News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
Право, закон
[323]
Экономика и СЭР
[839]
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
Коррупция
[862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
Социалка, пенсия, жилье
[277]
ЖКХ, строительство
[132]
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра
[240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
Промышленность
[43]
Нефтегаз
[284]
Нац. вопрос
[284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
Дьикти. О невероятном
[183]
Выборы
[661]
Айыы үөрэҕэ
[93]
Хоһооннор
[5]
Ырыа-тойук
[23]
Ыһыах, олоҥхо
[102]
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
История, философия
[239]
Тюрки
[76]
Саха
[153]
литература
[42]
здоровье
[465]
Юмор, сатира, критика
[14]
Реклама
[7]
Спорт
[123]
В мире
[86]
Слухи
[25]
Эрнст Березкин
[88]
Моё дело
[109]
Геннадий Федоров
[11]
BingHan
[4]
Main » 2014 » Балаҕан ыйа » 22 » Тыва5а айан
Тыва5а айан
11:50
Фестиваль «Зов 13-ти шаманов» глазами казахов
Воскресенье, 21 Сентября 2014 15:03
Казахстан на фестивале «Зов 13-ти шаманов» представлял человек, уже известный читателям журнала «Сакральные Силы» - Амир Субханбердин, он стал героем одной из статей во время своего приезда в Якутск в 2013 году. С Республикой Саха его связывают очень теплые и дружеские отношения.
Абике, как все уважительно называли его на фестивале, - тантрик, буддист, заслуженный целитель Казахстана и России, магистр комплементарной медицины и рыцарь Мальтийского ордена. Он является последователем древней школы Тибетского буддизма Ньингма, и был посвящен в сан «нагпа». Это йогины, практикующие самостоятельно, вне стен монастырей.
По приглашению своего друга и брата, тувинского шамана Николая Ооржака, Амир Субханбердин стал тринадцатым участником международного фестиваля «Зов 13 шаманов». В качестве журналиста и англоязычного переводчика казахстанской делегации я отправилась в Тыву. Больше всего в этой поездке меня привлекала возможность напрямую общаться с сильнейшими шаманами планеты, записывать с ними эксклюзивные интервью и своими глазами увидеть схожесть и отличия различных шаманских традиций. Гости фестиваля из разных стран мира делились своими знаниями на семинарах и мастер-классах, поскольку одной из целей мероприятия было возрождение древних традиций и обрядов в том виде, в котором они существовали издревле.
Гренландский сказитель Хившу и белый шаман Кулан из народа Саха, как и многие другие, были частыми гостями в нашем чуме. Каждому из тринадцати шаманов Абике привез подарки из Казахстана.
Лекции экспертов и исследователей шаманизма позволили узнать множество любопытных исторических фактов о традиционных верованиях сибирских народов в древности и нынешние времена. Так, в Тыве шаманизм является официальной религией наряду с буддизмом и православием. Здесь поэтично говорят, что шаманизм и буддизм – это два крыла, которые поднимают человека над его смертной природой. В некоторых шаманских обрядах заметно влияние и проникновение двух главных религиозных культов друг в друга. Например, шаманы, как и буддисты, дарят хадаки – символ гостеприимства, уважения и благодарности.
***
Хозяину фестиваля Николаю Ооржаку удалось собрать звездные имена – эскимос Хившу, мексиканец Отакамэ Рохелио Каррильо, южнокорейская шаманка Ким Джонг Хи, казахстанец Абике, алтаец Акай Кине, якут Кулан, скандинав Кайлаш, москвич Олард Диксон и другие участники наполнили смыслом и энергией этот фестиваль.
В течение десяти дней шаманы проводили обряды и камлания для того, чтобы получить видение будущего нашей планеты и просили о жизни без войн и катаклизмов. На склонах горы Хорум-Даг шаманы Хившу, Кулан, Ерденебат, Ульчи и Кайлаш провели три дня в медитациях и общении с духами и Небом. Информация о будущем земли была и радостной, и тревожной одновременно. Если в предсказаниях мексиканского шамана дона Рохелио звучали напутствия духов тувинскому народу сохранять традиции и возрождать строительство юрт для благополучия каждой семьи, то в видениях якутского белого шамана Кулана явственно слышалось слово «война». Предсказания остальных шаманов были собраны и тщательно проанализированы, скоро они появятся на сайте фестиваля «Зов 13 шаманов». В то время как часть шаманов медитировала в горах, остальные участники фестиваля провели большой ритуал и шаманский костер во имя мира на планете и на благо всех живых существ.
