Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2014 » Сэтинньи » 6 » Айдааннаах үүт харчыта 2015 сылга хайдаҕый ?
Айдааннаах үүт харчыта 2015 сылга хайдаҕый ?
17:10
Айдааннаах үүт харчыта 2015 сылга хайдаҕый ?

Саха республикатын бюджета,-- диэн бу эн, мин, кини, бука бары нолуок төлөөн харчы мунньунан бэйэбит олохпутун дьаһахпытын тупсарынарга анаммыт харчы. Онон хас биирдиибит республикабыт бюджета төһө сөпкө тыырылларын хонтуруоллаһар, интэриэһиргиир бырааптаахпыт. Онно анаан интернеккэ СР Судаарыстыбаннай мунньаҕын (Ил Түмэн) сайтыгар киирдиҥ да СР правительствота бэлэмнээбит бу бюджет барылын ким баҕалаах көрөр. Бу харчыны төрүт олохтоох дьон тус олохпут сайдарын туһугар сатаан туһанар инниттэн хас быыбар аайы норуотунан, норуот интэриэһин көрүөхтээх, норуот дьиҥнээх кулуттара аҕа баһылыктан саҕалаан улуустар, куораттар баһылыктара норуодунай депутаттар талыллаллар. Кинилэр норуот кулуттарын быһыытынан олохтоох норуот сайдарын туһугар хас биирдиилэрэ үлэлииргэ мэктиэ тылларын биэрбит дьон. Дьиҥэр кинилэргэ төттөрүтүн бэйэбит кулут курдук үҥэр таҥара оҥостубут дьоммут. Дьэ ырытан көрүөх эрэ кинилэр биһиэхэ, тыа дьонугар кыһамньыларын.

2015 сылга Саха республикатын бюджета 151 миллиард 72 мөлүйүөн солкуобай көрүллэрэ күүтүллэр. Бюджет дефицитэ 10 миллиард 716 983 тыһыынча буолара күүтүллэр. Биһиги норуотунан талыллыбыт аҕа баһылыкпыт, правительствобыт уонна сэттэ уон депутаттаах парламеммыт тыа сирин дьонугар саха норуота баар буоларын туһугар бу үптэн төһөтүн көрөр былааннаахтарый? Саха киһитин сүрүн дьарыга, сахалыы тыллаах баар буолуутун ситиһэр иннигэр төрүт дьарыкпытынан сылгы, ынах сүөһүнэн дьарыктаныахтаахпыт,--диэн араадьыйа, телевизор хайдарынан ордук быыбардар кэмнэригэр араатар бөҕөтүн түһэрэбит. Онтон дьиҥ иһигэр хайдаҕый?

2015 сыллааҕы бюджекка тыа хаһаайыстыбатыгар 6 миллиард биэс сүүс тоҕус уон биир мөлүйүөн 578 тыһыынча бырайыактаммыт. Урукку сылларга аҕыс аҥаар миллиард көрүллэрэ. Бу күннэргэ маҕаһыыннарга бородуукта 30 бырыһыан үрдээтэ дэстибит. Бензин, гаас, электроэнергия сыаната лаппа үрдүү турар. Ол аата инфляциянан сибээстээн урукку бюджеттааҕар 2015 сыллаах бюджет кырата отут бырыһыан үрдүөхтээх этэ. Билигин дуоллар куурса хайы-үйэ 40 солкуобайтан быдан тахсыбыта. Аны тас дойдулар оҥорбут санкцияларын түмүгэр харчы курсун суолтата салгыы балачча түһэр, алдьанар туруктаах. Итинник бюджеппыт элбээтэҕин аайы тыа сиригэр, олохтоох саха дьонугар көмө эбиллиэхтээҕэр, аччаан иһэр.

Итинник ыарахаттар кэлээри турдахтарына ынах сүөһүгэ былааннанар 2 миллиард 578 мөлүйүөн 540 тыһыынча солкуобай ынах сүөһүнү көрөөччүнү өйүүр кыахтаах дуо? Манна оту, уотурбаны, сиэмэни тиэйииттэн, таһыыттан саҕалаан, ынах төбөтүгэр, үүт харчытыгар тиийэ олоччу бэриллэр судаарыстыба харчыта киирэ сылдьар. Саха норуотун, үлэлээн иитиллэр саха киһитин балтараа сүүс миллиартаах бюджетыттан сүрүн өйөбүлэ манан бүппүт. Уон икки сыллааҕыта үүкэ 17 солкуобай 50 харчы көрүллүбүтэ. Күн бүгүнүгэр диэри уларыйбакка турар. Дьиҥэр сыл аайы тахсар инфляция бырыһыаныгар ити суумманы түгүллээтэххэ үүт харчыта 2014 сылга киилэтигэр 68 солкуобай буолар. Быыбардааччыларга бу сыыппараҕа чугас
сыыппараны Э.Б.Березкин бюджекка оҥоруохха сөбүн туһунан этэ, кэпсии сатаабыта. Оттон 2015 сылга үүппүт харчыта биир киилэҕэ баара суоҕа 19 солкуобай 29 харчы буолбут.

