News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2014 » Алтынньы » 13 » СӨ-тин куоластыыр бырааптаах нэһилиэнньэтин 52,75% быыбарга кыттыыны ылбытыттан 58,79% Е.А.Борисовка куоластаабыт. Быыбардыахтаах 601 тыһ.
СӨ-тин куоластыыр бырааптаах нэһилиэнньэтин 52,75% быыбарга кыттыыны ылбытыттан 58,79% Е.А.Борисовка куоластаабыт. Быыбардыахтаах 601 тыһ. | 08:43 |
Соруга туохханый?
13 Октябрь, 2014 в 0:43 СӨ-тин куоластыыр бырааптаах нэһилиэнньэтин 52,75% быыбарга кыттыыны ылбытыттан 58,79% Е.А.Борисовка куоластаабыт. Быыбардыахтаах 601 тыһ. 916 киһиттэн 186 тыһ. 659-һа (нэһилиэнньэ 31,01%) кинини талбыт
Арассыыйа эрэгийиэннэрин уонна омуктарынан түмүллүүлээх тэриллиилэрин баһылыктарын бэйэлэрэ талар көҥүллэрин 12 сыл устата быһан олорон баран, көҥүллээн, ахсааммытынан аҥаарбыт да буоллар, санаабыт көтөҕүллэн, бас-көс киһибитин таллыбыт.
СӨ-тин Киин быыбардыыр хамыыһыйата 2014 сыл балаҕан ыйын 14 күнүнээҕи быыбар түмүгүн оруннаахтык бигэргэппитинэн, саха бастакы талыллыбыт дарханынан Егор Афанасьевич Борисов буолла.
Быыбарга хас биирдии киһи бэйэтин кырдьыгынан ыйдаран кыттыахтааҕар олоҕурдахха, быыбардыахтаах дьон бары кэлэн куоластаан, 50,01%-на күһэйиитэ, үтүрүйүүтэ суох, Е.А.Борисовка куоластарын биэрбиттэрэ буоллар, норуот бүттүүн быыбардааһынынан талыллыбыт ил дархан дэниллиэ этэ. Холобур, Орловскай уобаласка күбүрүнээтэрдэригэр 89,17% куоластарын биэрбиттэр. Итини нэһилиэнньэтин итэҕэлинэн чахчы туһанар эбит диэххэ сатаммат. Тугу көрдөрөрүй?
Бастакы санаа, сэбиэскэй норуот биир сомоҕо өйдөөх-санаалаах буолуохтаах диэн идеология дьайыытыттан тахса иликпит. Иккиһэ, сололонон туһанан (адмресурс) нэһилиэнньэни олус үтүрүйүү түмүгэ. Үһүс санаам, көҥүл толкуйунан олоруоҕу баҕарбаттар. Быыбар көрдөрүүтэ, норуот кыттыыта төһө бырыһыанынан сыаналаныллыахтаах. Былааска олорооччулар ону тоҕо болҕомтоҕо ылбаттарын элбэхтик суруйа сатаатым. Норуот быыбарга бүттүүн кыттара, олоҕо туруктанарыгар кыһаллар, таҥара биэриэн кэтэһэн олорботун көрдөрөр.
Оттон биһиэхэ, СӨ-тин куоластыыр бырааптаах нэһилиэнньэтин 52,75% быыбарга кыттыыны ылбытыттан 58,79% Е.А.Борисовка куоластаабыт. Быыбардыахтаах 601 тыһ. 916 киһиттэн 186 тыһ. 659-һа (нэһилиэнньэ 31,01%) кини талбыт. Ити ахсаан этэригэр, адмресурс кыбыстыбакка туһаныллыбытын кыттыһыннардахха, Е.А.Борисовы норуот бүттүүн талбыт ил дархана диир тутах. Саха омук маҥнайгы ил дархана саарбахтык талыллыбыт эбит диир өйдөбүл үйэлэргэ суруллан хаалыыһы.
