Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2015 » Кулун тутар » 1 » Былаас хамаандатын истэ үөрэммит бюджет үлэһиттэрэ, үлэтиттэн уһуллумаары ыбылы куттаммыт интеллигеннция кимиэхэ наадата суох буолбут ааспыт
Былаас хамаандатын истэ үөрэммит бюджет үлэһиттэрэ, үлэтиттэн уһуллумаары ыбылы куттаммыт интеллигеннция кимиэхэ наадата суох буолбут ааспыт
17:56
Дойду ситимэ

1990-ус сыллартан ССРС ыһыллан дьиикэй ырыынакка киириэхтэн уустук уларыйыы сыллара саҕаламмыта. Анал сокуона бэлэмэ суох олорон соһуччу дьиикэй ырыынакка киирэн дьон соһуйбута. Аан дойду ырыынагар ниэп сыаната түһээтин ССРС харчыта суох буолан тута ыһылла түспүтэ. ССРС--ка ниэп харчытыттан тутуллан турбут улахан тэрилтэлэр, собуоттар, баабырыкалар, собхуостар үп-харчы хаһынаҕа суох буолан банкроттаабыттара. Ити кэмтэн ыла систиэмэ уларыйан дьиикэй ырыынак ирдэбилинэн олорор олоххо киирбиппит. Тоҕо бу отучча сыл устата саха ыччаттарыттан ырыынакка эриллибит, аныгы үйэ дьоно былааска кэлбэтилэр?

ССРС кэмигэр бэлэм үпкэ-харчыга үлэлээбит салайааччылар тута туораан биэрбиттэрэ буоллар билигин олох атын хартыына буолуо этэ. Ырыынак бэйэтин лиидэрин таһааран олох күүскэ сайдыахтааҕа. Ону баара ССРС саҕанааҕы дьон билиҥҥэ диэри көҥүл айбардыы туох баар олоҕу салайар кылаабынай дуоһунастары ылан олороллор. Кинилэр ырыынакка ааҕан-суоттаан салайар дьоҕурдара суохтарыттан бүтүн норуот эстэ-быста олорор. Түҥ былыргаттан киһи аймах тус бэйэтэ бас билиилэнэн, уопсай хаһына бюджетын хаҥатарга улахан холбоһуктаах тэрилтэлэри тэринэн кэлбиттэрэ. Биһиги аан дойдуга аҥаардас сирбит баайынан уһулуччу баай сиргэ олорон детсаат оҕотук курдук бэлэмҥэ үлэлээбит ССРС саҕанааҕы чиновниктары үҥэр таҥара оҥостон эстэ-быста олорорбутун өйдөөбөппүт?

Холобур сүүрбэччэ сыллааҕыта Пентиум-1 көмпүүтэр баара. Кини кыамтата биир гегабайтан ордубат. Оттон билигин уонунан сүүһүнэн тыһыынча гегобайтаах араас улахан программалардаах көмпүүтэр дэлэйдэ. Пентиум билигин сыта да суох. ССРС кэминээҕи лиидэрдэр эмиэ итинник билигин ырыынак кэмэ ииппит салайааччыларыгар туохтарынан тэҥнэһиэхтэрэй? Ол эрээри былаас сылаас олбоҕун умсулҕаныгар норуоттарын албынныы, албынныы, уоран, куттаан, атыылаһан куолас суруна-суруна быыбар сокуонун бардырҕаччы кэһэн туран былааска кэлэллэр. Былаас хамаандатын истэ үөрэммит бюджет үлэһиттэрэ, үлэтиттэн уһуллумаары ыбылы куттаммыт интеллигеннция кимиэхэ наадата суох буолбут ааспыт эргэ система лиидэрин тала тураллар. Ол иһин олохпут күн-түүн сатарыйар мөлтүүр.