Ол да иһин сүөһү ас аччаан тыа сиригэр үрэхтэрбит, алаастарбыт оттоммокко көрүллүбэккэ-харайыллыбакка куурдулар, хаттылар, иччитэхсийдилэр. Сүөһү ас аччаата ол аайы тута сирбит, дойдубут экологията эмиэ алдьанан иһэр. Онно эбии ол-бу араас боруобалааһыннарынан, промышленноһынан ниэби, промышленность туттубут дьааттаах уутун тоҕон айылҕабытын кэлтэччи буортулуубут. Үлэ-хамнас суох буолан ыччат дьон иитиллиитин таһыма олох аллараа түстэ. Эмиэ да сөп курдук хаһан эрэ үлэ-хамнас мындырдарын этинэн-хаанынан билбэтэх ыччаттан үчүгэй билиилээх, үрдүк култууралаах үлэһит тахсыбат,-- диэн үөрэтэллэрэ. Онон ынахпыт кутуругун эрийэр хайа да өттүнэн ыллахха син биир наада курдук. Ону бюджеппыт төһө сөпкө өйүүр. Ааҕааччы бэйэҥ ырытан, толкуйдаан көр.

Аны Аҕа баһылыкпыт правительство аппарааттарыгар, Ил Түмэҥҥэ кумааҕытыттан уруучукатыттан саҕалаан үрдүк сыаналаах транспорыгар, үлэлиир дьиэтин, транспорын тутууга уонна биллэн турар хамнастарыгар бу балтараа сүүс миллиартан 13 миллиард 251 328 тыһыынча солкуобайы тыыран олороллор. Итиннэ министерстволар аппарааттара эмиэ киирсибит. Ити иһигэр Саха республикатын Судаарыстыбаннай мунньаҕа (Ил Түмэн) аппараатыгар 355 мөлүйүөн 246 тыһыынча солкуобай тыырыллыбыт. Аҕа баһылыкпыт аҥаардас хамнаһыгар сылга биэс мөлүйүөн 882 тыһыынча солкуобайы бэйэтигэр суруммут. Кылаабынай киһибит син балачча хатаҕалана сатаабыт. Ол аата бюджет уон гыммыт биирэ курдук тойотторбут олохторун дьаһахтарын биэбэйдээһиҥҥэ кинилэр эрэ чэчирииллэрин, дьоллорун-соргуларын туһугар анаммыт. Ону ким аныыр? Биһиги эрэнэн, итэҕэйэн бэйэбит быыбардаабыт дьоммут бэйэлэрэ бэйэлэригэр суруналлар. Оттон тыа сиригэр ынах сүөһүнү иитэр үлэ киһитигэр, үлэ киһитин иитиигэ тыа сиригэр кэлэр сылга төһө үп-харчы анаммытын эттим.

Ил Дархан олоҕун-дьаһаҕын, үлэтин-хамнаһын сырдатыыга, суруйарга, кэпсииргэ, көрдөрөргө анаан тэрийбит тэрилтэлэригэр, холоонноох доҕотторугар биир миллиард кэриҥэ солкуобайы тыырбыт. Бэйэлэрин олохторун дьаһахтарын бырааптарын араҥаччылыыр тэрилтэҕэ 2 миллиард 591 мөлүйүөн солкуобайы анаабыттар. Бэйэтин көмүскэнэргэ анаан быраабы харыстыыр системаҕа бүтүн саха норуотун интэриэһин, олоҕун укулаатын оҥорор ынах сүөһүнү иитиигэ көрөр харчытынааҕар быдан элбэҕи көрбүт.

Бюджеппытын ис эриэнин итинник төһө баҕарар ырытан бара туруохха сөп. Ол эрээри бүгүн тохтоон эриэххэ. Кыһыннары, сайыннары өрөбүлэ суох бытархан тымныыга, өҥүрүк куйааска дьону-норуоту экологически ыраас элбэх иҥэмтэлээх аһылыгынан аһатар туһугар ыалдьар да бырааба суох үлэлиир сүөһү үлэһиттэригэр көмө баар буоларын туһугар норуодунай депутаттар күүскүтүн кыаххытын көрдөрөргүтүгэр ыҥырабын.

Арамаан Дьөгүөрэп.
 
 
Category: Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка | Views: 1292 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Сэтинньи 2014  »
БнОпСэЧпБтСбБс
     12
3456789
10111213141516
17181920212223
24252627282930
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 87
Ыалдьыттар (гостей): 87
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024