News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
Право, закон
[323]
Экономика и СЭР
[839]
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
Коррупция
[862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
Социалка, пенсия, жилье
[277]
ЖКХ, строительство
[132]
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра
[240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
Промышленность
[43]
Нефтегаз
[284]
Нац. вопрос
[284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
Дьикти. О невероятном
[183]
Выборы
[661]
Айыы үөрэҕэ
[93]
Хоһооннор
[5]
Ырыа-тойук
[23]
Ыһыах, олоҥхо
[102]
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
История, философия
[239]
Тюрки
[76]
Саха
[153]
литература
[42]
здоровье
[465]
Юмор, сатира, критика
[14]
Реклама
[7]
Спорт
[123]
В мире
[86]
Слухи
[25]
Эрнст Березкин
[88]
Моё дело
[109]
Геннадий Федоров
[11]
BingHan
[4]
Main » 2014 » Ахсынньы » 16 » Ил Дархан Илдьитин ким суруйда?
Ил Дархан Илдьитин ким суруйда?
16:59
Ил Дархан Илдьитин ким суруйда?
Вторник, 16 Декабря 2014 11:25
Сылын аайы, үгэс курдук, республика баһылыга Ил Түмэн дьокутааттарыгар Илдьитин эттэ. Ил Дархан, бу айылаах ааҥнаан кэлбит аан дойду кризиһигэр, Саха сирин олохтоохторо, саха норуота ыарахан кэми хайдах-туох дьаһаннаҕына ама содуллаах туоруурун ыйан-кэрдэн биэриэ диэн көһүппүппүт да этэ. Онтубут баара...
Аан дойдуга ханыыта суох баараҕай бырайыак - “Сибиир күүһэ” туһунан Илдьит уон лииһин тухары биирдэ эрэ ахтыллыбыт. Сиртэн хостонор баай арааһа дэлэйиэхтээх диэн биир этии дуомугар кыбыллар. Аан дойду Арктиканы былдьаһар араллаанынан олорор эбит буоллаҕына, саамай элбэх Уһук Хоту кытылын тутан олорор, Россия бөдөҥ субъегын баһылыгын Илдьитигэр сыччах үс эрэ “Арктика” диэн тыл хатанан ааспыт. Улуу Кыайыы 70 сыллаах үбүлүөйүгэр, сатахха ветераннар эрэйдээхтэр суолталаныахтаахтара этэ – “үчүгэйдик бэлиэтэниэх тустаах” эрэ диэнинэн муҥурданар ис хоһоонноох сыччах 4 этии оҕото баар. Тугуй бу? Ветераннар кыһалҕалара бырааһынньыгы “үчүгэйдик бэлиэтииринэн” эрэ бүтэр дуо?
Россияҕа Култуура сыла түмүктэнэн эрэр. Илдьиккэ “бастакытынан”, “иккиһинэн”, “үсүһүнэн” диэн култуура эйгэтигэр туох оҥоһуллуохтааҕа барыта саас-сааһынан ыйыллан-кэрдиллэн бэриллиэхтээҕэ. Ханна баарый? Биир абзацка култуура ахтыллыбыт уонна уопсай уу-хаар, ньалык-ньулук барар... Эмиэ ситинник уопсай тылынан ОДьКХ, хаарбах дьиэ, урбаан, транспорт, бэйэни салайыныы, тыа сирэ уһун-синньигэстик ахтыллыбыт эрээри, чопчу бу ведомство, бу министиэристибэ ону оҥоруохтаах, маны тобулуохтаах диэн дьаһал-сорудах эмиэ суох...
Илдьиккэ кэлбит кризискэ бэлэмнэниибит диэн – куру ыбылы тардыныы эбит. Уонна атын киһи тугу да иилэн ылара суох. Бүтүн 19 абзац тухары “кэллэ, кэллэ, сиэтэ-сиэтэ” диэбит курдук ис хоһоонноох СЭРЭТИИ барар. Оттон быыһанар суолбут ханна баарый? Сир баайын хостооһуҥҥа дьоммутун кыттыһыннарыах, хамнастыах, маннык суолунан баран норуоппутун быыһыах диэн тыллар ханна баалларый? ОЛОХТООХ КААДЫР диэн тыл биир да этиигэ суох! Оттон, били күн тура-тура хайгыыртан соло булбат “ТОР”-дарын туһунан туох сүбэ-соргу норуокка этилиннэ?
...Олус элбэх “МИН” диэн тыл Илдьиккэ иһиллэр. Улуутумсуйууга үктэннэрии? Мөҕөн-этэн таныйыы?.. Сүрэҕэ суохтарынан сирэй-харах аньыы?
