News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2015 » Бэс ыйа » 3 » Газохимическай собуот тула.Саха сирэ химзаводу утарар
Газохимическай собуот тула.Саха сирэ химзаводу утарар | 14:26 |
Газохимическай собуот тула
Саха сирэ химзаводу утарар
Өлүөнэ өрүс үрдүгэр Дьокуускай куораттан чугас, Мэҥэ Хаҥалас сиригэр-уотугар тутуллуохтаах газохимическай собуот туһунан элбэх кэпсэтии республика олохтоохторун суругунан утарылаһар элбэх кэпсэтиилэр, сорунуулаах утарсыылара буола турар. Былаас норуоту уоскута сатаан проект суох, итнвестор биллибэт, экологическай экспертиза түмүгэ ирдэбилгэ эппиэттээбэт буоллаҕына илии баттыахпыт суоҕа, диэн араастаан муннараллар. Халбаҥ эппиэттэри биэрэллэр.
Дьиҥинэн Заречье “ТОСЭР” туһунан хамыыһыйа баар. Туох даҕаны барыллаан былааҥҥа бырайыага суох газохимическай собуоту тутабыт, диэн Хабаровскайга, Москваҕа тиийэн улахан таһымнаах мунньахтарга биһиги салайааччыларбыт тиийэн эппэтэхтэрэ сэрэйиллэр. Биллэн турар, экологическай өттүнэн тургутууну учуонайдарынан салайааччыларбыт ыыттара туруохтарын сөптөөх.
Манна даҕатан эттэххэ ааспыт мунньахха индия делегацията карбомиднай собуот модульнай буолуоҕа, быһата рельсэлэргэ турар түргэнник хомуллар-ыһыллар, диэн соһуппута. Төгүрүк сыл тулуйан үлэлиир агрегаттара биһиги Сахабыт сирин бу уобаласка дьарыктанар учуонайдарын этиилэрэ, түмүктэрэ эбэһээтэлинэй учуоттаныахтаах. Хайа аны ирбэт тоҥмут содула тоҕо учуоттаныа суохтааҕый? Саха сирин тымныы усулуобуйатыгар дьааттаах буруо көтөр сирин инин хабыыта. Итинтэн да атын сытыы боппуруостар үөскүүллэр. Оччоҕо бу химическай собуот тутуута олус ороскуоттаах буолан тахсар. Инникитин барыыс эрэ ылар туһуттан аҕыйах чааһынай инвестордар баҕаларын толоруу төрөөбүт айылҕабытыгар, олохтоох дьоҥҥо, кыылга-сүөлгэ, көтөргө содула олоччу учутуоттаныахтаах, чуолкай ааҕыллыахтаах.
Саха сирин усулуобуйатыгар баар көстүүлэри учуоттаабакка соҕуруу, итии дойдуга оҥоһуллан үлэлиир технологиялаах собуоттары аҕалан туталлара сэрэйиллэр. Норуот бу собуот тутуутун былаанын утарбыта төрдүс ыйа. Маныаха өрөспүүбүлүкэбит араас тыһымнаах салалтата, тус бэйэлэрэ интэриэстээх дьон бу боппуруоһу күөттүүллэр, диэн дьоҥҥо сэргэҕэ сыыһа өйдөбүлү биэрэллэр. Оннооҕор Ил Дархаммыт кимнээх саҥаралларын билэбит, диэн соһуттаҕа үһү. Бу мин, Газохимическай собуот тутуутун былаанын хара маҥнайгыттан, бу дьыл тохсунньу 29 күнүттэн утарбыт киһи, чунуобунньук даҕаны, бэлиитик даҕаны буолбатахпын. Интэриэһим биир: бу маннык кэрэ айылҕалаах, аан дойдуга биллэр улахан, Саха сирин киэн туттар Элиэнэ өрүһүн үрдүгэр Газохимическай тсобуот тутуллуутун утарыы. Биһиги көҕүлүүр бөлөхпүтүн учууталлар, эмп-топ үлэһиттэрэ, сынньалаҥҥа олорооччу пенсионердар, боростуой үлэһит норуот, сылгы-сүөһү көрөөччүлэр өйүүллэр.
