Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2015 » Бэс ыйа » 6 » Ытаабат оҕону эмсэхтээбэттэр. Сэдьүк оҕонньор муудараһа эбэтэр дотацияҕа олорор республика
Ытаабат оҕону эмсэхтээбэттэр. Сэдьүк оҕонньор муудараһа эбэтэр дотацияҕа олорор республика
19:08

Ытаабат оҕону эмсэхтээбэттэр.
Сэдьүк оҕонньор муудараһа эбэтэр дотацияҕа олорор республика

Ытаабат оҕону эмсэхтээбэттэр. Сэдьүк оҕонньор муудараһа эбэтэр дотацияҕа олорор республика Пятница, 05 Июня 2015 20:21
Cиртэн хостонор баайга биһиэхэ сүрүннээн  икки сыһыан баар.
Бастакыта, Николай  Золотарев- Якутскай  «Көмүстээх үрүйэ» сүрүн геройа Сэдьүк оҕонньор көмүскэ сыһыана. Сир анныттан хостонор баай-харах уута, туох да үчүгэйи аҕалбат, омук быһыытынан эстиигэ тиэрдэр. Олохтоохтор промышленность сайдыыта республикаҕа онто да суох уйан айылҕабытын сүһүртэ, сирбитин-уоппутун түөрэ хаһан алдьатта, кэлэр көлүөнэҕэ тугу да хаалларбата диэн сыаналыыллар. Аатырар «Алроса» АХ оччо- бачча үбү тэбэн  биэрдэ да олохпут тупсан кэлбэтэ, инникитин да промышленность, чуолаан сир баайын хостооһун, сайыннаҕына даҕаны тупсара саарбах диэн этэллэр. Иккис санаа күннээҕи олохтон, кэм- кэрдии ыгыытыттан тахсар. Кыаммат- түгэммэт нэһилиэнньэлээх, дотацияҕа олорор республика сирбит баайын туһаҕа таһаардахпытына эрэ киһилии олоруохпут этэ, дьоӨӨо-сэргэҕэ туһалаабат буоллаҕына туохха наадалаах баайый? диэн эмиэ аҕыйаҕа суох киһи толкуйдуур. Билигин сир шарын хайа баҕарар муннугар туруктаах олох үксэ промышленность сайыннаҕына эрэ буолар диэн өйдөбүл баар. Биһиги буолбатаҕына саатар оҕолорбут, сиэннэрбит баайдык-тоттук сайдыылаах сиргэ олоруохтара дииллэр сорох дьон. Хайдах да эргиттэххинэ, бу икки санаа олох кырдьыгыттан үөскээбит балаһыанньалар.
 Бастакылар
Омук эмиэ киһи курдук сайдар тосхоллордоох. Икки атах курдук эһээхэй оҕотуттан кырдьыар диэри олоҕу олорор. Сайдар хайысхаларын торумун бэйэтэ оҥостор. Өйбүтүгэр-санаабытыгар, сиэрбитигэр-туоммутугар Аар Айылҕаны алдьатан-кээһэтэн байан-тайан олоруу суох эрээри, сахалар олох уларыйыыларыгар ньымса толкуйдаах, сайдыыга эттэрэ аһаҕас омук буолан «өлбөт үөстээхпит, өлөн-охтон биэрбэт үгэстээхпит». Үйэлэр уорҕаларын быыһыгар сиртэн хостонор баай эйгэтигэр кыра-кыралаан киирбиппит, ардыгар баһырхайдык хамсанан хаалбыт түгэннэрбит эмиэ бааллара.
