Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2014 » Ахсынньы » 5 » Ыраас, чиэһинэй быыбардар иһин
Ыраас, чиэһинэй быыбардар иһин
20:49
Ыраас, чиэһинэй быыбардар иһин
 
Сахаҕа быдан дьыллар мындааларыттан, урукку дьыллар улаҕаларыттан Чыҥыс хаан ыйааҕынан, одун хаан оҥоһуутунан, диэн суут сокуон чуолкай, ыраас буолуохтааҕын туһунан өйдөбүлү биэрэр этиилээх этилэр. Оттон билиҥҥи биһиги быыбар туһунан сокуон тутуһуллубат буолбута үгэскэ кубулуйда. Быыбар сокуона,--диэн тойоттор эрэ туһаларыгар оҥоһуллубутун курдук норуокка өйдөбүл үөскээтэ.

Ол иһин быыбары ким да итэҕэйбэт да буолла. Биһиги президеммит: “Мин сахаҕа бастакынан Ил Дархан буолуохтаахпын”,--диэн өйдөбүлгэ киирэн хаалан баран хара бастакыттан РФ быыбар туһунан ФС-ун билиммэккэ ууну-хаары кэһэрдии харса суох сокуону кэстэ. Сокуоннайа суох регистрацияламмыта уонна быыбары кыайыы туһунан удостоверенияны сокуону кэһэн туран ылбыта. РФ генеральнай прокуратурата маны кытары сөбүлэспэккэ быыбарга Е.А.Борисов сокуону кэһиилэрин бырачыастаан Э.Б.Березкин үҥсүүтүн кытаанах хонтуруолга ылла.

СР үрдүкү суутугар СР аҕа баһылыгар быыбарга кандидат Е.А.Борисовы быыбарга кандидат быһыытынан уһулларын туһунан балаҕан ыйын 8 күнүгэр көрүллүбүт суут быһаарыыта саҥа дакаастабыллар көстүбүттэринэн хаттаан көрүллэр буолла.

Письмом от 12 ноября 2014 года №72/1-1227-2003 года заместитель начальника управления по надзору за соблюдением прав и свобод граждан Главного управления Генеральной прокуратуры Российской Федерации по надзору за исполнением федерального законодательства Н.Н.Честных, заявление о преступлении по признакам статьи 305 УК РФ судьи Дмитриевой Л.А. в связи с принятием заведомо неправосудного Решения суда от 8 сентября 2014 года об отказе отмены регистрации кандидата Борисова Е.А. направила для проверки прокурору республики. В связи с изложенным, судья Дмитриева Л.А. назначила рассмотрение дела о пересмотре Решения суда от 8 сентября 2014 года на 16 декабря 2014 года в 10 часов утра.
В Верховный суд Республики Саха (Якутия) от доверенного лица кандидата Березкина Э.Б.-представителя Седалищева Николая Иннокентьевича г. Якутск, ул Кирова 11; Соответчик: ЦИК РС /Я/, Якутск Ленина 30.

Заявление о пересмотре решения суда от 8 сентября 2014 года по вновь открывшимся обстоятельствам.
Статья 392 ГПК РФ устанавливает основания для пересмомотра судебных постановлений, вступивших в законную силу (по вновь открывшимся или новым обстоятельствам
)

Е.А.Борисов РФ президенэ В.В.Путин ыйааҕынан быстах кэмҥэ эбээһинэс толорооччунан анаммыта. Кини РФ быыбар туһунан сокуонугар олоҕуран быыбар агитацията буолуон иннинэ агитация кэмигэр ити эбээһинэһиттэн босхолонуохтаах этэ. Государственнай дуоһунаска сылдьар киһи агитацияҕа кыттар бырааба суох. Кини үлэтиттэн босхоломмотоҕо даҕаны, уоппуска да ылбакка сокуону кэһэн туран быыбарга кыттыбыта.

