News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
Право, закон
[323]
Экономика и СЭР
[839]
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
Коррупция
[862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
Социалка, пенсия, жилье
[277]
ЖКХ, строительство
[132]
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра
[240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
Промышленность
[43]
Нефтегаз
[284]
Нац. вопрос
[284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
Дьикти. О невероятном
[183]
Выборы
[661]
Айыы үөрэҕэ
[93]
Хоһооннор
[5]
Ырыа-тойук
[23]
Ыһыах, олоҥхо
[102]
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
История, философия
[239]
Тюрки
[76]
Саха
[153]
литература
[42]
здоровье
[465]
Юмор, сатира, критика
[14]
Реклама
[7]
Спорт
[123]
В мире
[86]
Слухи
[25]
Эрнст Березкин
[88]
Моё дело
[109]
Геннадий Федоров
[11]
BingHan
[4]
Main » 2014 » Сэтинньи » 10 » “Урутаан сайдыы территорията” ТОР – республика сирин-уотун былдьыыр сокуон?
“Урутаан сайдыы территорията” ТОР – республика сирин-уотун былдьыыр сокуон?
13:19
“Урутаан сайдыы территорията”
ТОР – республика сирин-уотун былдьыыр сокуон ?
Понедельник, 10 Ноября 2014 12:03
Ааспыт нэдиэлэҕэ “Кыым” хаһыакка, соторутааҕыта талыллан Ил Түмэн дьокутаатын аатын ылбыт Иван ШАМАЕВ, ТОР – урутаан сайдар территория туһунан бэйэтин санаатын эппит.
Буоларын курдук, ШАМАЕВ саҥа дьаһалларга бэрт сыныйан сыһыаннаһар идэтинэн, бу “ТОР” дэнэр саҥа тэрээһин биһиэхэ – национальнай республикаҕа тугунан диэлийэн тахсыаҕын сабаҕалаабыт. Интэриэһинэй, “Аартык.ру” ааҕааччыларыгар ыстатыйаны билиһиннэрэр:
“Урутаан сайдыы территорията”
Бу күннэргэ Арассыыйа Уһук Илиҥҥи регионугар “Урутаан сайдыы территориялара” (Территории опережающего развития, ТОР) диэн тэрийэн эрэллэрин, саҥа федеральнай сокуон ылыллаары турарын истэбит.
“Бу тугуй?” диэн ыйытыкка кэнники кэмҥэ ити боппуруоһу анаан үөрэппит Иван Шамаевтан, Ил Түмэн дьокутаатыттан, ыйытыластыбыт.
-- Өйдүүргүт буолуо, СӨ икки бэрэсидьиэнэ В.Штыров саҕана “мегабырайыактар” диэннэринэн үлүһүйэ сылдьыбыппытын. Ол бырайыактар тохтотуллубуттарын кэннэ, Штыров Федерация Сэбиэтигэр киирэн баран «Уһук Илин уонна Байкаал регионун түргэнник сайдыытын ураты усулуобуйаларын туһунан» диэн федеральнай сокуон барылын оҥорбута. Ол кэмҤэ, биллэрин курдук, “Уһук Илин барыта кытайынан, кэриэйинэн туолан эрэр” диэн улахан сахсаан, аймалҕан, манна Арассыыйа кииниттэн субу дьон бөҕөтүн тоҕо көһөрөн аҕалыах эҥин курдук туттуу-хаптыы баара.
Былырыын күһүн Уһук Илин полпредынан Ю.Трутнев анаммыта уонна, Штырову урут түһэн, бу кэпсэтэр барылбытын бэлэмнии охсон киллэрбитэ. Онон “Штырову кыайбыт курдук” балаһыанньалана түспүтэ. Быйыл саас Путин “бу сокуону аны сайыҥҥа диэри оҥорон бүтэриҥ» дии турарын тэлэбиисэргэ көрбүппүт. Дьиктитэ диэн, бу сайыҥҥа диэри сокуоммут барыла Уһук Илиҥҥэ эрэ сыһыаннаах эбит буоллаҕына, бу күһүн эмискэ уларыйан, Арассыыйаны барытын хабар сокуон буолан хаалбыт. Биллэн турар, ол түмүгэр бу сокуону көҕүлээбит, тэрийбит Ю.Трутнев оруола иккис былааҥҥа үтүрүлүннэҕэ буолуо.
Тус бэйэм ити курдук былдьаһа-тарыһа, илин түсүһэ сылдьан оҥоһуллар сокуоннар туһаларын-көдьүүстэрин улаханнык саарбахтыыбын.
--Сокуо ҥҥ а чопчу туох туһунан этиллэрий?