Наука дьоно суруйалларынан, 1870 с. Ленскэй бириискэлэригэр 5000 үлэһит илии баар эбит. 1883 с. бириискэ оробуочайдарын уопсай ахсааныттан 5,8% сахалар уонна эбээннэр ылбыттар. 1889 с. бириискэлэргэ 12000 эр дьоннор уонна  11000 кэриҥэ  дьахталлар үлэлээбиттэр. Кинилэр ортолоругар Аанньаахтан уонна Бүлүү умнаһыттан бааллара диэн учуонайдар чуолкайдаабыттар. Ону таһынан олохтоох омуктар бириискэ дьонун аһынан-таҥаһынан хааччыйыыга үлэлээбиттэрэ биллэр. Сыл ахсын бириискэлэргэ 3-4 мөлүйүөн сууммалаах ас-таҥас кэлэр суумматыттан 1 мөл. кэриҥин Саха сирэ хааччыйар эбит. Ол курдук Аанньаахтан, Бүлүүттэн, Дьокуускайтан - эт, Аанньаахтан, Дьокуускайтан- арыы, Өлүөнэ алын тардыытыттан –балык тиэллэр этэ.
***
Хоту сир олохтоохторо күргүөмнээн 30-с сыллардаахха Алдан көмүһүн хостооһунугар үлэлээбиттэрэ диэн историяҕа биллэр. Партия ыҥырыытынан тыа хаһаайыстыбатыгар үлэлии сылдьар эдэр дьон сиртэн хостонор баайы туһаҕа таһаараары Алдаҥҥа аттаммыттара. Онно тиийэн таһаарыылаахтык үлэлии сырыттахтарына, репрессия массыыната үлтү сөрөөн, сорох салалта да, көннөрү оробуочай да дьон  «лааҕыр быыла буолбуттара» диэн суруллар. Ол репрессия туох санааттан, тоҕо буолбутун туһунан күн баччатыгар диэри үөрэтиллэ да, киэҥ аудиториҕа кэпсэнэ да илик. Оттон сэбиэскэй кэм саҕана бу туһунан аһаҕастык этэр да бобуллара. Саамай иэдээннээҕэ диэн, бу дьайыы олохтоох омугу кэлиҥҥи хас эмэ уонунан сылларга сиртэн хостонор баайы туһаҕа таһаарыыга чугаһаппат, бэйэбит да чугаһаабат оҥорбута. 
2004 с. тахсыбыт «Золотая Якутия» диэн көмүһү хостооһун 80 сылыгар аналлаах кинигэҕэ киэн туттар дьоммут – Алдан  көмүһүн аспыт М.П. Тарабукин, стахановец П.Гуляев туһунан ааҕыахха сөп. Кинилэри сэргэ олохтоох омуктартан көмүһү хостооһуҥҥа үлэлээбит үгүс киһи хаартыската аан бастаан бэчээттэммит. В.С. Васильев, К.  Гаврильев, Ф.В. Павлова, В. М. Харитонов, А.П.Захаров, И.Е. Габышев, В.К. Лепчиков, И.М. Свешников, Н. Г. Борисов, А.Н.Габышев, Г. А. Прибылых, Н. П. Афонскай, И. П. Стручков, Я.В. Ларионов, Е. Д. Андросова, П. И. Калачев, В. М. Родионов, Р. В.Десяткин, П.И. Черкашин, Я.Е. Харитонов, П. И. Свинобоев, С. А. Олесова. Хомойуох иһин, промышленность бастакы хардыыларыгар бэйэлэрин кылааттарын киллэрбит, ол аата олохтоох омуктартан аан бастакынан сир баайын хостооһуҥҥа кимтэн да итэҕэһэ суох тигинэччи үлэлээбит дьоннорбут  тустарынан киэҥ ааҕааччы билбэт.
2012 с. 100 сааһын туолбут Гаврил Петрович Ефимов диэн Кулаар көмүһүн арыйбыт саха геологун туһунан оскуола оҕолоро тугу эмэ билэллэр дуо? Олохтоохтор араас геологическай арыйыылары оҥорбуттарын туһунан биһиги, сахалар, бэйэбит төһө билэбитий, төһө кинилэр тустарынан эдэр көлүөнэҕэ сырдаттыбыт? Үөһээ Дьааҥы хорҕолдьунун – П.Г.Алексеев, Эмэлдьээк сүлүүдэтин – В.Н.Захаров, Үөһээ Амма көмүһүн – И.П.Лебедкин, Интернациональнай алмаас туруупкатын – Н. Горохов, Хотойдоох үрүҥ көмүһүн – К. Н. Гурьев уо.д.а. чулуу дьоммут арыйбыттарын ким билэрий?
 