По словам Амира Субханбердина, международный фестиваль «Зов 13 шаманов» стал очень важным и ярким событием:
«Фестиваль прошел на высоком духовном уровне. Здесь собрались люди, которые настроены на волну гармонии и созидания. Я счастлив, что встретил здесь настоящие родственные души – это мои братья Хившу и Кулан».
Делегация от республики Саха стала практически родной для нас. Мы много времени провели в общении и беседах с шаманами Куланом, Александром Саввиновым, их помощниками Велингтоном и Иваном, с белыми шаманками Анастасией и Ириной, а также с издателем Мариной Платоновой. Нас сблизили единые тюркские ценности и традиции гостеприимства, так в один из дней якуты зарезали барана и пригласили нас на ужин. После окончания фестиваля мы вместе путешествовали по Хакасии и посетили место Силы – древнюю подземную пещеру в горах Сундуки. Смешно вспоминать, но первое время я едва удерживала себя, чтобы автоматически не перейти с русского на казахский язык в разговоре с якутами. Казахи говорят в таком случае – «кан тарткан» - кровь зовет, что немудрено, ведь мы так похожи и у нас много общего – от языка, культуры, до тюркских генов.
Во время фестиваля из всех встреч для меня оказались знаковыми встреча с Александром Артемьевым - Куланом и южнокорейской шаманкой Ким Джонг Хи. Кулан дал мне напутствие и вдохнул душу в мой хомус, а кореянка провела обряд благословения и подарила свое самое красивое национальное корейское платье Ханбок.
Миссия фестиваля «Зов 13 шаманов» выполнена. Информация о будущем планеты будет озвучена, когда придет время. К концу фестиваля казахстанцы прощались с якутами, монголами, корейцами, скандинавами, мексиканцами и остальными шаманами, как с самыми близкими родственниками. Каждому из нас еще предстоит большая работа по осмыслению и принятию пережитого на фестивале, а пока теплые воспоминания о новых друзьях поднимают настроение и вызывают улыбку. Прощай Хорум-Даг, прощай Тыва!
***
Автор: Айгуль Алиясова
Фотограф: Амир Субханбердин, Елена Горшкова
«Зов 13 шаманов»: Тыва5а айан
20 сентября, 10:18ИА SakhaLife
От ыйын 13 күнүгэр айаҥҥа туруннубут. Сиринэн. Төрдүөбүт. Сорох дьоммут инники аттаммыттара. Хайабыт даҕаны сэттэ уобалаһы, кыраайы, дьэ, кырдьык, Сири Сибиири уҥуордаан, “аймахтарбытыгар” тываларга ыалдьыттыы илик. Онон, барыта саҥа, сонун, дьикти... Кулгаах, харах буолан олорон, тула өттүбүтүн харса суох одуулаһабыт, тугу эрэ мүччү тутуохпут диэбит курдук. Эҥин эгэлгэ эриэккэс айылҕалаах, оттоох-мастаах, киһилээх-сүөһүлээх сирдэр-уоттар, куораттар, тыалар элэҥнэһэн ааһаллар.
Ол курдук, таҥара көмөтүнэн, былааннамматах быһылаана суох тиийиэхтээх сирбитигэр этэҥҥэ тиийдибит. Сырылатан дьэ куйаас дойдуга кэллибит, хара маҥнайгыттан күлүк көрдөөн туора-маара сүүрэкэлээтибит да оннук абыраллаах сири булаахтаабатыбыт, хайыахпытый, турбут сирбитигэр лах гына олоро түстэхпит дии, найыланарбыт суох... Дьоммут ким-хайа иннинэ кэлэн, олохторун-тойдорун оҥостон, букатын кэргэнниһэн, мэктиэтигэр, бэйэлэрэ, умса уур, тиэрэ бырах, үүт-маас “тыбыынас” буолан хаалбыттар. Били Уордьах Ньукулайбыт кэлэн билсистэ, үөрдэ-көттө уонна кылаабынай салайааччы буоларын быһыытынан, бүппэт түбүктэрин орохторунан сүүрэ турда.
