News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2014 » Ахсынньы » 29 » Саха сирэ Россияҕа саамай элбэх үбү биэрээччи уонна онтон тугу да бэйэтигэр туһаммат.
Саха сирэ Россияҕа саамай элбэх үбү биэрээччи уонна онтон тугу да бэйэтигэр туһаммат. | 12:13 |
Сайдыы төрдө сатаан салайыныыга
Эрнст Березкины кытары сэргэх кэпсэтии
Билигин тупсарыы, саҥардыы, сайдыы биһиги олохпутугар күн аайы күүскэ барар. Ол эрээри бу сайдыыга правовой, демократическай тутулга киирбит дьон кыттыыбыт хайдаҕый? Биһиги тугу да оҥорбоппут, айбаппыт. Бэлэми, дьон оҥорбутун сир баайыттан киирбит харчынан атыылаһабыт эрэ. Ол аата өйбүт-санаабыт ситэ уһукта, сайда илик курдук.
Уруккулуу ССРС саҕанааҕы систиэмэ өйдөбүлүнэн үөһээттэн ким эрэ дьаһайарын кэтэһэн уларыйбакка олоробут. Хас биирдиибит чааһынай сайдар, айар, толкуйдуур дьоҕурбут билигин да суох. Ол ааспыт быыбарга эмиэ көстөн ааста. Харчыбыт биһиэхэ туһалаабакка эрэ таска тахсар эрэ гына дьаһанан олоробут. Ити түмүгэр бюджеппыт улугуран саҥаны толкуйдуур, айар кыаҕа суох, тугу таба көрбүтүн норуотум бас билиитэ,--диэн араарбакка олоччу атыылыы, ыһа-тоҕо сылдьар, урукку систиэмэ ирдэбилинэн уопсай бас билиини өрө тутар, республикатын муҥкурдатан кэбиспит киһини куолубутунан этиһэ-этиһэ, салайа үөрэммит эрэ, диэн талан кэбистибит.
Субу аҕыйах хонуктааҕыта ол ааспыт быыбарга Ил Дархан дуоһунаһыгар кандидат 30 бырыһыаны ылан Россия уон бастыҥ политиктарын ахсааныгар киирбит Эрнст Борисович Березкины көрүстүм. Хайдах кэпсэтии, сэһэргэһии буолбутун туох баарынан ааҕааччыларбар тиэрдэр санаалаах бу курдук этэбин.
Ыйытыы: --Эрнст Борисович, бу күүстээх экономическэй кризис саҕаламмытын дьоммут ситэ өйдөөбөккө олорор. Биһиги манна үлэни туохтан саҕалыахтаахпытый уонна 2015 сыллаах бюджеппытын эн санааҕар хайдах таҥыахтаах этибитий?
Харда–Саха сирин бюджета Россияттан дотацияҕа олорорунан экономика боппуруоһугар ыарахан кэмнэр кэлиэхтэрэ диэн сылыктаабытым. Ол оруобуна бу күннэргэ олоххо киирэн эрэр. Ити аҥаардас санкциялартан, ньиэп сыаната түһүүтүттэн буолбакка бэйэбит күннээҕи экономическай турукпутун оҥостууттан эмиэ тутулуктаах. Харчыбыт биһиэхэ тугу да туһалаабакка таска тахсар эрэ гына дьаһанан олоробут. Ити түмүгэр республикабыт бюджетын улахан өттө Россияттан дотацияҕа олорор. Ол биричиинэтэ туох баар улахан бас билиилэрбитин олоччу атыылаабыппыт буолла.
Тастан кэлии тэрилтэлэр регистрациялара Саха сиригэр буолбакка олоччу киин сирдэргэ бааллар. Онон олохтоох республикабыт бюджетыгар ханнык да үбү нолуогунан киллэрбэттэр. Дьиҥэр, Саха сирэ Россияҕа саамай элбэх үбү биэрээччи уонна онтон тугу да бэйэтигэр туһаммат. Эбиитин манна кэлэн үлэлиир “Сургутнефтегаз” уонна РАО “Газпром” нолуоктан олоччу босхолоннулар. Онон эппитим курдук харчы кэлтэй күнүстэри түүннэри саха сириттэн уу курдук таска суккулла, тахса эрэ турар. Бу биһиги салалтабыт туохха да кэмнэммэт улахан алҕаһа. Быһаччыта, бэйэбит олохпутун сайыннарыахтаах республикабыт бюджетын оҥорор үптээх-астаах тэрилтэлэрэ суох хааллыбыт.
