бигэ52 — Президеммит бэчээт туйгуна буолбут. Элбэҕи суруйара буолуо. Арааһа сотору Брежнев курдук түөһэ барыта мэтээл буолара буолуо.
Нохоо — Албыннаһан эрдэхтэрэ. Таах да бэчээт туйгуна буолуон сөп. Кини сырайа элбэхтэ тахсар батта.
Ылдьыыс — Ил Дархан чулуу федерация салайааччыта — Ил Дархан бэчээт туйгуна. Ол гынан норуотун биһирэбилэ бу буоллаҕа дии. Сүрүн сыанабыл.
Нохоо — Борисов бэчээккэ туох сыһыаннаах буолан ол туйгуннанна? Мантан көстөр, Ил Дархан таларга бу бэчээт диэн дойду ким туһугар үлэлээбитэ. Бэчээт диэн көҥүл буолуохтаах! Дархан эрэ ким эрэ, онно сирэй салыа суохтаах!
Meic — Президент Россияҕа билигин биир курдук — ол Путин буолар. Егор Афанасьевич Борисов Ил Дархан диэн буолар. Буккуйумаҥ!
Куула_ — Мин санаабар, эмиэ мөкү быһыы тахсыбыт. Тохтотор кыахтааҕа, тохтоппотох. Түҥүрэ «махтаннаҕа»…
Чуолаан, итиннэ үлэлиир дьоҥҥо соччото суох… Үлэ — чопчу хайҕаныахтаах, чорботуллуохтаах этэ. Ити эйгэҕэ үлэлиир дьоҥҥо анаммыт бэлиэ дии саныырым.
Donat — Хаһан эрэ Саха Республиката эрдэхпитинэ Президеннээх этибит… БЕА кэлэн Президент солотун суох гыммыта, Ил Дарханнаан бүппүтэ, көннөрү кулуба буолан олорор…
Бигэ52 — Кулуба да диэн глава буоллаҕа, былыргы кулубаларга тиийээхтээбэт.
Meic — Бу дьон БЕА онорбутун, үлэлээбитин 1000 быраhыанын да оҥорбокко сылдьан итинник үөҕэргитин кыайан өйүм хоппот. Аан бастаан дьыалата оҥоруҥ, оҥоро сатаан…Таах мээнэ айдаар да айдаар…
Миигин Борисовы кемүскүүр, ол-бу кини киhитэ энин диигит да мин киниэхэ тугунан да чугас киhи буолбатахпын, бэйэтин да биирдэ эрэ чугас соҕустук көрбүттээхпин. Ол уончака сыллааҕыта этэ.
Егор Борисов республикабытыгар стабильнаhы хааччыйар, республика сайдыытын хааччыйар, дьон үлэтин, олоҕун-дьаһаҕын хааччыйар… Мин көрдөхпүнэ кини эбээhинэhин олус үчүгэйдик толорор.
Donat — Барыыһап норуот утарбытын үрдүнэн былааска тахсан саханы хайыппыта ыраатта…
Ылдьыыс — Маннык бэлиэтии сатыыр тойотторо кини рейтинин лаппа түһэрэллэр. Норуот айаҕар соруйан угуу курдук көрөбүн.
Могул — Кырдьык, БЕА тугу суруйбут, хайаабыт буолан ол БЭЧЭЭТ ТУЙГУНА буолар? Бастаан ыйыппыт буолуохтаахтар эбэтэр бэйэтэ дьаһайбыт буолуохтаах. Оо, кэм буолан иһиэхпит.
Сотору кэминэн үөрэҕирии туйгуна буолара дуу?
БЕА сатаан суруйбат — Кини бюджеттан биир миллиартан ордугу бэчээккэ биэрэн олорор. Сыала бэчээтинэн телевизорынан, араадьыйанан, хаһыатынан норуоту зомбилаан бэйэтин арбатарга диэн. Бэчээт тойотторунан олоччу аймахтарын анаан олорор. Аймахтара туруорустахтара дии. Онно киһи соьуйара суох. БЕА СР норуоттарын өрө көтөҕөр, Арассыыйаны өрө көтөҕөргө үлэлиир диэн ити зомбиламмыт дар акаарылар саныыллар. Саныахтара дуо, дьону буккуйаллар.
БЕА республика бас билиитин олоччу атыылаан, бэлэхтээн, торуойдаан балачча байда. Дар акаары сахалар республикаларын тойонноро дириҥ иэскэ киллэрбитин өйдөөн да көрбөккө олороллор.
Бука бары бэчээтинэн зомбируйданан, оннооҕор уорбут киһи уордун дии-дии куоластыы турар буоллахтара дии.
Могул – Оо, дьэ, аат-суол, кураанах да буоллар, сахаҕа күндү буолаахтаатаҕа. Аймахтара буоллаҕына, саба күргүйдэтэлээн да кээһиэ эбит.