Үгэс олохтоннун
 
Элбэх ахсааннаах омуктарга промышленноска, чуолаан сир баайын хостооһуҥҥа үлэлиир, ыарыыта суох боппуруос. Онтон биһиэхэ өйбүт-санаабыт, сиэрбит-туоммут, иитиибит атын буолан үгүспүтүгэр уустуктардаах. Ол эрээри биһиэхэ даҕаны аан дойду сайдар салгынын тэһиинин туппут хорсун-хоодуот дьон суох буолбатахтар. Урут да бааллара, билигин да бааллар.
1924 с. «ЯГЗолототрест» тэрилтэни сахалартан бастакы геолог үөрэхтээх  Харитонов Е.П. салайбыта. Оттон  Норильскайдааҕы алтан-никель саппааһын уонна Чукотка хорҕолдьунун булбут Томскай университетын выпускнига, “Дальстрой” лааҕырын «миэлиҥсэтин» ааспыт,  Социалистическай Үлэ Геройа Г.Т. Семенов, «Якутзолото» кылаабынай инженерэ, 1937 с. репрессияламмыт И.П. Лебедкин уо.д.а. тустарынан үгүспүт истибэтэх да эбит.
Сэбиэскэй кэмҥэ уонна 90- сылларга промышленноска үлэлээбит сахалар Густав Яковлев, Анатолий Тарасов, Георгий Яковлев  уо.д.а. үлэлэрин-хамнастарын туһунан ырытыы, киэҥ эйгэҕэ таһаарыы ситэтэ суох. Оттон билигин бу эйгэҕэ үлэлии-хамсыы сылдьар Матвей Евсеев, сахалары көмүс хостооһунугар үлэлэппит банкир Анатолий Николаев уо.д.а. тустарынан өссө да суруллуо турдаҕа.
Промышленность, чуолаан  ньиэп, гаас, алмаас, электроэнергия уо.д.а.,  эйгэтигэр ыччаты үрдүк үөрэххэ үөрэттэрии хайысхата ордук күүскэ 90-с сылларга сайдыбыта. Оччолорго президент Михаил Николаев таһымыгар тиийэ элбэх кэпсэтии, туруорсуу баар буолан,  ыччаты соҕуруу анаан ыытан үөрэттэрэр кадр Департамена кытары тэриллибитэ. Бу Департамент нөҥүө төһө-хачча оҕо промышленность эйгэтин идэтин баһылаабыта, идэтинэн үлэлии сылдьарын туһунан информация баар да буоллаҕына киэҥ эйгэҕэ тоҕо эрэ иһиллибэт. Хата, 90-с сыллар бүтүүлэриттэн саҕалаан “вахтовай ньыма” диэн баар буолан, олохтоохтор хото көмүс сууйуутугар үлэлииллэрэ кэрэхсэбиллээх. Ол эрээри онно экология боппуруоһа эмиэ күүскэ турар. Оттон оскуола оҕолоро уонча сыл устата «Саха сирэ» хаһыат, чуолаан «Эдэр саас» нөҥүө «Саха ыччатын-промышленноска» (СЫП) хамсааһыҥҥа кыттан промышленность эйгэтигэр бастакы хардыылары оҥороллоро эмиэ үтүө үгэс быһыытынан сыаналанар. Манна эбэн кэбиһиҥ, «Мин- инженербин» диэн ыччаттарга аналлаах күрэҕи. Онон маннык үгэстэри өссө сайыннаран, атыны үөскэтэн истэхпитинэ өйбүт-санаабыт дэлэлээх бу хайысхаҕа сайдыа этэ дуо?
 
