News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2014 » Ахсынньы » 4 » Кылыыҥкайдар
Кылыыҥкайдар | 13:55 |
Саха Өрөспүүбүлүкэтин үрдүкү салайааччыта бэрисидьиэн диэн солоҕо олорор эрдэҕинэ Сүрүн Сокуону булгуччулаахтык тутуһуу кэрэһитинэн (гарант) буолара.
Холбоһуктаах судаарыстыба бэрисидьиэнин кытта, бадаҕа, күрэстэһэр курдук көстүөхтэрэ диэн буолуо, омуктарынан түмүллэн олорор тэриллиилэри (национальные республики) бэрисидьиэннэнимэҥ диэн сорудаҕы толоро охсон, кылабаа (ил дархан) диэн ааттаммытын кэнниттэн, сүрүн соругун көннөрбүттэрэ дуу, уруккутунан хаалларбыттара дуу? Көннөрбүппүт диэбэттэр. Оннунан хааллаҕа. Дьиҥин ыллахха, бэрисидьиэн судаарыстыбаннастаах, ол аата, Сүрүн Сокуоннаах (Конституция) тэриллии үрдүкү солото, кылабаа ханнык баҕарар тэриллии баһылыга диэн куолулаан уларыттарыахтарын сөп. Ил Түмэн өрөспүүбүлүкэ кылабаата диэн солону ылынан бигэргэтэн, бэйэбит испитигэр эрэ ил дарханнанан даххаһыйыахпыт.
Бары судаарыстыбаннай суолталаах кумааҕылар нуучча тылынан суруллалларынан, туох да суолтата суоҕун билэн, онтубутуттан сотору аккаастаныахпыт сэрэйиллэр.
Сүрүн дьарыга сокуоннары тула буолуохтаах Өрөспүүбүлүкэбит Сүбэтэ (Ил Түмэн), сатаатар, Сүрүн Сокуону уларытыллыбытын кэннэ, олохтоох нэһилиэнньэ билиэхтээҕэр олоҕуран, хос таһааран тарҕатыахтаах этэ. Кинигэ атыылыыр сирдэргэ сылдьан урукку да, аныгы да таһаарыылары ыйыталаһабын, эппиэттэрэ — атыыга тахсыбатаҕа ыраатта диэн. Интернет ситимигэр баар, онтон булан аахпатаххытына сылдьыҥ диэхтэрэ эрээри, нэһилиэнньэ бүттүүн интернетинэн олорбот. Оттон Ил Түмэн, бырабыыталыстыба о.д.а. норуоту салайар аналлаахтар интернеттээхтэргэ эрэ туһааннаан үлэлээбэттэр.
Өрөспүүбүлүкэ Сүрүн Сокуонун суолтатын өрө туппат, болҕомтону уурбат буолуу саха омук өрөспүүбүлүкэтэ диэн аата хаалбытыттан аккаастаныыга бастакы хардыы. Сиэр быһыытынан судаарыстыба уонна өрөспүүбүлүкэ сүрүн сокуоннара тэҥҥэ тутуллуохтаахтар. Ол суох. Көҥүл ылан ити икки сүрүн сокуоннары холбуу, биир тиһии гынан таһаараллара куһаҕаны оҥоруо суоҕа. Өйдөбүлэ, өрөспүүбүлүкэ икки сүрүн сокуоннарынан халбаҥнаабакка ыйдаран олорорун мэктиэлээһин.
Былааска тарбачыһан тахсан солоҕо олорооччуларбыт өрөспүүбүлүкэ Сүрүн Сокуонун соруйан аахайбаттара дуу, билбэттэрэ итиччэ дуу? Кыраны дарбатан диэххэ эмиэ сөп. Ол эрээри, олоххо, ордук бэлиитикэ эйгэтигэр, суолтата суох, болҕомтоҕо ылыллыбат суох. Оттон Сүрүн Сокуон (Конституция) бэлиитикэни аһар аан, саҕалыыр «А» буукубата.
«Российская Федерация – Россия есть демократическое федеральное правовое государство с республиканской формой правления» — диэн Арассыыйа судаарыстыба быһыытынан тутула, олохпут сайдыытын булгуччулаах хайысхата. СӨ-тэ итинтэн атыны санаан көрүөн да сатаммат.
