Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2015 » Олунньу » 8 » Мэҥэ Хаҥаласка тутуллуохтаах газохимическэй собуот тула айдаан
Мэҥэ Хаҥаласка тутуллуохтаах газохимическэй собуот тула айдаан
20:57

Мэҥэ Хаҥаласка тутуллуохтаах газохимическэй собуот тула айдаан

Суббота, 07 Февраля 2015 20:48
Дьоҥҥо-сэргэҕэ информация ситэри, толору тиийбэт буолан, быһыта-орута усках сураҕы күөртээһинтэн сылтаан, Мэҥэҕэ дьон айманыыта тахсан эрэр. Төрүөт – “Илин  эҥэр” (“Заречье”) ТОСЭР проект.    

Проект быһыытынан, Павловскай уонна Хаптаҕай икки ардыгар 2 920,31 гаалаах сиргэ газохимическэй собуоту тутуохха диэн СР правительствота ТОСЭР (территория опережающего социально-экономического развития) проектарын бигэргэтэр хамыыһыйаҕа сайаапка киллэрбитэ буолар. 

Бары истэ-билэ сылдьаргыт курдук, Уһук Илини сайыннарыыга сүүһүнэн триллион хамсаары турар. Уһук Илин сайыннарыы биир сүрүн хайысхата – регионнарга ТОСЭРдары тэрийии. Биһиги Сахабыт правительствота ТОСЭРгэ анаан бастаан үс проектааҕа: “Бриллиантовай хочо”, “Базальт. Саҥа технология” уонна “Илин эҥэр”. Икки инники проектар ааттара да туоһулуурунан, бастакыта – алмааһы кырыылыырга, иккиһэ – Покровскайдааҕы базальт собуотун базатыгар (ген. директор Ил Түмэн депутата Егор ЖИРКОВ)  базальты оҥорууга анаммыта. Оттон “Илин эҥэр” проект ис хоһооно – газохимическэй собуоту тутуу буолар.

Бу үс проегы анал экспертэр ааҕан-суоттаан баран, экономическэй өттүнэн саамай барыстааҕынан уонна көдьүүстээҕинэн бастакы миэстэҕэ “Илин Эҥэр” проегы таһаардылар. Биллэн турар, ТОР тэриллэригэр элбэх үп хамсыахтаах, онон биир өттүнэн, итиннэ эмиэ сир-буор аннынан бэйэ икки ардыгар киирсиилэр эмиэ бааллар. 

Иккиһинэн, ситэриилээх былаас нэһилиэнньэҕэ ханнык-туох хамсааһын тахсан, былаан ылыллан эрэрин эрдэттэн кэпсээбэт, ситэри тиэрдибэт майгылаах, общественноһы кыттыһыннара охсорго тиэтэйбэт. Дьон “үһү” хоту истэллэрэ үгүс. 

Үсүһүнэн, Мэҥэҕэ тахсыбыт общественность долгуйуута – үтүө сибики. Ол аата гражданскай общество үөскээн эрэрин туоһулута буоллаҕа. Дьон-сэргэ республиканы салайсар баҕата баар буолан эрэрин, бэйэтин санаатын иһитиннэрэр кыахтааҕын, туруорсуута көдьүүстээҕэр итэҕэйэр буолбутун, бэйэбит олохпутун бэйэбит оҥорсор санаабыт күүһүрбүтүн көрдөрөр.  Бу – общество олоҕор улахан сайдыы бэлиэтэ диэтэххэ бааламмат ини. Туохха да кыттыспакка, билбэккэ-көрбөккө, ээл-дээл сыһыаннаһыы, сиҥҥэ түһүү - норуокка да, былааска да, туох да үчүгэйи аҕалбат. Онон хара маҥнайгыттан общественность улахан проектары хонтуруоллаһара, санаатын этэрэ саамай сөптөөх дии саныыбыт. 
 

***

Билигин былаас, бастатан туран, туох-ханнык проект, тоҕо, туох соруктаах тутулларын нэһилиэнньэҕэ быһааран биэриэхтээх. Дьэ, ол кэнниттэн хардарыта санаа атастаһыы баран биир тылы булар кэпсэтии тахсыахтаах.

“Аартык.ру” “Илин эҥэр” проекка сыһыаннаах дьону кытары кэпсэтэ сырытта.


