News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2015 » Олунньу » 17 » “Штыров дьыалата”
“Штыров дьыалата” | 19:03 |
“Штыров дьыалата”
1999 сыл бµтµµтµгэр СР президенин оччотоо±у сµбэґитэ, биллэр суруналыыс И.Николаев «Наступление Штырова» уонна ити ыстатыйа сахалыы тылбааґа «Јйдінµіххэ – куттал суоґаата» диэн ыстатыйата оччотооҕу “КыымІа” бэчээттэммитэ.
Соґуйуу-імµрµµ буолбутун, Штыров сууттаґарынан куттаабытын ійдµµбµн. Дьон араас санааны эппиттэрэ: ким эрэ сібµлэспитэ, ким эрэ, куруутун буоларыныы, куттаммыта, купчуччу туттуммута, сорох сыыґанан аахпыта. Омун-тілін сыыйа намыраабыта, Штыров суутунан куттаабат буолбута.
Иван Игнатьевич ол 16 сыллаа±ыта іті кірін суруйбутун билигин сі±і саныыгын. Кини Саха сирин уонна Москва политиктарын чугастарыгар сылдьан, µчµгэйдик анаалыстыыр, тµмµктэри оІорор µірµйэ±инэн сіпкі да сэрэппит эбит дии саныыгын. Бµгµн кини сэрэтиитэ олоххо киирбитин кірібµт.
И.Николаев ити 1999 сыллаахха бэчээттэппит дириІ ис хоґоонноох суругар Штыров 2001 сылга Саха Республикатын президенэ буоларга суоттаммытын уонна ол Саха сиригэр туох кутталы µіскэтэрин суруйбута. Ити иннинэ Штыров, «АЛРОСА» президенэ буолаат да, республика±а алмаастан нолуок киириитин аччатарга дьулуспутун санаппыта. президент буолар тµбэлтэтигэр бу киґи іссі кутталланар диэн тµмµккэ кэлбитигэр оччолорга улахан бол±омто ууруллубатах эбит. Оттон Штыров президент буоларга ханнык хардыылары оІорбутун кини эмиэ чуолкай ыйбыт: Ил ТµмэІІэ «АЛРОСА» салалтатыттан хастыы эмэ дьокутааттаах буоларга; Арассыыйа Госдуматыгар бэйэтин киґитин хайаан да киллэрэргэ; итилэр кімілірµнэн Саха сиригэр былааґы ыларга.
Саха Республикатын оло±ун тупсараары былааска тардыспата±а, кини кэннигэр биллибэт кµµстэр турбуттара, кинилэр баай-талым олоххо тиксиэхтээхтэрэ кэлин биллэн, арыллан испитэ.
Оччотоо±у кэм тыынын И.Николаев хайдах дьоІІо тиэрдэ сатаабытын кини суругун сорох лоскуйдарын а±аллахха ордук итэ±этиилээх буолуо±а: … «АЛРОСА» республика±а аренда иґин тілібµрэ ити кэмІэ 5.5% аччаабыт, ол эбэтэр 2.2 млрд. солк. сµтэрбиппит»; «Хаґан эрэ син биир алмаас империята республиканы сыыйа хам ылан барыа±а диэн элбэх саха сэрэхэдийэр этэ. Ол дьэ биллэн-кістін эрэр»; «М.Николаев µґµс болдьоххо барара уустук, Конституциябыт кіІµллээбэт: икки хааччах баар – икки эрэ болдьох быґыллар, президеІІэ талыллар киґи 60 сааґын ааґыа суохтаах. Онтон «АЛРОСА» салалтата эр ылар, Ил Тµмэммитигэр сабыдыаллыыра улахан буолан М.Е.Николаевка туґалаах кіннірµµлэри Конституциябытыгар киллэрбэккэ булгу сананан сылдьаллар эбит»; «Оттон В.А.Штыров саха омук кэскилигэр кыґал±ата кыра, суох да диэххэ сіп… Былааска кэлэр тµгэнигэр В.А.Штыров кэлэрдии кэлиэ±э.