Дь э, ол сирбит аата Хорумдаах хочото диэн эбит. Бэйэтэ ыарахан соҕус, аһаҕас, мөлтөх ньиэрбэлээх барахсан тулуйан сытыа-туруо суох курдук дьылҕалаах, тыыннаах-салгыннаах дойду эбит. Былыргы быһылааннаах сахтарга, сэттээх кэмнэргэ бэрт элбэх тыбыынас бухатыырдара барахсаттар төбөлөрүн Орто Дойду одуруунугар уурбуттар, оол көстөр соҕуруу кэлим хайалар тэллэхтэригэр кинилэр уҥуохтарын кырамталара сири кытта сир, буору кытта буор буолан сытаахтыыллар үһү диэн Куламмыт сибис гынан кэпсии түстэ. Ону ол диэбэккэ, былыргыны-хойуккуну мэлдьэспиттии, кэлээччилэр абына-табына арҕам-тарҕам араас өҥнөөх балааккалара хойуутук кэккэлэспиттэр, ыһыы-хаһыы, ырыа-тойук, тыас-уус элбэх.
Биһиги, сахалар, аньыырҕаан, чуумпура, сөҥө түстүбүт... Хайдах туох сиргэ кэллэхпитий диэн, мин туран, тулабын кыҥастастым. Тулабыт барыта хайалар, ол халлааҥҥа харбаспыт сүдү харабыл хайалар быыстарыгар Хорумдаах хочото бүлүүһэ курдук төгүрүйэ сытар. Санаабар, сахам алааһын санаан, уу моһуонун көрдөөн ол-бу диэки мэлээриҥнээтим да, оннукка маарынныыры көрбөтүм, дьөрү, күөллээҕэр, үрэхтээҕэр буолуох, кыракый элгээн, көлүччэ да суох дойдута буолан биэрдэ. Турбутунан хатан-кууран хаалбыт сир курдук да буоллар, син онон-манан күөх сэппэрээк дуомнардаах эбит. Сыгынньах атаҕы тэһэ анньар иннэлээх ачалаах. Маспын-уубун суохтаан мыыммыт курдук тура түһэн баран, кэлбит сыалбыт-сорукпут тус эйгэтигэр киирэргэ тиийдэҕим дии...
Дьэ, ол киэһээттэн саҕалаан, бу мунньустуу-тэриллии хара бүтүөр дылы, борук-сорук буоллар эрэ, хайа аннын диэки харса суох харбыалаһыы буолар. Ол аата, улахан кулуһун тула мустан, ойуун – удаҕан кыырарын, көрүүлэнэрин көрө, бэйэҥ тыыҥҥынан-салгыҥҥынан, санааҕынан онно кыттыһа...
Сааһылыы сатаан кэпсээтэххэ, сарсыардаттан саҕалаан дьарык арааһын тимэҕэ төлө тардыллар, хамсаныы-имсэнии, хабарҕа ырыатын, дорҕоону таһаарыыга эрчиллиилэр, анаан-минээн үлэлии кэлбит маастардар баҕалаахтары кытта туһааннаах дьарыктара күн устата буолаллар.
