Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2015 » Тохсунньу » 13 » Номох уонна олох Алексей ТОМТОСОВ интервьютун салгыыта. Штыров кэннигэр ким турарый?
Номох уонна олох Алексей ТОМТОСОВ интервьютун салгыыта. Штыров кэннигэр ким турарый?
18:47

Алексей ТОМТОСОВ интервьютун түмүгэ. Ректор Михайлова, постпред Стручков, кэргэн, оҕо-уруу

Понедельник, 12 Января 2015 17:51
- Республика билиҥҥи туругун туһунан туох санаалааххын?

- Туох эмэ буолла да, биһиги “стабильнай” туруктаахпыт диэн түөспүтүн мөтөтөбүт дии... “Стабильность” диэн икки өрүттээх мэтээл. Түһүүтэ-тахсыыта суох, биир кэм хамсаабат турук  – улугуруу. Ордук производство кэхтэр. Республика салалтата оччоттон-баччаҕа диэри наар умнаһыттыыр эрэ дьарыктаах. Федеральнай киинтэн баччаны булан-талан аҕаллыбыт диэн отчуот... Егор Борисов ити чааһыгар уһулуччу лоббист. Онтон ити аҕалбыт харчыны эргитии, элбээтиннэрии чааһыгар үлэ соччо кыайтарбат. Бэлэм харчы тыырыытынан дьарыктаммакка, харчыны бэйэбит сатаан өлөрөр үөрүйэхтэниэхтээхпит, өлөрбүт харчыбытын эргитэн, саҥа производство аһан, толкуйдаан үлэлэтиэхтээхпит. Сотору умналыыр илиигэ харчы түһэрэ аччаан барыаҕа. Оччоҕо хайдах буолабыт?.. Ыччаты саҥа, аныгы олоххо дьүөрэлэһэр гына үөрэтиэххэ, иитиэххэ наада. Онно ХИФУ төһүү күүс буолуох этэ.

- Түгэн тосхойбучча: Евгения МИХАЙЛОВА аны саас ректордыыр болдьоҕо бүтэр. Ол эрээри аныгыс болдьоххо син биир ананан бүтэ сылдьар дииллэр.

- Оннук буолуо...

***

- Алексей Александрович, эйигин урут  “саха” диэн тылы кыккыраччы утарар диэн кэпсииллэрэ.

- Мин солуута суох “сахафикацияны” утарбытым. Хайдах эрэ 90-с сылларга “саха эрэ буоллун, саха эрэ буолуохтаах” диэн  кэлтэгэй политика барбыта. Тэрилтэ “саха” диэн эбиликтэннэ да, нолуокка искуственнайдык чэпчэтии көрүллэр этэ. Ол онтон сылтаан, дойду үрдүнэн сыана күн-түүн үрдүү турдаҕына, Саха сирэ эрэ ойуччу баран,  Россияттан ордон туох баар тарифтары: сөмөлүөт билиэтиттэн  ОДьКХ өҥөтүн сыанатыгар тиийэ, уматыкка сыана буоллун – барыта искусственнайдык тутуллан турбута. Ол түмүгэр элбэх тэрилтэ эстибитэ. Тэрилтэ салайааччылара сыананы үрдэттэхтэринэ дуоһунастарыттан  уһуллаллара... Төһө эмэ уопуттаах, өр сылларга үлэлээбит производственнай салайааччылары “саха эрэ буоллун” диэн уопута суох каадырдарынан солбуйуу барара.  Дьиҥинэн, кыахтаах  каадыры бэлэмнииргэ, үөрэтэргэ элбэх сыл баранар. Ойон туран баран суверенитет биллэрээт да, биир күн каадыры уларытыы сыыһа. Ол түмүгэр туох буолбутун көрдүбүт дии... “Якутнефтепродукт” салайааччытынын өр сыл үлэлээбит, улахан уопуттаах Василий Гомзякову ууратан баран Константин Федоровы аныы сатаабыттара. Ону утарбытым. Гомзяков оччолорго дойду премьеринэн олорор Черномырдины кытары бииргэ үрэммит эрэ буолан дуоһунаһыгар хаалбыта. “Якутгазпромтан”  Болонову араастаан уста сатаан баран, Игорь Корневы (буор аргыһыт киһи этэ) аҕалбыттара. Корнев олох иһиэ суох буолан тылын биэрбитэ да... (сапсыйар)

***

- Сахапостпредын Алексей Стручкову Москваҕа төһө ылыналлар?

- Ылыналлар.  Ол гынан баран, постпредтартан (билиҥҥээҥҥэ диэри!)  саамай ытыктанар киһи - Иннокентий Гаврильевич Игнатьев. Дьэ, бэйэтин сатаан көрдөрөр, дьоһуннаах, ылыннарыылаах тыллаах, араас дьону кытары кэпсэтэр таһымнаах постпред этэ.

- Уопсайынан, сахалары анараа  хайдах ылыналларый?

