Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2015 » Кулун тутар » 9 » Аны кулун тутар 10 күнүгэр СР Үрдүкү суута Сиэйэ Уолун дьыалатын салгыы көрүө.
Аны кулун тутар 10 күнүгэр СР Үрдүкү суута Сиэйэ Уолун дьыалатын салгыы көрүө.
13:39

Сиэйэ Уолун суута

kOKM968d
SakhaLife.ru
Саха республикатын Үрдүкү суутун судьуйаларын Квалификационнай хамыыһыйатын судьуйалара Сиэйэ уолун дьыалатыгар болҕомтолорун ууруохтара дуо?

Кинилэр норуот улаханнык долгуйар дьыалатыгар болҕомто уурар аналлаахтар. Ааспыт өттүгэр биир бэйэм норуот улаханнык долгуйар, айманар маннык улахан дьыалата баарын өссө көрө да, истэ да илигим. Интернет сайтар, хаһыат барыта хастыыта эмэтэ суут бу уурааҕын кытары сөбүлэспэккэ Сиэйэ Уолун көмүскээн норуот араас араҥата, араас улуустартан, куораттартан бэйэлэрин санааларын эттилэр. Куорат суута олус көтүмэхтик аҥаардас биир киһи туһатыгар ыытыллыбытын уонна дьыала Мөкүрдээнэп таҕылын тарҕатар мөкү дьаллыктарыгар болҕомтотун уурбатаҕын сөптөөхтүк бырачыастаатылар. Онтон батсаап иһэ ити бырачыастааһыҥҥа кыттыһан кыһыыны-абаны таһааран күөстүү оргуйан олордо.

Холобура “Саха сирэ” хаһыат олунньу 26 күнүгэр 2015 с. Петр НИКОЛАЕВи “Баттабыллаах бириигэбэри утарабыт”, “Кыым” хаһыат олунньу 26 күнүгэр 2015 с. Егор ПЛАТОНОВ “Сиэрэ суох суут”, Клара ХОНТОРОВА “Санааҕытын биллэриҥ”, 76 саастаах ытык кырдьаҕас Анна БУРЦЕВА “Кырдьык кыайарыгар эрэнэбин”, — диэн харах уулаах суруктары суруйдулар. “Кыым” хаһыат тохсунньу 15 күнүгэр “Сокуон хараҕа мэкчиргэ төбөтө”, — диэн төбөлөөх Туйаара СИККИЭР ыстатыйата, “Криминальная Якутия” хаһыат тохсунньу 20 күнүгэр “Ревность без измены”, “Кыым” хаһыат тохсунньу 29 күнүгэр Аркадий АЛЕКСЕЕВ “Туруулаһарбын тохтоппоппун”, “Туймаада” хаһыат кулун тутар 5 күнүгэр Климент КАПИТОНОВ “Сиэйэ уолугар көмөлөһүөҕүҥ”, о. д. а. суруйуулар быһылаан-төрүөт төрдө буолбут Мөкүрдээнэп мөкү дьыалата суут хараҕын бэскитигэр ууруллубатаҕыттан, кырдьык арыллыбатаҕыттан аймалҕаннаах ыстатыйалар таҕыстылар. Маны таһынан икки төгүл: 1500, иккиһигэр 1800 киһи Сиэйэ Уолун көмүскээн илии баттааһыннара хомуллубут. Бу барыта сиэрэ суох, кэлтэй көрүллүбүт суут уурааҕын норуот сөбүлээбэтэҕин, бырачыастаабытын дьэҥкэтик көрдөрөр.

Норуот судьуйалар өттүлэриттэн дьыаланы дириҥник чинчийэн, үөрэтэн, ыараҥнатан сиэрдээх уурааҕы таһааралларын сууттан кэтэһэр. Норуот куорат суута кэлтэйдии Мөкүрдээнэп туһатыгар ыытыллыбытын бырачыастыыр. Мөкүрдээнэп хас эмэ сылы быһа Иванов кэргэнин кытта көссүүлэспитэ дакаастанан ыйааһын бэскитигэр уурулларын норуот ирдиир уонна Сиэйэ Уола, кини аҕата, инбэлиит ийэтэ, кэргэнэ, үс оҕото көмүскэллэрэ суох хаалалларын сиэрдээхтик утарар.

Мөкүрдээнэп Бииктэр уҥа санныгар сүкпүт саатыгар бастакынан түһэр. Былдьаһыы түгэнигэр биэс ботуруону эспит. Бу быһаарыылаах түгэни суут сиһилии, дириҥник чинчийэн ырыппатах. Манна Мөкүрдээнэп сааны бэйэтэ да эспит буоллаҕына көҥүл. Экспертиза түмүгэ бассыабай. Дьон Мөкүрдээнэп сирэйэ-хараҕа суох эйэлээх ыал олоҕор орооспутун сөбүлээбэккэ түктэри быһыынан сыаналаата. Мөкүрдээнэп уруккуттан Сиэйэ Уолун сэнии, бардамнык сыһыаннаһа сылдьыбыта, сууттан тахсан иһэн Сиэйэ Уолун сирэйгэ биэрбитэ кини хадаар, куһаҕан майгытын көрдөрөр. Ити сиэргэ баппат түктэри быһыыны суут болҕомтоҕо ылан сэмэлээбэтэ.

Аны аһыннарыы көрдөөтөҕө буолан Сергей Мөкүрдээнэп ийэтэ Надежда Мөкүрдээнэбэ уолун көмүскээн хаһыакка суруйан, батсаапка ыытан уокка арыыны кутан норуоту улаханнык кыынньаата. Дьон кытаанах үөхсүүтүн, кырыыһын иһиттэ. Мөкүрдээнэп аатыгар дьон саҥата сүрдэннэ, хойунна. Бука бары суут сиэрэ суох кэлтэйдээһинин, дьыаланы ханнык да өттүттэн ситэ чинчийбэтэҕин, үөрэппэтэҕин сөбүлээбэтилэр, утардылар. Мөкүрдээнэп дьыалатын Үрдүкү суут хаттаан чинчийэн, ырытан кырдьыктаахтык көрөрүгэр бэйэлэрин баҕа санааларын эттиллэр.
Аны кулун тутар 10 күнүгэр СР Үрдүкү суута Сиэйэ Уолун дьыалатын салгыы көрүө.

Автор статьи Арамаан Дьөгүөрэп. Автор в своей статье делится своим мнением и своими оценочными суждениями по поводу события, вызвавшего широкий общественный интерес.
 
 
 

 

 
 
Category: Суд-закон.МВД.Криминал | Views: 1731 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Кулун тутар 2015  »
БнОпСэЧпБтСбБс
      1
2345678
9101112131415
16171819202122
23242526272829
3031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 87
Ыалдьыттар (гостей): 87
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024