News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2015 » Кулун тутар » 22 » Хатастааҕы сибиинньэ комплексыгар дьоро күн
Хатастааҕы сибиинньэ комплексыгар дьоро күн | 12:45 |
Хатастааҕы сибиинньэ комплексыгар дьоро күн
19. 03. 2015 сыл аграрнай партия Саха сиринээҕи рескома Хатас сибиинньэ комплексыгар сырытта. Аграрнай партия Саха сиринээҕи салаатын бэрэссэдээтэлэ В.Н.Ефремов Хатас сибиинньэ комплексыгар 60 киһиэхэ партия чилиэннэрэ буолбуттарын туоһулуур билиэттэрин үөрүүлээх быһыыга майгыга туттарда. Ол иһигэр Хатас сибиинньэ комплексын директора Р.Г.Дмитриев партийнай билиэти ылбытын салайар коллектива дохсун ытыс тыаһынан эҕэрдэлээтэ. Партия чилиэттэрэ арграрнай партия рескомун сэбиэтин чилиэнэ “Алмазы Анабара” тэрилтэ генеральнай директорын солбуйааччы В.Н.Черноградскайы, “Алмазы Анабара” генеральнай директорын солбуйааччы Сыромятников, аграрнай партия рескомун толорооччу директора М.А.Протодьяконовы, аграрнай партия исполкомун чилиэнэ В.Е.Горохов, комплекс директора Р.Г.Дмитриевы уонна аграрнай партия ПП ССС бэрэссэдээтэлэ В.Н.Ефремовы кытары хаартыскаҕа түстүлэр.
Үөрүүлээх быһыыга-майгыга көрсүһүү кэнниттэн директор Р.Г.Дмитриев свинокомплекс иһин коөрдөрдө уонна үлэтин-хамнаһын тэрээһинин кытары билсиһиннэрдэ. Мин тыа сиригэр тыа хаһаайыстыбатын үлэһиттэригэр үгүстүк сылдьабын. Онно үлэһиттэр мөссүөннэрэ арбы-сарбы, элбэх кыаллыбатах боппуруостарын, эбэтэр салалталарын үҥсэргии көрсөөччүлэр. Онно холуйдахха манна атын көстүү. Үлэһиттэр үөрэ-көтө, ис истэриттэн кыһаллан үлэлии сылдьаллара киирбит киһи сүргэтин көтөҕөр. Кэпсэтэн көрдөххө санаалара модьу, ыйыталастахха үөрэ-көтө үлэлэрин туһунан билсиһиннэрэллэр. Сылдьыбыт киһи сэргэхсийэр сүргэтэ көтөҕүллэр дойдута эбит. Бу комплексы П.П. Федорова тэрийэҕиттэн 1986 сылтан ремонт үлэтэ ыытылла илик эбит. Директор бытархай эрэмиэн үлэтинэн дьарыктанабыт, диир. Свинарник муосталара алдьанан күөрэ-лаҥкы барбытын балачча элбэҕи оҥорбуттар. Аны соһуйа көрбүтүм баар свинарник истиэнэтин муус маҥан гына испиэскэлииллэр эбит. Элбэх уу туттуллар буолан муостатыгар тохтубатаҕа буоллар чахчы ыраас дойду буолуо эбит. Сибиинньэлэр да ыраас буолаллар эбит. Оттон сибиинньэ турар сирэ хайдаҕын ким барыта быһаарбатах да киһи өйдүүр ини. Чахчы улахан хаһаайыстыбанньык, чэнчис киһи салайара көстөр.
Роман Гаврильевич манна кэлбитэ икки аҥаар ый буолбут. Кини кэлэригэр үлэһиттэр хамнастара ортотунан 18 000 солкуобай эбит. Билигин үлэһиттэр ортотунан 30 000 солкуобайы ыйга аахсаллар. Барыта 6 000 сибинньэлээхтэр 105 киһи бу комплекска үлэлиир. Тыа хаһаайыстыбатын үлэһиттэрэ, диэтэххэ атын нэһилиэктэр таһымнарынан ылан көрдөххө балачча үрдүк көрдөрүү. Ким барыта интэриэһиргииһи.
Ити аата биһиги сахабыт да сиригэр сибиинньэ көрүүтүнэн ырыынак туруорар ыарахан усулуобуйатыгар да дьарыктаныахха сөп эбит. Билигин биһиги маҕаһыынарбытыгар ханна да киир барыта кэлии бородуукта былааһы ылан турар кэмигэр киһиэхэ үтүө, эрэл санааны хаалларар.
Бу комплексы билигин “Алмазы Анабара” тэрилтэ атыылаһан кини бас билиитэ буолбута. Түгэнинэн туһанан эттэххэ М.Н.Евсеев ылбыт ханнык
баҕарар банкроттаабыт тэрилтэтэ тута тупсар-сайдар аатыгар барар. Дьокуускайга “Алмас” маһы таҥастыыр тэрилтэ үлэтэ-хамнаһа сэргэхсийэ түспүтэ. Киниэхэ баар “Бөртө” сылгы собуота, ынах сүөһүгэ тутуллубут улахан хотонноро бары оннук улахан да буолбатар барыска үлэлииллэр. Үлэһиттэрэ бэйэлэрин уйуттар хамнастаахтар. Биһиги сахабыт сирин тыатын хаһаайыстыбата улахан иэскэ киирэн эстэн олордоҕуна киһи чахчы ылынар интэриэһиргиир түгэннэрэ. Матвей Николаевич ханнык да үлэҕэ экономически ааҕан-суоттаан, үлэ тэрээһинин чахчы кыайа-хото тутан салайара көстөр. Ол иһин киниэхэ промышленнай тэрилтэ үлэтэ, тыа хаһаайыстыбата буоллун хаһаайыннаарын мындырдарын дэриэбинэҕэ кыра сааһыттан араас хара үлэҕэ эриллэн улааппыт буолан билэр, тэрийэри да сатыыр.
Дьон дьэ ол иһин Матвей Николаевич аграрнай партияны өйүүрүн истэн, билэн улаханнык биһирээтилэр. Нэһилиэнньэ санаата кэлбит. Ол иһин бу да көрсүһүүгэ эппитим курдук дьон инникигэ эрэлэ күүһүрбүт.
Арамаан Дьөгүөрэп.
|
Category: Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка |
Views: 1475 |
Added by: uhhan1
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 25 Ыалдьыттар (гостей): 25 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|