News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
Право, закон
[323]
Экономика и СЭР
[839]
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
Коррупция
[862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
Социалка, пенсия, жилье
[277]
ЖКХ, строительство
[132]
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра
[240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
Промышленность
[43]
Нефтегаз
[284]
Нац. вопрос
[284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
Дьикти. О невероятном
[183]
Выборы
[661]
Айыы үөрэҕэ
[93]
Хоһооннор
[5]
Ырыа-тойук
[23]
Ыһыах, олоҥхо
[102]
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
История, философия
[239]
Тюрки
[76]
Саха
[153]
литература
[42]
здоровье
[465]
Юмор, сатира, критика
[14]
Реклама
[7]
Спорт
[123]
В мире
[86]
Слухи
[25]
Эрнст Березкин
[88]
Моё дело
[109]
Геннадий Федоров
[11]
BingHan
[4]
Main » 2015 » Тохсунньу » 14 » 102 сыл анараа өттүгэр сахалар 1-кы мунньахтара (сийиэстэрэ) буолбут эбит
102 сыл анараа өттүгэр сахалар 1-кы мунньахтара (сийиэстэрэ) буолбут эбит
14:26
102 сыл анараа өттүгэр сахалар 1-кы мунньахтара (сийиэстэрэ) буолбут эбит
Автор: бигэ52 Ссылка на блог (80.73.85.105) 13.01.2015 (11:55) http://forum.ykt.ru/viewtopic.jsp?id=3527897&f=149
Ону билиҥҥи сахалар бэлиэтээбэккэ хаалбыппыт буолбаат?! Абатын!Старая фотография. Сто лет назад... Другая эпоха. Другие люди.
4 августа 2012 г., 12:08 1505Это фото сделано в 1912 году. Сто лет назад! Удивляет высокое качество снимка
/кликните/
Съезд инородцев Якутской Области.
Именно так назывался съезд . (Инородцами в Российской империи называлась особая категория подданых, в том числе и якуты).
Достойные люди!
На фотографии вместе с губернатором Крафтом запечатлены действительно достойнейшие люди того времени. Знаменитые купцы, богатые скотовладельцы, главы улусов, улусные писари (сто лет назад должность писаря была весьма престижна и уважаема!) - элита якутского общества того времени...
Скоро, очень скоро, рухнет Империя...
Настанет время братоубийственной войны. Позже наступит время конфискаций, раскулачивания и репрессий. Придут Чекисты Ахчагныровы.
А потом наступит забвение...
На этом снимке запечатлен мой славный предок Вонифатий Харлампьевич Слепцов (4-й слева в 3-м ряду) и его сын, а мой прадед, Григорий Вонифатьевич Слепцов (5-й справа в 4-м ряду).
Раскулачены, естественно. Но оба умерли своей смертью, т.к. не дожили до годов массовых репрессий. Хотя прадед был лишен всех прав и должности народного судьи в 1927 году.
____________________________
Вот такое фото.
Смотрят на меня сильные и мудрые люди из столетней дали...
Молча смотрят...
#О_сильных_людях
Крафт көҥүлүнэн буолбут-атырдьах ыйын 25 күнүгэр. 100-чэкэ киһи сылдьыбыт быһыылаах - бигэ52 Ссылка на блог
13.01.2015 (12:29) (80.73.85.105)
Тэрийээччилэр- 1.Корякин Дмитрий Герасимович. 2.Ксенофонтов Василий Никифорович. 3.Ларионов Кирилл Николаевич. 4. Ларионов Михаил Николаевич.5.Ларионов Михаил Прохорович.6. Лепчиков Афанасий Филиппович.7. Никифоров Василий Васильевич. 8. Павлов Иван Филиппович. 9.Петров А.(церковь ыстаарыстата) 10.Скрыбыкин Николай Николаевич. 11.Слепцов Дмитрий Иванович. 12. Старостин Егор Дмитриевич. 13. Филиппов Иннокентий Николаевич 14. Широких Алексей Дмитриевич. Дьоһуннар -биир эмэ аймаххыт бу тиһиккэ баар дуо?
Оннук, Бигэ. 1912 с. атырдьах ыйын 25 күнүттэн - балаҕан ыйын 2 күнүгэр дылы, - Куула_
13.01.2015 (13:05) (82.145.223.95)
туспа урдустар (инородческиҋ съезд) бастакы сугулааннара буолбута, Арамаанаптар ыраахтааҕылаабыттара 300 сылын көрсө.
