Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2015 » От ыйа » 6 » 17.06.15 сыл Дьокуускайга тутуу министерствотын төрдүс этээһигэр актовай саалаҕа күнүс түөрт чаастан саҕаланна.
17.06.15 сыл Дьокуускайга тутуу министерствотын төрдүс этээһигэр актовай саалаҕа күнүс түөрт чаастан саҕаланна.
19:16
Общественнай палатаҕа түөрт чаас

Д.Д.Иванов ОНФ-га сайабылыанньатын общественнай палатаҕа көрөллөр үһү,-- диэн сурах Дьокуускайга тарҕанан кулгаах да харах буолааччы элбээтэ. Бу туох тэрилтэний? Ким тэрийбитэй? Тугунан дьарыктанар? Норуот санаатын чахчы ылынар, истэр дуо? Эмиэ партиялар атын общественнай тэрилтэлэр курдук Ил Дархан хонтуруолугар сылдьар тэрилтэ дуу? Араас ыйытык элбээтэ. Ол иһигэр президент тэрийбитэ көрүнньүк Е.А.Борисов дьон норуот айманыытыттан көмүскэнэр, норуот санаатын уҕарытар тэрилтэтэ -- диэччилэр да бааллара.

17.06.15 сыл Дьокуускайга тутуу министерствотын төрдүс этээһигэр актовай саалаҕа күнүс түөрт чаастан саҕаланна.
Общественнай палата иһинэн хоруупсуйаны утарар общественнай сэбиэт 9 чилиэниттэн алта киһи кытынна. Бу боппуруоһу дьүүллэһиигэ аналлаах ыҥырыллыбыт дьонтон аҕыс киһи кэлбит. Ыстатыйаны дьүүлүүргэ, истэргэ соруктаммыттара даҕаны хата ол да сөп. Е.А.Борисов телевизорга дьоһумсуйан олорон нищайдар—намыһах араҥа дьон ону-маны айманалларын, кириитикэлииллэрин, суруйалларын истимэҥ, диэбитттээҕэ.

Мунньаҕы юрист Иванов Вильям Очирович саҕалыыр. Ыстатыйа сүнньүнэн дакылааччыкка сүүрбэ мүнүүтэни биэрэргэ тыл этээччилэргэ сэттэлии мүнүүтэ регламнент быһар. Куоластаан сөбүлэһэллэр. Вильям Очирович Д.Д.Иванов ыстатыйатын ис хоһоонун ааҕар уонна тылы Д.Д.Ивановка биэрэр.

Д.Д.Иванов ыстатыйатыгар ыйар 100 бырыһыан омук фирмата учредителлиир “Верхне Менкечи” тэрилтэтэ Республика баһылыгар быыбар туһунан РФ ФС-ан кандидатка көмөлөспүт буоллаҕына кандидат быыбартан уһуллуохтааҕын билсиһиннэрдэ. Иккис тэрилтэ “Туймаада нефт” чааһынай да, судаарыстыбаннай да буоллаҕына бюджеттан харчы ылан туһанар тэрилтэ буоларын быһыытынан быыбар туһунан РФ ФС-на этэринэн быыбарга кыттар бырааба суоҕун туһунан быһаарда. Быыбар хара саҕаланыаҕыттан быыбар туһунан РФ ФС Е.А.Борисов быыбарын ыстааба сокуону харса суох кэспитин, админстративнай ресурсаны аһара күүскэ туһаммытын онтон норуот кэлэйэрин-хомойорун общественнай палатаҕа иһитиннэрдэ.

Мунньаҕы ыытар Вильям Очирович тыл этиэн баҕалаах дьоҥҥо биир-биир тыл биэрэн дьон санаатын болҕомтолоохтук иһиттэ.

Юрист Н.И.Седалищев этиитигэр РФ генеральнай прокуратурата Е.А.Борисов ыстаабын үлэтигэр “Быыбарга финансовай кэһиилэргэ холуобунай буруй састааба баар”,--диэн туруорсуутунан СР прокуратурата “Быыбарга финансовай кэһиилэргэ холуобунай буруй састааба баар”,--диэн анал сурунаалга регистрациялаан ыыппыт суругар СР следственнай управленията Мезринтэн ханнык да эппиэти тута илигин туһунан иһитиннэрдэ. Саха республикатын Үрдүкү суута быыбар дьыалатыгар чиэһинэйэ суохтук кыттарын, олохтоох дакаастабыллар баалларын үрдүнэн сокуоннайа суох аккаастыы турарын общественнай палата хоруупсуйаны утары сэбиэтигэр иһитиннэрдэ. Быыбар киин хамыыһыйата бэрэссэдээтэл А.Кривошапкин Е.А.Борисов ыстаабын докуменнарын сокуону кэһэн туран
биллибэт биричиинэлэринэн бэрт уһуннук суукка биэрбэккэ эрэйдээбитин иһитиннэрдэ.