Салалтабыт ханнык хайысханы тутуһуохтаах этэй? Аан дойду экономическэй балаһыанньатын үөрэтэн, олохтоох бюджеты ырытыыга күүстээх үлэни саҕалыахтаахпыт. Дьон бюджеттан тутулуктаах буолуутун аччатан, дьоҥҥо чааһынай бас билиини сайыннаран үлэлиир усулуобуйаны тэрийиэхтээх этибит. Тэрээһин алларааттан норуоттан тахсыахтаах. Олохтоох бэйэни салайыныы мантан саҕаланар. Мантан атын сайдыыга тахсар суол суох. Аан дойду бастыҥ норуоттара бу маннык эрэ суолу халбаҥнаабакка тутуһан кэлбиттэрэ. Сэбиэскэй былаанныыр экономика оҥорбут эксперименэ ол иһин сэттэ уон үс сыл эрэ бараахтаабыта. Дьэ, ол өйдөбүл билиҥҥэ диэри арахсыбакка биһиги атахтана олордохпут.
Аһы-үөлү оҥорон таһаарыыны эҥин эгэлгэ көрүҥнэрин дэлэччи сайыннарыы биһиги сүрүн сорукпут буолуохтаах. Билигин үлэни көҕүлүүрбүт, олоҕу тэрийэрбит оннугар дьону бюджекка бэлэм хамнаска иитэ, көҥүл дьабайдата сатыыбыт. Министерстволарбыт ахсааннара аччыахтааҕар эбии департаменнар, управлениелар ол-бу араас туохха да туһата суох, кэлтэй хамнас эрэ ылар хос-хос тэрилтэлэр элбээтилэр. Бу барыта кимиэхэ уонна туохха нааданый? Биһиги кыра чааһынай бас билии уонна орто бизнес сайдыытыгар улахан болҕомтону ууруохтаахпытын истэ-билэ сылдьан ол туһугар дьиҥнээхтик ылсыһан үлэлэспэппит, кураанах куолунан муҥурданабыт.
Аны улахан баай дуол тэрилтэлэр манна киирэн үлэлээн эрэллэр. Чаяндаҕа суол тутуллуо, турба тиэйиллиэ, электролиния тардыллыа, таһаҕас таһыллыа, о.д.а. элбэх үлэлэр оҥоһуллуохтара. Ол аата инвестиция киирэн үлэ саҕаланна. Манна биир да олохтоох тэрилтэ кыттыыны ылбакка олорор. Олохтоохторго үлэ миэстэтэ тахсыбат. Олоччута атын сиргэ регистрациялаах тастан кэлии хампаанньалар үлэлииллэр. Кинилэртэн нолуок биһиги бюджеппытыгар соххор да солкуобай киирбэт. Ил Дархан илэ бэйэтинэн РАО “Газпром” тэрилтэ салалтатын кытары утары көрсөн олорон нолуогу миэстэтигэр төлүүргэ, уонна олохтоох тэрилтэлэри бу ыытыллар үлэлэргэ кытыннарыыга, үлэ тэрээһинигэр дуоспуруннаахтык, ылыннарыылаахтык кэпсэтиэхтээх этэ.
Тыа хаһаайыстыбатыгар даа? Интернет сайтары правительство да Ил Түмэн киэнин көрдөххө хамнас 2015 сылга 17 миллиард улаатыахтаах. Ол оннугар тыа хаһаайыстыбатыгар, тутууга көрүллэр үп аччыыр. Итинник 2016-17 сыллаахха да хамнас үрдээһинин нолуок сиппэт. Харчы илиигэ ылыыга үрдүүр курдук буолуо да инфляция суотугар хамнас аччыы туруо.
Госуправление реформата олох сатаммата. Биһиги министерствобыт аппараата төһө улаханын билэҕин. Роман Романович, көр эрэ бу саайтары билиҥҥи киһи ким баҕарар киирдэ да көрөр кыахтаах. (Көмпүүтэрин арыйар уонна салгыы кэпсиир.) Ылан көрүөх Алтаай кыраайын, тыа хаһаайыстыбатыгар оҥорбут бородууксуйатын үс гыммыт бииринэн бэйэтин толору хааччынар, өссө үс гыммыт иккитин экспорга таһаарар. Аны аптекаҕа киир Алтаайга үүнэр үүнээйиттэн оҥоһуллубут эмтэринэн толорулар.
