News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2015 » Кулун тутар » 31 » Афанасий НИКОЛАЕВ: “Саха баара, баар, баар да буолуоҕа”
Афанасий НИКОЛАЕВ: “Саха баара, баар, баар да буолуоҕа” | 08:00 |
Афанасий НИКОЛАЕВ: “Саха баара, баар, баар да буолуоҕа”
Соторутааҕыта “Бичик” кинигэ кыһата история наукатын кандидатын Афанасий НИКОЛАЕВ “Тайная история САХА” диэн бэрт сонун, хорсун санааны этэр ис хоһоонноох кинигэтин бэчээттээн, дьон-сэргэ дьүүлүгэр таһаарда.
Кинигэ ааптара – востоковед, национальнай политика боппуруоһун, государство уонна итэҕэл сыһыаннарын үөрэтээччи, Азия уонна Африка дойдуларын историятын чинчийээччи. 20-ттэн тахса научнай суруйуу, 100-тэн тахса ыстатыйа ааптара, федеральнай структуралар экспертэрэ, ырытааччылара.
“Тайная история саха” – саха төрүт омук буоларын, бу сиргэ тыһыынчанан сыллар анараа өттүгэр баарын, билиҥҥи Саха сириттэн саҕалаан “былыргы сахалар” Евразия, Америка, Африка континеннарынан тарҕанан олохсуйбуттарын, элбэх омук төрдө буолбуттарын, аан дойду, киһи-аймах историятыгар прогрессивнай сабыдыалы киллэрбиттэрин туһунан кэпсиир.
- Афанасий Алексеевич, сахалар, бу билигин олорор сирбитигэр төрүкү айыллыхпытыттан олоробут (автохтоннай), хантан да кэлбэтэхпит диэн эппиккин. Ол аата Сомоҕотто көрүүтүн салҕааччыта буоллаҕыҥ?
- Оннук этиэххэ эмиэ сөп. Ол гынан баран кинилиин араастаһарбыт диэн: Сомоҕотто үлэлиир, чинчийэр кэмигэр информацията быдан аҕыйах этэ. Мин наука хас да салааларын ситиһиитин, сайдыытын, түмүгүн туһанан кинигэбин суруйдум.
- “Сахалар кистэлэҥ историялара” туох санааттан сурулунна? Өтө көрүү, этиттэрии, кэмэ кэллэ...
Кэмэ кэллэ. Бэйэ норуотун, дойдутун историятын билбэтиттэн туох баар проблема (экономическэй, политическэй, социальнай, сиэр-майгы) тахсар диэн мин бүк итэҕэйэбин. Киһи кимин-тугун, төрдүн-ууһун, күн анныгар миэстэтин, суолтатын чопчу билиэхтээх. Историябытын кырдьыктаахтык ырытар, үөрэтэр кэммит кэллэ. Идеологическай штампалары быраҕан, наука араас хайысхатын, салаатын аныгы билиитин барытын мунньан, тэҥнээн ырытыы оҥоһуллуохтаах. Аан бастаан оннук ньыманы аатырбыт тюрколог Лев Гумилев туттубута.
- Сахалары соҕурууттан көһөн кэлбиттэрэ диэн дакаастыы сатааһын – идеология, политика содула?
- Биллэн турар. Ким инники кэлбит, ким кэнники кэлбит... кэлии дьон бу сир баайыгар быраабтара барыта тэҥ буолар диэҥҥэ иэҕэн илдьии. “Олохтоох омук” диэтэхтэринэ кини сиригэр-уотугар ураты быраабын билиниэхтэрин наада буолар.
- Өскөтүн “саха-саки” диэн омук атын омуктар култуураларыгар сабыдыаллаабыт, үтүмэн омук төрдө буолбуттара диэтэххэ, манна хаалбыт сахалар тоҕо “барбыт сахалардааҕар” сайдыбатыбыт?
- “Сайдыы” диэн араас өйдөбүллээх. Мин саныахпар, мантан барбыт былыргы сахалар ордук техническэй сайдыыны өрө туппуттар. Онтон хаалбыттар – духуобунаһы.