Бу ЦИК уонна Е.А.Борисов өттүттэн сокуону куруубайдык кэһии. Суут кинини аҥаардас бу сокуону кэспитин иһин быыбарга Ил Дархан дуоһунаһыгар
кандидат быһыытынан регистрацияттан устуохтааҕа. Онон РФ быыбар туһунан ФС-на этэринэн Е.А.Борисов быыбарга олох да кыттыа суохтаах эбит.
РФ быыбар туһунан ФС-ун быһыытынан үлэлии сылдьар админстративнай ресурса чинованиктара быыбарга ханнык эмэ агиатционнай үлэни ыыталларын бобор. Ол иһин Е.А.Борисовка дэбиэринэй сирэй буолбут СР Судаарыстыбаннай мунньаҕын (Ил Түмэн) 11 норуодунай депутатын РФ ЦИК рекомендациятынан уураппыттара. Бу сокуон ис хоһоонун олус үчүгэйдик билэр эрээри РФ Судаарыстыбаннай дууматын норуодунай депутаата М.Е.Николаев, СР Судаарыстыбаннай мунньаҕын (Ил Түмэн) норуодунай депутааттара А.И.Еремеев, Н.И.Румянцев, муниципальнай тэриллии Нам улууһунааҕы баһылыга А.П.Атласов онтон да атыттар быыбарга кандидат Е.А.Борисов туһугар сокуоннайа суох үлэлээбиттэринэн уонна бэчээтинэн агитационнай үлэни ыыппыттарынан кандидат Е.А.Борисов быыбартан кандидат быһыытынан булгуччу уһуллуохтаах.

Быыбар кэмигэр маннык уонна манна майгынныыр админстративнай ресурса чиновниктара элбэх кэһиилэри оҥорбуттара. Ону бырачыастаан кандидат Э.Б.Березкин ыстаабыттан суукка үҥсүүлэр киирбиттэрэ.

Быыбарга үрдүкү суукка үҥсүү сайабылыанньа быһаарылла илигинэ ЦИК быыбар түмүгүн оҥорон, кыайыылааҕы быһааран уураах таһаарыа суохтааҕа. РФ быыбар туһунан федеральнай сокуонугар ол туһунан чуолкай ыйыллар. Бу ЦИК бэрэссэдээтэлэ Кривошапкин РФ быыбар туһунан ФС-ун куруубайдык кэһэн, дуоһунаһын үрдэппитин иһин холуобунай эппиэтинэскэ тардыллыахтаах. Онон Е.А.Борисов үрдүкү суут дьыаланы көрөн бүтэрэ илигинэ сокуоннайа суох ананан инноугурация оҥорон тус бэйэтин баҕатынан үлэтин саҕалаата. Инноугурация барбытын туһунан суукка дакаастыырга республика 940 тыһыынча олохтооҕуттан, 620 тыһыынча быыбардааччыттан суука туоһу буолар икки үс киһини булар соччо улахан уустуга суох. Телевизорынан инноугурация ыытылла турарын туһунан быһа көрдөрүү оҥоһуллубута. Онон ЦИК бэрэссэдээтэлэ Кривошапкин холуобунай эппиэтинэскэ тардыллар дакаастабылын булар туох да улахан уустуга суох.

Инноугурацияҕа үрдүкү суут бэрэссэдээтэлэ Горева суукка киирбит сайабылыанньаны быһаарар дьаһалы ыларын оннугар, бэйэтинэн кэлэн РФ быыбар туһунан ФС-ун маассабайдык кэспит буруйдаах Е.А.Борисовы кытары хаартыскаҕа түспүтэ, сокуоннайа суох эҕэрдэлээбитэ хаһыаттарга бэчээттэммитэ. Бу хоруупсуйа. Үрдүкү суут СР-гар РФ быыбар туһунан ФС-ун тутуспатын олус чуолкайдык бигэргэтэр, суут олохтоох былаас интэриэһигэр үлэлиирин көрдөрөр түгэн.