- Араас дьон араастык. Үөрэхтээх, киэҥ билиилээх, култууралаах киһи ханна баҕарар киһи дэттэрэр.  Билигин ырыынак сыһыана буолан, табаар сирэйэ – киһи тас көстүүтэ. Таҥаскынан-сапкынан, тутта-хапта сылдьаргынан көрсөллөр диэн өс хоһооно баар. Ол иһин ити чааһыгар эмиэ улахан болҕомто ууруллар.

- Ыраахтан көрдөххө көстөр дииллэринии, Саха сирэ атын регионнарга  холоотоххо олоҕун-дьаһаҕын таһыма хайдаҕый?

- Партия киин кэмитиэтигэр, РФ  национальностарын дьыалатын миниистирин солбуйааччытынан үлэлиир кэммэр, норуоттар икки ардыларынааҕы сыһыан департаменын хонтуруоллуур этим. Онно сылдьан Сойуус, РСФСР республикаларын барытын кэрийбитим. Билигин да сибээспин сүтэрбэппин. Саха сирэ олоҕун таһымынан атыттартан хаалсыбат, сорохтортон ордук...

- Туваттан?

- ...Бурятияттан, Калмыкияттан... Биллэн турар, татаардарга, башкирдарга, чуваштарга биһиги баөыйтарабыт. Уопсайынан рейтинг таһаарарга, олох-дьаһах таһымын эрэ буолбакка, үөрэх, производство, медицинэ, суол-иис, инфраструктура, дьон өйө-санаата – барыта учуоттаныахтаах. Сорох өттүгэр биһиги инники иһэбит, ханна эрэ быдан кэнникибит.

- Холобур?

- Холобур, татаардар судаарыстыбаннай менеджменнэрэ аһара күүстээх. Каадыр политиката утумнаахтык, ситимнээхтик ыытыллар. Москва татаардара бэйэлэрэ туспа хаһыат таһаараллар. Казаньнар ол хаһыакка туох сурулларын улаханнык кэтээн көрөллөр, суолталыыллар. Биһиги курдук бииртэн биир киһиэхэ төлөппүөннүү-төлөппүөннүү тугу эрэ этэ сатаабаккын. Хаһыакка кэпсэтии таһаараллар.

- Татаардары наар кыһалҕата суох республика курдук  кэпсээн ымсыырдаллар. Оннук айылаах  үүт-турааннар дуо?

- Бэйи, таатардар бэйэлэрин истэригэр кыһалҕалара элбэх. Арҕааҥҥы, илиҥҥи татаардар диэн атааннаһыылара кытары баар. Былааска да, бизнескэ да күрэстэһиилэрэ улахан... Татарстан бастакы президенэ М.Шаймиев тыа хаһаайыстыбатын салаатыттан тахсыбыт киһи. Кини 1969-1983 сс. Татарскай АССР мелиорациятын уонна уутун хаһаайыстыбатын миниистиринэн үлэлээбитэ. Президент буолан баран, сир нүөлсүтүүтүгэр улахан болҕомтону ууран, үлэ бөҕөтүн  ыытан, суруйан,  үүнүүлэрэ 2-3 төгүл  улааппыта. Биһиги бастакы президеммит эмиэ тыа хаһаайыстыбатын салаатыттан тахсыбыт киһи. Ол гынан баран, Шаймиев курдук  тыатын хаһаайыстыбатын таһаарбатаҕа. Хата, төттөрүтүн сопхуостар  ыһыллыбыттара эрэ өйгө хаалан хаалбыт. Николаев сүүсчэкэ кинигэ суруйбутуттан биирэ да ветеринарияҕа сыһыаннаах суох (күлэр).

- Саха сириттэн төрүттээх дьону түмэр “Якутский дом” диэн общественнай тэрилтэлээх этиҥ. Биир дойдулаахтары түмэр киһи баар дуо?

- Биһиги татаардар курдук түмсүүбүт суох. Мин Саха сиригэр барарбар “Якутский дом” тэрилтэбин Андрей Федотовка туттаран барбытым. Онтум... дьону түмүөхтээҕэр ыһыталаан кэбиспит этэ. Түмүгэр бөрүкүтэ суох дьыалаҕа эриллэн, хата, улахан айдаан таһаарбыта. Онон “Якутский дом” киһи хараҕар быраҕыллар гына үлэлээбэт.

- Төһө элбэх саха Москваҕа баарый?

- Саха сириттэн төрүттээх, үлэлии сылдьыбыт, Москваҕа үөрэнэр ыччаты (регистрациятын учуоттаабакка) аахтахха барыта 10-ча тыһыынча киһи баара буолуо. Оттон сайынын ааһар, сынньанар, командировкаланар дьону эптэххэ 30-чча тыһыынча киһи кэлэн барар быһыылаах.  

- Сахапостпредство итиннэ үлэлиэхтээҕэ эбитэ буолуо дуо?

- Общественнай тэрилтэ нөҥүө үлэлиэн сөп буоллаҕа эбээт.

***

- Мантан барбыт дьон республикаҕа тугунан эмэ көмөлөһөллөр дуо?