- Аҥаардас духуобунай сайдыыны өрө тутан тыыннаах хаалыахха сөп дуо? Тибеттэр холобурдара тугу туоһулууруй?
- Икки атахтаах сайдыытын уһугар бастаан духуобунас туруохтаах. Саха бэйэтин “айылҕа оҕотунабын” диэн ылынар. Айылҕаны, тулалыыр эйгэни күүһүнэн баһылыыры, алдьатары аньыынан ааҕар. Кини былыр-былыргыттан айылҕаҕа, айылҕа уларыйыытыгар, көстүүтүгэр сөп түбэһэн олоҕун дьаһанан кэлбитэ. Саха философиятыгар киһини бэйэтин туспа буолбакка, улахан куйаар сорҕотун быһыытынан ылынан көрөрө. Бу олох ис хоһоонун былыргы сахалар саамай сөпкө таайбыттара дии саныыбын. Онон духуобунастан сиэттэрэн техническэй сайдыы барыахтаах. Аҥардастыы техническэй сайдыыны өрө тутуу, айылҕаттан ылар, итигэстиир эрэ идеология – бу киһи аймах эстэр суола.
Аан дойдуга билигин 6 000 араас омук олорор. Онтон киһи аймах бүттүүнэ билиммит духуобунай баайдаах омуга 50-60 эрэ. Ол иһигэр сахалар. Олоҥхо – саха духуобунай сайдыытын чыпчаала. Олоҥхо аан дойду уус-уран шедеврынан билинилиннэ. Билигин олоҥхону, кини идиэйэтин үөрэтии кэҥиэҕэ.
- “Саха – олохтоох омук” диэн этэриҥ саамай сүрүн тирэнэр тирэҕэ...
- Климат. Түҥ былыр, Саха сирэ билиҥҥи субтропик курдук итии климаттааҕа. Ол дойдубут олоҥхолорго хоһуйуллар. Саха тылыгар тэбиэн, баабыр, моҕой о.д.а соҕуруу дойду кыылын-сүөлүн ааттыыр тыллар бааллара эмиэ ити кэминээҕи сылаас климаты туоһулуур.
- Ону таһынан саха сүөһүтүн, сылгытын боруодата чуолаан Саха сиригэр үөскээбит ураты боруодалар диэн этэҕин.
- Саха – киһи аймах сайдыытыгар материальнай кылаата: тымныы усулуобуйаҕа ынах-сүөһүнү дьиэтиппитэ, ииппитэ буолар. Дьиикэй кыылы дьиэтитии ыллыҥ да оҥоһуллубут. Ити наукаҕа дакаастаммыт чахчы. Дьиэтитии, иитии хас да тыһыынча сыллар тухары барар уһун-киэҥ процесс. Соҕуруу дойдуттан сүөһүнү үүрэн аҕалан климакка сөп түбэһиннэрэ охсор эмиэ кыаллыбат. Ити эмиэ сахалар бу сиргэ түҥ былыргыттан үөскээбиппиттэрин туоһулуур.
- Индия арийдара – хиндилар, хуннар, шумердар, бэл Америка индеецтэрин сорох уустара сахалар-сакилар, Корея, Дьоппуон судаарыстыбаларын сайдыытыгар, култуураларыгар былыргы сахалар эмиэ сабыдыаллаабыттара диигин.
- Саха сиригэр археологическай хаһыыларга булуллубут тэриллэр оҥоһуллубут кэмнэригэр – Европа, Америка улахан аҥаардара хас да биэрэстэ халыҥнаах муус анныгар сыппыттара. Онно киһи үөскүүр, олорор усулуобуйата суох этэ. Сылаас климаттаах сиргэ элбэх омук төрдө буолбут сахалар, сакилар олорбуттара.
- Оччотугар сахалар “аҕыйах ахсааннаахпыт” диэн ытанарбыт кыаллыбат буолан тахсар?
- Сахалар элбэхпит.
- Өссө биир интэриэһинэйи этэҕин: Сибиир омуктарын кытары нуучча хаһаактара биир хааннаах, итэҕэллээх буолан, Сибиири кыра кэм иһигэр баһылаабыттара диэн.
