Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2015 » Ыам ыйа » 31 » “Көҥүллэрэ быстыбыт дьоҥҥо анаан “Айыы Арчыта” дьиэни туттарыахха! Көнөр суолларын ис турук, өй-санаа ырааһырыытыттан саҕалыахха! Кистэлэҥ к
“Көҥүллэрэ быстыбыт дьоҥҥо анаан “Айыы Арчыта” дьиэни туттарыахха! Көнөр суолларын ис турук, өй-санаа ырааһырыытыттан саҕалыахха! Кистэлэҥ к
10:52
Кистэлэҥ күүс күүһүнэн...

Ааҕааччыларбыт өйдүүргүт буолуо – бу дьыл муус устарыгар аһаҕас эфиргэ “Харах далыгар” биэриигэ “Айыы уонна хаайыы” диэн тиэмэҕэ бэрт сытыы кэпсэтии буолбутун. Биллэн турар, маннык боппуруос киэҥ эйгэҕэ тахсыбыта мээнэҕэ буолбатах, чахчы тирээн кэлбит, быһаарыллара уталытыллыбат буолбутун туоһулуур.

Биэрии кэнниттэн элбэх киһи сөптөөх боппуруос көтөҕүллүбүтүн сэҥээрэн эттилэр, чахчы үтүө түмүктэри аҕалыахтаах дьыала буоларын норуот да, былаас да өйдүүр кэмэ кэлбитин, ыарахан дьылҕаламмыт дьоммутугар өй-санаа өттүнэн күүс-көмө буолар суолу тобулан, чахчы дьиҥ дууһаларынан ыалдьан ылсар, тарбахха баттанар аҕыйах да буоллар, дьонноох эбиппит диэн биллилэр.

Саха өһүн хоһооно этэринэн, “уол оҕо биир күн ат уорҕатыгар, биир күн ат өрөҕөтүгэр” буолара, хомойуох иһин, ыраахтан кэлбэт. Эбэтэр, “ким да иннин тымтыктанан көрбөт” дииллэринии, сарсын эйигин туох күүтэрин, дьылҕа ханнык суолу ыйарын билбэккин. Мөкү суолу тутуһар, ардыгар, соҕотох киһиттэн тутулуга суоҕа, баҕарбатар да күүс-көмө буолар, сүбэ-ама буолар дьоно аттыгар суоҕа саарбах суолга үктэннэрэр буоллаҕа. Хомойуох иһин, ол кэлин да салҕанан барара элбэх. Маны таһынан, үөйбэтэх-ахтыбатах өттүттэн дьылҕа-хаан тиэрэ эргийэн, тэптиртэн тэбиллэн, буруйа суох эрээри хаайыы дьоно буолан хаалбыт эмиэ аҕыйаҕа суох. Бу дьон санаалара сынтарыйбатын, туруктара тостубатын, үтүөҕэ эрэллэрин сүтэрбэттэрин туһугар эмиэ элбэх үлэ ыытыллара эрэйиллэр.

Дьэ, манна хайдах көмөлөһүөххэ, бу дьон санаатын тосту уларытарга үтүө суолу тутуһалларын хайдах өйдөтүөххэ, онно тугу гыныахха диир дьон баарыттан үөрэҕин, кинилэргэ махтана саныыгын.

“Ис туругу уларытыахха, ол инниттэн бэйэлэригэр баар кистэлэҥ күүстэрин аһыахха”, - маннык санаа хас да сыллааҕыта бастаан Марина Спиридоновна Платоноваҕа уонна кини биир санаалаахтарыгар хаайыыга баран уочараттаах лиэксийэ ааҕыы кэнниттэн кэлбитэ. Ону хайдах олоххо киллэрэр туһунан кинилэр уһуннук толкуйдуу барбатахтара.

“Көҥүллэрэ быстыбыт дьоҥҥо анаан “Айыы Арчыта” дьиэни туттарыахха! Көнөр суолларын ис турук, өй-санаа ырааһырыытыттан саҕалыахха! Кистэлэҥ күүстэрин уһугуннарыахха!”. Бу санаа күн-түүн үүйэ-хаайа тутан, эрэй эҥэрдэспиттэри, дьонтон туора көрүллүбүттэри быыһыыр суол көстүбүтүттэн эр ылан, Марина Спиридоновна сырдык баҕа санаатын үөһэ үтэр күүс оҥостон, иннин хоту түһүнэн кэбиспитэ, араас көмөлөһүөн сөптөөх структуралар ааннарын биир-биир тоҥсуйталаан барбыта. Ордук улахан үтэйэр күүһүнэн онно сытааччылар көрдөһүүлэрэ буолбута, биир үксүн ол иһин бу дьон көҥүл олоххо тардыһар эрэллэрин уотун кыыма умуллара сатамматын бүтүн бэйэтинэн өйдөөбүтэ.