- Барыларын аатыттан кыайан этэр кыаҕым суох. Онтон бэйэм уопупуттан эттэхпинэ, киһи баҕарбытын, кыһаллыбытын да үрдүнэн, республика салалтатын өттүттэн  халы-мааргы сыһыан баар курдук. Холобур, бу кыһыҥҥыттан саҕалаан ыам үүтү переработкалааһын боппуруоһугар үлэлэһэ сатаабытым.

- “Ыам үүт” да?

- Ити боппуруос ылбычча күөрэйбэтэҕэ. Европаҕа саамай уһун үйэлээх омук ахсааныгар финнэр киирэ сылдьаллар. Оттон 50-60-с сылларга кинилэр саамай кылгас үйэлээх этилэр. Ону интэриэһиргээн, бу тоҕо маннык буолбутуй диэн хасыһан билбитим, финнэр чөл олоҕу күүскэ пропагандалаабыттарын таһынан кинилэр ыам үүтү иһэр буолбуттар. Биир финн сылга 300 л тиийэ үүтү иһэр эбит. Оттон Саха сирэ билиҥҥи туругунан саамай элбэх сүөһүлээх регион ахсааныгар киирсэр. Уһук Илиҥҥэ республика сүөһүтүн ахсаанынан бастакы миэстэни ылар. Ол аата суолун-ииһин, харайыытын, оҥоруутун таптахха биһиги да үүтүнэн эргинэр кыахтаах буоллахпыт. Саатар бэйэбит иһэн үйэбитин уһатыах этибит буоллаҕа.   Бу билигин бачча элбэх ынахтаах олорон тастан киирбит бороһуок үүтү тутта олоробут диэн этэллэр ди?

- Оннук. Дьиҥнээх үүт амтанын куораттар умнубуттара ыраатта.

- Республика салалататыгар этии киллэрбитим, инновационнай бырайыактарынан дьарыктанар тэрилтэни булан тиксиһиннэрбитим да... бу эппиэт кэлбит: “Гражданин ТОМТОСОВ А.А. туруорбут боппуруоһун хонтуруолтан устарга...” – диэн.

- “Гражданин”?

- Үгэс курдук сууттанар, буруйданар киһини “гражданин” диэн ыҥыраллар... Бу курдук сыһыан...

- Баҕар, инновационнай тэрилтэҕин саарбахтаабыттара буолуо...

- Онно туох саарбахтааһына баар буолуой... Мин анаан-минээн ити тэрилтэ тугунан дьарыктанарын үөрэтэн, бэйэлэрин кытары көрсөммүн, мунньахтарыгар сылдьан, чахчы таһымнаахтарын билэн эрэ баран сибээстии сатаатаҕым.  Бастаан, мунньахтарыгар сылдьан иһиттэхпинэ “биир идиэйэбит аан дойдуга бастакы миэстэлээх” диэн эппиттригэр чөрбөс гына түстүм. Онтон этэллэр “тииһи маҥхатыы” диэн. Мин бастаан эмиэ эн курдук күллүм. Онтон толкуйдаан көрбүппэр, тас дьүһүн капиталистическай дойдуларга бастакы миэстэҕэ турар. Тас дьүһүн – бизнес, ырыынак усулуобуйатыгар визитнэй карточка. Ол иһигэр - маҥан тиис сүрдээх улахан проблемалаах боппуруос эбит. Бу тэрилтэ ону быһаарбыт, хайдах түргэнник, алдьаппакка эрэ тииһи маҥхатыахха сөбүн.

Кэпсээнтэн кэпсээн: целлюлознай фабрика ууну туттарын хайдах икки бүк аҕыйатыахха сөбүн быһаарарга сыал туруорбуттар. Экспертэрэ интерент ситимигэр 300-тэр, бары аан дойдуга тарҕанан олороллор. Үлэ барыта интернет сибээһинэн барар. Бу экспертэр уу туттарын 70 бырыһыан аччатар идиэйэни биэрэллэр. Бэрт судургутук ону быһаарбыттар – бородууксуйа оҥоһуллан тахсыар диэри хас да түһүмэҕинэн барар, ону үс гыммыт бииригэр диэри аччатан биэрбиттэр. Түмүгэр уу экономията тахсыбыт – айылҕаҕа хоромньу үс бүк аччаабыт.

Мин бу тэрилтэ специалиһын кытары көрсөн кэпсэтэн баран дьокуускайдары кытары сибээстээбитим, ситэ өйдөөбөккө “гражданин” диэн этэ сырыттахтара ити...

***

- Мээрдээбит киһи хараҕынан көрдөххүнэ,  Дьокуускай куорат төһө уларыйбытый?

- Уларыйбыт.

- Биричиинэтэ?

- Итиннэ икки фактор сабыдыаллаабыта: 1992 сыллаахха Суверенитет биллэриллибитин кэннэ,  Михаил Николаев уонна Борис Ельцин Федеративнай дуогабар түһэрсибиттэрэ. Онно хостоммут алмаас 20 бырыһыана республика туһатыгар хаалыахтаах диэн илии охсуспуттара. Ол ханаалынан  4,5 млрд чугаһыыр  харчы республикаҕа киирбитэ.  Россияҕа тутуу тэрилтэлэрэ моҥкурууттуу турдахтарына, биһиэхэ тутуу бырыһыана түһүөхтээҕэр өрө барбыта.