Төһө да былааска олорооччулар тутан олорор сололорун сүтэриэхтэрин баҕарбакка адмресурсы кэрээнэ суох туттан, быыбар түмүгүн бэйэлэрин туһаларыгар иэхпиттэрин билбит иһин, суут-сокуон быыбар эҥкилэ суох барбытынан аахпыттарынан, Е.А.Борисовы СӨ-кэтин баһылыга буолбутунан эҕэрдэлээччилэргэ кыттыһарга тиийиллэр. Бэлиитикэ көлүөһэтин эргитэр дьабыр күүһү тохтотуллубат эрээри Е.А.Борисов адмресурс кыайа-хото туттуллубатаҕа буоллар, быыбар түмүгэ хайдах эргийэн тахсыбыт буолуон өйдөөн үлэлиэхтээх. Бэйэтин аннынан сылдьар киэҥник иһитиннэр ситимнэри (СМИ), куоластаабатах уонна утарбыт дьону тарбыыр кэриэтэ кыйахаабат туһуттан, кыайыынан айхаллыыларын тохотоллоругар соруйуохтаах.
Е.А.Борисов баһылыгынан талыллан баран нэһилиэнньэ иннигэр тоһоҕолоон этитэлээбит сорох көрүүлэрин, кырата суох алҕастарынан ааҕарбын, ааҕаччыларга тиэрдэр саха буоларым ирдэбилэ.
Ил дархан солотун тутар сугулааныгар Е.А.Борисов эппит, биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр биир да суруналыыс саҥатын саба туппаппыт, санааларын сайа этэллэригэр кыах биэрэбит диэн. Ити этиититтэн мин өйүм туспа түмүктэри оҥорор.
Бастакыта. Арассыыйа судаарыстыбатыгар тыл көҥүлүн туһунан анал сокуон баар. Ама, ил дархан буолбутун да иһин, сокуону кэһэн көҥүл санааны саба туппаппыт, ол аата, туспа санаалаахтары сойуоласпаппыт диэн хайдах суруллубут сокуону кэспэтин үтүөнү оҥорор курдук дьоҥҥо тиэрдиэххэ сөбүй? Били, Е.А.Борисов хайдах үтүө дьиэ кэргэн аҕата буоларын хайҕаан тэлэбиисэргэ массыына ыытарын көрдөрөллөрүгэр суол быраабылатын тутуспатын көрөөччүлэргэ тиэрпиттэрэ. Хайдах эрэ, сокуоннары билиммэт, олус бардамсыйбыт киһи дуу диэх курдук.
Иккиһэ. Санааны сайа этэргэ кыах биэрэбит диэн эмиэ киһи өйүн таһынан этии. Дьону санааларын сайа эттэрэр кыах биэрээри норуот үбүнэн аһата олорор анал көрдөрөр, иһитиннэрэр, аахтарар тэрилтэлэрдээх дуо? «Саха сирэ», «Якутия», «Кыым» кытта өрөспүүбүлүкэ саламтатын үлэтин кытта сөпсөспөт хабааннаах суруйуулуры таһаараллар дуо? Суох. Тэлэбидиэнньэни, араадьыйаны этэ да барыллыбат. Тоҕо? Куттаналлар. Аһыыр иһиттэригэр хаахтыахтарын баҕарбаттар. Норуот бэйэтин харчытыгар, бэйэтин санаатын толору этэр кыаҕа суох. Көҥүл хаһыаттары аһаҕастык сабаттыы сатаабаты кыах биэриинэн ааҕыныахха сатаммат. Өссө кырдьыгы эттэххэ, көҥүл санааны суруйар хаһыаттары атыыга ылыахтарын баҕарбаттар. Тоҕо? Ким эрэ, хайдах эрэ суоһурҕанар буоллаҕа. Ити аһаҕас дьайыыттан атына үлэлиир буолуохтаах.
