Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2014 » Ахсынньы » 26 » КЭБИ¤ИИЛЭЭХ ОТ УОННА АНДААТАР УЙАТА
КЭБИ¤ИИЛЭЭХ ОТ УОННА АНДААТАР УЙАТА
10:48
       КЭБИ¤ИИЛЭЭХ ОТ УОННА АНДААТАР УЙАТА
 
Республика баґылыгын быыбардара Россия бары сокуоннарын, ол иґигэр сµрµн сокуону – Конституцияны, куруубайдык кэґэн туран ыытыллыбыттарын хаґыаты аа±ар, тэлэбиисэри кірір Саха сирин олохтоо±о барыта билэр. Ким эрэ маннык быґыыны кытта сібµлэґэр, ким эрэ сапсыйан кэбиспитэ ырааппыт, ол иґин быыбарга кыттыбат, оттон ким эрэ олох сібµлэспэт, бу тохтуон ба±арар, омсолоох быґыыны кытта эйэлэспэтин биллэрэр уонна бу тохтотуллубата±ына инники іттµгэр республика дьыл±атыгар, кэлэр кілµінэ оло±ор улахан охсуулаах, суоґарыылаах буоларын этэр.
                                 Сууттаґыылар
Быыбардар киґилии быґыыга-майгыга, сокуоннары тутуґан ыытыллыбыттара буоллар ама ким айдаара, мік굴э, сууттаґа сылдьыах этэй? Былаас іттµттэн сирэйэ-хара±а суох быґыы, кэлтэччи былааґынан туґаныы таґаарыллан дьону кэлэппитэ бэрдиттэн міккµір, суут сал±анан барар уонна бµтэ𠵴µга кістµі суох.  

Бастакы суут быыбар иннигэр, бала±ан ыйын 8 кµнµгэр, буолбута. Ирдэґээччи – Э.Березкин итэ±эллээх киґитэ Н.Седалищев, эппиэттээччи – Е.Борисов. Суукка быыбар сокуонун куруубайдык кэґиилэр наґаа элбэхтэринэн Е.Борисов  республика баґылыгын быыбарыгар регистрацияламмыта сыыґа, ол иґин регистрация кітµллµіхтээх диэн этэ. Барыта чуолкай:  сокуон кэґилиннэ ол кінµіхтээх, сокуон тутуґуллуохтаах диэн. Ґгµс - элбэх кэґиилэр, ол иґигэр сиэргэ-туомІа ханан да баппат куруубай дьайыылар холобурдара суут иннигэр ууруллубуттара. Федеральнай сокуон боборун µрдµнэн, ону куруубайдык кэґэн туран государственнай дуоґунастаах дьону бэйэтин туґатыгар агитациялаппытын, итиннэ хаґыаттары туґаммытын туґунан чахчылар эмиэ киирбиттэрэ.

Чуолаан 2002 с. бэс ыйын 12 к. тахсыбыт 67 нµімэрдээх Федеральнай сокуон («Об основных гарантиях избирательных прав и права на участие в референдуме граждан Российской Федерации») 76-с ыстатыйатыгар оло±уран  сокуону кэґэн туран регистрациялааґын кітµллµіхтээх диэн. Ирдэґэр сурукка уопсайа 24 сыґыарыыны киллэрэн, государственнай дуоґунастаах В.Штыров, М.Николаев, Ил Тµмэн депутаттара А.Еремеев, Н.Румянцев, улуус баґылыга А.Атласов о.д.а., республика уонна улуус хаґыаттарыгар Е.Борисовы ійіін ыІырыылара, Э.Березкины холуннарыылара, тµґэриилэрэ сокуону кэґии буолара ыйыллыбыта, ханна, хаґан ити оІоґуллубута этиллибитэ. Ол µрдµнэн СР Ґрдµкµ суута (СРҐС) араас матыыбынан аккаас таґаарар.

Дьыаланы кірбµт СР ҐС судьуйата Л.Дмитриева суут быґаарыытыгар маннык суруйбут: «Обращение в печатном издании «Забота-Арчы» от 04.09.14 года от имени депутата Государственной Думы РФ с призывом голосовать за кандидата Борисова Е.А. не оплачено из средств избирательного фонда названного кандидата, следовательно, не указывает привлечение непосредственно кандидатом к проведению предвыборной агитации депутата Государственной Думы РФ». Манна М.Николаев агитацията Е.Борисов фондатыттан тілімміті±і, онон кини буруйа суох, сокуон кэґиллиитигэр эппиэтинэґи сµкпэт диэн этиллэр. Ол аата Госдума депутата М.Николаев сокуону кэспитигэр тус бэйэтэ буруйдаах, Е.Борисов киниэхэ харчы тіліін агитациялаа диэбэтэх аатырар. Онон, бала±ан ыйын 8 кµнµгэр СР ҐС судьуйата Л.Дмитриева таґы-быґа сыыґа быґаарыыны таґаарбыт.