***

- Саха салайааччыларын характеристикалаа эрэ.

- Гаврил Чиряев системнэй салайааччы этэ, ыйааһыннаах ытыктанар этэ. Юрий Прокопьев элбэхтик ааҕара, билэрэ-көрөр. Михаил Николаев депутаттарын кытары биир тылы булбатаҕа тэмтэриппитэ дэнэр даҕаны, дьиҥинэн, кини Ельцини кытары ураты сыһыанын сиэри таһынан туһаммытыгар сытар. Ельцин туораатын кытары кинини эмиэ туораппыттара: "Фаворит ельцинской вольницы был подвергнут публичной порке".   

- Эр киһини дьахтар оҥорор. Кэргэттэрин да билэттиириҥ буолуо...

- Прокопьев кэргэнэ Вера Лаврентьевна (атын араспаанньалаах этэ) олус чиэһинэй, интеллигентнэй, сэмэй дьахтар этэ.  Чиряев кэргэнэ Зинаида Чиряева эмиэ симик, ээр-сэмээр сылдьар майгылаах дьахтар буолара. Николаев Дора Никитичната аһара сэмэй,  муударай дьахтар.

- Урукку тойоттор нуучча дьахталларын кэргэн ылаллара. Карьераларыгар көмөлөһөр этэ да ол?

- Урут Саха сиригэр соҕурууттан  элбэх баҕайы нуучча кыргыттара эдэр специалист быһыытынан ананан кэлитэлээбиттэрэ.  Ол кыргыттар үксүлэрэ саха уолаттарыгар кэргэн тахсан манна олохсуйбуттара. Элбэх салайааччы буолбут дьон  ол кыргыттары  кэргэн ыллаттаабыттара, анаан-минээн соҕурууттан аҕалтаабатахтара.

- Оттон эн?

 - ?!

- Нуучча кэргэннээх диэччилэр эбээт...

- Дьэ, кимнээҕэр саха. Хачыкааттан төрүттээх. Любовь Федоровна диэн, аҕата – Федор Петрович Никифоров аатырбыт Манньыаттаах уолун чугас аймаҕа диэн кэпсииллэрэ.

- Икки уоллаах диэбиттэрэ, ханна баалларый?

- Биирдэрэ Дьокуускайга, иккиһэ Москваҕа. Атын-атын консалтинговай хампаанньаларга үлэлииллэр.

- Алексей Александрович, Москваҕа хас сылтан олороҕун?

- 1989 сылтан. Онтон төннө сылдьан баран кэнники 1996 сылтан олохсуйан олоробун, Дьокуускайга кэлэ-бара сылдьабын.

- Билигин ХИФУ тас сибээскэ проректораҕын?

- Оннук. 

- Төрөппүттэриҥ төрдүлэрэ ханнааҕы этилэрий?

- Таатталар, аҕам Кириэс Халдьаайы, ийэм Чымнаайы. Аҕам репрессийэлэммит киһи уҥуоҕар “хаарыан киһини сиэтилэр” диэн тыл этээччи буолан, онтон сиэттэрэн дьиэ кэргэнин илдьэ Уус Майаҕа көһөргө күһэллибитэ. Онно бириискэлэргэ үлэлээбитэ. Бииргэ төрөөбүттэр ахсыа этибит. Мин Ааллаах Үүҥҥэ төрөөбүтүм. Оскуоланы Уус Майаҕа бүтэрбитим.

- Алексей Александрович, бу биографияҕын көрдөххө, карьераҕын сыныйдахха, хайдах эрэ барыта табыллан тахса турбут курдук... Хааҥҥар “эбиликтээххин” дуу, эбэтэр уорганнары кытары сибээстээх этиҥ дуу (күлэбин).

- Мин – американиспын, международникпын. (А.А. научнай үлэтин брошюратын ылан көрдөрөр, ким салайбытын, рецензия суруйбутун ыйар, билиҥҥи улахан тойон аҕатын аата А.Фурсенко кытары ахтыллар). Английскайы  армияҕа сылдьан үөрэппитим. Радиоперехватка сулууспалаабытым.

- Алексей Александрович,  сэргэх кэпсээниҥ иһин махтал уонна бу ааҥнаан кэлбит кризиһи хайдах туоруохха сөбүй диэн ыйытыыга кылгастык сүбэҥ.

- Тулуур. Боростуой норуот урут да сүтэрэрэ суох этэ, билигин да сүтэрэрэ суох – үп-харчы чааһыгар. Кризис – саҥа тыыны, сүүрээни уһугуннарар кэрдиис кэм. Ону тулуйуохха эрэ наада. Барыта этэҥҥэ буолуоҕа.

