Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2015 » Тохсунньу » 28 » Жена Сиэйэ Уола Акулина Иванова: "Я буду бороться до последнего и вытащу мужа из тюрьмы"
Жена Сиэйэ Уола Акулина Иванова: "Я буду бороться до последнего и вытащу мужа из тюрьмы"
20:34

Жена Сиэйэ Уола Акулина Иванова: "Я буду бороться до последнего и вытащу мужа из тюрьмы"
Үрдүкү үрдүкү курдук эргичиҥнээбэт ини

28 Январь, 2015 в 3:41
1397825839_viktor-ivanov-sieye-uola
Кыһарыйбыт курдук Саҥа дьыл иннинэ аҕай куорат суута саха эстрадатын биллиилээх ырыаһытын Сиэйэ Уолун тоҕус сыл кытаанах эрэсиимннээх хаайыыга бириигэбэрдээтэ. Бу алдьархайдаах сурах Саха сирин үрдүнэн тарҕаан дьон бөҕөтүн аймаата. Олус да суостаах ыар бириигэбэр. Репрессия сылларын санаатым. Норуот өстөөҕүн курдук.

Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан Анджела Девиһи хаайбыттарын истэрбит. Оччолорго биһиги дьоллоох Сэбиэскэй Сойууска олорорбут. Биһиги сокуоммут үчүгэй, кырдьыктаах. Эмиэрикэ сокуона куһаҕан, сымыйа дии саныырбыт. Билигин көрдөхпүнэ биһиги да сокуоммут иэччэхтээх, эриэхэбэйдээх, кырдьыгы арыйа сатаабат батталлаах, баһыылаах. Баар эрэ сууппут үөһээттэн ким эрэ эттэҕинэ буруйа да суох киһи хаайыллар. Ол Афанасий Максимов суутугар да көстөр. Тугуй бу? 1937 сылбыт эргийэн эрэр дуу? Биһиги сокуоммут наада буоллаҕына иэччэхтэнэр ээ, иэччэхтэнэр.

Манна холуйдахха, бэл диэтэр, ыраахтааҕы суута быдан сымнаһыар эбит. Революционерка Вера Засулич Санкт-Петербург полициятын градоначальнигын граф Треповы ытан бааһырдыбытын сэтээтэллэрдээх судьуйа Вера Засулич буруйа суох эбит диэн холуобунай дьыалаттан босхолоон кэбиспитэ үһү.

Уон тохсус үйэ иккис аҥаарыгар ыраахтааҕы өрө туруунан өргөстөммүт оробуочай Петр Алексеевы Саха сиригэр Тааттаҕа сыылкаҕа ыытар. Бу киһи кэлэн дьоннор ойохторун аҥаар-кырыы күүһүлүү сылдьыбыт. Бөдөҥө-садаҥа, көрсүбүтүн тута өтөрү-батары түһүөхтүүр үллэҥэлээбитэ дьэ дьикти сүрдээх үһү. Таатта баайдара маны тулуйбакка сүбэлэһэн баран Алексеевы өлөрөн кэбиһэллэр. Биһиги ол ньүдьү балай киһи аатынан уулуссалаахпыт. Бу “үтүө быһыы” биһиги дьиҥнээх холуонньаҕа олорорбутун көрдөрөр.

Сүүрбэһис үйэ саҥатыгар Кавказ боевига, бааннары халааччы Кобаны ыраахтааҕы былааһа быччаччы тутан сууттаан үстэ түүнүктээх түрмэҕэ бырахпыта. Алтата көннөрүннүн, диэн силлиэлээх Сибииргэ сыылкаҕа ыыппыта. Уоһук обургу олортон хайаан да күрээн иһэрэ эбитэ үһү. Ол кэмҥэ сыылкаҕа түбэспит киһи үс бастакы ыйыгар ханна тиийэр да босхо аһыыр, олорор эбит. Эбиитин сыылкатын кэмигэр ый ахсын 40 солкуобайы хааһынаттан саалабанньа ылар. Оччолорго биир ынах сыаната 8 солкуобай. Дьэ, бу хайдаҕый? Билигин биир ынах сыаната 50 000 солкуобай буоллаҕына, 250 000 солкуобай саалабанньалаах буолар дуу? Оттон биһиги үрдүк хамнастаахтар диэн ордугургуур депутаттарбыт 180 000 солкуобайы ыйга ылаллар.

1907 сыллаахха Сталин салайар бөлөҕө Тифлиси куорат хааһынатын харчылаах транспорын халаан оччоттооҕу харчынан 250 000 солкуобайы ылан (билиҥҥи харчынан ааҕыҥ эрэ) РСДРП туһатыгар биэрбиттэр. Оччотооҕута Кобаны тоҕус сыл болдьохтоон кыайан куоппат кытаанах эрэсиимнээх хаайыыга бириигэбэрдээн хам хатарбыттара буоллар “Сталин — үрүҥ күн сырдыга”, диэн ырыаны биһиги ыллыа суох этибит. Николай второй ыраахтааҕы буруйу оҥорбут киһини киһилии сиэринэн ытыгылыыр, сыаналыыр, үтүө быһыылаах эбит. Ол да иһин боевик Сталиҥҥа сымнаҕастык сыһыаннаһан биһиги дьолбутугар кинини тыыннаах хааллардаҕа.

Оттон биһиги сууппут хайдаҕый?!