IMG 3271Валерий МАКСИМОВ, СР экономикатын миниистирэ:

-          Валерий Иванович, гаас-ньиэп хостуур республика бэйэтэ гаастан-ньиэптэн бородууксуйа оҥостон туһаныахтааҕа биллэр. Гаас таҥастыыр собуот тутуллар идиэйэтэ өрдөөҕүттэн баар этэ?

-          Оннук. Саха сирэ “Газпромнуун” ыкса алтыһыыта 2002 сыллаахтан саҕаланнаҕа дии, онно Вячеслав ШТЫРОВ президеннээн олорон, хостоммут гааһы таҥастаан, бородууксуйаҕа кубулутуу боппуруоһун бары өттүттэн үөрэтэргэ сорудахтыы сылдьыбыта. “Сахатранснефтегаз” тэриллибитин кэннэ, “Восточно-Сибирская газохимическая компания” кыттыгастаах, гаас таҥастыыр собуот тутуллар былаһааккатын кытары көрдүү сылдьыбыппыт. 

-          Афанасий МАКСИМОВ “Саханефтегаз” ННГК эмиэ ити боппуруоһунан дьарыктана сылдьыбыта диэн этэн турардааҕа. 

-          Буолуон сөп. Онтон ньиэп-гаас салаатыгар буккуллуу саҕаланан, ити боппуруос быһаарыллыбакка тохтоон хаалбыта.  Манан диэн ыллахха, Дьокуускай куоракка бастакы гаас 1967 сыллаахха кэлбитэ, республика газовай промышленнастаммыта 50-тан тахса сыл буолла. Ол тухары биһиги сырье   быһыытынан эрэ бу айылҕа гааһын туттан кэллибит. Оттон гаастан бородууксуйа оҥорорбут тоҕо сатамматый? Бу 50-ча сыл тухары гаас Дьокуускайы таһынан элбэх улуустарга тиийдэ, тиийиэ да турдаҕа. Онно барыта бюджеттан үп бөҕөтө тыырылла турар, уһаабыт-кэҥээбит турба ситимин көрөр-истэр, инфраструктуратын тутар, үлэлэтэр дьон ахсаана үлүгэрдээхтик эбилиннэ. Ол дьон бары хамнастаныахтарын, дьоннорун иитиэхтэрин наада.  Оччотугар хайыыбытый? Бюджет аҥардастыы ити дьон хамнаһын, тэрил, техника, турба атыылаһыытын, уларытыытын, өрөмүөнүн кыайан быһаарбат буолан иһэр, уйунар кыаҕа суох. Ол аата гаас сыаната хас да бүк үрдүөн наада. Ол нэһилиэнньэҕэ, биллэн турар,  сүҥкэннээхэй ноҕурууска буолара саарбахтаммат.

-          Онто да суох, гаас сыаната үрдүк эбээт. Оччотугар?

-          Ити газовай промышленнаһы өйүүр биир ньыма. 

-          Иккиһэ?

-          Иккис ньыма – Орто Бүлүү, Мастаах, Соболоох-Ньидили гаастаах сирдэртэн турба тардан баран “Сила Сибири” гаас ситимигэр холбуубут. 

-          Онтон биһиги тугу туһанабыт? 

-          Туһанарбыт саарбах. Ол бүттэҕинэ онтон атын гаастаах сири көрдүүр кыһалҕа тириир.  Ол барыта эмиэ барыта үп-харчы, дьыл-кэм... Үһүс ньыма – бу гааһы сырьенан “Сила Сибири” кутан кэбиспэккэ, бэйэбит туһабытыгар  бородууксуйа оҥорон батарыахтаахпыт. Эбии үлэ миэстэтэ тахсар, харчы киирэр, гааспыт тэрилтэлэрэ атахтарыгар тураллар.  

-          Онон саамай барыстаах – собуот тутуута?

