Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2015 » Олунньу » 2 » "Сахатранснефтегаз" ААО гендириэктэрэ Иван МАКАРОВ Дьокуускайга уонна куорат таһыгар турар бөһүөлэктэри гаастааһын тоҕо бытааннык барарын бы
"Сахатранснефтегаз" ААО гендириэктэрэ Иван МАКАРОВ Дьокуускайга уонна куорат таһыгар турар бөһүөлэктэри гаастааһын тоҕо бытааннык барарын бы
18:59
"Сахатранснефтегаз" ААО гендириэктэрэ Иван МАКАРОВ Дьокуускайга уонна куорат таһыгар турар бөһүөлэктэри гаастааһын тоҕо бытааннык барарын быһаарар
Понедельник, 02 Февраля 2015 16:20
"Сахатранснефтегаз" ААО гендириэктэрэ Иван МАКАРОВ Дьокуускайга уонна куорат таһыгар турар бөһүөлэктэри гаастааһын тоҕо бытааннык барарын быһаарар
Ааспыт нэдиэлэ бүтэһигэр, Дьокуускайга, Петр Алексеев аатынан уулуссаҕа, "Сахатранснефтегаз" ААО  Гаас тарҕатар ситимин управлениета (УГРС) "биир түннүк" өҥөтүн аста.
Куорат олохтоохторо бу сиргэ кэлэн гааска сыһыаннаах боппуруоһу барытын быһааран тахсыахтарын сөп: ыйдааҕы төлөбүртэн саҕалаан дьиэҕэ гаас киллэрэри, оборудование атыылаһары тиийэ "биир түннүк" өҥөтө быһаарыаҕа. Бу иннинэ УГРС куорат түөрт нөҥүө-маҥаа өттүгэр хонтуораланан олорбута, онон дьон кинилэри эккирэтэригэр күнүн-дьлын барыыра.
***



IMG 3260IMG 3261IMG 3265IMG 3266IMG 3267IMG 3268IMG 3270"Биир түннүк" өҥөтө аһыллыбыт дьиэтэ-уота, улахан тиэргэнэ, урут, "Ленагаз" тэрилтэ бас билиитэ этэ. Санатар эбит буоллахха, "Ленагаз"  Игорь КОРНЕВ ("Сахатранснефтегаһы" салайа сылдьыбыта, Ил Түмэҥҥэ депутаттаабыта) чааһынай бас билиитигэр баара. Итиннэ 2000 сылтан саҕалаан республика газовай актива биирдиилээн дьон бас билиитигэр барбытын ахтыахха сөп: "Саханефтегаз" ННГК-ҕа  "ЮКОСтар" киириилэрин, "Якутгазпром" ААО дагестанецтарга атыыланыытын, о.д.а. быһылааннар билиҥҥээҥҥэ диэри диэлийэллэр. Билигин хас биирдии Саха сирин олохтооҕо "ЯТЭК" ААО (уруккута “Якутгазпром”) чааһынай хампаанньаттан быһаччы тутулуктанан олорор. “ЯТЭК” хас сыанаҕа гаас кыраанын аһарын-сабарын бэйэтэ эрэ билэр.  Дьэ, итинник стратегическай суолталаах, бүтүн регион олоҕун-дьаһаҕын чааһынай тэрилтэ быһаарар кэмэ кэлэн турар. Аныгы Россия сокуона чааһынай бас билиини ордук араҥаччылыыр.
***
- Гаас сыаната үрдүүр дуо, Иван Константинович? – түгэнинэн туһанан “Сахатранснефтегаз” генеральнай дириэктэриттэн, Ил Түмэн депутатыттан Иван МАКАРОВТАН ыйытабыт.
-          Үрдээн буоллаҕа.
-          Россияҕа тэҥнээтэххэ, биһиги гааска төлөбүрбүт төһө үрдүгүй?
-          Кубунан ыллахха, 1 тыһ. кубометр сыаната Россия орто сыанатыттан дөссө биһиэхэ чэпчэки. Ол гынан баран, биһиги кыһыммыт уһуна, тымныыта бэрт, онон элбэх гааһы туттар буолан ыйдааҕы төлөбүрбүт элбээн тахсар. Аны, ордук тыаҕа, үгүс дьиэ-уот тутуута сатаҕай - итиини үргүлдьү аһарда турар, хочуоллар элбэх гааһы сииллэр – ол эмиэ киһи хармааныгар охсор бөҕө буоллаҕа.  
-          Дьиэ итиини тутар үчүгэй оҥоһуулаах,  оһохпут экономичнай, аныгы буоллаҕына – ыйдааҕы төлөбүрбүтүн аччатыахпытын сөп?
-          Хас да бүк буолбатар, биллэ экономияланыаҕа.
-          “Сахатранснефтегаз” дьиэни гаастыырга соҕотох бырааптаах?
-          Биһиги – естественнэй монополиябыт. Гаас, бастатан туран, сэрэхтээх категорияҕа киирсэр. Онон көҥүлэ, анала суох, кимэ-туга биллибэт тэрилтэ гаас киллэриитинэн дьарыктанара сокуонунан бобуллар. Эппиэтинэс барыта биһиги тэрилтэҕэ сүктэриллэр. Ол-бу араас гааска сыһыаннаах саахал таҕыстаҕына, бастакы уочарат биһиги тэрилтэбит эппиэттиир.