Иван Семенович Бурцев эколог: Д.Д. Иванов сайабылыанньата олохтоох дакаастабыллардаах. Онон общественность иннигэр көрүллэрэ, ырыллара наада. СР--ар икки судаарыстыбаннай тыл баар. Быыбарга саха тыла тоҕо көйгөтүлүннэ. Быыбар туһунан РФ ФС быһыытынан быыбар буолуон үс-түөрт ый иннинэ быыбар сокуона сахалыы тылбаастанан нэһилиэнньэҕэ тарҕаныахтаах этэ. Оччоҕо быыбар туһунан сокуону дьон билсиэхтээҕэ. Быыбарбыт сокуона быыбар бүппүтүн кэннэ алтынньы ый 4 күнүгэр тылбаастанна. Онон норуот быыбар туһунан сокуону, бэйэтэ быыбардыыр быраабын туһунан тугу да билбэккэ быыбарга кытынна. Маннык түбэлтэтигэр РФ ФС этэринэн ыытыллыбыт быыбар түмүктэрэ дьиҥэ суоҕунан ааҕыллар,--диэн сокуоҥҥа ыйыллар. Бу сокуоҥҥа сөп түбэспэт эрдэттэн былааннанан оҥоһуллубут буруй курдук көһүннэ. Сокуон тоҕо тутуһуллубата? Манна официальнай эппиэт баар буолуохтаах.

Александр Николаевич Иванов Монреаллааҕы Олимпиада үрүҥ көмүс призера: Мин дьиҥэр олохпун толору хааччыммыт, политиката да суох олорор кыахтаах киһибин. Ол эрээри бар дьонум олоҕо мөлтөҕүн, бэйэбит кэлэр кэнчээри көлүөнэбитин аһара ыарахан балаһыанньаҕа хаалларарбытын санаатахпына дууһам айманар. Ол иһин бу кэлэн турабын. Е.А.Борисов бу быыбарга сокуону кэһиилэрин уонна тыа сиригэр төрүт олохтоох дьон олоҕо аһара мөлтөөбүтүнэн норуот ханна да сырыттахха айманарын иһитиннэрдэ. Д.Д.Иванов суругун ис хоһооно бары өттүнэн сөптөөҕүн бигэргэттэ. Быыбар саҕалана илигиттэн Е.А.Борисов ыстаабын өттүттэн сокуону кэһиилэр баалларын ыйан В.В.Путиҥҥа үҥсэн чахчы сурук суруйбутум. Ол иһин үлэбиттэн устубуттара. Ону суутунан үҥсэн үлэбэр төттөрү киирдим. Билигин оһуоба тыа сиригэр ханна да сырыттахха Е.А.Борисов туһунан мөлтөх, киһи биһирээбэт кэпсэтиитэ аһара үксээтэ. Норуот Егор Афанасьевиһы хас хамсаныытын, тэрээһинин астыммат буолан иһэр, диэн баары баарынан бу да сырыыга Олимпиец бар дьонун инники кэскилин туһугар эттэ.

Гаврил Гаврильевич Местников Иванов В.О Д.Д.Ивановтан «Бу суругу биһиги көрүүбүтүгэр ыытарга ким сүбэлээбитэй?”,-- диэн хос-хос ыйытыытыгар бу суругу манна аҕалыыга СР Үрдүкү суута күһэйбитэ, диэн быһаарда. Общественнай палата сэбиэтин чилиэнэ Р.К.Михайлов: “Быыбар дьыалатын көрөр полномочиябыт суох маннык суруктары эһиги быыбардыыр обьединения тэрийэн онно туруорсуоххутун сөп”,-- диэбитин сыыһанан аахта. Общественнай палата буолан баран хоруупсуйаны утары охсуһар салаата бу политическай хоруупсуйа туһунан норуот санаатын истиэхтээх уонна бэйэтин санаатын этиэхтээх, диэтэ.