- Улахан утарсыы суоҕа – ити биллэр чахчы. Арай, чукчалар өр утарылыспыттара.
- Атын хааннаах буолан?
- Оннук.
- Нууччалардыын уруулуу омукпут?
- Евразия омуктара үксэ биир историялаах, биир төрдүлээх омуктар. Холобур нууччаларга тарҕаммыт этии баар дии: “Поскребешь русского –татарин”, - диэн. Уопсайынан, “нуучча” – диэн омук аата буолбатах.
- Бу территорияҕа олорор дьону ааттыыллар?
- Атын омук сиригэр бардахпытына эн татаар да буол, саха да буол, нуучча да буол барыбытын – “русский”, “нуучча” дииллэр. Аны, 16-с үйэҕэ диэри кылабыыһалары наар “татарскай” дииллэр. Ол кэмҥэ Евразияҕа монголлар, татаардар баһылаан олорбуттарын иһин барыта “татарскай” буолар. Ханнык эмэ кэмҥэ хайа омук баһылыыр да, туох барыта ол аатынан барар. Түүрдэр баһылыыр кэмнэригэр бары “түүрдэр”, “хууннар”, “скифтар”, “сарматтар” этилэр.
- Аджи Мурад украинецтары – түүрдэртэн төрүттээхтэр диэн этэр.
- Оннук буолумуна. “Украинец” диэн омук суох. Ити – соҕуруу нууччалар.
- Белорустар эмиэ?
- Белорустар эмиэ.
- Киһи аймах сайдыыта түһүмэҕинэн барар буоллаҕына, үһүс аан дойду сэриитэ буолуохтаах?
- Тэҥнээн көрөр эбит буоллахха, билигин биһиги 30-с сыллардааҕы кэмҥэ олоробут. Өскөтүн “тымныы сэриини” аахтахха, төрдүс аан дойду сэриитэ саҕаланыан уон сыл иннинээҕи турукка киирдибит.
- Бу иэдээни... Саатар, сэрии да “сайдан”, ньымата атын буолар ини?
- Урукку курдук сүүс сүүскэ кыргыһыылар, харсыһыылар тахсыахтара суоҕа. Украинаҕа биирдиилээн сиргэ сэрии барарын курдук барыаҕа. Үксүн информационнай технология сэриитин ньымата киэҥник туттуллуоҕа. Оттон ол – өйү-санааны буккуйуу буоллаҕа. Эт-сиин эчэрийинээҕэр өй-санаа иириитэ хайата алдьатыылааҕын көрөн иһиэхпит.
- Оннук кэмҥэ Сталин оруола сөргүтүллэр?
- Путин маннык сэрии иннинээҕи балаһыанньаҕа Сталин салайбыт суолун тутуһарыгар эрэ тиийэр. Талара суох.
- Репрессийэлэр бараллар?
- Элитэ ыраастаныыта саҕаланан эрэр. Мин саныахпар, национальнай республикалартан саҕалыахтара.
- “Берия” ким буолар?
- Дьиҥинэн, 30 сылларга репрессияны ыыппыт киһи Ежов буолар. Төттөрүтүн НКВДыга Берия ананаатын кытары репрессия сөҕүрээн барбыта. Уонна сэрии кэмигэр Берия НКВД дьыалатыгар олох орооспотоҕо, кини Сталин ставкатын хааччыйарынан эрэ дьарыктаммыта.
- Дуо-а?
- ...Сталины да бэйэтин өлүүтүнэн өлбөтөҕө, өлөрбүттэрэ диэн дакаастаатылар дии. Сталин өлөөтүн кытары, Берияны бэрт тиэтэллик, суутун дьыалатын фальсификациялаан баран ытан кэбиспиттэрэ. Маннык ылан көрдөххө: бу – былааһы суулларыы, күүс өттүнэн уларытыы тахсыбыта.
- Россия – бачча улахан судаарыстыба, бачча элбэх халыҥ норуоттаах эрээри бэйэтин баһын тоҕо киһилии дьаһанан кэлбэтэҕэй?
- Анаан ыспыт буоллахтарына?