Ырыынак бэйэтин кэмэ ииппит 55 сааһыгар диэри саастаах көлүөнэ бастыҥ дьонун салалтабыт эккирэтиһэн туран салалтаттан араас биричиинэнэн анаан-минээн туоратта. Онно өйө сатала киирэр. Барыбытын бары атыылаан ыһан кэбиспит киһини үҥэр таҥара оҥостон эстэ-быста олорорбут. Ылан көрүөх С.Н.Назаровы, Горнайтан В.В.Филипповы, Тааттаттан А.Н.Максимовы, Уус Алдантан В.Н.Черноградскайы уо.д.а. атыттары аны билигин ырыынак бэйэтэ ииппит салайааччытын Сунтаартан М.Н.Евсеевы тохтотоору бары күүһүн кыаҕын ууран туран тойоммут анаан-минээн сыал сорук оҥостон үлэлиир үһү. Дьон норуот үлүгэрдээх ыарахан балаһыанньаҕа олорон маны таба сыаналаан айдаарбат, бырачыастаабат. Арааһа экономическай өттүнэн айгырааһын норуоту тугу да арааран өйдөөбөт гына деградацияҕа киллэрдэ. Муҥурданыы (Апокалипсис) диэн маны этэн эрдэхтэрэ.

Тыа сиригэр нэһилиэктэргэ олорор дьон 60 бырыһыаннара үлэтэ суох. Норуот бу халыҥ араҥата обществоттан тэйитиллибит дьон. Бюджет үлэһиттэрин толкуйдуур, ырытар бырааба суох гына былаас хам баттаата. Кини былаас эппит киһитигэр куоластыыр марионеткаҕа кубулуйда. Оннооҕор Ил Түмэммит Ил Дархан этиититтэн тахсар үүтэ-хайаҕаһа бүөлэннэ. Общественнай тэрилтэлэр партиялар, сойуустар, ассоциациялар үлэлэрин олоччу былаас хонтуруоллуу, талбытынан чурумчулаан салайа олорор. Ааспыт Ил Дархан быыбаргар эбии бюллетен той быраҕан 52 бырыһыан куоластааччы быыбарга кытынна,--диэн отчуоттаабыттара.

Ол түмүгэр бары тэрээһин, үлэ-хамнас олоччута дьон норуот туһатыгар буолбакка соҕотох Ил Дархан дьолун-соргутун туһугар туһуланар курдук буолла. Норуот интэриэһигэр салалтабыт толкуйдаабат. Киинтэн кэлбиккэ барбыкка албыннаһа хаптаҥныы сылдьар былаастанныбыт. Былаас миллиардынан үбү телевиденияҕа, бэчээккэ уган тыа сирин дьонун хараҕын саба баайан аҥаар кырыы арбана олорор.

90-ус сыллартан дьон арыый да кыанар өттө куоракка көһөн киириилэрэ саҕаламмыта. Сүөһүлэрин-астарын, дьиэлэрин-уоттарын атыылаан куоракка киирэн дьиэ куортамыгар биир кыһын устата соххор солкуобайы бас билбэт гына эстээччи элбээтэ. БОМЖ, БОМР буолуу үксээтэ. Былааспыт манна кыһаммат, тымыран да көрбөт. Дьонун-норуотун быыһыыр үлэни-хамнаһы тэрийиигэ дьоһуннаах хамсаныыны тэрийбэт. Утарбыттары репрессиялаан былааспыт онон куттаан былааһы тутар. Салалтабыт норуотун салалта уонна боростуой норуот, диэн икки аҥы хайытта. Ол да гыннар барыта наһаа үчүгэй үһү. Маны куорат сир дьоно саҥа өйдөөн эрэр. Оттон нууччалыы тыллаахтар өйдөөбүттэрэ ыраатта. Ол иһин кинилэр былааһы билиммэт да буолбуттар. Ол куорат сиргэ быыбарга кыттыы бырыһыаныгар көстөр.

“Туймаада” хаһыат “Штыров дьыалата”,--диэн 12.02.2015 сыл бэчээттэппит ыстатыйатыгар СР бюджетын толорор баай дуол хайдах атыыламмытын туһунан Иван Бурцев суруйуутугар киһи өйдүөн курдук гына этиллэр. Ити курдук СР атын да баайа-дуола аҕыйах киһи байарын-тайарын туһугар олоччута атыыланан олохтоох норуоттар эһиннилэр.