-          Биллэн турар. Биһиги кэлэр ыччаппытыгар сирбит баайа барыһы, туһаны аҕалыахтаах. Билигин гаастаах сирбит чинчиллибит саппааһа 200-300 сылга барар кыахтаах. Орто Бүлүү месторожденията бүгүҥҥү туругунан эбии 3 млрд кубометр гааһы биэриэн сөп.  Билигин сылга 1,5 млрд кубометры хостуубут, кыамтата улахан – икки  бүк элбэҕи да ылыахпытын сөп. Сайыҥҥы өттүгэр гааһы ас астыырга, чаанньык кыынньарарга эрэ туттабыт. Харчы баранар – гаас турар. Өскөтүн бу гааһы таҥастаан бородууксуйа оҥорор эбит буоллар, ама республика олохтоохторугар туһаны аҕалыа суоҕа этэ дуо?

-          Тоҕо, чуолаан, Мэҥэ Хаҥаласка диэн бырайыактаммытын быһаараҕын?

-          Тимир суол. Бородууксуйаны батарарга суолун-ииһин эмиэ тобулуохха наада.  Бастаан Жатайга диэн былааннаммыта да, өрүһү туоратар кыһалҕата баар...

-          Айылҕаҕа хоромньута?

-          Гааһы таҥастааһын сүрүн технологията GTL (gas to liquid) процеһынан оҥоһуллар. Ол аата гааһы убаҕаска кубулутуу. Технология сайда турар. Ньиэби таҥастыыр собуоттар, биллэн турар, барыстара улахан эрээри (битум, мазут о.д.а. оҥорор)  “кирдээхтэр”, элбэх сири ылаллар – билинэбин. Онтон гаас собуота – дьоҕус, компактнай, технологиятын тутустахха улахан хоромньута суох. Химик-технологтар тэҥнээн көрөллөрүнэн, 20 хочуолунай таһаарар хоромньутуттан уратыта суох.

-          Тугу оҥорор собуот буоларый?

-          Метанол, карбомид.

-          Метанол – техническэй испиир?

-          Судургутук ааттаатахха итинник. Метанол – туох баар химическэй бородууксуйа оҥоһуллар тутаах элеменэ. Бу суруйа олорор уруучукаҥ эмиэ метанолтан оҥоһуллар. Оттон карбамид – уоҕурдууга туттуллар.

-          Бородууксуйа ханна батарыллыахтааҕый?

-          Сүнньүнэн, Индияҕа, Кытайга диэн былаанныыбыт.

-          “Илин эҥэр” ТОСЭР проегын быһыытынан бигэргэтиллэ илик?

-          Суох. Олунньу 13 күнүгэр полпред Юрий ТРУТНЕВ салалталаах хамыыһыйа көрүөхтээх. Онтон ТОСЭР проектарыттан талан ылан РФ правительствотыгар ыытыахтаахтар, правительство анал уураах таһаарыахтаах.

-          Саха республиката ТОСЭРга үс проегы киллэрбититтэн, чуолаан, “Илин эҥэр” проегын сэргээтилэр да?

-          Ааспыт сылга ахсынньыга ранжирование оҥоһуллубута, онно бу үс проектан “Илин эҥэри” талбыттара. 

-          Инвестордар бааллар?

-          Бааллар: “Global Steel Holdings, LTD” Mittal хампаанньа бөлөҕөр киирэр  тэрилтэ...

-           ...Лакшми Миттал индийскэй миллиардер хампаанньата?

-          Оннук. Уонна “Группа Сумма”  ХЭТ.

-          Сөп эбит, “Группа Сумма” гаас кыраанын “саба-аһа” олорбокко,  республика сайдарыгар харчы угуохтаах буоллаҕа...

-          Билигин инвестордар ааҕына-суоттана сылдьаллар.

-          Кытталларын-кыттыбаттарын быһаарыналлар?

-          Барыстаах, онон кыттыахтара. 

-          “Илин эҥэр” проект “ТРУТНЕВ хамыыһыйатын” ааһыа дуу?

-          Ааһыаҕа. Кырдьык, үчүгэй проект.

-          Каадырдарбыт бааллар дуо?

-          Губкин аатынан Ньиэп уонна гаас университетыгар специалистары үөрэппиппит уонча сыл буолла. Бэлэм кадрдар бааллар. Дьэ, ити ыччаты бу проекка кытыһыннарыы – правительство сыала-соруга буолуохтаах. Хара маҥнайгыттан саха ыччата, проект олоххо киирэригэр кыттыһан, саҕалаан үлэлиэхтэрин наада. Олохтоох киһи төрөөбүт сиригэр-уотугар сыһыана чыҥха атын буоларын өйдүүр инигит.  