Кырдьыга Вильям Очирович Д.Д.Иванову кыра кылаас оҕотун курдук эйиигин ким, ханнык юрист кигэн маннык сайабылыанньаны суруйдуҥ?—диэн хос-хос ыйытыыта ыҥырыллан кэлбит дьоҥҥо олуонатык иһилиннэ. Ити аата кини куттаан дабылыанньа оҥоро сатаата дуу? эбэтэр Д.Д.Иванову уруккута СР улахан партийнай үлэһитин маннык улахан боппуруостары туруорсарга эн таһымыҥ аһара намыһах, диэн түһэрэ сатаата дуу? Итини Гаврил Гаврильевич сөпкө бэлиэтээн анаан-минээн быһаарда.

Иван Михайлович Попов-Уһук Уйбаан. Д.Д.Иванов ОНФ-га сайабылыанньата сөптөөҕүн сиһилии ырытан бигэргэттэ. Е.А.Борисов өттүттэн хас хардыы аайы сокуону кэһии, сокуону билиммэт буолуу баарын ыйда. Үлэлии олорор балаһыанньатын аһара туһанна. (Злоупотреление сулужебных полномочий) Маннык нүдьү-балай салайааччылаах буолан сахалар эстэн эрэбит,--диэтэ. Салгыы Е.А.Борисов дьыала аһара дириҥии, ыарыы, ыраата илигинэ бэйэтин үлэтигэр баар итэҕэстэрин билинэн, сайабылыанньа суруйан дуоһунаһыттан булгуччу уурайара наада,-- диэн кытаанах этиини киллэрдэ.
С.Ю.Петров Арассыыйа Дальнай Востогуттан ООН бэрэстэбиитэлэ: Е.А.Борисов РФ сокуоннарын куруубайдык кэһэрин, сокуону бэйэтинэн убаастаабатын ООН—ҥа сайабылыанньа суруйан тиэрдэн онно көрүллэрин ситиһиэм,--диэтэ.

Бу мунньахха эппит тылбыттан кылгастык.

Дьиҥэр республиканы салайыыга ырыынакка эриллибит, эдэр аныгы үйэ киһитэ талыллара бириэмэ ирдэбилэ. Талан ылыыга онно сөп түбэһэр дьонноохпут даҕаны. Эстибит эргэ систиэмэ ССРС чиновнига тугу да оҥорбото, сатаабата чуолкай. Ол биһиги Егор Афанасьевиһы төһө да күүскэ таптаатарбыт кини үлэтигэр-хамнаһыгар лаппа чуолкайдык билиннэ, көһүннэ.

Тыа сиригэр тыа хаһаайыстыбатын тутан олорор кыах онно сөп түбэһэр үп биһиги бюджеппытыгар дьиҥэр баар. Е.А.Борисов тыа хаһаайыстыбатын үлэтигэр ырыынак экономикатын, нэһилиэк олохтооҕун, саха киһитин мэнтэлитиэтин уонна тыа хаһаайыстыбатын үлэтин билбэтинэн эбэтэр собус-соруйан дуу? ыһан кэбистэ. Анаабыт министрдэрин этиитин өйөөбөт, истибэт. Сотору, сотору министрдэрин уларытар. Манан эмиэ иэдээн төрдүн оҥордо. Кини бу кэнниттэн: “Сахалар сүрэҕэ суоххут, тугу да үлэлээбэккит”,-- диэн хата эстэн иэдэйэн олорор норуотун буруйдуур. Дьиҥэр саха аһара тулуурдаах, сүрэхтээх, мындыр үлэһит, ыраас чиэһинэй буолан аан дойдуга саамай тыйыс, кытаанах усулуобуйалаах дойдуга, олус күндү аан дойдуга саамай элбэх сир баайын харабыллаан олорор хорсун-хоодуот норуот.

Дьэ уонна туох айыытын иһин тыа сирин олохтооҕо сэттэ уон бырыһыана социальнай көмөҕө наадыйар. Эдэр ыччаппыт үлэтэ суох. Саха киһитэ төрүт олохтоох омуктар наһаа атаҕастаннылар, иэдэйдилэр, олоҕор огдолуйар гына охсулунна. Ил Дархаммыт кэлии дьону наһаа өрө тутар. Оннооҕор элбэх барсы ылар, үрдүк хамнастаах промышленность үлэһиттэрин нолуоктан босхолуур. Бу соторутааҕыта эмиэ нефтяниктары нолуоктан босхолуур кэпсэтии ыытта. Оттон бэйэтин дьонугар тугу да туруорсубат. Хата бюджет оҥорор тэрилтэлэрбитин олоччу атыылаан бюджеппытын кураанахтаата. Бэйэбит сүнньүнэн подохуодунай нолуоктан эрэ бюджеппытын абырахтыыбыт. Сир баайынан аһара баай республика РФ-ан трансферынан умналаан харчылана олоробут. Бюджекка иэспит 30 млрд буолла. Эбиитин бюджеттан биир миллиард үбү СМИ-га уган самопиарствонан дьарыктанар. Барыта наһаа үчүгэй, кэрэ. Сахалар туох да сүрдээҕин сайдыбыт, байбыт үһүбүт.