Икки болдьоххо баґылаан олорон баран, бэйэтин олох чугас, эрэллээх киґитин олордуо±а, оччо±о эрэ ір кэм устата µіґэ кµірэйэн, баай-талым олохтонон сылдьыа±а»; «Миигин µлµннэрэн, кµµркэтэр диэмэІ. Бу маннык матырыйаал суруйа сылдьарбын истэ-билэ охсоот, В.А.Штыров илэ бэйэтинэн харса суох ыгааґын, куттааґын бі±і буолла, ол аата сіпкі таайбыт, сэрэйбит, дьиксиммит эбиппин»; «Итинтэн да кістірµнэн, биґиги, сахалар, хойутаан эрэбит, хаґыаттарбыт кытта атыыланан бµппµттэр, кэлин бу маннык ис хоґоонноох матырыйаалы ханна да кыайан быктарбат буолуохпут»; «Онон, бар дьоммор этэбин, ыІырабын – «АЛРОСА», В.А.Штыров далааґыннаах, ула±алаах кимэн киириитин тохтотуохха, саха омугу атыылаґар, хам баттыыр, куттуур кыаллыбатын кинилэргэ ійдітµіххэ. Хойутаан ійдінніхпµтµнэ – кэмсиниэхпит, тугу да гынар, кіннірір кыахпытын сµтэриэхпит. Туох куттал суоґаан эрэрин ійдіін, сэрэнэн – тµмсµіххэ, ЧыІыс хаан, Эллэй, Тыгын удьуордара буоларбытын умнумуохха».
И.Николаев бу суругун Ф.П.Егорова иккистээн тилиннэрбит “Кыым” хаґыатыгар таґаарбыта. АЛРОСА-тан уонна гааспытын былдьаан байар-тайар тµікµннүү майгылаах Магомедовтартан µбµлэнэр уонна Штыровы хайгыы олорор билиІІи “Кыым” маннык ыстатыйаны таґаарыа дии саныыгыт дуо? Суох буолла±а! Иван Игнатьевич «хаґыаттарбыт атыыланан бµппµттэр» диэн тыллары ол 1999 сыллаа±ы суругар кыбыппыт. Оттон билигин ол «атыыланыы» іссі сайдан иґэрин кірі олоробут. А.Максимов, Э.Берёзкин сыыґа тутталларын кэтээн олорор курдуктар. Е.Борисов даачатыгар икки киґи суорума суолламмыта таах хаалла±а, хаґыаттар кыґамматтар. Арай “Туймаада” эрэ хаһыат дайджест-балаһатыгар бэчээттэммитэ.
Иван Игнатьевич барытын іті кірбµтэ кістµбµтэ: Ил Тµмэн, кыах баарын µрдµнэн, кэмигэр Конституция±а кіннірµµ киллэрбэккэ Штыров президент буоларыгар суол аспыта; Штыров Ил Тµмэн биир палааталаах буоларын ситиспитэ, ба±арбыт дьонун барытын онно дьокутаат оІортообута, бэл Госдума±а Басыгысовы икки болдьоххо олордубута; Мииринэйгэ кімілті харчытын сиэн сууттаммыт Чуйконы, кэлин бэйэтин «µтµі» міссµінµн кірдірбµт Грабцевиґы, о.д.а. а±алтаан правительство±а µлэлэппитин, эрэллээх киґитин Е.Борисовы былааска таґаарбытын, кыахтаах, утарылаґар дьону суох оІортообутун, тэйиппитин республика барыта билэр.
Кини бэйэтин бары куґа±ан дьайыыларын сорох сахалар илиилэринэн оІотторбута эмиэ мэлдьэх буолбатах. Ґгµс холобуртан биири а±алабын. «Московский комсомолец» в Якутии» хаґыат (кырдьыгы суруйарын иґин буолуо, Саха сиригэр билигин тахсыбат) 2003 сыллаахха сэтинньигэ «Депутатский мандат за… миллион долларов» диэн киґи эрэ сі±ір ыстатыйатын таґаарбыта. Онно Штыров былааска киирээт 2002 сыллаахха бэйэтин киґитин, «АЛРОСА» вице-президенин А.Морозкины Ил Тµмэн дьокутаата оІорбутун туґунан суруллар. Штыров «АЛРОСА» аґыллыбатын, киниттэн аренда иґин тілібµр (республика сµрµн дохуота) сотуллубатын туґугар туруулаґар аатыра сылдьар кэмэ этэ.
Аллараа Халыма баґылыга А.Шарин уонна «АЛРОСА» вице-президенэ А.Морозкин икки ардыларыгар Дуогабар тµґэрсиллэр. Дуогабар быґыытынан, Аллараа Халыма улууґугар «оло±ун чэпчэтинэригэр» диэн ааттаан 32 мілµйµін солкуобайдаах (1 мілµйµін дуоллар) иэс биэрэллэр. Иэґи хайдах тінµннэрэллэрэ интэриэґинэй: µс сыл буолан баран, 2005 сылга аренда иґин тілібµр харчытынан (бµтµн республика суотугар), эбэтэр ити кэмІэ аренда харчыта былдьанар тµбэлтэтигэр (хараардыллыбыт тыллар Дуогабарга пуун быґыытынан киирэ сылдьаллар), Аллараа Халыма бэйэтин бюджетын аччатыы суотугар. Ити кэпсэтии тµмµгэр А.Морозкин Алаґыай уокуругар Ил Тµмэн дьокутаата, спикеры солбуйааччы, Конституция, суверенитет сотулларыгар, Штыров туґалаах баайы батарар былаана туоларыгар тіґµµ кµµс буолар.
