Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2014 » Алтынньы » 29 » Саха сирин күөллэригэр куһу иитиэххэ
Саха сирин күөллэригэр куһу иитиэххэ
11:23
Саха сирин күөллэригэр куһу иитиэххэ
 
Ханна даҕаны дьон норуот киэн туттар интэриэһинэй айылгылаах, дьикти дьарыктаах норуот кэрэхсээн кэпсэтэр дьонноро баар буолаллар. Кинилэр ортолоруттан мин Ньургун Васильевич Гольдеровы киэн тутта бар дьоммор билсиһиннэриэхпин баҕарабын. Ааспыт ыстатыйаларбар кини политикаҕа көрүүлэрин уонна бэртээхэй эргиэмсик быһыытынан саамай ытыктыыр киһибэр күндү ааҕааччыбар билсиһиннэрэн турабын.
Ньургун Васильевич төрөөбүт үөскээбит түөлбэтинэн кэрэтинэн кэрэхсэммит, сир аһын бастыҥынан аатырбыт, сүөһү ас, сыспай сиэллээх дэлэччи үөскээбит, суугунуу долгуйар бурдуктаах буолалар, ырыаҕа ылламмыт, хоһооҥҥо хоһуллубут, былыргы дьыллар мындааларыттан саха сээркэн сэһэнньиттэрин уостарыттан түспэтэх кыыс Амма кэрэ кытыла.

Кини төрдө ууһа аҕата саха улуу поэттара, суруйааччылар Василий Гольдеров, абаҕата Бүөтүр Тобуруокап норуот таптыыр сахалыы тыллаах норуоттарыгар олус улахан духуобунай баайдаах дьонунан биллэллэр. Кини хаһаайыстыбатын билсэн-көрсөн баран улахан сыралаах үлэ-хамнас улахан айар, толкуйдуур, мындыр, киэҥ ыырдаах, элбэх сибээстээх, дьонноох-сэргэлээх эрэ киһиэхэ кыалларын итэҕэйдим. Кини сайылыгар Сырдыкка үлэнэн айыллар олох поэзията, айар кут, ситтэрэн бүтэн оһон биэрбэт ыарахан айымньылаах үлэ-хамнас күнүстэри-түүннэри күөстүү оргуйар.

Кини үрдүк интеллектээх уол оҕо аҕыс кырыылааҕа. Ол үлэтин-хамнаһын тэрээһинигэр эмиэ көстөр. Кини хас дьарыгын көрүҥүн аайы олус дириҥ, мындыр тэрээһиннээх, үлэ ис ыаханнарыннарын мындырдарын үчүгэйдик билэрэ көстөр. Атыыһыт эрэ буолбатах көтөрү уонна сылгыны иитиитинэн дьарыктанар Арассыыйа эбэ хотун улахан специалистарыгар улаханнык сыаналанар фермер. Бу энтизуаст фермер көрүүлэрин үлэтин-хамнаһын саха дьоно биһирээн билсэн бэйэбит күннээҕи олохпутугар туһаннарбыт олохпутугар барыстан атыны ылыа суох эбиппит. Ордук көтөр иитиитин кэрэхсээн бүгүн эһиэхэ билиһиннэриэхпин баҕардым. Эмискэ көрүүгэ Болугурга биир кыракый күөлгэ тыһыынчанан көҕөн бииһин ууһа, хаас арааһа, куурусса, фазаныгар тиийэ араас көтөр тус туһунан боруодалара баар.

Саха дьоно билэбит көтөр иитиитэ,-- диэн бэйэтэ туһунан улахан уустуктардаах. Айылҕаны кытары кини ыксары быстыспат сибээстээх. Биир кэмҥэ нэһилиэнньэҕэ кус хаас иитиитигэр улахан буум буола сылдьыбыттаах. Тоҕо эрэ онтон салгыы куһунан-хааһынан дьарыктанар сахалар баалларын туһунан истибэппин. Дьэ, манна кэлэн Болугур кыракый күөлүгэр тыһыынчанан кус уста сылдьарын көрөн сөрү,-- диэн сөҕөн-махтайан тылбыттан киһи эрэ буоллар маттым. Хаһаайын хаһаайыстыбатын көрдөрөр, кэпсиир-ипсиир, үөрэр-көтөр. Саҥата суох батыһа сылдьан көрөбүн-истэбин. Көтөрү иитии ис сэкириэттэрин истиэхпин, билиэхпин баҕарабын. Саха буоллаҕым онон саха булчут хаана хааммар оонньуур. Дьэ, манна оронон тахсан истэ ээ баллайар баһаам баай дуол, билии-көрүү, чугас эргин ким да истибэтэх, билбэтэх үлэ-хамнас мындырдарын ис сэкириэттэрэ. Ону саас сааһынан сааһылаан суруйбут бэрээдэктээбит киһи баар ини хата ол бэйэтэ балачча улахан үлэ буолуон сөп.