Бырабыыталыстыба иһитиннэрэр, көрдөрөр, аахтарар тэрилтэлэри үбүлээн, үчүгэй үлэтин туһунан эрэ норуокка тиэрдэр сүрүн соруктаах буоллаҕына, көҥүл санаа көмчүлэнэр, бэчээт сокуона кэһиллэр. Ол салҕанан барыахтааҕын, бэчээт департамена бырабыыталыстыба састаабыгар эбиллиэхтээҕэ этэр. Бүддьүөт үбүнэн харчыланар кими эрэ хайҕаан эрэ тахсар хаһыат да, көрдөрөр ханаал да, араадьыйа да суох буолуохтаах. Саха сиэринэн киһи бэйэтин хайҕаммат, бырабыыталыстыба таһымыгар ол эмиэ тутуһуллуохтаах. Бүддьүөт үбэ ил дархан, бырабыыталыстыба да, Ил Түмэн да бас билэн бачайдыыр харчылара буолбатах.
Е.А.Борисов киниттэн атын хандьыдааттарга куоластаабыттары «оппозиционный электорат» диэн сыыһа дьону баһааҕырдар. «Оппозиция» диэн латыынтан ылан туттуллар тылы бэлиитикэ таһымыгар сөпкө өйдөөн быктарыллыахтаах. Ыытыллар сүрүн бэлиитикэни иллэспэттик утары турар күүстэр СӨ-гэр суохтар. Сыыһанан ааҕан санааны этэр утары туруу буолбатах.
Уһук УЙБААН (Салгыыта бэчээттэниэ)
Уһук: Соруга туохханый? (Салгыыта)
14 Октябрь, 2014 в 0:21
Баһылыгы соҕотох киһиттэн талбаттар, сокуон көҥүллээбэт. Хайдах бары Е.А.Борисовы өйүүргэ, аатыгар эрэ туруорунааччылар (спойлердар) быыбарга кыттыахтарай. Онто да суох, Э.Б.Берёзкинтэн атын хандьыдааттар биир оонньуулаах кэмиэдьийэҕэ оонньоон кыттыбыттарын, кинилэр, бэйэлэрин норуокка көрдөрүнэр (агитация) үлэлэрин ээл-дээл тэрийэн ыытыылара аһаҕастык этэр.
Киһи күлүгэ буолуу сааттаах буолбат дуо? Ханнык баҕарар туруоруммут сорук түмүгүн ситиһэргэ араас суолунан барыахха сөп. Мин эрэ суолум кырдьыктаах диир кэрэгэй толкуй. Манна сыһыаран эттэххэ, талыллар баһылык солото, төһө да ил дархан диэн аатырдар, удьуордаан барар ыраахтааҕы, хоруол, импэрээтэр, султаан былаастаммат. Быйыл талыллыахха, аныгы сырыыга талыллымыахха сөп. Ону өйдөөн, дьон тэҥинэн, сиринэн сылдьыллыахтаах.
Биирдиилээн киһи сиргэ кылгас кэмҥэ кэлэн барар, норуот үйэлэргэ олох олорор уонна кини баһылыгын талар. Онон ыытыллар бэлиитикэ норуот өйүн-санаатын иһинэн барыахтаах. Ити, норуоту инники сирдээһиҥҥэ адмресурсанан туһанан мухулуйдааһыны (быыбарга эрэ туттуллубат) туора тутан, сиэр быһыытынан буолуохтааҕын этэбин.
Холобур, сир баайын туһаҕа таһаарыы, тыа сирин сайыннарыы, кэлии үлэһит илиини туһаныы, хамнас уонна үлэҕэ төлөбүр, олорор дьиэлэри тутуу боппуруостарыгар өрөспүүбүлүкэҕэ ыытыллар экэнэмиичэскэй бэлиитикэни сөптөөҕүнэн аахпаппын. Сыыһа диэбиппин суруйан ааҕааччы дьүүлүгэр таһаарарым, былааһы утары туруу буолбатах.