Ил Дархан бу Илдьитин ааҕан баран биир ээ санаа үөскүүр - республикаҕа саамай тирээн турар сүрүн кыһалҕабыт - “Сахамедиа” холдингтан ураты суох эбит. Култууралар, арктикалар, “сибиирдэр”, ветераннар биирдии этиинэн муҥурдаммыт буоллахтарына аҥаардас 21 этии “Сахамедиаҕа” анаммыт! “Сахамедиа” холдинг үлэтигэр киирии тыл инньэ 10-тан тахса абзацка тиһиллэр!
Дьэ, сүрдээх эрэттэр Ил Дархаммытыгар Илдьити суруйан тилигирэтэн биэрбиттэр. Прессаҕа кыратык “Сахамедиа” тойоно хаарыллыа кэрэх, бүтүн субъект баһылыгын стратегическай суолталаах сыллааҕы программнай этиитигэр киһилэрин көмүскээн сүрүн санаа оҥорбуттарын эриэхсит! Инньэ гынан, эриэн ыт элэгэр, күөрт ыт күлүүтүгэр ыыттахтара...
Арбанар “Сахамедиа” үлэтэ төһө тахсыылааҕый? Баҕар, сылтан сыл түһэ турар тиражтарынан, сурутааччыларын ахсаанынан кээмэйдэммэтэ буолуо дуу? “Пафос сүттэ” диэн тугу этинэллэрий? Бастакы сирэйгэ үөхсүү аҥаардаах тылы ойуулаабыттарынан дуо?
Бу саас республиканы, салалтабытын утары харыыта суох саба түһүүлэр тахсыбыттара. “Сахмедиа” көмүскүүр, төттөрүтүн дакаастыыр биир эмэ тыл быһаҕаһын ыһыктыбыта дуо? Төттөрүтүн, Егор БОРИСОВ “компетентнайа суох” диэн ааттыыр тутулуга суох интернет-таһаарыылар суруналыыстара информационнай сэриигэ кыттыспыттара буолбаат, республика аатын көмүскээн?! Сүүһүнэн мөлүйүөнү мэҥиэстэр медиа-холдиннара ханна баар этэй ол сахха?!
“Сахамедиа” билигин сыала-соруга диэн “Саха” НКИКы медиа ырыынактан туоратыы, киниэхэ көрүллэр үбү бэйэтигэр ылыы. Ол онно анаан Республикатааҕы пресс-кииҥҥэ бэйэтэ туспа телестудия аһан үлэлэтэр соруктаах. Ол иһин “Саха” НКИК Илдьиккэ правительство мунньаҕын быһа көрдөрбөт диэн “хаарыллан” ыллаҕа. Ол кинилэр уһун-синньигэс мунньахтарын ким тулуйан көрүө эбитэ буолла...
Манан даҕатан санаттахха, “Сахамедиа” генеральнай дириэктэрэ икки айдааннаах хаһыаты үбүлээн таһаарарын, онно генеральнай дириэктэринэн правительство үрдүк сололоох тойонун бииргэ төрөөбүт балтын үлэлэтэрин, бюджеттэн икки өттүттэн харчы “хайыта” олороллорун, суруналыыстар үлэлэрин буор-босхо бэчээттээн, ыйга 3-3.5 мөлүйүөн ыраас дохуоту аахсалларын туһунан Спиридон ТАТАРИНОВ суруйан турардаах. Ол дьыала билигин суруналыыстар “Улахан дьүүллэригэр” үҥсүллүбүтүн туһунан сонун баар.
Түмүктээн эттэххэ, Ил Дархан быйылгы Илдьитин Саха республикатын кэлэр дьылҕатыгар кыһаллыбат, бэйэ тус интэриэһин ситиһэр түбүктээх, ханан да сахаҕа сыһыана суох киһи суруйбут диэн тоһоҕолоон бэлиэтиэххэ наада.
...Ол гынан баран, бу Илдьит тиэкиһигэр илии баттаабыт Ил Дархан, бу “суруксуттарга” бүк эрэнэн, өйдөөн-дьүүллээн Илдьитин ис хоһоонун аахпакка эрэ бар дьон истиитигэр таһаарбыта буолуо дуо?
***
Аартык.р у
Источник: aartyk.ru
Category: Власть Правительство Ил Тумэн |
Views: 1451 |
Added by: uhhan1
Ааҕыылар
Баар бары (online): 103
Ыалдьыттар (гостей): 103
Кыттааччылар (пользователей): 0
Комментарии
Син биир тала тура5ыт, ону кере кере!!! Хомолтолоох дьыала!!!
Эта камарилья вообще доведет до ручки все государственное СМИ. Вот увидите! Через пару лет там никого и ничего не останется: ни кадров, ни денег.