Ол оннугар Мэҥэ Хаҥаластан быыбардаммыт Ил Түмэммит депутаттара, оройуонтан төрүттээх чунуобунньуктарбыт, куттанан ууну омурдубут курдук сылдьаллар. Тугу эрэ кэһэллэр быһыылаах...
Газохимическай собуот тутуутун утарсыыны Дьокуускай куорат олохтоохторо, Хаҥалас, Нам, Амма, Таатта, Сунтаар, Ньурба уо.д.а.
улуустар олохтоохторо өйөөтүлэр. Нэһилиэктэр улуустар депутаттара туһааннаах быһаарыылары ылыннылар.
Бу дуо? аҕыйах киһи бэйэлэрин тус сыалларын; былааска талаһар, байар-тайар татым санааларын, ситиһээри туруммут суоллара? Бу дьиҥнээх норуот сүрэҕиттэн, дууһатыттан тахсыбыт дьиксинии ыар санаатын биллэрэр, тугу даҕаны истиэн баҕарбат буолбут былааска тириэрдии суола. Маны бары боростуой дьон иилиир-саҕалыыр, чунуобунньуктар кыттыспаттар, өйөспөттөр.
Онон норуоту баһааҕырдар соччото суох быһыы дии саныыбын. Кини-тугу даҕаны билбэт, барытын биһиги билэбит, биһиги быһаарабыт, диэн аһаҕастык этэр бириэмэ ааспыта. Былаас этэрэ-тыынара аһаҕас дьэҥкэ буолуохтаах, ол иһин араас стандарт диэн оҥоһулуннаҕа.
Дьиҥинэн маннык уустук балаһыанньаҕа Өрөспүүбүлүкэ салайааччылара Газохимическай собуот тутуутуттан бэйэлэрэ аккаастаныахтарын сөп этэ. ТОСЭР туһунан 473—ФЗ үһүс ыстатыйатын үһүс чааһыгар уонна бэһис чааһыгар олоҕуран, бырайыак оҥоһуллуон иннинэ.
Кэнники бырайыак оҥоһуллан государственнай экологическай экспертиза оҥоһуллар кэмигэр, онтон да инники кэмҥэ Өрөспүүбүлүкэ салалтата Собуоту туттарбаппын, илии баттаабаппын, диэн этэр кыаҕа общественнай истиилэр саҕаланаллар. Онно норуот күүскэ турунуохтаах. Собуоту туттарбаппын, диэн бигэ тылын тириэрдиэхтээх.
Туораттан, биһиги күүскэ хонтуруоллуохпут, диэн этиини биир бэйэм бэйэни албыннаныы диибин.
Ардыгар, биһиги чунуобунньуктарбыт ити ТОСЭР туһунан сокуону билэллэрэ дуу, суоҕа дуу? диэн санаа кииртэлиир...
Биир даҕаны, санаатын аһаҕастык кырдьыгынан этэр, салайааччы суоҕа кыһыылаах, ааспыт көлүөнэлэр салайааччыларыгар тэҥнэһиэхтэрэ дуо?
Үөһээ ааттаммыт Сокуон туһунан кылгас быһаарыыны “ЯВ” муус устар ый 17 күнүгэр бэчээттээбитэ.
2015 с олунньу ый 13 күнүгэр “Наша время” хаһыат үһүс балаһатыгар “Мнения населения не в счет”, диэн кыра буолан баран үчүгэй ис хоһоонноох ыстатыйа тахсыбыта, онно “ТОСЭР” туһунан федеральнай сокуон үһүс ыстатыйатын бастакы чааһыгар бэһис пуунун ырытыыны салҕыым.
Итиннэ этиллэринэн, “ТОСЭР” чэрчитинэн тутуллар собуокка, технологияҕа, оҥорон таһаарыы ньымаларыгар, оборудованияҕа намтатыллыбыт ирдэбиллэр көрүллүөхтэрин сөптөөх.