Сыана бэлиитикэтигэр Е.А.Борисовы кытары туохха сөбүлэспэппин суруйуум. Мин сыыһар буолуохпун сөп, ааҕааччы толкуйдаа, Кини эппитин хаһыттан («ЖЯ» №39, 02.10.2014 с.) уһуллум. «Товаропроизводитель устанавливает цену на свой продукт, покупатель решает, покупать или нет. Это и есть рыночная экономика, когда один может продавать по высокой цене, и это его право, а другой может по этой высокой цене покупать, потому что у него такая возможность есть. Разберитесь уже этими ценами сами», — диэн суруналыыстарга этэр.
Чахчы атыылаһар, атыылаһыннарар кыахтаах киһи этиитэ. Кинини эргийэ өрө тута сылдьааччылартан, атын дьон баарын уонна хармааннарын харчыта төһөтүн баһылык билэригэр, көрдөһөбүн, «Кыым» хаһыакка (37 №, 25.09.2014 c.) «Ыйдааҕы хамнаһыҥ төһөнүй?» диэн Диана Клепандина ыйыталаспыт суруйуутун булан аахтарыҥ. Тугу эмэ толкуйуттан уларытаарай.
Билим, үөрэтэр хайысхатыттан тутулуга суох, академическай (оннук буолуохтаах) уонна прикладной (туһаныллар) диэн икки сүһүөххэ араарыллар. Е.А.Борисов оннук буолуохтаах диэн экэнэмичэскэй билим үөрэҕинэн олус сөпкө этэр эрээри, СӨ-кэтэ буолуохтааҕынан олорор кыаҕа суоҕун билбэт дуу, норуотун аахайбат дуу? Көҥүл атыы-эргиэн сыананы бэйэтэ быһаарар (рынок регулирует цены на товар) диэн өссө оннук буолуохтааҕын этэллэр.
Ас-таҥас оҥорооччу элбэх уонна нэһилиэнньэ туһаныахтааҕын таһынан оҥорор буоллахтарына оннук буолуохтаах экэнэмичэскэй билим үөрэҕэ үлэлиир уонна ол сокуоннарынан олоруллар. Саха сиригэр ас-таҥас оҥорооччулар нэһилиэнньэни толору хааччыйар кыахтара суох уонна үйэ иһинэн туоратыллыбат быһыы. Тоҕо? Туһанааччы аҕыйаҕынан, табаары тарҕатыы эйгэтэ кыараҕаһынан, табаары оҥорууну бас билээччи (собственник) кыахтаах тэрилтэлэри аһан үлэлэппэт, барыыһа аҕыйах.
Холобурдуум. Саха этэ суох сатаммат, аһылыгын сүрүн көрүҥэ, этин-хаанын ирдэбилин толорон, сыаната үрдүгүн кэрэйбэккэ атыылаһар. Онон туһанан, сүөһү иитээччилэр эт сыанатын 400-500 солкуобайга тиэртилэр.
Нэһилиэнньэни этинэн толору хааччыйбаттарын иһин өрөспүүбүлүкэ таһыттан, атын эрэгийиэнтэн, судаарыстыбаттан киллэрэн атыылыыллар. Сыанатын олохтоох сыанаҕа тэҥнииллэр эбэтэр улгумнук атыылаары 5-10 солкуобайынан намыһах гыналлар. Түмүгэр, эт оҥоһуллар сыанатын аҕыйатарга төбөнү үлэлэтэ сатаныллыбат. Саҥа технологияны туһанарга дьулуһуу мөлтөх.
Тыа хаһаайыстыбатын миниистирэ И.Слепцов, тыа сирэ оҥорбут бородууксуйатын үрдүк сыанаҕа атыылаатаҕына сайдыа диирэ баһылыкпыт санаатын салҕыыта эбит.