Кинилэргэ министерство диэн суох. Ол оннугар, бу 76 киһилээх тыа хаһаайыстыбатын управлениета диэннээхтэр. 5-6 киһилээх бухгалтерия, живодноводство отдела, 6 киһилээх кадр отдела, сир оҥоһуутугар 4 киһи,
бухучет 6 киһилээх, инвестицияны сайыннарыы 5 киһилээх, кооперация отдела 5 киһилээх, о.д.а. отделлар бааллар. Кинилэргэ УСХ, хас эмэ уонунан оператор тэрилтэлэр суохтар.
Соҕотох иһитиннэрэр-сүбэлиир кииннээхтэр уонна общественнай тэрилтэлэринэн алларааттан салаллан олороллор. Иһитиннэрэр сүбэлиир кииннэригэр сэбиэскэй система, үөһээттэн хамаанданан үлэлээбит дьоннор суохтар. Чааһынай бас билиини өйүүргэ өйдөтөр үлэни ыыталлар. Балаһыанньалара, тэрээһиннэрэ да олус чуолкайдык, кылгастык сурулла сылдьаллар. Биһиги тоҕо итинник уларыйыа суохтаахпытый? Мин быыбарга итини этэ өйдөтө сатаабытым. Сайтка киирэн телефоннарын ылан сибээскэ тахсан бэйэбит иһитиннэрэр сүбэлиир кииммит үлэтин астыммат дьон ким баҕарар чааһынай бас билиини сайыннарыыга үлэ уоппутун төһө баҕарар билсиэн сөп.
Ыйытыы:—Хата, Алтаайга ити субсидияларын чааһынай бас билиилээх табаар оҥорооччу квартал аайы илиитигэр ылара бэрт эбит. Быыбарга итини эн дьоҥҥо эппитиҥ дуо?
Харда – Мин үп министринэн үлэлиирбэр субсидияны хас биирдии чааһынай бас билээччи, тэрилтэлэр расчетнай счеттарыгар түһэр гына оҥотторбутум. Ону кэлин улууһунан, переработка тэрилтэтинэн эргийэр гына уларыттылар. Ол олох сыыһа. Аара тохтотуу, туора туттунуу тахсыан сөп. Быыбар да кэмигэр итини дьоҥҥо өйдөтө сатаабытым. Алтаайга фермер бу управлениеҕа кварталга биирдэ отчуот түһэрэр. Ону 15 күн иһигэр көрөллөр. Оттон үс күн иһигэр отчуоту түһэрбит фермергэ субсидиятын бэйэтин расчетнай счетугар быһа ыыталлар. Ахсаан онон бүтэ турар. Биһиги курдук улууһунан, ол-бу араас посредник тэрилтэлэринэн сылы мэлдьи эргиппэттэр. Тыа хаһаайыстыбатын өйөөһүҥҥэ биһиги дьоммут холобура үүтү 30 солкуобай оҥоробут, дииллэр. Оттон үүккэ көрүллэр харчы хаһан эбиллэрэ биллибэт. Арай министрдэр, солбуйааччы бэрэссэдээтэллэр уларыйаллар. Чааһынай бас билиини сайыннарыыга үлэни күүскэ тэрийбэтэхпитинэ тыа хаһаайыстыбатын бүтэһиктээхтик эһэр туруктаахпыт.
Ыйытыы: Биһиги ырыынакка киирбиппит тухары тыа хаһаайыстыбатын тиэрэ үбүлүү олоробут. Ити бюджет харчыта бөҕөнү сиир оператор тэрилтэлэри үбүлүүр туохха нааданый? Чааһынай табаар оҥорооччулары быһаччы уонна дэлэччи үбүлүөххэ баара. Табаар оҥорооччу харчылаах буоллаҕына оператор тэрилтэлэр бэйэлэрэ ырыынакка тахсыахтаах этилэр. Холобура КОЛМИ массыынаны аҕалан атыылаан ырыынакка таҕыста дии. Тыа хаһаайыстыбатыгар туттуллар техника, трактор да итинник дьаһаллыан сөп этэ буоллаҕа.
Өссө тыаҕа сылдьан эдэр дьонтон ыйытааччыбын: Үүккэ 17 солкуобай 50 харчы көмөлөһөр дуо? Эбэтэр Эрнст Борисович этиитэ хайдаҕый?