Бу туһунан быыбар саҕаланыытыгар Россия президенэ В.В.Путин админстративнай ресурсаны туһаныы иһин кытаанах миэрэлэри ылыам, диэн иһитиннэрбитин быыбардааччылар бука бары билэбит. Онон бу быыбар урукку өттүгэр ыытыллар быыбардартан саха киһитэ санаабатах даҕаны ураты соһуччу чаҕылхай өрүттэрдээх буолла. Ил Дархан дуоһунаһыгар сокуоннайа суох ананан үлэтин саҕалаабыт Е.А.Борисовка ахсынньы ый уон алта күнүттэн ыарахан күннэр саҕаланыахтара. РФ ФС сокуоннарын истибэт, толорбот буолууну РФ президенэ В.В.Путин биһириэ дуо?
Боростуойуттан эттэххэ бу аата биһиги Ил Дархаммыт РФ президенэ В.В.Путин сокуоннарын ыйаахтарын, дьаһалларын төрдүттэн билиммэтин, толорботун көрдөрдө.
Суут маннык сокуону кэһиилэри сокуоннайдык билиниэхтээх, билигин үлэлии сылдьар Е.А.Борисов Ил Дархан дуоһунаһыттан тохтотуохтаах. Оччотугар быыбар иккис түһүмэҕэ Е.А.Борисов кыттыыта суох салҕаныа.

Салгыы Е.А.Борисов СР ууга барыынан уонна улахан баһаардар бара туралларынан уһулуччу ыарахан кэмҥэ эбээһинэс толорорун быһыытынан быыбар агитациятыгар кыттыбатын туһунан Саха сирэ хаһыакка балаҕан ыйын 6 күнүгэр ыстатыйа биэрэн дьонун-сэргэтин истиитигэр таһаарбыта. Телевизорынан тыл эппитэ. Онтон Ил Түмэн хаһыакка алтынньы ый 24 күнүгэр быыбар агитациятыгар 39,5 мөлүйүөнү тутуннум, диэн отчуот суруйар. Ол аата кини эппит тылыгар турбатах агитационнай үлэни ыыппыт. Аны бу харчы биир эрэ тэрилтэттэн киирбитин туһунан бэчээккэ ыйыллар.

Сокуон быһыытынан 4 мөлүйүөнтэн ордугу биир юридическай сирэй спонсордыа суохтаах. Аны спонсордаабыт тэрилтэ сыл иһинэн бюджеттан көмөлтө харчы ылбыта дакаастаннаҕына кандидат уһуллар. Билигин СР ЦИК маны быһаарыыга докуменнары биэрэртэн куотуна сылдьар. Харчы бюджеттан туттуллуо суохтаах. Үп-харчы боппуруоһугар кыра да кэһиилэр баар буоллахтарына кандидат быыбартан уһуллар. Билигин сурахтар кэпсииллэринэн кандидат Е.А.Борисов туһатыгар ЖКХ министерствота агитатородары ЖКХ-тан хамнастаабыт сураҕа баар. Оччуокка бу эмиэ көстүбэт. Ол агитатордар быыбар саҕана үлэҕэ киирбииттэр уонна быыбар кэнниттэн тута үлэлэриттэн уурайбыттар.

Бу дьыала арылыннаҕына кандидат Е.А.Борисов быыбартан уһуллар.
Оччуоту көрдөххө бу харчыттан 19 мөлүйүөнэ билбордары оҥорууга ороскуоттаммыт. 4 мөлүйүөн 415 тыһыынча хаһыаттарга туттуллубут диэн ыйыллар. Муниципальнай сиидэни ааһыыга 144 тыһыынча туттуллубут. Хас биирдии куоласка 500 солкуобай нотариуска төлөммүт. Манна Арктическай улуустарга үстүү күн вертолетунан көппүттэригэр вертолет ороскуота оччуокка көстүбэт. Аны бу вертолет ороскуотун авиа хампаанньа бэйэтэ спонсордаан уйуммут буоллаҕына, СР-гар дотация ылбат авиахампаанньа суох. Оччотугар ити эмиэ сокуону кэһии.