То±о инньэ диибиний? То±о диэтэххэ Киин быыбардыыр хамыыґыйа (КБХ) сэтинньи ый 5 кµнµгэр «Наше время»(05.09.14), «Забота-Арчы (04.09.14), «Кыым» (04.09.14), «ХаІалас» (12.09.14), «ЭІсиэли»(06.09.14), «Саха сирэ» (06.09.14), «Эхо столицы» (12.09.14), «Нюрка»(10.09.14) хаґыаттарга тахсыбыт дуоґунастаах дьон ыІырыылара уонна НВК-±а тахсыбыт видеоролик Е.Борисов быыбарын фондатыттан тіліммµттэрин туґунан билиммит, ол аата сокуон боборун µрдµнэн дуоґунастаах дьону туґаныы буолбут.  Сокуону маннык кэґиилэр Е.Борисов туґатыгар тыґыынчанан куолаґы эппиттэрин киґи эрэ ійдµµр ини.                                
                                                   
Дуоґунастаах дьон ыІырыылара хаґыаттарга Е.Борисов фондатыттан тіліммµтµн, кинилэри сокуону кэґэн туран туґаммыттарын КБХ сэтинньи 5 кµнµгэр билиниитэ бала±ан ыйын 8 кµнµгэр (билинии икки ый иннинэ) буолбут СР ҐС кірµµтµгэр аахсыллыбата±а ійдінір. Онон КБХ хойутаан билиниитэ  «саІа арыллыбыт тµгэн» (вновь открывшееся обстоятельство) буолар. Н.Седалищев «саІа арыллыбыт тµгэн» баар буолбутунан СР ҐС бала±ан ыйын 8 кµнµгэр таґаарбыт уураа±ын сыыґанан аа±ан кітµрэргэ ирдэбил тµґэрбитэ ахсынньы 16 кµнµгэр кірµлµннэ. Сууту урукку судьуйа, Л.Дмитриева кірбµтµн ирдэґээччилэр утарбатылар, урукку сыыґа кісті сылдьар, КБХ билиниитэ баар, онон судьуйа сіптііх быґаарыыны ылынан уруккуну кітµрµі диэннэр. Н.Седалищевтан ураты ирдэґиигэ Г.Местников, П.Андреев уонна Д.Иванов кытыннылар. Николай Иннокентьевич КБХ Е.Борисов кандидатуратын сокуону кэґэн туран регистрациялаабытын утаран бэрт сиґилии, киэІник ырытан эттэ.

Тугу да кітµппэккэ, этиигэр итини то±о ахтыбатаххыный диэн кэлин бааспаттарын курдук µгµс чахчылары а±алан кэпсээтэ, ол иґигэр дуоґунастаах дьону туґаныы, быыбардааччыны атыылаґыы, быыбар сокуона бэчээккэ та±ыста±ына эрэ быыбар ыытылларын эІин тустарынан.   Оттон атын бэрэстэбиитэллэр: Г.Местников, П.Андреев уонна Д.Иванов Николай Иннокентьевиґы ійіін сокуону тутуґууну ирдээтилэр, сокуону кэґии µгµстµк таґаарыллыбытын, сиэр-туом тутуґуллуохтаа±ын, Путин быыбар сокуону кэспэккэ, аґа±астык ыытыллыахтаа±ын туґунан этиитин санатан туран бала±ан ыйын 8 кµнµнээ±и СР ҐС уураа±ын кітµрэргэ эттилэр.

Этэн эттилэр, итинтэн ордук киґиэхэ тиийэр гына ис сµрэхтэн іссі хайдах этиэххэ сібі эбитэ буолла. Кірдіґµµ бі±інін, сахалыы кытта саІаран кірдµлэр(кіІµллээтэхтэринэ эрэ сахалыы саІарар эбиппит). КБХ бэрэстэбиитэлэ С.Афанасьев, президент бэрэстэбиитэлэ А.Окороков быыбар туох да сокуон кэґиитэ суох барбытын туґунан эппиттэрин этэ турдулар. А.Окороков, соро±ор киґи кµлµі да суо±ар кµлэр, Мэник мэнигийээн да, Иванушка да буолбатах ээ – ааспыт суут кэнниттэн РИК юриґа буоларыттан ірі таґаарыллан, билигин правительство±а Правовой департамент µлэґитэ буолбут сура±а иґиллэр. Ґлэтин µрдµктµк сыаналаатахтара буолуо. Оттон сокуон туолуутун хонтуруоллуохтаах, сокуону таІара оІостуохтаах прокурор Ефремов то±о эрэ сокуон туолуутун ирдээччилэри буолбакка сокуону кэґээччилэри ійµµрэ дьиксиннэрэр.