Дьокуускай куорат суута дьиҥнээх буолбуту билиммэккэ аҥаардастыы эмсэҕэлээбит өрүт туһатыгар үлэлээтэ. Үс сылы быһа Бииктэр Иванов кэргэнин Сергей Мөкүрдээнэп көссүү оҥостон ыал олоҕун алдьатан Ивановтары атаҕастаабыта аахсыллыбата. Хата ол оннугар суукка кини ойуччу чээкэ оҕо буолла. Судьуйа хаһан эбиэттиири киниттэн эрэ ыйытан аныыр. Чээкэ оҕону ким да хаартыскаҕа түһэриэ суохтаах үһү. Түһэрээри гыннылар эрэ судьуйа: “Суут саалатыттан таҕыс” диэн иһэр. Оттон Сиэйэ Уолун уонна кини дьоннорун хаартыскаҕа түһэрэллэрэ төһө баҕарар көҥүл. Ситинтэн салгыы аны суукка кэриспэндиэннэр сылдьаллара бобуллубута.

Дьэ, ити үс сылы быһа сүүрэ сылдьан көссүүлэһэн күннээбит Мөкүрдээнэп суукка кэлэн: “Мин Лина Иванованы олох билбэт киһим»,—диэн кубарыччы мэлдьэһэн кэбиспитин туоһулар этэ туралларын үрдүнэн тумуулаан муннун ыраастанарыттан соло булбат судьуйабыт Мөкүрдээнэп этиитин ылынна.
Мантан да атын түгэннэргэ борокуруор да, судьуйа да эмсэҕэлээччилэр эрэ интэриэстэрин наар көмүскээн таҕыстылар. Манан судьуйа да, борокуруор да сиэргэ баппат мөлтөх өрүттэрин көрдөрдүлэр.

Бил баһыттан сытыйарын курдук биһиги сууппут сытыйбытын көрдөрөр. Ханнык баҕарар судаарыстыба салалтата бигэ кырдьыктаах сокуоннаах, сууттаах эрэ буоллаҕына кини норуотугар аптарытыаттаах уонна күүстээх буолар. Маны республикабыт уонна РФ салалтата туох дииллэрий? Мөкүрдээнэп ыал олоҕун аан бастакынан содурдук алдьаппыта дьыалаҕа тиһиллэ сылдьар. Мантан да атын буруйдара, сокуону кэһиилэрэ суут болҕомтотугар киирбэтэ. Сымыйа суут буолла. Тоҕо? Тоҕус төгүл тоҕолоотохпутуна да кырдьыкпыт тахсара уустугурбут. “Ыппыт да, ыппыт!”, — дииллэр. Биричиинэтэ тугуй? “Зри в корень”, —диэн Кузьма Прутков эппиттээҕэ. Төрдүн, туохтан буолбутун көрүөҕүҥ. Ол тоҕо эрэ көстүбэт. Биһиги сокуоммут төрдүттэн оҥоһуллуута хайдах эрэ, хайдах эрэ?! Быһылаан туохтан саҕаламмытын суут ылыммат. Чопчу туох буолбутун ону эрэ дьүүллүүр.

Мөкүрдээнэп хаһыакка аан бастаан бэчээттэммит өрө көрөн түспүт хаартыскатыттан кини хайдах майгылааҕын психологтар эндэппэккэ билбит буолуохтаахтар. Акулинаны ынаҕы ылбыт оҕус курдук үс сыл арахпакка эккирэтэ сылдьан атаҕастаабыта, бэйэтин таҕылын эрэ тарҕатар бэйэмсэҕэ, Бииктэри сымнаҕаһын, сиэрдээҕин иһин сэнээбитэ, киһилии кэпсэппэтэҕэ, бэл суут кэнниттэн бу аҥаар атахтаах инбэлиит киһибит сирэйгэ биэрбитэ кини майгыта-сигилитэ, сиэрэ-туома чахчы мөлтөҕүн көрдөрөр.

Чэ, ити курдук сууппут үлэһиттэрэ кэлтэйдии аһара көтүмэхтик Мөкүрдээнэп эрэ туһатыгар үлэлээн таҕыстылар. Мин юрист да, эксперт да буолбатах киһи өйдөөтөхпүнэ, бу тоҕо, туохтан норуот тапталлаах ырыаһыта хантан да көмүскэлэ суох тулаайах буолбут буруйугар кэлтэйдии буруйдааһыҥҥа түбэстэ? Айдаан төрдүн бэйэтин содур быһыытынан тоҕу тардыбыт Сергей Мөкүрдээнэп бу суукка аҥаардас көмүскэлгэ эрэ сырытта. Судьуйа тэҥник сууттуурун оннугар тоҕо чуолаан айдааны төрүттээччини сирэйэ хараҕа суох көмүскээтэ?

Холобура саа былдьаһыытын түгэнин ырытан күрүөҕүҥ. Сиэйэ Уола көтөн иһэр куһу үрдүнэн аһарбата үһү. Спортиҥҥа республикаҕа үһүс миэстэлээх бэргэн ытааччы, снайпер бэрдэ. Кини Мөкүрдээнэби өлөрө сатаабыта буоллар бэйэтин да олбуоруттан хаһан баҕарар таба ытар кыахтааҕа. Бу да түбэлтэҕэ өлөрөрдүү сананан ыппыта буоллар, олорор киһини сыыспата чуолкай.

Сиэйэ Уола саатын уҥа санныгар сүгэн киирбитин Мөкүрдээнэп сүүрэн кэлэн сааны уоһуттан сулбу тардан ылан былдьаспыт. Түмүгэр бастакы эстии кэмигэр Мөкүрдээнэп саа уоһун хонноҕун анныгар кыбана сылдьыбыт. Оттон Сиэйэ уола саа прикладыттан “тохтоо” дии-дии тута сылдьыбыт. Мөкүөрдээнэп саа уоһун аллараа бэйэтин буутун диэки баттаабыт, ол кэмҥэ саа иккистээн эстэн кинини буукка бааһырдыбыт. Кини сааны уҥа өттүнэн сиргэ хам баттыы түһэр кэмигэр саа үстэ субуруччу эстибит.