Дьэ, бу сытар сокуон иэччэхтээх капкаана, олох боростуойдук эттэххэ, инвестордар бэйэлэрин эргэрбит даҕаны технологияларын, оҥорон таһаарар ньымаларын, оборудованияларын аҕалыахтарын сөптөөх. Оччоҕо экологичкскай экспертиза 45 хонук оҥоһуллар буоллаҕына алта ыйга диэри оҥоһуллуохтаах, диэн суруллубутун курдук, экология боппуруоһа, экономика үп-харчы боппуруостарын кэннилэриттэн туруон сөп, туруо да буолуо.
Онон Газохимическай собуот тутуутун утары туруулаһыы оруннаах суол. Өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо өссө төгүл сыаналаан көрүҥ, хайдахтаах курдук айылҕабытыгар, оҕолорбут-сиэннэрбит доруобуйаларыгар охсуулаах, сүлүһүннээх дьааты таһаарар собуот тутуллара былааннанарын. Бу кэнники
улаатан-тэнийэн, сүдү собуот буолуо, оччонон айылҕаҕа, олохтоохторго содула өссө улахан буолуо.
Элиэнэ өрүс үрдүгэр тутуллуохтаах Газохимическай собуот тутуутун утарыы аахсыйатын өйүөҕүҥ! Нэһилиэктэр, улуустар депутаттара быыбардааччыларгытыттан туора турумаҥ, баһылыктар олохтоохторгутун өйөөҥ!
Мэҥэ Хаҥалас улууһун Общественнай Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ көҕүлүүр бөлөх салайааччыта Р.К.Михайлов.
Ыам ыйын 14 күнэ 2015 сыл. Майа Степанов аатынан уулусса 28/13.
Саха сирэ химзаводу утарар
Саха сирин иэнэ үс мөлүйүөн квадратнай километртан ордук. Нэһилиэнньэтин ахсаана 956 528 киһи. 14 араас омук бэрэстэбиитэллэрэ олорор. Төрүт олохтоох омуктар сахалар 466 000 киһи. Нууччалар 363 649 киһи, украинецтар 20 341 киһи, эбэҥкилэр 21 008 киһи, эбээннэр 15 071 киһи, юкагирдар 1281, чукчалар 670 киһи уо.д.а. олороллор. Уларыйа сылдьар айылҕалаах кыһын -50 кыраадыс сайын +35 кыраадыс буолар. Киин куораппытыгар, Дьокуускайга 250 тыһыынча киһи олорор. Аан дойдуга улаханынан аатырбыт Өлүөнэ өрүс бассейныгар бултаан, балыктаан, таба, сылгы, ынах сүөһү ииттэн аһыыр Саха сирин төрүт олохтоохторо олороллор.
ССРС саҕана чинчиллибитинэн С1 категорияҕа эппиэттиир 70 триллион дуоллар сууммалаах сир баайдаах. Алмаас, ниэп, гааз, көмүс, сурьма уо.д.а. хостонор. Мантан төрүт олохтоох омуктар тугу да туһамматтар. Нолуок Россияҕа барар, хостуур инвестордар олохтоохторго өлүү чаас биэрбэттэр. Онон төрүт олохтоох омуктар быста дьадайдылар. Сэлиэнньэлэргэ нэһилиэнньэ 60 бырыһыана үлэтэ суох. Ыччат киин сиргэ талаһар ону промышленноска сыһыарбат буоланнар үлэ миэстэтин тэринэрэ уустук. Төрүт олохтоох ыччат БОМЖ, БОМР буолуута үксээтэ. Саха сирин олохтоохторун бүгүҥҥү олус ыарахан социальнай мэтириэтэ итинник.
Ирбэт тоҥноох Саха сирэ олус уйан почвалаах. Манна улахан буортулаах үлэлэр баралларын саха сирин почвата уйбат. Биһиги айылҕабытыгар химзаводу тутуу тыынар-тыыннаахха, дьоҥҥо, кыылга-сүөлгэ, көтөргө-сүүрэргэ сүһүрүү, өлөр-өлүү, эстии эрэ.
