Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2014 » Ахсынньы » 15 » Барыыһап дьиҥ иһигэр киирдэххэ олох туһунан ССРС кэминээҕи ааспыт улугурбут, сытыйбыт систиэмэ лиидэрэ.
Барыыһап дьиҥ иһигэр киирдэххэ олох туһунан ССРС кэминээҕи ааспыт улугурбут, сытыйбыт систиэмэ лиидэрэ.
21:21
Саҥарбат буолуохха сатаммат
Барыыһап туох баар салайар дуоһунастарга Федеральнай даҕаны, республиканскай даҕаны, АО-ларга да сүрүн өттүгэр үптээх-харчылаах сирдэргэ бэйэтин бииргэ үөрэммит дьонун, аймахтарын Чурапчыттан төрүттээхтэри эрэ кэлтэй муста. Норуокка ол иһин ЧК лар,-- диэн термин үөскээтэ.
 
Быыбарбыт аһара кирдээхтик барда,-- диэн муҥатыйааччы элбээн иһэр. Хойутаан да буоллар ол ис эриэнин саҥа өйдөөн соһуйааччы элбэх. Аны А. Максимовы анаан кэтэһэн олорон быыбар кэнниттэн хаайаллар. Дьон ону араастаан ылынна: “Вор должен сидет”, “Максимов буруйа суоҕар хаайылынна”, “В.А.Штыров, Е.А.Борисов олус уһуннук эккирэтиһэн туран хаайтардылар”, “Борисов сытыы-хотуу бэйэтиттэн өйдөөх дьону өлөрдүү абааһы көрөр”, “Максимов политическай оонньуу сиэртибэтэ”,--диэччи онтон да атыннык дьон араастаан хой баһын туойар. Миигин уулуссаҕа, общественнай миэстэлэргэ: “Максимов дьыалатын сырдат”,--диэччи элбээтэ. Бэйэм оруобуна маннык сымыйа дьыалаҕа эриллэн, холуобунай дьыалаҕа тардыллан үлэлээн муспут баайым-дуолум күдэҥҥэ көтөн, бүтэр уһугар инбэлиит буолбутум.

Абабар чиэһинэйдик сүүрэн-көтөн үлэлээн оҥорбут 4,5 миллиардпын бу холуобунай дьыаланан оҥоһуллубут хоромньуну түөрт төгүрүк сыл ирдэһэн баран үбүм-харчым бүтэн ситэ ирдэспэккэ дьыаланы бырахпытым.
Дьиҥэр миигин доруобуйа өттүнэн айылҕа атаҕастаабатах киһитэбин. Эдэрбэр спорт маастарын элээмэтэ этим. Миигин кытары күрэхтэспит көлүөнэ билигин да көбүөргэ үлэлии, ыччаттары доруобай олоххо, спорт бүтэн биэрбэт дириҥ абылаҥнаах эйгэтигэр уһуйа үлэлии-хамсыы сылдьаллар. Мин инбэлиит, ыарыһах аатыран бииргэ оонньообут доҕотторум кэккэтиттэн туораатаҕым. Дьэ абалаах.

Бара сатаан доҕотторбор ситиһиилэри баҕаран спортивнай ыстатыйалары бооччойорум. Билигин кэлин дьарыктаммыт эйгэбэр тыа хаһаайыстыбатыгар үлэлиир дьоҥҥо алҕас тугу эмэ көмөлөһөөйөбүн диэн суруксуттуубун. Бу олоххо олох кылгас кэмҥэ ыалдьыт буолан ааһарбытын өйдөөн олоххо баары кырдьыгынан суруйарга кыһаллабын. Ол иһин норуот кулутунан талыллыбыт “тойоттор” арыт кириитикэлэнэр түгэннэрэ бааллар. Мин ыстатыйаларбын бүтсүөттэн үбүлэнэн “тойоттору” араҥаччылыыр аналлаах “Саха сирэ”, “Кыым” хаһыаттар бэчээттээбэттэр. Арай норуот санаатын тууйбакка аһаҕастык, баарынан этэр Туймаада барахсан бэчээттээн абырыыр.

