Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2015 » Тохсунньу » 16 » Саха уһулуччулаах фольклориһа умнуллуо суохтаах
Саха уһулуччулаах фольклориһа умнуллуо суохтаах
16:20
Саха уһулуччулаах фольклориһа умнуллуо суохтаах


ИА SakhaLife
Саха уһулуччулаах фольклориһа, кыраайы үөрэтээччитэ Иван Георгиевич БЕРЕЗКИН тохсунньу 17 күнүгэр 100 сааһын томточчу туолар.
 
 
Кини 1915 с. Дүпсүн улууһугар I Өспөх нэһилиэгэр дьадаҥы саха дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтэ. Үөрэҕэр үчүгэй уол учуутал идэтин талбыта. Уус Алдан, Нам оройуоннарыгар 16 сыл устата биологияны, ботаниканы, химияны үөрэппитэ. Оскуолаҕа үлэлиир кэмигэр кыраайы үөрэтиинэн утумнаахтык дьарыктаммыта, саха омук былыргытын 1940-үс сылларга Дүпсүн оскуолатын үөрэнээччилэрин экспедицияларын тэрийэн, фольклор уонна этнография матырыйаалларын хомуйбута. 1945 с. ХVII үйэҕэ олоро сылдьыбыт саха бухатыырын Суор Бугдук уҥуоҕун хаспыта, үөрэппитэ. Ити сылларга Баһылай Манчаары туһунан былыргы кэпсээннэри, номохтору хомуйбута, кэлин 1972 с. “Манчаары норуот номоҕор” диэн бэртээхэй кинигэни суруйан бэчээттэппитэ.
 
 
1953 с. И.Г. Березкин олоҕун тосту уларыппыта – учуутал үлэтиттэн уурайан Саха сиринээҕи кыраайы үөрэтэр республиканскай музейга үлэлии киирбитэ, революция иннинээҕи кэми көрдөрөр отдел сэбиэдиссэйинэн үтүө суобастаахтык өр үлэлээбитэ. Кини быһаччы салалтатынан 1953, 1958, 1972, 1982 сылларга бу отдел экспозициятын саҥардан, толорон оҥорбуттара. 1955 с. музей научнай ыстатыйаларын бастакы хомуурунньугар  Иван Георгиевич бэлэмнээбит былыргы кэпсээннэрэ киирбиттэрэ. Мантан ыла кини фольклорист быһыытынан биллэн барбыта. Ол курдук Г.У. Эргис “Исторические предания якутов” диэн бөдөҥ үлэтигэр 6 суруйуута киирбитэ. 1968-1970 сс. ССРС НА Сибиирдээҕи салаатын Саха сиринээҕи филиалын фольклору хомуйар экспедициятыгар кыттан хомуйбут баай матырыйаала архивтарга харалла сытар. Кини фольклорист быһыытынан чыпчаал ситиһиитэ “Манчаары норуот номоҕор” диэн бөдөҥ үлэтэ буолар. Иван Георгиевич Манчаары Баһылай туһунан сэһэннэри, номохтору, архив докумуоннарын булан, үөрэтэн, үйэлэргэ умнуллубат бэртээхэй бэлэҕи төрөөбүт норуотугар хаалларбыта. Бу научнай өртүнэн үрдүк таһымнааҕын үгүс бөдөҥ учуонайдар бэлиэтээбиттэрэ. Ити кэмҥэ Манчаары аатын Василий Федорович Слободчиков диэн суруйаллара. Абаҕата Чоочо баай эмиэ итинник ааттааҕа, онон Манчаары хаан-аймах, сиэнэ (родной племянник) буоларынан эмиэ Слободчиков буолуохтаах диэн өйдөбүл баара. Иван Георгиевич Манчаары абаҕатыттан эрдэ сүрэхтэммитин, Чоочо 1818 с. сүрэхтэммитин булан, докумуоннарга олоҕуран – Манчаары толору аата Василий Федоров-Манчаары буоларын дакаастааабыта (оччолорго нуучаларга, Россияҕа киһи аата 3 ааттан турбат этэ, араспаанньа диэн дөксө үөскүү илигэ). 5 сыл буолан баран аны “Өбүгэлэрбит уонна үөлээннээхтэрбит суолларынан” – диэн бэртээхэй кинигэни бэчээттээбитэ. Кинигэ олус улахан ситиһиилэммитэ, онон нууччалыы тылбаастаан “По следам наших предков и современников” – диэн кинигэни 1987 с. күн сирин көрдөрбүтэ. Бу кэннэ аны “Сайсары күөлэ уонна Сайсары булгунньаҕа” диэн эмиэ ааҕааччылары, кыраайы үөрэтээччилэри улаханнык биһирэппит кинигэтэ тахсыбыта. Онон Иван Георгиевич Саха сирин былыргытын, былыргы сэһэннэри, номохтору билиҥҥи ааҕааччыларга тиэрдибит улахан өҥөлөөх киһи буолар. Кини саха улуу фольклористарын Сэһэн Боло, А.А. Саввин, Г.У. Эргис, И.Д. Новгородов уо.д.а. үлэлэрин, үтүө үгэстэрин салгыы сайыннарбыта. Мин Иван Георгиевыһы баттаспытым, 1976 с. музейга директордыы кэлэрбэр музейга үлэлиир этэ. Онон элбэхтик алтыспыт, үчүгэйдик билэр ытыктыыр Кырдьаҕаһым буолар. Бу үүммүт дьылга Иван Георгиевич 100 сааһыгар анаммыт дьаһаллар биһиги музейбытыгар тохсунньу 23 күнүгэр, дойдутугар Уус-Алдан Дүпсүнүгэр буолуохтара.
 
 
Ааспыт сайын “Эркээни, Туймаада, Эҥсиэли – Өлүөнэ Эбэбит Улуу хочолоро” (“Великие долины Матушки Лены – Эркээни, Туймаада и Энсели”) диэн И.Г. Березкин суруйууларын икки тылынан – сахалыы, нууччалыы туспа кинигэ (брошюра) оҥорон бэчээттэппиппит, музейбыт киоскатыгар босхону эрэ үрдүнэн сыанаҕа атыыланар. Бу олус туһалаах кинигэни – Туймаада, Эркээни, Эҥсиэли тустарынан бэртээхэй сэһэннэри саха дьоно атыылаһан, ааҕан туһаныа этилэр.  
 
 
Норуотугар үтүө суобастаахтык сулууспалаабыт, үтүөнү оҥорбут Киһи умнуллуо суохтаах.
 
 
Егор ШИШИГИН, Ем. Ярославскай аатынан Хотугу норуоттар историяларын уонна культураларын холбоһуктаах Саха государственнай музейын директора, Россия музейдарын Союһун Президиумун чилиэнэ, историческай наука кандидата, доцент.
 
Category: История, философия | Views: 1337 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Тохсунньу 2015  »
БнОпСэЧпБтСбБс
   1234
567891011
12131415161718
19202122232425
262728293031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 45
Ыалдьыттар (гостей): 45
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024