Мин доҕотторбун кытта ортоку юртаҕа тиийэн Мексикаттан сылдьар музыканнар бэйэлэрин талааннарын дьоҥҥо-сэргэҕэ билиһиннэрэллэрин бэркэ сэргээн көрдүбүт-иһиттибит. Бэрт судургу, киһи сэргээн, истиэхтээҕэр буолуох, хараҕын да хатыа суох курдук малларын-салларын холбоон-илбээн, тыаһатан-ууһатан сыалай кэнсиэр оҥордулар. Холобура, сир ахсын ыһылла сытар пластиковай бытыылкаҕа ортотунан уу кутан баран, сөптөөх түгэнигэр биирдэстэрэ эһэ охсон ылан били баҕайыны дьалкылдьыччы хамсатан уу сүүрээнин тыаһын үүт-маас үтүгүннэрэн композицияларын ситэрэн-хоторон биэрэр эбит. Салайааччылара быһыылаах, сүүһүн аннынан сургуччу көрбүт, хара (бары да наһаа маҥана суохтар этэ) бэкир киһи уһун синньигэс мас утукааннаах. Ол иһититтэн сөп буола-буола араас күндүөбэй үстүрүмүөннэрин субуйа тардан бэркэ сэрэнэн хостотолуур, аргыый аҕай уоһугар-айаҕар даҕайан дьикти тыастары, дорҕооннору таһаартаталыыр. Биһиги бары дьоппунуоска киирбит дьон курдук, ас-таҥас мантан эрэ тахсыыһы диэбиттии били мас утукааны убаастыы одуулаһабыт, киһибит илиитин-атаҕын батыһыннары көрөбүт, айахпытын атан, харахпытын симэн, иһийэн олорон истэбит. Бүтэҥитик тыаһыыр улахан тирии барабаанын охсо-охсо тыва уола ааттаах үчүгэй хабарҕа тойугун толордо. Үҥкүүлээччи үҥкүүлээтэ, ыллаһааччы ылласта. Ол быыһыгар хомус кытта дьүрүһүйэр, истэргэ наһаа кэрэ, айгыр-силик айылҕа дьиктилээхэй тыаһа-ууһа бу кыараҕас кыра юрта иһигэр биирдэ түмүллүбүтэ, манна мустубут араас омук дьонун сүрэҕин-кутун холбуу тутан айылҕа алыптаах аартыктарын нөҥүөлээн кудул куйаарга көтүтэргэ дылы гынна...
Ол үрдүк күргүөмнээх күүрээннээх күннэргэ тохтообокко кэриэтэ үөһэттэн-аллараттан дүҥүр тыаһа, хабарҕа ырыата, хомус дорҕооно өрө ньиргийэн олороро. Үөһэттэн тыас диэн, ол аата, били кэриччи хайаларга үс хонукка улуу үлэҕэ тахсыбыт түөрт ойуун уолбут айаас айаннарын тыаһа-ууһа, дүҥүрдэрин дуораана. Аллараттан тыас диэн, аттыбытыгар олохтоммут кэриэй удаҕанын алтан тэриэлкэтин хатан тыаһа, хайа анныгар киэһэ аайы буолар хомуур кыырыылар тыастара, ырыа-тойук, үҥкүү- битии. Ол кэриэйбит удаҕаныгар бүппэт уһун уочарат, хата, аныгы олох сиэринэн, Кыһыл куоракка олохтоох ханаалынан биллэрии бэрдэрэн, бэйэтэ да кэмсиммит буолуохтаах, кэлин тиһэҕэр. Сынньаппаттар, сарсыарда халлаан сырдыыта, им тыгыыта, юртатын ааныгар халыҥ халҕаһа хамсаабакка турунан кэбиһэр, сол курдук инньэтэх киэһэ им сүтүөр, күн арҕаа хайа кэтэҕэр түһүөр дылы били “харабыллар” хамсаабаттар, сирэйдэрин омооно эрэ уларыйар. Көрбүөччүлүүр, кэриэйдии арчылыыр эҥин быһыылаах, хайдах эрэ хотугулуу ырыаҕа маарынныыр ырыа иһиллэр уонна субу-субу били алтан тэриэлкэ тыаһа даҕаспытынан өрө кырылыы түһэр.