Ол иһин интэриэһиргээн Максимов суутун баран истибитим уонна санаабын бу көстөн турар балыырдаах суут туһунан туох өйдөбүлү ылбыппын баарынан суруйбутум. 27.11.14 “Дело Максимова”, --диэн адвокат Ольга Тимофеева ыстатыйата Туймаадаҕа тахсыбыта. Юрист да көрүүтүгэр Максимов ханнык да буруйа суоҕа көстөр. Кини мин өйдөбүлбүн сүүс бырыһыан бигэргэттэ. Махсыымап дьыалатыгар холуобунай дьыала сыта да суох. Ити векселгэ мэккиэр баара да эбитэ буоллар гражданскай дьыала буолуон сөптөөҕө. Ол эрээри онно да, ханнык да буруй састааба суох. Оччотугар бу кыра оҕолоох ыал аҕата тоҕо хаайыллыахтааҕый?

Бүтүн Саха сиригэр аҕа баһылык быыбарыгар төһө да балыйдаллар, бысталлар-оттоллор ааспыт өттүгэр ханнык да партиялар хаһан да ситиспэтэх үрдүк бырыһыанын ситиспит, отут бырыһыан рейтиннээх партия лиидэрэ тоҕо хаайыллыахтааҕый? Бу аата Максимовы эрэ буолбатах бүтүн саха норуотун албыннааһын, атаҕастааһын, суоһурҕаныы,--диэтэхпинэ тылым быһа ыстаммат
ини. Маннык хара балыыры, ньүдьү балай дьыаланы көрөн туран саҥарбат буолуохха сатаммат курдук.

Барыыһап барахсан бу дьыалаттан муҥха чардаатыгар эһии балык кэлэринии эргиччи барыстанар. Ону билэн астынан туран суут кэнниттэн Максимов дьыалатыгар ханнык да сыһыаным суох,--диэн интервью биэрэн тумсун дулҕаҕа сотуммута. Ити кини сиир албаһа. Быыбар иннинэ: “Ыраас, чиэһинэй быыбар иһин”,-- диэн телевизорынан аһаҕас ыҥырыылаах этэ. Ону хайдах тутуспутун норуот билэр. Быыбар кэмигэр Березкин норуоту кытары көрсүһүүтүгэр анал дьону бэлэмнээн кандидаты түһэрэ, үөхтэрэ сатаабыта.

Бэл диэтэр Березкин ыччаттары быдло маасса, диэн үөхтэ,-- диэн олоҕо суох айан видиоклип бэлэмнээбиттэрэ онтон да атын араас баракаастара элбэх. “Күн судаар” Барыыһап аатыгар кириитикэ киирээри гыннаҕына ол дьону саба баттыыр, эккирэтиһэр, куттуур этилэр. Судаарыстыбаттан үбүлэнэ олорор телевидение, радио, хаһыаттар олоччу Борисовы эрэ суруйан уруйдаан тахсыбыттара. Онтон да атын араас быыбар сокуонун бардырҕаччы кэстилэр. Билигин быыбарга Березкин туһатыгар үлэлээбит саха баар суох бастыҥ дьонун репрессиялаан маассабайдык үлэлэриттэн ууратар дьаһаллары ыытан эрэллэр. Норуот ону билэ-көрө сылдьар.

Спортка олимпийскай чемпионнар, призердар техникаларыгар, тактикаларыгар спортсменнары, ыччаты үөрэтиллиэхтээх. Онтон биһиги түбэлтэбитигэр бэл диэтэр олимпийскай үрүҥ көмүс призеру, аан дойдуга бастыҥ техникалааҕынан, тактикалааҕынан аатырбыт улуу Пехлеваны-А.Н.Иванову Березкиҥҥэ үлэлээбитин иһин үлэтиттэн муус ураҕаһынан үүрдүлэр. Онтон атын ортоку, кыра-хара дьон атаҕастаныыларын кинилэр харахтарын уутун ааҕан сиппэккин. Бу Ил Дархаммыт Барыыһап өттүттэн саха норуотун билиҥҥи кэм бастыҥ дьонун аҥаар кырыы туоратыы, саха сайдар кэскилин сарбыйыы үлэтэ буоларын аһаҕастык туоһулуур. Маннык тойонноох олорон үрдүккэ, кэрэҕэ, сайдыыга, олохпутугар, үлэҕэ хамнаска барыыстаах дьыалаҕа тардыһабыт, диэн этэр кыахтаахпыт дуо?