***

Туйаара НУТЧИНА,

Аартык.ру

 

Комментарии 

#1
Учитель года 12.01.2015 19:15
Томтосов неофициальный глава " московского улуса". Всегда был и остается оптимистом и интеллигентом. Нам бы по-умному использовать все его контакты во благо республики. Многого бы еще добились, хотя бы по чиновникам в федеральной власти.
#2
премудрая 12.01.2015 20:46
нет пророков в своем отечестве.и как всегда у нас повсюду (начиная с маленьких городов до самой москвы)характер ное "горе от ума".главное, во всем прав!
#3
КПСС 12.01.2015 22:28
Материал поучительный, Алексей Александровичу респект!
#4
мадамесвеером 13.01.2015 08:59
всех на место поставил по заслугам. да одно удручает - скоро напишут в истории россии - ссср напала на германию. свфу не зря носит имя славного аммосова.
#5
хохол 13.01.2015 11:10
раньше таких кадров как Томтосов тщательно готовили, отбирали подбирали. В настоящее время кумовство...Ким истигэс, толоругас ньылаҥнас инники сылдьар...

Источник: aartyk.ru
 

Алексей ТОМТОСОВ. Номох уонна олох
http://aartyk.ru/media/k2/items/cache/9569bb002853e00993c5a92aacdc265e_L.jpgПонедельник, 22 Декабря 2014 12:52
Бастакы президент туһунан
 Алексей ТОМТОСОВ туһунан уос номоҕо элбэх: “Москва сахаларын  тутаах киһитэ”, “хомсомуол хоодуоттарын этэрээтин хамандыыра”, биир да быыбар “кини кыттыгаһа суох” ааспат үгэстээҕин ааһан, “Москубатааҕы кыахтаах саха” уобараһын ойуулуур сурах баһаам...
Алексей Александрович туһунан билсэр дьоно бары - интеллектуал,  киһи бэккиһиэн курдук элбэҕи ааҕар, элбэх киһини кытары билсэр-көрсөр, алтыһар диэн этэллэр. “Аартык.ру” Алексей ТОМТОСОВЫ  кытары кэпсэппитэ ыраатта да,  интервьютун саҥа бэчээттиибит. Кэпсэтии төрүөтэ биир: өр кэмҥэ үрдүкү былааска сылдьыбыт киһи  ким тугун-ханныгын билэрэ-көрөрө, этэрэ да  элбэх, аҕам сааска үктэммит киһи былааска таласпат, онон санаата объективнай буолуохтаах диэн.

- Хаһан эрэ  кэпсээн баара:  Томтосовы президент  оҥоро сатаабыттара диэн.

- Кырдьык, 1998 сыллаахха,  кэпсэтии бара сылдьыбыта эрээри мин ылымматаҕым. Оччолорго НИКОЛАЕВЫ туоратар төрүөт суох этэ.  

-  Михаил Ефимовыһы  тоҕо уурата сатаабыттарай?

- 1995 сыллаахха,  1-кы дефолт саҕана республика 300 мөл. Дуоллары сүтэрбитэ,  кэлин 1998 сыллаахха, 2-с дефолтка  эмиэ оччоҕо чугаһыыр сууманы   “Презент” бааҥҥа укпуттара эстэн хаалбыта.

- “Эстэн хаалбыта” диир олус судургу курдук. “Эстэрин” эрдэ билбиттэрэ буолаарай?

- Суох, мин итиннэ тугу да этэр кыаҕым суох. Уопсайынан,  ол саҕана араас баан бөҕөтө баара этэ дии, сөҕүмэр бырыһыан барыһы эрэннэрэр.  Республикаҕа “Сахабилиибаан”, “Сахакредитбаан”, “Сир” , “Сахазолото” бааннар  тэриллэ сылдьыбыттара эмиэ бары эстибиттэрэ.

- Эстибит төрүөттэрэ тугуй?

- Үпкэ-харчыга ырааҕы өтө көрөр дьаһаныы суох этэ. Барытын  биир киһи быһаарар  – волюнтаризм кэмэ этэ. Бэл, харчыга сыһыаннаах сорох-сорох дьаһаллары үбү хонтуруоллуохтаах  зампред  Роберт  БУРНАШОВ  да билбэккэ хаалара.

- Эмиэ уос номоҕуттан: Саха сирин бастакы президенигэр үс кандидатура баара: Михаил Николаев, Роберт Бурнашев, Владимир Ларионов.

- Дьон араастаан кэпсиэн сөп. Ол гынан баран, Владимир Петрович Ларионовка этэн көрбүттэрин кини “учуонайбын, политик буолбатахпын” диэн кыккыраччы аккаастаммытын чуолкай билэбин.  Дьиҥинэн, промышленнай тэрилтэлэр дириэктэрдэрэ үксүлэрэ  Ларионову күүскэ өйөөбүттэрэ. Ону бэйэтэ батыммыта. Инньэ гынан, соҕотох кандидатура – Николаев хаалбыта. Ларионов аккаастаммытыгар Валерий Рудаков,  оччолорго “Главалмаззолото”  салайааччыта, алмаасчыттары, көмүсчүттэри, хорҕольун хостооччулары тылыгар киллэрэн,  Николаевы өйүөххэ диэн тыл көтөхпүтэ.

- Өскөтүн Ларионов президент буоларга сөбүлэспитэ буоллар, Саха сирэй хайдах сайдыах этэй?

- Ыарахан буолуох этэ. Кини бэйэтэ да этэр этэ “политик” буолбатахпын диэн. Николаев курдук Ельцинниин “ураты сыһыаҥҥа”  кини тиийиэ суох этэ.