Дьиҥинэн, ааспыт олохпут буоллаҕа... ахтыахха баара.
Силиһэ суох мас иинэр, хатар...
Куула-эҕэрдэ! Саҥа сылынан! Эн баҕар өйдүүрүҥ буолаарай?-2012 сылга туох эмэ бэлиэтээһин - бигэ52 Ссылка на блог
13.01.2015 (13:11) (80.73.85.105)
буолбута эбитэ дуу-умнууга хаалбыт тэрээһин эбитэ дуу?
дгогор - тема
13.01.2015 (13:15) (80.83.239.60)
Кюлюмнююр ыыппыта дии. Ынырыы сурук суруйбут отукатын аагарга Юксюкюлээги сорудах
Онорбут. Ону киситэ куоракка кэлэн арыгылаан тахсыбыт бэлэм дакылааты аахпатах. Кюлюмнююр насаа кэлэйбит онтон. Билигин хата Кулаковскай ол юлэ автора буолан аатыра сылдьар
илдьиттэр тиһиктэрэ- Амма улууһа- Дьячковсий Иван Никитич Рязанский Афанасий Петрович - бигэ52 Ссылка на блог
13.01.2015 (14:05) (80.73.85.105)
Боотур улууһуттан- Кулаковский Алексей Елисеевич Оросин Роман Иванович Сивцев Матвей Матвеевич Слепцов Григорий Вонифатьевич Слепцов Михаил Нестерович Слепцов Поликарп Иванович Сокольников Прокопий Нестерович Шеломов Михаил Степанович Шестаков Василий Васильевич. Уоннааҕытын киэһэ салгыаҕым. Дьоһуннар 1 эмэ аймаххытын буллугут дуо?-бу тиһиктэртэн?
Миэннэрэ бааьынай буоланнар итиннэ сылдьыбатахтар бьлх - минимила
13.01.2015 (14:11) (5.18.54.49)
Урут билэрбинэн син кыанар, уерэхтээх дьон итинниккэ кыттыьан эрдэхтэрэ.
сугулаан - тумат
13.01.2015 (14:17) (46.48.170.177)
Старый город кварталыгар саха балаҕана баар, Степная Дума диэн ааттаах,бастаан онно мустубуттар сугулаанныы,билигин Дискотека дьиэтэ.Музей оҥоруо эбиттэр, центрга турар балаган,Мэр толкуйдуура буоллар.
Мунньах - 12
13.01.2015 (14:55) (84.237.106.31)
Бүлүү уонна Олекма уокуруктарыттан кыттыыны ылбыттара дуо, Бигэ? Көрдөххө барыта куорат тулата уонна Илин эҥэрдэр ди.
Ага, оннук эбит - минимила
13.01.2015 (15:37) (5.18.54.49)
Араспаанньалар бука атыттар, биьи энэрдэри кыттыьыннарбатахтар уьуе?
... - Тайыл
13.01.2015 (16:29) (94.245.139.105)
Дьячковскай Иван Никитич - Сэhэн Боло а5ата.
1912 хаартыска. - Тайыл
13.01.2015 (16:19) (94.245.139.105)
image
... - Тайыл
13.01.2015 (16:21) (94.245.139.105)
http://dnevniki.ykt.ru/Gim-in/502673
мантан ылан уктум.
оо! Тайыл-махтал! Минимилаҕа-Үөһээ-Бүлүү этиҥ буолбаат-төрдүҥ? - бигэ52 Ссылка на блог
13.01.2015 (19:27) (80.73.85.105)
Бүлүү сүнньүттэн 3 киһи кыттыбыт курдук. Мантан киэһэаа-дьуо суруйан таһаарыаҕым-үөрэхтээхтэр кулубалар кинээстэр эҥин буолуо-таайдахха. Ыйааһыннаах дьон муһуннаҕа. Байаҕантай улууһуттан-Готовцев Иван Иванович Петров Захар Прокопьевич Харитонов Трофим Егорович. Бороҕон улууһуттан- Говоров Иннокентий Степанович Местников Гаврил Андреевич. Бүлүү уокуругуттан (сүнньүттэн-диэн өйдөбүлгэ)-Андреев Савва Емельянович Петров Иван Степанович Тимофеев Николай Иванович. Илин-Хаҥалас улууһуттан (билиҥҥитэ туох диэн ааттааҕа буолла?)-Васильев Иван Гаврилович Ларионов Михаил Николаевич Ларионов Михаил Прохорович Лепчиков Афанасий Филиппович Лепчиков Федор Прокопьевич Никифоров Гаврил Васильевич Николаев Андрей Егорович Платонов Иван Еремеевич
Бөтөрбүүргэ, ыраахтааҕыны уруйдааһыҥҥа түөрт киһини талбыттар. - Куула_
13.01.2015 (20:51) (82.145.223.95)
- П.Н. Сокольников - Боотуруускай улууһа.