Тэрилтэ сыл иһинэн бюджеттан харчы ылбыт буоллаҕына спонсорскай көмөнү оҥорор бырааба суоҕун эппитим. Иккис курдук вертолет оччуота киирэр буоллаҕына кини чааска 200-300 тыһыынчаттан итэҕэскэ көппөт. Итиччэтигэр вертолет ороскуота үс күҥҥэ хас эмэ мөлүйүөнү охсон таһаарар. Оччоҕо быыбарга кандидат 40 мөлүйүөнтэн ордугу туттуо суохтаах, диэн сокуон этиитигэр эмиэ кэһии тахсар. Итинник кандидат Е.А.Борисов быыбартан уһуллуон сөп итэҕэһэ быһаҕаһа аһара элбэх. Суут онно сокуоҥҥа сөп түбэһиннэрэн сөптөөх быһаарыы ылыныахтаах.

Аны РФ Генеральнай прокуроруттан судьуйа быыбар сокуонун кэһиигэ миэрэ ылбат түбэлтэтигэр РФ УК 305 ыстатыйатынан эппиэтинэскэ судьуйа бэйэтэ тардылларын туһунан сэрэппит. Ити гражданскай дьыалаҕа 305 ыстатыйа иккис чааһыгар 300 000 солкуобайтан түөрт сылга диэри түрмэ. Холуобунай буруйга буруйа суох киһини хаайыыга олордуу иһин судьуйа 4 сылтан 10 сылга диэри хаайыллыахтаах.

Е.А.Борисов өттүттэн маннык РФ ФС-ун хас хамсаныытын аайы тус бэйэтинэн кэһэр буоллаҕына кини ылынар уураахтарын сокуоннарын ким толоруон, истиэн сөбүй? Биһиги Ил Дархаммыт Е.А.Борисов ханнык да сууту сокуону, Россия правовой судаарыстыба буолбутун билиммэт гына чахчы улаханнык сытыйбытын, улугурбутун туоһулуур. Арассыыйаҕа тас дойдулар экономическай санкциялара ыгар чахчы ыарахан күннэрэ-дьыллара иһэр кэмнэригэр маннык салайаачы биһиэхэ наада дуо?

Урукку өттүгэр биһиги республикабытыгар быыбар туһунан сокуоҥҥа мэккиэрдэр хаһан да буолбаттар этэ. Балыттарбыт балыттаран уу чуумпутук хаалан хаалара. Салалта көҥүл айбардыыра. Онтон сылтаан биһиги обществобыт олоччу кыратыттан улаханыгар тиийэ улугуран, сытыйан олорорбутун бу быыбар түмүгэ дакаастаата. Норуот интэриэһин көмүскээн, инники өттүгэр чиэһинэй, РФ ФС салаллар киһи быраабын уонна көҥүлүн күөмчүлээбэт быыбардар буолалларын туһугар СР Ил Дарханыгар кандидат Э.Б. Березкин саамай сөпкө сууттаһар,--диэн норуот интэриэһин күөмчүлээбит салалта айбардааһынын бырачыастаан боростуой норуот Эрнст Борисовиһы өйүүр.

Ахсынньы ый 16 күнүгэр саҕаланар суут тугунан дьайыа биллибэт. Суут итинник итэҕэстэри ылымматаҕына салгыы Э. Б. Березкин үҥсүүтүн РФ үрдүкү суута быһаарыа турдаҕа.
Арамаан Дьөгүөрэп.
 
Category: Выборы | Views: 1403 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Ахсынньы 2014  »
БнОпСэЧпБтСбБс
1234567
891011121314
15161718192021
22232425262728
293031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 28
Ыалдьыттар (гостей): 28
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024