Ону этэллэр: “Билиҥҥи үүт харчыта бэтиринээргэ уонна ол-бу справкаларга баран хаалар. Эрнст Борисович этэрин курдук киилэтигэр 45 солкуобай буолара буоллар уонна переработчик 10 солкуобайга үүтү киилэтин ылара буоллар ынах иитиэххэ сөп этэ. Кини өссө эдэр сүөһүгэ эбии дотация көрөр этиилээҕэ”, инфляция быһыытынан аны ити үрдээн иһиэхтээх, диэбиттэрэ. Итини эн хайдах саныыгын?
Харда: -- Саамай сөпкө этэҕин. Үүт субсидиятын улаатыннаран баран модернизациянан дьарыктаныахха баара. Ону да кыра хотоннорунан. Көр ити 170 мөлүйүөҥҥэ хотон тутан баран соҕорууттан олох да билбэт, биһиги айылҕабыт усулуобуйатыгар сөп түбэспэт ынахтарын аҕалан, көрөрүҥ курдук саахтарыгар батылыннаран олоробут. Итинтэн туох да туһа тахсыбат. Харчыны ыскайдааһын...
Билигин туох баар суруналыыстары, тыа хаһаайыстыбатын табаарын оҥорооччулары, оҥорон таһаарыынан дьарыктанар тэрилтэлэр салайааччыларын, солбуйааччы бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин, Ил Түмэн депутааттарын мунньаммыт тыа хаһаайыстыбатын министрин кытары кумааҕыттан дьыалаҕа киирэр аһаҕас кэпсэтии ыытыахха баара. Мин экономист быһыытынан кинилэри кытары кэпсэтэргэ бэлэммин.
Ыйытыы:--Дьэ, бэрт да буолуо этэ. Сөп ээ, кыра дьоҕус хотоннору фермердэргэ, чааһынай ыалларга сөптөөҕү Туймаада Лизинг оборудованиялары баҕастары бэрт кыра сыанаҕа 10, 20, 25, 30, 50 төбөҕө атыылыыр баҕалаах этэ. Чэ Эрнст Борисович салгыы кэпсээн ис.
Харда: -- эппитим курдук “Сила Сибири” турба биһиэхэ биир да солкуобай барсы нолуогунан да атын хайысханан да киллэрбэт. Госуправление састаабын уларытыахха. Егор Афанасьевич үлэлиир аппараатын састаабын аччаппата. Бюджеппытын хамнас оҥорон сиир эрэ иһин үлэлиир хайысханы тутуспут курдукпут.
Тыа хаһаайыстыбатыгар судаарыстыбаннай өйөбүл аһара кыра. Кэлэр үс сыл тыа хаһаайыстыбатын эһэр хайысханы тутустубут. Чурапчыга 170 мөлүйүөннээх хотон кураанах турар. Мэҥэ Хаҥаласка Чүүйэҕэ 200 мөлүйүөннээх хотон үлэтэ-хамнаһа эмиэ кыайан тэриллибэккэ турар. Намҥа биир оннук. Атын дойду сүөһүтэ биһиги сирбитигэр хайдах да сүөһү буолбат. Сүөһүнү соҕорууттан аҕалыыны хомуньуус баартыйа урдустара саҕалаабыттара. Уонна билигиҥҥэ диэри аҕала тураллар. Кэһэйбэппит. Хаһан өйдөнөрбүт буолла? Бу олох сыыһа дьаһал. Харчыны мэнээх матайдааһын. Онно кыбатан харчыны сиэһин.
Биһигини үйэлэртэн үйэлэргэ аан дойдуга ханна да суох айылҕа бэйэтэ анаан биэрбит сахабыт ынаҕа уонна сылгыта абыраабыта, араҥаччылаабыта. Ону эһэн кэбиспэккэ, боруодатын буккуйбакка салгыы утумнаахтык дэлэтиэхтээхпит.
Ханна да итинник ааҕан суоттаан, үлэни-хамнаһы былыр былыргыттан олохсуйбут үгэстэргэ олоҕуран тэрийэр санаабыт суох. Улахан хотоннорбут үлэни тэрийэр инфраструктуралара, электроэнергиялара, уулара суох, хамнас чуолкай ааҕыллыбат. Ити кэриэтэ хаһаайыстыбалары кытары сүбэлэһэн кинилэргэ харчы биэрэн кыра хотоннору уонна 50-80 миэстэҕэ олохтоох сүөһүгэ туппуттара буоллар.
Үүккэ урут биир миллиард алта сүүһү көрөллөрө. Билигин миллиард үс сүүһү эрэ көрдүлэр. Оттон киилэ үүккэ отут солкуобай. Ити аата олох да аҕыйах үүтү ыыбыт, диэтилэр дуу. Мин тугу да өйдөөбөккө олоробун.