Ол юрта ойоҕоһугар, таһырдьа, аһаҕас халлаан анныгар биһиги “өлөр” дьүөгэбит, иннэлээх сап курдук батысыһа сылдьар хакаас омук хаҥыл кыыһа алта уонус хаарын саҥа үктүөх курдук үтүмэнигэр сылдьар, улуу удаҕан Нөнүөһэ (нуучча суругар киирбит аата Надежда ШАЛГИНОВА араас үөһэ-аллара, ойоҕос тыаска-ууска, сахсааҥҥа даарым да кымаардаан көрбөккө бэрт холкутук дуоспуруннаахтык анал семинардарын сыыйан ыыталыыр. Эдьийбит ол быыһыгар били пэдэпиэчинэйдэриттэн биири эмэни кырыылыы көрбүтүн быһа тутан ылан олох маска олордон ханна да бычыгыраппат курдук хам баттаан туран хакаастыы харса суох халлыгыраччы саҥаран-иҥэрэн, ылгыырын ылҕаан, алгыырын алҕаан, түмүгэр, бии барахсаны сибэтиэйи эрэ бэтэрээ өттүнэн оҥоро охсон, уһуннук-киэҥник налаҕадытан олордубакка, эҥил баһыттан өрө тардан, ойутан туруоран, дөйө быһыытыйбытын бэттэх аҕалаары сахсыйа, онон-манан тэбиэлии түһэн баран, көҥүл олоххо, киэҥ күөҥҥэ, түөрт өттүгэр төлө ыытан кэбиһэр эбит. Абыраммыттар антах диэки бара түһэн баран, хантан эрэ хайа эрэ атын “алдьаммыты” булан аҕалаллар. Удаҕан үлэтэ салҕанар.
Ол да буоллар, миигинниин биэс хааһах диэбиккэ дылы, мин да эмиэ хаһан эрэ ханна эрэ син си-дьүгээр буолбатах этим, наһаа сыыс оттон-мастан оҥоһуллубатах этим диэн үһүс-төрдүс күммэр сыта-тура санаталыыр, илиим-ытыһым иччилээхтик кыһыйталыыр буолла. Эбиитин, сири-халлааны ытыйар араас омук ойууттарын дүҥүрдэрин тыаһа киһи кутун-сүрүн ороһутар, олордуох-туруоруох буолбатах. Ону билбит курдук, хата, били кэрэйээҥкэбит уһун уочаратыттан уһулу ойон, аан бастаан абына-табына да буоллар, кэнники күннэргэ кэчигирэс кэккэ буола, чугас олохтоох түөлбэлэртэн кыһалҕалаахтар истэ-билэ охсон кэлитэлээн бардылар. Онон, син биһиги курдук дьон баарбыт диэн бэйэбитин биллэрдэхпит дии. Сөбүлээбиттэрин туоһута буоллаҕа буолуо, манна кэлэн олорбоккун, үлэлээбэккин дуо, эһиил кэлиэҥ дуо, эрдэттэн оҥостон кэлиэ этибит диэччи син баар этэ.
Монголлар бааллара. Бастакы тиийбит күммүтүгэр, билэчиэхтэр сонно тута сибис гына охсубуттара, кырдьаҕастара таастарынан таайар идэлээх үһү диэн. Инникилэрин билиэн-көрүөн баҕалаахтар, сөрөспүтүнэн, били оҕонньордорун күөйэ тутан, оҕуурдаан ылан улахан балаакка диэки иһирдьэ биир биэс тыла суох анньан кэбистилэр. Сонно кыракый уочарат үөскээтэ. Мин тоҕо эрэ кутум оччо сөпсөспөтө, киирбэтим. Ол оннугар, хаһыс эрэ күммэр, дьон быыһыгар, халҕаһаҕа балыйтаран, били сэмсэ сэсиэккэбэр, күннээх Кэриэйэ кыыһыгар, былыргы сымсам тобоҕун туһанан аһаҕас аанынан иһирдьэ сылыпыс гынан хааллым. Балык суоҕар баҕа да балык диэҥҥэ, сураҕа, олус сөп түбэһэр, ортотунан холбуу көрбүт күөх харахтаах эдэр нуучча кыыһа тылбаасчыттаахтар. Ол дьоллоох сэттэ көлөһүнүгэр аҕаан, сэттэ илдьиркэй тылдьыты көмөлөһүннэрэн хардары-таары тылбаастаан муҥнанарын чахчы киһини-сүөһүнү хайдах баарынан ылынар уонна өйдүүр талааннаах эрэ өйдүөх үлүгэрэ эбит. Ол иһин быстар бытааннык сыҕарыйар эбит уочарат.