Donat — Егор Афанасьевич Саха Республикатын Президенин солотун тохтоппута… Саха Республикатын Конституциятын пууннарын турууласпатаҕа, республика активтара туора субъектарга атыыга бардылар, ону хайа саха киһитэ сөбүлүөй, мэйик. Баардаах олорон көрбүтүнэн ытыс соттор кыһыы буолбатах дуо?
Илинаартык — Республика бастакы сирэйэ бэчээт туйгуна буолбута хайдах киэҥ эйгэҕэ биллибэтий, сигэтэ ханна баарый,билэр дьон киллэриэххит дуо?
Бигэ52 — Биһиги президеммит Саха сирин салалтатын арбыыр туһугар үлэлиир хаһыаттарга, телекөстүүгэ, араадьыйаҕа 1 млрд.кэриҥэ хаччыны биэрэрин бары билэбит истибиппит. Оччолоох быйаҥҥа тиксибит дьон буолумуна — кыра мэтээл аайы кэччэйэ олоруохтара дуо? Бэйэлэрэ сүүрэн-көтөн, айан суруйаллара баараа — бэлэми хайҕаамына, суруйумуна? Көҥүл ыытар киһи көрүллүө этэ хайдах хаччыны булалларын? Тэҥэ суох сыһыан –Туймаадаҕа, КЫЫМ-ҥа сыһыаран эттэххэ. Былырыын Правительство үлэтин отчуотугар ити 2 үөһэ ааттаммыт хаһыаттары эбиитин күлүү гынан, араҕас хаһыаттар диэтэхтэрэ үһү! Дьоннорун сэнииллэрэ сүрдээх этэ. Көҥүл санаалаах дьон Туймааданы, КЫЫМ-ы ааҕар эбээт! Кинилэр Якутияларын, Сахаларын Сирин тахсан киирэр сиргэ эрэ ааҕаллар ини!
Meic — Кыым ити миллиардкыттан тиксэ олорор. Саха Сирэ профессионально суруйар. Инет изданиелары да тэҥнээн көрүҥ: Сахалайф үксүн сурахха олоҕурар уонна ЯСИА сонунун перепечаткалыыр, атыттар да оннук. Сахалайф, Туймаада… курдук изданиелар республиканы барытын кыайан хабар кыахтара суох, куорат иhигэр туох буолбутун да кыайан кэтээн көрбөттөр. Ол иhин перепечатканан дьарыгыраллар. Ити син биир нахаляву миллиардка тиксибит кэриэтэ буоллаҕа.
Амыдай — Сигэниини кистээн баран куолулуурбутунан быстарбыт дьоммут. Бу курдук буолуохтаах этэ, аан маҥнай http://sakhalife.ru/node/88268
Быһа тардан биэрдэххэ, холобур бу курдук.
Цитата:
А пока, журналисты независимых СМИ, подхихикивая над премиями от власти, гордятся собственными успехами.
Все это не ново, в нашей профессии всем известно, расстановка сил давно сложилась. Так к чему такой надрыв, удивится читатель? А то, что последней каплей стало отвратительное прогибание Департамента по делам печати и телерадиовещания перед Ил Дарханом. 15 января глава республики встретился с редакторами госСМИ. Неожиданно для себя, Егор БОРИСОВ стал «Отличником печати», сообщает ЯСИА.
Департамент по делам печати и телерадиовещания биэрэр бэлиэтэ. Балаһыанньата бу курдук.
Цитата:
1.Нагрудным знаком «Отличник печати Республики Саха (Якутия)» награждаются работники издательско-полиграфических учреждений, организаций и предприятий, редакций газет и журналов, типографий Республики Саха (Якутия), проработавшие в этих учреждениях не менее 20 лет, за достигнутые успехи:
http://sakha.gov.ru/node/7017
Ким сыыһатай? Биллэн турар, департамент киэнэ. Сыыһа да буолбатах, киһи сирэйэ кытарыах дьыалата.
Хардааччы — Тугу эмиэ ордугурҕаан бардыгыт? Саха саханы өйүөхтээх. Саха Ил Дархана тугу да гыннын — барытын өйүөх, биһириэх тустааххыт. Сахалар бэйэбит баһылыкпытын бэйэбит сууллара сатыы, хоруотуур аакка сырыттахпытына, атын омуктар да ытыктыахтара суоҕа. Тоҕо эрэ нууччаҕа саба түспэккит дии. Булан-булан саха Ил Дарханыгар тиискит хоторо, хорсуҥҥут киирэрэ кини эрэ буоллаҕа…
Kydai — БЕА уһун кэм кэрдииһинэн буолбакка билиҥҥини эрэ, биир күннээҕинэн диэн санаалаахпын кини политикатын туһунан.
http://forum.ykt.ru/viewtopic.jsp?id=3532578&f=149