Бу кыл түгэнэ кылгас, 2-3 сөкүүндэ иһигэр буолбут. Ити кэмҥэ саа элбэрээҕин Мөкүрдээнэп тута сылдьыбыт. Онон элбэрээҕи ким таарыйбыта эмиэ мөккүөрдээх. Саа тыаһын истэн Веронида кэргэнин балтынаан сүүрэн кэлбиттэр. Сиэйэ Уола сааны киниэхэ биэрэ-биэрэ: “Полицията ыҥырыахха. Киһи дэҥнэннэ”,- диэбит. Маны булка, сааҕа сыһыана суох судьуйа таба өйдөөбөккө, сыаналыы да барбатах. Суут түмүктээһинэ маннык: Саа былдьаһыытыгар Сиэйэ Уола сааны уоһуттан тута сылдьыбыт. Мөкүрдээнэп сааны прикладыттан туппут.

Эмиэ сатамньыта суох түмүктээһин. Оччотугар Сиэйэ Уола дэҥнэниэхтээҕэ. Ханнык да түбэлтэҕэ саа эстиитигэр иккиэн кыттыгастаах буолан тахсаллар. Өссө Мөкүрдээнэп бэйэтин бэйэтэ да дэҥнээбит буолуон сөп курдук. Дьиэ кэргэн, оҕо иитиитин кыһалҕатын өйдөөбөт, муҥ саатар сааны хайдах туһанары билбэт, онуоха сыһыана суох судьуйа Лена Говорова ким дьаһалынан, сорудаҕынан туох интэриэстээх буолан бу дьыаланы дьүүллээтэ?

Аны экспертиза быһаарыытынан саа балтараа миэтэрэ сиртэн Сергей буутун бааһырдыбыт. Хайдах оннук буолуой? Сааны тута сылдьан былдьаһар дьон бэйэ-бэйэлэриттэн тэйсибэтэхтэр. Ол да иһин эмсэҕэлээччи шортигар баара суоҕа эр киһи эрбэҕин уонна ыйар тарбаҕын утарыта холбуу туппут саҕа кыракый төгүрүк хайаҕас хаалбыт. Бу аата Сергей буутугар саа уоһа тирээн туран эстибит. Манна хаттаан экспертиза барыан наада!!!
Судебнай-медицинскэй экспертиза үстэ оҥоһуллубут. Бу сакааһынан тупсарыллан оҥоһуллубут экспертиза көрдөрөрүнэн Мөкүрдээнэп тарбахтарыгар иккилии-үстүү уопсайа биэс доруобунньук баар диэбиттэр. Онтон эмтээбит быраастар бу туһунан тугу да эппэтэхтэр.

Тириитэ ыраас, ханнык да бааһа суох диэбиттэр. Ханнык баҕарар эр киһи бигэргэтиэ. Итинник чугастан тутуһан туран доруоп саа буулдьатыгар таптарбыт тарбахтары бөлөх доруобунньук олоччу сотон илдьэ барыахтааҕа. Киһи ытыһыгар доруоп саа доруобунньуктара 60-80 миэтэрэ тас өттүттэн эрэ биэс алта доруобунньук хатаныан сөп. Онон бу экспертиза түмүгэ эмиэ бассыабай. Мөкүрдээнэп тарбахтарын ренгеҥҥэ түһэрэн чахчы бааһырбыт дуу, суох дуу, диэн чуолкай быһаарыахха. Сууппут бу экспертиза бассыабай докумуонун көрдөрүүтүн Сергей Мөкүрдээнэп туһатыгар буолан ылынна.

Ытыктабыллаах Аркадий Алексеев эппитинии: “Ыал олоҕун алдьаппыт Мөкүрдээнэп тугу баҕарбытын ыллаҕа”,— эрэ диирбитигэр тиийэбит. Тоҕо баҕас толооһой маннык сырыы киһи сууттан ып-ыраас тахсара? Кини көрдөрүүтүн төһө эмэ элбэх туоһу бигэргэтэрин үрдүнэн судьуйа биир да пуунун ылыммата. Эбиитин: “Мөкүрдээнэп Лина Ивановалыын чуолкай көссүүлэспитэ”,- диэбитин иһин судьуйабыт Аркадий Михайловиһы сөтөллөн күөмэйэ бүтүөр диэри күргүйдээбит. Сиэйэ Уолун адвокаттара саҥараары, быһаарсаары гыннахтарына сэрэтии биэрэринэн куттаан судьуйа суут былаһын тухары бобо-хаайа олорбут.

Аны суут саалатыгар үүт-үкчү игирэ Мөкүрдээнэптэри биирдик таҥыннаран баран “Бу иккиттэн хайата Сергей буоларын” туоһулартан ыйыппыттар. Онуоха 5, 6 киһи чуо-бааччы Сергейи таба эппит. Биир эрэ киһи буккуллубут. Ол үрдүнэн судьуйа: “Туоһулар күнүн-дьылын тус-туһунан сыыһа эттилэр”,- диэн эмиэ ылыммакка дьыалаҕа тиспэккэ аһаран кэбиспит.

Сиэйэ Уолун аҕата Сунтаар Сиэйэтин олохтооҕо Константин Никонович Иванов кэпсээнэ: “Мин 1982 сыллаахха Ньурба Сүлэтин кыыһа Екатерина Ивановна Егоровалыын ыал буолбуппут. Оҕоломмотохпут. 4 сыл буолан баран оҕо иитэргэ сананныбыт. Үөһээ Бүлүүгэ милииссийэҕэ үлэлиир эдьиийбит: “Биир саастаах үчүгэй баҕайы оҕону буллум”,- диэн ыҥырбытыгар тиийдибит. Арай детдом олбуорун иһигэр биир оҕо: “Миигин ылыҥ”,- дии-дии батыһа сырытта. Онон ылыахтаах оҕобутун көрбөккө ол уолу ыллыбыт.