Аны туран, ойоҕоһуттан ойох көрдөөбүт диэбиккэ дылы, букатын миэхэ-эйиэхэ сыһыана суох, мин олохпор-дьылҕабар ханан да кыттыгаһа суох ол-бу хаһыат, араадьыма үлэһиттэрэ блокноттарын, харандаастарын сараччы туппутунан киирэн дьохсоччу олорунан кэбиһэр үгэстэммиттэр эбит, били дьиэ иһигэр. Хайдах эрэ табыгаһа суох баҕайы.
Хата, удаҕаммыт онно эрэ кыһаммат, ымыттыбат, эчи, үрдүгэр да кэлэн сирэйин өҥөйөн турдахтарына иэдэһин этэ тардыа суох курдук. Баҕар, кинилэргэ оннук буолуо. Ону мин, оннугу оччо сөпсөспөтүм быһыытынан, били сыҕарыҥнаһан киирэн эрэр “ойоҕос” дьону ситэри киллэрбэккэ үүртэлээн таһаардым. Хаһаайка буолбатах эрээри, туохха дьаһалымсыйдыҥ диэбэккэ, тук курдук, көрсүөтүк төттөрү дьөгдьөрүс гынан хаалаахтаатылар, били суруйар сурустар. Инньэ гынан, баҕам хоту Сеул сулуһун кытта эн-мин дэсиһэн хааллыбыт. Уҥа илиитигэр даллайбыт улахан маҥан веердаах, онтун сапсынна да бэйэтин киэнэ, эдьий турукка киирдэҕэ ол. Эн курдук чааһы быһа кутуран дуу, хараххын симэн баран барыгын бары ыһыктан, ньалбайа сатаан күн эрэйин көрөн күнү-дьылы ыыппакка, турукка киирэ сатаан...эрэйдэммэт.
Ыйытыккын биэрдиҥ, хаҥас диэки кылаллан олорор тылбаасчытыҥ муҥнанарын тулуйдуҥ, салгыы веер сыр-сар аҕыйахта тыаһыыр, хара ньаассын баттахтаах кыракый төбө бүк түһэр, эдьий хайы-үйэҕэ “онно”- эн өссө да үүнэ, үөскүү илик кэлэр кэмнэргэр, амтаһыйан да тутан да көрө илик тутулларгар, эн кутуҥ көҥүллээбитинэн, ааннарын аспытынан, эн эрэ талбыккынан айбардыахтаах аартыктаргар, ычаларгар бэйэтэ сатыырынан, уһуйуллубутунан, туттарыллыбытынан ээр-сэмээр чугаһыыр, ыксалаһар, хайдах көрбүтүнэн-истибитинэн, ылыммытынан-өйдөөбүтүнэн эйиэхэ бэйэҕэр этэ-кэпсии сатыыр, эйигин бэйэҕин...
Мин астыммытым, тоҕо диэтэххэ, хайдах эрэ чугас киһибин кытары кэпсэтэ олорор курдук санаммытым, оннук кини судургу, аһаҕас майгылаах, оҕолуу үөрүнньэҥ, ис иһиттэн сэргэх уонна чараас да чараас киһи эбит. Үчүгэйи көрдөҕүнэ-биллэҕинэ, кыра оҕо курдук ытыһын таһынар, лыҥкыначчы күлэр, хамсыы-имсии түһэр, көр, эйигин кытары тэбис-тэҥҥэ чахчы ис сүрэҕиттэн үөрэр. Хайа да бэйэлээх халыҥ тириилээх хаана хамсыах барахсана...
Мин махтаммытым, тоҕо диэтэххэ, киһи тымтыктанан да көрбөт ыраах-чугас инникигин- ылынан, чэпчэкитик, холкутук, үөрүйэхтик, эйигин куттаабат, салыннарбат, ыкпат, санааҕа түһэрбэт курдук, төттөрүтүн, үөрүүлээх, сырдык, үтүө түгэннэригэр болҕомтотун ууран, онно суолта биэрэн, санааҕын көтөҕөн, кынаттаан биэрэрэ ылбычча көрбүөччү аайы баар буолбатах хаачыстыба.