Дьон сытыыта арыый өйдөөх араҥата бара сатаан куоракка улуустарын түмсүүтүн тэрийбиттэрэ. Бу түмсүүлэр үлэлэрэ төрөөбүт түөлбэлэрин араҥаччылааһыҥҥа бэйэтин кыаҕынан үлэлиир. Салалтаны уонна улуус, нэһилиэк дьаһалталарын үлэлэрин ситимнээһиҥҥэ үлэлэһэр. Ол иһин бу общественнай хамсааһын салалта болҕомтотун киинигэр киирэн чурумчуламмыта.

Тимир суол кэлэринэн бүтүн саха сирэ сайдарыгар улахан суолталаах саамай элбэх киһилээх Мэҥэ Хаҥаластар уопсастыбаннай түмсүүлэрэ “Дойду Ситимэ” үлэтин туһунан бу тэрилтэ толорооччу директорынан үлэлии сылдьыбыт Яков Алексеевич Яковлевы көрсөн кэпсэттим. Кини кэпсиир:
--1999 сыл ССРС-ка ыһыллыы-тоҕуллуу саҕаламмытын кэннэ собхуостарбыт уонна тэрилтэлэрбит ыһыллан дьон үлэтэ-хамнаһа суох хаалан тыа сирин улуустара ураты уустук ыарахан балаһыанньаҕа киирбиппит. Оччолорго 33 000 киһилээх Мэҥэ Хаҥалас улууһа бу балаһыанньаттан ханна да куоппатаҕа. Ол иһин дойдутун туһугар төлөннөөх патриот академик Владимир Петрович Ларионов куоракка олорор Мэҥэ-Хаҥалас дьонун түмсүүтүн тэрийбитэ.

1990-ыс сылларга куоракка Мэҥэ Хаҥаластан төрүттээх уонна күтүөттэр, кийииттэр 50 000 киһи олороро. Республика салалтатыгар отучча киһи Мэҥэ Хаҥаластан үлэлиирэ. С.Н.Назаров бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ, Р.А.Бурнашев бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы, А.П.Кириллин КГБ министрэ, И.Г.Гаврильев-мелиорация министринэн. В.И.Птицын финанса министринэн, А.А.Кугаевскай экономика министринэн, М.В.Мучин кадрдары бэлэмнээһин департаменын начальнигынан, Р.И.Федоров эргиэн министринэн, А.И.Степанов тыа хаһаайыстыбатын министринэн, С.Ю.Ларионов СР ГАИ начальнигынан, Л.П. Григорьева ЯАССР Үрдүкү сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн үлэлии сылдьыбыта, В.Р.Кычкин “Алданзолото” бэрэссэдээтэлинэн, Ф.Г.Охлопков КПСС обкомун сэкиритээринэн, сахалартан соҕотох газ үөрэхтээх киһини К.С.Федоров “Лена-Газ” генеральнай директорынан уо.д.а. дуоһунастарга Мэҥэ Хаҥалас дьоно СР салайыыга үлэлииллэрэ. Мэҥэ Хаҥаластар күн бүгүн республика салалтатыгар Юрий Куприяновтан ураты биир да киһибит суох. Ханнык эмэ кыра да боппуруоһу туруорсарбыт ыараата. Аллараа Бэстээхпитин кэлии дьоҥҥо көрдөрбүтүнэн былдьаттыбыт. Оттон салалтабыт биһигини буолбакка кэлии дьон интэриэһин кинилэр байалларын-тайалларын аҥаардастыы өйүүллэр.

Оччолорго итинник күүһү тутан олорон улуус баһылыга Г.М.Артьемевы кытары сүбэлэһэн С.Н.Назаровы СР президенинэн туруорарга бэлэмнэнии үлэни саҕалыырга, диэн В.П.Ларионов сөпкө былааннаммыт. СР правительствотын бэрэссэдээтэлинэн Р.Н.Бурнашевы эбэтэр В.Р.Кычкины туруоруохха сөп, диэн толкуйдуура. Ол эрээри ити былааннар баҕа санаа быһыытынан хаалбыттара. Академик В.П.Ларионов бүгүҥҥү күнү өтө көрөн дьонун-норуотун интэриэһин көмүскүүр сыаллаах бу Дойду Ситимэ түмсүүнү тэрийбитэ.