Бастаан утаа оҕобут нууччалыы саҥарара. Ону ийэтэ, мин уонна эһэтэ ааттаах булчут, ырыаһыт бэрдэ Никон Иванович Иванов өр дьаныһан үөрэтэммит сытыары сымнаҕас, аһыныгас, ырааска тардыһар, дьоҥҥо үтүөнү, кэрэни эрэ баҕарар, ырыаны өрө туппут, айылҕаҕа чугас бэртээхэй киһини иитэн таһаарбыппыт. Бииктэр бэйэтин кыанар бүтүннүү иҥиир, үчүгэй үлэһит буола улааппыта. Дьиэтигэр кэллэр эрэ үлэлээбитинэн барара. Кини сатаабата диэн суох”
Аны манна куоракка уолбут ыҥыран Хатын Үрэххэ даача атыылаһаммыт көһөн тиийбиппит. Онно ыалбыт Мөкүрдээнэп мин дьиэм аттынан ааһан иһэн массыынатынан куруук сигналлыыра. Миэхэ тыаһатар диэн эҕэрдэлэһэрим. Онтукам кийииппэр сигнал биэрэр эбит. Мөкүрдээнэп кийииппин Линаны быһылаан буолуор диэри сүгүн сырытыннарбатаҕа. Массыынатынан онно-манна көрсөн суолун бүөлүү туран телефонун көрдүүр: “Сибээспитин салгыах”,- диир эбит. Ону Лина Бииктэригэр кэпсээбит. Быһылаан иннинэ Бииктэр икки төгүл: “Биһиги туһунан ыалбыт, эһи эми туһунан ыалгыт онон эн биһиги олохпутугар мэһэйдээмэ”, — диэн кэпсэтэ сатаабыт. Ону Мөкүрдээнэп: “Эн баҕас тугу гынаары гынаҕын, кэһэтэн биэриэм”,- диэн үөхсэн күргүйдээн кэбиспит. Онтон үһүстээн кэпсэтии түмүгэ итинник буолбут. “Саалаах тиийдэхпинэ баҕар куттанан киһилии кэпсэтээрэй, диэммин сааламмытым”, — диэн Бииктэр кэлин эппитэ.

Быһылаан буолбут күнүгэр мин сарсыарда Мөкүрдээнэптэргэ тахса сылдьыбытым. Онно Веронида дьиэтигэр баара. Миэхэ гараһы тахсан аһан көрдөрбүтэ. Онно кэпсээбитинэн кини саа тыаһын истэн кэргэнин балтынаан тахсыбыттар. Быһылаан хайы-үйэ бүппүт үһү. Бииктэр сааны тутан турарын Веронида көрдөөбүтүгэр “Киһи сааҕа дэҥнэннэ полицията ыҥырыахха”,- дии, дии сааны биэрбит.

Суукка кэргэнэ дуу, юристар дуу кигиилэринэн Веронида төрүт атын көрдөрүүнү биэрдэ. Кини миигин ол күн олох да көрбөтөх аатырда. Сиэйэ Уола Мөкүрдээнэби түөскэ ытаары кыҥаан турарын көрбүтүм, диир. Дьиэ диэкиттэн гараж түннүгэ суох. Кини дьиэ иһигэр ас астыы сылдьан икки истиэнэни курдат көрбүт аатырда. Суут ону итэҕэйдэ. Дьэ, бу сымыйаччыларын көр эрэ. Мөкүрдээнэптэр дьиэлэрин ааныттан гаражтара туора сиргэ тэйиччи турар. Судьуйабыт саатар ону токоолоһо ыйыта да соруммата. Аны Мөкүрдээнэп бэйэтэ көссүүлэспит Линатын уонна кэргэнэ Веронида миигин, ыалын олох да билбэт саҥа көрөр үһүлэр. Суут ону эмиэ ону итэҕэйдэ”, — дьэ саманнык кэпсээтэ, сахалыы сиэрдээх үтүөкэн майгылаах ытык кырдьаҕас Константин Никонович. Сиэйэ Уола бу үүт-үкчү аҕатын курдук эбит.

2009 сыллаахха Сергей Мөкүрдээнэп кэргэнинээн Веронидалыын маҕаһыыҥҥа үлэлии турар Лина Ивановаҕа кэлбиттэр. Веронида кэргэнигэр: «Эн көссүүҥ бу дьахтар дуо?”- диэбит. Ону Мөкүрдээнэп мэлдьэспэтэх. Веронида: “Оччоҕо бу дьахтары оҕус” диэбит. Онно Сергей тоҕо эрэ охсубатах. Оттон Веронида Лина үрдүгэр түһэн охсон-тэбэн киирэн барбыт. Ону маҕаһыын үлэһиттэрэ көмөлөөн тохтоппуттар. Бу быһылааны Мэҥэ-Хаҥалас полициятын отдела билигин бэрэбиэркэ ыытан дьарыктана сылдьар. Маны судьуйа билэр эрээри болҕомтоҕо ылан дьыалаҕа киллэрбэтэ.

Бу быһылаан кэнниттэн хас да хонон баран содур кэмэлдьилээх Мөкүрдээнэп Лина атаҕар тобуктуу сылдьан артыыстаан ытыы-ытыы: “Бырастыы гын мин ойохпун санааҕар тутума, эн биһикки тапталбытын салгыах”, — диэн хаста да көрдөспүт, ааттаспыт. Ол кэнниттэн Веронида суутунан арахсан араспаанньатын Мөкүрдээнэбэтин уларытан Егорова буолбут уонна билиҥҥэ диэри Сергейдиин гражданскай эр-ойох быһыытынан олороллор. Бу арахсыы дьыалата суут уурааҕынан бигэргэммитин үрдүнэн судьуйабыт үгэһинэн иэдээн төрдө буолбут түгэни дьиҥнээҕинэн ааҕа да, дьыалаҕа тиһэ да соруммата. Онон суут дьыалатыгар сиэр-майгы өттүнэн сытыйбыт, ньүдьү-балай Мөкүрдээнэп мөкү өттө—Петр Алексеевтыы “үтүө быһыыта” көстүбэккэ ып-ыраас киһи буолан таҕыста.

