары, хотторуулары, кыһалҕалары булан ылаҕын. Бу айылҕа тулхадыйбат сокуона. Бу маннык «өйдөөҕүмсүйдэххэ» хааһахтан хостонор билии бүтүө биллибэт. Итэҕэйэр итэҕэйиэ. Ылымматы ыххайан ычатын ыырын  кэҥэппит да астыга суох. Эмиэ соҥнооһун буолар.

Ол гынан баран, түмүкпэр биири тоһоҕолоон этэрбин наадалааҕынан ааҕабын.
Сокуону уларыта охсор уустуктардааҕынан сибээстээн быыбар буоларын буолар.
Урукку сылларга 40% тиийбэт быыбардааччы кыттар эбит. Оттон, былааһын туһанан ханнык баҕарар партия дуу, кандидат дуу 10%-тан элбэх куолаһы эбии сатаан сурумматын туһунан билээччилэр этэллэр. 

Оччотугар, норуот кэнчээри ыччатын инникитин туһугар олоҕу уларытыан, тупсарыан, сайыннарыан сананар буоллаҕына (дьиҥинэн эбээһинэһэ буо…), быыбарга тахсыахтаах. 
Төһөнөн элбэх киһи быыбар күн тахсан бэйэтин санаатын бюллетенна бэлиэтээн куоластыыр даҕаны, оччонон сиир-аһыыр былаас тохтуур. Ханнык да тойон-хотун батыһа сылдьан хонтуруоллур кыаҕа суох. Онон, саатар биирдэ, туох да куттала суох, эрэлинэн эппиэтинэһи бэйэҕэр сүгэҥҥин, көҥүл куоластыырыҥ түмүгүн ууруна эрэ быһаарар.

Оччотугар дьэ, аныгы олох хаамыытынан, хардыытынан,  бу уустук кэмҥэ, эн кыаххынан, кыттыгаскынан, олохпут оҥкула тосту уларыйыа, тупсуо, сайдыа. Саха норуота салҕаныа, ураанхай удьуора утумнаныа.
 
 
Хомпорууна.
 
Category: Выборы | Views: 1481 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Балаҕан ыйа 2014  »
БнОпСэЧпБтСбБс
1234567
891011121314
15161718192021
22232425262728
2930
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 79
Ыалдьыттар (гостей): 79
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024