Күн бүгүн Дойду Ситимэ тугунан дьарыктанар? Нэһилиэк баһылыктарын мунньан үлэлии сатыыллар. Эстэн-быстан олорор тыа дьонуттан усунуос хомуйаллар. Киэҥ далааһыннаах кэпсэтиилэр төрүт олохтоох дьон туһатыгар улуус да, республика да таһымынан иһиллибэт. Бу олох сыыһа. Дойду Ситимигэр академик В.П.Ларионов этэринэн Мэҥэ Хаҥаластан төрүттээх куорат дьоно түмсүөхтээхтэр этэ. Кинилэр төрөөбүт түөлбэлэригэр тугу эрэ көмөлөһүөхтээхтэр. Кадры иитии боппуруоһунан күүскэ дьарыктаныахтаахпыт,--диирэ В.П.Ларионов. Кини С.З.Борисов тутуспут политикатын тутуспута.
Билигин Дойду Ситимин салайар В.И. Птицынтан В.П.Ларионов элбэҕи эрэйбитэ да киһитэ кыайан эппиэттэспэтэ. Ф.Г.Охлопков аһаҕастык этэрэ: ““Суох”,--диир хаһан баҕарар чэпчэки. Биһиги киһибит «Суох”,-- дииртэн атыны билбэт. Үп министринэн олорор киһи дойдутун туһугар биир эмэ солкуобайы булар үүтү-хайаҕаһы билэр буолуохтаах”,--диэн аһаҕастык муҥатыйара. Биллэн турар кини курдук министрдээбит, улууһугар баһылыктаабыт киһи диэтэххэ билигин даҕаны ол урукку таһымын тута сылдьар. Дойдута сайдарын туһугар тугу да оҥорбото, толкуйдаабата.

С.З Борисов тугу гыммытай? 1957-58 сыллар тыа киһитигэр ураты ыарахан кэмнэр этэ. Хамнас, пенсия суох. Холкуостаах пааспара суоҕа. Кини кадр боппуруоһунан күүскэ дьарыктаммыта. М.Д.Петровы оччолорго партия обкомун инструкторынан үлэлии олорор киһини Мэҥэ Хаҥаласка холкуос бэрэссэдээтэлинэн таһаарар, М.Р.Яковлевы Чурапчыга, В.П.Егоровы Уус Алдаҥҥа партизан Заболоцкай холкуоһу уордьаннаах холкуос оҥорон собхуос оҥорор. Тааттаҕа Бытык Николаевы, С.Г.Жирковы таһаарар, Ньурбаҕа И.А.Матвеевы, Сунтаарга Н.В.Шадриновы ыытар, Ити дьоно бары ССРС Үрдүкү Сэбиэтин депутатынан уонна КПСС сьеһин делегаттара буолбуттара. Кинилэр тыа сирин боппуруостарын туруорсан холкуостары собхуос оҥорууга, дьон олоҕун тупсарыыга күүскэ үлэлээбиттэрэ.

Бу кадрадарын туһанан С.З.Борисов бастаан кэлии дьоҥҥо хотугу надбавканы, коэфициены, кэлэр барар бырайыастарын туруорсар. Онтон биэс алта сыл иһигэр итини төрүт олохтоох дьоҥҥо туруорсан олоххо киллэрэр. Онон күннээбиппит. Харчы, хамнас соҕотохто дэлэйэ түһэр. Дьон олоҕо тупсубута бөһүөлэктэр бөдөҥөөбүттэрэ. Социальнай тутуулар күүскэ ыытыллыбыттара. С.З.Борисотв тыа сирин сайдыытыгар улахан үлэни ыыппыт киһинэн буолар.
Саха сиригэр кадры бэлэмнээһиҥҥэ ЯГУ-ну арыйтарар, Наукалар академияларын астарар онон үрдүк үөрэхтээх специалистарын бэлэмнээһиҥҥэ улахан өҥөлөөх. специалистары: врачтары, учууталлары, тыа хаһаайыстыбатын, промышленность специалистарын бэлэмнээһиҥҥэ улахан үлэни ыыппыта.