  ***

PS-1766Иккис сэһэргэһээччибит Александр РОМАНОВ, Ил Түмэн депутата:

-          Александр Афанасьевич, мэҥэлэр Ил Түмэҥҥэ бэрэстэбиитэллэрэ буолаҕын, эн санааҕын истиэхпитин баҕарабыт.

-    Уһук Илин сайдыытыгар икки сокуон барыла баара. Бастакы сокуон барылын Федерация Сүбэтэ (быһаччы Вячеслав ШТЫРОВ салалтатынан) оҥорон РФ правительствотыгар киллэрбитэ.  Ил Түмэн ити барыл оҥоһулларыгар, күүркэтиитэ суох  улаханнык үлэлэспитэ, өйөөбүппүт даҕаны,  киирсэ да сатаабыппыт.  Дьиҥинэн, ол барыл,  Уһук Илин уонна Байкал регионнарын барытын хабан, кэлимсэ сайыннарар ис хоһооннооҕо. 

Оттон сокуон иккис барылын – ТОРдары тэрийии (биир сири сайыннарыы, точечнай сайдыы) – РФ правительствотын  көҕүлээһинэ. 

РФ түргэнник сайдар территориялары тэрийэр төрүөтэ – геополитикаҕа сытар. Ол соруйан, биһигини сахалары атарахсытаары дуу, абааһы көрөн дуу оҥоһуллубут сокуон буолбатах.  Кэм ирдэбилигэр эппиэттэһэн, судаарыстыба интэриэһин көрөн итинник дьаһанар. Холобур, Уһук Илин урут 9 мөлүйүөн нэһилиэнньэлээх эбит буоллаҕына, 20-ччэ сыл кэнниттэн, 6 эрэ мөлүйүөн киһи хаалла. Ол биһиги республикабытын, ханна да улаханнык кэлбэт-барбат 1 мөлүйүөн киһитин ааҕан туран. Кытайы кытары кыраныыссалаһар Амурскай уобалас, Приморскай, Хабаровскай кыраайдар утары сытар КНР хотугу провинциятыгар олорор дьон ахсаана 80 мөлүйүөнтэн 160 мөлүйүөҥҥэ тиийдэ. Бу хабараан элбэх кытай дьоно Уһук Илин кураанах сиринэн таах курдат ааһар кыахтаахтар. Оннук да буола турар. Ол иһин кытайдар экспанцияларыттан дьаахханан, Россия Уһук Илиҥҥэ дьону олохсута  охсоору, нэһилиэнньэтин элбэтээри - босхо сиртэн саҕалаан түргэнник сайдар территориялары (ТОР) тэрийэ сатыыр. Кытай балысханнык сайда турар, оҥорон таһаарар бородууктатынан – ВВП-тынан, сэтинньигэ АХШыны сабырыйан таҕыста. Уопсайынан, АТР дойдулара бары оҥорон таһаарыылара үрдүү, сайда турар.

-          Россия илиҥҥи территориялара эмиэ сайыннарыахтаах?

-          Оннук бөҕө буоллаҕа.  Ол иһин Госдума ыксал-тиэтэл быыһыгар ТОСЭР туһунан сокуону ылына охсор буоллаҕа. 

Биһиги салалтабытын, правительствобытын, Ил Түмэни да буоллун  элбэхтик хаарыйаллар да буоллар, дьиҥинэн,  бэйэбит туруорсуубутун тиһэҕэр диэри тиэртибит эбээт. Холобур, олохтоох тэрилтэ, дьон ТОР проегар киирсэригэр, үлэлииригэр сүүйүүлээх балаһыанньалаах буолуохтаах диэн этиибитин Госдума иккис ааҕыытыгар ылынна. ТОРга үлэлиир тэрилтэ үлэтин хамнаһын тэрийиэн иннинэ, 3 ый иһигэр булгуччу олохтоох региону кытары сөбүлэҥ түһэрсэр эбээһинэһин эмиэ ситистибит. Ол сөбүлэҥҥэ, ТОРдар үлэлэрин торумун, хайысхатын, кэлин манна үлэлээн бүтэн баран сири-уоту, үлэни-хамнаһы хайдах үмүрүтэллэрин эмиэ ыйыахтаахтар. 