- А. Е. Капитонов - Өлүөхүмэ уокуругуттан.
- Д.И. Слепцов - Мэҥэ улууһуттан.
- В.В. Никифоров - Дүпсүн улууһуттан.
Сугулааҥҥа элбэх дьоһуннаах, тыын быһаарыылары ылыммыттар. Күбүрүнээтэр И.И. Крафт быһаччы кыттыбыт.
Дьиҥинэн, итини кэриэстээн мэтээл да оҥоһуллуохтаах этэ. Манна бэлэх көмүс чаһыытын айдаана...
Куттал буоллаҕа...
Москуба Дууматын бэлиэтээбитэ ээ...
оннук! Куула президеммиттэн кыбыстан аҕай сылдьабын-итинник сүдү - бигэ52 Ссылка на блог
13.01.2015 (21:29) (80.73.85.105)
тэрээһиннэр бэлиэтэммэт буолбуттара сааттаах даҕаны. Хайыахпытый?-куттанарбыт бэрт буоллаҕа-ээх хоту сылдьар президентэн тугу булан ылаары кэтэстэхпитий да?!
Дьэ саарбахтыыбын - Тиргэ
13.01.2015 (22:58) (80.83.238.105)
Билиҥҥи эдьиинэй курдук былааска күөнэхтээбит кулубалар ыраахтаа5ы үбүлүөйүгэр ким барарын быһаарса мустубуттара туох суолталааҕар бэлиэтээтэхпит үһү. Ол оннугар Степной дуума тэриллибитин бэлиэтиэххэ сөп этэ. Бастакы сахалар самоуправлениелара быдан суолталаах этэ, саатар бастакы сахалар ылыммыт сокуоннарын биир эмэ үөрэхтээхпит манна таһаарбат.
салгыыта-Дүпсүн улууһуттан- Афанасьев Петр Алексеевич Гуляев Дмитрий Михайлович. - бигэ52 Ссылка на блог
13.01.2015 (21:47) (80.73.85.105)
Арҕаа-Хаҥалас улууһа (билиҥҥитинэн хайа улуус эбитэ буолла?)-Иванов Петр Степанович Кириллов Геннадий Иванович Кснефонтов Василий Никифорович Пудов-Петров Николай Ипполитович Скрыбыкин Николай Николаевич Шадрин Иван Петрович. Мэҥэ улууһуттан- Борисов Егор Михайлович Романов Михаил Иванович Слепцов Дмитрий Иванович. Нам улууһуттан- Попов Иван Николаевич Слепцов Афанасий Спиридонович Харитонов Василий Федорович. Өлүөхүмэ улууһуттан-Дягилев Тихон Иванович Капитонов Андриан Егорович Корнилов Петр Прокопьевич Кылахов Николай Николаевич. Дьоһуннар 1 эмэ аймаххыт баар дуо?
Ураанхай сахалар - Буурга
14.01.2015 (01:41) (185.26.180.54)
Убайым Бигэ учугэй кэпсэтиини таьаарбыккын, кырдьык бу Саха омуга киэн туттар дьоьун дьонун бэлиэтээн ааьыахха баар этэ.
Бу дьонун бастатан туран Саха омук инники сайдар кэскилин толкуйдаабыт онорсубут да буолуохтарын соп онон биьи эдэр колуонэ дьон маннык дьоммутун оро тутан дьонно сэргэгэ сырдатыы улэтин ыытыахпытын курдук эбит.
Ураанхай сахалар - Буурга
14.01.2015 (01:41) (185.26.180.54)
Убайым Бигэ учугэй кэпсэтиини таьаарбыккын, кырдьык бу Саха омуга киэн туттар дьоьун дьонун бэлиэтээн ааьыахха баар этэ.