- “Бэһис холуонна” - “таайдар оҥоһуулара”?
- Биир эрэ омуктарга сигэнэр сыыһа. Киэҥник көрүөххэ наада. Англосакскай эйгэ диэн этэр оруннаах буолуо. Арҕааҥҥы идеология арбыыр “демократиялара” бэйэлэрин дойдуларыгар сыта да суох. АХШ президенин быыбарыгар биирдиилээн да, атын кыра партиялартан да элбэх кандидат кыттар. Ол гынан баран, икки сүрүн партия кандидаттарын эрэ көрдөрөллөр.
Американы кланнар салайан олороллор. Британияны этэ да барыллыбат, өссө түҥ былыргыттан утумнанан иһэр үгэс. Манан диэн ыллахха, история наукатын доктора Ю.Жуков суруйарынан, дьиҥнээх демократия 1936 сыллаахха Сталин саҕана Сэбиэскэй Россияҕа баара. Альтернативнай быыбар эҥин.
- Россияны ыһар-тоҕор үлэ хаһааҥҥыттан барбыта буолуо дии саныыгын?
- Петр 1 саҕаттан. 1698 сылга Петр 1 арҕааттан эргиллибитин кэннэ.
- ?!
- Дьиҥнээх историческай Петр 1 кырдьык улахан уҥуохтаах дэниллэр. Киппэ, кэтит сарыннаах. Ол гынан баран, кэлиҥҥи Петр 1 курдук 2 миэтэрэлээх буолбатах этэ. Кэлиҥҥи киһи - синньигэс, хатыҥыр уһун, 44 размер форманы кэтэр, европалыы быһыылаах-таһаалаах. Петр 1-ы уларыппыттарын кэннэ, Европаҕа “хара мааскалаах” хаайылла сытар киһи туһунан үһүйээн үөскүүр. Ити мээнэҕэ буолуо дуо?
- Петр 1-ы “уларыппыттар” диэн норуокка уос номоҕо баарын билэбит эрээри...
- Лев Толстой “Война и мир” айымньытыгар баар дии: нуучча элитэтэ бары французстуу саҥараллар. Норуот уонна элитэ тус-туһунан олохтоохторо, бэл, тыллара эмиэ атын-атын этэ.
- Нууччалыы саҥа – хаалынньаҥ бэлиэтэ буолар?
- Оннук. Арҕаа дойдуттан кэлэн баран Петр 1 нуучча кэргэнин Соловьевскай манастыырга ыытар. Норуот ыраахтааҕылара “уларыйан” кэлбитин билэн “Антихрист” диэн ааттаатаҕа.
- Оччотугар омук сириттэн “сайдан” кэлэн “нууччалыыны” барытын утары охсуһара, боярдары бытыктарын быһара, европалыы таҥыннарара... сөп түбэһэр курдук эбит.
- Арҕаа дойдулары үтүктүү саҕаланар. Итинник сатарытыы 1917 сылга туохха тиэрдибитин билэбит.
- Оттон революция кэнниттэн, ким “арҕааҥҥы идеологияны” тарҕатар?
- Троцкай. Кини - американскай бөдөҥ промышленниктар лоббилара буолара историческай факт. Троцкай аан дойдуга барытыгар социалистическай революция буолуохтаах диэн этэрэ дии. Россияны ол хаоска уган күүһүн өһүлээри. Сталиннаах Троцкайдааҕы туораппатахтара эбитэ буоллар, Россия судаарыстыбата билигин баар буолара саарбах ээ. Чэ, баҕар аата баар буолуо эрээри, билиҥҥи өйдөбүлүттэн быдан ыраах буолуо этэ.
- Арҕаалар проектара – Троцкай этэ, ол иһин кини Сэбиэскэй Россияттан үүрүллэн баран Латинскай Америкаҕа тиийэн бэрт холкутук, тоттук олордоҕо?