-          Атын субъектар парламеннара Ил Түмэн көҕүлээһинин өйөөбүттэрэ дуу?

-          Өйөөн.  Уһук Илин уонна Байкал регионун парламентарийдарын ассоциацията улаханнык өйөөтө.  

-          Дойдугар собуот тутулларын туһунан туох санаалааххын? 

-          “Илин эҥэр” проект, бастаан, ТРУТНЕВ салайар хамыыһыйатын дьүүлүн ааһыан наада, онтон эрэ РФ правительствотын бигэргэтиитин ылыахтаах. Билигин проект барыла эрэ хамыыһыйаҕа сылдьар. Дьиҥнээх проектнай-сметнай документация (ол иһигэр - айылҕаҕа содулун, олоххо-дьаһахха сабыдыалын сыаналааһын, общественнай истии о.д.а.) оҥоһулла илик.  

-          Оччотугар олоҕо суох  айманыы тахсан эрэр дуо?

-          Сурах хоту “суох” диэн барытын утара олорор сыыһа. Бастаан үөрэтиэххэ-чинчийиэххэ, түмүк оҥоруохха наада. Ол кэнниттэн, өрүстэн чугас проектаммыт буоллаҕына – ыраатыннарыахха, тутуллар технологиятын үөрэтиэххэ, айылҕаҕа дьайар содулун суоттуохха-учуоттуохха наада. Олох букатын кыаллыбат, сатаммат буоллаҕына, үлэтин хайысхатын уларытыахха да сөп, ол да хоромньута элбэх буоллаҕына – түмүк уһугар, оттон, аккаастаныахха да сөп буоллаҕа эбээт.  Ол гынан баран, туох барыта сиэр иһинэн, кэмигэр, бэрээдэк быһыытынан, аймаммакка киһилии быһаарсыынан барыахтаах.   

- "Вацапка"...

- ...Биир байыаннай бөртөлүөт көппүтүгэр, сурах-садьык туохха-туохха тиэртэ? Онон, “үһү” дии-дии сурах  хоту омуннурбакка, олохтоох салалта, депутаттар, ситэриилээх былаас, нэһилиэнньэ да буоллун, бэйэ-бэйэни кыынньаабакка, тэҥҥэ  үлэлиэхтээхпит. 

- Саахал тахсар куттала баар дуо?

-Ханнык баҕарар промышленнай объект – кутталлаах категорияҕа киирсэрэ биллэр. Газохимическэй собуот саахала, интернеттэн көрдөххө, 1984 сыллаахха Индияҕа тахсыбыт. Саахал тахсар, өскөтүн тутуу уонна үлэ технологията кэһилиннэҕинэ.  Индиятааҕы саахал кэнниттэн 30-ттан тахса сыл ааста, технология күүскэ сайынна. Биһиги собуот тутар да буоллахпытына, техническэй ситиһии тиһэх технологиятынан собуоппутун тутуохтаахпыт. Маны таһынан биири бэлиэтиэхпин баҕарабын,  билигин улуустарга, нэһилиэктэргэ правительство отчуоттара саҕаланнылар. Аймалҕан – информация ситэ тиийбэтиттэн тахсар, онон правительство отчуотугар бу боппуруос болҕомтоҕо ылыллан, дьоҥҥо толору информацияны тиэрдиэххэ наада. 

-          Эн,  депутат быһыытынан, дойдуҥ дьонун көрүстүҥ дуо?

-          Бэҕэһээ эрэ Тиэлигинэн, Хочонон, Чыамайыкынан сылдьан кэллим. 

-          Дьон санаата хайдаҕый?

-          Информацията суох олороллор. Чуолкайдаһаллар, сыныйан ыйыталаһаллар.