Хоту сиргэ сөптөөх тутуулары туруорсуоххайыҥ
Айылҕабыт, чуолаан иитэн-аһатан олорор өрүстэрбит, химическэй собуота да суох алларыйан эрэллэрин туһунан дьулаан сыыппаралар элбэхтэр. Аны ракета тобоҕуо кэлэн саккыратаары эмиэ ыксатар. Онно эппиэттэһэр, быһаарсар дьоммут тарбахха баттаналлар. Үксүбүт “оннук үһү”, “маннык үһү” диэнинэн муҥурданабыт.
Россия Эбэ Хотун иэнигэр олорорбут быһыытынан, дойдубут сайдыытыгар диэн ааттаан киин былаас хайа баҕарар тутууну республикаҕа ыытар. Ону тутабыт дуу, туппаппыт дуу диэн биһигиттэн ыйыппаттара эмиэ өйдөнөр. Биир кэлим тутуллаах судаарыстыба иһигэр олордохпут. Ол быһаарыылары биһиги үксүбүт иҥэн-тоҥон билбэккэ эрэ аҥардас утарсар аакка барарбыт – харыстанар ньымабыт дии саныыбын. Ыраахтааҕылаах Арассыыйа саҕаттан киин сир салалтата олохтоох нэһилиэнньэттэн босхону эрэ үрдүнэн дьаһаах эрэ хомуйуунан дьарыктаммытын, эрэһиэҥкэтэ суох түрмэ оҥорбутун, араас репрессия лааҕырдарын туппутун, бэйэлээх бэйэбит сирбитигэр индустриализациялааһыҥҥа кытыннарбатаҕын уо.д.а. санаатахха киһи хараастар. Ол эрээри бу барыта ыраахтааҕылаах Россия, онтон ССРС курдук улуу империя тутуллууларыгар төлөрүйбэт дьаһаллар буолалларын өйдүүбүт. Сэбиэскэй Сойуус курдук улуу судаарыстыба сахаларга үтүмэн үгүс үтүөнү оҥорбутун эмиэ билэбит, сыаналыыбыт.
***
Билигин атын кэм, дьон бэйэтин санаатын этэр кэмэ. Сороҕор аһаҕастык, сороҕор сэрэнэн. Омук быһыытынан тыыннаах хаалаары харыстанар ньымабытын бэйэлэрин туһаларыгар эргитэр, биһигини ускайдыыр дьон суох буолбатахтар. Хармааннарын хаҥатыахтарын баҕарар тойоттор, быыбарга куолас ылыахтарын саныыр дьокутаакка хандьытааттар, биир кэлим тутуллаах судаарыстыбабытын ыһыахтарын баҕарар дойдуларга харчыга үлэлиир дьоннор уо.д.а. бааллара кистэл буолбатах. Биһиги бастаан улахан тутуулары барытын тоҕо эрэ бары көхтөөхтүк утарсабыт. «Ол буортулаах, бу буортулаах» диэн айдааран-айдааран баран ол туһунан кэлин умнан кэбиһэбит.
Элбэхтэн биир холобур. Өйдүүргүт буолуо , аҕыйах сылллааҕыта ИСТА (ВСТО) турбатын Өлүөнэ нөҥүө туттарымаары эмиэ айдаан буолбутун. Турба этэҥҥэ тутуллубута, билигин ол турбаттан ньиэп тохтор эрэ, тохтубат эрэ ким да наадыйбат. Биллиилээх общественник А. Чомчоев өрүстэрбит буорту буолбуттарын туһунан суруйууларын үгүспүт ааҕан баран биирдэ «бабат» диэтибит!
Онтон ол сүһүрбүт өрүстэрбит дьылҕатынан ким эмэ утумнаахтык дьарыктанарын билэбит дуо? Биир эмэ тутулуга суох анал идэлээх киһи гражданскай иэһин толорон, ИСТА турбалара тоҕо баралларын дуу, барбаттарын дуу туһунан бэрэбиэркэлээбитэ тоҕо эрэ иһиллибэт. Арай өрүстэрбит сүһүрбүттэрин курдук сүһүрэллэр, онкологическай ыарыы сылтан сыл элбиирин туһунан ааҕабыт…Уонна суох. 
Оттон куораттарбытыгар тыынар  салгыммыт?  Баар-суох киин куораппытыгар сытыйбыт-ымыйбыт бөхпүт-сахпыт, сыбаалкабыт төһө-хачча ыыры-дьаары таһаарарын ким эмэ үөрэтэн дьон киэҥ билиитигэр таһаарда дуо? Саас, күһүн иһэр уубут туһунан этэ да барбаппын. Бу барыта биһиги олохпутугар экологическай сайдыы культурата намыһаҕын, аныгы үйэ ирдэбилиттэн хаалан, промышленность инники хардыыларын туһунан улаханнык билбэппитин туоһулуура Үөһэттэн соҥноммут тутуулары эрэ тула мөккүспэккэ, ханнык тутуулар Хоту сир айылҕатыгар сөптөөхтөрүн туһунан үөрэтиэххэйиҥ, туруорсуоххайыҥ, бырайыактарбытын көмүскүөххэйиҥ! Онно ыччаттарабытын оскуолаттан саҕалаан иитиэҕиҥ-үөрэтиэҕиҥ.
Үөһэээҥҥи салалтабыт промышленноһы сайыннарар программаларыгар, концепцияларыгар актыыбынайдык кыттыаҕыҥ, санаабытын этиэҕиҥ! Ытаабат оҕону эмсэхтээбэттэр. Айылҕабытын алдьатары көмүскүүр инниттэн нэһилиэнньэ «үһү- тамах» сураҕынан олорбокко, уопсай билиибит-көрүүбүт үрдүөхтээх, экологическай культурабыт таһыма сайдыахтаах. Оччоҕо промышленность Хоту сиргэ буортута суох тутуллар эйгэтин олохтуохпут, бэйэбит илиибитинэн-атахпытынан сирбитин-дойдубутун сайыннарарбытыгар өссө биир хардыыны оҥоруохпут дии саныыбын.
 ***
Надежда АРГУНОВА
«Забота-Арчы»,
бэс ыйын 4 күнэ.
 