Аллара суруйарым барыта СӨ-тин кылабаата судаарыстыба сайдыытын халбаҥнаабат хайысхатыгар сөп түбэһиннэрэн үлэлээбэт курдук диэн санааны ырытыы. Чэ, ааҕыҥ, толкуйдааҥ. Толкуйдааһын мэйии үлэтин үрдүкү чыпчаала.
Өрөспүүбүлүкэ кылабаата талыллар кэмигэр кылабаа уонна үлэлии олорбут бырабыыталыстыба сокуонунан бэриллибит боломуочуйаларын тохтотоллор, быстах кэмҥэ толорооччу үлэһит буолаллар. Ол аата, саҥа кылабаа солоҕо киириэр диэри быстах кэмҥэ үлэлиир быһаарыылары ылыныахтаахтар. Е.А.Борисов уонна бырабыыталыстыба ону тутуспатахтара. Биллэри холобурдаабаппын.
Талыллыбыт кылабаа саҥа бырабыыталыстыбаны уонна онно сололоохтору аттаран Ил Түмэҥҥэ бигэргэттэрэр. Ити кылабааҕа сокуонунан көҥүллэммит уонна ирдэниллэр эбээһинэһэ.
Көҥүл да күөйүллэрдээх буолар. Холобур, бырабыыталыстыба састааба ахсаанынан кээмэйэ хааһына харчытыттан төһөтүн ороскуоттуурунан уонна туһалаах, таһаарыылаах үлэнэн дьарыктанарын курдук аттарыынан ыйдарыахтаах диэн сиэр хааччаҕа баар. Итини бырабыыталыстыба норуот харчытыгар бэйэ дьонугар үлэ миэстэтин таһаарар түмсүү буолбатах диэн өйдүөххэ сөп.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин толорор былааһын тэриллиитэ харчыны харыстаһа сатаабакка халыҥ хамаанданы тэринэр. Киэҥ «дала» суох билиилээх дьон мустан үлэлииллэрин курдук өйгө-санааҕа тиэрдэр.
Оннук буолбатах дуо? Сыымайдаан көрүөҕүҥ.
Үлэни оҥорон таһаарыыга тугу да бас билбэт, ол аата, үлэ оҥоһуллуутун аттаран салайсар кыаҕа суох өрөспүүбүлүкэ толорооччу былааһа 19 министиэристибэлээх, 7 судаарыстыбаннай кэмитиэттээх (министиэристибэттэн бэрт кыра уратылардаах), 6 солбуйааччылаах бэрэссэдээтэллээх туспа бырабыыталыстыбалаах, итини таһынан, кылабаа уонна бырабыыталыстыба үлэлэрин тэрийэр саламталаах. Ити саламта туспа бырабыыталыстыба тэҥэ. Биир маҥнайгы үс көннөрү солбуйааччылаах салайааччылаах 24 бөлөхтөн турар кырата суох тэриллии. Ити иһигэр кылабаа, судаарыстыба таһымыгар сүбэһит А.С.Борисовтан ураты сэттэ сүбэһиттэрэ бааллар. Сүбэһит эрэ көмөтүнэн кылабаалыыр сүрэ бэрт буолбатах дуо?
Дьон бастыҥа талыллан норуот хаһаайыстыбатын салайыахтааҕа өйдөнөр. Өйдөммөтө атыҥҥа.
Хааһынаҕа харчы тиийбэтинэн үҥсэргии-үҥсэргии бырабыыталыстыба салайыыга, тэрийиигэ кыттыһара улаханнык ирдэниллибэт экэниэмикэ салааларыгар сүүһү эрэ кыайбат үлэһиттээх министиэристибэлэри тэрийиллэр.
Норуот уопсай баайа дэммит судаарыстыба баайын-дуолун былааска чугас дьон үллэстэн ылбыттарын түмүгэр үлэһит дьон туоҕа да суох хаалбыттарыгар, судаарыстыба көмөлөһүө, бэйэҕит тэринэн байыҥ-тайыҥ диэн нэһилиэнньэ айаҕын саба тутааһын ньыматынан буолбута диим. Билигин хаппытаалынан салаллар өй-санаа олоҕун булла, хааһына харчытыгар олоххутун оҥосторгутугар тирэх биэрэбит диэһин наадата суох. Табаар оҥорор кыахтанан, онтуларын атыыга таһаарар сыаналарын хааһына харчытыттан көмөлөспүттэр өттүлэриттэн хонтуруол суох. Ол иһин, ити министиэристибэни, биир уһугуттан да буоллар, норуоту хайдах сүүлүктүүргэ сүбэһиттэр диэм этэ.
