Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2015 » Олунньу » 8 » Саха аймах хамсааһынын сөргүтүү
Саха аймах хамсааһынын сөргүтүү
10:38
Саха аймах хамсааһынын сөргүтүү
   
Саха аймах хамсааһына 1917 сыллаахха бэс ыйыгар тэриллибит эбит. Салайааччыларынан Сэмэн Новгородов (Чурапчы) Роман Оросин Т.А. Слепцов И.Е. Васильев Н.П.Гермогенов Ф.Г.Дьяконов П.Д.Яковлев диэн дьон талыллыбыттар.
 Түмсүүгэ 52 киһи кыттыбыт эбит. Салаалара Бүлүүгэ Үөһээ-Дьааҥыга Өлүөхүмэҕэ Тааттаҕа Иркутскай куоракка (үөрэнэр саха студеннара) бааллар эбит. Балар 1919 с. илиинэн суруллар уус-уран хабааннаах -Сахалыы саҥарыах урааҥхайдыы оҥолуйуох-диэн ааттаах сурунаал дуу хаһыат дуу таһаара сылдьыбыттар.

 Түмсүүнү 1920 с атырдьах ыйыгар ВЧК-лар саппыттар-ыспыттар. Оросин дьыалата-диэн ааттаах тутуу-хаайыы буолбут.Түмсүү-хамсааһын салалтатыгар -В.В. Никифоров-Күлүмнүүр баар этэ-диэн суруйбуттар. Кинини уонна Р.И. Оросины кытта 12 киһини хаайыыга бырахпыттар
. Ол сыл-Саха омук-хамсааһын салгыы тэриллибит. Бу хамсааһыны-түмсүүнү А.И. Софронов тэрийсибит. Бу иннинэ Күлүмнүүр тэрийбит-Союз якутов-диэн киэҥ сэҥээриини өйөөһүнү ылан испит хамсааһыны ыраахтааҕы салалтата өр үлэлэппэтэхтэрэ.
 Күлүмнүүрү хаайыыга бырахпыттара. Күлүмнүүр онно киирэн- Манчаары түөкүн-диэн пьеса суруйбута. Хаайыыттан тахсаатын кытта куоракка мээнэ элбэхтик туруоран дьоҥҥо көрдөрүү тэрийбиттэр.

Ити 1905сыл тохсунньу 31 күнүгэр тэриллибит түмсүү эбит
Ол сыл атырдьах ыйыгар Күлүмнүүр-Общество просвещения-диэни тэрийэр. Бу тэрээһин син өр үлэлээбит быһыылаах. Ити быыһыгар-Саха саҥата-диэн сахалыы сурунаал таһаарбыттар-1912-13 сылларга.Редакторынан Күлүмнүүр буолбут.1917 сыл кулун тутарга-Көҥүл-диэн холбоһук тэриллибит. Кэлин ити холбоһук-Якутский трудовой союз федералистов-диэҥҥэ кубулуйбут.

 Дьэ итинник 100 сыл ынараа өттүгэр саха интеллигенцията хамсаныы бөҕөтүн таһаара сылдьыбыттар-ол иһигэр 1912 сыллаахха сахалар 1-кы сугулааннарын тэрийэн ыыппыттар. Онно үгүс элбэх быһаарыылары туһалаах дьайыылары оҥортообуттар. Ол саҕана Өксөкүлээх-Интеллигенцияҕа суруга- суруллар.

 Билигин сайдыылаах үйэҕэ кэлэн олорон убайдарбыт тэрийбит саҕалаабыт хамсааһыннарын тилиннэрэн сөргүтэр үлэни ыытар кэм кэллэ. Ону быйыл ыытар ордук-диэн санаа баар. Саха Конгреһын эбэтэр ити үөһэ ааттаммыт- Саха аймах-диэн түмсүүнү сөргүтүү тилиннэрии туһунан Сүбэ мунньаҕы бу олунньу 14-15 күннэригэр Степной Дума дьиэтигэр эбэтэр эргэ университет дьиэтигэр булгуччу ыытыахха-диэн санаа үөскээтэ.

Тосхоллоро-
1 Саха дьоно булгуччу сахалыы ТОЛОРУ ааттаналларын ситиһии.
2 Сахаларга Чингисхан сокуоннарын төрүт гынан туспа сокуон айыытын суруйуутун саҕалааһын.
3. Саха дьоно барыта булгуччу төрүччүлэрин 9 сүһүөххэ диэри үөрэтэн билиилэрин ситиһии.
 4. Саха Сирин хас биирдии КЫСТЫГАР Айыы дьиэлэрин тутууну саҕалааһын.
5 Саха дьоно барыта саҥа тиэрминнэри айыытыгар кыттыһыыны тэрийии эҥин курдук хабааннаах соруктарга санаа атастаһыыта дьүүллэһии тэриллиэ.
(эбии этиилэргитин киллэриҥ)


Тэрээһин үлэтэ саҕаланна. Эбии биллэрии чопчулааһыны киин куоракка тиийдэхпинэ олунньу 11-12 күннэригэр эбии биллэриэхпит-интернет эйгэтигэр (Дьоһун Сааска, Кэпсээлэргэ, Уххан сиригэр)    
  Көҕүлээччилэртэн биирдэстэрэ
-Бигэ Өрөкүй Бааһынай-Ньурбаттан
Евгений Макаров
 
Category: Саха | Views: 1629 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Олунньу 2015  »
БнОпСэЧпБтСбБс
      1
2345678
9101112131415
16171819202122
232425262728
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 95
Ыалдьыттар (гостей): 95
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024