Быстах санааттан эбэтэр куһаҕан кэмэлдьилээх дьон тэбиилэриттэн хаайыы дьиэлэммит, отуордара хамсаабыт дьону көрөн, Марина Спиридоновна дьахтар сиэринэн аһыммыта, кырдьыктара дакаастанан, көҥүл, дьон кэккэтигэр сылдьар сырдык эрэллэрэ өссө да сүтэ илик онно олорооччулар көрдөһүүлэрин сүрэҕэр-быарыгар чугас ылыммыта. Уонна кинилэргэ айыы санаа баһыйарыгар “Айыы Арчыта” дьиэ тутуллара наадалааҕынан аахпыта.
Ол гынан баран барыта санаа хоту баран испэтэҕэ – өйдөөбөт өттө, тоҕо эрэ, бастаан баһыйар этэ.

--Түөрт сыл буолла, бу боппуруоһу туруорса сатаабытым, - диир кини. – Элбэх кэбиниэти кэрийдим, хаайыыга да сытааччылары кытта кэпсэттим, УФСИН салайааччыларын да тумнубатым. Атын да общественной үлэбинэн элбэхтик мунньахтыыбын. Онно ити боппуруоһу хаһан да умнубаппын, куруук өйдөтөбүн.
Бу сыллар устата бэчээккэ да, Интернет сайтарыгар да элбэхтик суруйдулар, кэпсээтилэр. Онон элбэх тустаах салайааччы билэн-көрөн олорор. Аны ити тиһэҕэр “Харах далыгар” тахсан, дьон өссө киэҥник иһиттэ, көрдө.

Онон саҥата суох олорон баран эмискэ тахсыбыт буолбатахпыт, элбэхтик илдьиритиллибит, иһитиннэриллибит, бэлэмнэммит, быһата, туолара эрэ хаалбыт дьыала этэ.
Олорон кэлбит олоҕум устата бэйэм да иннибэр маннык туруулаһан, хас эмэ сылы сылынан, тугу да көрдөһө иликпин. Ол көрдөһөрүм харчы буолбатах – кыһалҕаҕа киирбит дьоҥҥо көмөлөһүөҕүҥ диэн тылынан эрэ көрдөһүү. Тоҕо? Уопута суохпуттан, сүрүнэ, дьон суобаһыгар, сырдык, аһыныгас санаатыгар итэҕэлим күүһэ оччо этэ. Билигин, барытын билэн-көрөн баран, санаатахха, хара ааныттан быһа харчы көрдөөбүт эбитэ буоллар, баҕар, атын хартыына буолуо этэ.

Этэллэр ээ “хас биирдии киһи дьылҕатын бэйэтэ талар, бэйэтэ оҥорор диэн”. Хайа эрэ өттүнэн сөп этии. Ол гынан баран, ардыгар, киһи бэйэтиттэн тутулуга суох дьылҕа хаан куһаҕан хараҕынан көрөрө, очурга охсоро, тэптиргэ тэбэрэ эмиэ баар суол. Самнар, сабыстар, санаа тууйар күннэрэ тирээтэҕинэ, охтон эрэр оттон-мастан тутуһар, эбэтэр нуучча өһүн хоһооно этэринии, тимирэн эрэр хороҥ оттон тардыһар дииллэринии, киһиэхэ кыра да кыым курдук эрэл санаа өйөннөҕүнэ кутаа буолан умайыа, сылааһынан, сырдыгынан сыдьаайыа. Биһиги кэпсэтэр түбэлтэбитигэр – Айыы Дьиэтэ, өй-санаа чопчуланар, ыраастанар, сааһыланар, буолбуту ырыҥалыыр, буолуохтааҕы ыралыыр сирэ.

Мария Спиридоновна, аҕыйах да буоллаллар, кини биир санаалаахтара баҕа санаалара бүгүҥҥү күҥҥэ ол эрэ – бары саныыр санаалара бу дьиэ тула түмүллэр.
--Элбэх ааны тоҥсуйан, сөптөөх өйөбүлү көрсө илигим. Арай биир киһи, кини Ил Түмэн депутата, көмөлөһөөччүтүн нөҥүө бэйэлэрэ оҥорон таһаарар матырыйаалларынан көмөлөһүөх буолан үөрдүбүтэ. Киниэхэ барҕа махтал!