- Оннук буоларыгар тиийэр. Троцкайдара табыллыбатаҕар, арҕаалар тута Гитлери үбүлээн бараллар. Быстар дьадаҥы ефрейтор бүттүүн Германия фюрера буоларын ситиһэллэр. Суоттаан-ааҕан көрдөххө, сэрии иннинэ Германия бюджетын барытын байыаннай сэбилэниигэ барыыра. Онтон бу ньиэмэстэр тугунан аһаан-таҥнан олорбуттарай, барытын сэбилэниигэ барыыр эбит буоллахтарына? Германия армията 30-с сыллар саҕаланыыларыгар 100 тыһ. саллааттаах буоллаҕына, 1941 сылга 5 мөл. саллааттанар. Харчыта суох 50 төгүл саллаат ахсаанын үүннэрбэккин.
- Тастан үбүлээһин баара?
- Эппиэт бэйэтэ тахсан кэлэр. Улуу Кыайыы 70 сылыгар АХШ, Великобритания союзниктар оруолларын толоруохтара. Хантан онннук буолуоҕай, дьиҥинэн?! Кинилэр Россияны тэбистэрээри Гитлери бүөбэйдээн үүннэрдэхтэрэ.
- Онтон сэрии кэнниттэн “арҕааҥҥы проегынан” ким буолбутай?
- Горбачев, Шеварнадзе американецтар марионеткалара этилэр диэн элбэх киһи этэр.
- Оттон Ельцин?
- Ельцин кэм ирдэбилигэр сөп түбэһэн хаалбыт политик. Ити Гайдардаах, Чубайстаах ыыппыт приватизациялара, реформалара эҥин барыта американецтар оҥоһуулара. Кремльгэ Ельцини кытары ыаллыы хоско американецтар олорбуттара – биллэр чахчы.
- Петр 1 уларыппыт буоллахтарына... Путин эмиэ сүтэ сылдьыбыта дии...
- Дьэ, ол ону кэм-кэрдии эрэ көрдөрүөҕэ (күлэр).
- Оттон Путин ким “проега” дии саныыгын?
- Путин президент быһыытынан былааһа олус кэмчи ээ, дьиҥинэн. Центробаан үлэтэ...
- ...Солкуобайы бэчээттээһин?
- ...кини онно орооһор бырааба суох. Ол иһин ити ОНФыны тэрийэн хааччахтан мүччү-хаччы туттаран тахса сатыыр.
- Эн этэргинэн, арҕаа дойдулар инньэ Петр 1 саҕаттан Россияны ыһарга сыраларын бараабыттар, барыыллар даҕаны. Ол хас эмэ сүүһүнэн сылларынан кинилэр былаанныыллара буолуо дуо, ама? Оттон биһиги тоҕо “итинник” толкуйбут суоҕуй?
- Кинилэр олох атын категориянан толкуйдууллар – айылгылара оннук. Сүүһүнэн сыллары өтө көрөн. Киһиттэн таһынан сананыы, атын омуктары барытын “дьиикэйинэн” ааҕыы – бу кинилэр идеологиялара. “Римский клубтарын” былаанынан (өссө 45 сыл анараа өттүгэр ылыныллыбыт) сири барытын ГМО үүнээйинэн, пестицидынан сутуйуу 2012 сыллаахха бүтүөхтээх, Украинаны, Казахстаны, Россияны ыһыы саҕаланыахтаах диэн эппиттэрэ. Кытайдарыҥ эмиэ атын категориянан толкуйдуур омук.
- Кытайдартан эмиэ дьаахханабыт?
- Баһыйтарбат курдук, кинилэр толкуйдуур дьоҕурдарын учуоттаан олохпутун тэриниэхтээхпит. Ол инниттэн биһиги бастаан киммитин-туохпутун билиэхтээхпит. Холобур, России историята - баар, нуучча норуотун историята - суох. Саха сирин историята - баар, сахалар историялара - суох.
- Петр 1 саҕаттан Россия судаарыстыбата төрдүн-төбөтүн умнарга барбыт?