-- Бу сокуон барыла олоххо киирэр түгэнигэр, билигин үлэлии турар 20 Федеральнай сокуоҥҥа уларытыы оҥоһулларыттан саҕалыахха. Барылга, бастатан туран, “боломуочунай федеральнай уорган” диэн толоруулаах былаас ханнык эрэ салаатын туһунан өйдөбүл киирбит. Бу сааска диэри оннук уорганынан “Уһук Илин сайдыытын министиэристибэтэ буолар” дии саныырбыт. Сокуон бүтүн Арассыыйаны барытын хабар буолбутунан сибээстээн, билигин онон Регионнар министиэристибэлэрэ дьарыктанара дуу... Дьэ ол эппит “боломуочуйалаах уорган” федерация эбэтэр олохтоох бэйэни салайыныы уорганын кытта сөбүлэһии түһэрсэн баран, “урутаан сайыннарыллыахтаах” территория ханан, хайдах оҥоһулларын быһаарар. Холобур, “боломуочуйалаах уорган” СӨ, Дьокуускай куорат дьаһалталарын кытта сөбүлэһэн баран, Туймаада хочотун хайа эрэ ҥттүгэр, кураанах сиргэ алмааһы кырыылыыр комплекс тутуутун былаанныан сөп. Оннук идиэйэ, кырдьык, үөрэтиллэ сылдьар.
Дьэ ол кэнниттэн сокуона барылыгар этиллэр ханнык эрэ билигин суох “салайар хампаанньа” (аахсыйатын 100 %-нын судаарыстыба бас билэр) бу тыырыллыбыт кураанах территория сиригэр-уотугар саҥалыы инфраструктура эбийиэктэрин тутан таһаарыахтаах, үлэлэтиэхтээх. Ити барыта бүддьүөт суотугар.
--Чэ, сөп. Инфраструктура о ҥ оһулунна, уу-уот, сибээс тардылынна... Ким манна үлэлиирий?
-- Сокуон барылыгар онно “резидент” үлэлиирэ этиллэр. Ол аата, юридическэй статустаах урбаанньыт салайар хампаанньаҕа сайаапка, бизнес-былаан уо.д.а. докумуоннарын киллэрэр. Ол докумуоннары үөрэтэн баран, сөбүлэһэр буоллаҕына, хампаанньа “резидени” кытта дуогабар түһэрсэр. Онно олоҕуран, резидент үлэлээн-хамсаан барар.
-- Бу территория то ҕ о уонна туох көмөтүнэн “урутаан сайдыахтаа ҕ ый”?
-- Бу этиллибит учаастак кҥҤүл “таможня зоната” буолар, манна үлэлиир резиденнэр бас билии уонна сир нолуоктарыттан босхолоноллор, аренда тҥлҥбүрэ кыччатыллар, нолуок бары кҥрүҤэ чэпчэтиллэр. Аны туран, бу резиденнэр үлэлэригэр өрөспүүбүлүкэ да, муниципальнай да былаас орооһор кыаҕа суох буолар. Эппиппит курдук, Туймаада ханнык эрэ учаастагын ылан баран бу “резидент” кимиэхэ да наадыйбакка, кими да истибэккэ үлэлиир кыахтанар. Кини үлэтин ким да мэһэйдэспэтин курдук, ТОР сиригэр-уотугар резидент бэйэтэ туспа полиция, миграция, нолуок, надзор, биэнсийэ уо.д.а. сулууспаларын арыныан сөп. Быһата, бэйэтэ туспа судаарыстыба буолар.
-- Ол туох куһа ҕ аннаа ҕ ый? Олордуннар ээ...
-- Черномырдин кырдьаҕас: «¥чүгэйи оҥоро сатаабыппыт да, мэлдьи буоларын курдук таҕыста...” диэн аатырбыт этиилээҕэ.
СӨ бырабыыталыстыбата бу сокуон барылыгар үс итэҕэһи ыйбыта. Ону Ил Түмэн эмиэ ылыммыта.
Бастатан туран, сокуон барылыгар судаарыстыбаннай эбэтэр муниципальнай бас билиигэ сылдьар дьиэлэр, тутуулар салайар хампаанньаҕа бэриллэр бэрээдэктэрэ олохтоммут эрээри, ТОР үлэлээн бүтүүтүгэр ону тҥннҥрүү бэрээдэгэ оҥоһуллубатах. Бу этиигэ сири т ҥ нн ҥ рүү бэрээдэгэ эмиэ о ҥ оһуллубата ҕ а ыйыллыан наада этэ .