Туох билиэй, дьылҕаларбыт ыырдара баҕар хаһан эрэ, ханна эрэ аалсыһа, алтыһа түһүөхтэрэ... Хомойо санаабытым диэн, бар дьонугар анаан тиһэх көрсүһүүтүгэр сылдьыбатахпыттан. Мин ол кэмҥэ үөһэ хайаҕа этим, бэйэм эмиэ - айылҕам этэринэн, Сирим, Ийэ Айылҕам, бар дьонум туһа диэн үлэлиэхтээхпин үлэлии, оҥоруохтаахпын оҥоро сылдьыбытым...
Амир диэн сааһырбыт казах эмчитэ биһигини буулаата. Оҕонньор хас күн аайы тэп курдук “интэриэһинэй” туруктаах, икки эдэр, биирэ нуучча – блондинка, биирэ хамсыыр хара хаастаах, тырым хара харахтаах хаһаах кэрэ куота – дьүөгэлэринэн арыаллатан айаан-дьойоон иһэр аҕай буолар. Суос бэринэн, кырдьаҕас бөрө көстөөх сиртэн ыһыытаан бытарытар “Где мои друзья саха?” Дьэ уонна кэлэн, харахтарын эҥин араастаан тиэрэ-маары эриличчи көрө-көрө, Хорумдаах бүтэһик хобун-сибин тоҕо тардан кэбиһэр. Дьүөгэлэрэ сэмэйдик мичээрдэһэллэр, күөйэ көтө сылдьан оҕонньордорун түгэн аайы уларыйа турар баһаам баҕа санаатын бүтэйдии таайа сатаан эрэйдэнэллэр, толоро охсоллор. Дьиҥэр, шариаттарын хараҕынан, эдэр ойохторо да буолуохтарын сөп этэ даҕаны, чугастык билсэн билбиппит, үөрэнээччилэрэ эбит. Үрүҥэ фотограф, харата суруналыыс буолан соһуттулар, култуура быһа сиэбит, бэрээдэк хаата дьон эбит этэ. Кыргыттарыгар холоотоххо, Амырбыт, кэп дьэбэригэр да түспэтэр, аныгылыы тылынан эттэххэ, улахан да бытархай да куомпылакса суох курдук этэ.
Кэнники, эммитин-миммитин син билсэн, Абакаҥҥа биир дьиэ иһигэр иккитэ хонон туран, эйэ дэмнээхтик арахсыбыппыт. Саха сиригэр хайыы үйэҕэ ыҥырыынан кэлэ сылдьан, Хомус Хотуҥҥа тапталыгар билинэн оҕонньор түгэни мүччү туппатах. Өссө да кэлиэм диэн санаатын олох түһэрбэт.
Уопсайынан, хамсыыр барыта кэлиэх буолла. Биһиги олохтонон түспүт ыырбытыгар хара сарсыардаттан баһаам киһи айгыстан кэлэн барар. Кэлбиккэ-барбыкка барыларыгар үүттээх итии чэй кутан, туох баарынан ас тардан, сахалыы аһатан-сиэтэн ыытабыт. Аспыт элбэх. Бэл бүтэһик күннэргэ, уолаттар үөһэттэн түһэн миннэнэллэригэр диэн, биир барааны атыылаһан астаан тоһуйдубут. Барахсан этэ сымнаҕаһа, минэ хойуута бэрт сүөһү эбит.
Үс хонон баран, уолаттарбыт утуу-субуу түстүлэр. Кыратык ардах табыгынатан, суолларын саптан, этэҥҥэ эргилиннилэр. Арай эскимоспыт мэлигир. Олох аһаабат, ыраастанан, дьөрү уу да испэт үһү. Онон, сорох сорохпут ээр-сэмээр иһигэр куттана саныыр быһыылаах. Ол-бу буолуо диэн. Хата, хотугу кыраай уола туох буолуой, ыллаан эйээрбитинэн элэҥнэтэн кэлбитэ. Били хойбут этин сыа-сым курдук үөрэ-көтө сиэн, хоргуннаах минин иһэн, бэркэ астына аһаан чалҕарыйан барбыта.
