Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2015 » Олунньу » 18 » Күннээҕи көрүнньүк күлүгэ
Күннээҕи көрүнньүк күлүгэ
20:08
САХА СИРЭ / Итии чэй

Күннээҕи көрүнньүк күлүгэ

Анатолий павлов-дабыл
1954 с. Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтигэр төрөөбүтэ. Исидор Барахов аатынан орто оскуоланы бүтэрбитэ.
1979 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүү педагогическай училищетын, 1988 с. СГУ историяҕа отделениетын бүтэрбитэ. Бүлүү, Дьокуускай оскуолаларыгар, култуура колледжыгар учууталлаабыта.
1990 сылтан «Кут-сүр» түмсүүгэ баар. Айыы итэҕэлин тарҕатыыга үлэлиир.
1991 сылтан өрөспүүбүлүкэтээҕи «Кэскил», «Юность Севера» хаһыаттар суруналыыстара.
Билигин хаһыат кыраайы үөрэтэр отделын сэбиэдиссэйэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ үөрэҕириитин туйгуна.
«Уһун өрөбүллэр буоланнар, дьэ дьиэбин-уоппун хомуннум, бөхпүн-сыыспын сааһыланным. Ол эрээри, миигин биир боппуруос эрэйдээтэ. Наадата суох диэн сааһылаабыт таҥастарбын санаам буолан, кыайан бырахпатым. Ону сахалыы сиэринэн ханна гыныахпын билбэт эбиппин. Аны бырааһынньык остуолуттан эмиэ үлүгэрдээх ас хаалла. Баһаалыста, сүбэлээҥ эрэ, маннык балаһыанньаҕа мин хайдах дьаһаныахтаахпыный?» – диэн ис хоһоонноох сурук киирбитэ.
Ааҕааччы суругун болҕомтоҕо ылан, кини ыйытыыларыгар эппиэттииргэ кут-сүр түсчүтэ Анатолий Николаевич Павлов-Дабылтан көрдөстүбүт.
– Үтүө күнүнэн! Ас быраҕыллара биһиги аһы сатаан кэмнээн-кээмэйдээн туттубаппыт биир бэлиэтэ буолар. Аччыктааһын аас-туор кэмнэрин уонна сэрии кыһалҕатын эттэринэн-хааннарынан билбит дьон итини үчүгэйдик өйдүүр этилэр. Ити билигин умнулла быһыытыйда.
Киһи бэйэтигэр, дьиэ кэргэнигэр сөп буолары кэмнээн-кээмэйдээн ылыахтаах. Кыайан сиэбэт эрээри, үлүмнэһэр табыллыбат. Бэл, тобоҕу-ибэҕи кыылга-сүөлгэ да сиэтэр сатаммат.
Оттон таҥнар таҥас туһунан эттэххэ, таҥаһынан «тамнанар» буолууттан эмиэ олохпут үчүгэйэ көстөр буоллаҕа. Дьон биир таҥаһы аҕыйах күн кэтэн баран, сотору кэминэн атыны атыылаһан ылар кыахтаах.
Биир өттүнэн санаатахха, ас-таҥас хантан кэлэрин сыаналаабат, харчыга төһө баҕарар атыылаһыахха, ыскайдыахха сөп дии санаан, дьону сырсан, үтүктэ сатаан, сорох киһи быстар-ойдор. Омук дьонноро баайдык-тоттук олороллор диибит даҕаны, кэтээн көрдөххө, кинилэр тугу барытын кэмчилээн тутталлар. Ордук хос аһы-таҥаһы атыыласпаттар, барытын ааҕан-суоттаан көрөллөр. Ол оннугар мээнэ таҥаска барыахтаах харчыларын капитал оҥостуутугар ыыталлар. Оттон биһиги үбү-харчыны үксүгэр күннээҕи көрүнньүккэ, буолар-буолбат көргө-нарга тыал курдук ыскайдаан кэбиһэбит. Биһиги олохпут-дьаһахпыт үбү-харчыны сатаан туһанарбытыттан, аттаран туттарбытыттан быһаччы тутулуктаах. Урут эбэлэрбит-эһэлэрбит хаһаайыстыбаннай кинигэ диэни оҥостоллоро. Төһө харчыны туохха туттуохтаахтарын, ханна ыытыахтаахтарын ол хаһаайыстыбаннай кинигэлэригэр суруйан иһэллэрэ. Билигин ити үгэһи сөргүтүөххэ, дьиэ бухгалтериятын үлэлэтиэххэ наада. Холобур, дьиэлээх хаһаайка эбэтэр хаһаайын дьиэ кэргэҥҥэ киирбит харчыны ханна туттарын бэлиэтэнэн иһиэхтээх. Оччоҕо ас-таҥас ордорун туһунан кэпсэтиилэр туруо суох этилэр. Онон саха ыалыгар, дьиэ киэргэҥҥэ, эдэр ыалга үбү-харчыны ааҕыы, таҥаһы-сабы, малы-салы суоттаан туттааһын уопсай култуурабытынан буолуохтаах. Федот Тумусов эппитин курдук, ыал экономиката диэн баар буолуохтаах.