Тыа хаһаайыстыбатын үлэтин үбүлээһини хаттаан ырытан үчүгэйдик көрдөхпүтүнэ эрэ норуоппутун быыһыахпыт. Быйыл нолуокка 65 миллиард киирдэ, эһиилгигэ 74 миллиард былааннанар. Ол аата тоҕус эрэ миллиард эбиллии баар буолар. Оттон хамнаска эппитим курдук 17 миллиард былааннанар. Ити аата өссө төгүл этэбин дьоммутун бэлэм бюджет харчытыгар иитэ сатыыбыт. Араас ?хаһаайыстыбаннай ыстатыйалар господдержкалар, бюджетнай тэрилтэлэр ремоннара аччыаҕа. Эһиилгиттэн дьон атыылаһар кыаҕа аччыаҕа. Хамнас үрдүө ол оннугар сыана үрдээн дьон бэйэтэ наадыйарыттан кыраны атыылаһыа.
Онон госуправление реформата суох сатаммат буолла. Тыа хаһаайыстыбатын көҕүлээһинигэр барар харчыны эппитим курдук госаппараакка биэрэн олоробут. 2002 сылтан бэттэх ханнык да үбүлээһин схематыгар уларыйыы киирбэккэ турар. Арай министр Александр Еремеевич тугу эмэ тобуларыгар эрэнэр инибит.
Туох баар себостоимоһы, төһө ороскуоту бу хотоннор оҥороллорун чуолкай ааҕан көрүөххэ наада. Итини экономистара суох син биир кыайбаккын. Мин кими эрэ үлэтиттэн устуохха, холуобунай дьыалата тэрийиэххэ диэбэппин. Быыбар бүттэ да норуоту кытары быыбар кэмигэр ыытыллыбыт кэпсэтиилэр умнуллан хааллылар. Үс сыллаах бюджеппытыгар анал сокуона суох олоробут.
Ыйытыы—Эн общественнай тэрилтэ тэрийэр буоллуҥ дуу, эбэтэр норуоккун кытары үлэлииргэр ханнык хайысханы тутуһаҕын? Норуот эйиигин кэтэһэр.
Харда:--Билигин Уопсастыба норуодунай фронугар үлэни Александр Лютый үлэтин саҕалыаҕа. СР-гар баар партиялар олоччу Биир ньыгыл Россияны кэтэһэ, кини тугу этэрин толоро сылдьаллар. Тус бэйэлэрэ туһунан этиилэрэ суох. Ол бу ааспыт быыбарга былааска спойлер буоланнар чуолкай көһүннэ. Онон Гражданскай Платформаны сүһүөҕэр туруоран норуот санаатын өйүүр туһунан өйдөөх санаалаах партияны саҥалыыттан тэрийэр кэм кэллэ. Онон саҥа дьыл кэнниттэн түмсэммит күүскэ үлэлиэхпит.
Этии:--Эрнст Борисович аһаҕас, чуолкай кэпсэтииҥ иһин махтал!
Эйиэхэ дьонуҥ, норуотуҥ сайдарын туһугар общественнай үлэҕэр-хамнаскар, тус олоххор ситиһиилэри баҕарабын. Дьиҥэр билигин биһиги республикабытын кыра сааһыттан тыа хара үлэтигэр миккиллибит, ааҕан суоттаан үлэлиир, атыылаабат, ыспат-тохпот, кичээҥи экономист идэлээх, үрдүкү салалтаҕа эриллибит, эдэр эрчимнээх киһи салайбыта буоллар ордук буолуохтааҕа.
Оччоҕо чааһынай бас билии күүскэ сайдан тыа сиригэр дьон олоҕо тупсан, Саха киһитэ быдан былыргыттан үгэс оҥостубут дьарыга сайдан хонуу-хонуу аайы хороҕор муостаах хойдон, сыһыы-сыһыы аайы сыспай сиэллээх сырсан дэриэбинэлэргэ олох күөстүү оргуйуохтаах, киһи-сүөһү дэлэйиэхтээх. Тыа сирин дьоно байылыаттык олороллорун туһугар кураанах эрэннэриилэринэн куолулаабакка дьиҥнээхтик үлэни-хамнаһы тэрийиигэ ылсыһар кэммит буолла.
Арамаан Дьөгүөрэп.
|
Category: Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения |
Views: 1715 |
Added by: uhhan1
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 28 Ыалдьыттар (гостей): 28 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|