Быһаччы өйдөбүлүнэн саас көтөн кэлбит кустары ытыалыыр айылгылаах дьон истиибитигэр олус элбэх уустук тэрээһин үлэлэрдээх, кус кыстыга, сымыыттааһына ону көрүү-харайыы, иитэн улаатыннарыы кылгастык маннык эбит.
Бастаан кустар сылдьар күөллэрин оҥоруу үлэтэ. Ньургун Васильевич кэмиттэн кэмигэр күөл уутун саҥардан, хачайдаан биэрэн, сибиэһэй ууну киллэрэр үлэни ыытар. Бу күөл кытыытын эргиччи элбэх өрүс тааһа таһыллан кутуллубут. Күөл кус үөскүүрүгэр табыгастаах буоларын иннигэр уутун кус аһылыгын тупсарар сыаллаах үлэҕэ киирсэр, күөлгэ Кэбээйиттэн тиийэ собо, мунду балык арааһа ыытыллыбыт. Балык кус аһыырыгар үөскүүрүгэр сөп буолар балаһыанньаны ууга тэрийэр оҥорор аналлаах. Кус аһылыга буолар былыыгы, сапропелы таһан күөлүгэр кутар. Кыстыылларыгар анаан күөлгэ чардаат алларан ол үрдүгэр теплица тутар.

Бу теплица иһигэр 200 куһу кыстатан саас анал уйаларга сымыыттатан сайын устата тыһыынчанан куһу ылар. Арааһынай инкубатордары атыылаһыы ханнык эрэ киин Арассыыйа куоратыттан соһон аҕалыы. Кус оҕолорун сымыытыттан саҕалаан көрүү-харайыы. Дьэ, хас биирдиитэ тус туһунан технологиялаах кытаанах үлэ. Элбэх тэрээһин. Итиннэ хас биирдиитэ тус-туһунан үлэ ис сэкириэтин, мындырдарын арыйар технологияны баһылыахха, үөрэтиэххэ наада. Ол да иһин киин Арассыыйа эбэ хотун улахан учуонайдара, көтөрү иитэр улахан хаһаайыстыбалара Ньургун үлэтин-хамнаһын сыаналаан, интэриэһиргээн кэтээн көрөллөр. Бэйэлэрин үлэлэригэр уоппут атастаһан туһаналлар. Ньургуммутун хата биһиги билбэт эбиппит ол оннугар кини үлэтин-хамнаһын ис сэкириэтин Арассыыйа көтөрү иитэр улахан специалистара киэҥник билэллэр, үөрэтэллэр.

Бэйэлэрин үлэлэригэр туһаналлар. Итинник үрдэлгэ тахсарга үлэ мындырдарын баһылааһыҥҥа биллэн турар төрүт уус улаханнык быһаарар миэстэни ылар. Интеллектуальнай өттүнэн аҕатын удьуордарын билэбит. Ийэтэ Уус Алдан Дупсүнүн кыыһа САССР үтүөлээх агронома Фаина Платоновна Ушнищкая Ньургуну бэрт кыра сааһыттан тыа сирин хара үлэтин батыһыннара сылдьан үөрэппитэ, такайбыта улахан төһүү күүһүнэн буолар. Фаина Платоновна аҕата Максим Аммосовы уонна Илья Винокуровы үөрэппит бастакы учууталлара Платон Афанасьевич Ушнищкай Уус Алдаҥҥа Дупсүн улууһун биир ытыктанар киһитэ. Онон нуучча өһүн хоһооно этэринэн дьаабылыка дьаабылыкаттан ыраах түспэт дииллэринии икки улахан улуус бастыҥ дьонуттан хаан тардар геннай төрүттээх-уустаах дьоһун айылгылаах. Ол да иһин маннык улахан ситиһиилэрдэннэҕэ.