Кини М.Николаев Арчыга ыІырыытын Е.Борисов фондатыттан тіліммµтэ диэн, КБХ суруга баарын µрдµнэн, тіттірµтµн этэ олороро сиэргэ баппат быґыы. Тµмµккэ бала±ан ыйын 8 кµнµгэр таґаарыллыбыт СР ҐС уураа±а кітµллµбэтэ, сокуону ханнык да кэґии суох µґµ. Российскай Федерация Конституциятын (Сµрµн сокуонун) 15-с ыстатыйатын, 3-с пуунугар маннык суруллар: «Законы подлежат официальному опубликованию. Неопубликованные законы не принимаются. Любые нормативные правовые акты, затрагивающие права, свободы и обязанности человека и гражданина, не могут применяться, если они не опубликованы официально для всеобщего сведения». Республика баґылыгын быыбара бала±ан ыйын 14 кµнµгэр ыытыллыбыта, Россия Конституцията ирдиирин быґыытынан, СР Быыбарын сокуона ити дата быдан иннинэ бэчээттэнэн быыбардааччылар дьµµллэригэр тахсыахтаа±а. Оттон биґиги Быыбарбыт сокуона Россия Конституциятын 15-с ыстатыйатын 3-с пуунун аахсыбакка, аанньа ахтыбакка быыбар бµппµтэ ырааппытын кэннэ, алтынньы 4 кµнµгэр хаґыакка бэчээттэммит. Сокуону мантан ордук хайдах куруубайдык кэґиэххэ сібµй?

Н.Седалищев бу сирэйэ-хара±а суох быґыыны кінніріргі этэрэ, ама, сыыґа дуо? АІаардас сити да кэґии быыбар сокуоннайа суох ыытыллыбытын, Ил Дархан дуоґунаґыгар Е.Борисов сокуоннайа суох олорорун, кини анаабыт правительствота сокуоннайа суо±ун, республикабытын хаґан да буолбатах балаґыанньа±а киллэрбиттэрин, ити иґин ким эмэ эппиэттиэхтээ±ин Седалищевтаах ирдэґэллэрэ саамай сіптііх. КБХ (А.Кривошапкин) Быыбар сокуона кэґиллиитэ суох ыытыллыбытын курдук сымыйа докумуону оІорон Москва±а бигэргэттэрэн Путины албыннаабытыгар эппиэтинэґи эмиэ сµгµіхтээх.     
Быыбар ыытыллыытын толору арыйар Б.Бубякин «Бу дьиІнээх быыба𠵴µ дуо?»(25.09.2014), «Суобас суута»(30.10.2014), Н.Седалищев «Заявление об отмене итогов голосования» (25.09.2014) диэн тібілііх дириІ ис хоґоонноох ыстатыйалара Туймаада±а бэчээттэммиттэрэ. Итилэргэ ааспыт быыбардар истэрин эриэнэ барыта ахтыллар

                        Кэбиґиилээх от уонна андаатар уйата

Республика олохтоохторун М.Николаев хаґыаттарга уонна тэлэбиисэргэ Е.Борисовка куолаґы биэрэргэ ыІырыылара соґутта. Бастакы президент, норуотугар кырдьык да улахан µтµілээх киґи сабыдыала чахчы улахан буолла, тыґыынчанан куолас Е.Борисов туґатыгар киирбитэ саарбахтаммат. Манна сокуону куруубайдык кэґии таґаарыллыбытын дьон ійдµµ-дьµµллµµ да барбата±а эмиэ ійдінір: ама Николаев сокуону кэстэ±эй диэн бµтэйдии эрэммит, итэ±эйбит дьон санаатын туґаныы буолла. Михаил Ефимович тіґі да сыыґалардаах этэ дииллэрин µрдµнэн, норуотугар оІорбут µтµітµн, уобарастаан эттэххэ, алаас ортотугар турар сµµнэ улахан кµрµілэммит кэбиґиилээх окко тэІниэххэ сіп.

Бу от улахана бэрт буолан алаас хайа ба±арар іттµттэн, кµіл уІуортан кытта, кістірі. Кэмигэр мунньуллан кэбиґиллибит бэттиэмэни тиэйэн ылан туґаммыттара, абыраммыттара. В.Штыров оІорбут µтµітэ итиннэ тэІнээтэххэ – кыра бугул эрэ. Кµрµілэммэтэх бугулу хаґан аґыы сылдьар сылгы µірэ тµбэґэ кэлэн сиэн, тэпсэн, ходуул оІорон ааспыта. Оттон Е.Борисов норуотугар µтµітэ кµілгэ кістір андаатар уйатын эрэ са±а. Ол саас аайы мууґу кытта барар, кµілгэ тимирэр. Кини норуотугар «туґатын» итинтэн атыннык туохха тэІниэІий.

