News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2014 » Балаҕан ыйа » 25 » Быт хантан-туохтан үөскүүрүн анааран көрүүлэрим
Быт хантан-туохтан үөскүүрүн анааран көрүүлэрим | 08:59 |
http://forum.ykt.ru/viewtopic.jsp?id=3395060&f=149 Автор: охчут таламан (82.145.222.98) 25.09.2014 (03:05)
Быт хантан-туохтан үөскүүрүн анааран көрүүлэрим
Ол санааларым туохтан саҕаламмыттарай диир буоллахха 1974 сыл-ха ,үөрэнэ сылддьабыт.Муус устар бүтүүтэ этэ, олус ыраас,сып-сырдык,ылааҥы күн үүннэ,киһи хараҕа саатар,мин кинигэ ааҕабын.(Буукуба холбуур буолуохпуттан ыла кинигэ атастаахпын.Оччотооҕуга,60-ус.с.саҥатыгар,Бэлэм буол хаһыат төрдүс сирэйигэр,куруутун ,спорт балаһата баар буолара.Ол кэмҥэ сахалар көҥүл тустууга,дьэ үчүгэйдик силис-мутук тардан эрэллэрэ.Уолаттар хаһыат кэллэ да 4-үс сирэйиттэн ааҕалларын саҕалыыллара).
Дьэ,ити үчүгэй күҥҥэ дьиэбэр кинигэ ааҕа олоробун, Семен Курилов “Ханидуо уонна Халерхаа” диэн арамаанын үлүһүйэн ааҕабын,онно маннык суруллубут,чукча уоллаах кыыһа,ыал буолаары хоонньоһо сыталлар ,кыыс этэр ааспын ыстаа,онно быт хойуутук мустар».Киһи кэргэн таҕыстаҕына быта сүтэр дииллэр диир.Ону ааҕан өһүргэниэх курдук буоллум,испэр этиһэбин;кини ойох барда5ын аайы быта сүтэр уһү...
Оччолорго 23-пин,соҕотохто , 12сыллаа5ыта истибитим өйбөр көтөн түстэ,ити, күһүөрү ,арааһа балаҕан ыйын саҥата буолуо,сарсыарда хаһыҥныыр буолбут кэмэ.Тоҕо үөрэммэт оҕонуй диэмэҥ,оччолорго балаҕан ыйын 15-эр диэри практика буолара дии,ыраах звеноҕа оттуур оҕолору хортуоска хостооһунугар ылбат этилэр.Утуйа сытан уһуктан кэллим,уот умайар тыаһа таһыгырыыр,суорҕаммыттан сирэйбин быктаран көрбүтүм,Миитэрэй оҕонньор уокка илиитин сараччы тутан иттэ турар.чаанньыктары оргута уурталаабыт,дьон бары утуйа сытар курдуктар да,Миитэрэй кэпсиир.
”Биһиги үөрэхтээхтэрбит,быраастарбыт,быты киртэн-хохтон үөскүүр дииллэр,ол төрдүттэн сымыйа,мин курдук ыйы ыйдаан сууммакка сылдьар,нэдиэлэни нэдиэлэнэн таҥастыын утуйар киһи баара буолуо дии санаабаппын.Ойох ылыахпыттан быт диэн суох буолбута,бачча сааспар диэри быт үөскээбэтэҕэ.Дьэ, бу аата тугуй?Биирдэрэ Өлүөрэ туундаратын киһитэ,быта сүтэр диир ,Өлүөрэттэн сүүһүнэн көс ыраах сытар сир оҕонньоро,ойох ылыаҕыттан быта суох.Тоҕо иччэ ыраах ыраах олорор дьон биир санаалаахтара миигин бэркэ дьиктиргэттэ,санааҕа-онооҕо түһэрдэ,аны биир уолу санаан кэллим, киин сиртэн кэлбит,маҥнай кэлэригэр быта суоҕа.Икки оҕолоох ,кэргэниттэн арахсан кэлбит этэ.
Манна сүүрбэ хоноот быкка ыстарда ,биһи киһибитин ,баанньыкка сууттар да сууттар,таҥаһын өтүүктэт да өтүүктэт ,Утуйар таҥаһын таһырдьа бырахтардыбыт.Быта сүппүтэ эрээри биир ыйынан эмиэ ыста.Эмиэ түбүк үрдүгэр түстүбүт,эмиэ быта суох буолла.Кэлин умнубут курдук буоллубут.Биирдэ ,билсэр кыыстааҕын кэпсээтилэр,саҥа дьыл кэнниттэн сылдьыбыттар.Уолбун булан быта баарын суоҕун туоһуластым,”ээ,суох саҥа дьылтан ыла төрүт ону умна сылдьабын»-диэтэ.
-Сылдьыһаҕын дуо?-диэн быһа ыйытааччы буоллум.”Бэ, сылдьыһаары кыыстаннаҕым дии,өссө аҕа буолуох курдукпун»-диэн сырдатта.һэ,һэ.