Бу дьонун бастатан туран Саха омук инники сайдар кэскилин толкуйдаабыт онорсубут да буолуохтарын соп онон биьи эдэр колуонэ дьон маннык дьоммутун оро тутан дьонно сэргэгэ сырдатыы улэтин ыытыахпытын курдук эбит.
маны хантан ыллын? - DearDear
14.01.2015 (02:09) (82.145.222.217)
сиьилии аагаары.
биьи илдархаммыт ону билбэтэ да буолуо, путин быыбарын сыла эбит ди, онно бокуойа суох суурэ сырыттага ди эмиэ рабочай агитациятынан
. - Быйанг
14.01.2015 (04:14) (82.145.210.158)
Анбастакы диэн алҕас ини¿
Степная Дума – 183Х (хас эрэ) сыллааха, сахалар өр кэм туруорсан баран бэйэлэ бас билэр Государственнай парламеннаммыттара. Бу кэнниттэн Россия иһнэн бэйэлэрин бэйэлэрэ быһаарынар кыахтаммыттара. Степная дума тэрилиэн иннинэ өр кэм туруорса стаабыттара, Петербурга баар Ыраахтааҕы государственнай палатата, кочевой омуктарга Бэйэлэрин-бэйэлэрэ көрүнэр кыах бирэрбэппит, кочевой народтар бэйлэрин сирдэрэ суох - диэн мотивациялыыр этилэр. Ооччотоҕу Росия туһунан анал докумуннарыгар оннук сурулла сылдьар этэ. Саха интелегенцията өр кэмнэр устатыгар, - Биһиги кочевой дьоннор буолбатахпын - диэн Питербурга тиийэн докаастыы сатыыллларын олох ылыммат этилэр. Онтон Мигалкин диэн киһ элбэх интилегентнай командатын кытта, элбэх үлэ туруорсан, сахалар кочевой буолбатахтарын туһунан документ бирбэтэхтэринэ Кочевая дума - диэн параламент тэриннэттэрбиттэрэ.
Саамай биллэллэриттэн, уонна историяҕа хаалбыттарыттан Халастан төрүттээх Сыраанов диэн киһи депутатынан талыллан Питербуга үлэлии барбыта, Уонна сахалар тустарыгар баһаам үлэ ыппытарын туһунан докумуон бөҕөтө баар.
Конгресс Народа Саха диэн наада дуу, суох дуу? - meic Ссылка на блог
14.01.2015 (04:30) (46.48.185.128)
Ким да наадыйбат. Ити сомо5ото суохпут биир биричиинэтэ буолар.
Мин саныахпар, хата бу маны эдэр киһи Эрнс Березкин сөргүтүөн сеп этэ. Бигэ, итиннэ үлэ ыытара ордук буолуо этэ, сыыйа политическай опыт да ыларыгар, рейтина үрдүүрүгэр туhалаах буолуо.
Билэрбит курдук, Саха Конгреhын единоросс Егор Жирков ыhан турар.
Ыаллыы бүрээттэрбитигэр "Конгресс Бурятского Народа", чеченнарга "Всемирный Конгресс Чеченского Народа", татардарга "Всемирный Конгресс Татарского Народа" (өссө эбии Курултайдаахтар курдук)... бэркэ диэн үлэлии тураллар.
"Түмэн Народа Саха" (эбэтэр атыннык) - диэн саҥалыы ааттаан тэрийэр ордук буолуо дуу? - единоростар илиилэригэр киирбит Конгреhы былдьаан ылар, путинныы эттэххэ "отжимнаан ылар", ыарахан буолуо.
. - Быйанг
14.01.2015 (04:37) (82.145.210.158)
Эмиэ биир портянкабын сютэрэн кээстим. Соторотааҕыта биир бырыстыынабын сүтэрэн кээспитим, кыыһыран туран баран хаалан баран, сотору соҕус буолан баран суруйбутум, сервер дуу, клавам дуу глюктаан, эмиэ сүтэрэн кээстим
Кыһылаах баҕайы дии¿ суруй да суруй онтун сүтэн хаалар. Бу суруйар түннүктэрэ кыратын саатар.