Куһун боруодатын сураспыппыт дьэ, манна элбэх үлэни көрсүбүт. Бастаан иитиэх көҕөнү аҕалан ииппит ол улахана сүрдээх эрээри амтан өттүнэн интэриэһиргэппэтэх. Мөлтөх эбит. Дьаныардаах фермер мантан иҥнэн-толлон турбатах аны ону дьиикэй куһу кытары буккуйан саҥа боруода куһу таһаарар толкуйга киирэр. Ылсар да саҕалыыр. Ньургун Васильевич билигин бэйэтэ айбыт туһунан боруода кустанна. Дьэ, дьикти. Мин көрүүбэр сүрдээх улахан үлэ ыытыллыбыт. Үлэ бары түмүгэ кэлбити-барбыты кэрэхсэтэр. Кыһын Болугур ыалларын улахан бырааһынньыктарыгар, юбилейдарыгар, сыбаайбаларыгар Ньургун кустара остуол мааны бүлүүдэтинэн ытык мааны ыалдьыттарыгар анаан тардыллар үгэһэ үөскээбит.
Онон Болугурдар бэйэлэрэ туһунан бренд оҥостор күндүгэ мааныга туттар аһылыктаммыттар.

Сахалар өйдөөн көрүөҕүҥ биһиги кыра эрдэхпитинэ хас кыра күөл аайы кус арааһа киллэрэ, дэлэччи төрүүрэ, ууһуура. Саха булчут, кустаабатаҕына табыллыбат. Ол эрээри билигин кус тоҕо эрэ аччаата. Былыргы курдук дэлэй буолбатах. Онтон кустуон, бултуон баҕалаах элбэх. Наһаа үчүгэй саа сэп арааһа дэлэйдэ. Билиҥҥи киһи кэлтэй өлөрөр, кыргар эрэ сыаллаах. Оттон урут кус үөскүүр күөллэрин харыстыыллара. Көрөллөрө, истэллэрэ. Куһу төрүүр-ууһуур кэмигэр тыыппаттар, бултанар да кэмигэр төрүүрүгэр ууһууругар анаан ордороллор этэ. Ньургун Гольдеров күһүн Сырдыкка сүүһүнэн куһу мунньан табаарыстарын ыҥыран бултатар, ыттарар идэлээх. Мин быйыл биир кини оннук сырыытыгар ыҥырыллан сылдьан улаханнык астынан дуоһуйан кэллим.

Кини кустарын селекциялаан саҥа боруода кустары таһаарда,-- диэтибит. Кустары уруурҕаһыннарбат инниттэн сиппит атыыр кустарын сайылыгар Сырдыкка таһаарар эбит. Манна бу кустар үөскүүллэригэр, уойалларыгар анаан күөлүн бары ирдэбилгэ сөп түбэһиннэрэн оҥорбут бастайааннай көрөр-харайар, кэмигэр аһылык саппааһын киллэрэр. Биһиги тиийбиппит сүүһүнэн кус. Көрөргө чахчы кэрэ көстүү. Онно эбии айылҕата. Амма эбэ кытыла киһи эрэ тардыстар сэҥээрэр бэртээхэй этэр курдук хоһооҥҥо хоһуллубут, ырыаҕа ылламмыт кыыс кэрэ Саха сирин биир мааны муннуга. Киэһээ сарсыарда бултанар кустары ытыалааһын буолла. Бултуйан үөрүү-көтүү бука бары настырыанньа бөҕө, үөрүү-көтүү буолла. Ньургун Васильевич манна сахалыы үгэһи тутуһан бултаммыт кустарын хас биирдии киһиэхэ тэҥинэн үллэрэр дэлэгэй сахалыы айылгылаах киһи буолла. Дьиэбитигэр кустаах, бултуйбут дьон тиийэр буолан туһунан үөрүү-көтүү бөҕөтө буоллубут. Олус үчүгэй.

Биһиэхэ сахабыт сиригэр аата суола суруллубут сэттэ сүүстэн тахса тыһыынча күөл баар. Онтон кумааҕыга киирбэтэх төһөлөөх элбэх күөл баара буолуой? Ону бакаа ааҕан ситэр да кыах суох. Арай тыа сиригэр нэһилиэктэргэ билигин маннык куһу итиинэн дьарыктанар буолуохха,--диэн санааҕа кэлэбин. Саас аайы булчуттар мончуук, дурда оҥостон, ууларын бэлэмнээн син балачча түбүгүрээччибит. Онтон ситиһиилэрэ уонча элбээтэҕинэ отучча биэс уонча кус буолуо. Тоҕо сатаныа суоҕай бу Нь.Гольдеров курдук анаан минээн-үөрэтэн, үлэ, дьарык оҥостон олохтоохтук ылсан хас эмэ сүүһүнэн, тыһыынчанан куһу иитиинэн дьарыктанар көтөр фермаларын тэрийии. Тыа сиригэр оннук кыах баар.

