Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2014 » Ахсынньы » 11 » Саханы саханан эһиэхтэрэ...
Саханы саханан эһиэхтэрэ...
12:22

Саханы саханан эһиэхтэрэ...

Саханы саханан эһиэхтэрэ...
Кэлэр сылтан саҕалаан олох-дьаһах ыарыа, куру ыга тардыныы кэлиэ диэн түүйэллэр. Маннык балаһыанньаҕа ким хайдах сатанарынан ас-таҥас, харчы  булар саҥаттан саҥа ньымалары тобула сатыыр. Ол иһигэр криминал эмиэ.
 Аан дойдуга кризис буолбута ыраатта дииллэр. 2015 сылтан саҕалаан солкуобай кризиһэ дириҥиэ, Россия Евросойууһу уонна Американы кытары киирсиититтэн ас-таҥас аччыыр өттүгэр барыа, дойдубутугар хото атын дьоннор кэлэн сирбитин-уоппутун баһылыахтара эҥин диэн сабаҕалыыллар.
 
Интернет, суотабай сибээс баар буолан, аан дойдубут  иэнэ кыччаан хаалбыт курдук. Уонча сыллааҕыта Сир шарыгар буола турар уларыйыылар ыраах сытар Саха сирин бачча түргэнник таарыйыахтара диэн киһи өйүгэр да оҕустарбата. Ол курдук биир сыл иһигэр аан дойду атыйахтыы ытыллан айдаан бөҕө таҕыста, аймалҕан бөҕө буолла. Сирия, Украина айдааннара, Сочи Олимпиадатын кэккэ судаарыстыбалар бойкоттааһыннара, Америка  Европалыын кыттыһан  Россияны утары санкциялара, 20 судаарыстыба баһылыктарын көрсүһүүтүгэр, Европа салайааччылара куомуннаһан, биһиги президеммитин хайа эрэ өттүнэн туората, атарахсыта сатааһыннара, Россия Евразийскай  Сойууһу тэрийэргэ дьулуһуута, Кытайы кытары Россия ньиэп-гаас туһунан дуогабардаһыыта, урукку Сойууһунай өрөспүүбүлүкэлэртэн киһи-сүөһү бөҕө харыыта суох Россияҕа киириитэ, солкуобайбыт сыаната таҥнары курулааһына,  Путин Федеральнай мунньахха Илдьитэ  о.д.а. быһылааннар, событиялар ырытыы бөҕөнү көрдүлэр.
 
Урут, олус ыраах буолан, син бүччүм олорбут Сахабыт сирэ Россия биир кэлим судаарыстыбатын регионун быһыытынан балай эмэ сибээһэ кэҥээтэ. Тойон-хотун, миниистир кэлэрин аахпатахха,  дойду уонна регион таһымынан сүрдээх элбэх чемпионаттар, научнай конференциялар, тэрээһиннэр бөҕө буоллулар. Ил Дархаммытын таллыбыт. Мас тардыһыыбыт аан дойдутааҕы күрэхтэһиигэ тиийэ тахсыбыта да элбэҕи этэр. Биллэн турар, саамай улахан уонна суолталаах тэрээһининэн «Сила Сибири» бырайыак аһыллыыта буолла.
 
Кризиһи хайдах туоруубут?
 