Сиэйэ Уола бэрт кыра эрдэҕиттэн сиэр-майгы өттүнэн кыырпах да саҕа хара мэҥэ суох, эҥкилэ суох ырааһын, буортулаах куһаҕан дьаллыктарга сыстыбатаҕын, ураты эйэҕэһин, сайаҕаһын, сэмэйин, дьоҥҥо барытыгар үчүгэйи эрэ баҕарарын биир дойдулаахтара ойуччу тутан бэлиэтииллэр. Маннык ыраас, көнө, кэрэ санаалаах, уйан дууһалаах ыччат сахаҕа өссө төрүү илик дииллэр.

Сиэйэ Уола массыынанан айаннаан иһэн кэргэнигэр маннык телефоннуура үһү: “Лина, эн утуй сынньан, бөөлүүн утуйбатаҕыҥ, мин хойутуурум буолуо”, —диэн. Бүтэһиктээх бириигэбэр ааҕыллыбытын кэннэ киниэхэ илии хандалытын кэтэрдэн таһааран истэхтэринэ адвокатыгар эппит: “Баһаалыста, кэргэммин уоскут. Наһаа эрэйдэммэтин, муучу буолбатын”,- диэн. Атын буоллар: “Эн тэбиигэр бу баран иһэбин”, — диэн кыыһырыан, айманыан сөп этэ. Бу санаата үчүгэйин, ырааһын, атын киһи туһугар кыһамньытын көрүҥ! Аҥаардас бу түгэн да кини ис иһиттэн олус үрдүк култууралааҕын көрдөрөр. Бу биһиги билиҥҥи кирдээх кэммит киһитэ буолбатах.

Кэлин кэлиэхтээх ыраас, чиэһинэй, сиэрдээх кэм киһитэ бириэмэтин иннинэ төрөөн хаалан бу иэдээннээх атаҕастабылга түбэстэҕэ. Садаанньалаах олорор сууппут саатар ону да арааран көрбөтөҕө олус-олус хомолтолоох. Бу соруйан оҥостон олорон кэлтэй Сиэйэ Уолун сиэрэ суох буруйдааһын, сууттааһын буолла. Сиэрин-майгытын сүтэрбит, кэрээнэ суох Мөкүрдээнэби кэлтэй көмүскээһин, кини буруйун, сыыһатын дьыалаҕа тиспэт иһин тэрээһиннээх үлэ күүскэ бардаҕа. Түмүгэр сахалар баар-суох биир бастыҥ ыччаппытын утары дьону-сэргэни уолутар кытаанах бириигэбэри таһаардылар.
Ону өйдөөн-санаан кырдьаҕас, олоҕу олорбут ытык дьон, эбээлэр, күн күбэй ийэлэр куораппыт киин болуоссатыгар ахсынньы 31 күнүгэр күнүс суут уурааҕын бырачыастыыр акция оҥордохторо.

Сиэр-майгы бастыҥа Сиэйэ Уола кэргэнин моһуоктаабыт Сергей Мөкүрдээнэптэн санаарҕаан-санаарҕаан санаата оонньоотоҕо. Тулуйа-тулуйа сатаатаҕа. Хайа да бэйэлээх эр киһи сырдык өйө-санаата хараарар түгэнэ. Күнүстэри-түүннэри хайдах буолабын, тугу гынабын диэн уйаҕас дууһа ыар ыарыытыгар ыллардаҕа. Онтон ыктаран-ыктаран киһи аймах бу содур быһыытын—көссүүлэһиини хайдах эмэ гынан тохтотоору сананан, көссүүлэһиигэ бырачыас оҥорон кэпсэтэ бардаҕа. Онтукайбыт бу сатамньыта суохтук таҕыстаҕа.

Сиэйэ Уолун ис сүрэхтэн, ис дууһаттан тахсар нарын намыын ырыатын намчыттан намчы кыла биһиги куораттааҕы кырдьыгы көрбөт сиэрэ суох кэлтэйдиир сууппут бириигэбэринэн быһынна. Төһөлөөх элбэх саха киһитин сүрэҕин-быарын ортотунан киирэр истиҥтэн истиҥ, иһирэх иэйиилээх ырыаларын сценаттан оргууй хааман түһэн субу көрөөччүлэргэ чугаһаан хараҕын симэн туран бүүс-бүтүннүү ырыа буолан күөрэгэй курдук дьурулата туойара оо, үчүгэй да буолара. Эчи үрдүгэ, мааныта, ырааһа, уостубат сырдык мичээрэ, элэккэйэ, эйэҕэһэ, кылыгырас куолаһа… киһи дууһата хайдаҕый да ырыата эмиэ оннук! Кинини дойдутун дьонноро: “Оҕобут эмтээх ырыаһыт”,- диэн оргууйдук харыстабыллаахтык этэллэрэ кими баҕарар долгутуон сөп. Үөһээттэн анаан айдарыллан кэлбит талаан! Ону биһиги харыстыахтаах этибит. Кыайан көмүскээбэтибит. Мөкүрдээнэп мөкү быһыыта дьүүллэниэхтээҕэ суут дьыалатыгар холбоммокко, туох да буруйдуур миэрэни ылбата, ыйааһын бэскитигэр ыйаммата.