Бу үс киһи бары биири эппиттэрэ ,миигин олус дьиктиргэттэ,санааҕа бэйэтин түһэрдэ.чинчийэн ,тобулан ,тобулан,маннык эбит диэн быһаардым .Быт киһи иһиттэн тахсар эбит,ол маннык ;эр киһи сиэмэтиттэн,дьахтар яичнигыттан ,бу сиэмэ киһи сымыытыгар ситэн-хотон,бэйэтин соругун толоро ,сиэмэ проводка киирэр ,ол киирэрэ бэйэҕэр биллэр,онно киирэн өр сылдьыа суохтаах,ону хаһаайына араас төрүөтүнэн сүөкүү охсубат ,бу кэмҥэ атын бөлөх ситэн-хотон сиэмэпроводкаҕа киирэр,ол киирээт урут киирбити үтүрүйэн ,эһи тахсыҥ биһи уочараппыт диэн буолар .Саҥа кэлбиттэртэн ыктаран уонна кэмнэрэ кэлэн быыкаайык быкка кубулуйан хаһаайынын этин сааһынан тахсан,дьэ дьиҥнээх быкка кубулуйар.
Эр киһиттэн атыыр быт, дьахтартан тыһы быт тахсар .Бу быт атын киһиэхэ киирэн хаанын обордоҕуна сонно өлөр,тоҕо? , хаана атын .Бу тахсыбыт бөлөх быт сотору кэминэн өлөллөр.,бэркэлээтэҕинэ,уонча хонук буолурхтара.Быт сылааһы сөбүлүүр.Бу быты” хаһаайын быта диэн ааттаатым”.Эр киһи быта уонна дьахтар быта,көрсө түстүлэр да ииссибитинэн бараллар,тыһыта сымыыттыыр,ол сымыыттан дьиҥнээх” орто дойду”быта тахсар, ордук иэдээннээҕэ .Бу быты «орто дойду” быта диэн ааттаатым,бу быт хайа баҕарар киһини сиир,хаан атынын билиммэт.
Бу быт наһаа түргэнник тэнийэр,үөскүүр.Бу быты кытта өлөрсөр олус уустук .Урут ыал олус кыараҕастык олорор буолан быт элбэх этэ,билигин аҕыйах.Иккис бөлөх орто дойду быта суоҕун кэриэтэ,бу ыаллар дьиэлэрэ кэҥээн, тэйиччи тэйиччи утуйар буоланнар.Былыр бэйэни көҕүтүнэр ,сиэмэттэн босхолонор,улаханнык аньыыргыыллара, үгүс киһи кыбыстара бэрдиттэн,эбэтэр билбэттэриттэн кэпсээбэттэр.Сорох дьон утуйа сыттахтарына сиэмэлэрэ түһэр,түүн үлүгүнэйэллэр ,ону былыт абааһыта ойохтоох дииллэр ,эбэтэр дьахтары түүҥҥү эрдээх дииллэр.Аныгы үйэҕэ быт аҕыйаабыт төрүөтүнэн, ити ,дьон үөрэхтэнэн ,араас эминэн да, бэйэлэринэн да араас тэриллэринэн да босхолонор буоланнар .
Аны маннык баар,Өлөрө чугаһаабыт киһи быта таһыгар тахсар диэччилэр,ону мин эмиэ көрөн турардаахпын.Ити түбэлтэ 1980сыллаахха сааһыары буолбута .Сааһыары биир сылгыһыт уолбутун ,аҕаҥ улаханнык ыарыйда диэн ыҥырбыттара.Сөмөлүөт кэлбитигэр уолбунаан бииргэ көттүбүт,мин оройуоннай сессияҕа баран иһэбин.Дьиэтэ аэропорт чугаһыгар турара,”миигин кытта киирис,уҥуоргу куоракка убайым олорор онно хонобун онон бииргэ тахсыһыахпыт”-диэтэ.Мин сөбүлэстим,дьиэҕэ киирдибит.
Таҥас быыс кэннигэр ороҥҥо 50-тын лаппа ааһан эрэр киһи сытар,уол тиийэн дорооболоһоот,кэпсэппитинэн бардылар.Кэл, бу олоппоско олор диэн аттыгар олорто.Туох диэхпиний, олоробун.Арай ол олорон өйдөөн көрбүтүм ыарыһахпыт оннооҕор сүүһүн саҕатыгар тиийэ барыта быт,суорҕаҥҥа, оннооҕор муостаҕа быттар сырса сылдьалларын көрөн , олоппоспун туппутунан.тахсар аан таһыгар хайдах баар буолбуппун өйдөөбөккө да хааллым.Дьэ,киһиэхэ да элбэх быт баар буолар эбититтэн улаханнык салынным.Ийэтэ киирэн кэллэ,аан таһыгар уолун ыҥыран эттэ;”Аҕабыт өлөр буолла,быта таһыгар таҕыста,уһаабат киһи буолла”.Эбээххэ төлүпүөннээ тардыллабын диэн эт.Кырдьык хаал,оннук буолар түбэлтэтигэр ,сиэрин ситэрэн баран тийээр “.-диэбиппэр ийэтэ кимий? диэбиттии уолун диэки ыйытардыы көрүтэлээтэ.Бу биригэдьиир , Егор Ильичкэ этиэҕэ.