Бырамыысланнас уонна сибээс ыытар кэпсэтии эрэ үлэлэрин министиэристибэтэ суох бырабыыталыстыба кылабаа ыытар кыахтара суох дуо? Чугастаһар экэниэмикэ хайысхаларын холботолоон биир министиэристибэ оҥортуур сөбө. Спорт уонна ыччат, дьиэ кэргэн боппуруостара тоҕо араартанна? Эт-хаан, спорт сайдыыта дьиэ кэргэнтэн саҕаланар. Өрөспүүбүлүкэ спорка соруга үрдүк ситиһии эрэ дуу? Ол да элбэх киһини дьарыктаан, сүүмэрдээһин түмүгэ буолуохтаах. Тоҕо анал идэҕэ үөрэхтээһин туспа барда? Биир министиэристибэҕэ тус-туспа хайысханан икки,үс, түөрт департаменнары тэрийэн үлэлэтии, тэрийэр, хааччыйар сулууспалары түмүү элбэх үбү босхолуо этэ.
Ил Түмэн судаарыстыбаннай уонна муниципальнай сулууспалаахтарга хааччыллыылыын, тэриллиилиин, хамнастыын холбоон бүддьүөт, холобур, икки бырыһыаныттан тахсыа суохтаах диэн сокуон ылыныахтаах. Оччоҕо эрэ кэмэ суох кэҥии турар «хабыньыат хамандьыырдарын» ахсаана аҕыйыа. Миниистир хамнаһын аҕыйатыан баҕарбатаҕына, аҕыйах ахсааннаах аармыйаланыа, бэйэтин, көмөлөһөөччүлэрин үлэлэтиэ.
Саҥа бырабыыталыстыбаҕа Е.А.Борисов икки улуус баһылыктарын миниистирдэр сололоругар олорорго ыҥыран ылла. Тус бэйэм итини олус сүөргүлүүбүн.
Бастакыта. Е.А.Борисов улуус олохтоохторо эрэнэн баһылыктарынан талбыт дьоннорун, кинилэр куолаһынан быһаарбыт бырааптарын быһа түһэр, дэмэкирээтийэ олоҕурар сүрүн бириинсибин билиммэтин этэр. Ону ааһан, улуус баһылыктара талыллалларыгар солонон күһэйбиттэрин (адмресурс) уонна былаас баартыйатын дэмэкирээтийэни утары дьайыыларынан быыбарга мухулуйдаабыттарын билинэн, биһиги олордуталаабыт дьоммут, быыбардааччылартан ыйыппакка ылар да, устар да кыахтаахпыт диэһин. Норуот уларытыллыбат, көннөрүллүбэт быыбарга куоластааһынан быһаарыыта диэн дэмэкирээтийэ ытык өйдөбүлүгэр чугастаспат буолбат дуо?
Иккиһэ. Улуус баһылыгын талыыга уончаны эрэ кыайбат хандьыдааттартан админресурс уонна былаас баартыйатын сирэйэ-хараҕа суох, ньыппаччы анньар көмөлөрүнэн туоратан «кулуба» олбоҕор олорон баран, киин куоракка үрдүк соҕус солоҕо кылабаа ыҥырбыттарыгар көлбөрүс гынааһыны сэргиэххэ сатаммат. Быыбарга кыайтарбыттарга, эһиги эрэйдээхтэри сөмүйэбэр эргиттим ээ диир кэриэтэ.
Үсүһэ. Былаас «үтэр» дьоно кыайыахтарын биллэллэр, аатыгар хандьыдаат бырагыраамматын оҥостон нэһилиэнньэ иннигэр эрэннэрии бөҕө этэллэр. Дьон иннигэр эрэннэрии эппиэтинэһэ ханна барда? Сахалар аллаах ат биир кымньыылаах, үтүө киһи биир тыллаах диэн өс хоһоонун сиэри-майгыны тутуһар, чахчы эрэниллэр дьоҥҥо анаан этэллэр. Тылыгар турбат киһини халбас харатын курдук дэнэр. Оттон биир сиргэ түптээн олорбот, үлэлээбэт киһини туһунан, кини «барахсан» ханна кылыыҥкайдыы сылдьара буолла, эчикийэ билбэппин диэн сүөргүлүү соҕус мэлдьэһээччилэр.