Үрдүкү суут туохтан, кимтэн да тутулуга суох Арассыыйа сокуонун хараҕынан көрөн бэйэтэ ыйааһыннаан бириигэбэр таһаарар. Ону биһиги олус үчүгэйдик өйдүүбүт. Ол эрээри, ол эрээри дииргэ тиийэбит. Тапталлаах ойоҕун кырбаан өлөрбүт эдэр сааһыттан эппиэттээх үрдүк сололорго үлэлээбит тойон Соломов хас сылга ууруллубутай? Онтон хаһын олорон хаайыыттан босхоломмутай?

Билигин Э. Б. Березкин сайабылыанньатынан юрист Н.И.Седалищев ааспыт Ил Дархан быыбарыгар быыбар хас биирдии сокуонун пууннарын ахсын кэһиилэр тахсыбыттарын дакаастаан ирдэбил түһэрбит дьыалата СР Үрдүкү суутугар көрүллэ сылдьар. Е.А. Борисовы көмүскээччилэр үрүҥү хара, хараны үрүҥ диэн аҥаар кырыы мэлдьэһэ, куотуна тураллар. Бэл буруйу тиксэриэхтээх борокуруор албакаат оруолун толорор курдук. Ону сууппут да итэҕэйиэх курдук. Биллэн турар, манна Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба аппараата орооһоро чуолкай. Хайаан былаастарын тааҕы-таах туран биэриэхтэрэй? Сөп дии. Сокуон хараҕа онуоха наада буоллаҕына мэкчиргэ төбөтүн курдук эргичиҥниир да эргичиҥниир.

Ууга түспүт киһи оттон-мастан тардыһар. Ол курдук биһиги эмиэ улахан дьоннортон тардыһыахпытын баҕарабыт. Сиэйэ Уола биир кэмҥэ биһиги бастакы президеммит М.Е.Николаевы бар дьонунуун көрсүһүүлэригэр хас да улууһунан арыаллаан сылдьыбыттаах. Онно Михаил Ефимовиһы кытта норуот тапталлаах ырыаһытын көрөөрү, истээри, биллэн турар, сааланы лыык курдук толору киһи мустара. Сиэйэ Уола ити курдук Михаил Ефимовичка көмөлөспүттээҕэ. Михаил Ефимович тыһыынчанан үтүө дьыаланы оҥорбутун дьон-сэргэ өйдүүр, махтанар уонна инникитин да оҥоро туруоҕа диэн эрэнэр.

Үрдүкү суут дьэ хайдах быһаарар? Уу үрдүгэр арыы дагдайарын курдук сымыйа үрдүгэр кырдьыгы Үрдүкү сууппут дагдатыа дуо? Сиэйэ Уолун кытаанах эрэсиимнээх хаайыыга ууруллубут тоҕус сылын уларытан Үрдүкү сууппут куорат суутун силиэстийэтэ ситэтэ суох барбыт диэн сиэрдээх атын уурааҕы ылыныа дуо? Эмиэ тоҕо эрэ, тоҕо эрэ Николай второй ыраахтааҕыны санаталаан ыллым.
Хайдах да диэбит иһин, тыйыс бириигэбэр. Итини бар дьоммут эһиги туох дии саныыгыт? Көмүскүүр кыахтаах баай сахалар, хотуттар, тойоттор бааргыт дуо? Биитэр бары ньимиликээн хаалабыт дуу?!
Арамаан Дьөгүөрэп.
http://sakhalife.ru/node/88748

Жена Сиэйэ Уола Акулина Иванова: "Я буду бороться до последнего и вытащу мужа из тюрьмы"

4 ч. назад  233  30461
Жена заключенного под стражу певца призналась в интервью News.Ykt.Ru, что винит в разыгравшейся семейной драме только себя и планирует приложить все усилия для того, чтобы смягчить наказание супругу.
Напомним, нашумевшее преступление произошло в июле прошлого года, известный якутский певец Виктор Иванов в приступе ревности с ружьём ворвался на территорию соседнего дома и несколько раз выстрелил в Сергея Мекюрдянова. В результате пострадавший получил тяжелые ранения, из-за чего лишился ноги. В конце декабря Иванов был приговорен к 9 годам в колонии строгого режима с выплатой компенсации семье Мекюрдянова в размере миллиона рублей. Супруга Сиэйэ Уола долгое время хранила молчание, но после приговора решила озвучить свою позицию по резонансному делу.
Почему ты решила прервать молчание?
- До суда мы договорились не делать обращений в СМИ, не давать интервью, надеялись на следствие. Верили, что суд будет беспристрастным, справедливым, объективным, также учтет все доказательства и показания. Но, увы, этого не произошло. Приговор к 9 годам заключения - для меня это шок! Я не могу спать, есть, здоровье расшатано. Смотрю на своих детей и плачу, мне очень жалко их, пытаюсь держаться при них, но это выше меня.
Это правда, что ты ждешь ребенка?
- Да, четвертого малыша ждем, четвертый месяц. Витя сам говорил, не будем давать интервью в газеты, в интернет-издания, следствие и суд все расставят на свои места. Лично мое мнение - даже если посадили, но не на 9 лет же! Я в страшном сне не могла такого представить.
Как сейчас Виктор? Держите связь?
- Там нет связи, телефонов. Я его видела только один раз после 30-го декабря - у судьи взяла разрешение и то от силы мы пробыли вместе лишь два часа.
Что он вам сказал?
- Виктор только о нас тревожится, не жалуется. Беспокоится за детей, за родителей, за меня. Мама - инвалид, я беременна, одна осталась с тремя детьми.  Думает, как мы будем дальше жить, ведь он оттуда не сможет нам помогать, обеспечивать, он был единственным кормильцем семьи.
Что случилось в тот день, 15 июля, что побудило его пойти на преступление?
- Меня тогда не было рядом с мужем, поэтому ничего не могу сказать.
Как ты узнала о происшествии?
- Я не хочу вспоминать об этом дне. Пожалуйста, не спрашивайте, лично я сама не видела, как все это произошло.
Расскажи тогда об отношениях с Мекюрдяновым.
- Они давным-давно закончились, связь длилась три года. Очень сожалею о том, что это было. Я не могла предположить, что эти отношения обернутся такой трагедией. Даже тогда, когда мы оказались соседями!
А вам не хотелось, узнав, что Мекюрдянов с семьей живут по соседству, переехать в другой дом? 
- Как мы могли переехать?! Наш папа один работает, несколько лет мы копили деньги на этот дом. Жили - с общежития на общежитие, арендовали комнатки в течение 9 лет.
А старшему сыну сколько лет? Как дети перенесли все это?
- Старшему 8 лет, естественно, я не сказала ему, что папу посадили. У ребенка будет шок, если узнает и, я надеюсь, что никто не будет маленькому ребенку об этом рассказывать. Сказала ему, что папа уехал далеко на заработки. Конечно, дети целыми днями спрашивают про папу - когда придет, почему не звонит. Даже в моей голове не укладывается, поверить не могу, что он за решеткой. Представьте себе 9 лет! 9 лет без моего Виктора, без нашего папы, когда он выйдет, моему старшему будет 17 лет!