Иккиһинэн, 18-с ыстатыйаҕа ТОР омук сириттэн киирэр үлэ мигранын квотатыгар уонна кинилэри көҥүллэтэн ыҥырарыгар туох да хааччаҕа суоҕа этиллэр. Дьи ҥ инэн, ТОР омук сириттэн дьон киириитин ахсаанын хааччахтыыр бэрээдэгэ хайаан да баар буолуохтаах . Ол суох буоллаҕына, ТОР уонунан тыһыынча омук мигранын Саха сиригэр “оборон ылар носуос” буолуон сөп. Бу туһунан биһиги бырабыыталыстыбабыт быһаччы буолбакка, таайтаран эрэ курдук эппит.
Үсүһүнэн, ТОР-га киирэр табаарга НДС, барыс нолуоктара суох буолаллара, биэнсийэ фондатын уонна страховка усунуостара кыччыыллара этиллибит.
--Эн онно тугу эбэн биэриэххин ба ҕ ара ҕ ын?
-- Бастакытынан, сир боппуруоһа. Сокуон барылын 9-с ыстатыйатыгар сурулларынан, сҥбүлэһии быһыытынан, салайар хампаанньа бас билиитигэр ТОР-га сир учаастактара, дьиэлэр, тутуулар киириэхтэрин эбэтэр арендаланыахтарын сҥбө этиллэр. Манна сир учаастактара салайар хампаанньа бас билиитигэр киириилэрин туһунан кҥҤдҥй балаһыанньа эрэ этиллэрэ сыыһа. Ол оннугар, ТОРга хабыллыбыт дьиэлэр уонна тутуулар турар сирдэрэ эрэ бас билиигэ баралларын к ҥҤ үллү ҥ ххэ с ҥ п .
-- Сир учаастактарын бас билиигэ биэрии туох кутталлаа ҕ ый? «Учаастак» диэн улахан буолбата буолуо дии?
-- 2012 с., бэл, Национальнай бэлиитикэ Стратегиятыгар кытта “бөдөҥсүтүүнү” киллэрэ сатаабыттарын санатабын. Ааспыт сырыыга Кириэмил “реформатордара” ону кыайбатахтара. Ол эрээри оннук холонуу букатыннаахтык тохтообута буолуо диэни киһи итэҕэйбэт.
Саамай иһэ истээх бу 9-с ыстатыйа буолуон сҥп. «Учаастак» диэн муҤутаан тҥһҥ иэннээх сири хабара биллибэт ҥйдҥбүл. Биир гаа да, 100 тыһ. гаа да буолуон сөп. “Урутаан сайыннарабыт” диэн Саха сирин аҥаарын да күрүөлээн ылыахха сөп курдук куттал баар.
Аны 27-с ыстатыйаны кҥр. Манна 7-с пуун тухары ТОР туһатыгар сири суутунан былдьаан ылыы туһунан суруллубут. Маны эмиэ учуоттуохха наада.
Уопсайынан, кэлэр өттүгэр өссө хайдах күн-дьыл буолуо, өссө туох Уурутаан сайдар” бырайыактар күөрэйэн иһиэхтэрэ биллибэт. Аны бу сокуон олоххо киирдэҕинэ эмиэ салгыы сайдан, уларыйан-тэлэрийэн барыа дии. Холобур, биир ТОР бырайыагын аата «Соҕуруу Саха Сирэ» диэн дии. Ол тҥһҥ киэҤ сири тайыырын ким эмэ билэр дуо?
--Эн санаа ҕ ар, дьиксиннэрэр төрүөт онон бүтэр дуо?
-- Бүппэт. 26-с ыстатыйаҕа экология эспэртиисэтэ ыытыллар болдьоҕун кылгата сатааһын баар. Билиҥҥи сокуонунан, оннук эспэртиисэ болдьоҕо 3-6 ый эбит буоллаҕына, саҥа сокуон барылыгар “ол 45 хонуктан уһуо суохтаах” дэммит. Бу туох айылаах ыксалай, ити кэм иһигэр эспэртиисэ сатаан оҥоһуллар дуо? Маны таһынан, уопсастыбаннай эспэртиисэ эмиэ ыытыллара этиллиэхтээх.
-- То ҕ о бастаан Уһук Или ҥҥ э эрэ туһуламмыт сокуон барыла эмискэ уларыйан бүтүн Арассыыйаны хабар буолла?