Морозкин уонна Шарин бµтµн республика µбµн-харчытын таарыйар Дуогабары оІостоллоругар µп миниистириттэн, дьокутааттартан ыйыппатахтарын хаґыат сі±ін суруйар. Манан сибээстээн ыйытыылар µіскээн тахсаллар: бу 32 мілµйµін солкуобай кэмигэр судаарыстыба±а тіннµбµтэ, ким эмэ итини хонтуруоллаабыта дуо, эбэтэр ким эрэ хармаанын хаІаппыта дуу?; «АЛРОСА»-тан киирэр аренда иґин тілібµр сотулларын Штыров оччотоо±уга (2002 с.) билэн, сібµлэґэн олорбута дуо?
В.Штыров президенниир кэмигэр «АЛРОСА» дьыл±ата хайдах быґаарыллыбытын, чох, кыґыл кімµс, µрµІ кімµс, хор±олдьун, тимир, сµрµмэ актыыптара туох да утарыыта суох батарыллыбытын бары билэллэр. Ґксэ буор-босхо, эбэтэр босхону эрэ µрдµнэн, республика±а барсы киллэрбэккэ, кэлэр кілµінэ±э тугу да хаалларбакка барбыта. Оттон ол батарыыттан кимнээх тус бэйэлэрэ туґаммыттара, хармааннарын хаІатыммыттара биллэр кµнэ-дьыла хаґан эмэ син биир кэлиэ±э.
«АЛРОСА» (урукку НПХ «Якуталмаас) урут-уруккуттан, сэбиэскэй са±аттан, криминальнай эргимтэни бэйэтин тула µмµірµппµт а±ай тэрилтэ. Ханнык эрэ «Мерседестээх Жора» сµµрбэччэ алмаас кыырпа±ын дьахталларынан уордарбыта айсберг ууттан быкпыт кістµµтэ эрэ, уу анныгар, дириІІэ тіґіті эбитин быґаарар билигин кыаллыбата буолуо. Оччолорго ону быґаара сатаабыттар, ордук олохтоох каадырдар истэриттэн, баар буола сылдьыбыттарын история кэрэґэлиир. Алмааґы учуоттуур, харабыллыыр тэрилтэ салайааччыта М.Васильев уонна Удачнайдаа±ы ХБК кылаабынай инженерэ С.Алексеев ал±ас быстах ілµµгэ былдьаммыт аатырбыттарын итэ±эйээччи а±ыйах буолуо. Кинилэр дойдуларын баайын кімµскэґэн мэґэй буолбуттарын иґин суорума суолламмыттарын киґи ордук итэ±эйэр.
Штыров алмаас тойоно эрдэ±инэ «АЛРОСА» салалтатыгар ір кэмІэ таґаарыылаахтык µлэлии сылдьар олохтоох каадырдар хампаанньаны аґа±ас оІоро, республикаттан таґаара сатыыр кэмнэригэр µлэлэриттэн ууратыллыбыттара. В.Власов, Г.Яковлев, А.Попов эмиэ мэґэй буолуохтара диэн киэр тэбиллибиттэрэ дуо? М.Васильевы уонна С.Алексеевы курдук дьаґайбатахтарыгар махтаныах курдукпут, култуурунайдык, олохторун хааччыйан атаарбыттарыгар µірэбит. Олохтоох каадыр, патриот дууґалаах киґи дойдутун халыыры син биир утарарын, ол иґин туора кірµллэрин, атарахсытылларын биґиги А.Максимов холобуругар кірін олоробут. Бу туґунан санаабын инники толору этиэ±им.