ССРС саҕана сир баайын чинчийиигэ 12 сир аннынааҕы дэлби тэптэриилэр ыытыллыбыттара. Дэлби тэптэрии барбыт сирэ айылҕата тыынар тыыннааҕа өлбүтэ. Онно дьон олохсуйбат. Саха сирин оройуоннарыгар космическай ракеталар гептил, диэн дьааттаах тобохторо тохтоллор. Бүлүү өрүс ГЭС тутуллан уонна Мирнэй алмааһы хостуурга туттубут уутуттан сүһүрэн өлбүтэ. Бүлүү сүнньүнэн олорор оройуоннарга рак, онкологическай ыарыы өрө турда. Промышленность үлэлээн барбыт сирдэригэр дьааттаах уу тобохторо, сир алдьаныытыттан үөскүүр буортулаах дьаат тыынар салгыммытын буортулуур. Экологическай чинчийиилэр көрдөрөллөрүнэн Саха сирин атмосферата муҥутуур үрдүк киритиичэскэй балаһыанньаҕа турар.
Аны кэлин сылларга Саха сирин климата аһара сылыйда. Урут кыһын ахсынньы тохъсунньу ыйдарга -50, -60 кыраадыс уһуннук турар эбит буоллаҕына билигин кыһынын аҕыйах хонукка -40 кыраадыс тымныйан ылар буолла. Бу мантан Саха сирин ирбэт тоҥун ириэрэр
куттала үөскээн турар. Оччоҕо бүтүн Арассыыйа үрдүнэн ууга тимирии куттала үөскүүр.
Маннык ыарахан балаһыанньаҕа олорон олохтоох айылҕа балаһыанньатын, экология боппуруостарын үөрэппэккэ эрэ Саха Сирин салалтата туруорсан Лена өрүс ортотугар киин куораппыт Дьокуускай таһыгар Мэҥэ Хаҥалас сиригэр газохимическай собуот тутарга былаанныыр. Бу собуот сылга 8000 тонна ууну күүстээх дьаатынан сүһүрдэн Ленаҕа төттөрү кутуохтаах. Салгыҥҥа метанол, карбамид оҥоһуллубут дьааттаах буруота, быыла атмосфераны сутуйуохтаах. Аһара улахан бу собуот саха сиригэр эрэ буолбакка инникитин Дальнай Восток бары регионнарын салгынын олоччу сүһүрдэн куһаҕан сабыдыалы оҥорор туруктаах. Олус аҕыйах ахсааннаах Саха сирин олохтоохторо аҕыйах сылынан күүстээх дьааттан сүһүрдүллүбүт салгынтан, ууттан кимиттэн тутулуга суох имири эстэр туруктаахпыт.
Онон аан дойду бары судаарыстыбаларын прогрессивнай олохтоохторун бу аҕыйах ахсааннаах төрүт олохтоох омуктары имири эһэр үлэни тохтоторго күүс-көмө буоларгытыгар ыҥырабыт. Химия ханнык да көрүҥэ Саха сиригэр тутуллара бобуллуохтаах. Газохимическай собуоттар тутулларын бырачыастаан нэһилиэнньэ ортотугар сотору-сотору пикеттэр, миитиннэр ыытыллаллар. Химическай собуоттары утарар илии баттааһыннар интернеккэ 12 000, кумааҕыга 30-ча тыһыынча буолла. Уопсайа 40 000 тахса куолас хомулунна. Утарсыы акцията күн-түүн күүһүрэр. Ол эрээри олохтоох да былаас, РФ да былааһа манна болҕомтотун ууран дьаһал ыла илик.
Ол биһигини аан дойду сайдыылаах судаарыстыбаларын биһиги олохпутугар үөскээбит кыһалҕабытыгар орооһорго ыҥырарбытыгар күһэйдэ.
Билигин маннык ис хоһоонноох суруктар Россия уонна Юнеско таһыманынан ыытыллан эрэллэр. Олохтоох саха сирин олохтоохторо бука бары экологтарбыт И.Бурцев, А. Чомчоев уо.д.а. үлэлэрин дьоҥҥо тарҕатыҥ өйдөтүҥ бу иһэр идэмэрдээх иэдээнтэн көмүскэниэҕиҥ.
Арамаан Дьөгүөрэп.
|
Category: Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО |
Views: 1318 |
Added by: uhhan1
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 91 Ыалдьыттар (гостей): 91 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|