- Николаев Ельцинниин хайдах билсибитэй?  

- 1990 сыл балаҕан ыйын 4-гэр Михаил Ефимовия миэхэ төлөпүөннээн Ельциҥҥэ киирэрбэр көмөлөс, Саҥа дьылга диэри  графига барыта толору диэн чугаһаппаттар диэн эппитэ.  Ельцин көмөлөһөөччүтэ Виктор Илюшин эйиэхэ эҕэрдэ ыытта, билэр киһиҥ эбит, абыраа диир. Илюшин буоллаҕына, 1977-1980 сс., Свердловскай уобалас комсомолун обкомун бастакы сэкиритээринэн олорбута, онон үчүгэйдик билсэр этибит. Илюшиҥҥа эрийдим. Киһим буоллаҕына, Николаевкыт РСФСР Үрдүкү Сэбиэтигэр  Ельцини утары 14-тэ куоластаабыта, онон хайдах да көрсүһүннэнэр кыаҕым суох диэн эттэ. Ону онтон “Саха сирин делегацията бары кууһунан куоластыыр этэ, онон соҕотох Николаев буруйа суох, доҕорум эрэ буолларгын көмөлөс, кэлин хаййан да өйүөҕэ” диэтим.  Илюшин: “Мэктилиигин дуо?”. Мин: “Төбөбүн биэрэбин”. Онтон киһим ыйытар: “Николаев арыгыга сыһыана хайдаҕый?” - диэн. Мин мух-мах буолан баран “сиэр иһинэн” диэтим. Чэ, ол  курдук, Николаев Ельцинниин көрсөн, сиэр иһинэн кэпсэтэн-ипсэтэн аан бастаан билсибитэ. Саарбахтыыр буоллаххытына,  бэйэтиттэн кытары ыйытаарыҥ, атыны кэпсиэ суоҕа.

- Ити саҥа Россия историятыгар былааска киирии.  Оттон ол иннинэ кини карьератыгар  ким көмөлөспүтэй?

- Михаил Ефимович карьератыгар быһаччы дьайбыт киһинэн Виктор Петрович Никонов буолар. Кини 1983-1985 сс. РСФСР тыатын хаһаайыстыбатын миниистирэ, 1985-1989 сс. ССКП КК сэкиритээрэ этэ. Николаев Саха АССР тыатын хаһаайыстыбатын миниистиринэн үлэлиэҕиттэн кинини кытары ыкса билсэрэ. Кэлин Михаил Ефимович САССР Үрдүкү Сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн ананарыгар эмиэ Виктор Петрович олус улахан өҥөлөөх. Дьиҥинэн, Юрий Николаевич Прокопьевтыын Михаил Ефимович олох сатаспат этилэр. Прокопьев уурата сатаабыта, ону Никонов оччолорго ССКП КК сэкиритээринэн олорон Николаевы Үрдүкү Сэбиэт бэрэссэдээтэлэ буоларын ситиспитэ.  

- Михаил Николаев тыа хаһаайыстыбатын миниистиринэн төһө тахсыылаахтык үлэлээбитэй?

- Ол саҕана миниистирдиир судургу буолара. Үлэ барыта былаанынан үлэлэнэрэ этэ буоллаҕа: бэлэм харчыны тыырыы. Михаил Ефимович атын миниистирдэргэ холоотоххо, үлэһит этэ. Атыттар үлэ чааһын чопчу тутуһар эбит буоллахтарына, кини дьиэни-уоту, оҕону-урууну умнан туран хара сарсыардаттан хара киэһэҕэ диэри үлэлиирэ. Туох да күүркэтиитэ суох - үлэнэн эрэ олороро. Ытыктыыллара.  
(Салгыыта бэчээттэниэ).
Источник: aartyk.ru
 
Алексей ТОМТОСОВ интервьютун салгыыта. Штыров кэннигэр ким турарый?
Воскресенье, 04 Января 2015 11:11
- Сорох дьон 90-с сылларга Михаил Николаев производственнай, промышленнай тэрилтэлэри кэтэх бас билиигэ бэйэбит дьоммутугар биэртэлээн кэбиспитэ эбитэ буоллар, татаардар курдук сайдыылаах буолуох этибит дииллэр. Итиннэ санааҥ?

- Татарстан экономиката былыр-былыргыттан производственнай, промышленнай салаата сайдыбыт, дириҥ историялаах республика. Онон үүт-маас Саха сирин кытары тэҥнии тутар сөбө суох. Ол гынан баран, биһиги салайааччыларбыт наһаа авторитарнайдык салайан кэлбиттэрэ. Ким да сүбэтин истибэт, ылыммат майгылаахтара. Николаев да, Штыров да оннук этилэрэ...