ГП ПП РО салайааччыта А.Максимовы хаайаллар. Оччотугар быыбарга РФ ГП ПП–тан быыбар харчытын туруорсар юридическай эппиэтинэстээх киһи суох буолар. Итинник быыбарга СР аҕа баһылыгар кандидатынан турбут Э.Б.Березкин быыбарга туттубут харчытын ирдэһэн киниэхэ үлэлээбит дьонун кытары аахсар кыаҕа суох буола түһэр. Кини билигин баара-суоҕа күндү ааҕааччыам, эн биһиги хас биирдиибит курдук бу РФ ГП политическай партия иннигэр ханнык да юридическай эбээһинэһэ, эппиэтинэһэ суох боростуой киһи. Муҥ саатар бу партия чилиэнэ да буолбатах. Ким ону билиниэй? Бу үчүгэйин! Барыыһап бу эрдэттэн анаан-минээн ииппит сохсото, чааркаана таба эстэн баата, дьоло-соргута тахсан ытыһын таһына, күлүгэр имнэнэ олордоҕо. Оо, кырдьык даҕаны Барыыһапка “Тоҕо баҕас бэрдэй”,-диэх курдук.

Билигин онно сөп түбэһиннэрэн Барыыһап дьонноро: “Березкин норуоту албыннаата”,-- диэн киксэрэн норуоту Березкины утары туруорар санаалаахтар. Онно баҕас араас улахан бэрэбиэркэлэри ааспыт улуу маастардар буоллаҕа. Эбиитин бириэмэтэ кэллэҕинэ Березкины суукка бэрдэриэхпит. Оччоҕо Березкин политик быһыытынан букатыннаахтык туоратыллар. Кинилэр өйдөбүллэринэн Борисов дуоһунаһыттан тохтуур түбэлтэтигэр Ил Дарханынан кини ыйбыт киһитэ Ил Дархан эбээһинэһин кэлэр быыбарга диэри быстах кэмҥэ толоруохтаах. Онно кими бэлэмнииллэрэ эмиэ биллэр. Ол муҥнаах саатар Барыыһапка аҥаар да атаҕар тиийбэт эмиэ төттөрү сүргүөхтээх олох мөлтөх киһи.

Ити гынан баран регионнарга норуотунан талыллыбыт Ил Дархан оннугар РФ ФС этэринэн РФ президенэ В.Путин ыйааҕынан эбээһинэс толорооччунан ананар. Онон бу дьыала иһэ истээх хайдах эргийэн тахсыа өссө биллибэт.

Эккирэтиһии сөбүлээбэтэх киһитин сойуолаһыы дьыалатыгар Барыыһап олох үрдүк таһымнаах улуу маастар, дииллэрэ бу түгэҥҥэ чаҕылхайдык көһүннэ. Билигин А.Максимов хаайыллыыта Барыыһапка тоҕо наада буолбутун өйдөөтүбүт. Барыыһап бэйэтиттэн уон мутук үрдүк таһымнаах, норуотугар улахан наадалаах, эдэр кыахтаах, күөгэйэр күнүгэр сылдьар, ырыынакка эриллибит кэскиллээх салайааччылары эккирэтиһэн, холуннаран эргэрбит система ньыматынан дуобаттаан хайдах курдук түөрэ саайан эрэрин ааҕааччыбар быһаардым. Барыыһап барахсан дьэ, итинник иирсээннэри тэрийиигэ бэйэтин туһатыгар чахчы улахан таһымнаах улуу гросмейстр.