Дьэ онон Штыров президент буолаат кіміліґііччµлэрин кытта республика баайын сµрµн актыыптарын батарбыта. Ньиэби, гааґы батарыыга олохтоох каадырдар іттµлэриттэн эрдээх утарсыыны кірсін куомуннаахтарын кинилэри утары туруорбута. Олохтоох каадырдар диэн ньиэпкэ, гааска бэккэ сыстан ситиґиилээхтик µлэлээн испит А.Максимовы, И.Пахомовы, И.Чикачевы уонна В.Рожины этэбин. Кинилэри босхолуу-босхолуу хаайан сордообуттара алта сыл буолла, билигин эмиэ хаайыыга олороллор, кинилэри республикаларын тас іттµгэр этаптаабаттара, М.Васильев уонна С.Алексеев курдук дьыл±алаабаттара буоллар дэґэбит. Штыров Саха республикатын µрдµкµ былааґын кімітµнэн сибилигин да дьайар кµµґэ ситэ іґµллэ илигиттэн, кинини араІаччылыы сатыылларыттан дьаарханан…
Оттон Штыров куомуннаахтара кимнээ±ий диэххит. Эмиэ бэчээккэ киэІник суруллубукка тирэ±ирэн ааттаталыым. Баґыйар µксэ Кµннээх Кавказ дьоно: Гуцериев, Омаров, Амиров, Билалов, Сафиев, Бестолов, Джабраилов, Бажаевтар, Магомедовтар, Маргания, Кикнадзе; итини таґынан хайа омук буоларын ыйбат араспаанньалары эмиэ аа±абыт – Кудрин, Званцев, Поляков, Ходорковскай, Невзлин, Лебедев, Винокуров, Калитин, Ничипорук, Выборнов, Андреев, Грабцевич о.д.а. Оттон республика иґигэр саамай чугас дьоно – бэйэтин оннугар хаалларбыт, дьыалатын сал±ааччыта – Е.Борисов, донуосчута - А.Николаев.
Саха сирин баайын µллэстээри хайдах курдук µір бірілµµ µмµірµспµттэрин кірµІ! Республика олохтоо±ун дьыл±ата кинилэргэ ханнык да суолтата суох. Штыров бу дьонун кытта соро±ор ииссэрин, тыл-тылларыгар киирсибэттэрин, эйэлэґэрин, салгыы куомуннаґарын туґунан суруллар. Тайа±ы суулларбыт µір бірі сиэртибэтин тырыта тыытан сииригэр ырдьгынаґан, хапсан ыларын санаппат дуо, бу?
1998 сылга республика правительствота «Саханефтегаз» тэрилтэ акциятын улахан іттµн АК «АЛРОСА»-±а атыылыыр, оттон кырата, ити са±ана Саха сиригэр кэлбит, «ЮКОС»-ка атыыланар. «АЛРОСА» государственнай тэрилтэ быґыытынан алмааґы эрэ буолбакка, ньиэби, гааґы кытта дьаґайар, араІаччылыыр бырааптанар. «Саханефтегаз» мілтіх балаґыанньатын кінніріргі диэнинэн итини быґаараллар. 2001 сыл ахсынньытыгар буолуохтаах президент быыбарын иннигэр Штыров «АЛРОСА» «Саханефтегаз» акциятын «ЮКОС»-ка атыылыыр кистэлэІ дьаґалын таґаарар уонна республика µрдµкµ салалтата ону ійµін ба±арар. Ол гынан баран М.Николаев, В.Власов, атын да µрдµкµ чиновниктар кини дьаґалыгар илии баттыахтарын ба±арбаттар. Арай тыа хаґаайыстыбатын сµрµннµµр правительство бэрэссэдээтэлин солбуйар И.Долинин эрэ баттыыр, онон Штыров ба±ата туолар. Дьон ійдµµр буолуохтаах, сотору Штыров президент буолан баран ити дьаґалын утарбыттары барыларын µлэлэриттэн уураталаабыт айдаанын. Илии баттаабыт И.Долинин эрэ Москва±а кіґірµллэн дьиэ-уот, массыына ылан кµннээбитин туґунан суруйбуттарын.
«ЮКОС» «Саханефтегаз» акциятын «АЛРОСА»-тан атыылаґан республика биир сµрµн тэрилтэтин хаґаайынынан буолар. Оттон акция атыытыттан республика±а биир да солкуобай киирбэтэх, атыттар туґаммыттар. Республика баайын атыылаан бараннар Штыровтаах балачча±а суоттаммыт курдуктара µґµ да, кыра±а тиксэннэр, кыыґырбыттар-уордайбыттар диэн суруйаллар.
«ЮКОС» бас билэр тэрилтэлэригэр киллэрэр харчытын, ол иґигэр хамнаґы эмиэ, кредит быґыытынан биэрэр µгэстээх эбит. Онон хаґан да тілірµйбэт хабала±а ылаттыыра дииллэр. Ол сылдьан «ЮКОС» биир улахан сыыґаны оІорбутун бэлиэтииллэр – 2003 сыллаахха А.Максимовы «Саханефтегаз»-ка президенинэн олордор. Киґилэрэ хабалаттан тахса сатаан, саамай сыаналаах актыыптарын республика бас билэр «Саханефтегазтранс»-ка кµрэтэр. Манна сокуону кэґии суо±а буолуо дииллэр, онтон атын оччотоо±у модун «ЮКОС» суутунан тіттірµ ылыахтаа±а µґµ. А.Максимов ыарахан балаґыанньалаах µлэлии сырытта±ына Ходорковскайы хаайыыга олордоллор. «ЮКОС» µллэстиигэ барар, онно µлэлии сылдьыбыт дьон А.Максимовы туоратан баран «Саханефтегаґы» былдьыырга сананаллар. Званцев диэн киґи ити кэмІэ А.Максимовтыын таґырдьа бырахса сатаан баран кыайбата±ын дьон ійдµµрэ буолуо. Поляков диэн Максимовтаахха дьыала тэрийэ сатаабыт, кэлин омук сиригэр кµрээбит киґилиин айдаан эмиэ итиннэ майгынныыр.