СР АПК ИМК үлэһитэ да буоларбынан бар дьоммор туһаайан бу санааны быктарар эбээһинэстээх эбиппин. Биһиэхэ кус үөскүөн сөптөөх, кус анаан түһэн ааһар күөллэрэ элбэх. Бу күөллэри анаан-минээн оҥорон, үлэтин уоппутун тарҕатан ииппит Нь.В.Гольдеров көтөр иитиитин бизнеһин дэлэччи сайыннарыахха сөп эбит. Куоракка олорооччулар, ыраахтан кэлбит ыалдьыттар баһаалыста таҕыстыннар анаан оҥоһуллубут миэстэҕэ, анал таксанан олохтоммут сыананан харчыга кустары ытыалаатыннар. Билигин киин Арассыыйаҕа, тас да дойдуларга анаан маннык үлэнэн дьарыктанар хаһаайыстыба элбэх. Икки өттүттэн барыстаах дьыала буолуо эбит. Маннык ньыманан кус итиитин бизнеһин сайыннарыахха сөп.

Онно сөптөөх Ньургун Васильевич Гольдеров,-- диэн бүтүн Арассыыйа эбэ хотуҥҥа бастыҥ үлэлээҕинэн биллибит консултация биэрэргэ сөптөөх кус-хаас ферматын тэрийиигэ үлэ баай уоппутун мунньуммут киһилээхпит. Кини киһи быһыытынан аһаҕас ытыстаах, дэлэгэй айылгылаах, биир идэлээхтэригэр үөрүнньэҥ киһи. Билигин кини табаарыстарыттан биир Намҥа, биир Бүлүүгэ кус иитиитинэн дьарыктанар дьон баар буоллулар.
Кини маны таһынан сылгы иитиитинэн балачча айымньылаахтык дьарыктанар. Билигин хайы-үйэ аҕыс уон сылгыланна. Көтөрдөрү уонна сылгыны иитэригэр СР тыа хаһаайыстыбатын министринэн үлэлээбит, Саха республикатын Судаарыстыбаннай мунньаҕын аграрнай кэмитиэтин салайа сылдьыбыт норуодунай депутат Дмитрий Федосеевич Наумов сүбэлээн-амалаан, морально көмөлөһөн, консультациялары биэрэн көмөлөһөр. Ньургун атыынан-эргиэнинэн дьарыктанар

тыллаах быһа саҥарбатын, ситиһии эрэ сэтиилэн, кыайыы хотуу буолан биир да түбэлтэҕэ кимтэн да кирэдьиит ылбатах, эгэ судаарыстыбаттан көмө көрдүө дуу? Бэйэтин бэйэтэ көрүнэн бу хаһаайыстыбаны тэриммит.
Күндү доҕоттоор! Сахабыт сирин аата ахсаана суох элбэх күөллэригэр куһу иитэн бултааһыны тэрийэр бастыҥ ньыма баарын билсиһиннэрдим. Бу бастыҥ идэни баһылаан дьулуһар энтизуастар элбииллэригэр баҕаран ыстатыйабын түмүктүүбүн.

Ытыктабыллаах Ньургун Васильевич сахалыы алгыс тылларынан эттэххэ саалаахтан самныма, охтоохтон охтума, татаар тыллаах быһа эппэтин, сытыы кылыс эрэ аргыстан айыллыбыт аар тойон аҕаҥ, иитиллибит алаас хотуна ийэҥ хоһуун дабыдалларыгар уйдаран саха саарына аатыран үрдүктэн үрдүкү ситиһиилэри ситиһэ тураргар алгыыбыт Дом, дом, дом !!!

Арамаан Дьөгүөрэп.
 
Category: Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка | Views: 1624 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Алтынньы 2014  »
БнОпСэЧпБтСбБс
  12345
6789101112
13141516171819
20212223242526
2728293031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 84
Ыалдьыттар (гостей): 84
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024