Онтон ССРС бырамыысаланнаһын министригэр Ломакоҕа киирэн көмүстэн уонна алмаастан киирэр харчыттан икки бырыһыаны көрдүүр. Ону киһитэ кыыһыран үөхсэр: “Эһиги кыараҕас харахтаахтар өссө ону-маны туруорсаҕыт” туттарбыт программатын сиргэ муостаҕа ыһан кэбиһэр, маатыралыыр. Семен Захарович Борисов ону: Биһиги саха дьоно олус ыалдьытымсах улахан култууралаах дьоммут онтон маатыра туһунан билбэппит даҕаны онон эн ити тылларыҥ бүтүн норуот үтүө аатын түһэрэр, мин ити тылларгын ССКП КК-эр тиэрдиэм,--диир. Сотору кырдьык ССКП КК пленума буолар онно С.З.Борисов анал программа оҥорон аҕалан туруорсубутун ССРС бырамыысаланнаһын министрэ Ломако туох, диэбитин олоччутун үрдүк трибунаттан ууран биэрэр. Туох билиэй? Н.С. Хрущев сөбүлээбэтэҕинэ кинини үлэтиттэн устан кэбиһиэн да сөп этэ. Ол иһин Ломако ыксыыр даҕаны ол киэһэ сэбиэт тэрийэн Саха сирин туруорсуутун олоччу ылынар уурааҕы таһаарар. Онон ити боппуруоска эмиэ С.З Борисов кыайыылаах тахсыбыта.

Дойду Ситимин билиҥҥи үлэтэ даа? Мин хантан билиэхпиний? Тугу гыналларын. Миигин ол сэбиэттэн таһаарбыттара. Атын салалталаах туох эрэ үлэлиир программалаахтара буолуо. Сылдьыспат, анньыспат буолан тугу да билбэппин. Онон үчүгэй да, куһаҕан да,-- диэн сыаналыыр кыаҕым суох.
Дьэ, ити курдук кэпсээннэх буолла Яков Алексеевич Яковлев.

Дьиҥэр общественнай тэрилтэлэр үлэлэригэр чиновниктар орооһуо суохтаахтарын туһунан РФ ФС ыйылла сылдьар. Оттон дойдубут баһылыга В.В.Путин бу туһунан субу-субу өйдөтөр, этэр. Онон алларааттан норуот былааска накаас биэрэр, туруорсар тэрээһиннэрэ баар буолуохтаахтар.

Ол туруорсуулары норуотунан талыллыбыт, норуот кулуттарабыт дэнэр дьон олоххо киллэрэн үлэлиэхтээх этилэр. Ону баара биһиэхэ норуот харчытынан үбүлэнэн иитиллэн олорор норуот баҕатын санаатын толоруохтаах чиновниктарбыт партиялары, ассоциациялары, сойуустары чурумчулаан баран урукку ССРС саҕанааҕы үгэстэринэн көҥүл сиэтэ сылдьаллар.
Биһиги билигин бу боппуруос тула толкуйдуур дьонноохпут дуо? В.А.Штыров, Е.А.Борисов норуот санаатын тоҕо тууйан общественнай тэрилтэлэр үлэлэригэр ороостулар? Кириитикэни сайыннарыахха диэн президеннэрбит этиилээх этилэр. Ол ханна сүттэ? Кириитикэ, сыыһаны-алҕаһыы ырытыы тоҕо суоҕуй? Хаадыр боппуруоһунан төһө дьарыктаннылар? РФ правительствотыгар, министерстволарга биир эмэ саханы таһаардылар дуо?

Кинилэр хамаандаларыгар бу Яков Алексеевич курдук уруккуну билиҥҥигэ тэҥнээн толкуйдуур, ырытар дьон баар дуо? Олор куоластара кириисис кэмигэр тоҕо иһиллибэт? Ааспыт Ил Дархан быыбарыгар Е.А.Борисов үлэлиир программатыгар Саха республикатын сайыннарар, кадрдары иитэр туһунан боппуруос суоҕа. Иван Бурцев Штыров дьыалата ыстатыйатыгар сурулларын курдук республикабыт баайын, тэрилтэлэрин атыылыыр ыһар эрэ туһунан кэлтэччи үлэ ыытылынна. Оттон кадр боппуруоһугар чахчы ыарахан балаһыанньа. Төһөлөөх элбэх үлэлиэн сөптөөх дьоммутун республика туһатыгар туһаммакка эккирэтистилэр?