Дьэ манна Штыров дьонноро, Кавказ уолаттара тиийэн кэлэллэр. Ингуш М.Гуцериев «ЮКОС»-тан акция атыылаґан ылар уонна былааґы ылыан ба±арар. Кини утары туран киирсиигэ А,Максимовка кыайтарар. Бу кэмІэ «ЮКОС» бµтэґиктээхтик эстэр, Арассыыйа µрдµнэн кини баайын µллэстии буолар. «ЮКОС» Саха сиригэр кэлиитин биир тірµітµнэн, «Таалакааны» бас билиэн ба±арбыта диэн этэллэр. Кини эстиитин тµмµгэр «Таалакаан» баай ньиэптээх, гаастаах сирин «Сургутнефтегаз» босхо ылар. «ЧайыІда» курдук сі±µмэр баай «Роснефть» хампаанньа±а тиксэр.
Р.Бестоловы кытта Штыров іссі 1992 сылтан ыла до±ордоспут. Бу киґи «Алмазолотокомплект» диэн алмаас, кімµс эйгэтигэр саамай хоруупсуйалаах, араас холуобунай дьыала±а эриллибит тэрилтэ салайааччыта эбит. Бу киґи ханна тиийбитэ билигин биллибэт.
1999 сылга Штыров «АЛРОСА» президенинэн олорон «Собинбанк» коммерческай баан вице-президенэ Х.Омаров ыІырыытынан бу баан Директэрдэрин сэбиэтин чилиэнэ буолбут. 7 млрд. дуоллар криминальнай харчы бу баан ніІµі аґарыллыбытын бэлиэтииллэр. Штыров до±оро Х.Омаровтыын іссі 2000 сыллаахха «АЛРОСА» ИГ (Инвестиционнай группа) тэрийбиттэр. Сыала-соруга: Саха республикатын баайын-дуолун уонна АК «АЛРОСА» актыыптарын былдьааґын. ИГ директордарын сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн Х.Омаров талыллар, иккис киґинэн И.Кикнадзе буолар. Кэлин кинилэргэ О.Маргания холбоґон Х.Омаровы солбуйар. «И очень скоро ИГ «АЛРОСА» начала подкладыать под экономику Республики Саха (Якутия) мощные мины замедленного действия, которые в заданное время взорвали экономику республики» - диэн суруйбуттара. Кэлин биллэхпитинэ, бу ИГ республика баайын батарыыга, суох оІорууга, кэлэр кілµінэ туга да суох хаалыытыгар оруола сµІкэн эбит.
2002 сылга Штыров президент буолбут инаугурациятыгар кµндµ ыалдьыт быґыытынан ыІырыллан сылдьыбыт Х.Омаров кэлин кыраныысса таґыгар кµрээбит. Кини кыраныысса таґыгар кµрээґинэ чечен боевиктарыгар харчынан кіміліґµµтэ арыллыбытыттан буолуо дииллэр. Эбэтэр, кини биир быраата кыраныысса таґыгар кµрµµ сылдьан ілірµллµбµтэ, оттон атын быраата ілірµіхсµттэр баандаларын салайа сылдьан 19 сылга хаайыыга тµбэспитэ, эбэтэр ИГ кытта сибээстээх дьыалалар арыллар кутталлара суоґаан омук сиригэр куотарыгар 굴эйдэхтэрэ диэн эмиэ саба±алыыллар. Штыров биир до±орун дьыл±ата итинник. Оттон Х.Омаров солбуйааччыта 49 эрэ саатаах И.Кикнадзе соґуччу ілбµтµттэн «соґуйаллар». Оо±уй о±устар бэйэ бэйэлэрин сиэґэн эрэллэр диэччилэр оччолорго бааллар эбит.