Аан дойду уларыйда: салгынныын, айылҕалыын, өйдүүн-санаалыын. Былыр- былыргыттан саха омугун сээркээн сэһэнньиттэрэ, бөлүһүөктэрэ, үөрэхтээхтэрэ, суруйааччыларбыт дьоннорун-сэргэлэрин тустарыгар кыһаллан инникини анаараллара, санааларын этэллэрэ, сайдар суолбутун ырыҥалаан көрөллөрө. Билигин, хомойуох иһин, тоҕо эрэ ол суох буолла. Мин өйдүүрбүнэн, норуот тапталлаах суруйааччылара Софрон Данилов, Далан бүтэһик оннук санаалары эппиттэрэ. Онтон «Аан дойду өйө-санаата, олоҕун оҥкула тосту уларыйар кэрдиис кэмигэр  сахалар хайдах дьаһанаммыт инникибитин торумнаныахтаахпытый?» диэн ыйытыы биһигини долгутар. Олох-дьаһах ыарыы турар кэмин  хайдах улахан сүүйтэриитэ суох мүччү көтөбүт, сүрдээх элбэх омук дьоно кэлбитинэн үлэ миэстэтинэн бэйэбит дьоммутун хайдах хааччыйабыт, олорор сирбитин үйэ-саас тухары бас билэргэ туох дьаһаллары ылабыт, предпринимательство сыла биллэриллибитинэн, чааһынайдар бэйэлэрин дьыалаларын аһалларыгар туох саҥа хардыылары оҥоробут , «Сила Сибири» сүҥкэн бырайыакка олохтоох дьоммутун хото үлэлииллэрин хайдах тэрийэбит уо.д.а. элбэх ыйытыктар иннибитигэр ыган тураллар.
 
Кэлиҥҥи сылларга киһи бииртэн үөрэр, киэн туттар. Сахалар кэнники сылларга Россия таһымыгар буолар культура, искусство, живопись, наука чэрчитинэн ыытыллар күрэхтэргэ олус ситиһиилээхтик кыттар буоллулар. Ити олус үтүө көстүү. Россия 83 регионнарыттан  киинэ, театр, наука, литература, живопись күрэхтэригэр куруутун бириистээх миэстэҕэ тиксэллэриттэн киһи киэн туттар. Спортивнай күрэхтэһиилэр тустарынан этэ да барбаппын. Бу соторутааҕыта буолан ааспыт аан дойдутааҕы мас-рестлинг чемпионнарын  кыайыылара-хотуулара, кинилэри чиэстээһин урут тустуук уолаттарбытын айхаллыыр  эйфорияны санатара олус хайҕаллаах  дьыала.
 
Ол  гынан баран... олох сайдыыта барыта биир тэҥ үчүгэй, эбэтэр биир тэҥ куһаҕан буолбат. Олох үтүө да, мөкү да өрүттэрэ хайа-хайалара сырыһыннара сайдаллар. Биир сырыыга сырдыга өрө охсон ылар, иккиһигэр күлүк өттө баһыйар.  Икки Атах кыһалҕата хайа кыалларынан олох үтүө өрүттэрин өрө тутуу, онно талаһыы, ол диэки сайдыыны оҥоруу буолар диэн кыра эрдэхпититтэн үөрэтэллэрэ.  
 
Кэлэр сылларга криминал төбөтүн өндөҥнөтөрө күүтүллэр
 
Соторутааҕыта “Якутия.инфо” сайт криминалитет туһунан биир ыстатыйаны бэчээттээтэ. 2001-2004 сс. Дьокуускайга олорор дьиэлэри, улуус, куорат тэрилтэлэрин, ол иһигэр оскуолалары, хонтуоралары, «Камаз» массыыналарын тиэйэн иһэр таһаҕастарын  халаабыт-талаабыт бөлөхтөр салайааччылара Саха сиригэр хаайыылаахтар  «тойонноро» буолбутун туһунан суруйдулар. Саха ыччатын быспыт аҥаара - бу үлэлиэхтээх, үөрэниэхтээх, оту-маһы тардыалыыр саастарын үгэннэригэр түүнүктээх түрүмэҕэ сыталлар. Сүрдээх халыҥ "аармыйа" хаайыыга харалла сытар.
 