Э.Б.Березкин билигин РФ-ҕа бу быыбар түмүгүнэн уон саҥа бастыҥ политиктарын ахсааныгар киирдэ. Бу саха норуотун биир улахан дьоһуннаах ситиһиитэ,-- диэн ханнык да арбааһына суох сыаналанар. Березкин урут экономист быһыытынан Россияҕа бастыҥ аатыран СР минфинэ улахан сыаналаах грант ылбытын туһунан билэбит. Кини чиэһинэйэ, судургута, эдэрэ доруобайа, дириҥ мындыр билиилээҕэ тас көстүүтүгэр, саҥатыгар-иҥэтигэр көстө сылдьар. Иккис курдук төһө баҕарар халыҥ харчыны сойботуохха сөптөөх улахан салайар дуоһунастарга дьиҥнээхтик үлэлээбит киһи. Ол эрээри ырааһа, чиэһинэйэ бэрт буолан хамнаһыттан уратыга наадыйбатаҕа бу быыбарга чахчы “Тойоттор диэн бары уоруйахтар»,--диэн өйдөбүллээх тыа боростуой дьонугар-сэргэтигэр ырылыччы көһүннэ.

Кыратыттан хара үлэҕэ эриллибит киһи хаһан да, ханна да ыраас, чиэһинэй, судургу буоларын кини биһиэхэ бэйэтин олоҕунан көрдөрдө.
Эрнст тыа бааһынайын оҕото быһыытынан оскуолаҕа үөрэнэр сылларыгар сарсыарда оскуолаҕа барыгар уон икки ынаҕы ыан баран барара. Үөрэҕин кэнниттэн кэлэн бу ынахтарын ыан көрөн-харайан баран утуйара. Ол да гыннар күннээҕи үлэтигэр мэһэйдэппэккэ, бастыҥ общественник уол оскуоланы мэтээлинэн бүтэрэр.

Бу мантан да көстөр кини ыарахан хара үлэ, олох ис мындырдарын кыра сааһыттан билэн өй-санаа өттүнэн ырааһа, чиэһинэйэ олоххо, үлэҕэ, доҕорго эппиэтинэстээҕэ. Киһи чахчы киһилээхпин,-- диир киһитэ. Майгыта киэҥэ-холкута, сэмэйэ билиитэ-көрүүтэ дириҥэ, үлэ ис мындырдарын билэрэ дьоҥҥо-сэргэҕэ чахчы биһирэниэн биһирэннэ. Сахалар ырыынакка сөп түбэһэр ааҕан суоттаан үлэлиир сирдьит оҥосторго сөптөөх киһилээх эбиппит,-- диэн киэн тутта үөһээ тыыммыппыт.

Ону баара Барыыһаппыт Махсыымабы хаайан СР-гар лиидэр буолар кыахтаах баар суох улахан лиидэр буолар кыахтаах икки бастыҥ уолаттарбытын сир-буор сирэйдиир буолла. Мин мантан ордук абардым, айманным.

Тоһоҕолоон бэлиэтиибин өскөтүн олус түргэнник сайдар олоҕу кытары тэҥҥэ хардыылыах,-- диир буоллахпытына түөрт уонуттан биэс уон биэһигэр диэри саастаах көлүөнэ бастыҥ лиидэрдэрин билигин харах-харатын курдук харыстыах, араҥаччылыах тустаах этибит. Кинилэридьоҕурдарынан, талааннарынан көрөн салалтаҕа таһааран атын сайдыылаах дьону кытары тэҥҥэ хардыылыах тустаахпыт. Ол оннугар Барыыһап туох баар салайар дуоһунастарга Федеральнай даҕаны, республиканскай даҕаны, АО-ларга да сүрүн өттүгэр үптээх-харчылаах сирдэргэ бэйэтин бииргэ үөрэммит дьонун, аймахтарын Чурапчыттан төрүттээхтэри эрэ кэлтэй муста. Норуокка ол иһин ЧК лар,-- диэн термин үөскээтэ. Ама атын хоту, соҕоруу, киин улуустарга үлэлиэн сөптөөх кадр суоҕа буолуо дуо?