Баайы батарыы, республиканы кураанахтааґын, иэскэ киллэрии, киин сиргэ ытыґы тоґуйуу туґунан хас хаґыат сирэйигэр сурулунна?  23 сыл устата тыа хаґаайыстыбатын салайарыгар тыа сирэ эґиннэ диэн буолар. Хонууга кыайан мэччийбэт Австрия ына±ын а±алыы, Алтай сµіґµтµн а±алан саахтарыгар тимирдии, балар иґин миллиардынан норуот µбµн мэлитии – барыта кини «µтµітэ». «Жизнь Якутска» хаґыакка В.Нифонтов  суругуттан а±алыым: «Передо мной лежит письмо Президента РС(Я) Егора Борисова от 18 января 2011 года исх.№ А1м-37 «О преобразовании АК АЛРОСА (ЗАО) в открытое акционерное общество» на имя Владимира Путина.

В своем письме глава республики докладывает: Уважаемый Владимир Владимирович. Ваше поручение об отмене ограничений по изменению типа АК АЛРОСА (ЗАО) на открытое акционерное общество, установленных законодательством Республики Саха (Якутия), исполнено». В.Нифонтов суругун лоскуйун маннык тµмµктµµр:  «Слово «исполнено» выделено жирным шрифтом – чтобы начальственному глазу было легче за него уцепиться». Бу буолар - кырдьыгынан-сымыйанан былааска тахсыбыт киґибит ис дьиІэ.

Оттон кэбиґиилээх от са±а µтµілээх М.Николаев хараанныы, харыстыы сатаабыт Сахатын республикатын тµґэн биэрбит киґини –Е.Борисовы то±о ійііті, сокуону кэґэн хаґыат аайы хай±аата? Ким соруда±ын толордо, ханна эрэ кылыыларын µктээтэ, айаларыгар киирэн биэрдэ, сиэтиллэ сылдьар буолла? Бэйэтин µтµі аатын то±о харыстаабата, кини ханнык эрэ µірэ±э суох Эдьиий Дора буолбатах ээ, саІа Саха сирин тута сатаабыт киґибит этэ буолла±а. Михаил Ефимович тіріібµт Чаппаай біґµілэгэр Борисовы утаран БерезкиІІэ баґыйар µгµс куолаґы биэрэннэр кумирдарын «таІнарбыттар» диэн буолбута. Мин санаабар манна эмиэ норуот муудараґа кіґµннэ – кумиры киртэн-хохтон тэйитэн, быыґыы-харыстыы сатаатахтара.  

Быыбар хампаанньатыгар сылдьан арааґы истэ±ин, кірі±µн. Уґук тыа дьоно араадьыйаны истээччитэ, «тэриэлкэнэн» тэлэбиисэри кірііччµтэ, интэрниэти баґылаабыта соґуччу кэпсээннээх буолааччылар. Уґук нэґилиэккэ кырдьа±ас бэтэрээн Ил Тµмэнтэн хомойорун биллэрэр: дьокутааттар µлэлээн бµтµµлэригэр ыла сылдьар хамнастарын 95% пенсия оІостор сокуон ылыммыттарын уорууга, норуоту ата±астааґыІІа тэІниир, онно то±о эрэ А.Уаровы буруйдуур, кэлэ сылдьара буоллар о±обун кытта аахсан кірµім этэ диир.

Биир быыбардааччы государство коммуналка±а субсидияны тыа сиригэр эмиэ биэрбитэ, ону куораттар эрэ туґана±ыт диир. Тыалар бэйэлэрэ кірµнэр, отторун-мастарын булунар «буруйдарыгар» судсидиянан туґамматтар, оттон куорат толору хааччыллыылаах дьиэтигэр олорооччу модьуйан туран туґанар. Сымыйа дуо? Кыларыйан турар кырдьыгы тыа киґитэ этэр. Биир бэтэрээн  Е.Борисов массыынаттан тахсан иґэн охтон тµспµтµн кірбµтµн кэпсиир. Ону Е.Борисов ресурсата бµппµтµнэн быґаарар, салгыы µлэлиир кыа±а суох диир. Бэтэрээни мік굴эн кыайбаккын.

Дьэ, онон, сокуону талбытынан кэґэр, тэпсэр Быыбар киин хамыыґыйалаах, итэ±элтэн тахсыбыт Ил Тµмэннээх, баран тµґэ сылдьар, сокуону кэґэн туран олордуллубут Ил Дарханнаах сахалар барахсаттар ханна-ханна тиийэбит, тириэрдэллэр.
               Иван БУРЦЕВ                    21.12.14 г.  
 
Category: Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения | Views: 1729 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Ахсынньы 2014  »
БнОпСэЧпБтСбБс
1234567
891011121314
15161718192021
22232425262728
293031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 86
Ыалдьыттар (гостей): 86
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024