Америка, Евросойуус Россияны санкциялыыр кэмигэр  ас-таҥас ыарыыр буоллаҕына, ханна да үп-харчы күүскэ хамсыыра күүтүллэр. Дойдубут киин сиригэр криминальнай авторитеттар мустан   «мунньахтаабыттара» да ону туоһулуур. Ол курдук арыгы, наркотик, халааһын-талааһын, проституция курдук олох дьайдарын ортотугар сылдьар контингент саҥа «тойону» талар кэмигэр, тоҕо эрэ Саха сиригэр наркотигы утары кырыктаахтык охсуспут генерал Степан Давыдов көһөрүллэн Камчаткаҕа ананна. Генерал төрөөбүт сириттэн барарын төүөтүн туһунан усках сурах толору. Бу сиргэ туох да мээнэ тахсыбат. Барыта сибээстээх, силистээх-мутуктаах диэн сөпкө этэллэр. Булгуруйбат генерал киин сир ханнык муҥур тойонугар эбэтэр криминальнай  аптарытыатыгар наркотигы тарҕатарга мэһэйдээбитин биһиги эрэйдээхтэр хантан билиэхпитий? Арай, кэлэр сылларга көрүнньүк, аатыгар эрэ тойону ити кириэһилэҕэ олортохторуна тугунан түмүктэнэрин бары да сэрэйэн эрдэхпит.
 
Онон бу Саха сирин хаайыылаахтарыгар саҥа «тойон» талыллыыта  иһэ-истээх. Бастакынан, кини саха. Саха дьонун саха киһитэ халыыр, өлөрөр-өһөрөр буоллаҕына, сахалар улаханнык  айдаарыахтара суоҕа диэн санаа да баара буолуо диэххэ сөп. Иккиһинэн, кини бэйэтин «дьиҥ дьыалаҕа» көрдөрбүт, «тэрийэр дьоҕурдаах» салайааччы буоларын дакаастаабыт киһи. Үсүһүнэн, үгүс «аптарытыаттары» кытары уопсай тыл булар дьоҕурдаах диэн суруйаллар. Интернеккэ бэл, кини былаас тойотторун кытта арыгылыы сылдьарын кытары көрбүттэрин туһунан суруйбуттара баар. Онон легальнай уонна нелегальнай «аптарытыаттар» бэйэ-бэйэлэрин кытары өйдөһөн, бииргэ  «үлэлииллэрин» туһунан үгүс киһи сөпкө этэрэ оруннаах буоларыгар тиийэр.
 
Онтон биһиги боростуой норуот күн ахсын араас наркотиктар элбээн ыччаппытын сүһүрдэр үлэни ыыталларын утары охсуһар туох дьаһаллар баалларын билэбитий? Ыччаппытын бу хара дьайтан хайдах гынан быыһыыбыт? Олохпут ыарыыр кэмигэр бу дьайга ыллаттарбат гына ыччаппытын хайдах иитэбит? Ыччат сүһүрдэ да – омук быһыытынан эстэбит, сирбит-уоппут хаһаайына суох хаалар, кэлбит-барбыт көҥүл айбарыгар түбэһэбит. Ол ону бэйэбит биир хааннаахтарбыт илиилэринэн оҥоттордохторуна, криминальнай ситими киллэттэрдэхтэринэ да көҥүлэ. Ол өссө алдьатыылаах уонна суоһарыылаах буолуоҕа.  
 
Муударай дьоммут суруйууларын күүтэбит
 
Интернет тылын итэҕэйдэххэ, кэлэр 2015-2017 сс. кризис, буола турар уларыйыылар аан дойду политическай, социальнай, культурнай тутулун бары өттүнэн ыараппыт кэмнэрэ буолуо диэн сабаҕалыыллар. Урукку үөрэммиппитинэн, үгүстэр биллэр-көстөр дьоммут бу кэмҥэ хайдах дьаһанан олоруохтаахпытын ыйар-кэрдэр суруйууларын күүтэрбит бааламмата буолаарай.  Онон саха омук дьоно бу ыарахаттары туоруурга сүбэ-ама истиэхпитин баҕарабыт. Саха өйдөөхтөрө билигин да уста турар олохпут туһунан санааларын бар-дьонноругар тиэрдэллэрин күүтэбит диэнинэн суруйуубун түмүктүүбүн.
 
Жанна МИХАЙЛОВА,
Дьокуускай.

Источник: aartyk.ru
 
Category: Саха | Views: 1941 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Ахсынньы 2014  »
БнОпСэЧпБтСбБс
1234567
891011121314
15161718192021
22232425262728
293031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 31
Ыалдьыттар (гостей): 31
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024