Будешь ждать?
- Конечно, буду ждать! Я сделаю все возможное, чтобы вытащить его оттуда!
На какой результат надеешься?
- Мы подали апелляцию. Какой результат будет, я не могу сказать.
Идеальный вариант какой, учитывая все обстоятельства?
- Я лично хочу, чтобы моего мужа условно выпустили или хотя бы сократили срок.
Ты сама понимаешь, что совершил Виктор?
- Я не могу его осуждать, ни разу не спрашивала у него, почему он это сделал, даже после произошедшего. Зачем? Такими вопросами я его не успокою, а напротив, разозлю. Ведь всё уже произошло, ничего нельзя изменить. Да и Виктор не говорит, что он не виноват - он признает свою вину частично. Понимает, что совершил ошибку, это произошло по неосторожности. Говорит, что пытался с ним поговорить. Сергей его унижал. Виктор долго держал все это в себе.
Вы продолжаете жить по соседству?
- На следующий день после произошедшего я приехала, забрала мужа из полиции, и с детьми мы переехали к родственникам. С 15 июля прошлого года мы там не проживаем. В доме живут наши родители, естественно, мы приезжаем, навещаем, помогаем им. 
Кстати, как его родители к тебе относятся?
- Хорошо.
Не изменилось отношение к тебе со стороны друзей, родственников?
- Нет. Наши отношения с Мекюрдяновым давно закончились, это было не вчера и не год назад. И после этого, мы с мужем жили очень хорошо, душа в душу до того момента, пока его не посадили. Нашу семью никогда не видели с плохой стороны. Никто из родственников и друзей не сказал мне, что я плохая, уходи отсюда, и даже то, что из-за меня произошла эта трагедия. Сейчас мы с детьми живем у родственников Виктора. Все помогают, поддерживают. Только благодаря их поддержке, я не сошла с ума, держусь. Мы даже никому не рассказывали, что расходились из-за Мекюрдянова. 
Ты, наверное, читала негативные комментарии в свой адрес, как ты к этому относишься?
- Летом, когда в первый раз прочитала, у меня был шок! Теперь, пускай оскорбляют! Главное, муж меня простил. Я перед Виктором очень виновата. Комментаторам и тем людям, которые плохо обо мне говорят и пишут - я ничего плохого не сделала. Я виновата только перед своим мужем, его родителями и нашими детьми. 
Расскажи про ту историю в 2009 году, когда Сергей с Веранидой приезжали к тебе в Нижний Бестях?
- Да, приезжали, поскандалили, как есть суду всё рассказала. Они утверждают, что меня в жизни не видели - что Сергей, что его жена. Откуда тогда я знаю его номер телефона наизусть, где работала его жена и какая у них машина.
Ты знала, что Сергей женат?
- Да, он мне сказал, что живет в гражданском браке. Сейчас винят в произошедшем только меня, но, если бы Сергей тоже думал о своей семье и любил жену, тогда ситуация у них не дошла бы до развода.
Они развелись из-за тебя?
- Из-за его измены. Я его не заставляла встречаться со мной. 
Как вы познакомились с Сергеем?
- Не хочу об этом говорить и вспоминать. Это случилось в 2009 году в Майе. 