Јссі маннык тµгэни суруйалларын тумнан ааґар табыллыбат. «АЛРОСА» ИГ µґµс киґитэ О.Маргания (Х.Омаровы солбуйбут) чугастык билэр киґитигэр, «Балтонэксимфинанс» баан тойонугар А.Винокуровка 2001 сыл ахсынньытыгар (Президент быыбарын иннигэр) М.Николаевы суукка биэрэргэ сорудахтыыр. Кинини быыбартан туоратан баран Штыровка суол аґаары. Тірµітэ – ити бааІІа Саха республиката 20 міл. солк. биэрэр иэстээ±ин оччотоо±у Ґп миниистирэ А.Кугаевскай кэмигэр биэрбэтэх, іссі биэрэртэн олох да аккаастаммыт. М.Е.Николаевка сууттуубут, эбэтэр Штыров туґатыгар кандидатура±ын устуна±ын диэн аґа±астык эппиттэр. Оттон манна дьиІ буруйдаах А.Кугаевскайы О.Маргания этиитинэн «АЛРОСА» ИГ µлэ±э ылбытын туґунан суруйаллар. Соторутаа±ыта ілбµт АК «АЛРОСА» тойоно Ф.Андреев уонна М.Николаевы быыбартан туораппыт А.Винокуров урут бииргэ µлэлээбиттэр, чугас до±ордуулар эбит. Дьэ, итинник!
Соторутаа±ыта Ф.Андреев ілін, кімµллµµтµгэр Е.Борисов бырастыылаґа Москва±а тиийбитин уонна до±оругар Мииринэйгэ ійдібµнньµк оІорорго тыл киллэрбитин хаґыат бэчээттээтэ.
Гааспытын (оттукпутун – билиІІи уонна инники кэскилбитин) хайдах быґыылаах батарбыттарын туґунан киґи салгыан курдук элбэхтик сурулунна. «Якутгазпрому» Зиявудин Магомедов «Сумма Капитал» диэн хас эмэ салаалаах улахан тэрилтэтигэр 620 міл. солкуобайга атыылаґан ылбыт. Гаас сыанатын µрдэтэн бэйэтигэр ол харчытын сыл устата тінµннэрбит. Куруутун республика бас билиитинэн аатырбыт «Якутгазпрому» аатын уларытан «ЯТЭК» диэн сµрэхтииллэр, А.Абдурагимовы салайааччынан олордоллор. Сотору буолаат 1.6 млрд. дуолларга, атыыласпыт сыаналарын 86 бµк улаатыннаран бэйэбитигэр тіттірµ атыылыы сатыыллар диэн суруйбуттара.
Биллэн турар, тэрилтэлэрин Устаабын, Дириэктэрдэрин сэбиэтин састаабын уларыта охсоллор. Ити иннинээ±и Директордар сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ И.Чикачев уонна да атын олохтоох специалистар туоратыллаллар, Саха сиригэр прописката да суох бэйэлэрин дьоно ити салалта±а киирэллэр. 2012 сыллаах «ЯТЭК» Директордарын сэбиэттэригэр А.Винокуров диэн араспаанньалаах киґи киирбитэ баар. М.Николаевы быыбартан уґултараары суукка биэрэ сатаабыт киґи буолбата±а буолуо дуо? Ити сыл атырдьах ыйын 10 кµнµгэр Директордар сэбиэттэрэ мунньахтаан баран «ЯТЭК» баайын 19 346 719 753,49 (уон то±ус миллиард µс сµµс тµірт уон алта мілµйµін сэттэ сµµс уон то±ус тыґыынча сэттэ сµµс биэс уон µс солкуобай тµірт уон то±ус харчы) солкуобайдаах суума±а сыана быспыттарын туґунан суруйуу баар. Итинник баайы баара-суо±а 620 мілµйµіІІэ ылбыттара халааґын буолбатах дуо?
Магомедовтар уонна кинилэр тастыІ убайдарын А.Билалов тустарынан µгµс атын суруйуу баар.
Дагестан тыатыгар улааппыт уолаттар боевиктарга дьону ыйан биэрэн уордаран солуокка туттаран, онон харчыланан сылдьыбыт кэмнэрэ баарын туґунан биир дойдулаах, аатын куттанан эппэтэх, милиция µлэґитэ сырдаппыта баар. Москва±а Улахан театр эрэмиэнин сметатын хас эмэ бµк µрдэтэн оІорбуттарын, кімµґµ, малы уорбуттарын Тина Канделаки экрантан эппит. Биллиилээх телевизорынан ыытааччы билигин то±о эрэ экраІІа кістµбэт… Оттон тастыІ убайдара Ахмед Билалов Сочи олимпийскай объектарын тутуутугар сметаны µрдэтэн харчы сиэн омук сиригэр кµрээн кірдібµлгэ сылдьар аатырар. Наґаалаан кэбистэ±э. Кинилэр ол µрдµнэн улахан былаастаах дьонтон быґаччы ійібµллээхтэрин туґунан биирдэ эрэ суруйбатылар. Магомедовтары бакаа «уу да ылбат, уот да сиэбэт». Биґиги республикабыт µрдµкµ салалтата бу дьону таптаан таптыыр. Дэлэ±э да 2012 сыллаахха сэтинньи 20 кµнµгэр Москва±а Саха сирин кµннэрин ыытарыгар бырааттыылары бочуоттаах ыалдьыт быґыытынан ыІыран сырытыннарыа дуо?