Ол киэһэ, моҕоллорбут кыырыылара буолла. Мин үлэлээн, Кулан этэ-кэпсии турдаҕына, син баттаһа тиийбитим. Бэрт ыпсарыылаахтык кэпсээн баран, түмүгэр, хомустаата. Хорумдаах хочотугар, киэһэ хараҥа да буоллар, мэктиэтигэр, күнүскүлүү сырдыы түһэргэ дылы буолла. Ол курдук, саха хомуһун дьүрүскэн тыаһа Тыва тыҥаан турбут хойуу тыынын саймаарыччы сайҕаан, холун-тутулун холкутатан, босхолоон биэрдэ.
Олох түүнү мэҥэстэһэ, моҕоллорбут уоттара-күөстэрэ сандаарыйан, тыастара-уустара ыраатан, үлэлэрин саҕалаатылар. Ону даҕаспытынан, ардах курулаччы куппутунан барда. Сылгыны туруору туппут курдук үскэл дыгдайбыт уоллара бэйэтин курдук баллайбыт улахан малын күлүгэр сөрүү тутан туран охсон кулупаайдыыр. Ол сылдьан, киһибит, чэ, итинэн да сөп буоллугут ини диэбит курдук, инчэҕэй буорга кур гына сууллан түстэ, ис хоһооно суохтук ыҥыранаат, өрүтэ тэбиэлэнэн, саа тэбиитигэр дьону чугаһаппата. Ол аата туругар күүскэ киирбит, аанньанан, тахсыа суох күтүр буолла диэн, бэйэтин дьоно, кырдьаҕастаах эдэр кутуруксуттара, балаһыанньа байыаннай буолбутунан сибээстээн, сып-сап туттан-хаптан, охсулла-тэбиллэ үөрүйэх дьон быһыытынан, онон-манан аһаран биэрэ-биэрэ, киһилэрин син моһуоратын көннөрдүлэр. Ол гынан, көннөрү киһи хараҕынан көрдөҕүнэ, туохха аналлаах, туохтан ыйаахтаах эҥин-дьүһүн хамсаныы буолбутун улаханнык ким да өйдөөн-дьүүллээн билбэккэ хаалла. Сэрэйэ былаан, бүтэйдии,чэ, арааһа, үчүгэйгэ туһуламмыт үлэ буолла ини диэн эрэл санаалаах курулас ардах анныгар тарҕастыбыт.
Сити курдук иһинэн-таһынан, сорох сороҕор, сиирэ-халты да буоллар, биэс хонук устата, түүннэри-күннэри, үлэ син барбахтаата диэххэ сөп. Ити мин үлэ тас өттүн ойуулуу сатаатым. Ис иһигэр киирдэххэ, бэйэтэ туспа тууспаннаах, хайа да эҥэртэн “мин аҕай” диэбит сүүнэ дьон мустан ылбычча киһи кыайан быһаарбат, кылааккайдаан долбуур аайы кэчигирэппэт, мээнэ харахха быраҕыллыбат үлэлээбит үлэтэ-хамсаныыта буоллаҕа дии. Ол барыта, сыыйа-баайа, сыта-тура, иҥэрэ иҥэн, илдьиритиллэн иһиэ эбитэ буолуо... Тутатына, тутан ылан туруору туһулаан туруйалыы турууктаабаккын, элэҥ-сэлэҥ эргиппэккин.
Биири этиэххэ сөп, мээнэҕэ мустуу буолбата. Тэрээһинин өттө, баҕар, кыратык кыаллыбатаҕа буолуо гынан баран, ис бараана сөпкө барда. Хаһан ханна ким ити бэйэлээх дьону ыраахтан-чугастан ыҥыртаан аҕалан биир хочоҕо муспута баарай? Араас тыыннаах, салгыннаах, куттаах-сүрдээх, өйдөөх-санаалаах барахсаттара түмсэн баран, Ийэ Сир, ил – эйэ туһугар аҕыйах да хонукка буоллар, хамсамматах сирдэринэн хамсаммахтаан хааллахтара дии.
Источник:
САТА, «Кистэлэн Куус» сурунаал.
Category: Култуура, итэҕэл, искусство |
Views: 1760 |
Added by: uhhan1
Ааҕыылар
Баар бары (online): 6
Ыалдьыттар (гостей): 6
Кыттааччылар (пользователей): 0