News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2014 » Ахсынньы » 26 » Ракета тобохторо…..
Ракета тобохторо….. | 17:14 |
Ракета тобохторо…..
Биһиги бу боппуруоска олус наһаа сытыытык туруорсан, туора саналаах дьон санаатыгар биһиги сороҕор Россиябыт интэриэһин санаабаппыт курдук тахсар. Арай ити этэллэрин курдук уларытан атын сиринэн ыыттахтарына онно эмиэ нэһилиэнньэ тµбэспэт дуо? Онно олохтоох дьоннор эмиэ туруорсаллар. Маннык түбэлтэҕэ, аҥардас ол да кэпсэтиитигэр бириэмэ барыан сөп. Бу кэмҥэ ракета көтөр кэмэ ыган кэлэн хаалар. Ол аата соруйан уһуннук кэпсэтиини ыытан бириэмэни сүүйтэрии буолар.
Бу ракеталар бэлэмнэниилэрэ уонна көтүүлэрэ дойду бэйэтин көмүскэлигэр оҥоһуллар уонна кытаанах хонтуруолга тутуллар. Ол ороскуотун уйунарга бюджет харчыта көрүллэр, ол көрүллүүтүгэр онно үлэлиир дьоннор олохторо барыта ааҕылларын таһынан атын ороскуоттар эмиэ киириэхтээхтэр. Атын ороскуоттарга бу ракета көтөр сиригэр түбэһэр нэһилиэнньэлээх пууннар көһөр ороскуоттарын киллэриини туруорсарга сөптөөх.
Сэбиэскэй былаас саҕана государство маннык боппуруостары быһаарыыгын ыйыппакка да итиннээҕэр буолуох боппуруостары оҥороллоро. Ол курдук киһи барыта билэр, Бүлүүгэ киһи оҥорбут муоратын анныгар Туой-Хайа бөһүөлэгэ уу анныгар киирбитин. Олохтоохтор биир да туруорсуута, мөккүөрэ суох, ханна олохтоохтор тарҕанан хаалбыттарын билбит суох. Ити иннинэ көмүс хостооһунугар түбэспит сахалар бөһүөлэктэрэ суох буолбуттара. Ким көһөөччү бэйэтэ билэринэн көһөн биэрбитэ, оттон хаалбыттар арыгы аска ылларан эстибиттэрэ.
Билигин итиччэ бэйэлэринэн кэлэн быһаарсар кэмнэригэр, итиннэ түбэһэр бөһүөлэк олохтоохторугар сүбэ курдук этиэм этэ. Бу государство өттүттэн толору үбүлэнэр тэрилтэ кэнникитин даҕаны бу айанныыр ракеталар суолларыгар түбэспэттэрин наадатыгар бүтүн бөһүөлэктэри саҥа сир биэрэн, кинилэр сүөһүлэрин көрүүлэригэр сөптөөх усулуобуйаны тэрийэр туһунан үөрэтэн-туруорсан көрдөххө хайдаҕый?
Манан туһанан биһиги билиҥҥи кэмҥэ барыта бары хааччыллыылаах дьиэлэрдээх уонна оскуолалаах, дедсадтаах, кулууптаах Сүүрбэ Биирис үйэҕэ тыа сиригэр бөһүөлэктэрдэнэ түһүө этибит.
Биллэн турар, сүөһүтүн, аһын үөлүн хааччыйыытын барытын билигин туох сайдыы баарыгар сөп түбэһиннэрэн оҥоһуллуохтаах. Хотоннор толору механизациялаах, сылгыта күрүөлээх - хаһаалаах, киһилии базалаах оҥоһуллан бэриллиэхтээхтэр. Сирэ толору механизация туттуллар гына бэлэмнэммит буолуохтаах.
Маннык түбэлтэҕэ дьон үйэлэргэ кэлбит сибээстэрэ быстыбакка көһөллөр диэн этиэххэ сөп буоллаҕа. Уонна биирдэ ороскуотуран баран, саахал тахсыы түбэлтэтигэр дьон түбэспэтин, тоһоҕолоон бэлиэтиэххэ.
Тустаах дьоҥҥо сүрдээх ыарахан курдугун иһин, күн аайы ракета көттөҕүн аайытын, кутталга олоруох кэриэтин саҥа сиргэ тутуспутунан көһөр ордук буолуо этэ.
Бу көһөргө, биллэн турар туруорсуу кытаанаҕа буолуохтаах. Роскосмос салалтата олохтоохтор туруорсууларын таба өйдүүллэрэ төрөөбүт төрүт сиртэн арахсыы, олохтоохтор өйдөрүгэр-санааларыгар кытаанах охсууну оҥорорун сөптөөх көмө оҥоһулуннаҕына эрэ табылларын тиэрдии боппуруоһа турар.
Боппуруос маннык турбатаҕына син-биир кыайтарыылаах олохтоох дьоннор хаалаллар. Ону этэн аһарбытым курдук көмүс сайдыытын кэмигэр олохтоох дьону үүртэлээн баран, промышленность дьоно билигин ити оройуоннарга тугу баҕарар оҥороллоро көҥүл. Тоҕо диэтэххэ олохтоох дьон куорат уонна атын оройуоннар кииннэригэр көһөн суураллан хааллахтара.
Бу көһүүлэргэ сүрүн охсууну кыра-хара дьоннор ылбыттара, атын сиргэ барбакка эстибиттэрэ. Дьэ, ол иһин промышленность эбэтэр государство интэриэһэ баар буоллаҕына син-биир кинилэр интэриэстэрэ быһаарыллар. Ол быһыытынаан, бу сири харабыллаан кэлбит олохтоох дьоннор бэйэлэрин интэриэстэрин көмүскүүллэригэр сөптөөх туруорсууну ыыталларыгар, саҥа сиргэ барытын тэрийэн биэрбит сирдэригэр бары куустуспутунаан көһүү буолара ордук курдук көстөр.
Инникитин даҕаны, промышенность сайдар кэскиллээх. Олорго эмиэ олохтоох дьоннор үйэлэргэ дьарыктанан кэлбит дьарыктара күөмчүлэнэр. Ону туруорсууга, бу ракеталар көтөр суолларын мөккүөрэ инники кэпсэтиилэргэ олук буолуо этилэр. Бастакы көмөнү оҥордохторуна, суол аһылыннаҕына салгыы Саха сирин барабытылыстыбата, улуус (оройуон) салалтата туруорсарыгар-кэпсэтэригэр балайда көмөлөөх буолуо этэ.
Винокуров Василий Степанович - к.э.н., Саха Республикатын тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Анаабыр, Эбээн-Бытантай уонна Өймөкөөн улуустарын бочуоттаах олохтооҕо.
|
Category: Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода |
Views: 1217 |
Added by: uhhan1
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 87 Ыалдьыттар (гостей): 87 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|