Дьиҥэр бу быыбарга улууһуттан тутулуга суох билигин үлэлии сылдьар араас идэлээх саха бастыҥ уолаттара бары кыттыбыттара буоллар, норуокка өссө улахан туһалаах, дьоҥҥо-сэргэҕэ элбэх саҥа өйдөбүлү, санааны биэриэхтээҕэ. Нэһилиэктэргэ дьоммут күннээҕи олоххо сыһыаннаах ханнык да сөптөөх информацията суох олус хараҥатык олороллор. Билиҥҥи Бюджеттан биир миллиард кэриҥэ суумманан өйөнөр СМИ аҥаардас Барыыһап эрэ уһулуччутун туһунан кэлтэй иһитиннэрии оҥорор. Быыбар кэмигэр СМИ эмиэ оннук үлэлээтэ. Ама атын ырыынак ирдэбилигэр сөп түбэһэр үлэни-хамнаһы тэрийэр дьоҕурдаах дьоммут суох дуо? Норуот хараҕын аһар кыахтаах сайдыылаах дьоммутун дуоһунаһынан туһанан Барыыһап бу быыбарга араас албаһынан кытыннарбата. Норуот маны саамай сөпкө төрдүттэн астыммата.

Дьиҥэр Ил Дархан дуоһунаһыгар быыбарга кыттыан сөптөөх салалата үрдүкү оскуолатыгар эриллибит, дириҥ билиилээх элбэх дьонноохпут. Барыыһаппыт саха норуотун билиҥҥи кэмин чулуу дьонун былааска таһаарартан өлөрдүү куттанар да куттанар. Итинэн саха сирин норуоттарын инники кэскилэ сайдарыгар бэйэтинэн мэһэй-тэһэй буолла. Собус-соруйан норуот инники кэскилин айыахтаах көлүөнэ кэскилин сарбыйа олорор. Ол түмүгэр ырыынак систиэмэтигэр эриллэн Судаарыстыбаны салайар кыахтаах чулуу көлүөнэ былааска тахсыбакка күөмчүлэнэн хаалла. Итинник тиэрэ дьаһалынан эстэн нэһиилэ сыккыраан олорор тыа сирин сахалара “Күн таҥара” оҥостубут Барыыһаптарын саамай улахан дириҥ айыыта, харата. Дьэ абалаах устуука.

Барыыһап дьиҥ иһигэр киирдэххэ олох туһунан ССРС кэминээҕи ааспыт улугурбут, сытыйбыт систиэмэ лиидэрэ. Ырыынак ирдэбиллэригэр үлэлиир кыахтаах киһи кэлэригэр үлэлэспэтэ. Баһылыкпыт ити араатардыылларын курдук, чахчы норуотун туһугар кыһаллан үлэлээбитэ буоллар билиҥҥи ырыынак кэмин салайааччыларын былааска таһаарарга олус улахан интэриэстээх буолуохтааҕа.

Биһиги киһибит көстөрүн курдук төттөрүтүн хата ырыынак систиэмэтигэр үлэлии үөрэммит кыахтаах, сайдыылаах дьоммутун уһултарар, үүрдэрэр, эккирэтиһэр эрэ иһин үлэҕэ дьоҕура талаана арыллар. Оннооҕор Алмазы Анабара курдук республикабытыгар баар суох соҕотох сахалары промышленностка үлэлэлэтэр, тыа хаһаайыстыбатын үлэтинэн ситиһиилээхтик дьарыктанар улахан промышленнай тэрилтэни тэрийбит М.Н.Евсеев курдук бөдөҥ дьоннорбутун үлэлэриттэн үүрдэрэ сатыыр. Бу баҕас киһи эрэ сөҕүөх аһара сүрдээх.

Барыыһап хаһаайыстыбаннай үлэҕэ ханнык да дьоҕура суоҕун көрдөрдө. Кини үлэлээбитин устата үлэ тэрээһинин, үлэттэн ылыллар барыыс, үлэни, олоҕу тэрийии туһунан боппуруостары, себостоимост туһунан ырыта сылдьарын тоҕо эрэ биирдэ да өйдөөн истибэтим. Үрдүттэн сахалар сүрэҕэ суоххут, кэлтэй көрдүүгүт эрэ, диэн мөҕүтэлиирин истэбин. Ол түмүгэр СР-гар тыа хаһаайыстыбатын үлэтэ эһиннэ.