Ааспыт төрдүс ыҥырыыллаах Ил Түмэн, бадаҕа, баартыйалар норуот чаҕардарынан оҥорбут үс дьокутааттара атын сымнаҕас олбоххо «кылыыҥкайдаан» хааллылар этэ дуу? Баһан ылар биэнсийэни ыларга суруннахтара, өссө араай олоҕун көрдүү өгдөрөҥнөстөхтөрө. Балык уу дириҥин былдьаһар, киһи күн үтүөтүн батыһар диэн бэргэн этиинэн сапта сатыахтара эрээри, норуот талбыт дьонугар тарҕаммат.
Тоҕо дьон былааска тардыһарый диэн ыйытыкка сыта-тура эппиэтин көрдүүбүн да, бу диэн булбаппын. Үс эппиэт тула көтөр. ханныга чопчутун билбэппин.
Билиилэрин-көрүүлэрин, олоххо уопуттарын толору туһанан, дьон-сэргэ иннигэр үтүөнү оҥорсоору диэн эппиэт хаппытаал салайар, бэйэм ырбаахым эппэр чугас диэнинэн сирдэтэр сиэргэ-майгыга сөп түбэспэт курдук. Дьонтон чорбойон, бас-көс буолан болҕомто иһигэр сылдьаары дуо? Бэйэмсэхтик иитиллибиттэр олохторун соруга оҥостуохтарын син сөп. Оннук дьон норуокка туһаны оҥороро аҕыйах. Үһүс элэҥниир эппиэт, орто дойдуга биирдэ кэлэр олоҕу оҥостон хаалаары. Билигин тутуһуллар өйгө-санааҕа чугастаһар курдук эрээри, ол хайдах диэн ыйытыктанан тахсар. Кэтээн көрдөххө, салайар солоҕо олорон олоҕу быйаҥныыр үс суол баар курдук.
Бастакыта, киһи бэйэтэ туһанарын курдук дьаһайыы. Холобур, баайы-дуолу өлүүлэһэр курдук батарыы, үрдүк хамнас, биэнсийэ сурунуу, хааһына харчытыттан күннэҕи олох-дьаһах төлөбүрүн саптыныы. Холобур, судаарыстыба суотугар дьиэ кэргэҥҥин барыларын массыынанан хааччыйыы, ону-маны кыра испэрэйдэри ааҕымыым.
Иккиһэ, хааһына харчытыттан уоруу. Уоруу да көрүҥнэрэ элбэх. Онно тохтоомуум. Көрүҥнэрин борокуротуура билэн олордоҕо.
Үсүһэ, бэрик ылыы. Сөҕүөх иһин, Арассыыйа үрдүнэн бэрик орто кээмэйин суоттаабыттарын хаһыакка таһаарбыт этилэр. Биллибитинэн оччо диэн чопчулаан этиим.
Былааска дьулуһааччы олус элбэҕэ киһини дьулатар. Ону көнө сүрүннүүр баҕа кимиэхэ да суох.
Дьэ, сүрдээх. Дэмэкирэтиичэскэй судаарыстыбаҕа муҥур былаастаах норуот. Бэйэни барҕатыныы туһугар ону билиммэт буолуу туохха тиэрдиэн сөбүй? Мин саныахпар, сатаатар, Ил Түмэн быыбардаммыт сололоохтор талыллыбыт кэрчик кэмнэрэ бүтүөр диэри үлэлиэхтээхтэрин, атын үлэҕэ көһөллөрө көҥүллэммэтин туһунан сокуон ылара булгуччулаах курдук. Оннук хааччаҕа суох, кылабаабыт судаарыстыба бырабыыталыстыбатыргар эбэтэр Уһук Илин Министиэристибэтигэр үлэҕэ ыҥырдахтарына элэс гынан хаалар куттала сырса сылдьыыһы.
Уһук УЙБААН
|
Category: Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения |
Views: 1435 |
Added by: uhhan1
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 98 Ыалдьыттар (гостей): 98 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|