. - Быйанг
14.01.2015 (04:31) (82.145.210.158)
Манна баар хаартыскалары көрүҥ
http://iltumen.ru/node/577
http://iltumen.ru/node/8
http://iltumen.ru/node/8
Буурҕа, DearDear, Мэйик өйөөбүккүтүгэр махтал. Биһиги аҕыйах ахсааннаах сахалар мэлдьи наар - бигэ52 Ссылка на блог
14.01.2015 (08:35) (80.73.85.105)
сүбэлэһэ өйөһө өйдөһө сылдьарбыт бэрт этэ. Бээһээ Ухханныын кэпсэппитим-КЫЫМҥа эҥин суруй-диир. Туруорсар туруорсуум диэн-олунньу 13 күнүн эҥэр киин куоракка мустан көрсүһүү тэрийиэххэ баар этэ-диэн. Кыһалҕа бөҕөтө мунньуллан турар-бэйэ-бэйэни өйдөспөт буолуу-эҥин. Мэйик сөпкө этэр-Саха дьонун Конгреһа үлэлээбэт-диэн. Биллэн турар Жирков итиннэ сахалар иннилэригэр буруйдаах. Биһиги киниэхэ эрэннэхпит итэҕэйдэхпит-ону дьон итэҕэлин эрэлин толорбото. Ол иһин өскөтө тойоттор хотуттар сатаан тэрийбэт саха аймаҕы сомоҕолообот буоллахтарына алларааттан да дьон бэйэтэ тэриниэн мустуон сөп-диэн санаанан салайтаран мустууну сомоҕолооһуну саҕалыахха сөп этэ. Холонон көрүөххэ. Сатаатар 1-кы хардыылары оҥоруохха. 2015 сыл олунньу 13 күнүгэр киин куоракка Ийэ Тыл күннэригэр Саха Сирин 35 улууһуттан саха бөҕөтө мустуо-ону туһаныаҕыҥ-араас тэрээһиннэри дьүүллэһиилэри тэрийиэҕиҥ!!
эйиэхэ махтал - DearDear
14.01.2015 (12:22) (82.145.222.243)
мин санаабар эдэр ыччакка чугас сиргэ суруйуохха наада. биир бэйэм КЫЫМы аахпаппын, этэргэ дылы 'взрыв мозга', ол бу тылы сахатытан харагым тостуох буолар. билигин ыччакка сахабын диэн киэн туттуу киирэн эрэр, улахан ейдебулэ да суох, урдунэн да буоллун, ол киэн туттуу орунун-причинатын кыралаан тебелеругэр киллэрэн иьиэххэ наада. оччого итирэн баран мин сахабын дии дии орулуулларынаагар атын норуот дьонугар я саха диэн киэн туттан туран илии тутуьаллара элбиэ этэ
сөбүлэһэбин-ол иһин Кэпсээлэргэ эмиэ маннык ааттаах кэпсэтиини - бигэ52 Ссылка на блог
14.01.2015 (14:21) (80.73.85.105)
таһаарбытым. Уонна кинилэри кытта өрүү мэлдьи итинник майгыннаах кэпсэтэрим буолуо-диэн санаалаахпын.
. - Быйанг
14.01.2015 (13:51) (82.145.208.197)
Тойоторбут үлэлиир миэстэлэрин сүтэриэхпит, үрдүх хамнастаах матыахпыт - диэн куттана сылдьар дьоннор.
оннук-Быйаҥ-сөпкө этэҕин. - бигэ52 Ссылка на блог
14.01.2015 (14:18) (80.73.85.105)
DearDear-га 1996 сыллаахха С.И. Ковлеков диэн ааттаах киһи кинигэ таһаарбыт этэ- - бигэ52 Ссылка на блог
14.01.2015 (08:43) (80.73.85.105)
В.В. Никифоров и съезд якутов 1912 года диэн. АН РС(Я) Институт Гуманитарных наук иһинэн. Тахсыбыт ахсаана-1000 эбит
саамай учугэйэ биир да дьахтар СУОХ ... - прош
14.01.2015 (14:21) (213.129.52.179)
сов.былаас сыыһата иннэ сытар равенство полов ...билинни былаас тыһытыйыы былааһа барыта дьахтар суруйбут проегынан(проект) ..уоруу бозото...
оннук!-хайа да омук инники күөнүгэр эр дьон турар буоллаҕа! - бигэ52 Ссылка на блог pager
14.01.2015 (14:23) (80.73.85.105)
Category: История, философия |
Views: 1920 |
Added by: uhhan1
Ааҕыылар
Баар бары (online): 38
Ыалдьыттар (гостей): 38
Кыттааччылар (пользователей): 0