Дьэ бу µлµгэрдээх дьону утары Максимовтаах тураллар. Ньиэп, гаас эйгэтигэр салалта±а сылдьыбыт А.Максимов уонна кини до±отторо республика баайа тіннµбэттик баран эрэрин ыарыылаахтык ылыналлар. А.Максимов «Якутгазпром» атыыланара биллибитин кэннэ бу тэрилтэ сµрµн актыыбын республика бас билэр, бэйэтэ салайар «ЯКОЛ»-га кµрэппит. Сорох суруйууларга З.Магомедов «кураанах» тэрилтэни атыылаґан айдааны тардыбыта, Штыров ол иґин куомуннаахтарын кытта А.Максимов µрдµгэр тµспµтэ дэнэр. «ЯКОЛ» тэрилтэни эґэннэр, Кыґыл Сыырга баар µлэлээн испит бензин таґаарар собуоту дагестан дьонугар биэрэннэр, А.Максимов чааґынай бас билэр тэрилтэлэрин былдьааннар «ЯТЭК» сµтэрбитин хайаан да толунна±а.
Манна, мин кірµµбэр сибилигин да бол±омто±о ситэ ылыллыбат, биир суолга тохтуохха наада. Дагестаннар «Якутгазпрому» атыыластылар, ол аата – 307 млрд. куб м айыл±а гааґын, итиэннэ 13 мөл. туонна газоконденсаты баара-суо±а 620 міл. солкуобайга олордон ыллылар дэґэбит. Манна турба, гааґы хостуур, ыраастыыр о.д.а. араас тэриллэр киирбэттэр, итилэргэ «Сахатранснефтегаз» (Саха сирэ бас билиитигэр хаалларыммыт со±отох тэрилтэтэ) хаґаайынныыр. Оттон билигин гааґы хостуур «ЯТЭК» республика бас билиитигэр баар µгµс ахсааннаах скважиналартан тіґітµн ылбыта ханна да ыйыллыбат. 1 скважина орто сыаната 120-200 міл. солкуобайынан аа±ыллар буолла±ына сµµґµнэн скважина±а тиксибит дагестаннар республика±а миллиардынан солкуобайы туспа тіліібµттэрэ буолуо дуо?
А.Максимов «Саханефтегаз»-ґы салайа олорон быра±ыллан сыппыт «Таалакаан-Витим» ньиэп турбатын ситэрэргэ правительство соруда±ын ылан турба тардар аналлаах «Ленанефтегазстрой» тэрилтэни олохтуур. Онно салайааччынан олохтоох специалиґы, И.Пахомовы аныыллар. Ґлэ бі±іті ыытыллыбытын µрдµнэн Штыровтаах бу турба тутуллубатах, µбэ сиэммит диэн сымыйанан баайсаннар дьону сууттаан хаайыыга уктарбыттарын бµтµн республика кірін олорбута. Турба кырдьык тутуллубута, харчы сиэммэтэ±э дакаастанан ити буруй сотуллубута. Билигин арыый атынынан киирэ сатыыллар.
Манна эмиэ дагестаннар сыґыаннаахтара кістін тахсар. Штыров президенниир бастакы болдьо±о бµтэрэ кэлэр. Иккис болдьоххо киирэр наадата тирээбитигэр М.Магомедовы кытта кірсµґэрэ µксээбитэ диэн суруйаллар. Ол кімілісті±і буолуо, Штыров иккис болдьоххо олорбута. Манна биґиги икки сирэйдээхтэрбит кинини иккис болдьоххо олордорго кірдіґін буоппус хомуйбуттарын, онтон да µгµґµ суруйуохха баара да кумаа±ы тиийбэт. Ити барыта республиканы кураанахтыырга кімі буолбутун хаґан эмэ ба±ар ійдµіхпµт. Ньиэппитин Кытайга хачайдаары «ИС-ТА» турбатын тутууга Штыров хайдах курдук хамнаммытын, кылаабынайа ол тутууга Магомедовтар кыттыбыттарын, µлµгэрдээх µпкэ тиксибиттэрин, республика±а соххор солкуобайы киллэрбэтэхтэрин эмиэ билэбит. Бу турбаны И.Пахомов салайар, Таалакаантан ВитимІэ диэри турба таппыт µірµйэхтээх «Ленанефтегазстрой» тэрилтэтэ то±о тардыа суохтаа±ай? И.Пахомов то±о ол оннугар хаайыыга симиллибитэй? Тіґілііх олохтоох µлэґит онно кыттыа, республика±а нолуок киириэ, айыл±а да арчыланыа этэй?