– Күннээҕи олохпутун мөкү, эбиитин ардыгар сымыйа сурахтар арыаллыыллар. Киһи онтон харыстаныан наада буолуо?
– Эн истиэххин баҕарбатаххын, сэргээбэтэххин сүрэххэр-быаргар тутума. Киһи бэйэтин айылгытыгар сөп соҕуһу эрэ истэ сатыырга үөрэниэхтээх. Итиниэхэ ис култуура наада. Ол аата ис турукпутун ыһыа, алдьатыа суохтаахпыт. Куһаҕан сурахтан мин өйдүүн-санаалыын, куттуун-сүрдүүн ыһыллан хаалар буоллахпына, ол аата мин ону истэргэ, ырытарга бэлэмим суох. Ис эйгэбит чарааһыттан сылтаан куһаҕаны, мөкүнү күүскэ ылынабыт. Ис эйгэ киһиэхэ эмискэ баар буолбат. Оҕо бэйэтэ толкуйдуу үөрэнэригэр, бэйэтэ көрүүлээх буоларыгар кыра эрдэҕиттэн иитиэххэ наада. Ырытар, ырыҥалыыр дьоҕурдаах киһи ис туруга хаһан да алдьаммат.
– Күн сириттэн күрэммит күндү киһиҥ хаартыскатын көстүүлээх сиргэ уурары аныгы дьон эмиэ атыннык толкуйдуур.
– Хайдах ылынаргыттан, хайдах өйдүүргүттэн. Психология боппуруоһа үөскээн тахсар. Үчүгэйдик санаабыт киһиҥ хаартыскатын илдьэ сылдьарыҥ бэйэҥ хайдах саныыргыттан, баайыыгыттан тутулуктаах. «Букатын табыллыбат, куһаҕан» диэн буолбатах. Өлүү – олох биир көстүүтэ. Биһиги онтон куотар кыахпыт суох, бириэмэтэ хаһан эрэ син биир кэлэр. Ол гынан баран, өлбүтү кытары киһи өлөн барбат. Наар өлбүккэ үҥэ-сүктэ сылдьар эмиэ сатаммат. Онон киһи итиннэ сиэрдээх соҕустук сыһыаннаһыахтаах.
– Өлбүт киһи түүлгэ тоҕо көстөрүй?
— Былыргылар былыт кэлэригэр диэччилэр. Холобур, тохсунньуга, айылҕа уларыйар кэмигэр сүрдээх элбэх киһи түүл түһээн түҥнэстэр. Онно «өлбүттэр тыыннара былыт буолан кэлэр» диэн былыргыларга этии баар. Киһи сааһыран истэҕин аайы уруккуну түүлүгэр көрөрө күүһүрэр. Тоҕо диэтэххэ, кини ааспыт олоҕор ордук чугас буолар, урукку үөлээннээхтэрин түһээн көрөр. Ити эмиэ киһи биир уратыта.
Рустам Каженкин,
«Айыы кыһата» оскуола иитэр үлэҕэ завуһа, поэт:
– Анатолий Николаевич биһиги көлүөнэ сахалар оскуолаҕа үөрэнэр кэммитигэр киһи-хара, киһи киһитэ, айыы киһитэ өйдөбүллэрин киллэрсэн, кимтэн кииннээх, хантан хааннаах буоларбытын толкуйдуурга биир бастакынан хайыһыннарыыга оччотооҕу кэм үтүө дьонун кытта ылсыбыт киһи. Баар билиибитин, сатабылбытын билиҥҥи кэм сиэринэн «ким хайдах сатыырынан» тойоннуур, быһаарар, өйдөтөр буолла. Олор быыстарыгар Дабыл этиилэрэ, ситим оҥорон дьоҥҥо-киһиэхэ этиилэрэ — син аар баҕахха тэҥнээх, оннук эҥкилэ суох, оннук фундаментальнай… Биһиги көлүөнэ 1990-с сылларга дьиҥнээх төрүт култуура, Үрүҥ Уолан уруоктарыгар үөрэммит оҕолор ити чахчыны билиҥҥи өйбүтүнэн-санаабытынан бигэргэтэр кыахтаахпыт. Дабыл — саха сүбэтэйэ, дьон-киһи куруутун сэмээр кэтэһэр сэһэнэ…
Надежда ЕГОРОВА.
Category: Люди. Человек. Народ. Общество | Views: 1811 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Олунньу 2015  »
БнОпСэЧпБтСбБс
      1
2345678
9101112131415
16171819202122
232425262728
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 113
Ыалдьыттар (гостей): 113
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024