Бу түөрт сыл устата холуонньа начальниктара хаста да уларыйдылар. Олор истэригэр “туохха халтай сүүрэҕит, ити дьону аны ким да көннөрбөт дьоно, тахсаат да сотору манна төннүөхтэрэ” диэн, статистиканы ыйа-ыйа, түҥнэри хайыһааччылар эмиэ бааллара. Онуоха “олортон саатар биир да киһи көнөр суолга үктэннэҕинэ куһаҕана суох буолбат дуо?” диэн этэргэ күһэллэрим.

Ити эрэ буолуо дуо, хаайыылаахтарга Айыы дьиэтин туттарыыны үгүс салайааччы наадата суоҕунан ааҕара. Аҥардас тутуу ыытарга сири ылыыга төһөлөөх ньиэрбэ сиэммитин сүүрбүт-көппүт, тустаах эрэ киһи билэр. Сирбит республика бас билиитэ буолбакка, киин сир бас билиитигэр баар, онон Москва көҥүлэ ирдэниллэр диэн күүттэрдилэр да аҕай этэ! Көҥүл икки сылынан кэлбитэ.

Эрэйбит итинэн бүппэтэҕэ. Итиннээҕэр буолуох суолталаах тутуу элбэх, ииччэҕэ-бааччаҕа элбэҕэ бэрт, тохтоторго дии сылдьыбыттара. Арай Москваттан Госдума депутата УФСИН салалтатыгар быһаччы дьаһал биэрэн, тутуубут матырыйаала, дьэ, оннуттан хамсаабыта, дьиэбит тутуута саҕаламмыта. Киниэхэ барҕа махтал!

Хаста да аһымал тэрээһиннэрин тэрийдибит. Хас биирдии сууттаммыт киһи дьонуттан ду, доҕотторуттан ду, саатар биирдиитэ маннык тэрээһиҥҥэ сылдьан, биэстии мөһөөгү да уктаҕына улахан көмө буолуо этэ диэн суоттуубут, инникитин дьон аһыныгас санаатыгар эрэнэбит.
Республикабыт олохтооҕо мөлүйүөҥҥэ тиийбэт ахсааннаах. Онно тэҥнии туттахха, “олорооччубут” олус элбэх. Бу – бүтүн общество кыһалҕата. Онон бары ылсыахтаахпыт. Манна быһаччы өлөрүөхсүт эрэ олорор буолбатах. Хомойуох иһин, ардыгар, буруйа суох хаайыыга быраҕыллар, өлөрүөхсүт көҥүлгэ көччүйэр.

“Айыы Арчытын” тутуута саҕаланна. Элбэх кэпсэтии, сүүрүү-көтүү, киэҥ эйгэҕэ иһитиннэрии кэнниттэн, үөрүөх иһин, көмөлөһөр баҕалаах дьон көстүтэлээн эрэллэр.
Ааспыт сыл сэтинньититтэн Общественнай сэбиэт чилиэнэ буолар официальнай статуһугар биһиги хас да биир санаалаахтарбыт киирдилэр. Онуоха эбии үөрүү: УФСИН саҥа талыллыбыт начальнига биһигини бары өттүнэн өйүүрүн биллэрдэ.

Түмүкпэр, биһигини өйдөөбүттэргэ, өйүүр баҕалаахтарга махтанан туран этиэм этэ: 7-с №-дээх холуонньаҕа “Айыы Арчытын” тутуута этэҥҥэ түмүктэнэригэр аны туох да мэһэй суох буолуо диэн эрэниэҕиҥ. Сүрүнэ, дьон өйдөөтө, көмө киирэн эрэр.

Билигин да үп-харчы, матырыйаал наада буолара саарбаҕа суох. Ким туох эмэ этиилээх, тугунан эмэ көмөлөһөр баҕалаах баар буоллаҕына, “Харах далыгар” биэрии редакциятыгар биллэргитигэр баҕарабыт.

Евдокия Юмшанова. "Уйэ" сурунаал.
Category: Люди. Человек. Народ. Общество | Views: 1693 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Ыам ыйа 2015  »
БнОпСэЧпБтСбБс
    123
45678910
11121314151617
18192021222324
25262728293031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 79
Ыалдьыттар (гостей): 79
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024