А, как ты познакомилась с Витей?
- В студенческие годы, мы жили в общежитии 14 корпуса. Виктор проживал по соседству. Его представили как певца, сначала не обратила на него внимания. Потом он начал постоянно к нам заходить, приносить шоколадки, мороженое, конфеты. Мы с девочками жили впятером, он стал нашим общим другом. Потом мы заподозрили, что кто-то из нашей комнаты ему приглянулся, подумали, что Шура. Начали их сватать. Всегда следили, на кого он чаще смотрит и с кем больше общается, и тогда мы поняли, что это я. Я не верю в любовь с первого взгляда, ко всему отношусь скептически, нужно сначала хорошо узнать человека. Мы начали встречаться и ходить в кино, много разговаривать - он такой романтик. И через год поженились.
Твое отношение к мужу вначале и сейчас изменилось?
- Мы преодолели многое, я стала другим человеком - раньше была более конкретной и жесткой. Мой характер и взгляды на жизнь, даже то, как я думаю - все изменилось. Виктор все видит только с хорошей и светлой стороны. Всегда всем помогает. Теперь я тоже. Когда произошла эта трагедия, знакомые делали вид, что не знают нас, в суде, когда мы проходили, перешептывались, говорили гадости за спиной. Сначала я не выдерживала, плакала. Не понимала - зачем люди злословят, было сильное разочарование. Он меня успокаивал и говорил: «Не обращай внимания, поговорят и успокоятся, не принимай близко к сердцу, думай о тех людях, кто продолжает о тебе хорошо думать». На самом деле, напротив, это я должна была его успокаивать. В конце концов, смирилась с тем, что злословят.
Ты себя чувствуешь виноватой?
- Да, я считаю себя виноватой во всем. 
Ты знала, что Виктор может в человека выстрелить?
- Нет. Не ожидала такого от него, он очень спокойный.
А как он отреагировал, узнав, что ты изменяешь ему с Мекюрдяновым?
- Сначала в 2009 году, он просто собрал вещи и сказал, что не сможет со мной жить. В 2010 году мы помирились. Когда в 2011 узнал, что мы продолжаем встречаться с Мекюрдяновым, тогда уже поставил ультиматум - либо я, либо он. 
Говорили, что узнав о твоей измене Виктор избил тебя?
- Нет, это сплетни, Виктор никогда на меня руку не поднимал. Это в суде сказала свидетель Эверстова, якобы ей кто-то сказал, что он меня бьет. Это неправда. Если бы он поднимал на меня руку, я бы не жила с ним и не рожала бы от него детей. Такого не было, несмотря на то, как сильно я виновата перед ним.
А если его не выпустят условно, как вы будете жить?
- Не знаю, но я буду за него бороться до последнего, я его вытащу оттуда! Правда должна вырваться наружу. Почему они правду называют ложью? Почему суд не учел ничего, и не посмотрел даже на явные доказательства.
Как ты думаешь, почему суд вынес такой вердикт?
- Не знаю.
Может судья хотел показать, что перед судом все равны - не важно, известный певец ты или кто-нибудь другой?
- Что доказывать?! Виктор никогда не кичился тем, что он известный певец. Никогда и отдаленно признаков «звездной болезни» у него не было. И когда ей надо было зародиться, когда мы скитались из общежития в общежитие? Он днем и ночью пахал. Никогда у него не было выходных, отпуска.     
Один друг Виктора мне сказал, что ваш муж вспылил из-за того, что Мекюрдянов сказал ему, что ваш средний сын от него? Правда ли это?
- Нет, он копия Виктора, с годика поет, знает все песни, светленький. Я могу показать фотографии детей, они все как капля воды похожи на папу. У Виктора нет сомнений ни на одного ребенка, они все его! Такого разговора даже не было.
А сколько лет твоим детям?
- Старшему 8, среднему 3, младшему годик исполнился 15 января, в этот день мы встретились в СИЗО с Виктором. Там так страшно, совсем другой мир, везде решетки, замки, сидит в наручниках, разговариваешь через стекло по телефону.   
Как ты планируешь его оттуда вызволить?
- Все решит Верховный суд, как говорится, надежда умирает последней. Я продолжаю верить, несмотря ни на что. Я хочу, чтобы суд объективно оценил ситуацию и пересмотрел дело. Тогда вся картина произошедшего поменялась бы. Почему наши отношения с Мекюрдяновым считают выдумкой, если есть много свидетелей и доказательств за эти три года? Почему суд был частично открытым: в тот день, когда давала показания я, Мекюрдяновы попросили журналистов удалиться? Чтобы правда не вырвалась наружу. Если бы наши отношения с Сергеем были неправдой, стала бы я порочить свое имя и репутацию? Нет. Почему сестру Мекюрдянова Ноеву допрашивали несколько раз? Очень много "почему" осталось после этого суда. Не надо было суд делать закрытым, не нужно было журналистов выгонять. Даже убийцам и педофилам не дают такого срока. Ужас! Так тяжело, перестаешь в людей верить. Я никому сейчас не верю, кроме мужа и адвокатов. Чего они добились тем, что посадили Виктора? Он бы мог на свободе многое сделать и помочь материально. Это просто огромная месть. Я очень надеюсь, что Сергею поставят протез, и он будет ходить. Конечно, будет ходить. Руки есть - будет работать, каждый день будет видеть своих детей, он может и паралимпийским чемпионом стать, а мои дети не увидят своего отца еще 9 лет. Они еще просят 12 миллионов, мы таких денег даже во сне не видели... извините, я все время реву.
Ты думаешь, это его оправдывает?
- Поступок Виктора, конечно, не оправдывает, он сам признает свою вину. Обещает материально помочь семье Мекюрдяновых и я знаю, что он так и сделает, когда выйдет. Он говорит, что он просто хотел поговорить с Сергеем и все произошло случайно.
А где ты была в день вынесения приговора?
- Он меня с собой не взял. Мы не ожидали такого вердикта и того, что суд пройдет таким образом. Такое разочарование. 
Мекюрдяновых после суда не встречала?
- Нет. Они в первых интервью говорили, что боятся нас, не знают, как дальше жить в этом доме. На самом деле, больше боимся мы. От них была прямая угроза. Помните, в Верховном суде были слушания по мере пресечения, после этого, когда мы вышли, они бегали за нами и угрожали нам и нашим детям. На следующий день, когда мы приехали к себе в дом, их огромные собаки алабаи чуть не растерзали моих детей, слава богу, дедушка смог отогнать собак. Они всегда вот так вот отпускают злых собак. Я очень боюсь за своих детей, они-то тут при чем. Дети ни в чем не виноваты.
 
Источник: News.Ykt.Ru


Category: Суд-закон.МВД.Криминал | Views: 3010 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Тохсунньу 2015  »
БнОпСэЧпБтСбБс
   1234
567891011
12131415161718
19202122232425
262728293031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 49
Ыалдьыттар (гостей): 49
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024