Учууталларбытыгар, быраастарбытыгар, наука үлэһиттэригэр хамнаһы уонна үлэлиир, олорор усулуобуйаларын тэрийиэхтээх СР бюджетын оҥорор бары улахан тэрилтэлэрбитин олоччу атыылаата, бэлэхтээтэ. Айылҕабытын промышленноһынан талбыт үлтү тэбистэрэн эрэр. Промышленностан СР бюджетыгар нолуок киириитин оҥорууга үлэлэспэтэ. Манна үлэлиир промышленнай хампаанньалары миэстэтигэр регистрациялаан кинилэртэн өлүү чаас ыларга наадыйбата. Устар уубутун, ойуурбутун олоччу Арассыыйа бас билиитигэр биэрдэ. Кэлии дьону ханнык да хаарчаҕа суох көҥүл айбардатар. Ити курдук СР төрүт олохтоох дьонун ордук чуолаан тыа сирин аһара кырыымчык олоххо киллэрдэ.

Маннык үлэлээх-хамнастаах киһини “Күн таҥара оҥостон” сүрэхтэрэ быардара ууллан, эстэн нэһиилэ олорор тыа дьонун санаатахпына сахалар эрэйдээхтэр иннибитин кэннибитин кыайан араарбат гына наһаа да алараа таһымҥа түспүппүт диибин. Саамай абалааҕа ити барыта биһиги саамай чугас аймахтарбыт, бырааттарбыт, убайдарбыт, эдьиийдэрбит, балыстарбыт тиийиммэт-түгэммэт олохтон иэдэйэн сыккырыыр тыыннара эрэ олороохтууллар.
Хаһан эрэ Арассыыйаҕа донор республиканы бүтэһиктээхтик эстэр суолга Барыыһап киллэрдэ. Саха республиката билигин РФ бюджетыгар промышленность нолуогуттан буолунай үбү кута олорон, улахан иэстээх-күүстээх банкрот балаһыанньатыгар киирбит умнаһыт республика буолла.

Бюджеппыт уонунан, сүүрбэнэн миллиард дефициттаах. Итини ким да, хаһан да ырытан ааҕан-суоттаан көрбөт. Норуоттан хомуллубут нолуок харчытынан үлэлиир СМИ эргиччи салалтаны арбыыртан атыннык үлэлээбэт. Маннык төрүт олохтоох норуоттарын интэриэһин аҥаар кырыы тоҕо кэһэ сылдьар киһини куоластыы турар сахалар чахчы даҕаны улаханнык мөлтөөбүппүтүн, бүтэһиктээхтик муомуран эстэн эрэрбитин бу быыбар түмүгэ көрдөрдө.
Маны кэлии дьон бары бэлиэтии көрөллөр. Биһиги салалтабыт аһара мөлтөҕүттэн сахалар холуонньаҕа олорорбут туһунан саамай сөпкө аһаҕастык сирэйбитигэр күлүү-элэк гыналлар. Оттон биһиги саха сааппат, ыт харбат, диэбиттии барыбытын бары атыылыы, батара олорор, бэйэбитин талбытынан тэпсэ, сэнии сылдьар Барыыһабы таптыыбыт да таптыыбыт.

Борисов өттүттэн республика сайдар олоҕор быстар мөлтөх тэрээһиннэрин көрөн туран СР үрдүкү суута быыбар түмүгүн сууттааһыҥҥа, юристар этэллэринэн админстративнай ресурсаны муҥутуурдук туһаммыт Барыыһабы өйөөн элбэх сокуону кэһиини таһаарбыттар. Ону салгыы РФ үрдүкү суута быһаарыа турдаҕа. Дьэ, билигин үрдүкү сууппут Барыыһап барахсаҥҥа чахчы атыыланан олорор дуу, сокуон хараҕынан дьиҥнээхтик үлэлиир дуу? Кэтэһэбит А.Максимов үрдүкү суукка көрүллэр дьыалатын ахсынньы ый түөрт күнүн.

Арамаан Дьөгүөрэп.
 
Category: Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения | Views: 1897 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Ахсынньы 2014  »
БнОпСэЧпБтСбБс
1234567
891011121314
15161718192021
22232425262728
293031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 90
Ыалдьыттар (гостей): 90
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024