Туораттылар. Төрүт олохтоох дьон барыстаналларын туһугар турууласпыт А.Максимовы уһуннук эккирэтиһэн олоҕо суох буруйдаан хаайдылар. Иэдээн дии. Ити аата төрүт олохтоох дьон тугу да туруорсумаҥ, диэтилэр дуу? Иван Бурцев этэригэр диэри аны Э.Б.Березкины уонна М.Н.Евсеевы сыыһа-халты тутталларын кылыы кэтэһэ сылдьаллар. Э.Б.Березкиҥҥа үлэлээбит дьоннору оннооҕор А.Н.Иванов курдук олимпиецтарыгар тиийэ үлэлэриттэн үүрэринэн дьарыктаналлар. Бу аата дуо? Идэтийбит кадрдары уопсай сайдыыга таба туһаныы. Күн аайы кэпсэнэр балысхан сайдыыбыт.

Бэрт кылгас быыбар кэмигэр Э.Б.Березкин республика сайдар олоҕор былаанын ааспыты кытары дьүөрэлээн ханнык хайысханан үлэлиири дьон иннигэр туруорбутун нэһилиэнньэ бэркэ интэриэһиргээбитэ. Улахан салайар үлэлэргэ эриллибит Э.Б.Березкины дьон бэркэ сэҥээрбитэ. Онтон промышленнай улахан тэрилтэни тыа хаһаайыстыбатын үлэтин кытары дьүөрэлээн тэрийбит соҕотох сахабытын М.Н.Евсеевы былаһын тухары Е.А.Борисов эккирэтиһэрин туһунан сураҕы истэбит. М.Н.Евсеев дьиҥ саха киһитэ сайдарын туһугар элбэҕи оҥорор. Алмазы Анабара саха дьоно үлэлиир соҕотох промышленнай тэрилтэтэ. Төрүт олохтоох норуоттар тустарыгар кыһаллар киһини өйүүр өрө анньан уопсай дьыала туһатыгар туһанар тоҕо сатамматый? Бу сайдыы буолбатах. Кэхтии.

55 сааһыгар диэри көлүөнэ үлэлиир кыахтаах дьон былааска тоҕо көстүбэттэр? Ама итиччэ эһиннибит дуо? Суох эстэ иликпит академик В.П.Ларионов этэригэр диэри сахалар бэйэбит дьоммутун бэйэбит сатаан сайыннарбаппыт, үүннэрбэппит. Тахсаары гыммыт киһини таҥнары тардары сатыыбыт. Оттон салалтабыт бэйэтэ былааска таҕыста да атыттары туоратар эрэ дьаллыктаах. Бу кириисиһинэн ураты ыарахан кэм кэлбитинэн бу боппуруос тула бары толкуйдаатахпытына сатанар.

Арассыыйа салалтата биһиги республикабытыгар антикорупционнай хамыыһыйа ыыппыта түбэһиэхчэ буолбатах. Боростуой норуот бу хамыыһыйаҕа бэйэбит санаабытын мунньахтаан боротокуоллаан киллэриэхпитин наада. Эмискэ кэлбит киһи көрүүтүгэр Ил Дархаммыт бэйэтинэн салайар антикорупционнай тэрилтэлээхпит. Борокуратуураҕа хоруупсуйаны көрбөт антикоррупционнай отдел үлэлиир. Барыта наһаа үчүгэй. Үлэ бөҕө ыытыллар курдук. Онтон бюджеппыт тоҕо кураанахтанна? Тоҕо Арассыыйа бюджетыттан кэлтэй умналыы олоробут? Бу кириисис кэмигэр Арассыыйа биһигини харчынан наһаа хатаҕалаабата буолуо. Оччоҕо Борисовка куоластаан бюджеттан үлэлэммит, аһара үллүбүт аппарааттах дьон хайдах буолабыт? Тоҕо билигин үлэлии олорор партиялар бары Биир Ньыгыл Арассыыйа ПП тылынан сылдьар спойлер буоллулар? Общественнай тэрилтэлэрбитин олоччу тоҕо былаас чурумчулаата?