 

Комментарии 

#1
нахара 06.06.2015 13:12
Сунтаар Булучээниттэн ааспыт уйэ 30-с сылларыгар 20-чэ эдэр ыччат тутуспутунан кэмустээх Алданга улэлии барбыттара,олор тон П.В.Гуляев Герой Соц.Труда буолбута,кэлин элбэх ыччат Мирнэйгэ тахсан алмааска эрчимнээхтик улэлээбиттэрэ,и ти олохтоох былаастар улэлэрэ буолар.Октяб. револяциятын иннинэ булучээттэр Бодойбого эт-арыы эргинэн олорбуттара.Бил игин хартыына олох атын,оройуон,ре спублика саламтата кысыл тылларынан эрэ кыырыллар,прогр амма ылаллар,толоруу та 0,0001%.Итинник бардагына олохтоох ыччат аргысыт,наркома н буолан бутуэхтэрэ.Урут ку оскуолалар профориантацион най улэни ыыппат этилэр,саха огото учуутал,врач,зо отехник буоллун диэн курдук этэ.МЕН ыыппыт политиката сэп этэ,ол гынан баран олохтоохтук улэ барбатага,бутэр бит оголор промышленнаска улэгэ киирэллэрэ хааччыллыбатага ,М.В.Мучин департаментан ураайбытын кэннэ олох даа слабай киси А.П.Слепцов кэлэн,миэстэ сылытан эрэ барбыта.Билигин терэппиттэр эрэ диринник ейдээн оголорун промышленнаска сысыарыахтарын наада.
#2
нахара 06.06.2015 13:19
Холобура, мин балтым уолаттарын золотой промышленнаска сысыаран,биирдэ рэ Чукоткага,иккис тэрэ Красноярскайга инженеринэн улэлии сылдьаллар.

Источник: aartyk.ru
 
Category: Земля. Недра | Views: 1779 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Бэс ыйа 2015  »
БнОпСэЧпБтСбБс
1234567
891011121314
15161718192021
22232425262728
2930
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 104
Ыалдьыттар (гостей): 104
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024