***

1Петр АММОСОВ, Ил Түмэн депутата:

-          Тимир суол кэлбитин утарбыппыт, гаас хостонорун утарбыппыт, алмааһы хостоомоҥ диибит... Аҥаар кырыытыттан барытын утар да, утар... Уонна хантан сайдабыт, хантан харчыланабыт?! Сир баайыттан туһаммаппыт диэн суланабыт. Туһанаары усулуобуйа тэриллэн эрдэҕинэ – эмиэ  утарабыт! Промышленность – харчы, переработка – харчы. Сахалары харчылаах сиргэ чугаһаппаттар диэн ытааһын-соҥооһун муҥутуур уонна эмиэ бабат-татат – бэйэбит сирбитигэр переработка собуота тутулларын эмиэ утарабыт! Саха сирин үрдүнэн биир да остуолга ууран биэрэр собуоппут суох. Сэлээркэни, массыына арыытын, бензини Усть Куттан ыарахан сыанаҕа таһарбыт дуу, бэйэ сиригэр хостоммут бэлэм турбанан сүүрэн кэлбит гаастан уматык, оттук оҥостон удамыр сыанаҕа оҥостон ыларбыт дуу?! Турар сирин быһаардахха, ама тоҕо собуот тутуллуо суоҕай? Мин утарбаппын. Утарбаппын диэн биир хаһыакка эппитим да, бэчээттээбэтэхтэр дии...

***

Ааҕааччыларбытын бу боппуруос тула кэпсэтиигэ ыҥырабыт. Кытаанах тылы туттубакка эрэ, бэйэҕит санааҕытын үллэстэргитигэр көрдөһөбүт.

  ***

Туйаара НУТЧИНА,
Аартык.ру

 

Комментарии 

#1
Мира 07.02.2015 23:05
Туттуннар ээ. Барыта куьа5ан буолан истэ5эй.
#2
мин 08.02.2015 02:01
Собуорун СР туппат. Сири эрэ биэрэр. Барытын харчы уган тутааччы уонна РФ быһаарар. РС бэйэтэ дьаһанар' дьаһайар статуһун. биэрбитэ. Холобур сүгэннэн этэ эттир. эрдэххэ кыырпах бырдаҥалаабытыт тан ыт оҕото тииһээччи этэ. Тех. спирт эмиэ полуфабрикат. Тиэйэр илдьэн плассмассаттан тэриллэри оҥоруохтара. Нолуотаан туһаныахха сөп да сүрүн нолуок бэлиитикэтин Ил Түмэн оҥорбот. Нолуок бэлиитикэтэ күн сарсын уларыйыан сөп. Онно орооһор судаарыстыбанна спыт суох. Тоҕо ону дьаныһан туран суох гынылларын. өйдөнөр ини.
#3
Лыткин 08.02.2015 09:42
суох ейдеммет.быьаар ан биэриэн этэ.
#4
ойо суох 08.02.2015 10:24
тойоттор урдук тойотторго аат ылаары соп дииллэр норуокка кысамматтар ону бисиги тойотторбут насаа учугэйдэр. собулэсэллэрэ чуолкай!
#5
Аа5ааччы 08.02.2015 13:57
Оо дьэ сагаланна ээ. Киьилии кэпсэтиэххитин. Урдтуттэн "тойон*хотун" диэбэккэ. Конструктивно, по существу дэнэр быьылах...
#6
Лаахы 08.02.2015 13:58
Ити бутэһик киһи Оммуоһап сөпкө эппит.
#7
Биhиги, 08.02.2015 18:19
барыттан бары куттана сырыттахпытына сайдыбаппытыгар тиийэбит. Атын уобаластар ити собуоту бэйэлэригэр туттарыахтарын саныыллара буолуо даганы того эрэ Саха Сирин проегын талбыттар быhыылаах дии, онон бары эйуэх тустаахпыт. Аммосов сепке этэр, онон куттаммакка нефтехимическай собуот тутулларын эйуэххэ, элбэх улэ миэстэтэ тахсыа, итинник собуокка улэлиэх айылаах Москубага Губкин аатынан институту бутэрбит оголор миэстэлэрин булбакка атын сирдэргэ улэлииллэр. Мин собуот тутулларыгар куоластыыбын.
#8
Vjik 08.02.2015 20:54
И базальт завод тоже надо поддержать. Раз на это пошло. Или только один проект должен пройти?

Источник: aartyk.ru
 
Category: Экономика и СЭР | Views: 1518 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Олунньу 2015  »
БнОпСэЧпБтСбБс
      1
2345678
9101112131415
16171819202122
232425262728
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 25
Ыалдьыттар (гостей): 25
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024