Штыров республикабытын баґылаан олордо±уна, 2007 сыллаахха, Алданнаа±ы сі±µмэр баайбыт «Техснабэксперт» диэн аґа±ас общество±а босхо бэриллибитэ. Бу чааґынай тэрилтэ 2 триллион 269 млрд. 442 міл. солкуобайдаах ураны, 122 млрд. 220 міл. солкуобайдаах кыґыл кімµґµ, 25 млрд. 806 міл. солкуобайдаах µрµІ кімµґµ уонна 126 млрд. 878 міл. солкуобайдаах молибдены олордон ылбыта. Оччолорго, быґа холуйан, доллар курса 25 солкуобайга ылыллан республика 100 млрд. дуоллардаах баайа барбыта суоттаммыта. Ити туґунан мин 2008 сыллаахха тохсунньу 25 кµнµгэр «Ил Тµмэн» хаґыакка суруйбутум.
Бэчээти сирийэн кірдіххі, Штыров куомуннаахтарын баґыйар µгµс ітті кыраныысса таґыгар куоппуттара биллэр, сорохторо ілірµллµбµттэр, эбэтэр ілбµттэр. Бэйэтэ Израильга тахсарга санана сылдьыбытын туґунан баар. Кинини Е.Борисов уонна Ил Тµмэн дьокутааттара сенатор оІорон абыраатахтара буолуо. Федерация сэбиэтигэр В.Матвиенко солбуйааччытыгар тиийэ µµммµтэ. Соро±ор мунньахтарга В.Матвиенконы кытта сэргэстэґэ, уІа іттµгэр олороро телевизорга кістірі. Ааспыт сылга В.Путин Федерация сэбиэтиттэн Украина±а сэриини киллэрэргэ кіІµл кірдµµрµгэр кини В.Матвиенко аттыгар турара. Ханныгын да иґин Штыров Арассыыйа былааґыгар киирэ сатаата да, наґаа чугаґаппатылар курдук. Билигин В.Матвиенко±а солбуйааччы буолбата, кіннірµ чилиэн эрэ, ону да кини дьыалатын сал±ааччы Е.Борисов кімітµнэн… Дьыалата сал±анар – Томтор Тааґы босхо ылбыттарын кірі олоробут.
Штыров Саха сиригэр олорон тіґі баайга тиксибитин таайа сатыыллар да, ол таайтарбат таабырын буолуо. Куруутун ойо±о кинитээ±эр баай буолан иґэр. Туох ааттаах тэрилтэ салайааччыта эбитэй? ДьиІинэн ойо±о да, ханна эрэ омук сиригэр олорор кыыґа да Саха сиригэр туох да сыґыаннара суох эрээри «АЛРОСА» акциятыгар µгµірµтµк тиксибиттэрэ дьикти буолбатах дуо?
Билигин Саха сиригэр «Максимов дьыалата» дьон бол±омтотун тардар диибит да, мин саныахпар, бу – «Штыров дьыалата». Маны олохтоох хаґыаттар – «Якутск вечерний», «Московский комсомолец» в Якутии» уонна Интернет ситимигэр о.д.а. µгµстµк сырдаттылар. Јйдµµр киґи ійдµµрµн курдук. И.Н.Николаевы-Ухханы Айсен Николаев донуоґунан 3 сыл устата эккирэтэн, сууттуу сатаан кырдьыгы кыайбаккалар республика прокурора А.Подласенко бырастыы гынарыгар кірдіґіргі, буруйун билинэргэ 굴эллибитэ. Ухханы сүүһүнэн суукка ыІыран айар µлэтин атахтаан, доруобуйатын алларытан туґаннахтара буолуо.
Онон, «Максимов дьыалата» сабыллан, «Штыров дьыалата» тэриллэн суут дьµµлµгэр тахсар кэмэ кэлэригэр эрэниэ±иІ. Эрэниэ±иІ эрэ буолбатах, кіміліґµі±µІ, сымыйанан сууттанар дьоІІо кµµс-кімі буолуо±уІ, кырдьык туґугар туруулаґыа±ыІ!
Иван БУРЦЕВ.
|
Category: Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения |
Views: 1611 |
Added by: uhhan1
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 105 Ыалдьыттар (гостей): 105 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|