Табаар тиийбэт буоллаҕына, олохтоох ырыынак үрдүк сыанатын кэһии улахан буруй. Буруйга хайдах эппиэттиири ырыынак быһаарар. Тиийиммэккэ олоҕуран норуоту сүүлүктүүр көҥүлүн эмиэ ырыынак бэйэтэ көмүскүүр.
Эбии биир холобур. Быйыл оҕуруот аһын Кытайтан атыылаһан киллэрбиттэр уонна хоту улуустары толору хааччыйыахтаахтар үһү. Олохтоох оҕуруотчуттар атыылыыр сирдэрин быһа хаампыттар. Тыа хаһаайыстыбатын оҥорон таһаарар бородууксуйатын батарар уонна өссө элбэҕи оҥорорго кыах биэрэн, сайыннарыы оннугар кэҕиннэрии буолбатах дуо?
Итинтэн биир кэтэх санаа үөскүүр. Дьокуускай куоракка олорор дьиэлэри кэмэ-кээмэйэ суох туттарыы мээнэҕэ сорук буолбатах, саха тыатын сирин дэриэбинэлэрин сабан, дьонун куоракка көһөрүү күргүөмнээх үлэтин далааһына эбит диэн. Саханы төрөөбүт түөлбэтигэр куораттыы олорорун, харчыланарын тэрийии хайысхатынан үлэлээһин саха норуотун сайыннарыы. Куоракка дьиэ туттараары, омуннаан эттэххэ, тыа сирин нэһилиэнньэтин аҥаара кирэдьиит хабалатыгар олорор. Ол банкыырдары тоторуу биир көрүҥэ. Бааннар ахсааннара элбэҕин ити өйдөтөр. Куоракка бас билэр дьиэлэммит дьон хаһан эрэ көһөллөрө саарбахтаммат.
Е.А.Борисов бырабыыталыстыба сүрүн дьардьамата хааларын, сололоохтор соччо уларытыллыа суохтарын уонна толорооччу былааска үлэһиттэри таларыгар бэлиитикэнэн сирдэппэккэ, киһи идэтин баһылаабытынан уонна үлэҕэ сыһыанынан ыйдарар үһү. Байыыга-тайыыга тарбачыһыы сүрүн суолдьут кэмигэр ыраас суобас уонна киһилии сиэр-майгы салайар үлэҕэ бастакы ирдэбил буолуохтаах. Ааспыт бырабыыталыстыба «доҕолоҥнообут» дьонун санатарбын көтүтүүм. Бөрө бөрөлөрдүүн улуйсар, саһыл саһылга ханыы диэн эмиэ баар.
Саҥа ил дархан, бэйэни дьаһанар судаарыстыбаннаһы биэрэн, баайы-дуолу атыылаан баран, судаарыстыба бырабыыталыстыбатыгар барылланар бырабыыталыстыба тэринэрин этэр. Сабаҕалаатахха, үлэ миэстэтин элбэтэр ини.
Санаан көрүҥ, бары үлэ оҥоһуутун, сир баайын туһаҕа таһаарыыттан саҕалаан тыа хаһаайыстыбатыгар тиийэ аахсыйалаахтар эбэтэр кэпэрээссийэлэр, уопсастыбалар дьаһайа олордохторуна, туспа бырабыыталыстыбалаахпыт, 19 министиэристибэлээхпит, 6 судаарыстыбаннай кэмитиэттээхпит, 14 кыра кэмитиэттэрдээхпит, 1 иниспиэксийэлээхпит, ону таһынан, Москваҕа, Санкт-Петербурга, Хабаровскайга бэрэстэбиитэлистибэлээхпит («ЯВ» хаһыат 19.09.2014 c, тахсыытыттан ылылынна). Итини таһынан бырабыыталыстыбабыт аҕыс солбуйааччылаах бэрэссэдээтэллээх. Туспа бырабыыталыстыбаламмакка миниистирдэр үлэлэрин сүрүннүүр премьер-миниистирдэнэр сөп этэ. Ону ааһан бүддьүөттэн үбүлэнэн үлэлиир салаалары салайыыга министиэристибэ тэриллэрэ булгуччулаах. Холобур, үөрэх, култуура, доруобуйа харыстабылын, үбү дьаһайар, бүддьүөт үбүн хомуйары барыллыыр (экономическое планирование), ыччат уонна спорт салааларыгар министиэристибэлэниэххэ сөбө. Онтон атын хайысхаларга бэйэлэрэ ассоциация, холдинг, холбоһук тэринэн салайыныахтаахтар. Хабыньыакка олорор министиэристибэ үлэһиттэринээҕэр сайдыы суолун кинилэр бэйэлэрэ ордук тобулуохтара. Хабыньыаттан мэһэйдэһэллэр эрэ. Судаарыстыба кинилэри нолуогу түһэрии ньыматын таба туттан салайыахтаах.