Кадры бэлэмнээһиҥҥэ үлэлиирин оннугар үчүгэй, кыахтаах уолаттарбытын эккирэтиһэр, туоратар оннооҕор хаайталыыр. Бу аһара барыы. Атын сирдэргэ ырыынакка эриллибит ыччаттарын өйөөн салалтаҕа таһааран Арассыыйаҕа чахчы да олус үчүгэйдик олорор республикалар бааллар. Бэйэлэрэ олохторун уйгута тупсарын туһугар туруорсаллар, кыһаналлар. Оттон биһиги салалтабыт аһара мөлтөҕүн төрүт олохтоох дьонугар кыһамматын түмүгэр балаһыанньабыт ыараата. Кини билиҥҥи хамаандатыгар республиканы салайыахха айылаах таһымнаах киһи төрдүттэн суох. Буллубут диэтэхтэринэ даҕаны кинилэр куомуннаахтара республика олохтоохторун олоҕун уйгутун өрө тардарга үлэлииригэр эрэл суох.

Д.Д.Иванов суруга саамай сөп. Омук хапытаалын хонтуруолугар сылдьар киһи РФ ФС-ан быыбарга кандидат быһыытынан турара төрдүттэн көҥүллэммэт. Бу сокуон тутуһуллуохтаах. Верхне Менкечи тэрилтэ учредительнэй усунуоһун сүүс бырыһыан омук киһитэ укпут. Үлэтигэр улахан иэстээх, нолуогун төлөөбөккө олорор тэрилтэ. Хайдах да баһылыкка кандидаты өйүүр сокуоннай бырааба суох.

Е.А.Борисов биһигини кыайан өрө тардыбат буолла. Аҥаардас былаас эрэ иһин суудайан араас химиянан туһанан олох да мөлтөөн турар салгыммытын, уубутун эбии буортулаан сүһүрдэн сир үрдүттэн төрүт олохтоох омуктары имири эһэр буолла. Кэбис сайабылыанньа биэрэн уурайара сөп. Билиҥҥи дьон-норуот Ил Дархаммыт туһунан маннык ис хоһоонноох өйдөбүлүн туһунан бу этиибин Егор Афанасевичка баһаалыста тиэрдэргитигэр көрдөһөбүн.
Итинник мунньахха кэлбит хас биирдии киһи бэйэтин көрүүтүн эттэ, тыынна. Онтон общественнай палата хоруупсуйаны утары охсуһуохтаах дьоно сүбэлэстилэр уонна: “Эһиги этиигитин Ил Дархаҥҥа тиэрдэр сокуоннай полномиябыт суох”,-- диэтилэр. Дьиҥэр Ил Дарханынан анаан тэриллибит общественнай палата норуот санаатын истэн Ил Дархаҥҥа тиэрдэргэ анаан тэриллибит, буолан баран хоруупсуйаны утары охсуһар салаата эппиэтин астымматыбыт. Эрдэ сэрэйбиппит курдук харах баайыыта тэрилтэ буолан таҕыста.

Дьиҥэр президент эбээһинэһин толоро олорбут Е.А.Борисов уонна быыбар хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлэ А.Кривошапкин норуоттарыгар РФ ФС уонна СР быыбар туһунан сокуоннарын сиһилии билсиһиннэрбэккэ быыбары тэрийэн, быыбар сокуонун аҥаар кырыы кэһэн ыыппыттарын норуот саамай сөпкө бырачыастыыр.

Норуот Ил Дархаҥҥа кандидат Э.Б.Березкин маны бырачыастаан сууттаһарын саамай сөптөөх, диэн сыаналыыр. Инникитин РФ ФС уонна СР быыбарга сокуонун тутуһан ыраас чиэһинэй быыбардары ыытыыга бу сууттаһыылар Саха норуотугар улахан наадалаах уруогу биэриэхтэрэ.

Арамаан Дьөгүөрэп.
 
Category: Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения | Views: 1516 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  От ыйа 2015  »
БнОпСэЧпБтСбБс
  12345
6789101112
13141516171819
20212223242526
2728293031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 8
Ыалдьыттар (гостей): 8
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024