Нуучча аатырбыт суруйааччыта Шолохов «Они сражались за родину”,кинигэтигэр маннык суруллубутун оскуола дириэктэрэ кэпсээбитэ.Ким быта тэбэнэн түспүт,ол киһи эрдэттэн хаҕа эрэ сылдьар буолар ,оттон быта бэйэтигэр сылдьар киһи,онуоха –маныаха диэри этэҥҥэ сылдьыыһыбын дэнэр эбит.Били быттара тэбэммит сордоохтор ,бастакы атаакаҕа өлөөхтүүллэр эбит. Бииргэ үөскээбит доҕорум,,учуутал, кини кэпсээбиттээх ;-сэрии саҕана госпиталга быттан халтарыйар эбиттэр,төһөлөөх эдэр-чэгиэн дьон сэймэктэнэн өлөөрү сыталлара биллибэт,быттара күрэнэн эрдэҕэ.Итинник көстүүлэргэ олоҕуран ,мин бэйэм туспар быһаарыы оҥоро сылдьабын.
Быт диэн тыыннаах харамай,киһи этин сааһыттан тахсар диэн түмүккэ кэлбитим ыраатта.Күндү ааҕааччым баалаама,киһи барыта өйдүүр -өйдөөх,саныыр-санаалаах буоллаҕа,бэйэм улахан үөрэҕэ суох киһибин, онон мин анаарыым итинник ,аныгы сырыыга “мэнэрийэр” ыарыыны ырыта сатаан көрүөм.
Охчут-Талыман
быт - тиит
25.09.2014 (04:43) (80.83.239.117)
Учуонайдар үөрэтэн баран быт ки4и этигэр үөскүүрүн бы4аарбытара. Ки4и доруобуйата эбэтэр аурата энергиата мөлтөөтөҕүнэ тахсааччы. Был проведён опыт: Чистого и здорового человека, поместили в чистую и обеззараженную камеру, так через месяц, у него обнаружили кучу вшей!
. - Быйанг
25.09.2014 (06:10) (217.150.7.21)
Быт атын киһиттэн, эбэтэр таҥастан, туттар малтан, утуйар таҥастан сыстар. Атыннык кэлбэт. Атыгар бытаах киһи сылдьар буолаҕына, ол киһи быта атын киһиэхэ ыстанар.
Өссө, быт сымыыттара онно манна ыһылла сытар буолуохтарын син. Киһиэхэ тюбэстэ да, үскээн киирэн барараллар.
Киһ этин иһигэр быттар атыттар, "Мандавошка" диэн аатаналлар, араастара эмиэ элбэх. Ол кып-кыра, киһи хараҕар көстүбэт быттартан саҕалаан, тирии иһигэр төбөтүн уган баран сытар быттарга тиийэ бааллар. Чесотка диэн ыарыы - эмиэ быт үөскээһинэ - честока быттара тирии хайаҕастарын иһигэр киирэн хаалаллар.
быйан эмиэ утары - кырдьагас
25.09.2014 (06:53) (80.83.239.68)
киьи этин быыьыттан уескээн тахсар ,ученайдар дакаастаабыттара.
фуу сиргэнним а5ай, киьи хааныттан уескуур - диэн
25.09.2014 (07:13) (217.118.64.58)
Мандавошка диэн ахта түүтүн быта ( лобковый педикулез), атын сиргэ, төбөҕө эҥин үөскээбэт. - Сахастрелец pager
25.09.2014 (07:18) (46.48.143.207)
Дьиктитэ диэн киһиэхэ эрэ баар, сүөһүгэ, кыылга үөскээбэт. Сууммат - тарааммат эрэ дьоҥҥо үөскүүр диэн сымыйа, элбэх сексуальнай партнердаах дьоҥҥо үксүн үөскүүр үһү. Өлөн эрэр, өлбүт киһиттэн айаҕыттан быттар тахсалларын көрөн турардаахпын Быар хатарын урут сахалар быты тыыннаахтыы ыйыһыннаран эмтииллэр үһү диэни истибитим, төһө туһалыырын билбэппин.
Стрелец сымыйаччын бэрт эбит - кустааччын суох дуо?
25.09.2014 (07:29) (217.118.64.58)
Ынах туьунан быттаах, кус туьунан быттаах.
сексуальноьы онно манна буккуйума
|
Category: здоровье |
Views: 1717 |
Added by: uhhan1
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 43 Ыалдьыттар (гостей): 43 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|