Мөлүйүөҥҥэ тиийбэт нэһилиэнньэлээх эрэгийиэни салайыыга диэн ааттаан бүддьүөттэн кырата суох үп ороскуоттанар. «Эрэгийиэн» диэн тылы мээнэҕэ туттубатым. Е.А.Борисов ил дарханынан талыллыаҕыттан, судаарыстыбаннастаах өрөспүүбүлүкэбит бүтэһиктээхтик симэлийиэхтээх суолга үктэммитинэн өйдөөбүт быһыым. Дьону албыннаан өрөспүүбүлүкэ аатырар кимиэхэ нааданый?
Хамнастара элбэҕин сөҕөҕүн эрэ. Тоҕо орто хамнас тэллэй курдук үүнэрин кистэлэҥин аһыым. Салайар сололоохтор хамнастара орто хамнаска тирэҕирэн ананар. Холобур, миниистир хамнаһа орто хамнастан 10 төгүл үрдүк буолуохтаах диэн курдук. Ол иһин, сир баайын хостоон туһаҕа таһаарар кэлии үлэһиттэр баһан ылар хамнастарын үөрэ-көтө орто хамнаска кыттыһыннараллар. Онон бырабыыталыстыба сололоохторун хамнаһын хамнас кыра (минимальная) кээмэйиттэн олохтоон аныыр бэрэдээги олохтуурун, министиэристибэлэр үлэлэрин хоһулуур туспа бырабыыталыстыбаны ууратан, миниистирдэр холбоһуктарын салайар бэрэссэдээтэллэнэн (премьер-министр) уонна бүддьүөт үбүлүүр экэниэмикэ хайысхаларыгар министиэристибэлэри тэрийэринэн сөп буолары саҥа ил дархантан уопсастыбаннас ирдиэхтээх. Кэтэх бас билэр сүөһүлээх дьоннор оттооһуннарын дьаһайса сатыы олорор министиэристибэ туоҕу туругурдар кыахтааҕый? Нефтяниктэр, алмаасчыттар, көмүсчүттэр о.д.а. биирдиилээн бас билиилээх уопсастыбалар бырабыыталыстыбата да суох дьаһаныахтара. Төһөнү хостуулларын ыйыппаттар.
Быыбар ааспытын кэннэ чиэһинэйдик эттэххэ, Е.А.Борисов олус толоругас буолан, сахалары сайдыы ааныгар да үҥүлүппэтэ, аны кэлэн сайыннарыа дуо? Оччоҕо, соруга туохханый?..
Бу суруйуум дьыала оҥоһуллан бүппүтүн кэнниттэн «доруоптааһын», ким эрэ халлаан куолуһута диэн түһэрэ, тэпсэ сатыа, өйдөөх хайысханан барабыт диэччилэр суолларыттан халбарыйбаттара биллэр эрээри, норуот атын санааны билиэхтээх.
Уһук УЙБААН
|
Category: Выборы |
Views: 1481 |
Added by: uhhan1
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 102 Ыалдьыттар (гостей): 102 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|