Бэл диэтэр: Россия президенэ В.В.Путин тэрийбит ОНФ-та “Дойду Ситимэ” курдук бэйэтин көрдөрөн дьон сэҥээриитин ылан испит түмсүүлэр былаас кулутунан буоллулар? Былааспыт норуот санаатын истэртэн тоҕо өлөрдүү куттанна?

Общественнай тэрилтэлэр партиялар, сойуустар, ассоцияциялар ССРСсаҕанааҕы курдук былаас кэтэрдибит чурумчуларыттан босхолонон былааска олоҕу дьаһаҕы, үлэни-хамнаһы тэрийэр накаас биэрэр, хонтуруоллуур, ыйар кэрдэр күүстэниэх тустаахтар. Оттон күн бүгүн биһиэхэ бу общественнай тэрилтэлэр быыбартан быыбарга уһуктан баара суоҕа былаас ыйар киһитигэр куоластааһыны тэрийэр инструмеҥҥа кубулуйдулар.

Ханна барда тэрилтэлэрбитин атыылааһынтан киирбит харчы?
Бу харчы төрүт олохтоох дьон олоҕун тутууга, үлэни-хамнаһы тэрийиигэ тоҕо үлэлээбэт? Эбэтэр ким хармаанын сылытар? Улахан сир баайдаах Томтор таас тоҕо дьон-сэргэ дьүүлүгэр тахсыбакка атыыланна? Ханнык да судаарыстыба ылбат буолбут Индияҕа сүүһүнэн тыһыынча киһини өлөрбүт, аһара аварийнай газохимическай собуот туох барыстаах буолан Мэҥэ Хаҥаласка тутулларын туһунан дьулаан сурах дэлэйдэ? Ил Дархаммыт төһө да харчы туһугар хараҥардар сүрэ бэрт дии. Бэйэтин норуотун өлүү сүлүһүннээх дьаатынан сутуйарга соруктанара. Алдан өрүс баһыгар Эльконкаҕа ураан хостуур тэрилтэ туһунан тоҕо ким да билбэтий? Аҥаардас бу икки бырайыак инникитин Саха сирин икки улахан өрүһүн өлөрөр туруктаахтар. Сиэр-майгы, бэрээдэк дьыалата тоҕо мөлтөөтө? Республикаҕа бэчээт араас көрүҥүн эгэлгэтэ элбэх. Маныктары тоҕо сырдаппаттар? Былааспыт тоҕо маннык төрөөн тахса турар элбэх боппуруостарга дьоҥҥо-норуокка сөптөөх иһитиннэрии оҥорбот? Боппуруос буолунай, төрөөн тахса турар.

Дьиҥэр бу боппуруостар элбэхтик сурулуннулар. Дьон маны барытын билэр. Ол эрээри үгэс быһыытынан тугу гыныахха?,-- диэн бэйэ-бэйэни кэтэсиһии саҕаланна. Ити төрүөтэ общественнай тэрилтэлэри былаас хам баттааһына буолла.

Ханна да барар сирбит суох. Билигин үс бастакы президеннэртэн аккаастанан салалтаны уларытыыга алларааттан үлэни ыытарбыт наада. Үлэлиэн сөптөөх дьоммут элбэх. Саастарынан да, үлэлээбит уоппуттарынан да Эрнст Борисович Березкин, Матвей Николаевич Евсеев, Семен Николаевич Назаров, Василий Васильевич Филиппов уо.д.а. норуоттарын интэриэһин туруулаһар республиканы салайар кыахтаах араас куһаҕан дьаллыкка, уорууга кыттыспатах дьоннордоохпут. Онон бу дьоммут тула түмсэн кинилэри харах харатын курдук харыстаан сүбэлэһиэҕиҥ, кэпсэтиэҕиҥ, диэри бу ыстатыйаны суруйдум.

Арамаан Дьөгүөрэп.

 
Category: Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения | Views: 1588 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Кулун тутар 2015  »
БнОпСэЧпБтСбБс
      1
2345678
9101112131415
16171819202122
23242526272829
3031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 109
Ыалдьыттар (гостей): 109
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024