Ханнык баҕарар киһи барытыгар дэгиттэр буолбат. Үчүгэй салайааччы бэйэтин уйан миэстэтин билиэхтээх, билэр даҕаны. Мөлтөх салайааччы тугу да билиммэт! Бары боппуруоска бэйэтэ эрэ билэринэн быһаара сатыыр. Биир холобуру аҕалыахпын баҕарабын. АХШ 32-с президенэ Франклин Рузвельт саамай уустук кэмҥэ президенинэн талыллан үлэлээбитэ: улуу депрессия, аан дойду сэриитэ... Кини өйдөөх салайааччы буолан бэйэтин уйан миэстэтин билэр этэ. Атыттарга холоотоххо, наһаа элбэҕи билэрэ-көрөрө, ааҕара, саҥаттан саҥа билиигэ тардыһара. Талааннаах дьону аан дойдуттан хомуйан сүбэһит оҥосторо.  Холобур, экономика боппуруостарыгар кини  “шведскай социализм” ааптарын, профессор Карл Густав Мюрдали Швецияттан аҕалан сүбэһиттэппитэ. Манна даҕатан эттэххэ, Мюрдаль 30-с сылларга АХШга аҕыйах уон сылынан “негритянскай боппуруос” сытыытык туруоҕун ырытан,  суоттаан таһаарбыта. Кини оччолорго АХШ нэһилиэнньэтигэр 13 бырыһыаны ылар эрээри, элбэх төрүөхтээх хара тириилээх норуот кэнэҕэс ахсааннарынан үрүҥ тириилээхтэри баһыйан барыахтарын 40-50 сылларга суоттаан билбитэ. Ону быһаарарга билиҥҥиттэн үлэ барыахтаах диэн сүҥкэннээхэй научнай үлэ суруйбута. Ол үлэтэ 60-с сылларга олоххо туһаныллыбыта. Саха сиригэр ырытан көрүү, чинчийии, аҕыйах сылынан туох-ханнык экономическай балаһыанньаҕа түбэһиэхпитин, тугу кыайа-хото туттахпытына олохпут хайдах сайдыахтааҕын тургутан көрөр үлэ мөлтөхтүк, быһыта-орута барар. Дьиҥинэ, бу сибээс сайдыбыт үйэтигэр бэйэбит специалистарбыт суох буоллахтарына  атын регионнартан даҕаны ыҥыртаан анаалыс ырытар, торум илдьиритэр кыах баар, суох буолбатах. 

- Эн санааҕар, каадыр боппуруоһа туохтан доҕолоҥнууруй?

- Каадырга естественнэй сүүмэр барбат. Күрэстэһии суох. Номенклатурнай селекция. Талааннаах, дьоҕурдаах дьон баар, ол гынан баран кинилэри былааска соччо чугаһата сатаабаттар. Каадыры иитиигэ, бэлэмнииргэ волюнтаристскай сыһыан баар. Туох эмэ санаалаах, тугу эрэ уларытар-тупсарар, аныгыны киллэрии биһирэммэт. Салайааччы хамаандата кини ирдэбилигэр эппиэттээбэт буоллаҕына – туох да кыайтарбат. Каадыры биирдэ, биир эрэ хайысхаҕа туһаныы барар. Бастакы салайааччыбыт  кэмигэр ити ордук ырылхайдык көстөрө. Бу кэмҥэ “АЛРОСА” салалтатыгар республикаҕа төрөөбүт киһи суоҕун кэриэтэ. 20 сыл тухары дьиҥнээхтик ирдэбилгэ эппиэттиир, хаачыстыбалаах каадыры үүннэрбэтибит. Ол олус хомолтолоох.

- Биири ыйытыахпын баҕарабын, Михаил Николаевка сыһыаннааҕы... Уонча сыл республиканы салайбыт кэмигэр өссө былааһы уларыта сатыыр түбэлтэ тахсыбыта дуо?

- Тахсан.

- Хаһан?

- 1994 сыллаахха. Оччолорго “АЛРОСАны” Андрей Кириллин салайбыта, Михаил Ефимович бэйэтэ олордубут киһитэ. Оччоттан баччаҕа диэри “АЛРОСА” тула элбэх сиэмэх дьон үмүөрүһэр. Кинилэр кигиилэринэн, Андрей Дмитриевыһы президент оҥоруохпут диэн төбөтүн эргитэн кэбиһэннэр, дьиҥинэн “АЛРОСАҕа” Вячеслав Штырову аҕалар сыалтан,  Николаев утары киирсиһиннэрбиттэрэ. Кириллин Дьокуускайга кэлэн кырдьык-хордьук дьону хомуйа сылдьыбыта. Ону истэн баран Николаев кинини, биллэн турар, ууратар. Ол кэмҥэ киксиилээх  дьон Штырову “АЛРОСА” салалтатыгар анньан биэрэллэр. Бүттэ.

- Штыров кэннигэр ким, ханнык күүстэр туралларый?

- Александр Матвеев.

- Урукку сенатор?

- Оннук. Кини өйүнэн, кини ыйыытынан-кэрдиитинэн сылдьара, сылдьар даҕаны.

- “Киэҥ далааһыннаах менеджербит” диэ... Халлааны сатарыппыт мэҥэ бырайыактарын Москваҕа туох дииллэр этэй?

