News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2015 » Бэс ыйа » 28 » "Бичик" кинигэ кыһатын бородууксуйатын Владимир ПУТИН сэҥээрдэ уонна... сөхтө
"Бичик" кинигэ кыһатын бородууксуйатын Владимир ПУТИН сэҥээрдэ уонна... сөхтө | 20:19 |
"Бичик" кинигэ кыһатын бородууксуйатын Владимир ПУТИН сэҥээрдэ уонна... сөхтө
Москва куорат хаба ортотугар Кыһыл болуоссакка Литература сылыгар анаан "Книги России" диэн улахан аан дойдутааҕы бэчээтинэй бородууксуйа фестивала буола турар. Фестиваль Кыһыл болуоссакка аан бастаан тэрилиннэ.
Урут "Книги России" ВДНХ павильонугар ыытыллар этэ. Бу тэрээһин бэс ыйын 25-28 күннэригэр үлэлиир. Биһиги республикабыт аатын "Бичик" национальнай кинигэ кыһата көмүскүү сылдьар. Бүгүн, фестивальга Россия президенэ Владимир ПУТИН кэлэн көрө сырытта. Биһиги дьоммут стендэтигэр тиийэн ПУТИН дириэктэр Август ЕГОРОВЫ уонна сүрүн редактор Валерий ЛУКОВЦЕВЫ кытары кэпсэттэ, издательство бородууксуйатын көрдө-иһиттэ.
"Аартык.ру" Август ЕГОРОВЫ уонна Валерий ЛУКОВЦЕВЫ кытары сибээстэһэн кэпсэтэ сырытта:
- 50-ча регионнартан улахан издательстволар кэлэн кытта сылдьаллар. Бастаан быыстапка тэрийээччилэрэ биһигини киллэримээри гыммыттара, дьоҥҥо-сэргэҕэ көрдөрөр улахан бородууксуйалара суох буолуохтаах диэн. Онтон биһиги үлэбитин-хамнаспытын уруккуттан билэр - "Ассоциация книгоиздателей России" туруорсан, "сахалары хайаан да кытыннарыахтааххыт" диэн этии киллэрэн бу кытта сылдьабыт, - диэн Август Васильевич кэпсиир.
- Путин кэлэн көрдө?
- Дьэ, кэлэн көрдө. Саамай уһуннук биһиги стендэбитигэр тохтоон кэпсэттэ. Кириэмилтэн тахсыбыта уонна сулбу биһиэхэ хааман кэллэ.
- Эрдэ сэрэппиттэрэ дуо, эһиэхэ кэлиэ диэн?
- Эппиттэрэ, сурах бэлиэр тарҕана охсон, атын издательстволар "сахалар ханна баалларый" диэн ыйыталаһа-ыйыталаһа кэлитэлээбиттэрэ: "Эһиэхэ Путины аҕалаллар үһү", - диэн.
- Тугу ыйытта, көрдө-иһиттэ?
- Биһиги Валерий Николаевичтыын кылгастык "Бичик" туһунан билиһиннэрдибит. Классик суруйааччылар айымньыларын бэчээттиибит, Кыайыы 70 сылыгар анаан альбом таһаардыбыт, оҕоҕо, ыччакка аналлаах кинигэ таһаарабыт, саҥа автордар кинигэлэрэ тиһигин быспакка бэчээттэнэр диэн кэпсээтибит,көрдөрдүбүт.
- Тугу сэҥээрдэ?
- Оҕо кинигэтин сүрдээҕин сэҥээрдэ. Били, Кытайга бэчээттэппит пазллаах кинигэлэрдээхпит дии...
- Билэн-билэн, "Алаа Моҥус уонна ийэ" эҥин диэн.
- Ону наһаа өр ылан көрдө, эргиттэ-урбатта. "Ханнык тылынан тахсарый?" - "Сахалыы". "Туох туһунан?" - "Саха остуоруйата". "Мм..." Онтон атын кинигэлэри көрдө, онтон эмиэ эргиллэн кэлэн оҕо кинигэтин ыйытар: "А вы точно сами издаете?" - "Сами".
- Разведчик курдук хат-хат ыйытар дуо?
- Улаханнык сөхпүт көрүҥнээх.
- Харабыла сүрдээх дуу?
- Кытаанах. Уонча киһи аттыгар сылдьар. Кими да чугаһаппаттар.
- Уҥуоҕунан төһө эбит?
- Хаартыска ыытыам, көрөөр, наһаа улахан буолбатах, миигиннээҕэр эрэ өндөс.
- Долгуйдугут?
- Эрдэ сэрэппит буолан олус долгуйбатыбыт, сиэр иһинэн. Баҕар, эмискэ кэлбитэ эбитэ буоллар (күлэр)...
- Быыстапкаларга наар кыттаҕыт, куруук миэстэлэһэҕит, национальнай кинигэ кыһаларын ортотугар саамай үчүгэй үлэлээх издательство быһыытынан биллэҕит. Бу да сырыыга өттүк харалаах, илии тутуурдаах кэлэр буолуохтааххыт?
- Сэрэттилэр, бүгүн 16.00 чааска түмүк тахсыаҕа, тиһэҕэр диэри тураҕыт баран хаалбаккыт, хас да диплом баар диэтилэр, - диэн Август ЕГОРОВ үөрэн-көтөн кэпсиир.
Валерий ЛУКОВЦЕВ:
- "Аартыктар" маладьыастар, Саха сириттэн бу бастакы суруналыыс эрийдэ, махтал! Нууччалыы тылынан тахсыбыт классиктарбыт айымньыларын тылбааһын сэргэ эдэр автордар кинигэлэрин эмиэ аҕалтаабыппыт. Дьон көрөр-истэр, сэҥээрэр, Кыһыл болуоссакка өрүү да дьон-сэргэ хойуу, анаан-минээн быыстапканы көрө кэлбит дьон эмиэ баар. Биир идэлээхтэрбит төһө-тугу ким саҥаны оҥорбутун көрсөбүт, кэпсэтэбит, билсэбит.
***
Онон Саха республикатын аатын чиэстээхтик көмүскүү, көрдөрө-иһитиннэрэ, бэл президени сөхтөрөр үлэлээх-хамнастаах "Бичик" национальнай кинигэ кыһатын үлэһиттэрин эҕэрдэлиибит! Өрүү да саха суругунан үлэтин, өркөн өйүн, чулуу дьонун туһунан айымньылары тарҕата, бэчээттии туруҥ!
***
Аартык.ру
Источник: aartyk.ru
|
Category: Култуура, итэҕэл, искусство |
Views: 1325 |
Added by: uhhan1
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 87 Ыалдьыттар (гостей): 87 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|