-- “Ол үчүгэй” дуу, “бу куһаҕан” дуу диэн тута этэрим уустук. Арай, бу сокуону ылыныы хаамыытын кэккэ түгэннэрэ 2004 с. ылыллыбыт 122 ¹-дээх “суперсокуону” санаталлар. Ол сокуон эмиэ бу курдук иннэ-кэннэ биллибэккэ, норуот дьүүлүгэр тахсыбакка эрэ эмискэ ылыллыбыта. Ити – бастакыта. Иккиһинэн, мин саныахпар, оччолорго “суперсокуон” субъектартан айылҕаларын ресурсаларын былдьаан ылар сүрүн ис хоһоонун кистээри, хомуньуустары уонна профсоюзтары киксэрэн «бу сокуон социальнай чэпчэтиилэри сарбыйар» диэн күдээринэ күүгээни тэрийбиттэрэ. Саха уопсастыбаннай Киин ону өйдөтө сатаабыта да, күнэ-дьыла ыгыма, бириэмэтэ кылгаһа бэрт этэ -- үкчү бу билиҤҤи курдук. ТОР сокуона эмиэ киэҤ дьүүлгэ тахсыбата, «дойдубут сайда охсорун туһугар, бэрт суһаллык ылыныллара наада» эрэ диэн буолар. Аны туран, бу барыл Уһук Илини эрэ хаппакка, бүтүн Арассыыйаҕа барытыгар тарҕанара эмиэ араас санааны үөскэтэр. Онон бу инникини кыайан анаарбат бырабыыталыстыба тутах дьаһала буоларын дуу, олус оҕуруктаах, үктэтиилээх албас дуу буоларын билиҥҥитэ мин билбэппин.
Өссө биири санатар тоҕоостоох. Юрий Трутнев 2003 с. Пермь уобалаһын салайа олорон Коми-Пермяк автономнай уокуругун туох да айдаана суох “ыйыстан” кэбиһиини хааччыйбытын, быһата, “бөдөҥсүтүүгэ” үөрүйэҕин эмиэ санатыахпын сөп.
--Кэпсэтиибитин тугунан түмүктүүгүн?
-- Дьиҥинэн, бу сокуон барылыгар парламент истиилэрэ оҥоһуллаллара наада этэ. “Урут кэпсэтии бҥҕҥ буолбута” диибит да, урут баара-суоҕа Ю.Трутнев оҥорбут барыла ырытыллыбыта. Оттон билиҥҥи бырайыак -- Медведев бэйэтэ илии баттаабыт, элбэх уларытыылардаах саҤа барыл, улахан докумуон. Онон хайаан да дьүүллэһиллиэхтээх этэ. Мин бэйэм этиилэрбин А.Добрянцев салайар хамыыһыйатыгар киллэрбитим, ону тҥһҥ ылыналларын билбэппин.
Чэппиэргэ, сэтинньи 6 күнүгэр, Ил Түмэн Госдуумаҕа киллэрэр этиитэ хайыы-үйэ куоластаныахтаах. Ол гынан баран, РФ сорох субъектара бу сокуон барыла кинилэри эмиэ хаарыйарын билбэккэ олорор буолуохтарын сөп. Бу сокуон ис дьиҥин биллэхтэринэ, балаһыанньа уларыйдаҕына да көҥүлэ.
Оттон биһиги, олохтоох дьон, сирбит бас-баттах “илии устун” барбатын, “экология иэдээнин” миэстэтигэр кубулуйбатын, ТОР сокуонунан туһанан миграннар сирбитигэр-уоппутугар туох да хааччаҕа суох тоҕо анньан киирбэттэрин, ТОРга олохтоох дьон эмиэ кыттыһан үлэлиилэрин ситиһиэхтээхпит”, - диэн Иван ШАМАЕВ “Кыымҥа” кэпсиир.
***
Аартык.ру
Комментарии
#1
мадамесвеером 10.11.2014 12:18
я поняла трутнева так - выезжают люди потому что нет условий для достойной жизни. все хотят жить не в аду а в нормальных условиях. но условий нет потому как на местах царит колониальный порядок - в москве оффисы а тут - вахтовый метод. грабют грабют и грабют. красные пришли - грабют белые пришли - грабют. сила сибири. пришла - чтобы уйти в китай.
#2
Киин улуус 10.11.2014 12:38
Остуоруйа хатыланан иьэр. Били нууччалар бастаан кэлэллэригэр Дыгынтан биир о5ус тириитэ сири кердеен ылбыттарын туьунан уьуйээни санатар. Аны ТОР диэн ончу сана ейдебул буолбатах, сэбиэскэй былаас кэминээ5и "Дальстрой" эмиэ государство иьигэр туспа государство этэ уонна со5уруу Саха сирин ыйыста сыспыттаах.
Источник: aartyk.ru
Category: Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО |
Views: 1403 |
Added by: uhhan1
Ааҕыылар
Баар бары (online): 12
Ыалдьыттар (гостей): 12
Кыттааччылар (пользователей): 0