- Салгыны сатарытыы. Уруһуй. Сир баайа хостонор, инфраструктура оҥоһуллар өскөтүн сакаасчыт баар буоллаҕына. Ол сириҥ баайа ырыынак коньюнктуратыгар эппиэттиир эрэ буоллаҕына хостуурга барыстаах. Штыров мэҥэ бырайыактарын туһунан “Эксперт” сурунаалга Зубаревич суруйан турар: “Якутские мегапроекты - шапкозакидательство” , - диэн. Геннадий Алексеев диэн кимий? Нерюнгрига улааппыт - шахтер. Хантан региональнай таһымнаах салайааччы буолуой?!

- Хайа, “Хотугу сулус” уордьаҥҥа тискибитэ эбээт.

- Хантыан (сапсыйар). Уопсайынан, Москваҕа тиийэ-тиийэ кыһалҕаны буолбакка, оччо баайбыт, итиччэ баайбыт дииллэрин олох сөбүлээбэппин. Итииник киэбириини ким да сөбүлээбэт. Хата “бу дьон олус байбыттар, онон харчыларын кыпчытыахха” диэччи элбэх. Холобур, харчы уларыйбытын кэннэ (1989 с.)  Ил Түмэн председателэ Николай Соломов тиийэн хас биирдии оскуоланы бүтэрбит оҕоҕо 100-түү тыһыынчаны биэрэбит диэн дакылааттыыр. Анарааҥҥылар соһуйаллар, кинилэр уларыйбыт харчынан 100 тыһыынчаны биэрэн эрэллэр диэн бэрэбиэркэ бөҕөтө ыыттараллар. Тиһэҕэр ол харчы бэриллэрэ тохтуур.

- Николай Соломов “олус грамотнай спикер” этэ дииллэр.

- Мин саныахпар былааска тахсарга грамотнай буолуу ирдэммэт, төһө тойоҥҥо ньылаҥныыгын да, соччонон түргэнник тахсаҕын. Соломов – истигэн спикер диир ордук оруннаах.

- Өйдөннө...

***

- Хас биирдии салайааччы норуотугар дьүөрэ диэн этии баар.

- Оннук.

- Россия ыраахтааҕыларыгар, салайааччытыгар табыллыбат, ол иһин хаалыылаах экономикалаах дииллэр.  

- Иван Грознай хаанын 90 бырыһыана татаар этэ, Романовтар кийииттэрэ Пруссия, Австрия онтон да атын  Европа дойдуларыттан хаан тардыылаахтара, Петр 1-гэ  голландец хаана элбэҕэ...

- Сталин – грузин...

- Мин саныахпар, Россия историятын сайдыытыгар Возрождение уонна Просвещение эпохата суох этэ. Ол оннугар Орда уонна крепостной тутул баара... Бэйэ национальнай өйүн-санаатын уһугуннарыы, чөлүгэр түһэрии кэмэ Россияны тумнубут буолан, ол иһин дьиҥнээх нуучча норуотун бэйэтин иһиттэн күүстээх, муударай салайааччылар иитиллэн тахсыбатахтара буолуо. Билигин православнай итэҕэли сөргүтэ, өрө тута сатыыллар. Ол гынан баран, мин санаабар, билиҥҥи православнай церковь  духуобунай сыалын-соругун ситэри толорбот, норуоттан тэйиччи сылдьар. Холобур, 2010 сыллаахха улуу суруйааччы Лев Толстой 100 сыллаах өйдөбүл күнүн бэлиэтиири утарбыта даҕаны элбэҕи этиэн сөп.

-  Украинаны, Крымы тула тахсыбыт, тахса да турар тиһэх быһылааннары сыаналааһын араас. Үөс сиргэ сылдьар киһи эн санааҕар ити хайдаҕый?

- Крым Россияҕа төннүбүтэ бэрт – экономическай, геополитическай өттүттэн көрдөххө. Ол гынан баран, Крым субъект быһыытынан Россия Федерациятыгар киирбитэ дойду иһинээҕи балаһыанньаҕа син биир бэйэтин дьайыытын киллэрэр. Экономика да өттүнэн, холобур, иһэр-туттар уутуттан саҕалаан, күннээҕи олох-дьаһах усулуобуйатын тупсарарга элбэх үп көрүллэр. Ол үп син биир ханнык эрэ программаттан, ханнык эрэ бырайыак үбүлэниэхтээҕин суотугар оҥоһуллара өйдөнөр. Итини таһынан... Крым 2,5 мөлүйүөн эрэ нэһилиэнньэлээх, онтон 200 тыһыынчата крым татаардара. Крым татаардара былыр-былыргыттан, Османскай империя саҕаттан Россияны кытары сатаспат майгылаахтар, ол майгылара хааннарыгар иҥэ сылдьар. Итини мүлүрүтэргэ элбэх дьыл-хонук, үп-харчы, өй-кыах  бараныаҕа.

***
(Салгыыта бэчээттэниэҕэ).
***
Аартык.ру

Источник: aartyk.ru
 
 
Category: Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения | Views: 2998 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Тохсунньу 2015  »
БнОпСэЧпБтСбБс
   1234
567891011
12131415161718
19202122232425
262728293031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 47
Ыалдьыттар (гостей): 47
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024