- Науканы, историяны идеологияҕа, политикаҕа сөп түбэһиннэрии ылла да оҥоһуллубутаҕа. Сыыйа-баайа барбыта. Тиһэх кырдьыктаах науканы, историяны турууласпыт учуонайдар Ломоносовтааҕынан бүтэллэр. Билигин даҕаны историяны кырдьыктаахпыт үөрэппит нуучча учуонайын Юрий Жуков үлэтэ тыһыынчаны кыайар-кыайбат бэчээттэнэр. Хата, ол оннугар, Виктор Суворов, Солженицын, Жорес Медведев, Радзинскай куорҕаллыыр үлэлэрэ мөлүйүөнүнэн тарҕанар...
- Кинигэҕэр Евразия омуктара урут биир итэҕэллээхтэр этэ диигин?
- Евразия омуктарын былыргы итэҕэллэрэ – күҥҥэ, халлааҥҥа сүгүрүйүү. Саха сиригэр көскө кэлбит старовердар – былыргы итэҕэли илдьэ сылдьар дьон. Сахалар нуучча хаһаактарын утары Хаҥаласка өрө турууларыгар сахалары кытары старовердар кыттыспыттара. Ону ким да аанньа ахтыбат. Оттон старовердар диэн олох бэйэлэрэ бүөм сылдьар, кими да чугаһаппат дьон этэ буоллаҕа. Дьэ, оннук дьон сахаларга тоҕо кыттыспыттарай? Итэҕэллэрэ биир буолан. Старовердар уонна тенгрианство каноннара олус маарыҥнаһаллар, үҥэллэрэ-сүктэллэрэ, малыыппа ааҕаллара да атылыы.
- Биһиги курдук кыра ахсааннаах омук империя састаабыгар эрэ киирдэҕинэ тыыннаах ордор диэн Николай Лугинов “Чыҥыс Хаан ыйааҕынан” арамаанын сүрүн санаата. Эн онно сөбүлэһэҕин?
- Николай Лугинов эрэ буолбакка өссө Өксөкүлээх “Интеллигенцияҕа суругар” этэн турар.
Улахан омуктар күөнтэһэр кэмнэригэр кыра омук симэлийэрэ бэтэрээ дьыала. Мин саныахпар, саха норуота – Евразия улуу омуктарын ситимниир, кинилэри түмэр миссиялаах бу сиргэ олорор дии саныыбын. Экономическай өттүнэн биһиги кыаҕырбаппыт – “олигархтары” сатаан үөскэппэппит. Онон духуобунай посредник оруолугар сылдьар суолу тутустахпытына тыыннаах ордуохпут.
- Казахтары, нууччалары...
- ...Киргизтэри, узбектары, кытайдары, кэриэйдэри... барыларын холбуурга – посредник буолуохтаахпыт – итэҕэлбитинэн, духуобунаспытынан. “Тоҕо биһиги посредник буолуохпутун сөбүй, уонна тоҕо биһигини истиэхтэрин сөбүй?” диэтэххэ, биһиги – ахсааммыт аҕыйах. Кинилэргэ туох да куттала суохпут. Атын улахан омук эттэҕинэ – амбициялара улахана, сэниэтэ бэрт буолан бэйэ-бэйэлэрин истиэ суохтарын сөп. Оннук да буола турар. Ол иһин биһиги – сахалар, бары өйбүтүн-күүспүтүн ууран, ити норуоттар түмсэллэригэр төһүү болуохтаахпыт. Бары биир хааннаахпыт, биир историялаахпыт, биир өбүгэлээхпит, төрдүлээхпит диэн өйү-санааны этэрбит уонна иһитиннэрэрбит олус наада. Библияҕа “Тиһэх кыргыһыы” түһүмэҕэр суруйбут сценарийдарынан курдук, дойдубутун ыһалларыгар ытаһа буолбакка, төттөрүтүн сомоҕолоһууга күүспүтүн-кыахпытын, өйбүтүн-санаабытын түмтэхпитинэ, норуоттары сомоҕолуур култуурунай-духуобунай миссияны тутустахпытына – биһиги омук быһыытынан тыыннаах хаалыахпыт.
***
Кэпсэттэ Туйаара НУТЧИНА,
Аартык.ру
Источник: aartyk.ru
|
Category: История, философия |
Views: 1705 |
Added by: uhhan1
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 27 Ыалдьыттар (гостей): 27 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|