-          Биир эрэ тэрилтэ гаастааһынынан дьарыктанар буолан, Дьокуускай ыаллара уһун уочаракка бириэмэлэрин барыыллара буолаарай?
-           Уочарат мунньуллар – күһүн. Күһүн дьиэ тутуута бүтэр, онон балаҕан ыйыттан саҕалаан алтынньыга-сэтинньигэ диэри киһи бөҕөтө мустар. Дьиҥинэн, кыһын, саас, эрдэ сайын уочарат суоҕун кэриэтэ. Ону хайыахпытый, олоҕуҥ оннук – күһүн тутуу бүтэр.   Ити биир биричиинэтэ. Аны, 2014 сылтан ыла федеральнай сокуон олоххо киирбитэ – гаас тардыныыга дьон 50 тыһ. иһинэн орускуоту сүгүө суохтаах диэн. Урут, ыаллар бырахсан баран 300 м ыраахтан кытары гаас турбатын бэйэлэрэ тардыналлара, харчыга хаарчах суоҕа. Билигин ити тохтоото. Тоҕо диэтэххэ, холобур, Дьокуускай куоракка гаас ситимин 70 бырыһыана – хаһаайына суох турбалар. Ким да истибэт- көрбөт, туругар эппиэттээбэт. Чааһынай киһи турба тардынан баран онно холбонор дьоҥҥо атыылыыр, онто техническэй өттүнэн төһө эппиэттииригэр кини наадыйбат. Ити “бесхознай” турбалары  балансаҕа ылыы үлэтэ бара турар. Сокуонунан, ыал олбуоругар диэри биһиги гаас турбатын тардан аҕаллахпытына эрэ кинилэр холбонуохтаахтар, оччоҕо эрэ 50 тыһ. солкуобайтан  орускуоттара тахсыбат. Ити балаһыанньа гаас киирэрин эмиэ улаханнык бытаарта. Куорат улахан, ханна эрэ давление намыһах, ханна эрэ эргэ, олус ыраах. Барытын тэҥҥэ хабар харчыбыт тиийбэт.  
-          “Сахатранснефтегаз” бэйэтин харчытынан дьон олбуоругар диэри турба тардан биэриэхтээх?
-          Оттон ол иһин этэбин, куораты барытын биирдэ саба тутар кыахпыт суох диэн. Ол иһин, куорат салалтата, правительство уонна “Сахатранснефтегаз”  буолан Дьокуускайы гаастыыр анал программа, былаан ылыахпытын наада. Холобур, быйыл бу кыбаартал гаастаныыга хабыллар, эһиил ити кыбаартал, үс сылынан “балар-олор” диэн аттарыллыахтаах. Куорат дьаһалтата эрэ кыттыгастаах кэҥии-улаата турар Дьокуускайы уонна куорат таһынааҕы бөһүөлэктэри түргэнник гаастыыр кыахтаахпыт.
-          Оттон тыа сиригэр?
-          Тыа сирин гаастыырга анал программа үлэлээбитэ хас да сыл буолла, сылын аайы республика бюджетыттан харчы көрүллэр. Ол гынан баран, итиннэ биир баар: урут гаастаммыт бөһүөлэктэр (олох сайдар, баран иһэр) кэлин үөскээбит  уулуссаларыгар, кыбаарталларыгар  гаас ситимин тардыы уустуктардаах. Итиннэ муниципалитеттар болҕомтолорун ууран, гаастааһыны саҥардар эмиэ туспа былаан оҥостуохтарын  наада.
-          Гаас тарыыбыгар таас тамнаһыыта баар. “ЯТЭК” тэрилтэ өрөмүөҥҥэ, оборудование саҥардыыга кэлтэгэй кэпиэйкэ бараабат дэнэр. Ол кыраанын аһар-сабар түбүгэр харчы охсон ылар. “СТНГ”  турба ситимин барытын көрүөхтээх-истиэхтээх, гаастааһыны хааччыйыахтаах, дьону үлэнэн хааччыйар, хамнастыыр... Уопсайынан, “ЯТЭГи” кытары хайдах сыһыаннааххытый?
-          Дьыалабыай. Саҥа сокуоҥҥа уларытыынан билигин  “ЯТЭК” нолуога чэпчэтилиннэ...
-          ДПИ, НДПИ...
-          Оннук. ФАС “чааһынай тэрилтэ тарыыбын политикатыгар ситэриилээх былаас орооһуо суохтаах” диэн быһаарда.
-          ...
Маннык балаһыанньаҕа, атын гааһы хостуур хампаанньалар Саха сиригэр кэлэллэригэр үөрүөх эрэ тустаахпыт. Саатар, “ЯТЭК “монополиятыттан босхолонуохпут. Уонна СР правительствотын дьаһалынан, нэһилиэнньэ  тиийиммэт-түгэммэт араҥатыгар гаас киллэрэргэ 100 тыһ. диэри субсидия көрүллэрин туһунан ааҕааччыларга санатабыт. Ол субсидияны үлэ уонна дьарыктаах буолуу министиэристибэтэ хонтуруоллуур.
***
Маргарита ПЕТРОВА,
Аартык.ру


Источник: aartyk.ru
Category: Нефтегаз | Views: 1702 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Олунньу 2015  »
БнОпСэЧпБтСбБс
      1
2345678
9101112131415
16171819202122
232425262728
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 113
Ыалдьыттар (гостей): 113
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024